Kitabı oku: «Чуумпу дьол»
Куораттарга нэһилиэнньэ олорор,
оттон норуот – тыаҕа.
Расул Гамзатов
Биэрискэ көлөттөн, сыарҕаттан нэһиилэ орҕостон ороммутуттан бэйэтэ даҕаны күлэ санаата.
– Чээ! Түстүм! – диэтин кытары, үстээх-түөртээх соноҕоһу айааһаан көлүнэ сылдьар пиэрмэ үлэһитэ уол Саачыкка, хайыһан көрөн баран, үүнүн тардарын мөлтөтөөтүн, бугуһуйан тэпсэҥнии турбут сылгы көтүтэ турда. Туркулаах табаһыт курдук айаннаан, айаас аттаах уол оҕото ыраатан хаалла.
Биэрискэ спортивнай ыстааныгар хатаммыт от бытархайын ылҕаата, тыастаахтык таһыйан, үтүлүгүнэн таҥаһын тэбэннэ. Сопхуос ыһыллыбытын кэннэ, өр кэмҥэ кураанах турбут пиэрмэ хотонун быйыл оҥостон киирбиттэрэ. Саханы саха оҥорбут ынах барахсан туохха да тэҥнэммэт күндү сыта, хотон аана тыаһа суох арыллаатын, Биэрискэ сирэйигэр сылаас тыынынан саба биэрдэ…
Дьикти ээ, киһи олоххо арааска даҕаны тиксээхтиир. Биэрискэ отучча сыллааҕыта, сэбиэскэй кэм өрөгөйдөөн турдаҕына, оскуоланы бүтэрбитэ. Олох араас аартыктара, кустук дьэрэкээн өҥүнэн дьэрэлиһэн, кыыс иннигэр арылыс гыммыттара! Үөрэхтэнэн, ким баҕарар буолуон сөптөөҕө. Быраастан саҕалаан, таҥас дизайнерыгар тиийэ талымастаабыта. Оччотооҕуга сүөһү сааҕар умса хоруйан, дьолгун онтон булуоҥ диэн эппиттэрэ буоллар, ол эппит киһини кини аччаабыта иирээки диэн саныа этэ, биитэр күлүү-элэк оҥостор диэн төһө эрэ өһүргэниэ турдаҕа!
Оскуолатын элбэх биэстээх бүтэрбит буолан, ийэтэ Анна Семеновна булгурутуллубат ыйыытынан, саамай олохтоох идэҕэ, быраас үөрэҕэр, иккиэн туттарса барбыттара. Быраас буолан, хачыгырас кырахымааллаах, мэктиэтигэр күлүмүрдээн көстөр үрүҥ халааты кэтэн, аанньал кэриэтэ балыыһа көрүдүөрүнэн кынталдьыйа тыкаарыйыахтаах чаҕылхай хартыыната бастакы эксээмэҥҥэ, химияҕа, өлбөөдүйэ быһыытыйбыта.
– Сатаатар, бырабааллаан хаалбыт дии. Ону мин хайдах да көннөрөр кыаҕым суох. Аҕыйах да бааллаах эксээмэннэрин барытын туттарбыта буоллар, син кэпсэтэн көрүөм этэ… – Аана оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уола, билигин ыччаты бэйэтин идэтигэр үөрэтэр аатырбыт хирург, нэлэппит ытыстарынан, бэйэтэ да өлбөөдүйэ быһыытыйбыт хартыынаны, букатын сабан кэбиспитэ. Авиапорка киирэн иһэн, Биэрискэ, ытаабыта бэрдиттэн иһэн хаалбыт харахтарынан, университет үрдүк холуонналарын ыраахтан «төрдүс» оптуобус халыҥ түннүгүнэн батыһыннара көрөн хаалаахтаабыта…
Ол кыһыны кини ийэтэ буҕаалтырынан үлэлиир тэрилтэтигэр, кыыс оҕону тугунан да кэрэхсэппэт хоммунаалынай хонтуора үдү-бады хараҥа хаассатыгар, тимир эрэһиэҥкэ нөҥүө таас чох тордоҕуттан быһа сиэммит кирдээх күрдьүгү көрөн кыстаабыта. Оннооҕор ити куһаҕан түүл курдук күннэрдээх кэмҥэ пиэрмэҕэ тахсан, «бороонно көр, ынахта ыа» диэбиттэрэ буоллар, «өлөн түһүө» этэ. «Оскуола—производство—үрдүк үөрэх» диэн хамсааһын ол саҕана уоҕа уостан эрэр эбит да буоллар, оскуоланы бүтэрбит оҕону хайаан да хотоҥҥо таһаара сатыыллара. Биэрэни ийэтэ туох диэн күрэппитэ буолла, бииргэ үөрэммит оҕолоро сорохторо тахсыбыттара, «Романтика» диэн ааттаах туспа звенолаахтар эбит этэ. Биэрискэ үөрэххэ киирбэтэх кыһыыта-абата сүрэҕин үүйэ-хаайа тутара. Сити кэмҥэ хайа эрэ дьоллоохтор университет сырдык аудиторияларыгар олорон, санаабыт баҕаларын хоту, олохторун суолун оҥостоллоро, кэскиллэрин кэҥэтэллэрэ…
Эһиилигэр, сынтаччы анньыллыбытыттан саллан, Биэрискэ университекка холоно да сатаабатаҕа. Ийэтэ, саатар, буҕаалтырга үөрэнэ бар диирин ылыммакка, кыра соҕус дьоҕурдаах буолан, анаан аҕалбыт ойууларын, ол-бу биһирэбилгэ тиксибит кумааҕыларын мунньан, аны художественнай учуулусса сиргэ тимирбит самнархай дьиэтигэр тиийбитэ.
– Театральнай, чыыста театральнай эбит, – диэн ботугураспыттара хамыыһыйаҕа олорор худуоһунньуктар. Биэрискэ таҥаһы-сабы уруһуйдуур баҕа санаата туолуох курдугуттан һэк гына түспүтэ да, эксээмэнин күнүн бутуйан кэбиһэн, эмиэ хаалан хаалбыта. Тыйыс куйахтарын кэтэ охсубут хамыыһыйа дьонуттан көрдөһө сатаабыта да, хайыай, бэйэтэ буруйдаах буоллаҕа дии.
