Kitabı oku: «Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба»
ЛОЙУТ
Халыма кыраайыгар былыр улахан күүстээх, атаҕынан олус быһый киһи оччотооҕу кэмҥэ уһун үйэлээхтик олорон ааспыта үһү. Кинини билэр, көрбүт дьон бэйэлэрин үтүө өйдөбүллэрин оҕолоругар, сиэннэригэр кэпсээбиттэрэ кэнники норуот номоҕо, сэһэнэ буолан сылдьар. Улахан күүстээх, кыайар-хотор, сытыы өйдөөх киһини «били Лойут курдук киһи» диэччилэр. Аҥаардас кини үчүгэй эрэ өттүнэн кэпсээҥҥэ сылдьара. Мин эбэм эмээхсин 1928 сыллаахха, өлүөн аҕай иннинэ, 82 саастааҕар кэпсээбитэ:
«Лойут Уйбаан диэн бухатыыр киһи баара, 84 сааһыгар, мин 8 саастаахпар өлбүтүн билэбин. Мин оҕонньорум эһэтин кытта төрөөбүт кыыһы, сөбүлээбэт киһитигэр күүстэринэн кэргэн биэртэрин, кини эрдэ кэлэн, урут түһэн, күрэтэн илдьэн ойох ылбыта үһү». Ону эмээхсин элбэхтэ кэпсиирэ, мин оччолорго сэҥээрбэт этим. Ити кэпсээнтэн ааҕан таһаардахха, Лойут 1770 сыллаахха төрөөбүт, онтон 84 сааһыгар – 1854 сыллаахха өлбүт буолуон сөп. Билигин, сааһыран баран өйдөөтөххө, Лойут Уйбаан диэн дьикти киһи төрөөн олорон ааспыт. Ону норуот сэһэнинэн суруйан дьон билиитигэр тиэрдэр баҕа санаа үөскээтэ. Ол иһин урукку эһэлэрин-эбэлэрин кэпсээннэрин истибит уонна ону кэпсээн оҥостор ытык кырдьаҕастары кытта сэһэргэһэн, кинилэргэ истиҥ махталбын этэн туран, Лойут туһунан үһүйээн сэһэммин саҕалыыбын.
I
Лойут Уйбаан дьадаҥы киһи үһү, аҕата биэстээҕэр өлбүтүн кэннэ Дьаакып диэн быраатын кытта ийэлэринээн олорбуттар. Биир саас астара бүтэн, оҕолор аччыктаабыттар. Онно күрүө күрдьүгэр утуйа сытар убаһаҕа биэс саастаах Лойут быһахтанан баран өлөрөөрү үөмпүтүн, ийэтэ тутан ылбыт уонна мөҕөн-этэн барбыт. Онуоха, тыла булдьуйа-булдьуйа, эппит:
– Ийээ, аспыт суох буолбат дуо? Аҕам баарыгар эйиэхэ эппитэ дии, «убаһаҕын да өлөрөн аһатаар, оҕолоргун эрэ аччыктатымаар» диэн.
Кэнники улаатан истэҕин аайы киһи холуйбутун таһынан күүстээх үтүө үлэһит, хорсун сырыылаах чулуу булчут буолбута. Уонтан тахса көстөөх сири биир күнүнэн сатыы эргийэн кэлэн соһутара. Быраата Дьаакып да орто сырыылаах киһи кэккэтигэр киирсэрэ. Ийэлэрэ өлбүтүн кэннэ, иккиэн сүбэлэһэн, Таас Күөлэ диэн сэттэ биэрэстэ усталаах, хас да күндэлээх, хоту өттүттэн ыраахтан сис хайа үтэн киирбит тумуһахтаах күөлгэ көһөн, балаҕан туттан олорбуттар. Булду баҕас бэркэ бултууллара үһү. Ол гынан баран, кэргэнэ суох буоланнар, олохторо чуҥкук, тутах эбит. Оччотооҕуга аҥаардас тирииттэн, түүлээхтэн саха таҥаһын оҥостоллоро. Онуоха дьоҥҥо үлэлээн биэрэн эбэтэр бултаабыт астарыттан бэрсэн, дьахталларга тиктэрэллэрэ.
