Kitabı oku: «Саха саарына Тэрис»
Айыы диэнинэн ааттаныа
(аан тыл оннугар)
Киһи тыыннаах сылдьарын таптыыра, харыстыыра – өй-санаа биир ураты көрүҥэ. Тыыннаах буолууну билинэр уонна итини өтө көрөн дириҥник үөрэтии былыр Айыы – «жизнь» дэммит. Бу үөрэтии античнай Грецияҕа, былыргы Индияҕа, буддизмҥа, исламҥа биллэн ааспыт. Кэлин, аан дойду үрдүнэн өлүү культа баһыйбытыгар, Айыыга сүгүрүйүү үгүс норуокка мөлтөөбүт. Бэрт хойутуу «Живая этика – Агни йога» быһыытынан тилиннэрэ сатааһын бара турар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан тыыннаах олоҕу өрө тутан кэлбит омук. Ол да иһин «Айыы аймаҕа аһыныгас, Күн дьоно көмүскэс» диэн эрдэҕэ. Саха киһитин муҥутуур үрдүк идеала – Айыы киһитэ. Кэлэр кэмҥэ, сарсыҥҥылаах олоххо тардыстар киһини Айыы киһитэ диэн ааттыыр.
ХХ үйэ бүтүүтэ—ХХI үйэ саҕаланыыта маны хос көбүппүт киһибит – Тэрис. Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис (12.01.1952—29.12.2017) филология билимин кандидата, биллэр дьайаанньыт, сахаһыт. 1989 сылтан «Саха кэскилэ» общественнай-политическай хамсааһыны тэрийсэр уонна салайар. Суверенитет идеятын сайыннарыыга уонна туруулаһыыга элбэх сыратын биэрбитэ.
Л.А. Афанасьев-Тэрис биир сүрүн үлэтэ норуот утумнаах дириҥ санаатын үөрэтии этэ. Онуоха баҕалаахтары түмэн, «Кут-сүр» кыһаны төрүттээбитэ. Итинтэн ыла «Кут-сүр» оскуола, общественнай Академия үөскээн, саха улахан санаатын – Айыы санааны, тыыннаах олоххо сүгүрүйэр үгэһи үөрэтии саҕаламмыта. Бу түмүгэр тыыннааҕы өйдүүр дьоҕурбут – Айыы үөрэҕэ тиллибитэ.
Үтүө үгүс өйдөөх киһини
Үрүҥ айыы үөскэтэн,
Үөрэҕи өбүгэ сахаҕа
Үөдүтэр буолла?! —
диэн Алампа убайбыт амалыйыытын Тэрис отуттан тахса сыл устата бэйэтин тус дьулуурдаах олоҕунан турууласта. Ити түһүүлээх-тахсыылаах, утарсыылаах-өйөбүллээх түгэннэрин ааҕа барбакка, бүгүн «Айыы үөрэҕэр» ураты болҕомто ууруоҕу баҕарыллар – Тэрис тоҕо итини бигэргэтиигэ үгүс сыратын биэрбитэй диэҥҥэ…
Атын омуктар курдук, саха тус улахан санаалаах дуо, баар буоллаҕына, ол тугуй диэһиҥҥэ киһи эрэ барыта ылбычча тиийэн кэлбэт. Тэрис ити таһымҥа тахсыбыт биир сүрүн төрүөтэ норуот өйүн-санаатын үөрэтиитэ-ырытыыта буолар. Ийэ өй туохха тирэнэрин көрдөөһүнэ кинини Айыы санааҕа аҕалбыта. Бу санаа норуот тыыннаах олоҕу олоруутугар муҥутуур төрүт буоларын кини бигэтик өйдөөбүтэ.
Синкретизм. Айыы санаа синкретизм иһигэр сылдьара. Тоһоҕолоон эттэххэ, атын араас утарсыылаах анаарыылары, көрүүлэри кытта суулаһан, уопсай биир тиһиккэ баара. Ити уопсай тиһиктэн саха философиятын уонна итэҕэлин бутуурдаах өйдөбүллэрэ үөскээбиттэрэ.
Ол курдук, философия синкретизмыгар атын-атын философскай көрүктэр, итэҕэл синкретизмыгар тус-туспа итэҕэл үөрэҕэ, сиэрэ-туома баалларын билбитэ. Мантан сиэттэрэн, Айыы санааны синкретизмтан араарар уонна ийэ өйү сайыннарарга үөрэх гынар сорук турбута. Бу саамай уустук быһаарыныы этэ.
«Кут-сүр» оскуола маныаха синкретизм эрдэтээҥҥи көстүүлэрин үөрэтэн, чинчийэн барар. 1705 сыллаахха Голландияҕа бэчээттэммит «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ таҥара үрдүгэр» диэн сахалыы постулаты, 1825 сыллааҕы бүтүн Россиятааҕы юридическай докумуоҥҥа киирбит үс символы – Үрүҥ айыы, Святой дух (иччи), Аар тойон диэннэри, Аар Айыы тойон диэн Миддендорф (1842—1845), Маак (1853—1855) экспедицияларыттан матырыйааллары. Бу матырыйааллары религиознай култууралаах, үөрэхтээх специалистар итэҕэл бары канона, символа бигэ туруктаах кэмигэр хомуйбуттара. Холобур, 1705 сыллааҕыны ыллахха, саамай эрдэтээҥҥи ре-лигиознай постулат буолар. Итиннэ этиллэринэн, Айыы – жизнь суолтата таҥаратааҕар таһыччы улахан. Россия императорын канцеляриятыгар киирбит 1825 сыллааҕы юридическай докумуоҥҥа Айыы эмиэ инники. Айыы кэнниттэн иччи. Үһүскэ – Аар таҥара.
1843—1845, 1853—1855 сыллардааҕы географическай экспедициялар көрдөрүүлэринэн, таҥараны Айыытааҕар инники тутуу, Үрүҥ Айыыны намтатыы, Аар таҥараны үрдэтии саҕаламмыта көстөр. Саха сиригэр маннык религиознай уларытыыны олохтообут киһинэн епископ Нил буолар. Кини тыыннаах олоххо сүгүрүйүүнү намтатан, өлүү культугар бас бэриннэрээри таҥара – Аар тойон суолтатын күүһүрдүбүтэ.
Сити кэмтэн ыла саха өйүгэр-санаатыгар сыыйа духовнай симбиоз олохсуйан барар. Айыыны, иччини, куту-сүрү таҥаранан солбуйуу уонна таҥаранан бүк баттааһын.
Симбиоз. Бу үс көрүҥнээх. Бастакыта – мутуализм. Өйдөбүллэри хас биирдии киһи бэйэтэ хайдах саныырынан тойоннуур. Онуоха таҥараны чорботууну ким да утарбат. Буолуохтааҕын курдук сыһыаннаһар. Иккиһэ – комменсализм. Симбиоз бу өрүтүгэр нэһилиэнньэ сорох араҥата өлүү өттүн аҥаардастыы күүркэтэр. Оттон атына итиниэхэ кыттыбат. Үсүһэ – мазохизм. Бу туһаайыы икки суоллаах. Бастакыта – тыыннаах олоххо, айыыга, иччигэ сүгүрүйүүнү сэнээһин. Ол оннугар өлүү культугар – таҥараҕа бас бэринии биһирэнэр. Оттон иккиһигэр – таҥараһыт кими баҕарар мөрөйдүүрэ көҥүл.
Онон саха дьонугар XIX үйэ иккис аҥаарыттан саҕалаан, Айыы өттө үтүрүллэн, таҥара өттө өргөйбүт, өргөстөммүт. ХХ үйэ бүтүүтэ—ХХI үйэ саҕаланыытыгар симбиоз бу үс көрүҥэ Айыы үөрэҕин утарбыта. Итини ааһан, ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар епископ Нил саҕалаабыт үлэтин Аар Айыы итэҕэлэ, Айыы таҥара итэҕэлэ, Таҥарианство диэннэринэн сайыннара сатааһын бара турар. Бу барыта тыыннаах олох символын Айыыны, иччини суох оҥорорго дьулуһуу буолар.
Ол да буоллар, тыыннаах олоххо сүгүрүйээччи, тыыннааҕы таптыыр-харыстыыр баарын тухары Айыы үөрэҕэ сүтүө суоҕа. Кэнэҕэс даҕаны Айыы диэнинэн Тэрис үтүө аата сыанабылы ылыа уонна кэриэстэниэ диэн бигэ эрэллээхпин.
А.Н. Павлов-Дабыл,СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ
Тэрис диэн кимий?1
Тимир былаас эстээтин,
Тирэх өйүн сүтэрэн,
Тирии таһынан
Тиэрэ-маары тыллаһар,
Тиэрэ-таары көрөн сылдьар,
Тэлиэс-былаас хамсанар,
Тиэрэ-мээнэ быһыыланар
Киһи сатаан ыатарбат
Дьоно бөҕө үксээбитэ.
Уҥа, хаҥас барары,
Ортотунан оломнууру
Оҥкуллааммыт билбэппит.
Ханан киирэн,
Таба суолу тутары
Тэһэ көрөн ылбаппыт.
Ол да буоллар,
Билэр курдук, мөккүһэр
Киһи – саха айылгыта.
Сайдыылаах үйэ
Сабыыларын арыйар,
Саха тугун биллэрэр,
Самныбыт киэнин
Сатаан күүһүрдэр.
Санаа сааһын булбакка,
Саха кыайан түмсүбэккэ,
Сатарыйыы кэҥиэхтээҕэ,
Сатала суох дириҥиэхтээҕэ.
Саргылаах өҥ кырыска
Сатаан таба үктэммэккэ,
Саха төрүт үгэһигэр
Сэнээн, чиҥник тирэммэккэ,
Тэмтэргэммит кэлиэхтээҕэ,
Саха тиһэххэ тэбиллиэхтээҕэ.
Ону Тойон таҥара
Урааҥхайы дириҥ дьуоҕаттан
Оруу тардан уһугуннарар,
Оннубутун булларар,
Уһуу уолун ыыппыта…
Таҥара тылын тиэрдээччи
Саҥа үйэ уратытын
Сандаарда көрөр үөрэхтээҕэ.
Оннук эрдэ сайдыбыт
Охонооһойоп Лааһар —
Үрдүгүнэн ыырдаммат
Сатыы санаалааҕы2
Санаа тиийбэт үрдүгүнэн
Сайа тыыннаран дайыппыт,
Сахалары сайыннарбыт
Саха бастыҥ саарына.
Бас туттубут чулуу уолбут
Барытыгар бастыҥ буолбут:
Хара үлэҕэ хаайтарбат,
Сүгэ ылан, мас кэрдэн
Сылайбакка батырҕатыа,
Саһаан охсон бачырҕатыа,
Суоран, умнаан кылбатыа,
Дьиэ тутан дьэндэтиэ.
Ходуһаҕа хоһуунунан,
Хоппот сыппах хотуурунан
Оту сыалыы быһарынан
Кэпсэлгэ киирбит охсооччу.
Буор хаһан бурҕайар,
Оҕуруотун дьаһайар.
Көтөҕүүгэ-сүгүүгэ,
Көргө оонньоон тустууга
Көрүҥүттэн таһынан
Кини чахчы баардааҕа.
Өй үлэтигэр үтүрүйтэрбэт,
Саха тылын киэҥ эйгэтигэр,
Сэмсии сылдьан үөрэтэр.
Суруйбута элбэҕинэн,
Кинигэтэ үксүнэн,
Биллибитэ бэрдинэн
Бастыҥ буолуо оҥоробун.
Илиилэригэр күүстээхтэр,
Кыратытан сэнээннэр,
Илиилээри тииһэннэр
Эчэйэ сыһаллар.
Өйдөөхпүт дэнээччилэр,
Өс киирбэх сэнээннэр,
Өй былдьаһан,
Үөрбэ тылга түһэллэр.
Кырдьыгынан сылдьар
Кыһалҕата сүрдээх,
Кыаллыбата элбэх.
Лааһар онтон кыһаллыбат,
Сирэйинэн сылдьар,
Итэҕэһи көрөн кээспэт,
Тойон диэн толлубат,
Доҕорум диэн аһыммат.
Соҕотоҕун даҕаны
Солуу турар ыараханы.
Тэрис – үксү билээччи,
Инникини билгэлээччи,
Саҕалааччы, төрүттээччи,
Уһуйааччы, көҕүлээччи,
Сатабыллаах тэрийээччи,
Санаатын тиһэҕэр тиэрдээччи!
Тэрис – куолаһа кубулуйбат,
Иннинэн чугуйбат,
Кэннинэн кэхтибэт,
Этэр тылын эҕириппэт,
Саҕалаабытын энчирэппэт,
Санаатын булгуруппат
Туп-туруору киһи.
Тэрис – харса суох үлэһит,
Хайҕалга хараҥарбат,
Наҕараадаҕа наадыйбат,
Аакка-суолга тардыспат,
Солоҕо-чыыҥҥа суудайбат
Суп-судургу киһи.
Тэрис – саха Учуутала.
Соҕурууттан-хотуттан,
Илинтэн-арҕааттан
Эҥинэ бэйэлээхтэр
Үөрэттэрэн бараллар,
Сүбэлэтэн байаллар.
Айыытын балаҕана
Сабыллыбат аана.
Сайсарыга саха тыына
Салыйбаттыы сайа тыынар!
Саха аймах уруккутун,
Быралыйбыт былыргытын,
Устуоруйа чахчыларын,
Итэҕэлин, үгэһин,
Көнө төрүт майгытын,
Олох сиэрин, куолутун
Урутунан билбитэ,
Ону дьоҥҥо ууммута,
Уһуйааччы буолбута
Уларытыы таһаарбыта.
Тэрис моонньо суон,
Саха сойбут итэҕэлин
Уонна төрүт култууратын
Ыбыс-ыарахан сыарҕатын
Чугуйбакка дьүккүйэр!
Уҥа-хаҥас өттүгэр
Уҥмат-бүппэт уһун тыыннаах,
Улугурбат сындаалаах,
Уйарҕаабат уйулҕалаах,
Уурастаабат оҥоһуулаах,
Оҕуруктаах иҥэ өйдөөх,
Уорааннаах уһун олуктаах,
Охсор сата тыллаах
Уордаах боотур уолаттардаах,
Уххан курдук
Улуу суруналыыстардаах,
Дабыл курдук
Талба сэһэннэрдээх.
Сэлиитин сиппэккэ,
Сир-бырах хаалан иһэр,
Кэскилин өйдөөн,
Кэнниттэн сэнньэлиһэр
Сэпсигир оҕонньоттордоох,
Эрэллэрэ иннигэр
Эдэр ыччаттардаах —
Кини үөрэҕэ кэскиллээх!
М.П. Алексеев-Дапсы,филологическай наука кандидата,«Ийэ тыл» түсчүтэ
I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Айыы суола
Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай-психологическай анаарыы
«Мы все обладаем большим количеством знаний, которые не осознаем».
М. Эриксон
Быйыл биир бэлиэ түгэн – «Айыы үөрэҕэ» кинигэ бэчээттэммитэ уонна «Кут-сүр» религиознай тэрилтэ юридическай регистрацияны ааспыта 25 сыла. Быһатын эттэххэ, үйэ чиэппэрэ ааста. Бу былаһын тухары Айыы үөрэҕэ, итэҕэлэ билигин даҕаны үгүс мөккүөрү уонна утар-сыыны үөскэтэр. Онуоха мөккүһээччи да, утарсааччы да Тэрис ханнык да кинигэҕэ суоҕу «тарбаҕыттан эмэн» таһаарбыта диэн тыллаһар үгэстээх. Маны биһиги дириҥ социальнай-психологическай проблема курдук көрөбүт. Бу проблемаҕа абсолютнай авторитекка (религияҕа, наукаҕа, политическай сүүрээннэргэ) тирэнэр маассабай өй-санаа уонна соҕотох киһи олоххо сыһыана-көрүүтэ ыйааһын хараҕар ууруллан турар.
Нэһилиэнньэ социальнай стереотиба, күрүө оҥостубут араас идеологическай схемата, үҥэр-сүктэр эгэлгэ эмэгэтэ тус бэйэтигэр аһара күндү. Дьэ итинниги этэбит, общественнай психология диэн. Бу да иһин атеист, коммунист уонна официальнай, коллективнай сиэри-сигилини батыһар халыҥ араҥа оччолорго Тэрис үөрэҕин ересь курдук санаабыта.
Тоҕото тугуй диэтэххэ, чэҥкир бэлэм идеологияны бэрэлээн айаҕын ииттэргэ, олоҕун оҥосторго идэтийбит киһи ханнык да энчини тулуйуон сатаммат этэ. Инньэ гыннаҕына эрэ социальнай иерархия сымнаҕас олбоҕор олорор кыахтааҕа. Урут да, билигин да оннук. Төрүт уларыйа илик кур көстүү.
Онон бэйэтин кэминээҕи политическай, экономическай, философскай, историческай догмалары көмүскүүрэ бэрт оруннаах этэ.Бу да иһин соҕотох киһиэхэ аҥаардастыы дьорҕойуу, суоһурҕаныы ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыттыы барбыта.
Итинник дьон, чуолаан, үөрэх диэни социум ычатыгар кыбытан өйдөөбүтэ. Марксизм-ленинизм, атеизм, библия, коран кээмэйинэн. Бу иһин коммунистар, атеистар бэйэлэрин идеологияларыгар итинник суоҕун дакаастыырга туруммуттара. Таҥараһыттар биир оннук «библияҥ, кириэһиҥ, иконаҥ ханнаный, кыһыл тылгынан эппиккин ылыммаппыт» дэһиилэрэ, бэл оннооҕор социальнай-гуманитарнай эйгэ үлэһиттэрэ «хантан ким этиитин туһаммыккын ыйан көрдөр» дии-дии түүрэйдээһиннэрэ баар этэ.
Тэрис хантан ылан «Айыы үөрэҕин» айа сатыырый, Айыы диэн ол тугуй диэн баайсар баайсыылара итинтэн сиэллэнэн-кутуруктанан тахсыбыта.
Этиттэрии
Два мира есть у человека:
Один, который нас творил,
Другой, который мы от века
Творим по мере наших сил.
Н. Заболоцкий
Дьиҥэр ыллахха, Тэрис бу үлэтэ этиттэрии диэн ааттанар. Кинигэ аан тылыгар ааптар оннук быһаарбыта. Бу быһаарыы мээнэҕэ оҥоһуллубатаҕа. Кини итинэн үөрэх диэн тылы Логос диэн религиознай-философскай категория өйдөбүлүгэр туттубута.
Логос былыргы греческэй философияҕа – «разумное начало космоса, мировой закон, мировой разум». Греческэй философ Платон «божественная идея» диэнин кытта биир баайыылаах өйдөбүл. Маны аныгылыы өйдөөччүлэр «склад мышления» диэн эмиэ этэллэр. Оттон былыргы Логос кээмэйинэн Айыы үөрэҕэ – Айыы этээйитэ буолар.
Айылҕа халбаҥнаабат сокуонун быһыытынан Логос илэчи олох бигэ тирэҕэ. Бу «суруллубатах үөрэҕи» бүгүҥҥү таһымынан сыаналаатахха, уһун кэмнээх эволюция түмүгэр үөскээбит сабыылаах генетическэй информация, бүтүн оҥоһууну харыстыыр биологическай программа диир сөптөөх. Бу сабыылаах генетическэй информация уонна биологическай программа айылҕа түөрт эйгэтигэр толору киирэн сылдьаллар. Ону илдьэ сылдьар орто дойдутааҕы сырдык күүһү саха киһитэ иччи диэн ааттыыр. Буор иччитигэр баары буор кут, уу иччитигэр баары ийэ кут, салгын иччитигэр баары салгын кут, уот иччитигэр баары сүр диэн бүтэйдии сэрэйэн этэр. Бу барыта тыыннаах эйгэҕэ бит, билгэ, таҥха, дьылҕа, ыйаах, оҥоһуу, төлкө таһымыгар сылдьар. Эт кулгааххынан истибэккин, эт хараххынан илэ көрбөккүн. Алампа эппитинии, итини мээнэ киһи мэйиитэ билбэт. Ону билэр айдарыылаах ураты дьоҕуру этиттэрии диэн этэллэр. Былыр-былыргыттан сээркээн сэһэннэр маны эттэринэн-хааннарынан дьиҥ билбит суоллара. Киһи аайы тиксибэт ураты дьоҕур. Оннук киһини Айыы киһитэ диэһин баар.
Айыы киһитин «физический носитель мирового разума» курдук сыаналыахха сөп. Айыы киһитэ баар буоларыгар, айылҕа биологическай программата, сабыылаах генетическэй информацията көмөлөһөр. Бу барыта физическэй, биологическай, ону ааһан психологическай объектарга, хас биирдии киһиэхэ, обществоҕа, ону ааһан технологическай көрүккэ, санаа да тиийбэт чараас эйгэтигэр киирэн сылдьар.
Сээркээн сэһэннэр этиилэринэн, Айыы үөрэҕэ үрдүк айар күүстэн – Үрүҥ Айыыттан тиксэр улуу муударас. Үрүҥ Айыыттан этиттэрии. Бу этиттэриини кут-сүр гына тарҕатааччы Үрүҥ Айыы Тойон. Оттон этиттэриини араҥаччылааччы Айыы Тойон буолар.
Киһи олоҕо биологическай уонна социальнай программалартан турар. Киһи удьуоругар айылҕа айыллыбыт төрдө-төрүөтэ сабыылаах генетическэй информация, биологическай программа таһымыгар сылдьар. Айыы киһитэ итини кут-сүр, иччи, айыы диэн ааттаабыт. Балар тыынар тыыннаахха мэлдьи чугастар. Киһиэхэ эмиэ. Итинэн тыыннаах буолууну, олох баар буолуутун хааччыйаллар.
Оттон социальнай утумнааһыны киһи бэйэтин төрөппүттэриттэн, үөлээннээхтэриттэн, алтыһар дьонуттан-сэргэтиттэн, быһатын эттэххэ, киһи аймах айылҕа ортотугар олоҕу оҥостор үөрүйэҕиттэн ылар.
Чинчийээччилэр этэллэринэн, киһи социальнай программата биологическайдааҕар кыра. Атыннык эттэххэ, киһи биологическай программаттан дьиҥнээхтик «тэйэ быһыытыйыыта» баара-суоҕа 400-чэкэ сыл курдук дииллэр. Киһи айылҕаттан тутулуга суох курдук сананыыта, тус кыаҕын билинэ быһыытыйыыта, бэйэтин айылҕа муҥутуур хаһаайынын курдук сананыыта итиччэ кэм уһуннаах.
Оннугун оннук эрээри, социум урукку олоҕу өй-санаа күлүгэ оҥорон, айылҕаны кытта өр кэмнээх «охсуһуутун» түмүгэр социальнай догмалаах эрдэтээҥҥи улахан религиялар үөскээбиттэрэ, чуолаан, христианство, ислам. Ити религияларга киһи олоҕун соро-муҥа, ол кэмнээҕи кыһалҕата туохтааҕар да ордук чорботуллар. Ону хос ырыҥалаан, урукку кириттэн-дьайыттан ыраастаан, саҥалыы таҥан, бүгүҥҥү тыыннаах олоххо өй-санаа күлүгэ – Таҥара гына иҥэрии социальнай-гуманитарнай программа биир сүрүн ис хоһооно буолбута.
Буолан ааспыт олоҕу өй-санаа күлүгэр кубулутуу уонна ол күлүк иһигэр тыыннаах олоҕу олоро сатааһын икки тыһыынча сыл тухары киһи аймахха ыарахан психологическай эксперимент быһыытынан салҕана турар. Маныаха өлүү культун үөскэтии, онно үҥүү-сүктүү – бу религиялар халбаҥнаабат догмалара. Киһи өллөҕүнэ эрэ үчүгэйдэтэр. Тыыннааҕын тухары эрэйи-кыһалҕаны кэтиэхтээх диэн өйдөбүл итиннэ чиҥник иҥэн сылдьар.
Киһи аймах баһыйар өттө түҥ үйэлэртэн маннык догмаҕа хото охтор. Дэлэҕэ даҕаны, Кытай былыргы бөлүһүөктэрэ олоҕу олорууну уруккуга төннүү, ону хатылыы сатааһын диэхтэрэ дуо?! Киһи аймах «хараҕа наар кэннигэр», өрүү ааспыты кэтэнэр-мананар диэн өйдөбүл олохсуйбут. Оттон тыыннаах буолуу муҥура биллибэт ис кыаҕын бэйэҕэ арыйа сатыыр дьоҕур быстар мөлтөх. Ити да иһин тыыннааҕы, чэгиэни харыстааһын, кэлэр кэмтэн, бүгүҥҥү тыыннаах эйгэттэн үчүгэйи күүтүү, онно эрэнии суоҕун тэҥэ. Бу да иһин, күҥҥэ хайыһан, уокка сүгүрүйэн иччини – билиҥҥи кэми, Айыыны – кэлэр кэми уруйдууру-айхаллыыры ис-иһиттэн сөбүлээбэт майгы аһара күүстээх. Ол оннугар дьиэни-уоту арҕаанан ааннаан, күн сырдыга киирэр өттүн бүтэйдии бүөлээн, былыр үйэҕэ өлбүттэри таҥара оҥостуу, олор кэптэрин киһи аайы кэтэрдэ сатааһын, сырдыгы сыһыарбат гына кириэс анньыы – бу саамай биһирэнэр өй-санаа. Куораттар, болуоссаттар, уулуссалар, алаастар түөрэ кэриэтэ таҥаралаабыттар ааттарынан ааттанан, кинилэри тилиннэрэ сатыыр үрдүк аналлаахтара кими да дьиксиннэрбэт. Төттөрүтүн астыннарар, дуоһутар диэххэ сөп.
Тыыннаахтан, илэ баар күн сырдыгыттан үтүөнү эрэйэр адьас куһаҕан, ону ааһан кутталлаах дииллэр. Бу оннугар уруккуну, күн сиригэр суох буолбуту сырдык ыра оҥостуу, онно үҥүү-сүктүү кинилэргэ муҥутуур абыраллаах. Бу да иһин бүгүн илэ баары барытын имири сотор, «Кыһыл кинигэҕэ» киллэрэн, сүтэрэ охсор баҕа олус күүстээх. Урукку өттүгэр итинник оҥоһуулаах социальнай система биирдиилээн киһи айылҕаттан айдарыытын суох гынаары сору-муҥу кэтэрдэр, эрэйдээн өлөрөр эбит буоллаҕына, аны айылҕа дириҥ ис күүһүн баһылыырга баламаттык турунна.
Киһини оҕо сааһыттан кэлтэйдии өлүү культаах социальнай программаҕа хааччахтаан иитии-үөрэтии түмүгэр сабыылаах генетическэй информация, биологическай программа бүтэйэн иһэр. Үчүгэй уонна куһаҕан ардын киһи урут этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн курдаттыы сэрэйэр буоллаҕына, бүгүн итини киинэ оҥорон, кинигэ суруйан, үлтү лэбэйдээн быһаардахха эрэ сатанар. Оннукка тиийэн-түгэнэн хаалбыттан аны ким да соһуйбат. Итинэн салайтаран олоруу киһиттэн сүрүн ирдэбил, модьуйуу буолан иһэр. Бэйэ ис кыаҕын туһаныы дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэппэт, ааһа баран итинниктэри мөрөйдөөн атарахсытар, бүк баттыыр холобур элбэх.
Бүгүҥҥү социум оҥоһуута (искусственнай техногеннай сайдыы) уонна итиннэ тирэҕирбит социальнай тутула айылҕалыын дьүөрэлэспэт, ону ааһан айылҕа программатыттан тосту-туора буолан иһиитэ сылтан сыл улаатар. Итиниэхэ техническэй цивилизация сайыннарар системата үгэстийбит утумнаах култуураны быстах кэмнээҕи култуурунай бырайыактарынан солбуйа сатыыр соруктанна. Ол курдук модернизационнай тосхоллоох политическай эйгэ дойду иһигэр «ис колониализмы» олохтуурга дьулуһуута улахан. Регионнары, провинциялары үлтү соролоон, национальнай ресурсаны киин былаас бас билиитигэр кубулута турар. Итини түргэнник ситиһэр сыалтан кытыы сирдэр социокультурнай уратыларын муҥутуу симэлитэ сатыыр. Онно холонуу холобура аҕыйаҕа суох. Үгүстэн биирэ – норуоттар төрөөбүт тылларын, төрүт култуураларын суурайарга национальнай оскуолалары аҕыйатыы, үбүлээһини тохтоторго холонуу, итинэн этническэй, социальнай-историческай үллэһиктэри букатыннаахтык суох оҥорор баҕалаахтар.
Оттон суох оҥоро сатыыр социокультурнай уратылара – айылҕа биологическай программата, сабыылаах генетическэй информацията. Киһи төрөөбүт тыла ити чараас көстүбэт эйгэни арыйар суос-соҕотох күлүүс! Тыла суох киһи этиттэрбэт. Тыл көмөтүнэн киһи бэйэтин ис тыынын таҥастаан, эттэтиини ааһан, дириҥ этиттэриигэ киирэр.
Норуоттар бэйэлэрин төрөөбүт тылларын суолталаабаттарыттан, онуоха эбии государственнай система бары норуоту унификациялыыр сыалы-соругу күүһүрдэ турарыттан, социальнай-гуманитарнай билии-көрүү нэһилиэнньэҕэ быстар намыһах. Онон эттэтиитэ, этиттэриитэ суох кураанахсыйбыт киһи элбээн иһэр. Атыннык эттэххэ, кута-сүрэ, иччитэ салыйбыт дьон үгүс. Балар бэлэм социальнай программа ис хоһоонугар дьүөрэлээн, техногеннай олох сыарҕатыгар хатаастыыны «сайдыыга айан, ситиһиилээх буолууга дьулуһуу» диэн күннээҕи лозунг оҥостон, сата баһын тардан эрэллэр. Итинник өлүмнэһии содулугар аан дойду үрдүнэн научнай-техническэй прогресс айылҕаҕа охсуута улам-улам күүһүрэн иһэр. Холобурун эттэххэ, сир шарын ойуура 25—30% кыччаата. Сыл аайы 400 000 кв км ойууру араас социальнай программаҕа анаан кэрдэ тураллар. Төһөлөөх күөх үүнээйи дьон-сэргэ дьалаҕайыттан уокка былдьанарын киһи этэ да барбат. Оттон биир гектар ойуур 20 мөлүйүөн кубическай миэтэрэ иэннээх атмосфераны ыраастаан, күн аайы үрүҥ тыыммытын өллөйдүүрүн, дьэ, санаа эрэ!
«Сатурн-5» ракетанан американскай «Скайлэб» станцияны орбитаҕа таһаарарга сирдээҕи ионосфера 1800 км диаметрга тиийэ дьөлө ыстанар. Бу дьөллүү түмүгэр сирдээҕи айылҕа икки чаастан ордук бириэмэ итини оһоруна, иэдээнтэн өрүһүнэ сатыыр. Өскөтүн сылга 85-тэн ордук ракетаны көтүттэххэ, озон араҥата өрүттүө суоҕун сөп диир, айылҕаны үөрэтэр-чинчийэр үөрэхтээх араҥа.
Айылҕа бу үлүгэрдээх алдьаныыттан быыһанарыгар олоҕу харыстыыр программаны хос саҥалыы уларытар. Ол аата киһиэхэ баар сабыылаах генетическэй информацияҕа, биологическай программаҕа дириҥ мутация баран эрэр. Ол туоһута аҕыйаҕа суох. Ылан көрүөҕүҥ, саванта дэнэр төрүөхтэриттэн аамыйа, социальнай программаҕа кыайан дьүөрэлэспэт туруктаах, ураты айдарыылаах дьону. Бу феномены билиҥҥи наука кыайан быһаара илик.
Айыы үөрэҕин туһунан санааны түмүктээн эттэххэ, айылҕа дириҥ төрдө-төрүтэ этэр-кэпсиир, ыйар-кэрдэр кыаҕын ким барыта эт мэйиитигэр кыайан батарбат. Итиниэхэ, биллэн турар, киһи бэйэтин тула баары муҥ саатар билинэ, баардылыы үөрэнэрэ, ол бастакы улахан сорук быһыытынан турар.
Тэрис тилиннэрбит үөрэҕэ – үөтүүлээх санааһыҥҥа тирэммит сахалыы этиттэрии. Бу этиттэриигэ сабыылаах ис итэҕэли Тэрис сурукка тиһэн, аан бастакынан өй-санаа гынан билиһиннэрдэ.
А.Н. Павлов-Дабыл,СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