Kitabı oku: «Утатыы», sayfa 3

Yazı tipi:

– Эһиги тоҕо манна саптан баран олороҕут? – диэбитэ аҕам, өҥөс гынан баран. – Мин эһигини тэлэбиисэр көрө олороллор диибин ээ.

– Мин наһаа улаханнык саҥарабыт диэн куттаммытым. Бэйэҕэр чэйдэ кутун. Мин Константиҥҥа оҕолор туһунан кэпсиибин. Номнуо утуйдулар дуо?

Аҕам мин диэки көрбүтэ уонна мичээрдээбитэ.

– Утуйдулар. Билигин миэхэ Славка туох диэбитин билэҕин дуо? Этэр: «Бачыыҥкаларым аанньата суох эбиттэр. Эн миэхэ саҥаны атыылас эрэ». Санаан көрүүй, «аанньата суох»!

Марина күлэн баран, илиитинэн сапсыйан кэбистэ.

– Үс сыллааҕыта биирдэ уһуктан баран этэр: «Били сыыппара хайдах этиллэрий, бастаан «биир», онтон «аҕыс»? Мин хардарабын: «Уон аҕыс». Онуоха кини этэр: «Саҥа дьылга диэри уон аҕыс күн хаалла». Мин онтон ыла төбөбүн сынньабын, кини сыыппара хайдах этиллэрин билбэккэ сылдьан, Саҥа дьылга диэри хас хонук хаалбытын хантан билбитэ буолла? Кырдьык, уон аҕыс хонук хаалбыт этэ ээ.

– Кини бэлэх ыларын күүтэр буоллаҕа дии, – диэбитэ аҕам. – Бэйэҥ оҕо сылдьан Саҥа дьыл иннинэ хайдаххын өйдөө ээ.

– Оо, ол олус ырааттаҕа дии…

Мин аҕабын көрөрүм – кини хайдах чэй куттарын, чааскытыгар саахар угарын, остуолга олорорун; кинини көрө-көрө, күлэр кэргэнин; намыһах абажур анныгар кэмпиэттэрдээх куукуна остуолун; бэйэм сойбут чэйдээх сырдык күөх чааскыбын; Славка остуол муннугар умнубут пластмассовай бэстилиэтин, итини көрөн олорон миэхэ дьикти баҕайы санаалар киирбиттэрэ. Чопчулаан эттэххэ, санаалар буолбатах, биир дьикти санаа. Бэл санаа да буолбатах, биир ыйытыы.

Тоҕо?

Мин кинилэри көрөрүм уонна саныырым: тоҕо миигинниин эрэ маннык буоларый? Тоҕо ким эрэ умайарый, атыттары таһааралларый? Тоҕо мин аҕам атын оҕолорго тиксэрий? Тоҕо, мин аҕам буолуон баҕарар киһим, миигин быраҕан ханна эрэ Хара муораҕа барбытай? Тоҕо биир акаары, миэхэ аҕабын дэнэр киһи, миигин адьас сөп оҥорон, сыл аҥаарыттан ордук ийэбин көрсөр күүс киирбэтий?

Быһатын эттэххэ, биир «тоҕо» диэн ыйытыыга ити барыта, арааһа, наһаа элбэх эбитэ дуу. Биир ыйытыы бэлиэтинэн, биллэн турар, барыта быһаарыллыбат.

* * *

Сарсыарда Генка соҕотоҕун кэлбитэ. Пашка электричканан кэлэр үһү диэбитэ. Мин кинини кытта кэккэлэһэ олорбутум уонна барбыппыт. Уон мүнүүтэ устата кини тугу да саҥарбатаҕа. Ол Генкаҕа төрүт маарыннаабат этэ, ол эрээри мин киниэхэ эрэ кыһаммат этим. Мин бэйэм саҥа аймахтарым туһунан саныырым.

– Ээ, чэ бырах эрэ итини, – диэбитэ кэмниэ кэнэҕэс кини, бэҕэһээ массыынатыттан булбут кинигэм эмиэ аллара сытарын ылбыппар.

Мин тугу да хардарбатаҕым уонна эмиэ мээнэ арыйбытым: «Ол норуот хараҕа бүөлэммитэ уонна сүрэҕэ тааһырбыта, харахтарынан да көрбөттөр, сүрэхтэринэн да сэрэйбэттэр, итиэннэ көрдөспөттөр, кинилэри Мин эмтиирбэр».

– Иһит эрэ, – диэбитим мин. – Эн тоҕо хара ачыкы кэттиҥ? Күнэ суох дии.

Генка чыпчылҕан түгэнэ мин диэки хайыспыта, ол эрээри тугу да саҥарбатаҕа.

Пашка эмиэ хара ачыкылаах этэ, метроҕа киирэр сиргэ турара уонна атаҕын аннын эрэ көрөрө. Хараҕа суох киһи курдук. Ол эрээри кини ачыкыта аһара улахана. Хаартыскаҕа уһуллар модель курдук. Баҕар, кэргэниттэн ылбыта буолуо.

– Эһиги туох буолан дьээбэтийдигит? – диэбитим кини джипкэ олорбутун кэннэ. – Бүгүн күнэ суох дии.

Пашка тугу да хардарбатаҕа. Генка ускуораска холбообута уонна педалы үктээбитэ.

– Тохтоо эрэ, – диэбитим мин. – Тохтоо. Массыынаны тохтот.

– Тугуй? – кини эмиэ миэхэ хайыспыта.

Мин эмискэ кини ачыкытын туура тардыбытым. Хаҥас хараҕын анна көҕөрбүт этэ. Хараҥа күөх өҥнөммүт.

– Эн буккулуннуҥ дуо? – диэбитэ кини, илиибиттэн ачыкытын сулбу тардан ыла-ыла. – Өйүҥ хамсаата дуу?

Пашка түннүк диэки хайыһан олорон биһиги диэки көрбөтөҕө даҕаны. Мүнүүтэ кэриҥэ, арааһа, саҥарбатахпыт. Икки мүнүүтэ эбитэ дуу.

– Дьэ ким кими имитэн биэрдэ? – диэбитим мин кэмниэ-кэнэҕэс, саҥабын кыччата сатыы-сатыы. – Ким бэрдин быһаардыгыт дуо?

Кинилэр саҥата суох иннилэрин супту көрөн олорбуттара. Хайалара даҕаны тыл ыһыктыбатаҕа.

– Ачыкы кэппиттэр, – диэбитим мин салгыы. – Ачыкы кэппиттэр, дьон сирэйгит хайдах буолбутун көрбөттөрүн туһугар. Сирэйбит туох да буолбатах дии санаатыннар диэн. Көннөрү хараххыт ыалдьар. Чаҕылхай күнтэн саатар. Оттон мин, блин, ханнык ачыкыны кэтэбин? Миэхэ, блин! Мин, блин, бу сирэйбэр!

Бэйэм да билбэппинэн үчүгэй аҕайдык ордоотообутум.

– Туохха нааданый эһиэхэ ити ачыкы? Эһигиттэн тугуй, оҕолор куттаналлар дуо? Ойохторгут эһигини көрөллөрүттэн дьулайаллар дуо? Ити эһигини ыалгыт оҕолоро утуйумаары гыннахтарына куттаары ыҥыраллар дуо? Эбэтэр эһигиттэн тельняшкаҕытын тириигитин кытта бииргэ хастаабыттара дуу? Тириигитигэр сыстан, эккитигэр хатан хаалбытын быһыта кырыйталаан ыллахтара. Онно барыта иҥэн хааллаҕа. Эһиги хайдах курдук миигин бэйэҕит харчыгытынан, ньимиликээн буоларгытынан, дьүһүҥҥүтүнэн-бодоҕутунан сөп оҥорбуккутун билэргит буоллар! Хайдах курдук сөп оҥордугут? Мин өйдөөбөппүн, туохха нааданый эһиэхэ ачыкы? Эһиги тугу ачыкы нөҥүө саһыараары гынаҕыт?

Мин ах барбытым. Ити курдук биэс мүнүүтэ кэриҥэ саҥата суох олорбуппут. Онтон Генка көхсүн этиппэхтээбитэ уонна ускуораһын холбообута.

– Чэ оттон, барыахха дуу? – диэбитэ кини. – Туохха олоруохпутуй? Сереганы көрдүөххэ наада.

* * *

Оҕо сылдьан доҕотторгун кытта элбэхтэ охсуһаҕын. Кимниин эрэ подъезка хапсыһаҕын уонна төбөтүнэн кирилиэс үктэллэригэр лоһурҕатаҕын. Ол кэмҥэ үөһээ ыалларыҥ күлүүстэрэ хачыгырыыр.

Кинини абааһы көрөргүттэн буолбатах, тоҕо диэтэххэ, кини куруутун аттыгар баар, ол иһин. Көннөрү оннук буолан хаалар.

Оҕо саастан, уопсайынан, туох хааларый? Уруут-урут олорбут дьиэҕэр ким да суоҕун билэ-билэ, кэлэн ааны аһа сатыыр түүлүҥ? Эн буоллаҕына эмиэ кып-кыра буолан хаалбыккын уонна аан тутааҕар тиийэ сатаан өгдөҥнүүгүн. Сыт-сымар?

Эбэтэр оҕо саадыгар бары утуйбуттарын кэннэ, эн эмискэ хаһан эрэ өлүөхтээххин өйдөөн, «чуумпу чааһы» быһа ороҥҥор хоройон олорбут ынырык түгэниҥ? Хаһан да тиллибэттии. Суорҕаныҥ хаата онтон сылтаан бөчөхтөнөн уонна инчэйэн хаалбыта. Онтон түөртүүр аһылыкка эмискэ хотуолаабытыҥ, тоҕо диэтэххэ, итинник ынырык арыйыы кэнниттэн сылаас суораты испитиҥ. Оттон иитээччи: тирээпкэтэ ыл уонна бэйэҥ сот, ким да манна эн кэннигиттэн салыа суоҕа, көр да маны, туох ааттаах чанчарык оҕотой диэбитэ. Онно эн иккистээн хотуолаабытыҥ. Тоҕо диэтэххэ, эн түөрт эрэ саастааҕыҥ. Оттон ол, эн өлөргөр төрүт наадыйбат дьахтары кытары көрсөргө, оччо сөбө суох саас эбээт. Ол да буоллар эн барытын соппутуҥ.

Быһата, оҕо саастан туох хаалара – өйдөммөт.

Сарсыҥҥытыгар кинилэр кэлбэтэхтэрэ. Генка даҕаны, Пашка даҕаны. Бэл диэтэр ким да эрийбэтэҕэ. Мин кириэһилэҕэ олорбутум уонна оҕолору көрбүтүм. Марина аҕабын кытары сарсыарда аһылык кэнниттэн тута барбыттара.

– Оттон эн үлэлии бараҕын дуо? – диэбитэ Славка.

– Суох, – диэбитим мин. – Мин онуоха-маныаха диэри үлэм суох.

– Үчүгэй, – кини олус дьоһуннук төбөтүн хамсаппыта. – Тоҕо диэтэххэ, аҕалаах ийэм өрүү үлэлэрэ элбэх, онон биһигини кытта олорботтор.

– Оттон миигин кытта олорор номнуо наадата суох, – диэбитэ Наташка. – Мин сотору хаҥкылаах үҥкүүлүүргэ үөрэнэ барыам.

– Эн харандааһы сыыһа тутаҕын, – диэбитим мин Славкаҕа. – Аҕал эрэ, мин хайдах тутары көрдөрүүм.

– Оттон эн сатыыгын дуо? – Кини мин диэки итэҕэйбэтэхтии көрбүтэ. – Тоҕо диэтэххэ, кумааҕы олох суох. Ийэбэр бүтүн паачыка баар эрээри, кини мөҕөр. Оттон Елена Викторовна уруокка бары тииҥ аҕалыахтааххыт диэбитэ. Эн сатыыгын дуо?

Кини куолаһыгар эрэнэ саныыра иһиллэрэ. Саҥата суох миигин өрө мыҥаабыта.

– Билбэппин. Аҕал, оҥорон көрүөххэ. Ол эрээри муостаҕа уруһуйдуур ордук буолуо. Мин сытан эрэ уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн.

Кини тута олоппостон ньылбырыс гыммыта.

– Мин эмиэ муостаны ордоробун. Оттон сытан эрэ хайдах уруһуйдуулларый?

– Бу маннык. Умса сытаҕын уонна уруһуйдуугун. Өйдөөтүҥ?

Наташка уруогун оҥоро олорон, төбөтүн өндөтөн биһигини көрбүтэ.

– Бу маннык, – диэбитим мин. – Сытаҕын уонна уруһуйдуугун.

Мүнүүтэ курдугунан кини миигиттэн лииһи хаба тардан ылбыта, ойон турбута уонна эдьиийигэр ойбута.

– Көрүүй, Наташка! Көр, кини хайдах уруһуйдаабытын?

Наташка остуолтан турбута, миэхэ кэлбитэ уонна эмиэ муостаҕа сыппыта.

– Оттон Барбины сатаан уруһуйдуугун дуу?

– Мин покемону баҕарабын! – Славка хаһыытаабыта. – Покемону уруһуйдаа!

Мин санныбын ыгдаппытым:

– Покемон диэн кимин билбэппин.

Наташка эппитэ.

– Барбины уруһуйдаа.

Онтон кинилэр Хаар Королеваны уруһуйдуурга көрдөспүттэрэ. Онтон дьуоһу. Онтон Бритни Спирси уонна чарапаахы-ниндзялары. Кумааҕы бүппүтүн кэннэ, Славка Марина хоһугар сүүрбүтэ. Төннөн иһэн, кини аан таһыгар тохтуу түспүтэ, онтон миэхэ сүүрэн кэлбитэ, бүтүн паачыка кумааҕыны уонна видео кассетаны ууммута, атаҕын төбөтүгэр турбута, хараҕын саппыта уонна төлө биэрбитэ:

– Мин покемоннары баҕарабын. Барыларын!

Биһиги мультик көрбүппүт, онтон мин уруһуйдаабытым. Наташкалаах Славка сөп-сөп куукунаҕа сүүрэллэрэ уонна онтон чипсы, кока-кола, кэмпиэт уонна сыыр аҕалаллара. Икки чааһынан муоста барыта кумааҕынан уонна аһынан туолбута. Мультик бүппүтүн кэнниттэн, мин мээнэ уруһуйдаабытым. Оҕолор мин уруһуйдуурбун көрөллөрө уонна туох буоларын таайа сатыыллара. Славка мэлдьи кэриэтэ бастакынан таайара.

– Бегемот! – диэн хаһыытыыра кини, Наташка хомойбуттуу өрө тыынара. – Страус! Сымыыт! Подводнай лодка!

Наташка өссө эбии хомойботун диэн, мин аны кыргыттар тугу сөбүлүүллэрин уруһуйдаан барбытым.

– Ити, арааһа, пудель быһыылаах, – диэбитэ кини. – Онтон ити сиамскай куоска. Онтон бу учууталыҥса, тоҕо диэтэххэ, илиитигэр ыйар мастаах. Ити, арааһа, стюардесса. Оттон бу кимин – мин билбэппин. Наһаа дьикти бэргэһэлээх.

– Кимий бу? – диэбитэ Славка, уруһуйдаан бүппүппэр. – Биһиги бэринэбит. Эт, син биир ким да таайыа суоҕа.

– Бу эпэрээссийэҕэ көмөлөһөр сиэстэрэ, – диэбитим мин. – Кини аата Анна Николаевна.

– Оттон эпэрээссийэҕэ көмөлөһөр сиэстэрэ диэн тугуй? – диэн Славка ыйыппыта, ол эрээри ол кэмҥэ көрүдүөргэ аан күлүүһэ хачыгыраабыта уонна боруокка Марина көстүбүтэ.

Кини наһаа соһуйан маҥан лиистэринэн тэлгэммит хоһу, ас тобохторун, биһиги муостаҕа кинини өрө көрөн олорорбутун кэриччи көрбүтэ, балачча тылыттан матан турбута, онтон дьэ саҥарбыта:

– Эбиэтим таах хаалар буолбут. Оттон уруоккутун саатар ким эрэ оҥордо дуу?

* * *

Кыратык өрө тардыммыппыт кэннэ, Марина Славкаҕа бүгүн «Көрдөөх стартардаах» диэбитэ. Оттон кини редакцияҕа барыан наада, тоҕо диэтэххэ, ханнык эрэ американскай суруналыыс кэлбит үһү.

– «New York times». Оннук хаһыаты билэҕин? Мин кинилиин хайаан да кэпсэтиэхпин наада.

Мин билбэппин диэбитим, итиэннэ Славканы илдьиэхпин сөбүн эппитим. Син биир Генка Пашкалыын ол курдук биллибэтэхтэрэ.

– Миэхэ туох буолуой. Көннөрү ханна илдьэрбин эт.

Мин, Славка уруһуй уруогар үөрэнэр кэмигэр, оскуола таһыгар ыскамыайкаҕа олорбутум уонна кэлэр-барар дьону көрбүтүм. Эбиэттэн киэһэ күн көрбүтэ, кэнники икки күн түспүт хаар түргэн баҕайытык ууллан хаалбыта. Уруокка хойутаары гыммыт оҕолор чалбахтары тумна сатаабакка сүүрэргэ тиийбиттэрэ. Сорохтор төбөлөрүн көтөхтөрүнэ, миигин көрө түһэллэрэ. Кинилэр ити кэриэтэ атахтарын аннын көрө испиттэрэ ордук буолуо этэ, оччоҕо дьиэлэригэр тиийдэхтэринэ бачыыҥкаларын илиппиттэрин иһин оччо мөҕүллүөхтэрэ суоҕа эбитэ буолуо.

Ол гынан баран, кинилэр сотору аармыйаҕа барыахтара. Онон, көрдүннэр даҕаны.

«Көрдөөх стартар» маҥнайгы кылаастарга эрэ буолар эбит. Ол иһин мин көстүбэт курдук олорбутум. Көхсүбүнэн. Славка туһугар истэн эрэ ыалдьарбар тиийбитим. Кинилэр, ким эрэ сүүрүүгэ кэнники буоллаҕына, хаһыытыылларын истэрим. Көмөлөһө сатыыллара. Адьас өй-мэйдээх тулуйбат хаһыытын түһэрэллэрэ.

– Кэлиҥ манна, – кэннибэр дьахтар саҥата иһиллибитэ. – Манна ким да суох. Биир эрэ киһи баар.

Мин иннибэр кэлэн икки уол олорбуттара. Мин кинилэри куттаамаары, бүк түспүтүм. Бачыыҥкам быата сөллүбүтүн курдук.

Ол эрээри кинилэр миэхэ эрэ кыһамматахтара.

– Хайа, эһиги бу хайдах таҥынныгыт? – диэн ийэлэрэ сипсийбитэ. – Мин барытын бэлэмнээбитим дии. Эһиги буоллаҕына мээнэ-мээнэ таҥныбыккыт. Билигин бары биһигини дьадаҥылар дии саныахтара.

– Биһигини аҕабыт таҥыннарбыта, – уолаттартан биирдэстэрэ сибигинэйбитэ. – Мин киниэхэ итинник буолбатах, сыыһа диэбитим, ону кини бүт, номнуо хойутаан эрэбит диэбитэ.

– Билигин бары эһигини тугу да кэтэллэрэ суох эбит дии саныахтара. Мин барытын кириэһилэҕэ уурбутум дии.

– Аҕам «Көрдөөх стартарга» оннук таҥнар сатаммат диэбитэ.

– Чэ буоллун, – ийэлэрэ сибигинэйбитэ. – Билигин Ира кэлиэҕэ, оччоҕо кини кроссовкатын кэтээр. Ол эрээри чалбаҕы тэпсимээр, тоҕо диэтэргин, сабыс-саҥалар дии.

– Оннук сүүрдэҕинэ, кини саамай кэнники кэлиэҕэ, чалбаҕы тумна сатыы сырыттаҕына, – диэн сибигинэйбитэ арыый кырата. – Кини хотторуо оччоҕо.

– Оттон мин чалбахтары үрдүнэн ойуом буоллаҕа дии.

– Оттон арай улахан баҕайы буоллуннар.

– Оттон мин күүскэ сүүрэн кэлэн ыстаныам.

– Чэ сөп, бүтүҥ, – ийэлэрэ сибигинэйэн буойбута. – Онто суох өйүм көттө.

Мин кинилэр миэхэ болҕомтолорун уурбаталлар ханнык дии саныы-саныы истэбин уонна оҕолор хайдах буолааччыларын өйбөр сыымайдыыбын. Кинилэр тугу саҥаралларын, хайдах анньыалаһалларын, аҥаар атахтарын кумуччу туттан баран ыстаҥалыылларын, бачыыҥкаларын тэлэ тэбэллэрин, болкуонтан силлииллэрин, обуойга уруһуйдуулларын, миинтэн күөх луугу баһа сатыылларын.

Ордук кинилэр эйиэннэрэ буоллаҕына.

Хара муораҕа оҕолоргун барытын илдьэ айманан тиийэҕин. Сайын, өҥүрүк куйаас күннэр турар кэмнэригэр. Биир хостоох дьиэни куортамнаа. Иккис этээс – ол иһин түүн болкуону аһаҕас хаалларартан куттанаҕын. Тэлэбиисэринэн хас чаас аайы хаайыыттан грузиннар куоппуттарын биллэрэллэр. Иккиэлэр дуу, үһүөлэр дуу. Бытыылка аҥаарын испитиҥ кэннэ – кинилэр хастарын өйдүүр ыарахан. Эбэтэр өйдүү сатаабаккын. Онуоха эбии – итии баҕайы. Көхсүҥ ибис-инчэҕэй, санааларыҥ сааһыламматтар. Ол оннугар бырдах төрүт суох. Болкуон түннүгүн нөҥүө тыҥкынаһаллар, ол эрээри хоско туох да иһиллибэт. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор айдаараллар. Муостаҕа сытан бэйэ-бэйэлэрин анньыалаһаллар уонна кыччыгынаһаллар. Кинилэр биһигини кытта биир хоско баалларыттан астыналлар. Хайдах да кыайан утуппаппыт. Дьыбааҥҥа олоробут уонна этэбит: «Түүн икки чаас буола оҕуста». Ол эрээри кинилэргэ син биир. Биһигини истибэттэр даҕаны. Баттахтара тиритэн ибис-инчэҕэй. Бэйэ-бэйэлэрин санныларыттан харбыалаһаллар. Биһиги этэбит: «Номнуо икки чаас буолла». Үһүс күнүгэр биирдэ куукунаҕа баата суорҕаны тэлгиир өй киирэр. Тобуктара ыалдьыбатын диэн. Уонна линолеум көхсүлэригэр сыстыбат. Олоппоско, адьас төбөҥ үрдүгэр турар араадьыйанан хас түүн аайы аҥаардастыы Джо Дассен ыллыыр. Сэрэнэн туруохха наада. Тыын ылаары, кинини олоппостон таах түҥнэри анньыаххын сөп. Оччоҕо кэргэниҥ уоһун чуумпуга көрдүүргэ тиийэҕин. Дьүлэй буолан хаалбыт курдук. Уонна кулгааххар хаба хаатын саба туппут курдук, биир кэм куугун эрэ иһиллэр.

* * *

– Костя! Аһыы бардыбыт, – ыҥырбыта аҕам. —

Марина үлэтиттэн кэллэ. Истибэккин дии.

– Хайа, эһиги доҕотторгут кэлэ сылдьыбатылар дуо? – дии тоһуйбута куукунаҕа Марина.

– Суох. Кинилэр уустук быһыыга-майгыга сылдьаллар. Баҕар, сарсын да кэлиэхтэрэ суоҕа.

– Истиий, мин тоҕо эйигин кытта эһиги диэн кэпсэтэн бардым. Эйиэхэ хайата ордугуй?

– Миэхэ син биир.

– Оччоҕо эн диир буолуом. Славка хайдах кытынна «Көрдөөх стартарга»?

Кини биилкэнэн эт тооромоһун иилэн баран, тобугунан аҕабар имнэммитэ. Эт тэриэлкэҕэ төттөрү түспүтэ, онтон кини күлбүтэ. Аҕам, киниттэн хараҕын араарбакка, көрөн олорбута.

– Барыта үчүгэй. Кинилэр кылаастара кыайбыта. Славка грамота ылбыта.

– Өйдөнөр, – Марина мичээрдээбитэ. – Билигин таһырдьаттан киириэҕэ уонна тохтообокко киһиргиэҕэ. Кини хайаан да кыайыан наада.

Балачча саҥата суох аһаабыппыт. Аҕам аһаабатаҕа.

– Миигин туох ааттаах итинник көрдүҥ? – диэбитэ Марина кэмниэ кэнэҕэс.

Кини куолаһа уларыйбыт этэ.

– Баттаххын кырыйтардыҥ дуо?

– Онно туох баарый? Баттахпын кырыйтарыа суохтаах этим дуо?

– Саҥа бүрүчүөскэ.

– Истиий, чэ, уолуҥ истэригэр итини кэпсэтимиэх. Биһиэхэ редакциябытыгар Штаттартан суруналыыстар кэлбиттэрэ, оттон мин оҕуруокка турар чуучала курдук сылдьыам этэ дуо?

– Үчүгэй бүрүчүөскэлээх этиҥ ээ.

– Миигин кырытыннарар этэ. Эн ама өйдөөбөккүн дуо? Мин түөрт уоннаах курдук көстөр этим. Оттон мин отут икким. Мин баара-суоҕа отут икким ээ!

– Оттон суруналыыстар?

– Туох? – Марина бөтө бэрдэрэн кини диэки өйдөөбөтөхтүү көрбүтэ.

– Америка суруналыыстара хас саастаахтарый? Эдэрдэр дуо?

Марина саҥата суох кинини одууласпыта. Онтон тэриэлкэтин киэр аспыта, сулбу ыстанан турбута.

– Эн түөһэйээри гыммытыҥ миигин олус да сылатта! Киһилии да аһаппаккын.

Кини ааны тыастаахтык саппыта, оттон биһиги иккиэйэҕин остуолга олорон хаалбыппыт. Аҕам тэриэлкэтигэр сытар эт тыытыллыбатаҕа.

– Эн бырастыы гын, Костя, – диэбитэ Марина киэһэ мин хоспор киирэн. – Эн киэһээ аһылыккын буорту гынныбыт. Биһиэхэ итинник буолааччы. Аҕаҥ биһиги сааспытынан быдан араастаахпытын ыарыылаахтык ылынар. Уонна мин кинини тугунан да итэҕэтиэхпин билбэппин.

– Барыта үчүгэй, – диэбитим мин. – Ким баҕарар туох эрэ кыһалҕалаах.

– Ол гынан баран мин киниэхэ хайдах да көмөлөһүөхпүн билбэппин. Мин хас хардыыбын барытын ырыҥалаан көрөн оҥоруохпун наада – тугу эрэ алҕас саҥаран кэбиспэтэх, хайдах эрэ буолбатах киһи диэн. Кини тута кыйытта түһэр. Өйдүүгүн, мин онтон олус сылайдым. Мин манна табахтыахпын син дуо?

– Табахтаа. Бу эн дьиэҥ.

– Истиий, оттон бу туоххунуй? – кини түннүк таһынааҕы остуолга төҥкөйбүтэ.

– Уруһуй.

– Аата үчүгэйин! Оҕолор бүгүн кулгаахпар кутугунайыы бөҕө, сарсыарда эн хайдах уруһуйдаабыккын кэпсээн. Кумааҕыбын барытын бүтэрбиккит.

– Бырастыы гын, мин сарсын атыылаһыам.

– Ээ, бүт эрэ эн! Мин бу туһунан. Эн наһаа үчүгэйдик оҥорбуккун.

– Ити Хара муора, – диибин мин. – Онно биир үчүгэй киһи олорор.

– Эн онно сылдьыбытыҥ дуо?

– Суох. Ол эрээри итинник буолуо дии саныыбын.

– Эн биирдэ даҕаны Хара муораны көрө иликкин?

– Суох.

– Оччоҕо хайдах уруһуйдаатыҥ?

– Итинник буолуо диэммин.

– Өйдөнөр. – Кини итэҕэйбиттии кэҕис гыммыта. – Оттон бу ким оҕолорой?

– Оҕолор? – диэбитим мин уонна кыратык кэхтэрэн ылбытым.

– Буруо мэһэйдиир дуо? – кини илиитинэн сапсыммахтаабыта уонна түннүгү аһаары гыммыта.

– Ээ суох, көннөрү. Барыта үчүгэй.

– Кинилэр сирэйдэрэ тоҕо эрэ барыта биир. Көр, бары үүт-үкчүлэр. Итинник буолуохтаах диэн оҥоһулуннаҕа дуу? Эбэтэр игирэлэр дуу?

– Игирэлэр, – диэбитим мин, сөтөллөн ылан баран.

– Бачча элбэх?

– Мин элбэх оҕону сөбүлүүбүн.

* * *

Сайын сөтүөлүүр сиргэ кинилэр куруук элбэх буолаллар. Сүүрэллэр, хаһыытыыллар. Истэрэ төп-төгүрүк. Сорохтор сэлээппэлээхтэр, сорохтор туруусуктара да суох. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүттэрэ кинилэр кус сыгынньах сылдьалларын көрөллөрүн сөбүлүүллэр. Сүүрэллэр, сүүрэллэр, онтон – бух – сымнаҕас баҕайытык кумахха олоро түһэллэр. Ол эрээри ити кыра эрдэхтэринэ эрэ.

Мин туруусукпун устубат этилэр, ийэбинээн тэллэй анныгар саһарбытыгар, аҕам мээчик оонньууругар. Арааһа, кинилэр иккиэн миэхэ кыһаммат буолбуттар быһыылааҕа. Туруусуктаах, туруусуга суох – улахан буолбатах.

Тоҕо диэтэххэ, онно били кыргыттар бааллара. Аҕам кинилэри кытары мээчиктиирэ.

Мээчик төбөлөрүн үрдүнэн өрө кыырайан тахсар. Тиҥ! Бүтэҥи тыас доргуйар. Мин мээчик ханна кыырайарын батыһа көрөбүн. Кинилэр күлэллэрин истэбин. Эмиэ – тиҥ! Эмиэ төбөбүн хантатабын. Мээчик күҥҥэ кубулуйар, оттон мин харахпыттан уу ыгыллан тахсар. Тугу да көрбөппүн. Тиҥ! Аттыбар ким эрэ хаһыытыыр: «Ууттан таҕыс! Чэ эрэ, кэл манна! Ити тугу тута сылдьаҕын?» Тиҥ! «Чэ, чэ өссө биирдэ!» Тиҥ! Онтон иккитэ утуу-субуу – тиҥ-тиҥ. Тыас арыый атыннык уонна адьас аттыбар иһиллэр. «Кэһэйдиҥ дуо?» Онуоха хардатын – оҕо ытыыра иһиллэр. «Ытаама, билигин оччоҕо өссө кэһэйиэҥ». Тиҥ! «Көрүҥ, көрүҥ, ууга көтөөрү гынна». Тиҥ, тиҥ. «Хайа, өссө да кыра дуо?» Тиҥ! «Олус үчүгэй. Ыллыҥ! Аны миэхэ биэр!» Тиҥ, тиҥ, тиҥ. «Ытаан бүт эрэ. Илиибин барытын быһыта сыстым!» Тиҥ! «Эмиэ ууга барда! Кини соруйан ол диэки охсор!» Тиҥ! «Ылла!» Аҕам саҥата иһиллэр.

Адьас атыннык, дьиэтигэр саҥарынааҕар олох уратытык.

Мин харахпын аһабын, тиэрэ хайыһабын уонна ууну көрөбүн. Соруйан ийэм көрөр сирин диэки көрүмээри. Тоҕо диэтэххэ, наар кинилэри көрөн тахсар. Оттон аттыбытыгар били уолчаан ытыыра тохтоон биэрбэт. «Кэл, сирэйгин кириэминэн сотуум». Бэйэтэ буоллаҕына мин диэки хайыспат даҕаны. «Мин соттуохпун баҕарбаппын. Сыттаах баҕайы».

Уу кытыытыгар кыра оҕолору батыһан ыт сүүрэкэлиир. Сороҕор биир өттүгэр, ардыгар атын өттүгэр. Собуоттаммыт курдук. Илин атаҕар хаптаҥныыр уонна үрэр. Оттон оҕолор кинини инчэҕэй кумаҕынан быраҕаттыыллар.

Тиҥ! – гына кэннибэр тыаһыыр. Онтон тохтоон хаалар.

«Костя! – эмиэ аҕам саҥата иһиллэр. – Мээчиги бырах!»

Мин олоробун уонна ыты көрөбүн. Арай көхсүм кыратык тыҥыыр.

«Дьүлэйгин дуо? Ээй, Константин!»

Кумахха тыаһа суох үктэнэр атах тыаһа иһиллэр. Ийэм төбөтүн өссө үөһэ көтөҕөр. Тохтуур. Мин кэнним диэки үөһэ көрөр. Онно аҕам буолбатах. Кинини атыннык көрөр, итинник көрбөт.

Аттыбар кумахха күлүк көстөр.

«Мин билигин биэриэм, – дьахтар саҥата. – Барыта үчүгэй. Уолчаан көннөрү тугу эрэ саныы олорор». Мин күлүгү көрөбүн.

Уһун баттахтаах. Ийэм киэниттэн букатын атын. Күлүк аччыыр, онтон тута эмиэ улаатар. «Хабыҥ!»

Тиҥ!

«Тоҕо эһиги биһигини кытары хаһан да оонньообоккут? Ааспыт сырыыга эмиэ маннык олорбуккут. Ол иннинэ эмиэ».

Ийэм кинини көрөр уонна саҥарбат. Хараҕын харалара күнтэн кыра туочука буолбуттар.

«Хайа, эн ханна бааргыный? – аҕам саҥата иһиллэр. – Кэлиий, түргэнник!»

Тиҥ!

Күлүк иҥнэс гынар уонна сүтэр. Ийэм төбөтүн төҥкөтөр. Хараҕын харалара ибир гынаат, улаатан бараллар. Оттон хараҕын тулатыгар тэтэркэй баҕайы быыкаайык эбирдэр көстөллөр.

* * *

Арааһа, туран кинилэргэ ити мээчиги быраҕыахха баара. Оччоҕо кини биһиэхэ кэлиэ суоҕа этэ, кэнники аҕам массыынаҕа ийэбин күнүүһүт акаары диэ суоҕа этэ. Эбэтэр быһаҕынан тэһэ анньан кэбиһиэххэ баара. Сытыы да сытыы быһаҕынан. Оннооҕор аҕам, барыларын арбуһунан күндүлүүрүгэр, тарбаҕын быспыта. Оттон ити уһун баттахтаах, кинини көрө-көрө, күлбүтэ. Хайдах эрэ кычыкылатан эрэллэринии. Уонна тарбахтарын быыһынан арбуз сүмэһинэ сүүрэрэ.

«Оттон эн тоҕо сиэбэккин? – диэбитэ аҕам. – Эмиэ санаарҕаатыҥ дуо?»

Кини буоллаҕына турар уонна күлэр. Оттон ийэм тэллэй анныгар олорор. Ууну көрөр.

Мээчиги быраҕыахха баара.

Ол эрээри, бырах, быраҕыма, оннук да гыммытым буоллар ким да күлүө-үөрүө суоҕа этэ. Аҕам син биир сөтүөлүүр сиргэ мээчиктиирин тохтоппотоҕо. Онтон күһүн буолбутугар бары тыаҕа барар буолбуппут. Субуотаҕа кини сарсыарда эрдэттэн, тугу эрэ иһиирэ-иһиирэ, хаамыталаан барара. Ийэм этэрэ – дьиэҕэ иһииримэ, оттон кини куукунаҕа олорор уонна өссө улаханнык иһиирэрэ. «Футболу сөбүлүүгүн дуо, Костя?» Мин сөбүлүүбүн диирим. «Оччоҕо хомун. Тыаҕа барыахпыт».

Тыаҕа дьиэбитинээҕэр быдан үчүгэй этэ. Долохоно булуохха уонна отонун уҥуоҕун били уһун баттахтаахха тибиириэххэ сөбө. Талах быыһыттан. Ким да көрбөт сириттэн. Эбэтэр баттаҕар ытырыык оту эрийиэххэ сөп. Ол эрээри, ытырыык оту эрийэртэн куттаммытым. Арай ону кыптыыйынан кырыйа сатыырын өйбөр оҥорон көрбүтүм. Өйбөр оҥорон көрө-көрө, долохоно уҥуоҕун тибиирбитим. Талах быыһыттан булан ылыахтарыгар диэри.

«Солуута суоҕунан дьарыктанан бүтүөххэ. Футбол оонньуохха».

Оттон мин солуута суоҕунан дьарыктамматаҕым. Кинини төбөҕө таба сатаабытым.

«Саба түһээччи буолуоҕуҥ. Мин боруотаҕа туруоҕум, – диэбитэ аҕам. – Уонна киллэриигэ диэри оонньуубут».

Ол эрээри кини боруотаҕа турбатаҕа. Сирэйин араастаан ханньатара уонна эмиэ иһиирэрэ. Ол эрээри ийэм киниэхэ туох да диэбэтэҕэ. Тиит таһыгар олорбута уонна биһигини көрөрө. Арааһа, киниэхэ дьиэҕэ эрэ иһиирбэтэ наада быһыылааҕа. Билбэппин. Оччолорго мин ону өйдөөбөт этим. Көннөрү атын боруотаҕа мээчиги тэбэн киллэрэрим. Ол да буоллар биһиги син биир элбэх мээчиги киллэртэрбиппит.

«Кинилэр кыргыттар дии. Тоҕо хомойоҕун? Биһиги дьиҥнээхтии оонньообоппут».

Ол эрээри миэхэ кыһыылаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, мин наһаа кыһаллыбытым. Мин кинилэри кыайыахпын наада этэ. Оттон кини бастаан соруйан киллэртэрбитэ, ахсаан тоҕус биэскэ буоларын курдук. Онтон биир эрэ мээчиги киллэрэллэрэ хаалбытын кэннэ эмискэ барытын хабан барбыта. Онно мин дьэ барыта сатанар буолла быһыылаах дии санаабытым. Түргэнник сүүрэр уонна киллэрэр буолан барбытым. Испэр туох эрэ дьөлүтэ кэйэн ыалдьара. Ол эрээри өссө биир гол хаалбыта. Оттон били уһун баттахтаах миигин тула сүүрэрэ уонна күлэрэ. Оттон мин күлбэтим. Тоҕо диэтэххэ, мин биир голу киллэриэхпин наада этэ. Билигин табыллыа дии саныырым. Оттон иһим кэйиэлиирэ сүрдэммитэ. Дьэ онтон аҕам мээчиги хабан ылбыта уонна чопчу кини атаҕын анныгар бырахпыта. Мин кини соруйан бырахпытын көрбүтүм, ол да буоллар сүүрбүтүм. Тоҕо диэтэххэ, мин өссө да мээчиги былдьаан туора тэбиэхпин сөп дии санаабытым. Ол эрээри мин туохтан эрэ иҥнибитим уонна төбөбүнэн сиргэ охсуллубутум. Онтон төбөбүн өрө көтөҕүүбэр, кинилэр номнуо куустуһа сылдьаллара. Оттон кыыс хаһыытыыра: биһиги кыайдыбыт! Мин турбутум уонна талах быыһыгар барбытым. Тоҕо диэтэххэ, ытыырбын кинилэр көрүөхтэрин баҕарбатаҕым. Уонна иһим наһаа ыалдьар этэ.

* * *

Киэһэ быраас кэлбитэ уонна муҥурдааҕа ыалдьыбыт диэбитэ. Оргууй испин баттыыра, онтон эмискэ ыытара. Мин ыарыыбыттан мээчик курдук, кини илиитин ыытта да, өрө көтө түһэрим.

«Суһал көмөҕө» биһиги туох эрэ наһыылка үрдүгэр олорбуппут, оттон аҕам миигин төбөбүттэн имэрийэрэ. Мин киниэхэ, өскөтүн өлөн хааллахпына, аны ити уһун баттахтааҕы тыаҕа илдьэ сылдьымаар диэбитим. Кини күлбүтэ уонна миигин акаары диэбитэ. Муҥурдаах – туох да уустуга суох эпэрээссийэ.

* * *

Күнүү – дьэ итинник, уопсайынан, туох, кинини хайдах да кыайбаккын. Хаһан даҕаны. Хайдах да сордоммутуҥ иһин. Күүстээх санаалаах дьон баар буолаллар, барыны бары кыайаллар – өстөөхтөрүн, доҕотторун, соҕотохсуйууну. Оттон күнүү туһунан манна адьас атын кэпсэтии буолар. Көннөрү сүрэххин ылаҕын уонна быһан кэбиһэҕин. Тоҕо диэтэххэ, күнүү онно олорор. Онтон атын буоллаҕына, эн хас хамсаныыҥ барыта эйигин утары буола туруоҕа. Кутаҕа тимирэн эрэр курдук. Төһөнөн тахса сатыыгын даҕаны, оччо түргэнник тимирэҕин. Сотору үөһэ харахтарыҥ эрэ килэһэн көстөр буолаллар. Уотунан умайаллар. Муннугар номнуо ол-бу симиллэр. Баҕарар буоллаххына – эҕирий. Онто суох мүнүүтэттэн эрэ ордук хаалла. Быраһаай, үрүҥ күн. Барыта наһаа кэрэ этэ.

Ити үөн кэлиэн иннинэ.

«Дьиэбэр тиийиэм да – кинини өлөрүөм, хайаан даҕаны», – диэбитэ миэхэ биир сержант госпитальга, биһигини Чечняттан номнуо таһаарбыттарын кэннэ.

«Эн туох буоллуҥ. Тоҕо? – диэбитим мин. – Кини, бэл, эн атаҕа суоххун даҕаны билбэт ээ».

«Билиэҕэ. Онтон кинини хайдах да тутуоҥ суоҕа. Антах, билэҕин дуо, хас атахтаах уол сүүрэ сылдьарын? Сүүрэ сылдьаллар, козеллар курдук, куораты биир гына, уонна барыларыгар икки атах, блин, чороҥолуур».

Мин кинини көрөбүн уонна саҥарбаппын.

«Били козелу туппут киһи баар ини, блокпост таһыгар растяжка тардыбыт баҕайыны. Мин киниэхэ атах туохха наадатын кэпсиэм этэ. Оскуолаҕа үөрэтэллэрин курдук… Өйдөтөрдүү… Билигин аҥаар бачыыҥканы эрэ атыылаһар буоллаҕым. Оннук атыылыыллара дуу?»

Өссө мин аттыбар палатаҕа омоновец сытара. Кинини миэхэ иккис эпэрээссийэ оҥоһуллубутун кэнниттэн аҕалбыттара. Бырастыынаттан оҥоһуллубут биһиккэ ыйанан турара, тоҕо диэтэххэ, үрдүнэн таһаҕас массыыната ааспыт этэ, онон өттүгүн уҥуоҕуттан туох да ордубатах. Уҥуоҕа барыта кумаламмыт уонна биир чөмөх буолан хаалбыт. Оҕо оонньуурдарыттан салҕан хаалан, барытын биир муннукка өрөһөлүү кутан кэбиспитин курдук.

Кини иһигэр эрэһиинэ шланга тикпиттэр этэ, онтон ол шланга төбөтүгэр бытыылка иҥиннэриллибит. Кини онно тахсан киирэрэ. Дьиҥэр, кини ханна да тахсыбат, биһиккэ ыйанан турар. Көннөрү бытыылканы сөп-сөп уларыталлар. Тоҕоллор уонна эмиэ аҕалаллар.

Икки төгүл кини ханнык эрэ албаһынан эмин муспут этэ. Ол эрээри, быраастар диэн быраастар – тыын киллэрбиттэрэ. Кинилэргэ син биир – ити сордоох салгыы хайдах олороро. Ол да буоллар кылаабынай быраас тылын биэрбитэ, эйиэнэ турар буолуо диэн, онтон ыла кини таблеткалары сыттыгын хаатыгар кистээбэт буолбута. Киниэхэ турар буолара улахан суолталааҕа.

«Онтон эн хайдаххыный? – диэн ыйытара кини. – Дьиэҕэр кыыстааххын дуо?»

Онно мин суох диэбитим.

«Суоҕа да үчүгэй. Онтон атын кини эйигиттэн баран хаалыа этэ. Эн бэйэҥ ити биинтэҥ анныгар туох баарын көрбүтүҥ дуо?»

«Суох. Бэрэбээскилиир сиргэ сиэркилэ суох».

Мин, дьиҥэр, албыннаабытым. Бэрэбээскилиир сиргэ сиэркилэ баара. Сиэстэрэлэр киэннэрэ. Байыаннай госпитальга, барыта эдэр уолаттар сытар сирдэригэр, кыргыттар бэйэлэрин көрүнүөхтэрин наада буоллаҕа. «Лореаль. Париж. Мин онно адьас сөп түбэһэбин». Ким билиэй, дьылҕаҕын ханна көрсүөххүн. Ол эрээри биһигиттэн тугу булан ылыаҥый? Үһүөммүтүн холбоотоххо-илбээтэххэ, баҕар, биир арыый соҕус киһи тахсара дуу.

Ол эрээри, мин омоновецка сиэркилэ туһунан эппэтэҕим. Бастатан туран, мин бэйэм сиэркилэҕэ чугаһыырга кыаҕым тиийэ илигэ, онтон иккиһинэн, кини хаһан даҕаны мин албыннаабыппын билиэ суоҕа этэ. Кини төһө өр итинник ыйанан турара биллибэт ээ?

«Ол оннугар эйиэхэ аллараа өттүҥ үчүгэй, – диэбитэ кини. – Аппарат үлэлиир дуо?»

Онно мин эппитим, оннук, барыта үчүгэй.

«Оттон мин билигин ойохпор туох диирбин, билбэппин. Барара буолуо, арааһа. Эн туох дии саныыгын, кылаабынай быраас албынныыра буолуо дуо?»

«Билбэппин, – диэбитим мин. – Ол гынан баран кини үчүгэй киһи».

Ол эрээри госпитальга саамай ынырыга түүл буолааччы. Тоҕо диэтэххэ бастаан, өйдөннөҕүм утаа, биһиги туох буолбуппутун өйдөөбөт этим. Быһан кэбиспит курдук. БТР-га олорбуппутун кытары умнан кэбиспит этим. Бэрэбээскилэнэн баран сытарым, ынчыктыырым уонна тугу да өйдөөбөт этим. Ынырык ыарыылааҕа, ол иһин сиэстэрэни эрэ күүтэрим. Кини илиитэ сөрүүн этэ. Биинтэ да нөҥүө биллэрэ. Бастаан билбэт этим, кинилэр ону туох диэн ааттыылларын, онтон дьэ истибитим. Ким эрэ эппитэ – «промедол». Өссө эппиттэрэ: «Тоҕо эн киниэхэ итиччэ элбэҕи биэрэҕиний? Эн өссө бүтүн икки палаталааххын ээ».

Онтон кини сөрүүн илиитэ, санныгар укуол – түүрэ сиэммит, хачыгырыыр хаҕы курдары, – онтон хараҥарар уонна күөгэҥнээн барар. Эргичийэр уонна ырааттар ыраатан иһэр. Уонна кини куолаһа. «Эн билэҕин, кини хайдах курдук ыарыыны тулуйа сытарын? Саатар кыратык утуйдун. – Саҥатын дорҕооно хараҥаҕа дьалкыйдьыйар, маҥан лиэнтэҕэ кубулуйар уонна симэлийэн хаалар. – Кинини хайдах туруктаах манна аҕалбыттарын билэҕин дуо?»

Ол иһин мин куруутун, кини хаһан кэлэрин күүтэр этим. Ууллаҕас куолаһын илдьэ кэлиэ диэн. «Билигин, билигин, ыксаама. Туох буоллуҥ эн? Кыратык тулуйа түс».

Онтон мин түһүүр уонна кини кэлэриттэн куттанар буолбутум. Тоҕо диэтэххэ, мин өйдүүр буолан испитим. Мин барытын түүлбэр көрөрүм.

* * *

– Блин, кини тыыннаах! Кини тыыннаах! – Генка хаһыытыыра. – Таһаар кинини онтон! Кини онно умайыа!

– Снайпердар эргиччи былыт курдуктар! – Серега саҥата. – Онно өссө киирэр кыаҕым суох.

Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.

₺103,61
Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
08 mayıs 2023
Yazıldığı tarih:
2021
Hacim:
230 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-6090-0
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:
Metin
Ortalama puan 5, 2 oylamaya göre
Metin PDF
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre