Kitabı oku: «Атыыһыт Кырбаһааҥкын», sayfa 3

Yazı tipi:

Сотору ийэлэрэ Дэбдэ дьонун аһылыкка ыҥырда. Күнү быһа үлэлээн сылайбыт эр дьон эмис эттээх миини тыастаахтык иһэн сыпсырыйдылар, сытыы быһахтарынан эттэрин элийэн ыла-ыла сиэн тэллэҥнэттилэр.

– Хайа, доҕоор, төһө тааһы буллугут, хайа диэкинэн сылдьан кэллигит? – хотуна дьэс чаанньыктан чэй кута-кута ыйыталаһар.

– Ээ, өр көрдөөтүбүт, Алаас Хайатыгар аҕыйах эбит, ол иһин Төрүт Хайатыгар тиийбиппит, хата онно син баар соҕус, ону хомуйан тыынан таҥнары уһуннаран аҕаллыбыт уонна уһаарар оһох таґыгар таһааран чөмөхтөөн кэбистибит, – Муттук сылаас алаадьыны ууллубут арыыга уган ыла-ыла минньигэстик быллаҥнатар.

– Хата син булбуккут, мэлийбэтэххит, аны кыһын үлэлииргэр болгуоҥ баар буолбут, дьон үлэһиитэ элбэх, үгүстэр анньыы наада дии-дии ыксаталлар. Бэйи, анньыыта суох күһүн муус да ылыммаккын, ойбоҥҥун да тэспэт буоллаҕыҥ. Оччоҕо хайдах туспа ыал буолан, сүөһү ииттэн олоруоххунуй? Дьэ, накаас.

– Оннук. Бүгүн күүстээх-уохтаах уол Өллµіт көмөлөһөн абыраата, эрдиигэ олус дьоҕурдаах оҕо эбит, кини баар буолан үлэбит үмүрүйдэ, – оҕонньор туран хамсатыгар чох уурунаары эҥэр оһоҕор чугаһаата. Сотору сылайбыт дьон уулара кэлэн утуйардыы оҥоһуннулар. Таһырдьа хараҥа халлааҥҥа аата-ахсаана биллибэт бачымах курдук сулустар чыпчыҥнастылар. Хотуттан тымныы тыал үрбүт.

Күһүн кыстык хаар түспүтүн кэннэ Муттуктаах өрүс тэҥкэтигэр мас мастыы таҕыстылар. Бу хойуу мастаах сискэ кубарыччы хаппыт куруҥах тииттэри охтортоон уот оттон күөдэпчилээтилэр, сорохтор чугастааҕы кур тирэхтэри эбэн уматтылар. Көмөрү оҥорууга сүрдээх элбэх мас наада буолар, онон сүүрбэччэ сыарҕа мастан көмөр мустулар. Ону сойбутун кэннэ хаптаһын хоппоҕо кута-кута уһанар дьиэ таһыгар тастылар. Ол кэннигэр уус дьиэтин күн диэки өттүгэр тилийэ, хордоҕой эниэтигэр кэтит турбалаах, киһи үрдүгүн саҕа төгүрүк моһуоннаах улахан оһох турар. Бу уус дьиэтиттэн күөттэнэр тимири уһаарар оһох. Кини эниэ сирэйин диэки өттүгэр саамай аллара сиксигинэн дьөлөҕөстөөх, онон кэлин тимир сааҕа ууллан түһэр, онтон сабыытын аһан болгуо тимирдэрин оруохтаахтар.

Били сайын бэлэмнээбит таастарын мунньубуттара сүүрбэччэ буут буолбута. Онтукаларын симии оһохторун турбатынан кутуохтарын иннинэ көмөрү түһэрэллэр, таастарын уматан кэбирэтэллэр, онтон сиидэлээн баран дьэ ол кэннэ биир холбо тааһы угаллар. Дьиэттэн биир лаппаахы умайа сылдьар чоҕу таһааран турба сурааҕынан куталлар. Ол аайы Муттук уолаттарга туһаайан:

– Чэ, кытаатыҥ, туттумахтааҥ, чох умуллаары гынна, күөрдү үлэлэтиҥ, күүскэ баттаталааҥ, чэй-чэй, чэйиҥ эрэ! Эрэттэр!

– Сөөп-сөп, саҕалаатыбыт, аҕаккаа, – дии-дии кµөрт ураҕаһынан үөһэ-аллараа күөрэҥнэтэн ыгыта баттаталаан истилэр.

Сотору оһох тула итии салгын сатыылаата, оһох үөлэһинэн үрүҥ буруо сыыйыллан таҕыста, ол кэннэ аны күөх буруо унаарыйда. Дьэ ити курдук тимир уһаарыыта саҕаланан барда. Итини барытын Муттук Уус мындырдык кэтээн одуулаһан үс түөрт уолу утум-ситим салайан үлэлэтэ сырытта. Оһох турбатын устун угуллубут кэрдиистээх бэлиэни көрө сылдьан, уопсайа уончаҕа чугаһыыр холбо тааһы түһэрэ-түһэрэ солбуһа сылдьан күнү быһа күөртээтилэр. Били ойоҕоһугар баар кыра дьөлөҕөһүнэн тимир сааҕа тохторун күрдьэҕинэн тарыйан тэйиччи илдьэн чохчолоотулар. Киэһэ хойутуу көмөр даҕаны, таас даҕаны барыта умайан бүтэн, оһох үөлэһиттэн кыым кытыастыбат буолла. Оччоҕо Муттук аан бастаан саҥа таһаарар:

– Бүтэн эрээр, бүтэн эрэр, өссө аҕыйахта баттыалаан биэриҥ. Оо, дьэ, бүттээ, бүттэ. Түксүү, – дии-дии үөрэн үөгүлүүр.

Күөртээччилэр дьэ уоскуйаллар. Күнү быһа үөһэ-аллара биэрэҥнээбит мас дьэ тохтоон сиргэ түһэр.

Сылайа үлэлээбит дьон дьиэҕэ чэйдии киирэллэр, чугастааҕы ыаллар үлэ түмүгүн көрө охсоору кэлэ-бара сыбыытаһаллар, оҕо дьахтар симии оһоҕу тулалыы эргийэллэр. Онтон чочумча буолан баран:

– Оһох умуллубут, болгуо тахсар кэмэ кэлбит, – дэһэ-дэһэ дьон чугаһыыллар. Муттук дьону сэрэтэр:

– Өссө да итии турар, чох ыстаныа, тимир үлтүрүйүө, сэрэниҥ, олус чугаһаамаҥ!

Били хордоҕой эниэтинээҕи баар оһох бүөлэммит айаҕын хойгуонан үлтү сынньан арыйаллар. Ол аллараатынан луомунан сууралаан-сууралаан хоҥуннаран, били ууллубут тимир болгуоларын тимир тордуоҕунан оҕуурдаан хаһыа да буолан нэһииччэ тардан таһаараллар. Онтукалара уонча киилэлээх көһөҥө тимир болгуо буолан тахсар. Онуоха оҕонньордоро алгыһын-тойугунан саҕалыыр:

 
Оо, дьэ, доҕоттоор, дьээ-буо,
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күммүт
Үтүөтэ үүммүтүнэн алҕаатаҕым буоллун.
Сарсыҥҥы саргылаах олохпут
Саҕаламмытын туһугар туойдаҕым буоллун!.. —
 

диэн баран, Муттук кылыһахтаах куолаһынан Айыы Аар тойонтон көрдөһөн-ааттаһан дьоллоох-соргулаах олоҕу бар дьонугар баҕаран ыллаан кигинэйэ турбута: «Дьээ-буо», «дьээ-буо»… Ол быыһыгар тахсан болгуоларын көрөн киирэр, уотун аһатар.

Сарсыныгар болгуо таһыгар туруоруллубут улахан кыһаҕа күөттээн аны ол тимирдэрин кырбастыыллар. Болгуону аҥаар өттүттэн кырбастаан уонча кырбаһы таһаараллар, онтукалара араас-араас кээмэйдэнэн инникитин туох оҥоһуллуохтааҕар туһаайыллар. Аны туран итийбит болгуону сойо илигинэ балтанан ньаҕаччы охсон тохтоло суох үлэлииллэр. Ону уус уола күүстээх-уохтаах Өллүөт ордук кыайа-хото тутарын дьон сөҕөллөр, сатабыллаахтык туттарын ымсыыра, кэрэхсии көрөллөр.

Муттук Уус уһаарар тимирин үс көрүҥҥэ арааска араартыыр: «атыыр тимир», «тыһы тимир», «көннөрү тимир» диэн уонна ону үлэлии сылдьан быһааран дьонугар кэпсиир:

– Дьэ, уолаттаар, бу биһиги тимирбитин ыллыбыт уонна үс арааска араардыбыт. Көрүҥ эрэ, бу тимир «тыһы тимиргэ» киирсэр уонна барыларыттан саамай табыгастаахтара, үчүгэйдэрэ. Маннык тимиртэн оҥоһулубут хотуур эбэтэр кылыс токурутан баран ыытан кэбистэххэ чиккэс гына көнө түһэр. Ону сахалар эрэ сатаан уһааран, охсон, былыр кыргыс үйэтин саҕана саба түһүүлэртэн кыайыы-хотуу эҥээрдэспиттэрэ эбитэ үһү. Атыыр тимиртэн ыһыыны, үттэни, сүгэни, быһаҕы, анньыыны оҥороллор. Тимир хатыыта халлаан уларыйыытыттан эмиэ тутулуктаах. Ыраас күҥҥэ, киэһэ, сарсыарда, күнүс уонна былыттаах күҥҥэ тимир хатыытын өҥө-туруга араас буолар. Ону өр сылларга хараххынан көрөн үөрэнэн, ымпыктаан-чымпыктаан быһаараҕын, ол ньыма уустар көлүөнэлэрин устун салҕанан бара турар.

– Оо, тоҕо бэрдэй, дьэ былыргылар мындыр да дьон эбиттэр! – ким эрэ саҥа аллайар. – Ол иһин да боотурдар диэн аатырдахтара.