Худуоһунньуктар эксээмэннэрэ атын үөрэхтэртэн тоҕо эрэ арыый эрдэ туттарыллар буолан, бас батар кыах көстүбүтэ. Москубаҕа иис технологиятын үөрэҕэр миэстэ баарын билбитэ. Төрдүө буолан биир миэстэҕэ анньыспыттара. Сырдык кугас харахтарынан арылыччы көрбүт бааһынайдыы хааннаах кыыстыын тэҥ баалланан, иккиэйэҕин эрэ хаалбыттара. Биэрискэ оччолорго син даҕаны сытыы эбит ээ. Миниистирдэр Сэбиэттэрин үрдүк дьиэтигэр үҥэн-сүктэн, көрдөһөн-ааттаһан тугу эмэ ситиһээйэмий диэн, чэпчэки бырамыысыланнас ааныгар тиийбитэ. Сэкирэтээр тоҕо эрэ суоҕа. Миниистир хоһугар икки киһи тугу эрэ мөккүһэллэрэ, тыл-тылларыгар киирсибэттэр быһыылааҕа, хаһыытаһа быластаан кэпсэтэллэрэ. Оттон аан тэлэллэ биэрээтин, ардырҕаспытынан иккиэн тахсан кэлбиттэрэ.
Миниистир мап-маҕан баттаҕын аннынан хара хаастарын түрдэһиннэрэн, көрдөрбүтүнэн, ханна эрэ баран хаалбыта. Биирдэһэ, болҕомтолоох хара харахтарынан чоҕулуччу одуулаабыт эдэр киһи, кыыстыын дорооболоспута.
– Гоголев диэммин, – мөккүөргэ уйуһуйан, билигин да иһигэр «оргуйа» сылдьар быһыылааҕа. Кыараҕас хос устун төттөрү-таары хаамыталыыра, тиҥилэҕэр туран эргиллибитэ. – Туох кыһалҕалаах кэллиҥ?
Биэрискэ саарбаҕалаан, мух-мах буолбута, онтон кэпсээбитэ.
– Тыа оҕото, бу миэстэҕэ тиксиэм диэн эрэнээхтиигин да, билэр киһи быһыытынан этэбин, тиксиэҥ суоҕа! Эрэйдэнэ сатаама, быһаарыллан турар! Эн дуу, Саха сирин аан дойдуга аатырдыбыт ырыаһыт кыыһа дуу, ыйааһыҥҥыт тус-туһунан. Олоххо итинник буолар, ону билэ иликкин быһыылаах.
Кини эппитин хоту буолбута. Биэрискэ санаатыгар миниистирин кэлэ-бара күнү быһа күүппүтэ да, таба туппатаҕа. Сарсыныгар кэлбитэ – быһаарыы биллэр түмүктээх тахсыбыт этэ.
Эмиэ биир сындалҕаннаах кыһын… «Романтикаҕа» үлэлиир икки кыргыттара үрдүк үөрэххэ туттарсарга путевка ситиһэн, бэлэмнэнэр кууруска эрдэ киирбиттэр этэ. Ол кууруска биир сылы мүччү түстүлэр да, туох даҕаны эксээмэнэ суох СГУ устудьуоннара буола түһэллэрэ. Пиэрмэҕэ таах тахсыбаккабын диэн кэмсиниэх санаалар быгыахтаабыттара.
– Ии! Эн курдук «туонкай осуоба» тулуйбат үлүгэрэ! Тобуккар диэри ынах сааҕын ньыһыйа сылдьаҕы-ын, итиннэ охтубут борооску, манна сыппыт ынах! Санаан көр, итиннэ үйэлэрин бараабыт дьону! Биһиги диэн эһиил болдьохпут бүтэн, көҥүл-босхо барыахпыт. Оттон кинилэр инникилэрэ биир күдьүс боруҥуй халлаан! – Биэрискэ маҥнайгы кылаастан бодоруспут дьүөгэтэ Таанньа-Татоша кэлэн, курустаал иһиккэ өрөһөлүү ууруллубут кэмпиэт-сакалаат арааһыттан биир-биир айаҕар утаарар, сойон эрэр хара чэйи сыпсырыйар. Ыстаан болтоҥноторун быыһыгар биир кэм тылыбырыы олорор. – Ааспыт олохторо кытта бороҥ! Абаанса, хамнас кэллэҕинэ, иккилии күн хайаан да арыгылыыллар, бары! Саатаан бүттэхтэрэ ол. Эмиэ даҕаны, киһи өйдүүр ээ… Өрөбүл да, уоппуска да суох дьоно. Күнтэн күн биир ыарахан үлэ! Туох да атын суох, арай, кыһын буолар, онтон сайын буолар. Ыйга биирдэ «автолавка» кэлэр, аҕалбытын барытын «сотон» ылаллар.
– Эс! Онтон хаһыат сирэйин барыыллар дии, былаан итиччэ туолла, бачча туолла диэн? Москубаҕа босхо күүлэйдиир путевка эҥин? Биһиэхэ атыыламмат мал-сал эмиэ барыта эһиэхэ дии? – Биэрискэ соһуйда.
– Ээй, тас эрэ көрүҥ дии! Тиксээччи наар тиксэр быһыылаах. Биир эмэ, таах да син баран кэлэр быһыылаах… Билбэтим.
– Кими кэпсээбиттэрэ дии, били ким-ким, Ньургустаана паапатын!
– Аа! Кырдьык! Москубаҕа күүлэйдии баран, харчытын барытын халатан ылбыт этэ дии, итириктээн киирэн биэрбит үһү, кэм да…
Кыргыттар хойукка диэри буолары-буолбаты чыбыгырастылар. Татоша массыыната кэлбитигэр «производствотыгар» төнүннэ.
Биэрискэлээх ыаллара Даайа икки ыанар ынахтаах. Кэйиик ааттаахтара. Сүөһү таска сылдьарын көрдөҕүнэ, Биэрискэ чугастааҕы ыалларын тиэргэннэринэн эргийэн-хайаан эрэйдэнэрэ. Биир эмэ сүөһү кини диэки хайыстаҕына, часкыйа түһээт, иэнэ кэдэйэринэн куотара. Хантан уонна сүөһү буостуктаах буолуой!