Лойут ыраах сирдэринэн эргийэ сылдьар буолан элбэх булду, ол иһигэр эһэни даҕаны элбэхтик бултаабыта. Төһө да бултаан, балыктаан айахтарыгар үчүгэйдик аһаабыттарын иһин, таҥастара сотору алдьанан моһуоктуура. Онон уолаттар ийэлэрэ өлбүтэ үс сыл ааспытын кэннэ, убай киһи быһыытынан, бастаан Уйбаан кэргэн ыларга быһаарыммыта. Инньэ гынан бэйэтигэр сөптөөх таптыыр кыыһын чугас-ыраах сылдьан көрдөөн көрөргө санаммыта. Кини баара эрэ 20 саастааҕа. Оччотооҕу ыраах алаас аайы ыһыллан олорор ыалларга бэйэтигэр тэҥнээх кыыһы көрдүү-көрө барыталыыра. Ол сылдьан биирдэ күһүн, балаҕан ыйын ортотугар, ыраах Иитиэх диэн алаас ыалыгар кэлэн баай ыал 19 саастаах Мачыана (Матрена) диэн кыыһын сөбүлүү көрбүтэ. Мачыана үрдүк уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, киэҥ-киэҥник хап-харанан көрбүт, ис киирбэх кыыс этэ. Кини аҕата Күчүмэ Өлөксөй Иитиэх алаас бастыҥ баай ыала этэ. Уолаттара Чиркэйэр Дьөгүөр, Хаһыйаан Өлөксөй уонна Ыадьаан Мэхээлэ диэн эбиттэр. Оттон кыыһа Маанылаах Мачыана эрэ эбит. Онон Лойут, төһө да таптаабытын иһин, кинини кэргэн көрдөһөр кыаҕа суоҕа. Оччотооҕуга баайдар эрэ киһи ахсааныгар киирэллэрэ. Дьадаҥы дьон аҥаардас атаҕастабылга сылдьаллара. Лойут кыыһы дьонуттан ыйытара табыллыбатын билэрэ. Киниэхэ, туох да баайа суох хаама сылдьар киһиэхэ, кыыстарын кэргэн биэрбэттэрэ чахчы этэ. Ол да буоллар, кыыһы кистээн көрсөн, туох санаалааҕын билиэн баҕарбыта. Чэйдээн бүтэн баран, таһырдьа тахсан ойбон суолунан оргууй аҕай хааман, уу баһар көлүччэҕэ тиийбитэ. Онно кыра сэппэрээк иһигэр кирийэн олорбута. Кини ханнык да аарыма эһэҕэ улаханнык долгуйбат буолара. Ол бэйэтэ билигин, ити кыыһы көрсүөм дии санаабытыгар, сүрэҕэ тиргэҕэ иҥнибит кустуу мөхпүтэ. Мааҕын уол дьиэҕэ чэйдии олордоҕуна, кыыс ийэтэ: «Мачыана, тэмиэрийэ, дьэгдьийэ түһээри да, киэһэлик көлүччэттэн уута баһан аҕалаар», – диэбитэ. Онон кыыс манна хайаан да кэлиэхтээх диэн мас курдук эрэммитэ.
Сэрэйбитин курдук, сотору Мачыана икки туос ыаҕайаны тоҕоноҕор иилинэн уу баһаары кэлбитэ. Уутун баһан, суол устун суһаллык хааман долгуйан иһэн, иннигэр киэҥ харахтаах, саһаан үрдүктээх, араҕас ыраас хааннаах эдэр уол суолун туора турарыттан соһуйан «һук» диэбитэ уонна сирэйин умса туттан, сири одуулаабыта. Уол саҥата суох кыыс тутан турар ыаҕайаларын ылбыта. Кыыс кулгаахтыын кытаран, ыаҕайаларын быатын ыытан кэбиспитэ. Лойут кыратык инники хаампыта. Кэмчиэрийэн кэһиэхтэммит куолаһынан:
– Мин… мин эйигин кытта кыратык кэпсэтээри күүттүм, – диэбитэ.
Онуоха кыыс тохтуу түспүтэ. Эбии өссө кытаран, атаҕын тумсунан сир очурун тэбиэлии турбута уонна долгуйбут куолаһынан оргууй сыыйан саҥарбыта:
– Дьэ, кэпсэттэҕиҥ дии…
Кыыс кэнники тылларыгар куолаһа илибирээн ылбыта. Лойут холкутугар түһэн, бэйэтин туһунан кыыска кэпсээбитэ:
– Мин ыраах хоту нэһилиэккэ олохтоохпун, онно бырааппын кытта иккиэйэх олоробут. Кэргэнэ суох буоламмыт, дьиэбитин көрөр, таҥаспытын үүйэр-абырахтыыр киһитэ суох олус эрэйдэнэбит. Онон бэйэбэр сөптөөх, сүрэхпинэн сөбүлүүр кыыһым түбэстэҕинэ, кэргэн кэпсэтиэм, дьоллоох олоҕу тэринэн олоруом диэн бу эһиги олоххутугар кэллим. Эн саатыма, кыбыстыма. Мин эйигин таптыы көрдүм, онон тэҥнээх доҕор буолан дьолбутун холбуох диэн эйигиттэн көрдөһөбүн. Көрөрүҥ курдук, дьадаҥы муҥнаахпын, көлүнэр көлөм – икки атаҕым иҥиирэ эрэ. Таҥара атаҕастаабатах буолан күүстээхпин, быһыйбын. Ол иһин булду-аһы бултуур, булар киһибин. Эн сөбүлэстэххинэ, дьон сиэринэн дьиэ-уот тэриннэхпитинэ, барыта баар буолуо. Билигин сүүрбэччэ көстөөх сиргэ сатыы барабын. Ортотугар хонон дьиэбэр тиийиэхтээхпин. Эн дьоҥҥуттан ыйытан да туһа суох, дьадаҥы киһиэхэ кэргэн биэриэхтээҕэр, иһиттэхтэринэ, дьиэлэрин да аанын астарыахтара суоҕа. Ону сэрэйэр буоламмын, уу баһар суолгар күүтэн, көрсөн кэпсэтэн, санааҕын билэн бараары турабын. Сөбүлэһэр буоллаххына, хойут кэлэммин, дьонуҥ билбэттэринэн кыһын илдьэ барыам этэ. Сайын илтэхпинэ, өллөҕө-сүттэҕэ диэн аҕыс айдааны, аймалҕан бөҕөтүн тардыахтара. Дьэ, ону туох дии санаатыҥ? Баҕар, үйэлээх сааһым дьоллоох доҕоро буолуоҥ буолаарай? Ону этэн ыытаргар көрдөһөбүн.
– Сөбүлүүбүн, – диэбитэ Мачыана уоһун иһигэр симиктик.
Уол онно олус үөрэн, кыыһы иэдэһиттэн сыллаан-уураан ылбыта. Уонна күһүн хаар халыҥыы илигинэ кэлэн илдьиэх буолбута. Кыыс күрээн барсыахтаах этэ. Ол оччотооҕу кэмҥэ дьулаан суол буолуохтааҕа. Ону олох бэйэтэ оннукка кыһайбыта… Мачыана ийэлээх аҕата кинини 40-ча саастаах Ымыыһыыр диэн кэргэнэ өлбүт, үс оҕолоох огдообо киһиэхэ, баайыгар ымсыыран, кэргэн биэрэргэ сүбэлэспит этилэр.
Мачыана Ымыыһыыры абааһы көрөрө. Ол иһин киниэхэ кэргэн тахсан ойох буолан олоруом кэриэтэ өлбүтүм ордук диэн санаталыы сылдьар кэмэ этэ. Ону баара, итинник ыарахан санааҕа ыллара сырыттаҕына, Лойут тиийэн кэлэн ыйыппыта. Маннык үчүгэй уол баара буолуо диэн кини түһээн да көрбөтөҕө. Лойут оннук Мачыана сүрэҕин долгуппута. Дьиэҕэ чэйдии олордоҕуна, «үчүгэй да уол эбит, ханнык дьоллоох кыыс киниэхэ кэргэн тахсара буолла?» диэн иһигэр ымсыыра санаабыта. Ону баара, этиэх түгэнэ, билигин бэйэтэ киниэхэ кэргэн тахсарга кэпсэтэн үөртэҕэ үһү. Ымыыһыыры баайа эрэ сураҕырдар. Кини баайа-дуола Мачыанаҕа олох наадата суох, онуоха эрэ ымсыырбат. Ол кэриэтэ туга да суох Уйбаан уолу кытта олорон төһө да кыһалҕаны көрүстүн! Дьон туох да диэтиннэр. Таҥара даҕаны тапталы сыаналаа ини…
