Kitabı oku: «Үһүйээннэр, номохтор», sayfa 3
КЫЙЫТЫЫР УДАҔАН
Манна өкөр тиити миинэн барар удаҕан баара үһү. Балтараа сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр баар эмээххин. Ол илэ киһи эбит. Олоччу даҕаны. Аатын куттанан ааттаабаппын. Ол гынан баран, ааттыым: Кыйытыыр удаҕан диэн.
Маачаха эһэм кэпсиир этэ. Кыйытыыр удаҕан ойууттары кытта күрсэ барарыгар, талаҕы эриэннээн кымньыы гынан, өкөр тиити мииньэн, дьэ, айанныыр. Барарыгар икки киһини бэлэмниир. Бөҕөс дьону уонна уус балтатын бэлэмнэтэр. Ол дьон балталаах буолуохтаахтар. Ити чуурка курдук баҕайы баар дии. Баран-баран, үс хонон, сэттэ хонон, тоҕус хонон кэлэр. Ол кэллэҕинэ, балтаһыттар, дьэ, үлэлээн бараллар. Иккиэн тэҥҥэ үлэлииллэр, биллиргэтэллэр. Биирдэрэ хара быарга охсор, биирдэрэ көхсүн хараҕар охсор. Дьэ, оччоҕо эмээххиннэрэ өҕүйэн, хотуолаан барар. Дьэ, онно таххар удаҕан дьахтар төбөтүн уҥуоҕа, ойуун төбөтүн уҥуоҕа. Онон бүтэр. Оҕонньоро таххан, уҥуох тутар. Тыаҕа. Сороҕун таах бырахтарар. Куобах уоһугар. Сороҕун: «Оҥхотон баран, көмөн кэбис. Төрүт-уус киһи этэ», – диир. Итинэн интикэтэ бүтэр.
Ити быраан турар буолбат дуо? Ат Хайата диэн. Ити үрдүгэр ахсынньы биэһигэр, тохсунньу биэһигэр таххан, үс хонон төрөөн киирэр. Торбос чурумчу сыалыйалаах. Оҕото балык эҥин, ол-бу буолар үһү. Сордоҥ балык.
Оҕонньоро биирдэ эмээххинин кырбаары гыммыт. «Сүптүр, төрүүгүн-төрүүгүн да, туох гынаҕын? Оҕоҕун аҕал», – диэбит. «Чэ, оччоҕо сассын таххаар. Ат Хайатыгар таххыахпыт», – диэбит.
Иккиэн таххыбыттар. Оҕонньор охтубут мас өкөйөн, эндэйэн турарыгар, тойомсуйан, олорунан кэбиспит. Дьэ, эмээххин баран кэлбит уонна оҕонньоругар: «Оҕоҥ бу баар. Чэ, илдьэ киир», – диэбит. Ньилбэгэр туора быраҕан биэрбит биир сордоҥу. Оҕонньор ыксаабыт, куттаммыт: «Бу баҕайыны киэр гын», – диэбит. Онтон ыла оҕо көрдөөбөт буолаахтаабыт. Онон бүппүт, чэ.
Харитина Семеновна Яковлева-Көрөөхтөөбүт. Мэҥэ улууһа, Үөһээ Моорук нэһилиэгэ (билигин Амма улууһа, Сатаҕай нэһилиэгэ). 1989 с. кэпсэппитим, «62-бин туоларым ити курдук хаалла. Алтынньыга, 16-гар туолабын», – диэбитэ.
АРҔАА ӨТТҮНЭН ААННААБЫТТАРА
Биһиэннэрэ, Баачымалар, дьиэни даҕаны, хотону даҕаны уонна олбуору, тиэргэни хаһан да арҕаа өттүнэн ааннаабаттар. Аньыы. Тоҕо диэтэххэ, ойууттар, удаҕаттар сылдьар сырыыларын, суолларын ааныгар ыччатыҥ кэскилин, кинилэр дьылҕаларын сэмсэ ууран биэриэ суохтааххын, бүтэй бэлэх биэриэ суохтааххын. «Арҕаа өттүнэн ааннаах дьон эстэр дьылҕалаахтар», – дииллэр. Куһаҕан тыыннар сылдьар ыырдара. Бэл диэтэр арҕаа өттүнэн түннүктээбэт этилэр. Куһаҕан тыын, ыччат дьылҕатын курдары көрөн, быһа этэр диэн.
БУЛУҤ
Гаврил Константинович Шадрин (1933). Булуҥ улууһа, Хара
Уулаах. 1982 с. суруйбутум.
ТИКСИИ
Тиксии диэн ити мин аҕам уонна эһэлэрим кэпсээннэринэн истэр этим. Бу Тиксии диэн сиргэ балыгы элбэхтик өлөрөр этибит. Көһөн киирэн. Тууччах, муксуун балыгы атырдьах ыйын ортотун диэки. Тиксэр кэмигэр. Балык бултуу киирэллэр тыаттан. Таастан эбэтэр. Ити балыктар күн бүгүнүгэр диэри ити бириэмэҕэ биэрэккэ тиксэр кэмнэрэ. Ол иһин тиксиилии киирэллэр. Биһиэхэ манна ити балыктар эмиэ атырдьах ыйын ортотугар сысталлар. Ону биһиги эмиэ тиксиилиибит. Эбэтэр балыктыыбыт, бултуубут.
Лэгэнтэй Борокуоппайабыс Күөрээкин-Сэкэннэй (1918). Булуҥ улууһа, Түмэти. Хаҥалас ууһа. 2002 с. суруйбутум.
АЛАМПА МАЙААГА
Соппуруонап Остоолбото. Биһиги Алампа Майааҕа диэн ааттааччыбыт. Сорохтор Соппуруонап Майааҕа дииллэр. Оҕолор, кыралар. Билигин. Быһаҕынан быһан суруйталаабыттар. Муохтар үүнүтэлээбиттэр. Хаартыскаҕа да сатаан түһүө суох. Бастакы туруоралларыгар ЯЦИК чилиэнэ Слепцов Н. В. диэн баар эбит. Аата саамай үөһэ баар этэ. Соппуруонап гиэнэ баар этэ. Ол майаакка Өксөкүлээх Өлөксөй аата баар этэ диибин. Новгородов алпабиитынан суруллубут.
Туруорбут дьон олохтоохтор. Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан кэлэн олохсуйбут дьон. Охулуокап Сомсоон, Поппуоп Мэхээлэ, Перевалов Лэгэнтэй, Ыскырбыыкын Сэмэн. Сэниэлээх, кэпсэтэр, барар-кэлэр дьон. Кэлин мээнэ суруйар буолбуттар. Онно кыттыбатах дьону. Өссө Сахаарап Лэпсэй Кууһумуус. ЯЦИК чилиэнэ, үөрэҕэ суох оҕонньор. Кэнники эһэтэ Тордуйа аатынан, араспаанньатын уларытан, Тордуин диэнинэн өлбүтэ. Поппуоп Мэхээлэни Миһирийээн диэччилэр. Суон уонна иһиттэн саҥата ньиргийэн тахсар саҥалаах. Гражданскай сэрии саҕана бу диэки бандьыыттаабыт, өссө хамандьыыр буола сылдьыбыт. Итиэннэ өссө туруорууга Таспайар диэн баар этэ. Уус оҕонньор. Суоруутун эҥин ол оҕонньор суоран туруорбута буолуо. Уонна убайдыы-бырааттыы Татаарынаптар диэннэр бааллар. Өрүс уҥуоргу өттө да буоллар, тахсыбыттара буолуо. Оннук сурахха. Онтон маппатах буолуохтаахтар. Уйбаан уонна Бүөтүр. Туруорсубут буолуохтаахтар. Ааттара суох быһыылаах этэ.
СААМАЙДАР
Саамайдары киһини сиир дьоннор үһү диэччилэр. Олорго мин ийэм улахан убайын быраата, аата Бэрт Маалыҥкай, тиийэ сылдьыбыт диэн баар. Бэйэтэ ааттаах булчут, ааттаах ытааччы үһү. Уон кыылы көрдөҕүнэ, тоҕуһу өлөрөн баран тохтуур эбит. Биирин өлөрбөт үһү. Биирин хайаан да хаалларар үһү.
Бултуу сылдьан, уччуйан баран хаалбыт. Дьонун суолун суоллаан барбыт. Ол баран, атын дьоҥҥо тиийбит. Саамайдарга диэн буолуо дэнэр. Ураһаҕа. Аһатан, күндүлээн. Дьиэлэрин түгэҕинэн кииртэлээбиттэр. Кэлин. Быһахтарын эҥин сытыыланаллар эбит. Таһырдьа сылдьан, бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэр үһү. Туспа. Онтон дьаарханан, хайдах эрэ куотардыы сананан, олорор сиринэн ураһа түгэҕэ аһыллыбытынан тахсан, табатыгар тиийбит. Оҕунан ытыалаабыттар да, таппатахтар. Сүүрэринэн үчүгэй. Ол иһин Бэрт Маалыҥкай диэн аатырбыт. Уучаҕын миинэн баран, ытыалаан, хас да киһини өлөрбүт уонна куоппут. «Сирэйдэригэр ойуулаах этэ», – диэбит. Тигиилээх.
БҮЛҮҮ
Варвара Федотова. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут. 1973 с. үһүйээннэри киниэхэ аҕата Максим Степанович Федотов кэпсээбит.
БӨӨЧӨРӨ
Былыр Бөөчөрө диэн тоҥус хоһууна баара үһү. Бу хоһууну 40 дьиэ тоҥус батыһа сылдьара үһү. Бу дьон хоһуун бултаабыт булдун хомуйарга, сииргэ сылдьаллар үһү. Хоһуун улахан баайа суох эбит. Ол сылдьан, кини үйэтин иһигэр 99 эһэни өлөрбүт. Эһэҕэ сааламмата үһү, аҥардас батыйанан уонна баалка маһынан бултуур эбит. Биир күн сайын алыыга тиийбитэ, үс кыыл аһыы турара үһү. Бу үс кыылы үһүөннэрин өлөрбүт. Онтон биир кыыл элэмэс эбит. Ытан баран турдаҕына, алыы диэки тыас тыаһаабыт. Туох ааттаах тыаһай диэн хайыһан көрбүтэ, үйэтигэр көрбөтөх улахан, эмиэ да сиэллээх, кутуруктаах курдук эһэ сүүрэн иһэрэ үһү. Урут хаһан да уолуйбатах, соһуйбатах бэйэтэ, уолуйан, улахан тэҥкэ баарыгар сүүрэн тиийэн ыстаммыт. Эһэ кэлэн үөһэ ойуолаан баран, кырбаталаан көрбүт да, үс ойуунан хоһууну куоттарбыт. Эһэ сүрдээх улаханнык үс төгүл часкыйбыт. Хоһуун ол олорон ытыалаабыт. Ол аайы эһэтэ часкыйа-часкыйа өрө ыстаҥалаабыт. Хоһуун бүтэһик буулдьата хаалыар диэри ытыалаабыт. Хойут, элбэх ытыалааһын кэнниттэн, эһэ, ыстаҥалыыра уурайан, олорон эрэ часкыйбыт. Сайыҥҥы уһун күн киирэн эрдэҕинэ эһэтэ үс төгүл киһилии: «Бөөчөрөө», – диэбит уонна өлөн хаалбыт. Хоһуун, түһэ эккирээн, дьиэтигэр ыстаммыт. Дьонугар оннук моһуокка ыллардым диэн кэпсээбэтэх уонна кыылларын да, эһэтин да этин хомуйтарбатаҕа үһү. Оччо саллыбыт. Ол кэнниттэн үс сыл сылдьыбыттар. Биир түүн Бөөчөрө баттаппыт, дьоно нэһиилэ уһугуннарбыттар. «Хайа, атаас, тугу түһээн баттаттын?» – диэн кырдьаҕастар ыйыппыттар.
«Дьэ, хара тыам тэҥситтэттэ 1. Үс сыллаахха биир улахан эһэни үс кыылы кытта өлөртүм. Ону хара тыа иччитэ үөҥҥэ-көйүүргэ сиэттиҥ, үс хонон баран маннык ааттаах алыыга көрсүһүөхпүт диэтэ», – диэн кэпсээбит.
Онон үс хонугу быһа дьонун кытта быраһаайдаһан, астарын үтүөтүн аһаабыт. Үс хонон баран, дьонун илдьэ, барбыттар. Онно аатырбыт киэҥ алыы кытыытыгар тиийбиттэр. Ол тиийэн уҥуор көрбүтэ: эмиэ туос ала, үс сыллааҕытааҕар улахан эһэ, элбэх баҕайы эһэни батыһыннаран иһэрэ үһү. Ону көрөн баран, хоһуун эппит: «Дьэ, сэгэрдэрим. Мин айыыбын айыыланымаҥ. Эһиги манна хаалыҥ», – диэн баран, утары ыстаммыт. «Мин дьоммун хааллардым, эн эмиэ хааллар!» – диэн хоһуун кыламмыт. Онуоха анараа хаарахан, икки өттүнэн көрөн, хаһыыртаабыт. Ону эһэлэр, алыы кытыытыгар тахсан, сытыталаан кэбиспиттэр.
Алыы ортотугар хоһуун эһэлиин көрсүбүт. Хоһуун биирдэ ыппыт уонна тайыыга түһэрбит. Турар күнү быһа охсуһан, күн киириитэ эһэ хоһууну баттаабыт. Онуоха үс эр бэрдэ киирээри гыммыттарын, кырдьаҕастар киллэрбэтэхтэр. Онтон атахха биллэрбиттэр. Үс хонон баран кэлбиттэрэ, баһын уҥуоҕа эрэ баара үһү.
МАСТААХ ЭБЭ
Биһиги чугаһынааҕы күөллэрбититтэн саамай улаханнара – Мастаах Эбэ. Бу күөл 9 арыылаах, уонтан тахса от арыылаах. Ким да билбэт бу күөл төһө сыллааҕыта үөскээбитин. Саха сэһэнинэн, былыргы үһүйээн быһыытынан, саха, тоҥус икки бэйэ-бэйэлэрин билсибэттэрин саҕана Дьалкылдьа диэн ааттааҕа үһү. Ол бириэмэҕэ бу Эбэҕэ Түөрэчээн диэн саха хоһууна олорбута үһү. Кини омуктары кытта сэриилэспит, хаста да кырпыт. Омуктар киниттэн күрээри бу күөлү эргийэ сатаабыттар. Ол саҕана бу күөл наһаа хойуу мастааҕа үһү. Эргийэ сатаан баран, кыайан эргийбэккэ, Мастаах диэн ааттаабыттар. Бу Эбэ туһунан наһаа элбэх үһүйээннэри кэпсииллэр. Ити күөл иккитэ уолба буола сылдьыбыт. Ол бэлиэтэ диэн үөһүгэр сэргэлэр уонна дьиэ баҕаналара тураллар.
ТҮӨРЭЧЭЭН
Бу хоһуун Мастаах күөлгэ ийэтэ эмээхсини кытта олорбута үһү. Мастаах күөл арҕаа өттүгэр Сохообут диэн ортотугар мас арыылаах күөл баара үһү. Бу күөлгэ сахалар мустан, байан-тайан олорбуттар. Сохообут уонна Ходуһа диэн күөллэр икки ардыларыгар ааттаах улахан хонуу баар. Манна сахалар, окко киириэхтэрин иннинэ, ас-үөл тэринэн, аһыыллара-сииллэрэ үһү. Кылыстар 2 сырсан бэртэрин билсэллэр, бөҕөстөр тустан күүстэрин билсэллэрэ үһү. Ол бириэмэҕэ биирдэ хантан да кэлбиттэрэ биллибэт эдэрдээх кырдьаҕас тоҥустар баар буола түспүттэр. Ол оонньууга Түөрэчээн суоҕа үһү. Тоҥустары ыҥыран аһата-сиэтэ, оонньото сатаабыттар. Онуоха эдэрэ аһы аһаспыт, оонньууга кыттыбыт да, охтоох саатын сүгэ сылдьыбыт. Кырдьаҕаһа аанньа да аһаабатах, аанньа да кэпсэппэтэх. Ураһа таһыгар, оҕун тардан баран, олороро үһү. Ол иһин сахалар, сэриилэһээри кэлбит диэннэр, түҥнэри ытан түһэрбиттэр. Оҕонньор өлөр саҥатын истэн, эдэр киһитэ: «Төбөтүн тииккэ ыйаарыҥ!» – диэн баран, элэс гынан хаалбыт. Ону сахалар сырса да сорумматахтар. Нөҥүө сайыныгар ол бириэмэҕэ эмиэ мустан аһаан-сиэн, оонньоон-көрүлээн эрдэхтэринэ, туох да хара баһаан омук кэлэн, эмискэ саба түһэн, кырган кэбиспиттэр. Бу сахалартан саамай бэртэрэ Мастаах Эбэ диэки Түөрэчээҥҥэ куоппут. Тоҥустар өйдөөн көрбөккө хаалбыттар. Ол киһи Түөрэчээҥҥэ кэлбит. Хоһуун ийэтиниин собо сии олорбуттар. Онно көтөн түспүт. Уруккуттан билэр киһитэ буолуо: «Хайа, доҕоор, туохтан куттанан, хааныҥ-сииниҥ алдьанна?» – диэбит Түөрэчээн. «Дьэ, атаһыам, омуктар кэлэннэр, туох баарбытын бары кыртылар. Ону, дьэ, бараҥҥын, иэһи иэс курдук иэстэс», – диэбит. Онуоха: «Оо, атаһым омук хаанын көрдөрөөрү кэлбит», – диэт, куйаҕын үөһэ түспүт. «Чэ, ийэкээ, аһыҥ үтүөтүн астаа, таҥаһыҥ үтүөтүн таҥын», – диэбит уонна таһырдьа ыстанан тахсан, араҥас охсубут. Киирэн астарын аһаабыттар. Эмээхсин тахсан, дьиэтин үстэ төгүрүйбүт. Ол төгүрүйбүтүн кэннэ, уола, көтөҕөн ылан, араҥаһын үөһэ олордон кэбиспит. Кэннинэн сүүрэн баран, суордуу хаһыыра-хаһыыра, үс төгүл сөһүргэстии түһүтэлээбит. Үһүс түһүүтүгэр ийэтин көхсүн харатынан дьөлө ытан таһаарбыт. Онуоха эмээхсин: «Оҕом илиитэ үчүгэйиин!» – диэн баран, өлөн түспүт. Ийэтин хааныттан үс төгүл омурпут: «Хаан хаптаҕым, өһөх уоптаҕым, соргу көтөхтөҕүм: – диэн баран, табаарыһын: «Чэ!» – диэт, Сохообут диэки ыстаммыт. Кинини ким ситиэй, ол иһин күүтэ-күүтэ аа-дьуо барбыт. Түөрэчээн тоҕус былас чиэрчимэ маамыктаны 3 көхсүгэр баанан баран сүүрдэҕинэ, ууга да, хонууга да маамыкта сиргэ тиийбэтэ үһү. Сохообукка тиийбиттэр. Ол омуктар олорор сирдэриттэн үс биэрэстэ усталаах ходуһа баар. Ол ходуһа бүтүүтүгэр улуу тумуһах баара үһү. Бу манна кэлэн, хоһуун доҕоругар эппит: «Мин анныкы буоларбын көрдөххүнэ, бэйэҥ бэйэҕин билинээр. Онтон мин үөһэ буоларбын көрдөргүн эрэ, бэрт түргэнник миэхэ кэлээр».
Ол гынан баран, хаһыыра-хаһыыра ходуһа устун омуктарга ыстаммыт. Ону сэттэтэ ытан кэбиспит. Орпуттары барытын, ураһаҕа тиийэн, кырган кэбиспит. Доҕоро ону көрөн сүүрэн истэҕинэ, хааннаах батыйатын таҥнары тайанан баран, утары көрсүбүт: «Дьэ, атаһыам, өрөгөйбүт үрдээтэ, соргубут көтөҕүлүннэ. Сүбэбитин тыырсыах. Тоҥустан биир дьахтардарын, сахалартан биирдэрин ордордум. Дьэ, миэхэ хайатын аныыгын? Мин санаабын сөпкө эттэххинэ, үйэлээх сааспытыгар доҕордуу буолуохпут, оттон сыыһа эттэххинэ, бу батыйанан дьөлө түһүөм!»
Онуоха доҕоро, толкуйдуу барбакка, эппит: «Эйиэхэ, сылдьарыҥ дабааннааҕынан, тоҥус буоллаҕына хайдах буолуой?»
«Ыы, доҕорум барахсан! Дэлэ да киһи омуктартан куотуо дуо?» – диэт, доҕорун кууһа түспүт.
Онтон Түөрэчээн Ньиндэ бэтэрээ өттүнэн сылдьыбыт, дэлби байбыт, хаста да киирэн тоҥустары кыргыбыт. Үһүс кыргыытыгар, утуйа сыттаҕына, тоҥустар, соһутан, кыһын өлөрбүттэрэ үһү диэн кэпсииллэр кырдьаҕастар.
Ньиндэ бэтэрээ өттүгэр Түөрэчээн Күөллэрэ диэн хас да күөл баар үһү. Сохообукка ол Түөрэчээн өлтүн кэннэ биирдэ Бургумай диэн хоһуун кыргыһа сылдьыбыт уонна кыайбыта үһү. Ол кэнниттэн тоҥустар: «Иккитэ соҥообут күөлбүт, онон Сохообут диэн буоллун», – диэбиттэр.
БУОРДААХ СУТ
Былыр Хаҕыҥҥа дуу, Кыргыдайга дуу Сөдүөт диэн кинээс олорбут. Былыргы отчуттар саары саҕанааҕы отторун 4 атырдьах ыйын 30-с күннэрин диэки кээһэллэр үһү. Ол дьыл от кээһэ сырыттахтарына, киһи сототунан кэһэр хаара түспүт. Онон кыһыҥҥы буолан хаалбыта үһү. Сөдүөт кинээс кээспит ото төһөтө сүөһүгэ сөп буоларын кэмнээн баран, орпут сүөһүтүн барытын өлөрбүт. Сылгытын даҕаны, ынаҕын даҕаны. Хаһыыга төһө эмэ сылгыны үүрэн кээспитэ үһү. Онтон соҕотох тыһы тый эрэ ордон хаалбыт. Бары өлбүттэр. Нэһилиэнньэҕэ эмиэ эппитэ үһү: «Төһө оттооххут да, оччо сүөһүнү ордоруҥ. Орпуттары өлөрүҥ», – диэн.
Ол дьыл суолга көрсүбүт киһи, былтарыйарыгар, хаары күрдьэн ааһаллара үһү. Ньукуола уон хонуга ааһыар диэри сыппыта үһү ол хаар. Онон үгүс ыал сүөһүлэриттэн илии соттубуттар.
Ол сылы сахалар Буордаах Сут диэн ааттаабыттар. Хаар үрдэ хайдах эрэ буору ыспыт курдук хараара сыппыт. «Ньукуола таҥарабыт сыарҕаттан ааста», – диэн ытаһаллара үһү сүөһүлэриттэн быстыбыт дьон. Ол нөҥүө дьылыгар алыс үчүгэй дьыл буолбута үһү. Оннук дьыл буола илик диэн кэпсииллэр кырдьаҕастар.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Тэҥситтэттэ – илдьиттэттэ.
2 Кылыстар – сытыы, сүүрүк, бары өттүнэн эрдээх дьон.
3 Чиэрчимэ маамыкта – тоҥустар таба тутар быалара. Сарыынан эбэтэр иҥииринэн түөрт гына тэлиилээн эбэтэр хайытан, өрөн оҥорбут быалара.
Э. К. Пекарскай диалектологическай тылдьытыгар тылы икки суолталаан быһаарбыттар: Маамыкта – 1. Тирииттэн хатыллыбыт синньигэс быа-туһах. Долганнар, Дьэһиэй сахаларын тыллара. 2. (Аркан), эдьигээннэр тыллара.
Тэҥнээн көрүҥ эбэҥкилэр һэркэ диэн тылларын – «связать, завязать» (Сравнительный словарь тунгусо-маньчжурских языков: материалы к этимологическому словарю. Т. 2. – Л.: 1977. С. 369). -ма – эбэҥки тылыгар даҕааһыннары үөскэтэр сыһыарыы (Эвенкийско-русский словарь. – М.: 1958. С. 769).
4 Саары саҕанааҕы от – былыр Бөтүрүөп таҥара кэмигэр оттоммут оту ааттыыллар. Бу таҥара от ыйын 12 күнүгэр кэлэр. Окко киирэр кэм. Саары диэн от үлэтин саҕаланар бастакы нэдиэлэтэ.
Руслан Федоров. 1968 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа IV кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
МАСТААХ ДЬАЛКЫЛДЬЫМА
Бүлүү оройуонугар үс нэһилиэги холбуур аатырар-сураҕырар Мастаах күөл баар. Олохтоохтор ол күөлү ытыгылаан Эбэ диэн ааттыыллар. Өссө атын умнуллан эрэр дьиҥнээх аата Дьалкылдьыма диэн. Олохтоох кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, былыр, кыргыс үйэтин саҕана, кыргыстар манна кэлтэригэр, олохтоохтор, күөл арыыларыгар киирэннэр, кыргыстары арыыларга киллэрбэккэ ытыаласпыттар. Кыргыстар, күөлү төгүрүйэ сатаан баран, хайа да өттүнэн кыайан арыыларга киирбэккэ: «Киһи хайа да өттүнэн кыайан киирбэт Киэҥ Дьалкылдьыма күөл буоллун», – диэбиттэр.
Итинтэн ыла Киэҥ Дьалкылдьыма диэн ааттаммыт. Бу күөл мас арыылара 12-лэр. Бу күөл туһунан интэриэһинэй үһүйээн баар.
Манна Уоһук Софронеев диэн нуучча көскө кэлэн, Мастаах күөл кытыытыгар, Кэҥэрэччи диэн сиргэ, мантан кэргэн ылан олорбут. Кинилэр икки ынахтаахтара үһү. Ол ынахтара саас Мастаах күөлгэ, дьындаҕа түһэн, өлөн хаалбыттар. Софронеев ынахтарын сүлэ сылдьан эппит: «Дьэ, Эбэ хотун, миигин оҥордуҥ. Эйигин да оҥоруоҕум», – диэн.
Ол саас Эбэ хобуордаан турдаҕына, сарсыарда, күн саҥа тахсыыта, кур сылгы баһын уҥуоҕун кыбынан күөлгэ киирбит. Киэһэ, күн кытара киириитэ, дьиэтигэр төннүбүт. Ким да: «Ханна сырыттыҥ?» – диэн ыйыталаспатах. Ити итинник ааспыт. Ол сайын күөл уута бэрт барбах түспүт.
Кыһыныгар Ньурбаттан биир киһи, атынан кэлэн, балыктаабыт. Бу киһи дьадаҥы ыалга хонон бултуур эбит. Кини биир сарсыарда туран түүлүн туһунан кэпсиир: «Уон ордуга икки арыылаах Эбэ күөл уута Аллараа Дойдуга таммалыыр тыаһа дыыгыныырын иһиттим». Дьиэлээхтэргэ: «Тойоннооҥ», – диэбитин, «Түүллээх киһи бэйэҥ тойонноо», – диэбиттэр. Түһээбит түүлүн кыайан быһаарбакка, саас дойдутугар төннүбүт.
Мастаах күөл, аҕыйах уута сыл иһигэр уолан, алаас, ходуһа сир буолбут. Арай онно-манна кыра уулар ордон хаалбыттар. Күөл алаас буолбутугар олохтоох дьон сүөһүнэн улаханнык байбыттар. Ол курдук Маппый диэн киһи 700 сүөһүнү ииппит. Олохтоохтор иһэр ууларын таһынааҕы күөллэртэн оҕуһунан баһан аҕалаллара үһү.
Уоһук Софронеев бу күөлү: «Иккитэ алаас буолуо», – диэбит.
Былыр алаас буола сылдьыбыта ити. Билигин эмиэ бу күөл алаас күөл буолан эрэр. Кини үс арыыта, Оҥхойкоон, Бордуолаах уонна Мас Арыы, билигин тыаҕа тураллар. Оттон от арыылара аата-ахсаана биллибэт элбэхтэр. Бу күөл устата биир көстөн ордук. Оттон туората көһү арыый кыайбат. Эргимтэтэ сэттэ көс кэриҥэ.
Мастаах диэн тоҕо ааттаммытын кырдьаҕастар мас арыыта элбэҕин иһин ааттаммыта буолуо дииллэр.
Николай Томскай. 1964–1965 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
КЫЫЧЫКЫЫН 1
Кыычыкыын диэн күөл дэриэбинэ биир уһугар сытар.
Саха сиригэр «Кыычыкыын оҕуһун баһа буоллаҕа» диэн өс хоһоонун дьонтон үгүстүк истиэххэ сөп. Бу өс хоһоонун ис хоһооно – ас уһуннук буһуутун холооһун. Кырдьык, бу күөлгэ Кыычыкыын диэн баай киһи олорбут үһү. Ол иһин кини олорбут күөлэ Кыычыкыын диэн ааттаммыт. Кыычыкыыны бэйэтин нуучча хааннаах киһи диэн кэпсииллэр. Кини, бу дойдуга олохсуйан баран, Бэчиэттэр төрүттэриттэн баай кыыһын кэргэн ылар. Бэчиэт төрүттэрэ бэрт уһуннук баһылаан-көһүлээн олорбуттар эбит. Бэчиэт дьиҥнээх аата – Егоров Сэмэн. Ол да иһин норуот номоҕуттан Бэчиэт наследствотын туһунан иһиллэр.
Быһыр уолун быһылаана,
Өлөөһө кинээс өрүскэнэ
Өтөрүнэн өһүллэрэ
Өтө көстүбэт, бадаҕа.
Кыычыкыын олус байбыт, наһаа элбэх сүөһүлэммит. Былыр биллэр баай дьон тугунан эмит аатырыахтарын баҕараллар эбит. Кыычыкыын үүт көлүйэ оҥосторго быһаарыммыт. Кини ол оҥкучаҕын наһаа дириҥ гыннарарга санаммыт. Оҥкучаҕы хаһарга нэһилиэк дьоно бүтүннүү сордоноллор. Оччолорго ханнык үчүгэй сэп-сэбиргэл кэлиэй? Буорун иһиккэ кута-кута быанан таһаараллар үһү. Кыычыкыын үлэлэтэр дьонун оҕус баһынан аһатар эбит. Кини бу аһын уһуннук буһарар идэлээҕэ үһү. Тоҕо? Көлүйэ хаһар дьон, оҕус баһа буһарын кэтэһэн, уһуннук үлэлиэхтээхтэр уонна уһуннук буһан сымнаабыт эти кинилэр түргэнник сии охсон, үлэлэригэр туруохтара үһү. Кыычыкыын абааһыны-таҥараны итэҕэйэр киһи диэн ааттыыллар. Үлэһиттэр, эстиилэрэ-быстыылара буолан, кинини куттуурга быһаарыналлар. Ол курдук кинилэр ардах түспүтүн кэннэ тыыннаах балыктары ыыппыттар. Кыычыкыын куттаммыт уонна, Аллараа дойду оҕонньоро балыгы мээнэҕэ ыыппатаҕа буолуо диэн санаабыт да, оҥкучаҕын көмнөрөн кэбиспит. Бу үһүйээни атыннык эмиэ кэпсииллэр. Сорохтор таас ылаары хастарбыт дэһэллэр. Сорохтор сир анныттан балык тахсар диэн хастарбыт дииллэр. Ол гынан баран, хастарыытын чахчы хастарбыт. Билигин ол оҥкучах онно хотоол сир буолан турар. Киниэхэ тииттэр үүнэн тураллар. Оҥкучах онно Кыычыкыын күөл илин өттүгэр баар.
Тылы быһаарыы:
1 Кыычыкыын күөл – Бүлүүтээҕи Чочу нэһилиэгин сирэ. Нэһилиэк киинэ Сыдыбыл дэриэбинэтин уһугар сытар.
Трофим Петрович Гоголев (1903–1990). Бүлүү улууһа, Орто Бүлүү. Үһүйээни урут суруйбутун 1989 с. кыыһа, наука кандидата М. Т. Гоголева бэчээттээн биэрбитэ.
АМПАРА БЫСТЫБЫТА
Икки Чохороон икки ардыгар Дэлгэртэн хоту Ампара Быстыбыта диэн сир баар. Ол аата манныктан буолбут.
Дардаҕар Боотурап Тоҥус сиригэр муҥхаҕа, кырдьан баран, сылдьыбыт.
«Аатырар хааннаах батастаах, өргөс үҥүүлээх Дардаҕар Боотураптара бу дуо?» – дии-дии биир киһи итиннэ түҥнэритэ көтөр, манна охторор.
«Оо, абаккам, бу күммэр түбэһэҥҥин, көҥүл көттөҕүҥ оттон. Саатар, оҕобор Мэлтэгэр Боотурапка түбэспэт буоллаҕыҥ!»
«Бай! Оннук оҕолоох буоллаххына, дьэ, уолгар этээр. Аны күһүн сэтинньи ый кыһыл туолар киэһэтигэр тиийиэҕим», – диир да, туруору анньан кээһэн баран, хаарын тэбээн биэрэр.
Дардаҕар, умнан кээһэн, ону уолугар эппэтэх. Күһүн Мэлтэгэр туһаҕыттан, айатыттан куобах бөҕөнү сүгэн, бэркэ саллан-сылайан кэлбитэ, куйах хатыытын курдук харахтаах, сарын, курбуһах иччитэ киһи көтөн түһэр. Хантан сылдьар, ким диэн киһигиний диэн кэпсэтиһии буолар.
«Дьэ, мин суол курдук сурахтаах, аат курдук ааттаах киһибин. Ампара Хоһуун диэммин. Мин быһаас аҕаҕынан илдьиттээбитим. Оҕунан ытыалаһарга, илиинэн охсуһарга».
«Аҕыйах охтооҕум сайылыкпар хаалбыта».
«Оччоҕо илиинэн охсуһуох».
«Үйэбэр охсуспатах баҕайым».
Онуоха киһитэ тахсан, кэҕэлии-кэҕэлии, куккууктуу-куккууктуу, тойон өһүө баһын тоҥсуйан хонор. Мэлтэгэр саныыр: «Бу икки атахтаахха айыыга киирбэккэ төннүөм диэбитим. Дьэ, бу киһи айыыга киллэрэр буолла быһыылаах».
Сарсыарда халлаан сырдыыта анараа баҕайы, кини тахсыбытыгар, үрдүгэр түһэр. Охсор үһү да, хотуппат. Соччо өлөрөр-хаалларар курдук туттубат. Мэлтэгэр буоллаҕына таба охсубат. Аһарыгаһа олус. Хонноҕун аннынан ити ааһар, бу ааһар. Ону киирэр аан таһыгар баҕанаҕа өйөнөн турар быраата Сыспа Сыһыах көрөн туран: «Ыа, курданыаххынан нии, курданыаххынан», – диэн киҥинэйэр. Ону өйдүөн көрбүтэ, оҕус кутуругун курдук суһуоҕа субуруйан ааһар эбит. Онтукатыттан харбаан ылаат, икки төгүл көхсүгэ охсор. Киһитэ: «Тохтоо, сөп буоллум, көрдөөбүт көмүспүн ыллым! – диир. – Дьэ, үтүө киһи буоллаҕыҥ, дьылҕалаа эрэ, төһө баран охтуомуй?»
«Мин курдук киһи охсубутун кэннэ этэҕин ээ. Ортону аннынан киһи буоллаҕым дии. Үс көһү толоруоҕуҥ», – диир Мэлтэгэр Боотурап.
«Үс хонон баран суоллаар. Хоонньубар 12 кырсаны уктан турабын. Ону ылан баран, араҥаста тутан кээһээр», – диэбит Ампара Хоһуун.
Ол баран, Дэлгэр хоту өттүгэр тиийэн өлбүт.
Нина Степанова. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.