Хомунаалынайыгар сөптөөх үлэ суох буолбут. Онон ити кыһын милииссийэ иһинэн саҥа арыллыбыт медвытрезвитэлгэ ийэтэ хассыыр-сэкирэтээр миэстэтин булан биэрдэ. Оо дьэ, оттон, үлэ суоҕар үлэ буолаахтаатаҕа. Биэрискэни итириксит барыта уулуссаҕа көрсөн, дорооболоһон ааһар этилэр. Эҥин араас ханньары-мунньары сирэйдээх, өрүү буруйдаах сордоохтор сэкирэтээр кыыһы бэйэлэрин киһилэрин курдук көрөллөрө. Хонон тахсыбыт «өҥөлөрүн» иһин хамнастарыттан биллимтиэ соҕус төлөбүр бу кыыс сиэбигэр түһэрин билбэттэрэ эбитэ дуу?
Ситинник, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар күн-хонук биир күдьүс ааһан, баран истэ. Үлэтэ – дьиэтэ, дьиэтэ – үлэтэ. Биирдэ эмэ дьүөгэлэриниин үҥкүүгэ сылдьаллар. Эһиил туттарсыахтаах эксээмэннэригэр бэлэмнэнэн кыһаллан олорор да, хайаан да утуйан хаалбыта баар буолар.
…Бу бүгүн сирэр да, хайгыыр да сэбиэскэй кэммитигэр, оҕо ханна баҕарар баран үөрэххэ туттарсан, кэскилин оҥостор баҕатын хааччахтаабакка буола сатыыллара. Сөмөлүөт билиэтэ да аһара ыарахана суоҕа, аһыыр ас букатын да чэпчэки этэ. Биэрэ тастыҥ балта Саанньаны уонна бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Оляны кытта, аны, Ташкеҥҥа тиийэн хаалла. Сөмөлүөт аҕыйахта дьигиһийээт, турунан кэбистэ. Кып-кыра массыына аарыма аалы соһон ханна эрэ илтэ. Араадьыйалара быраһаайдаста, ситиһиини баҕарда уонна хаҥсыа соҕус саҥалаах туспа-туора ырыа онолуйа иһилиннэ. Сөрүүн сөмөлүөт иһиттэн тахсааттарын кытта, баанньык паарданар хоһугар киирбиттии, ип-итии салгын кыргыттары кууста. «ГДР», «Эйр Индия» эҥин диэн суруктаах улахан лайнердар хончоһон тураллар. Кыргыттар, цивилизация кытылыгар тиксибиттэриттэн көнньүөрэн, имнэнсэн ыллылар.
Биэрискэлээх Оля убайыгар, устудьуоннар уопсайдарыгар, тиийиэхтэригэр диэри, халлааннара хара таҥаһы саба бырахпыт курдук, начаас хараҥарда. Уопсайга букатын киллэрбэттэр эбит. Оля убайа Куочук, атын омук уолаттарын кытта, маҥнайгы дуу, иккис дуу балконуттан быа гына баайыллыбыт бырастыыналары түһэрэн, кыргыттары эрчимнээхтик соһон таһаардылар. Араас омук ыччата олорор уопсайдара эбит. Биһиги дьоммутун казах кыргыттара Мадина уонна Айгуль хорҕоттулар. Харчо диэн ип-итии аһары хоргуннаах миини пиалаларга кутан биэрдилэр. Тэлэбиисэрдэригэр киинэ көстөр, «Даурияны» тылбаастаабыттар. Виталий Соломин өйдөммөт тылынан «гыр-гыр-гыры-гыр» диир. Кыргыттар күлсэн быычыгыраһыы бөҕө. Биир кэмҥэ артыыстар уу сахалыы саҥарбыттарыгар туора дойду хайдах эрэ сымнаан, уруулуу быһыытыйда. Уһаппатылар, сарсыныгар кыбартыыра булуна охсон, куортамнаһан онно олорор буоллулар. Оптуобуһунан улахан куораты уһаты-туора экскурсиялаан, онон-манан сундулустулар.
Кэм-кэрдии биллибэккэ ааста. Омук сиригэр үрдүк үөрэх туһа диэн тиксибит кыргыттары орун-оннуларын буллартаан истэ. Оля университекка баалынан хапсыбакка хаалла, быыһыгар Ленингракка баран кэллэ. Эһиилги абитураҕа диэри Ташкеҥҥа хаалардыы сананна, дьиэлээтэҕинэ, баҕар, кыайан төннүө суоҕа, төрөппүттэрэ туох диэхтэрэ биллибэт. Саанньа мединститукка бырабааллаата эрээри, эмиэ дьиэлээбэтэ. Биэрискэ Чэпчэки бырамыысыланнас институтугар туттарыста. Баала кыра буолан, киэһээҥҥи факультекка үөрэнэ киирдэ. Күнүһүн таҥас өрөр фабрикаҕа быыл үрдэрээччинэн үлэлиир буолла.
Кыргыттар фабрикаттан чугас уопсайга үһүөн бииргэ олороллор. Оля уоран олорсор. Киниэхэ бу уопсайга тоҕо эрэ миэстэ тиксибэтэх, Норуот хаһаайыстыбатын институтун уопсайыгар орон биэрбиттэр да, оптуобуһунан айаннаан кэлэрдээх. Ол иһин дьүөгэлэринээн бииргэ буолар баҕаттан, орон көстүөр диэри, саһарга күһэллэр, Биэрискэлиин биир ороҥҥо хоонньоһон утуйаллар.Түүҥҥүгэ үстүү-түөртүү күн хоно-хоно тахсар буоланнар, сорох түүн Оля Саанньа оронугар утуйар. Хосторугар татааркалаахтар, манна биир эмэ түүн хонор да буоллар, оронун көҥүллээбэт, тыытыллыбатах хаар курдук кылбаа маҥан сабыылаах ороно оннук хонон турар.