– Кырдьык, оннук мындыр дьон эбиттэр. Ордук киэҥник биһиги төрүттэрбит Хаҥаластар аатыраллара үһү. Онно Сата уустара диэн Ньурбаҕа тиийэн бүтүн аҕа ууһунан дьарыгырбыттара дииллэр, кинилэртэн Сыраан, Маачах, Омтоон уустара сураҕырбыттар. Аны онуоха сөптөөх күүстээх-уохтаах, сатабыллаах балтаһыттар бааллара дииллэр. Ол курдук Сыраан Уус уолаттара Халыына, Омтоон, Суппуунай, Чаачаҥ курдук дьон төрөөн-үөскээн ааспыттар. Дьэ, итинник барыта, кылгастык кэпсээтэххэ.

– Дьэ, аҕабыт барахсан, барыны-бары билэрин-көрөрүҥ да бэрдэ бэрт. Ол да иһин эйигин эмиэ ааттыыр-суоллуур эбиттэр дии, – Өллүөт аҕатын диэки өссө күүскэ сөҕөн, убаастаан, ытыктаан имэрийбиттии сымнаҕастык көрөн ылла.

* * *

Үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах дьонтон биирдэстэринэн Орто Алыы Хабырыллата дьонун-сэргэтин эмтээн-томтоон, арчылаан, араҥаччылаан абырыыр. Орто Алыы учаастага Тарыҥ Үрэх бөһүөлэгиттэн аҕыс биэрэстэ эрэ курдук тэйиччи, Индигиир өрүс хаҥас биэрэгэр баар. Бу кэрэ-мааны көстүүлээх, ис-иһиттэн киһини бэйэтигэр тардар абылаҥнаах күүстээх сиргэ Кырбаһааҥкын атыыһыт бэйэтэ туттарбыт чочуобунатын кириэһэ ыраахтан дьону ыҥыра, кэрэхсэтэ, угуйа турара. Айан суола ааһар сирэ буолан Алыы Хабырыллалаахха дьон-сэргэ өрүү таарыйар, ону кинилэр төһө да кырыымчыктык олордоллор, былыргы үгэһинэн өрүү баалларынан-суохтарынан ыалдьыттаталлар-маанылыыллар.

Хабырылланы эмиэ да эмчит, отоһут, көрбүөччү уонна сэрэбиэйдьит буоларын билинэллэрин ааһан, өссө ойуун быһыытынан кистии-саба аатырдан-сураҕырдан кырдьаҕас Өймөкөөҥҥө киэҥник тэнитэллэр. Ол чахчы.

Биирдэ Чыычаах Харахха олорор Ыстапаан Бэриэскин иһинэн ыалдьан бэрт уһуннук эрэйдэнэн баран, ыксаан эмчит Омуокай Хабырылланы ыҥыртарар. Онон тыынан тиийэн Орто Алыыттан киһилэрин аҕалбыттарыгар, ыарыһаҕы сыгынньахтаан тиэрэ сытыаран баран үөттүрэҕинэн оһоҕу булкуйа-булкуйа, тугу эрэ өр баҕайы алгыстыыр дуу, ааттаһар дуу курдук гыммыт. Ол кэннэ бүтүүтүгэр оһоҕуттан хоруорбут маһы ылан баран Ыстапаан иһин кириэстии соппут уонна: «Сотору үтүөрµіҥ!» – диэбитэ, кырдьык, аҕыйах хонугунан ыарыһаҕа үтүөрэн үлэ-хамнас киһитэ буолан хаалар. Хаста да улахан тыа баһаара буолбутугар, Алыы Хабырыллатын ыҥыран аҕалан умулларарга көмөлөһүннэрэллэр. Онуоха киһилэрэ оһоҕун аһата-аһата ботугураан, көрдөһөн-ааттаһан этиҥнээх ардаҕы аҕалар эбит. Эмиэ оннук көрүүлэнэн, Тарыҥҥа олорон Өймөкөөҥҥө саҕаламмыт баһаары күүстээх ардаҕы ыытан умуллаттарбытын олохтоохтор олус диэн сөҕөллөр. Аны төрөөрү моһуогурбут дьахтары оҕото сыыһа сытарын имэрийэн көннөрөр, хаартынан барыһыайдаан Суума оҕонньор кыыһа эргэ барарын эрдэттэн этэн биэрэр, онуоха тыһаҕаһын энньэлиирин бэйэтигэр сэрэтэр. Оннооҕор Өлөксөөндүрэ Дьөгүөрэбэ сүтэрбит ынаҕын эмиэ сэрэбиэйдээн айан суолун кытыытыгар баайыллан турарын ыйан биэрбитин тута тиийэн буланнар дьон бары сөҕөн кэпсээн оҥостубуттара. Өссө биир түгэҥҥэ Дьэбдьиэ Дэһээккинэ диэн кыыс оҕо тарбаҕа «көрөр» ыарыынан ыалдьыбытын кылынан бобо баайан баран хаста да үрэн суох гыммытын ол аата оҕонньор ойууннаабыт диэн кэпсэл оҥорбуттара. Итини таһынан силгэ быстыытын, уҥуох тостуутун курдук оһоллору, ньиэрбэтинэн, төбөтүнэн ыалдьыыны, босхоҥ буолбут дьону атахтарыгар туруоран абыраталыыр, бэрт үгүстүк эмтээн бар дьонун-сэргэтин махталын ылыан ылбыта, аатырыан аатырбыта. Эмиэ туһугар туспа талаан, бука, үөһэттэн айдарыллан кэллэҕэ диэн, дьон кистии-саба махтанар.

Үтүө Даарыйа күүлэйэ

Ытык Өймөкөөн сиригэр самаан сайын эргиллэн, окко киирии чугаһаабыта. Чээл күөх хатыҥнар чэчир курдук тэҥҥэ кэккэлэһэн, тугу эрэ сипсиһэр, суугунаһар кэмнэрэ үүммүтэ. Сайылыктарга ынахтар маҕырыһаллар, сыһыы аайы сылгылар сипсиһэллэр. Күп-күөҕүнэн чэлгийэ үүммүт сир симэхтэрин быыһынан сэрэммиттии дугунан сарыы этэрбэстээх кыргыттар күөх оту тосту үктүө суох курдук күөгэһэ хааман, ырыа ыллыы-ыллыы, күлсэ-салса ынах хомуйа сырсаллар. Онтон хойуу оттоох ходуһаларга сытыы кылыс хотуурдаах эрдэлээн киирбит кунайдар от охсон тэлэкэлииллэр, эттэрин «үөрэтэллэр», эрчиллэллэр.

Өймөкөөҥҥө быйыл быйаҥнаах сайын кэлэн иһэр сибикитэ эрдэттэн биллибитэ. Ол курдук кураан сайыҥҥа от намыһах сыһыыларга, өрүстэр хочолоругар, арыыларыгар, үрэхтэр сүнньүлэринэн эрэ үүнэр буоллаҕына, быйыл ньаассын кµөх от этэргэ дылы «маска эрэ үүммэтэх» чинчилээҕэ. Онон дьон-сэргэ улаханнык саҥарбакка, быйыл этэҥҥэ буолар инибит дэһэн сипсиһэллэрэ уонна сөп буола-буола оттуур ходуһаларын тиийэн көрөн-истэн, төһө от тахсыахтааҕын чинчилээн кэлэллэрэ. Бу ытык Өймөкөөн сиригэр сахалар хаһан кэлэн олохсуйбуттарын чуолкайын үгүстэр билбэттэр. Ол гынан баран бу муус-хаар дойдуга киин соҕуруу сирдэртэн көһөн кэлбиттэрин араас үһүйээннэртэн, кэпсээннэртэн удумаҕалаталлар. Бука мындыр, сытыы өйдөөх дьон кэлэн бу уустук айылҕаҕа олорон ууһаан-тэнийэн бардахтара…

Дьэ ол туһунан бүгүн Ньукулай атыыһыт доҕорун, сүбэһитин, суруксутун Үстүүн Атылааһаптыын олох-дьаһах уонна быйылгы оттооһуҥҥа күүлэйи тэрийии туһунан сүбэлэһэллэр.

Маҥнай кэпсэтиилэрэ дьиэ-уот тутуутун кыһалҕаларын диэки иэҕилиннэ.

– Дьэ, Үстүүн, үөлээннээҕим, бу тус хоту олохтоох омуктар ити хантан билэннэр балаҕаннарын үрэх, сыһыы халдьаайытыгар, күн үчүгэйдик көрөр өттүгэр туталлара буолуой? Аны балаҕаннарын арҕаа өттүгэр оІостоллор, үүт уурар умуһаҕы хаҥас диэкинэн, дьиэ күлүк өттµнэн тахсарын курдук хаһыналлар, – Ньукулай киһитин диэки хайыһар.

– Адьас сөпкө этэҕин, арааһа итинник мындырдаан оҥоһууну биґиги өбµгэлэрбит соҕуруу эҥээртэн кэлэллэригэр илдьэ кэлбит буолуохтарын сөп, – Үстүүн аҕыйах сµµмэх бытыгын тарбаҕын төбөтµнэн имэрийтэлиир, – итинник дьаһаныы дьаҥ-дьаһах, ордук сэллик ыарыы кинилэр дьиэлэригэр тµбэһиэх ыалдьыттаабатын туһугар кыһаннахтара. Аны бу кэлин аҕыйах сылтан бэттэх ньэчимиэни үүннэрээри сыыры батыһыннара соҕуруу тэллэҕинэн ыһар буоллулар. Ити кинилэр кµн уотун сылааһын күүскэ туһанаары толкуйдаан таһаарбыт буолуохтаахтар.

– Дьэ, дьикти диэтэҕиІ. Бу барахсаттар сир анныгар баар чэҥ мууһу чопчу билэн оннук гыннахтара.

– Билэн-билэн, сииги тутар өбүгэ үгэстэрин былыргыттан тиһэн илдьэ сылдьар буолан бэйэ омуктуу толкуйдууллар.

– ?

– Аны маны иһит, – Үстүүн урут ханна эрэ аахпытын өйдөөн кэлэн кэпсээнин салгыыр,– өбүгэлэрбит урут бэл өрµс кытыытынааҕы, эбэтэр арыыга үүнэр дулҕаны уонна ходуһа талаҕын «сииги тутар» диэн тыыттарбат, кэттэрбэт этилэр.

– Оо, тоҕо бэрдэй. Дьэ, доҕоччуок, аны бэйи, быйылгы күүлэйбитин хайдах тэрийэбит? Ол туһунан туох этиилэрдээххиний? Тэрээһиннээхтик ыытар инниттэн эрдэттэн иҥэн-тоҥон былааннаныахпытын наада, – Ньукулай кэпсэтии онотун атыІІа хайыһыннарар, – ол кэнниттэн Даарыйаны кытта сөҥнөһүөхпүт, кини хайаан да этиилэрдээх буолааччы.

– Кырдьык, эрдэттэн торумнуур ордук. Урут үс сыллааҕыта Томторго уонна ол иннинэ СордоІнооххо тэрийэ сылдьыбыттаахпыт. Онуоха ити олохтоохтортон син элбэх киһини кытыннара сатаабыппыт да сорох тэйиччи сылдьар отчуттары сиэрин ситэрэр гына хаппатахпыт. Суол-иис куһаҕана уонна ыраахтара моһуоктаабыта. Мин өйдүүрбүнэн онно Томтортон Кырыы Дьарааһын, Бэрт Бүөтүр, Уус Миитэрэй, Бииктэр Мөлөкүүрэп, Хоточчу Хотуоһап, СордоІноохтон Уйбары Уйбаан, Силип Сэмэн, Суптуус Охонооһой диэн охсооччулар кунай хотуурдаахтары иннилэригэр түһэрбэккэ аҥаардастыы аатырбыттара…

– Оо, хата өйдүүрүІ да бэрт эбит. Ол кыттыбыт дьону быйыл эмиэ барыларын кытыннарыахха наада, – Ньукулай сэргэҕэлээн ойон туран лиис кумааҕыны аҕалан киһитин иннигэр үҥүлүттэ.

– Сөп-сөп, испииһэк хайаан да наада уонна кэмигэр илдьит ыыталаатахпытына үөрэ-көтө кэлиэхтэрин сөп этэ.

– Чэ, үчүгэй, ити эппит кунайдаргыттан Кырыы Дьарааһын арааһа саамай хоннохтоохторо быһыылааҕа. Чахчы кылбаһытан, тэлэҥнэтэн охсор ыччат этэ, аны түргэнэ хара сор, ыллар хаамыынан айаннатара. Мин ону кэрэхсээн акка олоро сылдьан кэтээн көрбүтүм ээ, бастакы тыырыыны тахсан баран, көр, аҕылаан, тиритэн да көрбөтөҕө.

– Кырдьык, ону мин эмиэ көрөн, итэҕэйэн, саллан турардаахпын.

– Доҕоор, аны аспытын-үөлбүтүн уруккубут курдук дэлэччи тардыахпытын наада. Күүлэйбитин бу сырыыга Өймөкөөн биир саамай аатырбыт киэҥ сыһыытыгар Булуустаахха оІоруохпут этэ. Сураҕа ол дойду быйыл ото сытар гына үүммүт үһү. УІуор-маІаар өттүлэрэ нэлэһийэн көстөр ходуһаҕа дьон-сэргэ көрөллөрүгэр да үчүгэй буолуо.

– Сөптөөх этии. Ол ходуһаҕа былыр-былыргыттан күүлэйдэр ыытыллаллара эбитэ үһү да, бу кэлин ол үгэс умнулла быһыытыйда дэһэллэр, – Үстүүн тэтэрээккэ тугу эрэ бэлиэтэнэ-бэлиэтэнэ кэпсэтэ олордо.

– Чэ, итини барытын эн сурукка тиһэн ис. Суотун сөпкө ааҕар наада.

– Сөп-сөп, бэлиэтэнэн баран дьиэбэр тиийэн түмүгүн таһаарыам.

Аны аһы-үөлү харыстаабакка хатаҕалыыр наада. Онуоха мин кэтэх хотоммор турар байтаһын ынахпын тиэрэ бэрдэрэр санаалаахпын. Биэ кымыһын Дьаарыйа эмээхсиҥҥэ дэлэччи бэлэмнэтиэххэ наада. Үчүгэйдик аһатар эмиэ икки өттүлээх. Сорох кыттааччылар бастаабаттарын биллэллэр да, эмис этинэн эмсэхтэнээри, кыынньар кымыһынан кэҕэрдээри кэлэллэрэ баар суол, аны төттөрү айанныылларыгар өйүө-тайаа оҥорорбутун дьон бары биһирээбит сурахтарын истээччибин, – Ньукулай кэпсэтии түмүктэнэн эрэрин биллэрэн олбоҕуттан туран эҥээр оһох диэки хаамыталаата, сөҕүрүйэн эрэр чоххо мас чугаһатта уонна алтан чаанньыгын үөс диэки сыҕарыта аста, – чэйдии түһүөхпүт этэ.

Ити икки ардыгар сайыҥҥы сүүрбэччэ хонук элэҥнээн ааһа оҕуста. Эрдэ биллэриллибитин курдук күүлэйгэ кытта кэлбит от охсооччулар үүнүүлээх ходуһа диэки субурустулар. Хотуурдаахтары Булуустаах киэҥ нэлэмэн ходуһата өлгөм отунан долгулдьуйа көрүстэ.

Ким эрэ охсооччулартан: «Оо, дьэ, аатырыан аатырбыт эбит, Булуустаах эбэ, нөрүөн-нөргүй буоллун! Эн киэҥ көхсүгэр бу бүгүн дууһабыт иэйиитинэн сирдэтинэн ааттаахтары кытта алтыһаары, бэртэри кытары бэһиэллэхтэһээри, иҥиирдээхтэри кытта иилэҥкэйдэһээри кэллибит. Атыҥырыы көрсүмэ, бэртэх буолан мичилий!» – диэн саҥаран субурутан баран былаҕастабыы охсунна уонна хотуурун таҥас сабыытын сүөрэн иирэ талах төрдүгэр тиийэн өйөннөрү уурда.

Сотору күүлэй дьоно бары мустубуттарын кэннэ, Ньукулай атыыһыт кэргэнэ Үтүө Даарыйалыын кэккэлэһэ туран охсооччуларга туһаайан:

– Дьэ, доҕоттоор, өр күүтүүлээх күүлэйи тэрийэр кэммит тиийэн кэллэ. Халлаан да анаабыт курдук күнү бэлэхтээтэ, кыттааччылар да кэлэ сатаатылар. Билиҥҥи туругунан 42 охсооччу ходуһаҕа илин-кэлин түсүһүөҕэ. Бириистэрбит да куһаҕана суохтар. Өссө саас Аллараа Новгородтааҕы киэҥ Арассыыйа атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар кытта сылдьан от охсооччуга аналлаах сэби-сэбиргэли аҕалбытым, олор истэриттэн бүгүн аҕыс ааттаах бастыҥ охсооччуларга буускап хотууру уонна үс түргэн, икки эдэр, икки саастаах охсооччуларга туттарыаҕым. Онтон сорохтор кыстык, өтүйэ, аалыы таас, о.д.а. тэриллэргэ тиксиэхтэрэ. Дьэ, онон кытаатын, эрэттэр, ким күүстээх, уһун тыыннаах – ол кыайдын!

Ити кэнниттэн алгысчыт Арамаан ходуһа саҕатыгар аал уоту айах тутан аһатан, алҕаан баран үрүҥ сылгы сиэлинэн, арыылаах алаадьынан айах тутта:

 
«Аал уотум иччитээ, Хатан Тэмиэрийээ!
Күөх быйаҥтан сомсоору Күүлэй тэрийэн эрэбит,
Хороҕор муостааҕы хойуннараары,
Сыспай сиэллээҕи сырыһыннараары,
Уйгулаах олоҕу унаардаары,
Аймах-билэ дьоммутун аһатаары
Алгыспытын түһэрэн эрэбит, Дом!..»
 

Онтон сотору охсооччулар аллараа сиккиэр тыалтан долгулдьуйар хойуу оттоох ходуһа кытыытыгар мустан бэлэмнэнэн киирэн бараллар. Илиилэрин-атахтарын мускунан, хас эмэ абырахтаах халыҥ даба соннорун сыбыдахтанан, хаһааҥҥыта эрэ туус маҥан ырбаахылара киртэн-хахтан дьүүлэ-дьаабыта көстүбэт буолбутун кэтэн хаалаллар. Охсуохтаах сирдэрин чинчийэн көрдөхтөрүнэ, сорох сирдэринэн кытаанах кылыс, ардыгар хопто тыла диэн дэбигис хотуур кыайбат отторун тэҥэ боруу булкаастаах сиппит кулун кутуругун хараҥатыҥы төбөтө харах ыларын тухары тэнийэн, ырааттар-ыраатан хатыҥ мастардаах халыҥ тыа саҕатыгар тиийэн анньыллар…

Өр-өтөр буолбат, тэрийээччилэртэн Үстүүн Атылааһап: «Чэ, саҕалааҥ!» – диирин кытта куоталаһааччылар утуу-субуу киирэн сытыы хотуурдарынан куһуйбутунан бараллар. Дьиҥэ, бириэмэ да эрдэ. Сарсыардааҥҥы күн үрдүк тииттэр төбөлөрүттэн саҥа тэмтэйэ ойон тахсан эрэрэ. Аны күнүскү омурҕан уонна түөртүүр минньигэс аһылык кинилэри күүтэрэ. Томтортон кэлбит Кырыы Дьарааһын хайа да күн эдэрдэргэ иннин биэриэ суоҕа эрдэттэн биллэр курдуга. Кини уруккуттан удьуор күүстээх Атастыыраптар сыдьааннарыттан тардыылааҕа. Дьарааһын, өрүү буоларыныы, ааттаахтары кытта аат былдьаһарыттан, күүстээхтэри кытта күрэс күрдьүөттэһэриттэн былчыҥ-былчыҥнара быыппаста күүрбүтүн чараас ырбаахыта таһыгар билиннэрбэт этэ. Арай сирэйэ-хараҕа тыҥаабытын сирийэн көрдөххө быһаарыахха сөп курдуга.

– Оо, дьэ, Дьарааһын обургу эмиэ бастаата, арааһа, кыайарга анаан оҥостон кэлбит быһыылаах, – диэн хатыҥ анныгар күлүккэ туран Ньукулай атыыһыт бүтэйдии мүчүйэн ылла.

– Кырдьык оннук буолуон сөп. Төһө да биэс уончатын аастар, оҕонньор чахчы кулун атаҕа киирбит курдук, хотуурун иэнэ күн уотугар килбэҥнээн олорор, дьэ киһи чахчы охсооччулаахпын диир киһитэ. Көрүҥ-көрүҥ, – аастыйбыт баттахтаах оҕонньор талах тайаҕынан ыйан көрдөрөр, сыҥааҕын ньолос гынан онтун бигэргэтэр.

– Барахсан, барыылардаах уол оҕото буоллаҕа. Иэмэх курдук эриллэҥнээн дайбыырын оҕоккото, оо, дьэ кунай да кунаай, – үөһэ халдьаайы быарыгар турааччылар саҥа аллайаллар.

– Бэйи-бэйи, көрүөхпүт, күн да уһун, былыргы киһи киэһэнэн хонноҕо аһыллааччы. Олус хайҕаамаҥ эрэ, киһигит эстэн хаалаарай, һэ-һэ.

Ыраахтан көрдөххө бэҕэһээҥҥэ диэри иһийэн турбут Булуустаах ходуһатыгар киһи-сүөһү бөҕө тоҕуоруспут. Чугас баар элгээнтэн хойуу күөх буруо унаарыйар. Онно бүгүн сарсыарда аҕалан тиэрэ биэрбит байтаһын ынахтарын олгуйдарга буһан эрэр эмис этин асчыт эргитэлээн биэрэр, талах маһынан ураннаан оҥоһуллубут былаайаҕынан хостоон ылан көрөн баран: «Өссө да ситэ буһа илик», – диэн ботугуруур, оргуйа турар мииҥҥэ салгыы түһэрэр. Кини аттыгар өссө икки-үс дьахтар көмөлөһөн кэлэ-бара сүпсүгүрэґэллэр. Бэтэрээ кулуһуҥҥа саламаат буһан кулдьугуруу турар. Арыый хады күөх сэбирдэххэ үөлүллүбүт мунду кэккэлэччи ууруллубута кэчигирээн көстөр.

Ити икки ардыгар оттоох ходуһаны уһаты-туора солоон, сэрбэйбити барытын тэлэкэлээн куоталаһааччылар бэтэрээ диэки эргиллэн төннөн иһэллэрэ көһүннэ.

– Оо, дьэ, дьоммут сүрдэммиттэр. Мааҕыҥҥыттан тэтимнэрэ өссө эбиллибиккэ дылы, тоҕо сүрэй… – ким эрэ саллан баһын быһа илгистэр.

– Буолуо-буолуо, оннооҕор бу мин нэһииччэ борутар киһи «көрдөхпүнэ», күүдэпчилэнэн дьэ сүрдээхтэр, – хараҕа бэрэбээскилээх оҕонньор кыыкынаан саҥарара иһиллэр.

– Ээ, арба омурҕаммыт да чугаһаатаҕа. Ол иһин тэрийээччилэр итинник эргиттэхтэрэ. Үһүс эргиирдэрэ буола оҕустаҕа. Дьэ хата бу үлүгэрдээх киэҥ дуолу тулутуохтара суох. Кырбаһааҥкыммыт адьас сөпкө дьаһайбыт, ходуһатын киэҥ көхсүн бүтэртэрэн кэбистэҕинэ, отун сүрүн үлэтин түмүктүүһү…

Омурҕаҥҥа тахсыбыттара, сыалаах эт дэлэччи тардыллан күөх окко тэлгэтиллибит. Арыылаах саламаат көһүйэлэргэ сойутуллан турарын отчут дьон хамыйаҕынан ылан сиэн тунахтаан бардылар, ол кэнниттэн дьон сыалаах эти тэллэччи быһа-быһа ыстаан ыллаҥнаттылар.

– Оо, хата, бу эппит сымнаҕас баҕайы эбит! – дии-дии Кырыы Дьарааһын эти минньигэстик ыстаталаан дьүккүк гынан ыйыста олордо.

– Дьэ, үлэһит киһи аһастаах буолар баҕайыта, бу Дьарааһын биир күүлэйгэ сап-саһархай сыалаах сылгы үс ойоҕоһун биирдэ тиниктээн кэбиспитэ. Онто сэниэ биэрдэҕэ буолуо, ол сырыыга кини күүлэйгэ эмиэ миэстэлэһэн турардаах.

– Оҕонньор, сураҕа, эн эмиэ эдэргэр охсор үһүгүн дии, ити хотууру сатаан оҥостууттан улахан тутулуктаах дииллэр, миэхэ барыта биир курдук дии? – чугас турар Дьөгүөр Дьэкиимэп ыйыталаһар.

– Ээ, мин диэн, урукку кунайдар бааллара, киһи киэнэ кииллээхтэрэ, охсоочу киэнэ хоннохтоохторо. Ити охсууну үс сүрүн күүс быһаарар – илии күүһэ, сис күүһэ уонна сарын күүһэ. Дьэ олору сөптөөхтүк дьүөрэлэһиннэрэн оҕустахха киһи төһөнү баҕарар охсор куолута. Холобур, кыбыс-кытаанах бэттиэмэ окко илииІ күүһүн туһанаҕын, оччотугар икки күүһүҥ сынньанан ылар. Аны кэбирэх уу отугар санныҥ күүһэ сөп буолар. Онон ханнык өттүттэн, сириҥ ньууруттан көрөн охсуохтааххын. Олус имиллэҥнээн, түллэҥнээн оҕустаххына биир күҥҥэ күүскүн эһиэххин сөп. Сорох отчуттар хотуурдарын угун эриллэ хаппыт үөт мастан оҥостоллор, оччотугар хотуур уга эриллэҕэс, мэтэҕэс буолар. Хотуурун укка олортоҕуна, хотуур биитэ бакыр буолар, ол охсорго өссө үчүгэй.

– Оо, тоҕо мындырдарай, былыргы дьон барахсаттар. Ол иһин да оту-маһы кыайан эрдэхтэрэ.

– Оннук-оннук. Төрүкү хотуур биитэ сир кырсын кытта биир тэҥ хайысхалаах буолуохтаах.

– Кырдьык да бэрт кэпсээни иһитиннэрдиІ, – уол ходуһа диэки хайыста.

– Бай, оннук буолумна, онтон биир ханнык эрэ күүлэйгэ Күүстээх Киэсэ диэн бухатыыр көрүҥнээх киһи тоҕус хамыйах сыа саламааты сиэн турбута эбитэ үһү. Оччотооҕу биир хамыйахтара биир көһүйэ истээх үһү, дьэ санаан көрүҥ эрэ, төһө аһастааҕын.

– Оо, дьэ эмиэ кырдьык аһастаах уол оҕото эбит…

– ?

Итинник кэпсэтэн, аһаан-сиэн баран бүтэһик сырыыга киирии саҕаланар. Күн арҕаа тыа саҕатын диэки салаллан сыралҕана арыый мөлтүү охсубут, онуоха эбии хоту хайа диэкиттэн сөрүүн салгын илгийбит, үлэлииргэ бэртээхэй киэһэ үүммүт.

Омурҕан кэнниттэн кунайдар күрэстэрэ өссө күүскэ тэтимирэн саҕаланар. Били Дьарааһыннаах түөрт-биэс киһи буолан биир хотоҕос курдук субуруспуттарын кубулуппакка түһэ тураллар. Кинилэр кэнниллэриттэн кыра соҕус арыттаах Хоточчу Хотуоһаптаах айаннаабыттар, бу бөлөххө арыый эдэр охсооччулар мустубуттар. Иккис омурҕаҥҥа балабыай түһэннэр, бастакылары эккирэтиһэннэр сэниэ-сылба эстэн эрэрэ биллэ быһыытыйбыта. Оннооҕор Хоточчуларын көхсүн тыаһа күрдүргээбитэ, күн уотугар уоттуйбут көлөһүннээх ырбаахыта көхсүгэр хам сыстыбыта, сотору-сотору хотуурун кылааннаары тохтуура элбээбитэ. Онто илистибит этин-сиинин чөлүгэр түһэриэхтээҕин оннугар сүһүөхтэрин нукаай курдук оҥортуурун дьиибэргии иһэр.

Кэмниэ-кэнэҕэс эмиэ үһүс бүтэһик эргиирдэригэр тиийэллэр. Бары да сылаалара киирбитэ таайан, бытаан соҕустук дайбаҥнаһан дьэ бэтэрээ саҕаны булаллар: «һуу-һуу», «оо, дьэ, сындалҕаннаах күн ааста», «хотуурум быйыл хайдах эрэ биитин мөлтөппүт кэриҥнээх», – дэһэ-дэһэ күрэхтэһээччилэр биэтэккэ утум-ситим тахсаллар. Онуоха сөрүүн умуһахха турбут симиирдээх кымыһы таһааран түһүлгэҕэ олордоллор: «Ким төһө кыайарынан иһэн иһиІ», –    диэн ыҥыраллар.

Түмүк таһаарыытынан Кырыы Дьарааһын, Уус Миитэрэй, Уйбары Уйбаан, Силип Сэмэн – барыта уонтан тахса киһи килбэлдьигэс эркиннээх, кылыс курдук кылааннаах буускап хотуурунан, сорохтор тууйастаах арыынан, сатыын таҥаһынан, ыраахтан кэлбиттэр тымтайга угуллубут сыалаах этинэн күндүлэнэллэр. Маны барытын Атыыһыт Кырбаһааҥкын бэйэтинэн алҕаан, тыл этэн, сорохторун үлэҕэ ыҥыран, атыттары аар тайҕаҕа тахсыахтаахтарга байанайы баҕаран, түүлээхтэрин сөбүгэр, баттаабат сыанаҕа тутуох буолан илии тутуһан истиҥник алҕаан атаарталыыр. Сотору киэһээҥҥи үрүҥ туман түһүүтэ, ыраах олорооччулар күнүс мэччийэн топпут аттарга олорон дьиэлэрин диэки тэптэрэн иҥэн-сүтэн, аҕыйаан истилэр.

Ити итинэн ааспыта. Күүлэйи онтон ыла соччо-бачча ыыппатахтара. Арай кэлин оҕонньор кырдьыбытын кэннэ, бэрт сытыы ойоҕо Үтүө Даарыйа Күүлэйи тэрийэрэ. Төрүттэн икки көстөөх Күөл диэн учаастакка киэҥ-куоҥ ходуһаҕа, ас бөҕөнү астатан, охсооччулары күрэхтэһиннэрэрэ. Бастаабыт охсооччуларга мүһэ, атыттар эмис эт ылаллара. Аан бастаан ходуһаны туораан баран төттөрү эргийэн кэлбит киһиэхэ ураҕаска кыбытыллан турар харчы тиксэрэ. Ону кэлин «Даарыйа күүлэйэ» диэн суолталаан ааттаабыттара.

Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.

Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
09 mayıs 2024
Hacim:
250 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-6122-8
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre