Kitabı oku: «Атыыһыт Кырбаһааҥкын»

Yazı tipi:

Киириитэ

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин хас биирдии улуустара араас эгэлгэ дириҥ устуоруйалаах, дьикти дьоҕурдаах дьонноох, тус-туһунан ураты тыыннаах үгэстэрдээх. Дьэ ол иһин саха дьоно бэйэ-бэйэлэрин кытта билсиһиэхтэрин иннинэ «кимтэн кииннээххин», «хантан хааннааххын» диэн туоһулаһар үгэстээхтэр. Ол курдук эмиэ биир баай ис хоһоонноох, уустук дьылҕалаах Өймөкөөн улууһун биир сүдү талааннаах баай, эргиэмсик киһитин Ньукулай Кырбаһааҥкын олоҕун-дьаһаҕын сырдатыахпыт. Оччолорго VIII—XIX үйэлэргэ ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа хотугу сахалар хас да араас ийэ-аҕа ууһун холбоһуктарыгар арахсан, суол-иис суоҕар киэҥ-нэлэмэн сирдэринэн тайаан, тэнийэн олорбут буолан «удьуор аймах», «улуус дьоно», «алаас ыччата» диэн өйдөбүллэринэн салайтаран олорбуттара. Дьэ бу маннык уустук усулуобуйаҕа Ньукулай Кырбаһааҥкын эргинэр ыыра урукку Байаҕантай улууһун сирдэринэн, ол эбэтэр билиҥҥи Уус Алдан, Таатта, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарын ааһан аныгы Магадан, Сэйимчээн уонна Сусумаан оройуоннарынан тайыыр. Итини таһынан үрдүк хайалар быыстарыгар сытар Муоманы, туундаралаах тумаралаах үс Халыманы эбэн кэбиһэҕин. Аны ити үлүгэрдээх киэҥ нэлэмэн сирдэри бүтүннүүтүн ытынан, атынан, табанан айаннаан тиийэн олохтоохтору кытта атыы-тутуу тэрийсэн, ылсан-бэрсэн, «дуогабардаһан», атыыласпыт тµµлээҕин, булдун сыа-сым курдук энчирэппэккэ тутан-хабан Дьокуускайынан, Магаданынан, Охуотскайынан, Айаанынан батаран, атыылаан харчы оҥорон, чэй, табах, бурдук, чүмэчи, кыраһыын, саа сэбэ-сэбиргэлэ, булт тэрилэ, таҥас-сап, иһит-хомуос атыылаһан, төттөрү тиэйэн илдьэн дьонугар тиэрдэрэ төһөлөөх сыраны-сылбаны, күнү-дьылы, күүґү-уоҕу ыларын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Дьэ хайдахтаах курдук сүдү үлэний, ону булгуччу тиһэҕэр тиэрдэр модун санааный?!

Оччолорго саха атыыһыттарыттан Сэрбэкэ, Манньыаттаах, Боһуут, Кирилэ Дабыыдап, Тэрэпиин, Хапсыын Арассыыйа эбэ хотуҥҥа эргитэр үптэринэн, баайдарын кээмэйинэн 2–3–с гильдийэлээх атыыһыттарга киирсэллэрэ. Онтон биир мөлүйүөнтэн тахса үптээх атыыһыкка 1-кы гильдийэни иҥэрэллэрэ, оччотугар кини тас дойдулары кытта эргинсэр бырааптанара. Саха сиригэр биэс эрэ бастакы гильдийэлээх атыыһыт баар эбит буоллаҕына, иккитэ эрэ саха этэ: Манньыаттаах Уола уонна Ньукулай КырбаһааІкын.

Баай Кырбаһааҥкын олоҕун-дьаһаҕын ситэ-хото арыйан көрдөрөргө Өймөкөөн олохтоох нэһилиэнньэтин ааспыт устуоруйатын төһө табылларынан, кыалларынан сибээстии сатаатыбыт. Онуоха саха этнографиятын XIX үйэҕэ дириҥник чинчийбит Р.К. Маак, В.Л. Серошевскай суруйууларыгар, онтон кэлин ССРС Наукаларын Академияларын экспэдииссийэлэриттэн И.Д. Черскэй, С.В. Обручев сырыыларын баар чахчыларыгар сигэннибит. Дьиҥинэн, Байаҕантай улууһа оччолорго волоһунан ааттанара, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитин кэннэ дьаһааҕы хомуйуу кинигэлэригэр 1638 сылтан бэлиэтэнэр. Онон бу улуус Cаха сирин биир саамай кырдьаҕас улууһун быһыытынан сурукка-бичиккэ киирэ сылдьар. Оччолортон ыытыллыбыт элбэх административнай уларыйыылар кэннилэриттэн эмиэ Кырбаһааҥкын быһаччы орооһуутунан 1920 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр билиҥҥи Өймөкөөн оройуона тэриллибитэ.

Кинигэни суруйууга Н.О. КырбаһааІкын туґунан элбэх кинигэ, хаґыат матырыйаалларын сэргэ архыып докумуоннарын туһанныбыт. Олор истэригэр С.И. Ковлеков, С.М. Егоров, А.А. Павлов, Р.А. Кулаковскай, Л.Р. Кулаковская, Н.М. Заболоцкай, Е.Д. Андросов, С.В. Обручев, Н.С. Николаев, З.П. Оконешникова, Р.Т. Дягилева, А.Е. Кривошапкин, А.С. Сивцева, Т.Е. Васильева, Е.Е. Потоцкая, С.С. Слепцов суруйуулара бааллар. Түмүкпэр бу кинигэни суруйарбар күүс-көмө буолбут кэллиэгэлэрбэр, матырыйаалларынан көмөлөспүт үтүө санаалаах доҕотторбор, мусуой үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Ытык Өймөкөөҥҥө мин араас сылларга түөрт төгүл сылдьан турабын. Онно үгүс нэһилиэктэри кэрийэн 80-с сылларга «Өймөкөөн» сопхуос социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын программатын оІорбуппут, саха сылгытын боруода оҥорууга чинчийиилэри ыыппыппыт, онон Өймөкөөн дьонун-сэргэтин, сирин-уотун, сайдыытын таһымын, устуоруйатын балайда билэбин диэххэ сөп. Ити барыта бу кинигэни суруйарга бигэ тирэх буолбута саарбахтаммат.