Биирдэ, сыппыттарын кэннэ, арай, ким эрэ ороннорун сахсыйда. Тимир бастарынан бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһа турар ороннор аалсыһан лыбыгырастылар. Ол икки ардыгар көрүдүөргэ ыһыы-хаһыы бөҕө буолла. Биэрэ ааны өҥөс гыммыта – дьахталлар, халааттарын да кэппэккэ, сүүрэкэлэһэ сылдьаллар. Тугу да өйдөөбөтө. Хоһун уотун арыйа баттаата. Арай көрбүттэрэ – т?өгүрүк таас хахтаах лаампалара биэтэҥнии турар! Уоту быстылар, хабыс-хараҥа буолла. Түннүккэ сырсан тиийэн, таһырдьаны өҥөйбүттэрэ – дьон бары уулуссаҕа тоҕуоруспут, ыһыы-хаһыы, ытабыл, күүгүнэһии… Кыргыттар сыгынньах атахтарынан муоста барбах ньирилиир курдугун биллилэр. Ол да буоллар тахсыбатылар. Салгыы сахсыйбата, сотору уоскуйан, дьахталлар хосторунан тарҕаһан суугунастылар. Уота суох хабыс-хараҥа, дьик-дьах, чуумпу…
Саха сирин күһүҥҥүтүн курдук халлааннаах, силбик-сиппэрэҥ кыһын кэллэ. Хаар сороҕор олус хойуутук түһэр, түһээт ууллан хаалар. Сороҕор уута-хаара биллибэт силбик салгыҥҥа ыйанан турар. Ону ол диэбэккэ, Ташкент кэлэн иһэр Саҥа дьылга бэлэмнэннэ. Уулуссалары туора дьэрэкээн лаампа гирляндалара ханнык бырааһынньык кэлэн эрэрин биллэрэр ойуулара дьиримнэстилэр, маҕаһыын, тэрилтэ барыта симэннэ. Киэҥ түннүктэргэ харыйалар күлүмүрдэстилэр, мөһүүрэ арааһа ыйанна, чыпчыҥнас уоттар чаҕылыстылар.
Биир киэһэ эмискэ ааны тоҥсуйан тобугураттылар. Биэрэ соһуйан, ходьох гынна.
– Санитарнай бэрэбиэркэ! – аан анараа өттүгэр саҥа иһилиннэ.
Хортуоска ыһаарыланан киэһээҥҥилэрин аһыы олорбут кыргыттар сүүрэкэлэһэн бардылар. Оля, чааскылаах чэйин туппутунан, таҥас ыскаабын иһигэр киирдэ. Бэрэбиэркэлээччилэр иккиэлэр эбит. Кимнээх баалларын бэлиэтэннилэр. Ону-маны туппахтаатылар даҕаны, кири булбатылар. Сааһыран эрэр узбечка баатанан орон сиһин сотон көрбүтэ – баатата харааран хаалла.
– Паал! – «быыл» диир быһыылаах.
Онтон таҥас ыскаабын аанын арыйда! Онно атахтарын хатыйа үктээн, саннытынан ыскаап эркинигэр өйөнөн, туох да кыһалҕата суох Оля чэйин сыпсырыйа турара. Дьахталлар соһуйан, кэннилэринэн чинэристилэр. Саҥата суох тахсан бардылар, тугу да ыйыталаспатылар даҕаны. Сотору буолаат, комендаан тиийэн кэллэ. Кини бу уопсайга үрдүттэн олорор, оҕо-уруу бөҕөтө. Комендаан Оляны үүрэн кэбистэ. Кыыстарын киэһээҥҥи уулуссаҕа хайдах соҕотох ыытыахтарай, үһүөн тахсан бардылар. Ол түүн тимир суол вокзалыгар хороччу олорбутунан хонон турарга быһаарыннылар. Таһырдьа хаара-самыыра биллибэт, сып-сытыы тымныы тыаллаах өксүөн.
– Биһиэхэ билигин бытарҕан тымныы… – Оля өрө тыынна.
– Саҥа дьылга бэлэмнэнэн бөҕөтө-ө… – Биэрискэ эмиэ өрө тыынна. Оля харахтарыттан бөдөҥ таммахтар мөлбөһө сүүрдүлэр.
– Саатар Саҥа дьылы дьиэҕэ көрсүбүт киһи-и… Аны бу манна вокзалга Саҥа дьыллыырбыт буолуо… – Биэрискэ кытта ытаһыан баҕарда. Харахтарын уута ыанньыйан, тохтуох буолан эрдэҕинэ, эмискэ Оля эттэ: «Саҥа дьыллыы дьиэбитигэр барабыт дуо?!»
– Барабыт дуо?! – кыргыттар һэк гына түстүлэр. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, саҥата суох чочумча олордулар. Онтон ойон туран, эмиэ саҥата суох, «межгород» төлөпүөнүгэр сүүрдүлэр.
Дойдуларыгар сарсыарда түөрт чаас. Дьоно аах суһаллык иккилии мөһөөҕү ыыттылар. Кыргыттар киэһэлик номнуо поезка олорон, Новосибирскай диэки куугуната турдулар. Онтон сөмөлүөтүнэн үс чааһы тулуйан көттөхтөрүнэ, кинилэри тоҥ, томороон, тумаҥҥа сууламмыт дьоллоох Дьокуускай куорат көрсүө! Ол кэннэ күлүмүрдэс маҕан хаардаах, аам-даам тумарык төрөөбүт дойдуларыгар тиийиэхтэрэ! Араас дьэрэкээн уотунан күлүмүрдүүр Ташкент сыл аҥаара эрэ харахтарын баайан, ырай дойдута буолан кубулунан көһүннэ. Билигин хараҥа түүл курдук, хара буруо курдук кэннилэригэр түллэҥнии хаалла. Төттөрү оборон ылыа диэбиттии, кыргыттар хайыһан көрүөхтэрин да сэрэнэллэр…
… Биэрискэ Чуурай диэн кып-кыра нэһилиэккэ учууталлыы сылдьар. Чуурай туспа сэбиэтэ суох, улахан сопхуос субай сүөһүтүн туруорар учаастага. Хаһааҥҥыта эрэ тип-тигинэс олохтоох нэһилиэк «бөдөҥсүтүү» кэмигэр эстэн-быстан хаалан, билигин дьон быстах кэмҥэ үлэлээн барар сирдэрэ буолан турар… Манна киин сиргэ иҥмэтэх-баппатах дьон тахсан, үрүҥ тыыннарын өрүһүнэн бараллар. Дойдуларыттан көспөккө хаалбыт аҕыйах ыал, сылгы-сүөһү ииттэн, кимнээҕэр чиҥник олороллор. Манна түөрт эрэ кылаастаах оскуола баар. Биэрискэ маҥнайгы кылаастан илдьэ сылдьар, быйыл оскуоланы бүтэрэн, бэһис кылааска ханнык эмэ атын нэһилиэккэ дуу, оройуон киинигэр дуу үөрэнэ барыахтаах биэс оҕолоох. Ыал буолан, туспа буруо таһаарыммыта төрдүс сылыгар барда. Эрэ маннааҕы олохтоох суоппар уол, Биэрискэттэн үс сыл балыс.
– Мин оскуоланы бүтэрэн бааллыы сырыттахпына, кэргэн тахсар уолуҥ буолуохсут бу баар диэн, алтыс кылааска үөрэнэр кырачааны ыйбыттара буоллар, «өлөн» түһүөм этэ! – диэн күлэр Биэрискэ.
Саҥарбат Сааба уола Махсыым аҕатын курдук эмиэ соччо саҥата суох, мүчүк эрэ гынар. Саҥата суоҕуттан сылтаан дуу, иккис кылааска хаала сылдьыбыттаах. Оскуолатын арыый да хойутуу бүтэрбитэ. Онно-манна баһын батара сатаабакка, олохтоох СПТУ-га үөрэнэн, суоппар-силиэсэр идэтин баһылаан, массыына уруулун хайдах туппутай да, биир күдьүс үлэлии-хамсыы сылдьар. Аҕала сатаан уһуну-киэҥи толкуйдаан эрэйдэммэккэ, төрөөбүт Чуурайыгар тахсан, бастаан суоппар миэстэтэ суоҕун иһин, бороон көрөөччүнэн, онтон тас үлэһитинэн сылдьымахтаспыта, ол кэннэ дьэ, үүт таһар эргэ «ЗИЛ» самасыбаалга олорбута.
Күн аайы сэттэ, сороҕор алта алюминий билээгэ ыаммытынан үүтү оройуоҥҥа, ыарахан сыт олоҕуран хаалбыт үүт собуота диэн дьиэҕэ, пиэрмэ дайааркаларынааҕар ордук чобуоххайбыт дьахталларга киллэрэн туттарар. Сэппэрээтэр тыаһын баһыйа сатаан хаһыытаһан кэпсэтэллэр. Махсыым, тыла суох киһиэхэ дылы, отой саҥарбат, кини кэллэҕинэ, дьахталлар дьэ бэлэстэрин тарбыыллар. Лабараанныы кэлбит, арылхай сырдык харахтардаах Чурапчы кыыһын сыыттыы сатаан, хайдах да буолуохтарын билбэттэр. Махсыым билээгэтин туппутунан көһүннэ да, күө-дьаа көбдьүөрэ түһэллэр. Киһибит саҥарбат, сүүһүн аннынан көрүтэлиир эрэ. Чурапчы кыыһа даҕаны, биирдэ быган баран, кэлин хоһуттан тахсыбатаҕа. Өрүү буоларын курдук, бүгүн эмиэ Махсыым икки атаҕынан нэһиилэ куотан таҕыста.
Күһүҥҥү күн, сайыны төттөрү эргитиэм диэбиттии, чаҕылыйан, итии көмүс уотунан сандаарар. Махсыым сопхуос киин хонтуоратын хараҥа көрүдүөрүттэн тахсан, үрдүк үктэллээх кирилиэһинэн түһэн истэҕинэ, биир кыыс чэпчэкитик дугунан, умсары туттубутунан киниэхэ утары сүүрэн тахсан эрэрэ. Ама да хатыҥырын иһин, уҥуоҕунан баҕас уһун киһини көрбөккө, кыыс кэтиллэ түстэ! Кэтиллибит омунугар хараҕыттан уот чаҕылыйда, охтон түстэ. Махсыым туох буолбутун ситэри өйдөөбөккө таалан турда. Ол икки ардыгар хонтуора иннигэр өрүү үмүөрүһэр дьон ойон тиийдилэр, кирилиэстэн охтубут кыыһы окумалыттан өйөөн, өрө тардан туруордулар, сыыһын-буорун тэбээн биэрдилэр. Ол – Биэрискэ этэ.
– Чуурайга барар массыынаны ыйыта кэлбитим ээ… – Биэрискэ хараҕын уутун нэһиилэ кыанна.
– Оттон ити киһиҥ дии, Чуурайга баран эрэр! Аата Махсыым диэн! – дьон күйгүөрэ түстүлэр. Кыыһы аһыммыт харахтарынан көрдүлэр, сирэйин өҥөҥнөстүлэр.
– Ыл, нохоо! Кыыһы хабыынаҕар уктан илдьэ бар! Эчэппит буруйгар!
Махсыым сүүһүн аннынан көрдө, иһиттэн нэһиилэ ыган таһаарда:
– Мин эчэппэтим ээ, бэйэтэ дии… Хабыынаҕа икки эмээхсиннээхпин…
Дьон саҥата хойунна да, хайыахтарай, кырдьаҕастары үөһэ таһаарыахтара дуо. Биэрискэ икки эдэрси дьахтары кытта, үс хаптаһыны икки кылгас маска тоһоҕолоон оҥоһуллубут намыһах ыскаамыйаҕа олорсон, сэттэ билээгэ быыһыгар Чуурайга аан маҥнайгытын барыста. Төһө да тыа сиригэр олордор, Биэрискэ төрөөбүт дойдута оройуон киинэ. Ийэтинээн тыаҕа билэр ыалларыгар хоно-өрүү, сир астыы биирдэ эмэ тахсааччылар. Оттон Чуурайга саҥа тахсар, буолаары буолан, соҕотоҕун. Ийэтэ билэр дьонунан төлөпүөннэтэн, кыыһа түһүөхтээх ыалын була охсубута, онон Биэрискэ тиийэр сирэ чопчу.
Самасыбаалга дьон үөһэ олороро көҥүллэммэт. Оттон Чуурайга тахсыан баҕалаах дьон өрүү баар буолар. Массыына үөрүйэҕинэн, тыа саҕатынан саһан айанныыр бадарааннаах суолу батан, Чуурайдыыр аартыкка тахсан кэллэ. Чуурай оройуон кииниттэн аһары ырааҕа суох эрээри, суола мөлтөх. Син балайда сахсыллан, түөрэ-лаҥкы түһэн айаннаан тиийэҕин. Быйыл кураан күн-дьыл сатыылаан, суол алдьамматах, бадараана суох. Атын дьылга күһүн-саас суол букатын да сабыллан хаалааччы. Оттон быйыл кыһыл көмүскэ сууланан күһүн налыйан турар. Сып-сырдык. Мас-от – сап-саһархай. Күн аайы кыырпах да былыт суох, халлаан – күп-күөх. Күөх дьэҥкир иһитинэн хаппахтаабыт курдук: халлаан саҕаҕа – сырдык күөх, оройо – иһит түгэҕэ – хойуу күөх… Оннук хас даҕаны улахан-кыра алаастары быһа көтөн ааһаҕын. Ходуһалар оттонон, хомуллан, маанымсыйа тараанан, налыйан сыталлар. Алаас аайы саамай аччаабыта иккилии оттоох. Оттор бэрт кичэллээхтик кэбиһиллэн, бүтэйдэнэн-күрүөлэнэн, түстэрэ ыраахтан төгүрүһэн чөмчөһөн көстөллөр.
Чуурай чугаһыгар Кубалаах диэн алааска тиийбиттэригэр, Биэрискэ сүрэҕэ мөҕүл гынна. Урут айылҕаны хаһан да сэҥээрэн көрбөт бэйэтэ, бэл ойон турда, массыына кузовын кытыытыттан тутуста. Кубалаах эбэ барахсан кэрэ көстүүтэ, киэҥ нэлэмэн налыйар иэнэ, уу нуурал күөнүгэр мэндэл халлааны түһэрэн күлүмүрдэтэ оонньоппут көмүс күөлэ кыыс өйүгэр-санаатыгар соһуччу киирдэ. Кыһыл көмүс дьураалаах чаҕылхай күөх былааты санныгар быраҕынан, Кубалаах эбэ сиппит-хоппут дьахтар буолан, наскылдьыйа хааман, ааһан иһэн кэннин хайыһан, биллэ-биллибэттик мичээрдээн ылла быһыылаах, саҥа кэлбит кыыһы сөбүлүү көрдө.
Биэрискэни Үрүҥнэр диэн эдэр ыалга түһэрбиттэрэ. Урут икки Ньукулайтан биирдэһэ хара бараан киһи үһү, иккиһэ сырдык хааннаах, кубаҕай сирэйдээх үһү. Ол Үрүҥ Ньукулай сыдьааннара билигин кэлэн, төһө да маҥан сирэйдэрэ суоҕун иһин, син биир Үрүҥнэр диэн ааттаахтар. Үрүҥ Кирииччэ ойоҕунаан Марыыскалыын икки кыыс оҕолоохтор, биирэ быйыл маҥнайгы кылааска үөрэнэ киириэхтээх, улахана – үһүскэ. Саҥатык тутуулаах биэс хостоох дьиэлээхтэр. Биэрискэҕэ иһиттэн-таһыттан кыракый тордуохтарынан олуйан кэбиһэр ааннаах биир туспа хоһу анаабыттар.
Ыал ийэтэ Марыыска, кыһаллыбыт-мүһэллибит көрүҥнээх хара сирэйдээх, төгүрүк хара харахтаах, орто уҥуохтаах хатыҥыр дьахтар, маннааҕы оҕо саадыгар ньээҥкэһит эбит. Ыал аҕата Кирииччэ кыһыл сирэйдээх, тутта-хапта сылдьардыын киинэҕэ индеецтэри оонньуур Гойко Митич курдук көрүҥнээх, кэтит сарыннаах, синньигэс бииллээх киһи эбит. Сымнаҕастык дугунан тыаһа суох хаамар. Дьиэтин муостатын сахсайбыт хаптаһыннара кыычырҕаабаттара буоллар, киһи кэллэ диэн биллэриэ суох эбит.
Аҕалара баарыгар дьахтар аймах, оҕолуун-ийэлиин хабахха тыыналлар, оннук эрдэттэн олохсуйан хаалбыт. Аҕалара ыраата бардаҕына, дьэ, «һуу» гыналлар, күө-дьаа буола түһээхтииллэр. Туора киһи, Биэрискэ кытта, сүр баттатар, Кирииччэ ыарахан тыына көхсүтүн дьөлө үрэргэ дылы буолааччы. Хата, оройуон киинигэр ханна эрэ суукканан үлэлиир уонна баар кэмигэр тыаҕа тахсан бултаан киирэр буолан, дьиэҕэ уһаабат, кыһыҥҥы бытарҕаҥҥа кытары матасыыкылын эһэн, кэлэр-барар.
Чуурай оҕото аҕыйах, оскуолата оҕо саадын кытта холбоһон, биир дириэктэрдээх үлэлиир эбит. «Биһиэхэ, оскуола-саадка, үлэһит оҕотооҕор элбэх, уулуссаҕа ыт киһитээҕэр элбэх», – диэн олохтоохтор күлэллэр. Кырдьыга даҕаны, ыал аайы иккилии-үстүү ыттаахтар. Оскуола-саадка биир оҕоҕо балтараа үлэһит тиксэр.
Дириэктэр, бэйэтин муҥутуур хотун курдук санаммыт сааһырбыт дьахтар, Розалия Тимофеевна саҥа каадыры хаҕыс соҕустук көрүстэ. Эдэрдэр тоҕо эрэ манна уһаан үлэлээбэттэр эбит. «Мин даҕаны уһаабатым буолуо, биир сылы хайдах эмэ тулуйа сатаабыт киһи. Ол эрээри мантан бардахпына, эмиэ ханна эрэ түбэһэбин… Киин оскуолаҕа миэстэ суох… Эмиэ хомунаалынай, вытрезвитель курдук бороҥ үлэ, буолар-буолбат кумааҕы бэрэкэйэ», – соччото суох санаа Биэрискэ сүрэҕин хам тутта, ийэтин сылаас хоонньугар хорҕойуох баҕата сытыытык тэһэ кэйдэ.
Биэрискэ икки эрэ оҕолоох маҥнайгы кылааһы тутта. Оскуолаҕа буолбакка, ыал олороругар ананан тутуллубут арболит дьиэ кыракый хоһугар үс саҥатык остуолу симпиттэр, учуутал остуолун киирэр аан таһыгар туруорбуттар. Саҥа суруйар дуоска, кыра оҕо суруйарыгар анаан, аҥаара усталыы сурааһыннаах, аҥаара ахсааны суоттуурга килиэккэлээх эбит.
Биэрискэ чоҕулуччу көрбүт уоллаах кыыһы кытта билистэ. Кырачаан дьонтон салла санаабыта ааһан, аа-дьуо үөрэҕин саҕалаан барда. Кырачааннар инники дьылҕалара хайдах-туох буолуохтааҕын, олохторун оҥкулун оҥорооччу кини – Биэрискэ! Оттон кырачааннар олохторун суолун аартыга арыллыбытын, кэлэр кэм, кэтэһэр дьылҕа ыллыгын омоонугар маҥнайгы хардыыны оҥорбуттарын билбэттэр. Субу түгэнинэн олорор дьон мэниктииллэрэ, ыһыллаллара баһаам буоллаҕа. Ситинник аа-дьуо, биллэрбэккэ, быһаарыылаах уларыйыы барыбыт олохпутугар киирэр. Кинилэр дьоллоругар, маҥнайгы учууталлара Вера Петровна – кыһамньылаах киһи. Сороҕор остуоруйалаан, сороҕор бэйэлэрин тэҥнээҕэ оҕо буолан, оонньоһон, сороҕор хаастарын түрдэһиннэрэн, дьиппинийэн, миннэрин билсэн, оннуларын булан бардылар. Үлэ-хамнас саҕаланна.
Быйыл кыһын Биэрискэ муҥха диэн баарын биллэ. Муус ылыытыгар сылдьыста, сыарҕалаах акка олоруста, кыракый кулууп дьиэҕэ маннааҕы эдэрдэри кытта киэһэ аайы оонньоото. Сопхуос туттарар этигэр барар сүөһүлэрин өлөрүүтүгэр сылдьан, сөхтө-соһуйда! Оройуон киинин таас чоҕунан оттуллар оһохторун хара турбаларыттан тунуйар, курунньук сыттаах салгыныттан букатын атын, чэбдик, ыраас салгынынан тыынан сырытта. Оройуоҥҥа ыйга биир эрэ киилэ эт киһиэхэ тиксэр, лааппыттан нуорманан ылаллар. Биэрискэлээххэ ол бэйэлээхтэрэ наар моой өттө состоруулаах буолар. Онтуларын ыйга хайдах эмэ уһатан-тардан аһыыр эбит буоллахтарына, Биэрискэ манна эти күн аайы сиир. Маннааҕылар эттэрэ эмиһэ, минньигэһэ бөҕө. Буойунаҕа уотунан оҕустарыллан өлбүт сүөһүттэн уратыта үһү.
Үүт, сүөгэй, суорат – төһөнү кыайаргынан! Ынах арыыта минньигэс да буолар эбитин Биэрискэ Чуурайга кэлэн биллэ. Сайын үтүөтүн, күөҕүн иҥэриммит араҕас арыыны Марыыска бэйэтэ таптайан хаһаанар эбит. Эчи минньигэһин, сүөгэй амтаннаах дьиҥнээх арыы! Оттон оройуоҥҥа арыы син биир нуорма, өрүү ахтаах биитэр туустаах буолааччы. Биэрискэ күөлтэн субу таһаарыллыбыт өрө мөхсө сылдьар собону хатырыктыы үөрэннэ. Кинилэргэ балык биирдэ эмэ тиксэр этэ, ону да ким эмэ бэристэҕинэ. Алҕаска биир эмэ собо мөҕүл гыннаҕына, Аана часкыйа түһээт, балыгын ыһыктан кэбиһэрэ уонна хамсаабатын диэн, өлөрөөрү, быһаҕын өнчөҕүнэн төбөҕө сынньара.
Кус, куобах, мас көтөрө кыһыннары-сайыннары мэлдьи баар. Кирииччэ байанайдаах булчуттартан ордуктара быһыылаах, тайҕаттан хаһан даҕаны тутуура суох кэлбэт. Быйыл күһүн байтаһын тайаҕы үс буолан охторбуттара. Эмис тайах этэ сырдык буолар эбит уонна сыата дьэҥкэрэр, эт – сыа, эт – ыа дьапталланан, ол курдук дьиктитик уойар эбит, миинэ да минньигэһэ бөҕө! Аны ким эрэ тыатааҕы этин бэрсэн, суор курдук «хуух» диэн баран сиэбиттэрэ. «Эн эккин мин сиэбэппин, суор сиир диэн биллэрэр үһүгүн» диэн Марыыска быһаарбыта. Ити быйаҥтан Биэрискэ бэйэтэ аһыырын таһынан, ийэтигэр кытта кэһиилээн ыыталлара. Тыатааҕы этин Аана отой сиэбэтэҕэ, сиэппэт диэн ааттыыр. Тииҥи эмиэ сиэбэт этэ – киһи курдук үһү. Кырдьык, сүлүллүбүт тииҥ, илиилэрин өрө ууммут кып-кыра киһиэхэ майгынныыра… Итинник бу кыһын биллибэккэ ааста.
Биэрискэ, быйыл Чуурайга маҥнайгы сааһын көрсөөрү, сааскы каникул күннэригэр оройуоҥҥа дьиэтигэр сытан баран, сопхуос массыынатынан тахсыһан иһэр. Массыынаны Махсыым илдьэ сылдьар, самасыбаал буолбатах, сынтаҕар иннилээх, кыра мас хопполоох саҥа «УАЗ» массыынанан сыыгынатан иһэллэр. Хабыына биир эрэ киһи олорсор миэстэлээх, онно куруук айаннаһар Араайа эмээхсин сиэнинээн олорор. Биэрискэ син биир үөһэ барарын билэн, халыҥнык таҥныбыта, отой тоҥмото, массыына биир кэм сыыгыныыр тыаһыгар бигэнэн, утуйан хаалбыт. Үөһэ дьон элбэх, киинтэн икки бэтэринээр сүөһүгэ туох эрэ укуолун оҥоро тахсыһан иһэллэр уонна чуурайдартан хас да киһи баар. Массыына тохтообутугар Биэрискэ уһуктан кэллэ. Суоппар хабыынатын иһиттэн Екатерина уонна Алексей Егоровтар сырдыгынан сыдьаайар ырыалара иһиллэр. Туруу сирдэригэр чугаһаабыттар эбит, Кубалаахтан чугас сытар Хаас Саарбыт алааска тураллар.
– Чээнии, барахсаны-ы, соторутааҕыта төрөөбүт дии!
– Көлөттүбүт дуу, хайдах, дэлби мөхсүбүт!
Дьон үөһэттэн ыстаҥалаһан түстүлэр. Биэрискэ эмиэ. Массыына ыраатан баран тохтообут. Суолтан чугас хаарга саҥа төрөөбүт кулунчук сытар. Аттыгар эдэр тураҕас биэ, субу үргүөх курдук, түөрт атахтарын дьирэччи тэбинэн турар.
– Тохтооҥ-тохтооҥ! Ийэтэ үргүө, эдэр биэ сороҕор оҕотун быраҕан кэбиһээччи!
– Оччоҕо маннык таах туран хаалабыт дуо?
Ол икки ардыгар кулунчук, тура сатаан мөҕүстэ да, кыаммата, сэниэтэ эстэн, сытынан кэбистэ.
– Сыппыта ырааппыт быһыылаах, чаалыйыа аны!
– Чэ-чэ, бара сылдьыаҕыҥ!
Дьон кулунчуктаах биэ диэки хаамтылар. Биэрискэ эмиэ кинилэри батыста. Махсыым массыынатын таһыгар хаалла, сиэбиттэн сигэриэтэ хаатын хостоото. Дьон иһэрин көрөн, биэ кистии-кистии, таба курдук, тамайа сүүрдэ. Кистиир саҥата ойуур диэки ыраата турда.
– Оо, ити баар дии, оҕотун бырахта быһыылаах…
Кулунчукка тиийбиттэрэ, оҥхой сиргэ түбэһэн, көлөттө сытар эбит.
– Уу, чээн, биһигинэ суох кыайан туруо суох эбит, сөпкө кэлбиппит!
Кулунчугу өрө тартылар. Түөрт атаҕар нэһиилэ уйуттар, байааттаҥныыр. Аны эмиэ сууллан түһүө диэн, дьон кулунчуктарын өйөөн-убаан, суол чигдитигэр таһаардылар. Көмүрүө хаар мууһура сыстыбытын ыраастаатылар, тэбээтилэр.
Ол турдахтарына, чараас ойуурунан быысаһан чугас сытар Хорбочукаан алаастан сылгылар сүүрэн иһэр тыастара иһилиннэ. Бэйэтэ көстүбэт эрээри, эрчимнээхтик мөҕүрүүр саҥа иһилиннэ, кини кэнниттэн эдэр биэ кистээн дьырылатар. Ол кэннэ син ыраах соҕус, алаас саҕатыгар арбайбыт хара сиэллээх атыыр ойон таҕыста. Дьон баар эбит диэн толлубата, таныыта бу тартайан, уордайбыт уоттаах харахтара умайан, көтүтэн аҕай иһэр. Кэнниттэн били биэбит, үҥсэргиир курдук, синньигэстик эйээрдэн кистиир, тамайа сиэлэр. Туйахтарын анныттан чигди хаара ыһыллаҥныыр, чабырҕыы тыаһыыр. Сир ньиргийэргэ дылы гынар!
– Оо, куһаҕан буолаары гынна!
Кулунчуктарын хаалларан, дьон абырыахтаах-быыһыахтаах массыыналарын диэки сырыстылар. Кулунчук, хантан эрчимирбитэ буолла, кэннилэриттэн батыһан барда. Ыксал тирээтэ. Атыыр субу сабырыйан иһэр. Махсыым, уобан турбут сигэриэтэтин силлээт, массыынатыгар ойон киирдэ. Массыына улгумнук эстэн абыраата.
– Туох-туох буолла, тоойуом? – Хабыынаҕа сиэнин көтөҕөн олорор эмээхсин сураста.
– Атыыр!
– Атыыр даа?! Оо, үлүгэр! Дьону тэпсэрэ буолуо, былыр хаһан эрэ…
Махсыым эмээхсини истибэт, массыынатын кэннилэтэн, куотан иһэр дьоҥҥо чугаһаан биэрдэ. Эмээхсин тугу эрэ кэпсиир… «Саһарҕам суһумнуура эн чэбдик иэдэскэр… Саһарҕам суһумнуура эн чэбдик иэдэскэр!» Егоровтар туох буолан эрэрин хантан билиэхтэрэй, сырдык ырыалара кустук өҥүн курдук кутуллар. Махсыым аанын арыйан, быган олорон, өссө кэннилээтэ. Атыыр кулунчукка чугаһаабыт диэн тиийдэ. Кулунчук тохтообот, сүүрэ сатаан бэдьэйэр, саһархай туйахчааннара дьэҥкэрэллэр.
Дьон бары халыҥ таҥастаах, сорохторо баата ыстааннаахтар, сүүрэр икки, хаамар икки ардынан кыаһыламмыттыы кыпсыҥныыллар. Сэниэ эстэрэ чугаһаата! Сатаатар, сылгыттан куотан иһэллэрэ дьиибэтэ сүрдээх быһыылаах, күлсүү бөҕөтө, тиистэрэ эрэ килбэҥнэһэллэр. Эр-биир массыына хоппотугар ыстаҥалаһан таҕыстылар. Учуутал кыыс саамай бүтэһик, сүүрэ сатаан сахсаҥныыр. Түүлээх халыҥ бэргэһэтэ эһиллэн, суолга түспүтүн ылаары, хайыһан көрдө даҕаны, салынна. Кугастыҥы өҥнөөх уһун баттаҕа ыһыллан хаалбыт, сааскы сырдык халлаантан саҕылла сандаара истэ. Ол тухары күлэн мичилийэ сылдьар.