II
Күһүн күөл эрдэ тоҥон, мууһа лүҥкүнүү тыаһаабыта. Маҥнайгы хаар түһэн, сир-дойду маҥан суорҕанынан сабыллыбыта. Ол курдук айан суола эрдэ аһыллан, чугастан-ыраахтан айанньыт дьон барар-кэлэр буолбуттара. Алтынньы эргэтигэр хас да ыҥыыр аты көтөллөнөн, хамначчыт киһилээх Ымыыһыыр баай ыадастан айаннаан, Иитиэх алааска Күчүмэ баайга күтүөт буолаары күөрэс гына түспүтэ. Кини Мачыананы кэргэн кэпсэтэн ойох ылаары оҥостон кэлбитэ. Кэһиитин, бэлэҕин киһи сөҕөр элбэҕи аҕалбыта. Кини элбэх арыгылааҕа, ону иһэн көрүлээбиттэрэ, итирбиттэрэ. Онно Ымыыһыыр эппитэ: «Мин улууска биллэр улахан баай киһибин. Эһиги соҕотох кыыскытын ойох ылан баран, ону толуйар гына элбэх халыымы-сулууну биэриэм. Быһаас 30 сылгыны диэбит буоллахпына, билигин 40 лоҥкур бөдөҥ сылгыны, 30 улахан ынаҕы уонна түүлээҕи, харчыны да аҕалыам. Миэхэ бэйэбит үйэбитигэр тиийэр үп-харчы баар!» – дии-дии түөһүн охсуммута. Ол аайы кыыс төрөппүттэрэ уонна чугас дьоно ымсыыран харахтара уоттанан, холуочук бэйэлэрэ ходьоҥноһо түспүттэрэ. Оттон Мачыана Ымыыһыыр кэлэрин эрдэ истэн, ыалдьыбыта буолан кубулуммута.
Аны сүүрбэ хонугунан ньиргиэрдээх улахан урууну тэрийиэхпит диэн сүбэлэспиттэрэ. Мачыана да ити болдьоххо сөбүлэспитэ. Дьиктитэ диэн, саас Ымыыһыыры абааһы көрөрө, киниэхэ кэргэн тахсан ойох буолан олоруом кэриэтэ өлөн хаалыам диирэ. Ол бэйэтэ билигин тугу да эттэхтэринэ утарбатаҕа, сөбүлэһэн испитэ. Итини ийэтэ ордук дьиктиргээбитэ, «кырдьык улаханнык ыалдьар буолан, санаата түһэн утарсыбат буоллаҕа» дии санаабыта. Оттон аҕата «кыыс оҕо эрэйдээх ханна бараахтыай? Утарылаһан да, кыаҕа суоҕун биллэҕэ. Хайа, уонна биһиги кинини модьуйуохпут турдаҕа дии!» дии саныыра. Оттон убайдара кини кэргэн тахсарыгар, эрин сөбүлүүрүгэр-сөбүлээбэтигэр кыһаллыбат этилэр. Бүгүн итириэхтэригэр диэри арыгы истилэр да – бүттэҕэ.
Мачыана кимиэхэ да эппэккэ, Лойуту күүтэрэ. Күн аайы кэлээрэй диэн кэтэһэригэр иэдэйбитэ. «Аны Ымыыһыыр уруулуу кэлиэр диэри кэлбэтэҕинэ, дьэ, алдьархай. Өлбүтүм кэриэтэ! Ити сиэхсиккэ кэргэн биэрэн умса астахтарына, оччоҕо биир санаа, биир тыл – бэйэбин өлөрүнэбин» диэн быһаарыммыта.
Күннэр ааһан испиттэрэ. Ньиргиэрдээх улахан уруу буолара чугаһаан барбыта: биэс хонук хаалбыта, кыыс аҥаардас ыарахан санаатыттан, кутталыттан, дьэ кырдьык, ыалдьыах курдук буолбута. Хата, ону быыһыах киһи, таптыыр уола Лойут Уйбаан, биир киэһэ, күн киэһэрэн эрдэҕинэ, илэ бэйэтинэн киирэн кэлбитэ. Мачыана үөрүүтүттэн туймааран ылбыта, туох барыта хараҕар туман курдук көстүбүтэ.
Дьиэлээх оҕонньор Күчүмэ хаама сылдьар дьадаҥы киһини кытта кэпсэтиэ баара дуо? Үөс курдугунан көрөн кэбиһээт, ханна эрэ саҥата суох тахсан барбыта. Эмээхсин даҕаны хоноһотун диэки кынчарыйан көрөн ылаат:
– Эмиэ бу хантан кэлбит дьаарбаҥ киһитэ буулаатыҥ? – диэбитэ.
– Булду эккирэтэн кэлэн, бу дойдуну буллум.
Кэмчи астаах чэйи бэлэмнээн баран, эмээхсин Лойуту ыҥыран чэйдэппитэ уонна бэйэтэ туохха эрэ наадыйан эмиэ таһырдьа тахсыбыта. Лойут ити кэми туһанан Мачыанаҕа: «Сарсыарда, ыал туруон иннинэ, тугу да ылбакка, бэйэҥ тоҥмот гына үчүгэйдик таҥнан баран, Ойбон күөл уҥуор кэлээр. Мин онно күүтүөм», – диэбитэ. Онуоха кыыс үөрэн: «Хайаан да тиийиэм, кэтэһээр. Эйигин күүтэрбэр иэдэйдим», – диэбитэ кырдьыгын кистээбэккэ.
Лойут итиннэ уһаабакка, сонун-бэргэһэтин кэтэн, быраһаайдаһан тахсан барбыта. Эмээхсин кини хоммотоҕуттан үөрбүтэ.
Уйбаан Ойбон күөл уҥуор тахсан, олорбутунан хонор буолбута. Кини утуйар таҥаһын, өйүө аһын, солуурчаҕын, сүгэтин аара уонтан тахса көстөөх сиргэ хаалларбыта. Онно Мачыананы аҕалан иһэн, төннөөрү хонуохтааҕа.
Кини кэлбит суолугар биир көстөөх сиргэ Күчүмэ биир атыыр сылгыта ууга өлбүтүн, уолаттар мууһун көйөн уон сорунан ууттан таһааран баран, илпэккэ хаалларбыт этилэр. Ону баран сүгэн кэлиэххэ баар эбит, оччоҕо түүн да кылгыа, тоҥоору гыммытым да ааһыа, ириэм этэ дии санаат, кэлбит суолунан сүүрэн элэстэнэн, күөс быстыҥынан өлбүт сылгыны муустуун баҕастыын санныгар ылан сүкпүтэ уонна төттөрү айаннаабыта. Кыайар буолан, аара тохтоон ылбакка, атыырын ойбон күөл кытыытыгар аҕалан ууран кэбиспитэ. Бэйэтэ суол ойоҕоһугар тэйиччи туораан, сыгынах күлүгэр кыратык уот уматан, онуоха сыламнаан кылгастык утуйан ылбыта.
Мачыана киэһэ буолуон иннинэ иистэнэр кыра матаҕатыгар хас да иннэни, сүүтүгү кистээн уктубута. Утуйаары сытан баран, түүн таһырдьа тахса сылдьыбыта. Итиэннэ наадалаах таҥаһын, иистэнэр малын күүлэҕэ уурбута. Бэйэтэ таҥаһын барытын таҥнан, оронугар бэлэм сыппыта. Дьоно ким да билбэтэҕэ, бары араастаан ыҥыранан, хаһыҥыраан ыла-ыла кытаанахтык утуйа сыппыттара. Кини букатын да аанньа утуйбатаҕа, сарсыарданан оргууй сыбдыйан туран таһырдьа тахсыбыта. Күүлэҕэ бэлэмнээбит кыра малын ылбыта. Түүн ырааппыт быһыылааҕа, кыратык кыраһа хаар түспүт этэ. Бастаан түргэнник хааман ойбон күөлүгэр киирбитэ уонна, мууска үктэнээт, сүүрбүтэ. Күөл ортотугар киирэн иһэн иһиттэҕинэ, кэнниттэн киһи сырсан эккирэтэн иһэр курдуга, атах тыаһа битигирээбитигэр хайыһа түһэн көрбүтэ, туох да суоҕа. Бэйэтин сүрэҕин тыаһыттан куттаммыт эбит этэ.
«Кэбис, уоскуйуохха» дии санаабыта уонна тыын ылаары салгыны түөһүн муҥунан эҕирийтээбитэ. Сотору күөлү туораан тахсаат, Лойуттуун куустуһа түспүттэрэ, таптал ахтылҕаныгар оботтоохтук уураһан-сыллаһан ылбыттара. Онтон уһун айаҥҥа үөрэ-көтө туруммуттара.