Бу кинигэни, туох ханнык иннинэ, эдэр ыччакка анаан таһаардыбыт. Онуоха былыргы атын укулааттаах, кэккэ ыарахаттардаах кэмҥэ олус таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан ааспыт биир дойдулаахтарын олохторун чаҕылхай холобура ыйынньык сырдык сулус буолан үлэҕэ-хамнаска кынаттыаҕа диэн бигэтик эрэнэбит. Сахабыт сирин сайдар кэскилэ эдэр үүнэр көлүөнэттэн быһаччы тутулуктааҕа чуолкай. Ытык Өймөкөөн үтүө-мааны үлэһит дьонугар дьолу-соргуну баҕарабын, этэҥҥэ байылыаттык олоруохтара диэн эрэлбин биллэрэбин. Дом!

Ааптар

Бордуулаахтан сыдьааннанан

Ааспыт кэм үрдүк мындааларыгар, уһун үйэлэр кыраман улаҕаларыгар хоту Өймөкөөн сиригэр-уотугар сахалар хаһан, хайдах кэлэн олохсуйбуттара таайыллыбатах таабырын, кистэлэҥнээх кэпсээн буолан тарҕаммыт. Арай былыргыттан олохсуйан сылдьар аҕа уустарын ааттара-суоллара хантан эрэ соҕурууттан силистээхтэрин-мутуктаахтарын туоһулуур. Балайда тэнийбит үһүйээннэр бигэргэтэллэринэн, сорох биис уустар ыраахтааҕы сылтан сыл ыараан иһэр түһээниттэн куотан, тэскилээн, бу дойдуну булбут курдуктар, олор Бороҕон, Хаҥалас аҕаларын уустарыттан сыдьааннаахтара кинилэр ааттарыттан-суолларыттан, дьүһүннэриттэн-бодолоруттан биллэргэ дылы. Манна үксэ Кырбаһааҥкыннар, Хотуоһаптар, Мөлөкүүрэптэр, Сиипсэптэр, Байаараптар, Луукапсаптар, Дьэкиимэптэр, Буурсаптар, Скырыбыыкыннар, Саабылыскайдар диэн ааттаах-суоллаах дьон кэлэн олохсуйбуттар. Сирдэрин-уоттарын ааттара да ону да кэрэһилииллэр: Томтор, Аартык, Төрүт, Орто Балаҕан, Биэрэк Үрдэ, СордоІноох, Хара Тумул, Икки Ампаар, Үчүгэй, Хоноҕор, Кураанах Салаа, Алыһардаах, Тарыҥ Үрэх… Кинилэр бары тус-туһунан устуоруйалаахтар, онтон биһиги Тарыҥ Үрэх дьоно маҥнай кэлиилэрин үһүйээннэртэн сэгэтэн билиэхпит. Тарыҥ Үрэх сиригэр-уотугар аатырбыт атыыһыт, баай Ньукулай Кырбаһааҥкын күн сирин көрбүтэ, онтон силис тардан олохсуйан, сириэдийэн тахсыбыт, ону үһүйээҥҥэ кэпсэнэр сэһэннэртэн билсиэҕиҥ. Аан бастаан Өймөкөөҥҥө хантан эрэ удаҕан эмээхсин оҕонньорунуун, салаасканан сүгэһэрдэнэн кэлэн иһэн быстаран хаалбыттар. Эмээхсинэ салааска курдук оҥорбут уонна оҕонньорун суулаан баран: «Адьаһын, букатын көрүмэ», – диэбит. Дьэ онтон айаҥҥа турбуттар, туох да күлүмэх айан буолбут, көтөн эрэр курдук үһү, оҕонньор тулуйбатах, кистээн көрбүт. Ол көрбүтэ эмээхсинэ сур бөрө буолан салааскатын быатын кэтэн, көтөн ахан иһэр үһү. Бу дойдуга күүскэ сүүрүүнү «көтөр» дииллэр. Онно буоллаҕына эмээхсин соҕотохто айанын тохтоппут, онтон оҕонньоро эмискэ көрбөт буолан хаалбыт. Айанньыттар ити сиргэ хаалан олохсуйбуттар уонна хайалартан биирдэстэрин Оҕонньор Хайата, биирдэстэрин Эмээхсин Хайата диэн ааттаабыттар. Кинилэр уҥуохтара ханан кистэнэн сытара биллибэт. Ити оҕонньордоох эмээхсин Кырбаһааҥкыннар төрдүлэрэ дииллэр.

Аны Тарыҥ µрдүгэр, адьаһын ойуур тыа ортотугар, Удаҕан Уҥуоҕа диэн биир таабырыннаах дьикти сир баар. Ол сири олохтоохтор өрүү тумналлар. Дьикти сир туһунан маннык үһүйээн баар. Кырбаһааҥкын аймахтан киһи өлөөрү гыннаҕына, Удаҕан Уҥуоҕар дүҥүр тыаһа иһиллэр дииллэр. Кырдьаҕас сытар сирэ тумустаан киирэр, ол тумуска киһи уҥуоҕа элбэх. Аны кини буоллаҕына киһи уҥуоҕуттан ойуччу, тыа иһигэр баар, ол аата балайда тэйиччи кистээбиттэр. Онно Сүөгэй Кэрэх диэн сир баар. Былыргы сахалар көһөн кэлэн өрүс сүнньүгэр сытар сирдэринэн сүөһүлэнэн, сылгыланан оттоох ходуһалары, мэччирэҥнээх сыһыылары батан олохсуйбуттар. Онно да сөптөөх кээмэйинэн ыал ыалтан хас да биэрэстэнэн тэйиччи түһүтэлээбиттэр. Үксүн аттарын миинэн, малларын ыҥыырдаан, ынах сүөһүлэрин үүрэн ааһаллара үһү. Өрүс нөҥүө үчүгэй үүнүүлээх, бултаах сири-уоту буллахтарына, болуот охсон өрүһү туорууллара. Сорох астарын-таҥастарын атыыһыттан кэлэ-бара хааччыналлара. Дьэ маннык сиргэ-уокка Кырбаһааҥкыннар былыр-былыргыттан кэлэн олохсуйан, ууһаан-тэнийэн барбыттар.

Өймөкөөн диэн тыл былыргыта күөл аата, сорох үһүйээннэргэ күрүөйэх саха киһитин аата эбитэ үһү диэн кэпсэнэр. Өймөкөөҥҥө аан бастаан Лэбэрэ Уус диэн киһи олохсуйан олорбут. Киниттэн силистэнэн-мутуктанан манна киһи-сүөһү сыыйа үөскээн, тэнийэн барбыт. Лэбэрэ урдуһа Сэттэ Сирэй Хайаҕа олохтоох Аан Чаачай Ойуун Кэдирги Кээдьэй диэн уолуттан Тэлгэһэ, Модьукаан, Сэттэ Тимир Тиргэлээх Түһүкээн Түөкүн диэн дьон төрөөн, билиҥҥи Баайаҕа, Өтөх Таатта Дьиэрэҥнээх, Бэрээйи уонна Дьохсоҕон сорох дьонун-сэргэтин төрдө-ууһа буолбуттара диэн кэпсииллэр. Өймөкөөн сирэ Орто Халымаҕа, Айааҥҥа уонна Охуотскайга тахсар суоллар аартыктарын айаҕар сытар дойду буолан, былыр-былыргыттан нуучча, саха баайдара түмсэн, түрүлүөннээн ааһаллара. Былыргы үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, Өймөкөөҥҥө улахан хара уоспа хаһан да турбатаҕын туһунан биир дьикти сэһэн баар. Ол төрүөтэ маннык эбит. XVIII—XIX үйэлэр кирбиилэригэр Өймөкөөн сиригэр аҥаардастыы аатырбыт Айыы Таҥараттан айдарыылаах, сиртэн-халлаантан ыйаахтаах, сибиэт дойдутуттан силистээх-мутуктаах Үрүҥ Айыы Ойууна олорон ааспыта үһү. Бу ойуун оруобуна 100 сааһын туолан баран өлбүт. Ол усталаах-туоратыгар кыыбаҕа ыарыылары кыйдыы, улахан уоспаны да уостуганныы олорбута үһү. Дьэ бу маннык дьикти устуоруйалаах ытык сиргэ төрөөн-үөскээн, олорон ааспыт эбит саха сирин биир дуулаҕа баайа Н.О. Кривошапкин кырдьаҕас.

Кырбаһааҥкын баай төрдүн-ууһун ахтар буоллахха: кини хос эбэтэ ол Бордуулаах Удаҕан диэн. Бордуулаахтан Онтойор диэн уол төрүүр. Бу уол улаатан, ситэн баран Уоһук диэн уолу төрөппүт. Уоһук эмиэ ситэн, ойох ылан, ыал буолан баран, син балайда байбыт. 350-ча ынах, сылгы сүөһүлэнэн Орто Алыыга олорбут. Ньукулай, Охонооһой уонна Уйбаан диэн үс уолу, Афимья, Прасковья, Мавра, Анисия диэн түөрт кыыһы төрөтөн, барыларын ыал оҥортоон баран өлбүт. Ньукулай диэн сэһэммитигэр киллэрбит улуу баайбыт. Кини инитэ Тыыллар Охонооһой син байан баран, сиэбигэр биэс харчыта суох буолуор диэри эстэ арыгылаан, хаартылаан, дьадаҥытык олорон өлбүтэ үһү. Онтон үһүс уол Уйбаан байбатах, көннөрү бэйэтин сөпкө көрүнэн ыал буолан олорбут, ойох ылан Сэмэн, Ньургул, Охонооһой, Бугдуун, Бүөтүр, Бүөтүр 2 (Саха Бүөтүрэ), Омукаан Ыстапаан, Ньукулай уонна Өндөрөй диэн барыта тоҕус уолу төрөтөн, улаатыннаран, киһи-хара оҥортообут. Ол оннугар инилэрэ иккиэн оҕону-урууну төрөппөтөхтөр, балтылара Мавра биэс оҕолонон Өймөкөөҥҥө олорбут. Төрдүбүт-ууспут дьэ ити курдук.

Сайын барахсан саха киһитигэр саамай күндү кэм. Ол эрэн кылгаһын, түргэнник элэс гынан ааһарын эриэхсит. Дьон барахсан өҥүрүк куйааска тутуу былдьаһан сылгыларын, сүөһүлэрин иитээри күөх оту сомсолоһон оттоон-мастаан хаалааччы. Инньэ гымматаҕына уһун кыһыҥҥа баар-суох баайын-дуолун ким көрөн-харайан, аһатан-сиэтэн кыстыгы туоратыай? Дьэ ити курдук күүрээннээх күннэри баттаһа киһи эрэ барыта күүстээх үлэҕэ турунар. Ол кэннэ саҥардыы уоскуйан, дуоһуйан эрдэхтэринэ, көмүс күһүн күөйэ түһэн көстөн кэлэрин кытта, хаһыҥнар, бастакы тоҥоруулар саҕаланаллар. Арай Ньукулайдаах кыраларыгар бырааттара Охоноос, Уйбаанчык буолан Индигиир өрүскэ киирэн сөтүөлээн чомполоноллоро, моҕотойдоон сүүрэллэрэ-көтөллөрө. Ардыгар хонуу уутугар чычаас, сылаас ууга сөтүөлээн күннэрин барыыллара. Оччолорго сайылык оҕолоро ким төһө элбэх моҕотойу бултаһарыгар куоталаһан кэрии тыаны кэрийэллэрэ, ходуһа күрүөлэрин эргийэллэрэ, онно тиритэн-хорутан киэһэ аһылыктарын да умналлара. Ону төрөппүттэрэ мөхпөккө-эппэккэ, хата эбии атаахтатан, ачаалатан ииппиттэрэ. Баҕар ол оҕо этэ-сиинэ сөптөөхтүк сайдарыгар, өйө-санаата көҥүл хайысхаланарыгар төһүү буолбута буолуо. Онтон ити дьоҕур барыта киһи оҕо эрдэҕиттэн саҕаланара баар суол. Ньукулай улаатан истэҕин аайы доҕотторуттан күүһүнэн-уоҕунан, кытыгыраһынан хаалсыбат буолан испит. Ол курдук түү мээчигинэн бырахсыыга, аттаах сырсыыга, харбааһыҥҥа, кулуну тутан сэлииргэ тэҥнээхтэриттэн хаалсыбат буолар. Дьылыгырас үрдүк уҥуохтаах, сырдык ыраас хааннаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх уол оҕо бэрдэ буола улаатар.

Ньукулай Уоһукабыс үйэтигэр үстэ кэргэннэнэ сылдьыбыт. Сааһын ситиитин саҕана кини Уолбаҕа биллэр баай Силэпсиэптэр огдообо кийииттэрин Дьэбдьэкийэ Силэпсиэбэни ойох ылар. Ньукулайтан биэс хас сыл аҕа. Уопсайа отут сыл олороллор да оҕо үөскээбэт. Бу саҥа эриттэн быдан аҕа саастаах, хаста да оҕолоно сылдьыбыт, олус өйдөөх, судургу эрээри тыйыс майгылаах, таҥараһыт, эригэр үтүө сүбэһит дьахтары кытта отут сыл устата эйэ дэмнээхтик олорбуттар. Кэргэннии буолбут бастакы сылларыгар эдэр киһи көрү-нары батыһан, арыгылаан-хаартылаан аҕата биэрбит баайын үксүн матайдаан кэбиһэр, сорох сүөһүтүн сут сылга быстарбыт дьоҥҥо босхо түҥэтэн биэрэр. Маны барытын көрө-билэ сылдьан аҕата уолун бу кэдэрги кэмэлдьитин биирдэ да сэмэлээн көрбөтөх. Арай биирдэ нэһилиэк дьоно сылга биирдэ ыытар мунньахтарыгар убайа Охонооһой итирэн баран, бөрүкүтэ суох таҥастаах-саптаах, тэлиэс-былаас сылдьарын көрөн Ньукулай сэмэлиир. Онтон сылтаан ини-биилэр этиһэллэр. Убайа Ньукулайы үлтү үөҕэр: «Эн да холооҥҥун», – диэн хомуруйар. Итинтэн сылтаан уйулҕата хамнаан быраата арыгытын-хаартытын быраҕарга андаҕайар. Дьэбдьиэйигэр кэлэн итини эппитин дьахтара: «Убайгын сыыһа саҥарбыккын», – диэн сэмэлиир. Ону киһитэ: «Дьолбун Дьокуускайтан булуом», – диэн күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа дьону кытта барар, биир аты миинэн, дьоҕус өйүөлэнэн-тайааланан айан суолун тутуһар.

Ньукулай үһүс кэргэнин 66 саастааҕар Өймөкөөн орто сэниэ ыалын кыыһын 16-лаах Даарыйа Сэмэнэбинэ Силэпсиэбэни ойох ылан 28 сыл устата олорбуттар. Бу дьахтар ийэтэ Балааҕыйа Баайаҕа нэһилиэгин баайа Баһылай Кирилэбис Ондуруоһап-Ыачаан Баһылай кыыһа. Даарыйа кэрэ дьүһүннээх, олус үтүө санаалаах, дьонугар-сэргэтигэр үчүгэй майгытынан, дьадаҥыга-кыаммакка аһыныгаһынан аатырбыт дьоһун дьахтар. «Бу кыыһы дьоно көтөҕөн кэлэн таҥараҕа тиксэ сырыттахтарына, Ньукулай Кырбаһааҥкын атыыһыт бэлиэтии көрбүт: «Туох үчүгэй кыысчаанай? Хата улааттаҕына мин ойох ылыам», – диэн элэк курдук эппит. Онтон ыла бу кыыска кыра эрдэҕиттэн улаатыар диэри айаҥҥа сылдьан бэлэх-туһах арааһын аҕалар идэлэммит. Устунан кыыс 16 сааһын туолбутун кэннэ кэргэн ылан ТарыІ Үрэххэ көһөрөр. Дьахтар бэрт сытыы-хотуу эбитэ үһү. Өр баҕайы оҕоломмокко сылдьыбыттар, онтон Даарыйа эмискэ хат буолан хаалбыт. Кини оҕолоноору ТарыІ Үрэхтэн Өймөкөөҥҥө атынан айаннаан иһэн Сэргэй Сиһэ диэн хайаны туораан баран, налыы сиргэ оҕоломмут. Ол сир Даарыйа Оҕоломмута диэн ааты сүгэр. Даарыйа ол оҕотун дьонугар Өймөкөөҥҥө хаалларан баран ТарыІ Үрэххэ оҕонньоругар төннүбүт. Бу оҕо улаатан иһэн сундуук муннугар чэчэгэйин дьөлө түһэн өлөн хаалар. Сорохтор кэпсииллэринэн, Ньукулай оҕонньор өллөҕүнэ баайын туһанаары соруйан нэһилиэнньиги суох гыммыттар. Даарыйа Сэмэнэбинэ соһуччу хат буолуута эмиэ таабырын кэриэтэ. Ол гынан баран көссүүттэн хат буолбута итэҕэтиилээҕин элбэх кырдьаҕастар туоһулууллар. Ол курдук, суруйааччы Н.Д. Неустроев аҕата Денис Петрович эдэр сылдьан Охуотскайтан Дьокуускайга диэри Ааллаах Үүнүнэн ааһар араадьыйа үс атахтаах остуолбатын туруорсууга үлэлэһэ сылдьан, Ньукулай оҕонньорго үгүстүк ыалдьыттаан, хонон ааһара үһү. Ньукулай оҕонньор ыраах айаҥҥа барбытын кэннэ, ойоҕун Даарыйаны кытта көссүүлэһэр.

Ньукулай дьиэтигэр көмөлөһөр дьонноох. Ол курдук Старкова Балаайа диэн иистэнээччилээх. Үтүлүк, бэргэһэ тигэр, абырахтыыр, ону таһынан түннүк кырыатааһына, иһити сууйуу, дьиэ харбааһына. Улахан нуучча дьиэтигэр атыы-тутуу, ыалдьыттары көрсөр, аһатар саала, ону таһынан икки хос, бииригэр Ньукулай, иккиһигэр кэргэнэ Даарыйа утуйаллар. Дьиэни кытта сыста саха балаҕаныгар кымыс оҥороллор, аһыыллар-сииллэр. Кыстык дьиэлэрэ арҕаа турар, тула үүт күрүө. Онно кыһын тахсан олороллор. Бу дьиэҕэ түүлээҕи тутар. Кырынааһы дьааһыкка, тииҥи улахан ынах тириитэ матаҕаҕа симэллэр. Барытын уоннуу гына баайаллар, кэргэнэ Даарыйа уонна Уксаан уола Дьэмиит Мөлөкүүрэп көмөлөһөллөр. Маны таһынан баайы-дуолу уурар үс тиһилик ампаар, боппуолдьа, биэни сөрүүкэтэр, ыыр сарай, аты баайан туруорар бөҕө-таҕа сэргэлэр. Бу Индигиир өрүс уҥа кытылыттан чугас кырыы таас кырдаллаах үтүө-мааны сир.

Кыһалҕа кыһарыйан, эрэй эҥээрдэһэн…

Арыый эрдэтээҥҥи кэмҥэ төнүннэххэ, Онтойор уолун уола Ньукулай оҕо сааһа ааһан, ыыра кэҥээн, ыраах-чугас нэһилиэктэринэн сырыыта-айана кэҥиир, билсиитэ-көрсүүтэ, доҕоро-атаһа элбиир. 20 сааһын быдан ааһыар диэри ускул-тэскил олоххо тардыһара улаатан иһэр. Онуоха эбии арыгыттан, хаартыттан дьалты туттубат, олус ыллам-дьэллэм буолан, аҕата өлүүлээн-чаастаан анаабыт баайын-дуолун 150 ынах, сылгы сүөһүтүн уҥа-хаҥас матайдаан улаханнык аҕыйатар. Ону билэ-көрө сылдьан ыаллара, аймахтара айбыт аҕатыгар үҥсэн, сэмэлээн көрөллөр да, аҕата өрүү көмүскүүр аакка сылдьар:

– Мин уолум өйдөөх, сотору кэминэн көнүөҕэ, киһи бэрдэ буолуоҕа, – диэн дьонун саба саҥарталыыр.

Онуоха дьоно:

– Сааһын сиппит киһи кэргэннэнэр, оҕолонор-урууланар, боччумурар да кэмэ кэллэ. Саатар дьиэтигэр-уотугар да көмөлөһүөх этэ.

– Суох-суох, уолум быстах-остох кэмэлдьитин тосту быраҕыаҕа, киһи суолугар үктэниэҕэ. Көрөөрүҥ да истээриҥ, – диир уонна саҥаттан дьалты туттар. Хас да сыл ити курдук ааһар, олох биир күдьүс күнү-дьылы кытта солбуйсан бардар баран иһэр. «Дьыл да араастаах» дииллэринии, Өймөкөөн, Халыма, Абый уокуруктарын эҥээрдэринэн сотору-сотору улуу курааннар сатыылыыллар. Инньэ гынан бэйэтэ да кэмчи бурдуктарын бааһыналарыттан «илиилэрин соттоллор». Өймөкөөнтөн 35 биэрэстэлээх сиргэ Индигиир өрүс баһыгар, Куйдуһун үрэх үрдµгэр сытар Тарыҥ Үрэх сыһыытыгар олордубут ньэчимиэннэриттэн аҕыйах эрэ куолас бурдугу хомуйаллар. Таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ көрөн-истэн бүөбэйдээбиттэрэ туһалаабатаҕа, кураан сатыылаабыта, от үүммэтэҕэ.

Ордук ыарахан тымныы, тыаллаах кыстык 1860 сылга үүнэр. Онуоха эбии сайын курааннаан, от аанньа үүммэккэ, аны күһүн ситэ-хото ардаабакка, дуоннаах кэнчээри тахсыбатаҕа. Кыһынын олус халыҥ хаар түһэн сылгы хаһыытын уустугурдубута, дьон-сэргэ сылгыларын батыһа сылдьан хаары чарааһата сатаабыта да, аны тыал, тибии кэлэн барытын биир күдьүс тэҥнээбитэ. Дьон үлэтэ халтайга хаалбыта. Өймөкөөҥҥө олус халыҥ хаар түһэн, сылгы ньимси кэриэтэ охтор, киһи да хоргуйан, быстаран өлүүтүн үгүс түбэлтэтэ бэлиэтэнэр. Онуоха эбии кыһайбыт курдук олус тымныы, тыаллаах дьыл буолар. Сылгы ордук кыайан хаһан аһаабакка быстарар. Эстэн-быстан хоргуйан, ордук олоххо дьоҕура суох эдэр ыаллар наһаа аймаммыттар. Дьиэ-дьиэ аайы өй-мэйдээх кыайан тулуйан истибэт ытаһыыта-соҥоһуута, үлүгэрэ, алдьархайа буолар. Бу дьыл Өймөкөөн эргин нэһилиэктэргэ 2 тыһыынча сылгы, ынах-сүөһү хоргуйан, сутаан өлөллөр. 363 быстарбыт ыал 74 арыый кыаллар ыал устун умнаһыттыы бараллар. Бу кэмҥэ Ньукулай Кривошапкин 23 саастаах эдэр киһи этэ. Ол үрдүнэн бэйэтэ аҕатыттан өлүүлэтэн ылбыт сүөһүтүн туттан бэрт элбэх ыалы хоргуйан, сутаан өлөр өлүүттэн быыһаталаан, күн-ый буолбута.

Хата кырдьаҕастар сүбэлэринэн кыстык саҕаланыыта, кыайан сыл тахсыбат туруктаах сылгылары, быһа түһэ иликтэринэ, кэмчи от аһылыгы бараабакка эрэ эрдэ идэһэ оҥостубуттара. Кэмниэ-кэнэҕэс ыарахан кыстык ааһан, сандал саас эргийэн, хара хапсыырдаах да мэччирэҥ буоллар, сүөһү-ас күөххэ үктэммитэ. Ыарахан кыстык дьон-сэргэ өйүн-санаатын эмиэ бииргэ түмпүтэ, аймахтаһыы, доҕордоһуу, уруу-хаан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүтэ ким баҕарар дууһатыгар махтал кыымын күөдьүппүтэ. Онтон Ньукулай өйүгэр-санаатыгар эмиэ ураты дириҥ түгэхтээх иэйиини сахпыта: «Санаатын уурдаҕына киһи барахсан сатаабатаҕа-кыайбатаҕа диэн суох эбит». Ускул-тэскил олоҕун тосту уларыппыта. Аҕата эппитин курдук арыгыттан-хаартыттан тэйбитэ, кэлэ-бара табаарынан эргинэр санаанан салайтарбыта. Били тибиилээх-хаһыылаах, тыаллаах, тымныы кыһыҥҥа дьонун-сэргэтин быыһаталаан ылбыт үтүө дьыалата умнуллубатаҕа, убаастанар буолбута. Бэйэтэ да үтүөнү оІорон биэрбит баайын-дуолун суолтатыгар эрэ төнүннэрбитэ, дьадаҥы дьон тута-бааччы сүөһүнү-аһы түргэнник дэлэтэ охсубатахтара. Кини аҕата анаабыт баайын эһээт да, Дьокуускайга киирэн чэпчэки сыанаҕа 200 буут хааһына тууһун атыылаһан ылан дойдутугар Өймөкөөҥҥө, Кириэс Халдьаайыга таһааран атыылаан 1000 солкуобай харчыланар уонна бу харчытынан уон көтөл ындыылаах аттары атыылаһан ылан, хас да сыл устата таһаҕас бэдэрээттэһэн таһан, бэрт түргэн тэтиминэн байан барар. Кэлин ындыы көтөҕөр көтөл аттарын сүүскэ тиэрдибитэ. Дьэ ити кини киэҥ ыырдаах уйгулаах аартыгын саҕаланыыта эрэ этэ.

1860–1862 сыллартан саҕалаан илин улуустартан уонна Дьокуускайтан тахсар таһаҕаһы барытын бэйэтэ сүрүннээн, тутан-хабан баран Өймөкөөҥҥө диэри бырахтарар, салгыы ол таһаҕаһы өссө хоту сытар Орто Халымаҕа, Айааҥҥа, Муомаҕа диэри сыл аайы бэйэтэ 100–120 көтөл ындыы атынан тастарар. Кини 100 көтөл ындыылаах аттарынан таһаҕас тастарарыгар, бэрт уһун сыллар усталарыгар, бэйэтэ эмиэ бииргэ сылдьыһар. Ол да иһин кинини: «Айыы сирин аһаҕаһын аһан, аҕыс адаардаах айаны айаннаспыт, кµн сирин көҥдөйүн күөнүнэн күрдьэн, тоҕус тоҕойдоох суолу тобулбут улуу кырдьаҕаспыт» – диэн дьоно-сэргэтэ мээнэҕэ киэн туттан туран кэпсиэхтэрэ дуо?! Дойдутугар кини ынаҕы ыалга төрүөҕүн биэрэр манньаҕа айахтыыр уонна хаһаас арыыны мустаран ылар. Ыанар ынахтарыттан отутун бэйэтин дьиэтин эҥээр туруоран ииттэрэр. Итини таһынан Кырбаһааҥкын нэһилиэгин ыалларыгар табаарын иэс биэртэлиир. Ол төлөбүрүн харчынан буолбакка түүлээҕинэн ылар. Кини сыллааҕы иэһин-күүһүн, ыларын-биэрэрин аахсарыгар, ылардаах дьонугар былырыын биэрбит табаарын сыанатын эбэн ылар. Онуоха сыл аайы нэһилиэккэ биирдэ түмсэн ааһар мунньаҕын туһанара, манна ородобуой бырааба суруксутун көмөтүнэн иэһин-күүһүн учуоттуур, эридьиэстиир, бэйэтэ өйүттэн тэбис-тэҥҥэ суоттаһар. Кыһыннары-сайыннары кини дьиэтин көрөн-харайан олорор уон биэс лонкур эр бэртэрэ хамначчыттардаах, алта сылгыһыттаах. уонча ынах сүөһүтүн көрөр дьахталлардаах.

Аны булчуттартан элбэх ахсааннаах түүлээҕи тутарыгар түүлээх сыанатын адьас чиҥэтэн тутар уонна кыра бытархай харчытын бөдөҥсүтэн тутарыгар улаханнык барыһырар. Онон бүтүн Өймөкөөн, Муома уонна Охуотскай түүлээҕэ сыл аайы биир илиигэ киирэр. Маны Өймөкөөн—Охуотскай суолун аһан, Саха сирин хотугулуу илин өттүнээҕи түүлээҕи барытын олоххо быһаччы наадалаах аска, табаарга атастаһан, хас сыл аайы ылар. Онон дьоно быстарбакка, орто баайыылаахтык олороллорун хааччыйар. Дьэ ити курдук айанныырын, эргинэрин быыһыгар өрүү көмөлөһүннэрэр, суруксуттарын илдьэ сылдьар сытыы-хотуу уолунаан сири-уоту чинчийэн көрө сылдьан иччитэх үрэхтэргэ, тэҥкэ тииттэргэ төһө тииҥ, саарба олоруохтааҕын, кырынаас, лааскый үөскүөхтээҕин, оттоох ходуһаларга төһө сылгы, ынах-сүөһү иитиллиэн сөбүн сылыктаан ааҕар-суоттуур. Оннук тоҕоостоох сирдэргэ эдэр ыаллары, сороҕор бэйэтэ дуруускалаан, тэрийэн, сүөһү бэлэхтээн, саҥа сиргэ көһөллөрүгэр көмөлөһөр. Маннык саҥа ыаллары олохтотолоон маҥнай аһынан-үөлүнэн, булт тэриллэринэн хааччыйан баран кэлин, атахтарыгар турбуттарын кэннэ, бултарын, түүлээхтэрин сөп сыанаҕа хомуйан ылаттыыр уонна эргиэнин хаҥаттар-хаҥатан иһэр. Бу дойду үгүс салаа үрэхтэринэн дьон-сэргэ торҕо буруону унаарыппытыгар кини үтүөтэ-өҥөтө элбэҕин, таба дьаһанара муударайын олохтоохтор астыналлар, махтаналлар.

Оҕонньор эргиэнин хаҥатар өссө биир көдьүүстээх ньымата диэн ханнык эрэ ыалга биир атыыр үөрүн уон сылга диэн ииттэрэ биэрэр, ол бэдэрээтин кэмэ туолуута кинилэртэн манньатын биир эдэр атыыр үөрүн төннөттөрөр. Ол эбэтэр ол ыал уонча сылынан икки-үс атыыр үөрдэнэн сэниэ ыал ахсааныгар киирсэр. Онтон атыыһыт барыһынан бэлэм көлө аттанарын ааһан түүлээх атыылаһар дьоннонон хаалара буолар. Эмиэ итинник ньыманан Өймөкөөнүн таһынан Магадан уобалаһыгар тиийэн кураанах сирдэри булан сахалары олохтуур, эбээннэри кытта бэдэрээттэһэн таба иитиитин тэнитэр уонна эргиэнин лаппа кэҥэтэр. Онон сылга уопсайа сүүс тыһыынчаҕа тиийэ тииҥ тириитин, үс тыһыынча кыһыл саһыл уонна икки-үс тыһыынчаҕа тиийэ кырынааһы хомуйан Магаданынан, Охуотскайынан, Дьокуускайынан, Аллараа Новгородка тиийэ дьаарбаҥкаларга батарар. Олохтоох нэһилиэнньэ булда барыта Ньукулай Уоһукабыс киэнэ, «атын кэлбит-барбыт урдустарга биэрбэппит», «бэйэбит киһибит албыннаабат» диэн олохтоохтор үөрэнэн хаалаллар.

Дьэ ити курдук Н.О. КырбаһааІкын сыл аайы Ылдьыын күн (атырдьах ыйын 2 күнэ) муспут түүлээҕин Өймөкөөнтөн Дьокуускай куорат дьаарбаҥкатыгар илдьэр. Ол эбэтэр 3000 саһыл, 15000 кырынаас, 100 тыһыынча тииҥ тириитин саха, нуучча бөдөҥ атыыһыттарыгар Кушнаревка, Коковиҥҥа, Громовка, Силиҥҥэ туттаран, хардатын үтүмэннээх арсыынай таҥаһы, чэйи, табаҕы, мээккэ бурдугу, саахары, булт араас тэрилин уо.д.а. ылан, олортон сорҕотун 100 көтөл атынан дойдутугар ыҥыырдан таһааран, нэһилиэгин дьонугар үллэрэр. Ол үрдүнэн кини нэһилиэгин дьонуттан 10 тыһыынча солкуобай уу харчынан ылар иэстэнэр. Оттон тµµлээҕинэн ылар иэһэ 30 тыһыынча солкуобайга тиийэрэ. Маны таһынан атыыһыт Байаҕантай улууһун илиҥҥи уонна хотугу эҥээр нэһилиэктэриттэн сыллата эрдэттэн үлэһэн, иккилии сыл курулатан уоттарбыт элбэх ат оҕустарын күһүн аайы Дьокуускайга үүрдэрэн киллэртэрэн атыылаттарар. Кини бу оҕустарын киллэттэрэригэр Кириэс Халдьаайы Хаадьыматынан, Уолбанан, арахсыылаах Баайаҕа Эбэтин илин өттүнэн, Сылдьырыкы үрэҕинэн, ардыгар Маттаҕа µрэҕинэн, Мас Аҥардааҕынан, Кулун Куойанан быһаччы суолланар. Ол былаһын тухары элбэх ахсааннаах сиргэ сыста сытар мас муосталары туттартыыр. Аҥаардас Алдан—Таатта икки ардыларынааҕы суол муосталарын тутуутугар барыта 10 тыһыынча солкуобайы сиэртибэлээбит.

Ньукулай Уоһукабыс кураан, сут сылларга нэһилиэгин дьоно ынахтара, ардыгар бэйэлэрэ да сутаатахтарына босхо отунан да, аһынан-таҥаһынан да булгу көмөлөһөр биир үтүө үгэстээҕэ.

* * *

Өймөкөөҥҥө саас иһэр сибикитэ күнүс-түүн биллэр буолан истэ. Олохтоохтор биир саамай ытык күннэринэн Былаҕачыанньыйап таҥара буолар. Бу күнү Кырбаhааҥкын олус итэҕэйэн үлэтин-хамнаһын былаанныыр, хайдах саас, сайын буолуохтааҕын билгэлиир таҥара күнэ буолар. Дьон-сэргэ да Былаҕачыанньыйабы улахан бэлиэ күнүнэн билинэллэр. Оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат күнэ диэн ааттыыллар. Таҥара күн хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри айылҕа хайдах сигилилээн хаамарын кэтээн көрөллөр уонна онон сирдэтэн хайдах сайын буолуохтааҕын билгэлииллэр. Эмиэ баччаҕа эhэ, моҕотой айылҕаҕа тахсаллар. Мотуруона күн муус устар ортото, тураах кэлиитэ, чалбах сүүрүгүрүүтэ, Дьөгүөрэйэпкэ ыам ыйа саҕаланыыта, үрэх уута киирэр, чыркымай кус кэлэн «чалк» гына тµһэрэ бэлиэтэнэллэр. Сааскы Ньукуолун ыам ыйын 22 күнэ сайын барахсан тиийэн кэлбитин кэрэ бэлиэ күнэ. Аны Ньукуолунунан сиэттэрэн кэҕэ этиитин кэтээн истэллэр. Кэҕэ 5—6 хонук эбэтэр өссө эрдэ эттэҕинэ бөрүкүтэ суох сайын буолуохтааҕын билгэлииллэр. 1–2 күн эрдэ эбэтэр оруобуна ол күн эттэҕинэ өІ-быйаҥ сайыны кэтэһэллэр. Хойутаан эттэҕинэ соччото суох сайын буолууһу диэн буолар.

Дьэ маннык тоҥмот-хаппат, аччыктаабат, сүөһүнү быстарбат кыстык улуу мөккүөрүн кэнниттэн сайылыкка көһүү диэн кэрэ-бэлиэ кэм кэлэр. Дьон-сэргэ сайылыкка көһөн тахсан бараннар айылҕаларыгар сүгүрүйэн, бары түмсэн буолбакка, биирдиилээн ыаллар хайа кыалларынан аһатан-сиэтэн уруйдууллар, дьылы этэҥҥэ туораабыттарыгар махтаналлар. Салама ыйыыллар, уоту аһаталлар уонна дьыл тэрээһинин бэрээдэгинэн Аан Алахчынтан өҥү-быйаҥы көрдөһөллөр-ааттаһаллар. Кымыс диэн хантан кэлиэй?! Сайылыкка тахсыы Саар Көстөкүүн кэннэ буолар. Ол аата бэс ыйын саҥатыттан саҕалаан. Тоҕо ыксаабаттар этэ диэтэргит, Саар Көстөкүүнү баттаһа өрүү улахан тыаллар, сорох дьыл тоҥоруулар түһэллэр. Күөллэргэ өрүстэн анды тахсар күннэрэ буолаллар. Улахан тыалга өрүс балкыырыттан анды хайыытыгар уу киирэн, өрүскэ сүгүн олорбокко тыа күөллэринэн тарҕанан көтөр, аһыыр-сиир, сынньанар дииллэр. Дьэ ити кэнниттэн окко киирии бэлэмэ саҕаланар. Сайылык күрүөтүн саҥардыы, үүйүү-хаайыы, уулаах дьыл хоруу хаһыталаан ууну түһэрии, ходуһаттан сылгыны таһаарыы, ходуһаны ыраастааһын – барыта салҕанан бара турар баһаам элбэх үлэ буолар. Ити тэрээһини Ньукулай Уоһукабыс тутуһуннара сатыыр. Онтон ыһыах диэн хас нэһилиэк, дьон олорор түөлбэтин аайы ыһыллыбат. Ыһар кыах да суоҕа. Биир эмэ сиргэ Кырбаһааҥкын курдук улахан баай киһи окко киириэх иннинэ дьону түмэ тардан анаан-минээн биэ ыатан, сүөһү өлөрөн ыһыах ыһар. Сэдэхтик буолар тµбэлтэ. Ыһыахтарын сыала-соруга диэн син биир дьылы туоруур оту бэлэмнээһиҥҥэ хайдах соруйсан, үллэрэн, бэдэрээттэһэн, эттэһэн, түүлэһэн үлэлээһини былааннааһын, кэпсэтии буолар. Ол иһин дьон санаатын тутар сыалтан үлэлэтиэхтээх баай киһи буор-босхо эт-ас, кымыс тарҕатыыта, ыһыы эбэтэр ыһыах диэн буолар. Улуу улахан ыһыахтар улуу тунах кэмигэр ыһыллаллара биллэр. Ол даҕаны ханна улахан баай баар сиригэр санаата кэлэн тэрийдэҕинэ биирдэ эмит буолар.

Сахалар төһө да үөрэҕэ суох буоллаллар, от сиэмэтэ хаһан ситэрин, сири буларын кэтэһэллэр, эһиилги оттуулларын эрдэттэн оҥостоллор. Окко Бөтүрүөп таҥара, Көмүс хотуурдаах (Кунай хотуурдаах), «абааһы мунньаҕын» кэнниттэн киирэллэр. Үрүйэ-харыйа, үрэх ото түүн хараҥарыыта түргэнник эбиллэр дииллэр. От ыйын ортото. Дьэ бу түгэҥҥэ эмиэ сири-дойдуну аһатан, айах тутан айылҕа быйаҥыттан дьылы быстарбакка туоруур оту бэриһиннэртэрээри ааттаһар-көрдөһөр сиэри-туому ситэрэллэр. Ити икки ардыгар Ылдьыын, атырдьах ыйын саҥата ыгар. Ылдьыыҥҥа сорох сайын бастакы тоҥоруу тµһэн баар-суох ыһан муҥнаммыт, эмиэ дьылы туоруохтаах астарын, бурдуктарын тоҥорон кэбиһэр. Онон бурдугу ыспаттар. Ол да буоллар саамай сэрэхтээх бэлиэ кµннэринэн I, II, III Ыспааһап күннэрэ буолаллар. Ардахтаах сайын үс Ыспааһабы тилийэ ардаан от сытыйыыта, ходуһа сирэ хаттаан ууга барыыта, от ууга былдьаныыта диэн алдьатыылаах быһыы-майгы үөскүүр. Ыарахан олох өссө уустугурар. Оччотугар күһүн хаары үрдүнэн мууһу тостурута үктүү сылдьан оту, хомуһу ходууллуурга күһэллэллэр. Онтон Сэмэнэпкэ дьэ олохтоохтук кыстыкка көһүү буолар.

Дьэ ити курдук Дьыл обургу ханна да халбаҥнаппакка, бэйэтин былааһынан саха дьонун олоҕун ыарахан үлэнэн күһэйэн салайа, эргитэ-урбата турара. Онуоха Ньукулай атыыһыт курдук сатабыллаах, мындыр өйдөөх, кыһамньылаах, тэрээһиннээх дьон олохтоохторго өрүү сүбэ-ама, күүс-көмө буолаллар.

Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
09 mayıs 2024
Hacim:
250 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-6122-8
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre