Sadece LitRes`te okuyun

Kitap dosya olarak indirilemez ancak uygulamamız üzerinden veya online olarak web sitemizden okunabilir.

Kitabı oku: «Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.», sayfa 3

Yazı tipi:

Соболоохпутугар баар ыскаамыйабытыгар кэлэн сэргэстэһэ олордубут. Баччаларга манна ким да суох буолар. Бары күн киирэн, сөрүүн түһэрин кытары кыра-кыралаан тарҕаһан барар идэлээхтэр. Туора дьон суоҕа доҕорум биһиккигэ үчүгэй. Иккиэн эрэ уунан ыһыахтаһа-ыһыахтаһа мэниктиир, тэҥҥэ сөтүөлүүр үгэстэнэ сылдьабыт. Максим эмиэ буоларын курдук киирэн сөтүөлүөх диэн хаайан көрдө. Мин бу этииттэн бүгүн кэлэн толло быһыытыйдым, ол иһин батынан кэбистим.

– Ээ, суох ини. Көр ээ, Максим, күөлү. Күнү быһа сөтүөһүттэр чалбааттаммыт, аймаабыт күөллэрэ утуйа, сынньана сытарын курдук уу-нуһараҥ дии. Утуйдун, сынньаннын, – диибин. Доҕорум күөлү көрбөт, миигин хап-хара харахтарынан тонолуппакка одуулуур. Онтон… онтон сып-сылаастык түөһүгэр ыга тардан икки илиитинэн кууста, уонна сүүспүттэн сэрэниин-сэрэнэн сыллаан ылла. Санаабар уруут-уруккуттан өрүү маннык буолбут курдук. Кини миэнэ, мин халыҥ хаххам, суон дурдам…

– Сарсын, арба Павликтаах кэлэллэр дии, – убайбыныын педколледжка бииргэ үөрэммиттэрин, бэйэ-бэйэлэрин билсэллэрин санааммын, сонуммун үллэстэбин.

– Ээ, убайгар атаахтаары кэтэһэ аҕай сылдьаҕын диэ? – Максим тэбэнэттээхтик күлэн ылла. – Көмүс, мин эйиэхэ сарсын биир сюрприз көрдөрүөм, сөп, – Максим таайтарыылаахтык көрөн кэбистэ.

– Оо, таах эрдэ эттиҥ ээ, мин билэ иликпинэ аны утуйбат да, олорбот да буоллаҕым дии.

– Тулуй, Көмүс, сарсын көрдөрүөм, – санныбыттан кууһан бэйэтигэр тардан ылла.

– Максим, эн тоҕо миигин Көмүс диэн ааттыыгыный? – мин дьиктиргээммин доҕорбуттан ыйытабын.

– Көрдөөн булбутум Көмүс буолумуна. Оннооҕор өс хоһооно баар, «Көрдөөбүт көмүһү булар» диэн.

Көмүс… мин сөбүлүү иһиттим. Кини миигин эрэ итинник ааттыыр буоллаҕына, Көмүс да буоларга сөбүлэһэбин. Максим ол олорон сиэбиттэн төлөпүөнүн таһаарда уонна кимиэхэ эрэ эрийдэ. Эмискэ мин суотабайым өрө дьигиһийдэ. Кини эрэ эрийдэҕинэ тыаһыыр нарын ырыа чуумпуну аймаата.

«Күндү киһим, күнүм-ыйым…» кыыс намыын куолаһа сатыылаабыт чуумпуга наҕыллык кутуллар. Мин саҥарбаппын, утары көрбөппүн. Кыбыстаммын тэтэрэ кыыспыт иэдэстэрбин ытыстарбынан саба туттан олоробун уонна симиттэн күлэбин. Максим бэйэтин төлөпүөнүн экранын миэхэ утары уунан көрдөрдө. Мин нүөмэрим киниэхэ «Көмүһүм» диэн ааттана сылдьар…

– Наһаа үчүгэй ырыа дии. Холбоорууй төлөпүөҥҥэр, Көмүс, – Күндү киһим көрдөһөр.

Мин холбуубун. Нарын ырыа сып-сылаас түү былаат курдук доҕорум биһиккини кууһа бүрүйэн кэбиһэр.

 
Түүлбэр мин көрөбүн харахтаргын,
Сүрэхпин сылытар илииҥ сылааһа миигин,
Нарын мичээр, истиҥ иэйии, эн тапталыҥ,
Күндү киһим, күнүм-ыйым.
Бу тылларбын, тапталбын, ахтылҕаммын
Бииргэ тиһэн сурукпар угуоҕум,
Күндү киһим, күнүм-ыйым.
Саҥа күнтэн күүс ылар курдукпун,
Сарсын кууһуоҥ диэн харахпын симэн көрөбүн.
Санаабын кынаттыыр көрсүһэр күммүт
Күндү киһим, күнүм-ыйым.
Бу тылларбын, тапталбын, ахтылҕаммын
Бииргэ тиһэн сурукпар угуоҕум,
Күндү киһим, күнүм-ыйым.
 

Истиҥ тыллардаах нарын ырыаҕа бигэнэн сылаастык куустуһан, сүрэхтэрбитин холбоон саҥата суох олордубут.

Хойукка диэри дьаарбайан, үгүһү кэпсэтэн баран дэриэбинэбит диэки хаамтыбыт. Тиэргэммэр чугаһаан арахсаары турдахпытына, Максим эмиэ сүүспүттэн сыллаан ылла. Кини хас сыллаатаҕын, ыга куустаҕын ахсын миигин сып-сылаас, уу нуһараҥ уоскулаҥ угуттуурга дылы гынар.

– Чэ, Көмүһүм, дьиэҕэр киирэн сып-сылаастык сууланан баран мип-минньигэстик утуйаар, сарсын көрсүөхпүт – диир.

– Эн эмиэ, – ыытыахпын олох баҕарбаппын да, хайыам баарай. Син биир күн аайы көрсөбүт да, букатыннаахтык арахсар дьон курдук бэйэ-бэйэбититтэн харыс да халбарыйбакка уһуннук турар идэлээхпит.

Сарсыныгар уһуктубутум, чаас ырааппыт. Хайыы-үйэ тоҕус аҥаар буолан эрэр. Доҕорум сарсыарда аҕыс чаастан сурук бөҕөтүн ыыппыт. Миэхэ эрэ анаммыт истиҥ тыллартан сири билбэт буола үөрэн саҥа күммүн саҕалаатым. Суунан-тараанан, чэйдээн баран дьиэбин-уоппун сууйдум-тараатым, ийэбиниин, эбэбиниин ас арааһын астаатыбыт. Ол кэннэ таһырдьа тахсан илиибин сууна турдахпына, убайым Павлик массыыната оргууй суугунаан, суол устун сыыйылыннаран тиэргэн айаҕар тиийэн кэллэ. Тохтуурун кытта массыына кэлин аана аһылла түстэ да, бырааттарым Артуркалаах Буоба «Эдьиэй!» диэбитинэн мытырылла-мытырылла утары сүүрэн кэллилэр. Оҕолорбун ахтыбыт омуммар ыбылы куустум, сырылаччы сыллаталаан ылаттаатым. Саҥаһым Надюша үөрэн мичилийбитинэн утары кэллэ. Дьүөгэм кэриэтэ күндү киһибин кытта иэдэстэрбититтэн «чоп» гына сыллаһан, куустуһан ыллыбыт.

– Ыаллар, дорооболоруҥ! Пирибиээт, Дашка, – Павлик массыынатын аанын сэгэтэн туран дорооболоһор, ону тэҥэ суумкаларын биир- биир таһааран окко уурталыыр.

– Привет, убаай, – мин убайбар утары бардым. Арай массыынаттан наһаа билэр киһим тахсан кэллэ. Максим.

– Хайа? – соһуйбут омуммар улаханнык саҥа аллайдым уонна олбуор ааныгар ыкса кэллим. «Привет!» диибин. Онуоха доҕорум өйдөөбөтөхтүү тутунна, кимиэхэ этэр буоллаҕай диэбиттии тулатын көрүнэн ылла уонна тугу да хардарбата.

– Хайа, аара суолтан олорсон кэллиҥ дуо? – диибин. Максим соһуйбуттуу хараҕын тэрбэччи көрөр, туох эрэ бөрүкүтэ суох дьыалаҕа түбэспит киһилии туттар.

– Бырастыы гыныҥ, арааһа бутуйдугут быһыылаах, – иһиллэр-иһиллибэттик хардарда, массыынаттан дьоҕус спортивнай суумка ылла уонна Павликтыын илии тутуста, иһиллэр-иһиллибэттик кэпсэтэн ыллылар. Убайым тугу эрэ быһааран кэпсии-кэпсии уҥа илиитинэн илин диэки уулуссаны ыйан көрдөрдө, Максим кэҕис гынаат, миигин хайыһан да көрбөккө, дьиэтин диэки бара турда. Мин маҥнай соһуйан саҥата суох таалан турдум. Онтон дьэбин уоһуйа түстүм. Омуммар испэр холорук ытылынна. Ити аата туох буолар буоллаҕай ээ? Көр эрэ, айах да атан кэпсэппэт буолан кэлбит дии. Убайбыттан кыбыһыннаҕа дуу? Эс! Ама хайаан кыбыһыннаҕай? Били бэҕэһээ кэпсээбит сюрприһа ити дуо? – төбөбөр араас ыйытыылар бииртэн биир үөскээн истилэр. Убайым массыынаттан малын-салын хостуур, олбуор айаҕар кэлбит аҕатын кытары кэпсэтэр, миэхэ эрэ наадыйбакка турар. Ыйытыахча буолан иһэн «чэ, бэйи» диэн токкоолоһо барбатым. Ол мунан турдахпына, ыстааным сиэбигэр укта сылдьар төлөпүөнүм дьигиһийэн ылла. Максим эрийэр. Ыллым да биир-биэс тылы эттэрэ барбакка кыыһыран, кыынньан бардым.

– Хайдах буоллуҥ ити аата? Бэҕэһээ эрэннэрбит сюрприһыҥ ити дуо? Тугу ыбылы киэбирэн бардыҥ, дьэ? – омуммар хоруйдуур да түгэн биэрбэккэ үрүт-үрдүгэр ыйытыы бөҕөтүн кутан кэбистим. Оттон Максим мин кыыһырарбар кыратык да кыһаллыбат, хата, күлэрэ иһиллэр. Ити күлүүттэн өссө ордук кыйаханным уонна төлөпүөммүн ылан арааран кэбистим. «Сылдьыаҥ ээ!»

Ийэм чэйдэ бэлэмнэс диэбитигэр илиибин сууна охсоот, кыра дьиэҕэ киирдим. Оҕуруот аһыттан салаат кырбаан булкуйа турдахпына, аан аһылынна, ону кытта Буоба төбөтө былтас гынна.

– Дашка, аҕабар тахсар үһүгүн, – диэт харда күүппэккэ ааны саба охсон кэбистэ.

– Чэ, һыллыый, убайгар тахса сырыт, – ийэм кэлэн тутан турар мас лаппаахыбын ылан салааты салгыы булкуйан барда. Таһырдьа тахсан көрбүтүм, Максим төттөрү кэлбит. Убайбыныын иккиэн наһаа үөрбүттэр-көппүттэр, сарын-сарыннарыттан куустуспуттар, уулусса ортотугар тутуһан, тустан ылаллар. Мин олох тугу да өйдөөбөтүм. Туста оонньуу сылдьан Максим миигин бэлиэтии көрдө уонна утары хааман кэллэ.

– Павлик, билсиһэн кэбис, бу эн балтыҥ буолбатах, бу мин көрдөөн-көрдөөн булбут Көмүһүм, – диэтэ уонна уҥа илиитин санныбар ууран кэбистэ.

– Айабыын, бу дьон ырааппыттар дии, – убайым итэҕэйбэтэхтии иккиэммитин көрө-көрө күлэн ылла.

– Ити маарыын туох буолан ыллыҥ ээ? – тииһим быыһынан сыыйан Максимҥа сибигинэйэбин.

– А теперь сюрприз, – доҕорум бэрт таайтарыылаахтык көрөн кэбистэ уонна Павлик массыынатын түннүгүн тарбахтарын сүһүөхтэринэн тоҥсуйан тобугуратан ылла. Арай убайым массыынатыттан… эмиэ кини – Максим(!) илэ бэйэтинэн тахсан кэллэ… Мин харааччы буккулуннум, тугу да өйдөөбөтүм, бэл аҕыйах сөкүүндэ дөйөн ыллым. Иккиэннэрин хардары-таары көрөбүн. Дьонум үһүөн мин сирэйбин көрө-көрө күлсэн бардылар.

– Бу аата… игирэлээххин дуо?! – кэмниэ кэнэҕэс туох эрэ улахан арыйыы оҥорбут киһи курдук саҥа аллайдым, айахпын саба тутуннум. Уолаттар күлэн быардарын тыыттылар.

– Эврика!!! Билсиһэн кэбис, Көмүс. Бу мин бииргэ төрөөбүт уон түөрт мүнүүтэ кыра иним Кирилл, ол эбэтэр Батас, – Максим күлэрин кыатана сатыы-сатыы билиһиннэрдэ. – Батас, бу мин Дашам.

Илэ көрөн турар харахтарбар билигин да итэҕэйбэтэхтии одуулуурум быыһыгар илии тутустубут. Мин игирэ уолаттары да, кыргыттары да син көрүтэлээбит, ааһа баран алтыспыт киһибин дии сананарым. Ол эрээри маннык икки таммах курдук үкчү дьон баарын саҥа көрдүм. Туттардыын-хаптардыын, күлэрдиин, мичээрдиирдиин Максимтан туох да атына суох!

– Тоҕо икки ааттааххыный? – кэмниэ кэнэҕэс мин ыйытааччы буоллум. Кирилл мичээрдээтэ уонна убайын эн эт диэбиттии көрөн кэбистэ.

– Биһиги төрөөбүппүтүгэр, эһэбит Махсыым оҕонньор биһиэхэ сахалыы аат биэриэн наһаа баҕарбыт үһү. Ол эрэн, төрөппүттэрбит кинилэр, ол эбэтэр биһиги эһэлэрбит ааттарынан ааттаабыттар. Кириллканы ийэбит аҕатын аатынан, миигин ол эһэбит – аҕабыт аҕатын аатынан сүрэхтээбиттэр. Онуоха ол Махсыым диэн эһэбит саатар «таптал ааттарын» биэрэрбин көҥүллээҥ диэбит уонна Кириллканы Батас диэбит… – Максим мин диэки таайтарыылаахтык көрөн ылла.

– Оттон эйигин?

– Миигин… Сүнньүөх. Биһигини дьоммут билигин Батас уонна Сүнньүөх эрэ диэн ааттыыллар. Дьиҥнээх ааппытын чугас дьоммут умнан да бардахтара буолуо. Бэйэбит да онно үөрэнэн хаалбыппыт. Манна маҥнай учууталлыы кэлэн баран, дьон-сэргэ Максим Егорович диэтэхтэринэ атыҥырыы истэр этим, – диэн доҕорум соһуччу кэпсээннээх буолла. Билсибиппит син икки нэдиэлэттэн орто. Күннэтэ көрсөбүт, киэһэ аайы кэпсэтэбит. Мин кини туһунан элбэҕи билэбин дии саныырым. Онтум баара, кини аатын да билбэт эбиппин дии! Сүнньүөх… Сүнньүөх буулдьа курдук кытаанах, сытыы, бөҕө диэн суолталааҕа буолуо… Мин Сүнньүөҕүм…

– Хайа доо, хараҕым иирэр дуу, тугуй? – ити икки ардыгар дьиэҕэ киирэн тахсыбыт аҕам, күнтэн чарапчылана-чарапчылана, мичээрдээбитинэн тиэргэн айаҕар кэллэ. Игирэлэри эр-биир одуулуур. Максим аҕабар инитин билиһиннэрдэ, онтон Батаска: «Бу Даша аҕата, мин бииргэ үлэлиир аҕа табаарыһым, алгебра учуутала Борис Петрович», – диэтэ. Аҕам аах илии тутустулар.

– Чэ, киириэххэйиҥ, чэйдиэхпит. Кэлиҥ, уолаттар, – аҕам күө-дьаа буола түстэ. Дьонум дьиэ иһэ толору оҕо саҥатынан туоллаҕына, уруу-аймах муһуннаҕына олус үөрэллэр. Бэл хамсанардыын-имсэнэрдиин эрчимирэ түһэллэр. Бүгүн эмиэ саҥалара-иҥэлэрэ элбээбиккэ, сирэйдэрэ-харахтара ордук сырдаабыкка дылы буолбуттар. Ийэлээх эбэм эбиллибиппитин көрөн, остуолларын тэлгэһэҕэ көһөрөн таһаара охсубуттар. Дьэ, аһаҕас халлаан анныгар бары төгүрүччү олорон күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, үөрэ-көтө чэйдээтибит. Ол тухары игирэлэри сэмээр одуулуубун. Сирэйдэрэ-харахтара үүт-үкчү. Арай Максим быраатыгар холоотоххо, быдан сытыы-хотуу курдук. Баҕар, Кирилл билбэт сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр кэлэн, улахан саҥата-иҥэтэ суоҕа буолуо. Чопчу араарар бэлиэм диэн таҥастара-саптара эрэ эбит диэн түмүккэ кэллим уонна сонньуйа санаатым. Уолаттар таптал ааттарын дьонум эмиэ муодаргыы иһиттилэр. Онуоха доҕорум эһэтин быһаарыытын хаттаан сиһилии кэпсээтэ. Бары наһаа сөхтүлэр, ордук эбэбит сэргии иһиттэ.

Биир дьиктитэ баар – Максим амыдай эһэтин батан, эти-сиини эрчимирдэр эйгэни сэргиир, спорду өрө тутар буола улааппыт. Оттон Батас, ийэтин аҕата Кирилл курдук, айар-тутар дьоҕурдаах киһи буолбут. Кини мастан, тимиртэн барыны бары оҥорон таһаарар талааннаах уус эһэтин утумнаабыт эбит.

Билигин уолаттар эһэлэрэ иккиэн суохтар. Аҕалара Егор Максимович уолаттар сэттис кылааһы бүтэрбит сайыннарыгар улаханнык ыалдьан быстаахтаабыт. Онон, дойдуларыгар Батас ийэтиниин иккиэн олороллор эбит. Ийэлэрэ Мария Кирилловна өр сылларга балыыһаҕа үлэлээн баран, билигин биэнсийэҕэ олорорун туһунан уолаттар кэпсээн аастылар.

Батас доҕорун кытары сакааска миэбэл, олбуор оҥоруунан дьарыктаналларын, ону тэҥэ олус үчүгэйдик уруһуйдуурун туһунан Максим киэн тутта кэпсээтэ, төлөпүөнүгэр хаартыскаҕа түһэрэн илдьэ сылдьар үлэлэрин көрдөртөөтө. Чахчы, киһи эрэ сэргии, сөҕө-махтайа көрөр уруһуйдарын, оҥоһуктарын төлөпүөнү кэритэ сылдьан көрдүбүт. Онтон Максим бу аҕыйах мүнүүтэ арыттаах үүт-үкчү бэйэтин курдук дьүһүннээх инитин хайдах курдук таптыырын, кининэн киэн туттарын сэргии көрдүм, доҕорбор өссө күүскэ чугаһаабыт, кинини атын өттүттэн арыйбыт курдук сананным.

– Сүнньүөх биһикки бу сайын Соҕуруу Кэриэйэҕэ үлэлии барарга былааннана сылдьыбыппыт ээ. Онтон, оруобуна билиэт атыылаһаары сырыттахпына, убайым үлэлиир нэһилиэкпэр сайылыы хаалар буоллум диэн соһуппута. Мин маҥнай, кырдьыга баара, кыһыны быһа былааннаабыт сайыҥҥы бырагыраамабытын туох да сүбэлэһиитэ суох бэйэтэ талбытынан ыһан кэбиспититтэн кыйахаммыттааҕым. Онтон уоскуйан олоро түһэн баран толкуйдаабытым: Сүнньүөх хайдах да мээнэ, ылыммыт санаатын тыал хайа диэки үрбүтүнэн уларыта тутуо суохтаах этэ. Ол аата туох эрэ улахан суолталаах биричиинэлэммит буоллаҕа диэн бэйэтиттэн ыйытааччы буолбутум. Онуоха, манна кэл, ол биричиинэбин илэ хараххынан көр диэн ыҥыран ылбыта. Билигин өйдөөтүм, убайым хаалбыт биричиинэтэ чахчы олус улахан суолталаах эбит. – Ини-биилэр сарын-сарыннарыттан куустуһан утары көрсөн ыллылар. Бу икки бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэр, өйдөһөр-өйөһөр игирэ уолаттары биһиги дьиэ кэргэн саҥата суох сэргии, бары да сөбүлүү көрдүбүт.

Чэйдии олорон убайдаах аҕам сарсыҥҥыттан окко киирэллэрин туһунан күө-дьаа кэпсэттилэр. Максимнаах Кирилл таах сылдьыахтааҕар оттоһуох буоланнар, аҕам кынаттаммыкка дылы буолла. Биһиги аймалҕаммытын истэн, ыалбыт оҕонньор олбуор нөҥүө өҥөс гынна. Соҕотох олорор Ньукулай оҕонньору, биһиэхэ күнүн ахсын эбэбитин кытары сэһэргэһэ киирэрин иһин, «эбээ ухажера» диэн ааттыыбыт. Күө-дьаа кэпсэтэн, аһаан-сиэн баран, аны бары сөтүөлүү барарга сүбэлэстибит. Эбэбит «ол биһиги кырдьаҕас дьон туохпут эмиэ сөтүөтэй, манна чэйбитин иһэ-иһэ сэлэстэхпитинэ да сөп буолар дьоммут», – диэн Ньукулай оҕонньордуун хаалар буоллулар. Онтон атыттар бука бары Соболооххо барардыы тэриннибит. Дьоммут Павлик массыынатынан эрдэ айаннаатылар. Кэннилэриттэн Максим, Батас уонна мин буолан убайым матасыыкылын мэҥэһиннибит. Биһиги тиийиибитигэр дьоммут Соболооҕу хайыы-үйэ өрө сүгэн кэбиспиттэр. Үөрүү-көтүү, күлсүү-салсыы үгэннээн аҕай турар. Баар дьон биһиги кэлбиппитигэр соһуйбуттарын кистээбэтилэр – аһаҕастык одууластылар. Буолумуна, икки бүк соһумар сурах буолан тиийэн кэллэхпит дии. Максим соҕотох буолбатах эбит – Максим игирэлээх! Ону ааһан Максим кыыстаах! Ордук кыргыттар омуннурдулар, бэйэлэрин истэригэр кистэлэ суох уой-аай бөҕөтүн түһэрдилэр. Ол аймалҕан быыһыгар өйдөөн көрбүтүм: Батас көхсүгэр биэс харах харысхал бэлиэ татуировкалаах эбит, оттон Максим этэ ып-ыраас – туох да уруһуй, сурук суох. Игирэлэри араарар бэлиэбин булбуппуттан маҥнай испэр үөрэ санаатым. Ол эрэн, ол миигин араардын диэн өрүү сыгынньах үрдүлээх сылдьыбат буоллахтара диэн санааттан бэйэм бэйэбиттэн күллүм, сонньуйан ыллым. Максим сөтүөлүү киириэх диэтэ. Таҥастарбытын биир сиргэ уураат, илии-илиилэрбититтэн ылсан, ууга киирэн истэхпитинэ, кэннибитигэр: «Бүтүҥ эрээ, кини кыраһыабай буоллаҕына, кто я?! Кто я?! Макс итиччэ үчүгэй уол эрээри булан ылбыт кыыһа да баара…» – диир сүрдээх сытыы кыыс куолаһын истэн аһардым. Ити кыл түгэнэ иһиллэн ааспыт саҥа диэки тута хайыһан көрбөтүм, Максим биһикки ууга киирэн хааллыбыт. Доҕорум истибэтэ быһыылаах. Арай мин ити этиллибит тыллартан хайдах эрэ санаам түһэн, маарыыҥҥы үөрбүтүм-көппүтүм ханна эрэ саһан, симэлийэн хааларга дылы буолла. Хайалара саҥарбыт буоллаҕай диэн кытылга баар дьону одуулаһа сатаатым да, чопчу быһаарбатым.

Сэгэрим табыллыбатах маҥнайгы билсиһиибитин санаан буолуо, миигиттэн тэйэн олох ыраахха, дириҥҥэ барбат. Мин аттыбар чычаас сиргэ сылдьар. Аҕам, убайым уонна Батас күөл ортотугар тиийэн оонньоон ырааппыттар. Саҥаһым ийэбиниин хайыы-үйэ кытылга тахсыбыттар. Максимҥа ийэм аахха бардым диэн сибис гынаат, кытылга таҕыстым. Кулгааҕым уһугунан иһиттэхпинэ дьон бары биһигини ырытар курдук. Буолумуна даҕаны – мин хас балаҕан аайы баар дьүһүннээхпин, оттон Максим наһаа чаҕылхай, номоҕон дьүһүннээх, сахаҕа бөдөҥ-садаҥ быһыылаах-таһаалаах. Ону ааһан киһини тардар, абылыыр күүстээх. Олох ураты, саамай бастыҥ… Ол иһин биһиэхэ итиччэ элбэх харах хатаммыта, саҥа-иҥэ аһаҕастык этиллибитэ буолуо… Дьонум аттыгар тиийэн олордум. Эмискэ ийэм ньилбэгэр умса түһэн ытыах-соҥуох санаам кэллэ. Онуоха ийэм, сэрэйдэҕэ эбитэ дуу, оройбуттан сып-сылаастык муннун даҕайан сыллаата уонна кыра эрдэхпинэ көхсүбүн таптайарын курдук сымнаҕас ытыһынан таптайан ылла.

Ити курдук күннэр, хонуктар бэйэ-бэйэлэрин солбуһан, ааһан истилэр. Дьоммут отторо саҕаламмыта быданнаата. Сүнньүөхтээх Батас оттоһон кэллэхтэринэ бары тэҥҥэ чэйдиирбит. Онтон хонуктарыгар дьиэлэригэр бараллара. Оттуур сирдэрэ чугас уонна атах тардыстар көлөлөөх буоланнар, дьиэттэн ууна сылдьан оттууллар. Аҕам барахсан, үс уоллана түспүт киһи сиэринэн, соһуччу тосхойбут үөрүүтүгэр итэҕэйбэккэ, сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьарын көрүөххэ наһаа да үчүгэй. Киэһэ ахсын кэлэн чэйдии олорон уолаттарын хайҕаталаан айаҕа хам буолбат.

– Павлик биһикки иккиэйэхпит эрэ эбитэ буоллар, саҥа охсон бүппүт буолуо этибит. Оттон билигин уолаттар баар буоланнар оппутун кээһэ оҕустахпыт ити дии. Дьэ, уолаттар, абыраатыгыт. Сүнньүөх, дьэ, күүстээх да эрэт эбит. Эчи түргэнэ-тарҕана, кыайыгаһа-хотугаһа. Батас, чахчы да, маһы ыллатар уус уол эбит. Эдэр киһи диэтэххэ, толкуйа мындыра, туттуута ырааһа-чэнчиһэ сөхтөрөр.

– Оннук. Биһиэхэ оҥорбут мас кыраабылларын курдук үчүгэй, чэпчэки, табыллыбыт тэрил аны кимиэхэ да суох, – Павлик аҕатын хайҕалын ситэрэн биэрэр. Оттон мин бэйэм хайҕаммыт кэриэтэ ис-испиттэн наһаа үөрэбин, кынаттаммыкка дылы буолабын.

Биирдэ эмиэ итии-куйаас сатыылаан турар күнүгэр от кээһэн кэлэн чэйдии олорон Сүнньүөх сөтүөлүү барыах диэн этии киллэрдэ. Бары аккаастаннылар. Оттоон кэлбит дьон сиэринэн, хантан эрэ күүс ылан суунан-тараанан баран орону булан утуйбут киһи дэстилэр.

Максим биһикки мэлдьи буоларыныы, Соболоохпутугар бардыбыт. Кини мас хомуйа охсон тута кутаа отунна.

– Бүгүн сөрүүн соҕус, уу тымныйдаҕа буолуо. Эн кииримэ, манна кэтэс, сөп? Мин начаас умсан тахсыам, күрээн хаалаайаххыный, – диэн күллэ, сүүспүттэн муннун даҕайан сыллаан ылла.

Футболкатын, ыстаанын уста охсоот, сүр чэпчэкитик сүүрэн тиийэн ууга биирдэ умсан хаалла, ол кэннэ күөл ортотун ааһыар диэри эрчимнээхтик харбаан дайбаата. Кутаабар Сүнньүөх бэлэмнээбит маһыттан эбэн биэрэ-биэрэбин доҕорбун одуулаһабын. Киирэн эрэр күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур күөл ньууругар кини этэ-сиинэ, хас хамсаннаҕын ахсын быыппастар былчыҥа эмиэ арыынан соппуттуу күлүмүрдээн, кылабачыйан ылар. Сотору кытылга таҕыста. Хас хардыыта, хас хамсаныыта туох эрэ уратылаах. Кини кыыс эрэ бары хараҕа хатаныах айылаах абылыыр аналлаах быһыытын-таһаатын уора-көстө одуулуу олордум. Түүн үөһэ чугаһаан, биллэ сөрүүкээбит. Мин улахан соттор тутан баран доҕорбор утары бардым. Сүнньүөх тоҥмут, ол эрэн олус астыммыт дьүһүннээх. Соттору бүрүнэ охсоот, кутаа таһыгар кэлэн олордо.

– Оок-сиэ, дьэ бэрт да бэрт! – диэн астыммыт киһи сиэринэн саҥа аллайар. – Эн киирбэтэҕиҥ да үчүгэй эбит. Уу тымныйбыта сүрдээх.

Мин Сүнньүөҕүм кэннигэр кэлэн турдум уонна тарбахтарым төбөтүнэн сэрэниин-сэрэнэн ыас хара баттаҕар сыстыбыт оҕуруо курдук уу таммахтарын ылгыы оонньоотум. Кутаа умайан таһыгырыыр тыаһыттан ураты туох да атын тыас бу улугурбут чуумпуну аймаабат. Күүспүн түмэн, эр санаабын ылан тарбахтарбын кини инчэҕэй баттаҕын устун халтарытан түһэрэн кулгааҕын эминньэҕин имэрийэн ылабын. Онуоха сэгэрим илиибиттэн тардан ылан бэйэтин аттыгар олорто. Ыһыллан тахсыбыт биир сүүмэх баттахпын кулгааҕым кэннигэр кыбытан кэбистэ, иэдэспин даҕайар-даҕайбат икки ардынан имэрийдэ уонна чох хара харахтарынан уун-утары көрөн олорон: «Көмүө-өс», – диэн тоҥон эбитэ дуу – кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан оргууй аҕай саҥарда.

– Мин эйигин таптыыбын… – бу дириҥ суолталаах күндү тыллартан сүрэҕим устун дьикти иэйии сүүрүгүрэн ааста, иэдэһим биллэ итийдэ, этим сааһа арылларга дылы гынна. Сэгэрим уун-утары көрбүтүн кубулуппакка олордо. Мин тулуйбатым – кинини моонньуттан икки илиибинэн кууһан ыллым, кэтит санныгар төбөбүн уурдум уонна кулгааҕар: «Мин эмиэ эйигин… олус күүскэ…» – диэн сибигинэйдим. Сүнньүөҕүм уостара мин уоспун булан ыллылар уонна өр да өр, маҥнай сэрэнэн, онтон уохтаахтык уураатылар… Биһиги ол күн – от ыйын 28 күнүгэр аан маҥнай уураспыппыт, аан маҥнай бэйэ-бэйэбитигэр таптыырбытын билиммиппит…

– Биир саамай улахан баҕа санааҕын миэхэ этиий, – диэн дьиэбэр атааран иһэн ыйыппыта.

– Мэлдьи мин аттыбар баар буол, Сүнньүөх. Миэхэ онтон ордук туох да наадата суох, – диэбитим. Доҕорум сып-сылаас ытыстарынан мин ытыстарбын ыга туппута.

– Мэлдьи эн аттыгар буолуом, Көмүһүм, мэлдьи…

Мэлдьи… бу тыл суолтата, дьиҥэр, олус дириҥ буоллаҕа.

Атырдьах ыйын саҥата этэ. Дьоммут ыраах баар Бадарааннаах диэн алааска көспүттэрэ. Суоллара куһаҕан буолан, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ ким эмэ кэлэн өйүө ылан барара. Ол күн Батас кэлбитэ. Кум-хам тутуллубут кумааҕы сыыһыгар астарын испиэһэктээн ыыппыттар этэ.

Батас биһикки маҕаһыыҥҥа Артуркалаах Буобаны илдьэ матасыыкылга мэҥэстэн бардыбыт. Килиэп кэлбит күнэ буолан, дьон-сэргэ маҕаһыын иһигэр лыык курдук симиллибит, уочарат халыҥ халҕаһа буола үүммүт. Нэһилиэк оҕолоро Батаһы көрдүлэр да: «Здравствуйте, Максим Егорович» дииллэриттэн биһиги кистээн күлсэн ылабыт. Уолаттарбыт оҕолору кытары таһырдьа оонньуу ойон хааллылар. Кэмниэ кэнэҕэс Батас оҕолору тахсан көрүөм диэн таһырдьа таҕыста. Мин уочаракка олорор дьахталлары кытары күннээҕини кэпсэтэ олордум. Эмискэ таһырдьа дьон айманар саҥата, оҕонньоттор үөгүлэһэллэрэ өрө көбдьүөрэ түстэ. Ол аймалҕантан сүрэҕим айахпынан сулбу ойон тахса сыста. Тоҕо эрэ «бырааттарым туох эрэ буоллахтара» диэн санаа төбөбөр көтөн түстэ. Биирдэ өйдөөбүтүм, таһырдьа турабын. Уолаттарым сарыласпытынан маҕаһыын кэнниттэн сүүрэн маҕыйан иһэллэр. Маҕаһыын кэтэҕэр дьахтар: «Бүтүө-өҥ!!! Хайдах буолан бардыгытый?!!» – диэн хаһыытыыра иһилиннэ. Оҕолорбун маҕаһыын диэки үтэйтэлээт, онно ыстанным.

Көрбүтүм, дьон охсуһа сылдьар. Иэдээн… Итирик туруктаах Рустам сутуругун суулуу туттубутунан Батаска ынан кэлбитин, анарааҥҥыта аһаран биэрээт, өттүктээн түһэрдэ уонна, ойон туран, уҥа илиитигэр быһах туппут Марат хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн иһэрин түөскэ тэптэ. Сууллан түспүтүгэр илиитин атаҕынан хам үктээн баран биилээҕин былдьаан ылла. Бу барыта кыл түгэнин иһигэр буолла. Иирбиттии саба түһэ сатыыр итирик ыччаттары, хата, чугас сылдьыбыт эр дьон саба сырсан кэлэннэр оҥкумалларыттан ылан тэйиччи илдьэтэлээтилэр. Мин маҥнай уолуйбутум ааһа быһыытыйда. Батас сирэйин-хараҕын одуулаһабын: аллараа уоһа сүр улаханнык хайдан хаалбытыттан хаан оҕуолуу сылдьар.

– Батас, хайдаххыный?

– Үчүгэйбин, куттаныма, – тойон эрбэҕинэн уоһун сэрэнэн соттумахтаан ыла-ыла, миигин уоскутаары мичээрдии сатаата, онтон бэйэтэ-бэйэтиттэн ыйытардыы саҥа аллайда. – Туох буолбут дьонноруй?

– Максим Дьөгүөрэбис, хайа, туох буола сылдьаҕытый? – үрүҥ кыл сэлээппэтин оройугар кэппит Бүөт Бөтүрүөбүс диэн маҥан сулардыы бытыктаах саастаах киһи килиэп ылар сиэккэ суумкатын суулуу туппутунан мөҕүөх-этиэх курдук субу тиийэн кэллэ. – Эдэр дьон эрээри күрүлүүр күн ортото охсуһа сылдьаҕыт!

– Максим Дьөгүөрэбис саҕалаабыта буолуо диэн күргүйдүүгүн дуо? Ол баппат уолга Мараакка баран айдаар! Ибис-итирик буолбат дуо?! Өссө быһахтаммыт буола-буола! – атыыһыт Аанчык ийэтэ Огдооччуйа эмээхсин алтахтаан кэлэн Бөтүрүөбүһү саба саҥаран кэбистэ. – Үчүгэйгин дуо, Махсыым?

– …аа, үчүгэйбин, – Батас Максим буолбатахпын диэн быһаарыан саараата быһыылаах, судургутук хардаран кэбистэ.

– Хата, киһитэ эн буолан иннилэрин ыллаҕыҥ. Атын киһи түбэспитэ буоллар ити баҕайы өлөрөр дуу, өһөрөр дуу? Киһи үтүөнү кэтэспэт киһитэ.

Огдооччуйа эмээхсин мөҕүттэ-мөҕүттэ мустан турар дьахталлар диэки барда.

– Максим Егорович, дорообо. Дорообо, Даша, – оскуола дириэктэрэ Пелагея Романовна, кэтит кытыылаах соломо сэлээппэтин көннөстө-көннөстө, чугаһаан кэллэ. – Хайа, туох араллаана буоллай?

– Ээ, мин Максим буолбатахпын, кини быраатабын, – Батас мин диэки көрөн ылаат, соруйан бары истэллэрин курдук улаханнык хардарда.

– Аа? – Пелагея Романовна тугу да өйдөөбөтөхтүү Батас биһиккини эр-биир көрүтэлээтэ.

– Бу Батас – Максим игирэтин аҥаара, – бу тухары саҥата суох турбут бэйэм быһааран биэрдим.

– Ээ, дуо? – дириэктэр эрэ буолбакка, бу кэпсэтиини истибит мустан турар дьон-сэргэ уолу баһыттан атаҕар диэри сыныйан көрдүлэр. Ким эрэ эрдэттэн билбит буолан, эбии быһааран, кэпсээн ситэрээччи буолла.

Батас биһикки маҕаһыынтан килиэппитин ылаат дьиэлээри, бу дьонтон тэскилии охсоору тиэтэйдибит.

Атыыласпыт уонча килиэппитин куулга уган, матасыыкылбытын мэҥэстэн дьиэлээтибит. Ол эрэ кэннэ, чуумпуга олорон, туох буолбутун Батастан сурастым.

– Артуркалаах Буоба маҕаһыын кэннигэр чыычаах уйата баар диэннэр, ону көрө барбыппыт. Онно суулла сытар мас үрдүгэр дьон арыгылыы олороро. Биһиги кинилэргэ эрэ наадыйбакка, кимнээх эрэ оҥорбут уйаларын көрүтэлии сылдьыбыппыт. Эмискэ ити быһахтаах уол уун-утары ынан кэлэн санныга охсубута. «Онтон-мантан кэлэ-кэлэҕин улаатымсыйаҕын. Киһи ыҥырдаҕына хайыһан да көрбөккүн» диэн айдааран барбыта. «Ээ, бутуйдугут, уолаттар, мин Максим буолбатахпын» диэн быһаара сатаабытым да, бэйэлэрэ эрдэттэн боруок көрдүү сылдьар дьон тута охсон-тэбэн барбыттара. Ону оттон… туран биэрбэт буоллаҕым дии… – диэн кэпсээннээх буолбута.

Сүнньүөх, ити быһылааны истээт, уордайа түспүт этэ. Мараты кытары аахсардыы санаммытын инитэ, хата, тохтоппут. Ол курдук дьоммут этэҥҥэ оттоон бүтэн дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. Сотору Батас дойдулаабыта.

Биирдэ, төһө да курус күһүн чугаһаатар, сайыҥҥылыы куйаас күн сатыылаата. Сүнньүөх биһикки оҕуруот дьаһайан баран, Соболоохпутугар бара сылдьарга сананныбыт. Сэгэрим илиибин бэйэтин сып-сылаас ытыстарыгар кистии тутан, сотору-сотору муннутугар даҕайан сыллаан ылар. Үгүс саҥата-иҥэтэ суох күөлбүтүгэр тиийэн ыскаамыйабытыгар олордубут. Мин бу күннэргэ саныыр санаам барыта доҕорбуттан арахсан үөрэнэ барарым чугаһаабытын туһунан этэ.

– Сүнньүөх, үөрэхпэр барарым чугаһаата дии, – төһө кыалларынан сэргэх соҕустук саҥа таһаарабын. – Ол эрэн, барбаккабын, академ ылаары гынабын. Ону эн туох дии саныыгын?

Доҕорум сып-сылаастык санныбыттан сыллыыр.

– Мин утарабын. Эн үөрэн. Үөрэниэххин наада. Мин манна оскуолабар салгыы үлэлиэм. Хас быыстаннаҕым ахсын куоракка эйиэхэ барар буолуом, оттон эн саҥа дьылга бэйэҥ кэлиэҥ… Онтон… сөбүлэһэр буоллаххына, мин эйигин кэргэн ылыам…

Бу этиллибит бүтэһик тыллартан сып-сылаас салгын сүрэҕим ортотунан сайа охсон ааһарга дылы гынна.

«Сөбүлэһиэҥ дуу?» «…Сөбүлэһиэм…»

Биһиги таптаһар сүрэхтэрбит биир тэҥник өрө мөхсө түстүлэр. Сэгэрим кэтит моонньуттан кууһан, кини санныгар төбөбүн ууран олордум. Сүнньүөх сып-сылаас уоһунан имэрийэн эрэрдии нап-нарыннык сүүспүн, иэдэспин сыллаата, онтон уоспун көрдөөн булан ылла, уохтаахтык уураата. Мин бу уҕараабат уохтаах уураһыыттан хайдах эрэ туймаарыйан ыларга дылы гынным. Онтон ис-испиттэн долгуйан, саамай эрэнэр, истиҥник саныыр киһим миэхэ улахан суолталаах тыллары этэн дьоллообутуттан уйадыйан хараҕым уутун кыамматым.

Түүнүн номнуо хараҥарар буолбут халлаан анныгар өр олорбуппут, үгүһү ыраламмыппыт, инникибитин былааннаабыппыт.

Дэриэбинэҕэ төннөөрү туран Сэгэрим эмискэ тохтуу биэрдэ, кэннин хайыһан күөлүн кэриччи көрдө.

– Дьиибэ баҕайы. Эн биһикки манна билсибиппит. Манна бастакыбын эйигин кууспутум, уураабытым, манна эйиэхэ таптыырбын билиммитим, манна кэлэн ыал буолуох диэтим, манна инникибитин былааннаатыбыт… Көмүс, эн биһикки туспутунан Соболоохпут барытын билэр, – диэн баран түөһүн муҥунан ыраас салгыны эҕирийэн ылла. – Аны манна сотору хаар түһүө, Соболоохпут дөйүөрэ тоҥуо… Ол кэннэ аны сайын кини сылаас уутугар умса оонньообут киһи баар ини…

Доҕорум эппит бүтэһик тылларын тоҕо эрэ ис-испиттэн абааһы көрдүм, кыйаханыах, эмиэ да куттаммыттыы куота охсуох санаа киирдэ.

– Оо дьэ, сөтүөлүөҥ турдаҕа ээ! Ону-маны мээнэ саҥарыма, ыл барыах, – диэтим.

Дьиэҕэ кэлбиппит, бары хайыы-үйэ утуйбуттар. Сүнньүөҕү чэйдээн баран дьиэҕэр бараар диэн таһараа дьиэҕэ таҕыстыбыт. Павлик соҕотоҕун киинэ көрө олорор эбит. Үһүөн остуол тардан чэйдээтибит.

– Павлик, Дашам биһикки ыал буолаары гынабыт, – Сүнньүөх эмискэ бэрт сорунуулаахтык саҥа аллайда уонна убайым диэки ыйытардыы көрөн кэбистэ. Павлик саҥата суох итии чэйигэр саахар куттан булкуйа олордо. Үөрбүт да дьүһүннэммэтэ, соһуйбут, хомойбут да санаа кини сирэйигэр толбонуран ааспата. Саҥата суох итии чэйин сыпсырыйан ылла. Дьэ, ол кэннэ туран кэллэ уонна Сүнньүөххэ илиитин утары уунна. Сэгэрим аттыгар турбутугар сарын сарыннарыттан куустуһан ыллылар. Убайым миигин оройбуттан сыллаан ылла уонна мичээрдии-мичээрдии «үөрэбин эрэ» диэтэ.

– Биллэн турар, билигин буолбатах. Даша үөрэҕиттэн кэллэҕинэ аны сайын уруу оҥоруохпут. – Сүнньүөх сонунун үллэстибититтэн чэпчээбиттии үөрэн мичээрдии-мичээрдии убайбар кэпсии олордо. Ол курдук сэһэргэһэ, олоро түһэн баран Павлик туран дьиэҕэ тахсардыы хомунна, Мин остуол хомуйан эрдэхпинэ, убайым тахсаары аан айаҕар туран кыл түгэнэ тохтоон ылла. «Эһиги манна хонуҥ ээ», – диэтэ, мичээрдээн ылла уонна тахсан барда. Остуолу хомуйбутум кэннэ, Сүнньүөх дьыбааны түһэрэн орон оҥордо, ааны хатаата, уоту сапта уонна кэлэн миигин кууһан ылла.

Сып-сылаас уостара моонньум устун мэниктии сүүрэкэлээбиттэрэ. Күүстээх илиилэр миигин чэпчэки баҕайытык көтөҕөн ылан ороҥҥо илдьибиттэрэ… Ол түүн этэ дьол оройо, таптал муҥутуур чыпчаала, кыыс оҕо дьахтар киэбин кэтэр имэҥин илбиһэ…

Сарсыарданан саамай таптыыр киһим кэтит түөһүн сыттыктанан, күүстээх илиитин суорҕаннанан утуйа сыттахпына… Сүнньүөх эмискэ баттататан, үлүгүнэйэн, өрө мөхсөн барда. Баттатар киһини аатын ааттыа суохтааххын дииллэрин санаан «Тур!», «Уһугун» дии-дии илгиэлээммин, бэрт өр бодьуустаһаммын нэһиилэ уһугуннардым.

Доҕорум туран уу иһэн, уһуутаан, өрүтэ тыыммахтаан баран, аттыбар кэлэн сыппытыгар ыас хара баттаҕыттан имэрийэ-имэрийэ тугу түһээн баттаппытын ыйыттым.

– Билбэтим ээ, туох абааһы түүлэ эбитэ буоллар… Бадарааннаахха баар сайылык дьиэтигэр олоробун. Кыраабыл тиистиибин дуу, хайдах дуу. Аттыбар ким да суох. Арай ааны тоҥсуйаллар. «Аан аһаҕас, киириҥ», – диибин да, истибэттэр. Лүҥсүй да лүҥсүй буолаллар. Туох ааттаах буоллулар дии-диибин ааны аһаары өндөйөн иһэн ньилбэкпэр сыстыбыт мас сыыһын тэбии турдахпына, таһырдьа киһи уйулҕата хамсыыр ынырык хаһыыта иһилиннэ. Мин итиччэлээҕи истибит киһи, таһырдьа ыстанным. Эмискэ хас да хап-хара, уп-улахан ыт миэхэ саба түстүлэр, түбэһиэх ытыран, көмүллээн бардылар, аһыылара биир кэм килэйэн көстөр. Хаҥас атаҕым уотунан умайар, илэ курдук ыарыы бөҕөтө. Онтон туох да буолбатаҕыныы уу чуумпу буолан хаалла. Харахпын аспытым, биир да ыт суох буолбут. Арай, тура сатыыбын да, сатаан турбаппын – атаҕым былаат курдук, истибэт. Хара күүспүнэн сыыллан дьиэҕэ киирдим. Дьиэ иһэ киһи тулуйбат итиитэ, салгын суох. Хайдах эрэ наһаа итииргээтим, тыыным-быарым хаайтарда эрээри, тулуйан олоро сатаатым. Эмискэ таһырдьа кыра оҕо ытыыра иһилиннэ. Итиигэ буспуттуу сарылыы-сарылыы ытыыр. Суох, мин тулуйбатым, таһырдьа сыыллан таҕыстым уонна туох да буолбатаҕын курдук икки атахпар чиҥ үктэнэн, туран кэллим. Уу чуумпу. Ханна да оҕо баара биллибэт. Арай… арай дьиэ иһигэр түннүккэ эн тураҕын, миигин көрөҕүн уонна тоҥсуйа-тоҥсуйа тугу эрэ хаһыытыыгын, ытыыгын. Мин онуоха эмискэ ыксаан хааллым, төттөрү дьиэҕэ киирээри халҕаны тардан көрдүм да аһыллыбата. Эн улахан баҕайытык ытыырыҥ кулгаахпар билигин да чуҥкунаан иһиллэр курдук… дьикти баҕайы, сатаан ааны аһан киирбэтим… – Сүнньүөх түүлүн кэпсээн баран биир сири супту одуулаан саҥата суох чочумча сытта. Түүлүн кэпсээбититтэн дьиксинэ санаатым. Кырдьык даҕаны, туох дьикти түүлүн түһээтэҕэй диэн куттанан ыллым, ол эрэн доҕорбун уоскутаары иэдэһиттэн «чоп» гына уураатым.

Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.