Дьиэлээхтэр сарсыарда турар бириэмэлэригэр уһуктан, уот сырдыгар көрбүттэрэ – Мачыана суоҕа. Бастаан чугас тахса сырыттаҕа дии санаабыттара. Онтон чэйдиэхтэригэр диэри киирбэтэҕиттэн дьиксиммиттэрэ. Ийэтэ тахсан чугастааҕы бүтэйдэри, хотоннору кэрийбитэ. Онтон ыксаан сүөһүлэрин көрөөччү Дайбанар Даарыйалаахха киирэн: «Мачыана киирэ сылдьыбатаҕа дуо?» – диэн ыйыппыта. Онуоха «суох» диэбиттэрэ. Эмээхсин дьэ ыксаабыта, ынырыктаах санаалар өйүгэр араастаан элэҥнэспиттэрэ. «Ханна барыан сөбүй? Мантан үс көстөөх Хахыр ыалыгар барыан сатаммат, ырааҕа бэрт. Итиэннэ чугаһынан ыал суохха дылы…» Эмээхсин таһырдьа тахсан турбута. Онтон эмискэ өйдөөн, кыраһа хаарга кыыһын суолун булбута, кыыһа ойбон суолунан күөлгэ киирэн тохтообокко, сүүрүүнэн үлдьү ааспыт суола тыргылла сытара, оттон бэйэтэ ханна да көстүбэт этэ. Хаһан баҕарар ийэ сүрэҕэ уйан диэччилэр, кини икки хараҕын уута сарт түһэн, ытаан-соҥоон айманан дьиэтигэр киирбитэ. Дьоно хайыы-үйэ чэйдээн бүтэн эрэллэрэ. Эмээхсин аймалҕаныттан соһуйан Күчүмэ оҕонньор уолаттарын кытта тас таҥастарын сыыһа-халты кэтээт, таһырдьа тахсан ойбон суолунан сүүрбүттэрэ. Итиэннэ ойбон дьайыҥар икки хонуктааҕыта ууга өлбүт атыырдара сытарын көрбүттэрэ. Онтон Күчүмэ уолаттарыныын олус соһуйбуттара. «Хайдаҕый, харахпыт иирэр дуу?» – диэбиттэрэ.
Суоллаан көрбүттэрэ, кыраһа хаар үрдүнэн сатыы киһи сүгэн аҕалан түһэрбит суола баара. Бары олус саллыбыттара, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн эрэ кэбиспиттэрэ. Мачыана суолун батыһан тыаҕа тахсыбыттара, суол уҥа өттүттэн били атыыры сүгэн аҕалбыт киһи атаҕын суола киэҥник хардыылаан кэлэн, көрсүһэн бииргэ тэпсэҥнээбит, тохтоон турбут суоллара баара. Тииккэ, балтараа саһаан үрдүккэ, сылгы сиэлэ уонна кыһыл таҥас кырадаһына баайыллыбыт этэ. Ити кыыс, төһө да күрээн барар буоллар, төрөөбүт-үөскээбит төрүт буорун кытта арахсыһар бэлиэтин хааллардаҕа. Онтон эр киһи кыыһы көтөҕөн баран, ыстаҥаһыт курдук, ыраах-ыраах олук хааллартаан, сүүрэн бурҕаппыта ырылыйа сытара. Батыһааччылар бары саллыбыттара, саҥата суох оргууй төннөн унньуҥнаспыттара. Били көстөөх сиртэн сүгэн аҕалыллыбыт атыыры кэлэн тула хаамсыбыттара.
– Сир-дойду да син маннык күүстээхтэри уйан сырытыннарар эбит. Бу ханна батан сылдьыах күүһүй? Сүрүн баҕаһын, бу атыыр муустуун отут буут баар ини? Ону көстөөх сиртэн куобах курдук сүгэн аҕалар киһи күүһэ сатаан холоммот. Кини биир сиргэ туран төһөлөөҕү көтөҕүө этэй? Хайаан да бүтүн күүстээх киһи буолуо ээ, – диэтэ Чиркэйэр Дьөгүөр, элбэх саҥалаах, омуннаах улахан уол.
– Бу да киһи омуннуура сүрүн, саатар аҥаар күүстээх ини? Бүтүн күүстээхтэр сүүс бууту көтөҕөллөр үһү! Хайа, бу атыырбыт 20 бууттан ордуга суоҕа буолуо. Ону, күүстээх буолан, собус-соруйан биһигини дьулатаары, батыспатыннар диэн, күүһүнэн куттаары, төһө да ыарырҕаттар, аҕалбыт буолуохтаах. Кини улахан өйдөөх киһи эбит. Ити атыыры аҕалбатаҕа буоллар – биһиги билбэккэ эккирэтиэ этибит. Оттон билигин ити айылаах күүһүн көрөн туран барыа суохпун, син аанньанан кыыспытын биэриэ суох. Ол курдук, кыыспыт бэйэтэ да кэлбэттик сананан, букатын оҥостон барбыт, арай кэлгийэн эрэ төттөрү күүспүтүнэн аҕалыахпыт эбитэ ини. Ону күүһүргэһэргэ тиийдэххэ, ити киһи биһигини тыган да өлөртүөҕэ. Кыыспыт оҥоруута-ыйааҕа оннуга буолуо, онон баҕатын хоту бардын! – диэбитэ Хаһыйаан, хаһан да, аҕыйах саҥалаах буолан, маннык элбэҕи этэн куолулаабатах бэйэтэ.
– Хаһыйаан сөпкө этэр, батыһан-эккирэтэн тугу да ситиһиэхпит суоҕа! Барахсаттар, баҕар, дьоллоох дьон буолуохтара. Аҕаа, эн ийэбитиниин дьадаҥы дьону абааһы көрөҕүт да, кинилэр эмиэ, дьон курдук, тэбэр сүрэхтээх, хамсыыр хааннаах дьон. Айдаарымаҥ, хата, таптыыр киһитигэр бардаҕа диэн үөрүө эбиккит. Ол эрээри балтыбын ити үлүгэрдээх бухатыыр үлтү баттаан өлөрүө диэммин… – күлэн ыгыстар Ыадьаан Мэхээлэ.
Онуоха аҕата кыыһырар:
– Эн, Ыадьаан, киһи ыксыыр, санааргыыр кэмигэр ыыстаах тылгынан ыһыахтаныма эрэ! Соҕотох, маанылаан ииппит кыыспын хаама сылдьар түөкүҥҥэ ойох биэриэ суохпун! Билигин атынан эккирэтэн, саалаах-сэптээх баран кыыспытын былдьаан, төттөрү аҕалыаҕыҥ. Ыт сирэй баара, кыыспын уоран илдьэн ойох оҥостуо үһү! Бэрт киһи хайа сирэйинэн сааппакка кыыһы былдьаһа турар үһүө! Ыраахтааҕы илиитэ уһун, суут-сокуон диэн баар. Били бэлэхтээх-туһахтаах Ымыыһыыр кэлэрэ, улахан урууну тэрийэрбит чугаһаата. Ити үлүгэрдээх элбэх халыымтан, халыҥ баайтан матарбыт сатаммат, абата да бэрт. Ону ааһан, саакка-суукка киириэхпит турдаҕа. Онон, уолаттарыам, биир-биэс диэбэккэ, үчүгэй аттары ылан эккирэтиэҕиҥ! – диэбитэ.
– Кэбис, барбаппыт! Бэйэҕин да барыма диэн көрдөһөбүт, – диэбиттэрэ уолаттар.
Кинилэри көрдөһөн да, мөҕөн да аҕалара иннилэрин ылбатаҕа, үһүөн кыккыраччы аккаастаабыттара.
III
Күчүмэ кыыһыран тилигирээн, дьиэтигэр кэлэн түргэнник оҥостон, икки үчүгэй аты, эстэрик сааны ылан, суоһурҕанан, кыыһын эккирэтэ айаннаабыта. Кини сатыы дьону сотору, чугас ситиэм дии санаабыта. Бастаан түргэнник сиэллэрэн испитэ, иннигэр Лойут суола бу тыргыллан сытара, үксүгэр сүүрэн айанныыр эбит. Сорох күөллэргэ Мачыана түһэн сатыылыыр суола көстөн ааһара. Ол аайы Күчүмэ кыыһыран көхсө кыарыыта. Атын күүскэ быһа кымньыылыыра. Күн киирэн, хараҥа халыйан, сотору суол көстүбэт буолан испитэ. Халлаан быстаҕас былыттарын быыһынан, онон-манан сулустар кыламнаһан көстөллөрө. Аттара олус күүскэ айаннаан уонна аҕыс көстөн ордукка аһаабакка, тохтоло суох хааманнар, олус сылайбыттара. Кыайан барбакка турунан кэбиспиттэрэ. Муҥ сорунан биир көлүччэҕэ кэлбиттэрэ. Уу ото хойуутук үүнэр эбит. Оҕонньор онно аттарын аһата ыыталаан баран, сатыы, маһы тайахтанан, киһитин суолун батыһан баран испитэ. Сылайан, аччыктаан олус буорайбыта, санаата улаханнык түспүтэ. «Хайа үлүгэрий? Киһини буолбатах, илэ илиэһэйи батыһабын, быһыыта. Баччалаах ыраах сиргэ дьахтар сүгэһэрдээх тохтообокко айанныыра тугун сүрэй? Бука, мантан чугас тохтоотулар ини?» диэн иһигэр санаа кыыма кылам гынан ааһара.
Түүн ырааппыта, хараҥата, тымныыта олус куһаҕана. Тыаҕа оҕонньор хаста да охтон ылбыта. Күөлү туораан иһэн, хайаан да уҥуоргутугар тохтообуттара буолуо диэн иһигэр эрэнэ саныыра да, кураанах буолара. Ол аайы хомолтотуттан күүһэ эстэрэ, санаата түһэн атаҕын арыыйда соһоро. Оннук айаннаан киэҥ күөлгэ киирбитэ: «Өскө бу күөл уҥуор тохтооботох буоллахтарына, өлөбүн, күүс эһиннэ». Кырдьык, сэниэтэ эстэн эрэр быһыылааҕа. «Туох гынаары кэлэн сору көрдөхпүнүй? Ымыыһыыр баайын ылар баҕаҕа. Хаарыаннаах халыым хаалыах бэйэтэ буоллаҕа…» Икки хараҕыттан бокуойа суох таммах уулар тохтубуттара, саҥа таһааран ытаабыта.
Кэнники киһитин суолун сүтэрэн кэбиспитэ уонна онуоха кыһаммат да буолбута. Хараҕар төгүрүк уоттар көстөн ааһаллара. Онуоха «өйбүн сүтэрэн эрэбин» диэн куттанан, ол санаатыттан охтон түспүтэ.
Халлаан саҥа сырдаан, күөл иэнэ бадыа-бүдүө этэ. Бу күөл уҥуоргутугар, аһаҕас халлаан анныгар, уот аттыгар Лойут Мачыаналыын олороллоро.
Лойут эрдэ туран, кулуһун уотун күөдьүтэн баран, эт буһараары солуурчаҕар күөлтэн уу баһа, сүгэтин ылан, бэҕэһээ тэспит ойбонугар киирбитэ уонна үөс диэки көрбүтэ – киниттэн ырааҕа суох, мууска киһи сытар курдуга. Борук-сорукка хайдах эрэ хамсаан, мөхсөн ыларга дылы этэ. Кини түргэнник тыаҕа сүүрэн тахсан солууругар тайах этин толору күөстээбитэ уонна Мачыанаҕа эппитэ: «Доҕоччуок, эн күөспүтүн көрөөр. Мин күөл мууһугар дьиктини көрдүм. Ону дьиҥнээҕин билээри бардым». Кини сүрэҕэ сэрэйэр этэ: кыыс дьоно бардам санааларыгар батыһан кэлиэхтэрэ диэн. Ол сэрэйбитэ кырдьык буолбута. Күчүмэ оҕонньор илэ бэйэтэ кэлэн сытара. Кини тугу эрэ үлүгүнэйэр этэ, өйүн сүтэрбит быһыылааҕа. Лойут оҕонньору көтөҕөн ылан, кыра оҕо курдук тутан, кутаа аттыгар аҕалбыта.
Сотору күөс буһан, маҥнай итии миини иһэрдибиттэрэ. Оҕонньор сэниэ киллэрэн, өйдөнөн кэлбитэ. Тоҥмута ааһан, сылыйан, олус сылайбыта баттаан, утуйуон наһаа баҕарбыта. Кыыһырар да кыаҕа суоҕа. Онуоха Лойут эппитэ: «Икки акаары төрөөммүт, эйигин кырдьар сааскар эрэйдээн өлөрө сыстахпыт, ону акаарылары хайыаҥый?» Оҕонньор саҥата суох баһын эрэ хамсатан кэбиспитэ. Утуйан хаалбыта.
Лойут аһаан баран, оҕонньор аттарын аҕала сүүрэн кыырата турбута. Мачыана уотугар маһы эбэн, кутаатын күөдьүтэн иһэрэ. Аҕата тугу да билбэккэ, өлбүттүү утуйа сыппыта. Лойут аттары аҕалбыта.
Оҕонньор мала барыта баара. Өйүө эмис ынах эттээҕин буһарарга эппитэ уонна санаан көрдөҕүнэ, хайыы-үйэ хоонньоһон бүттэхтэрэ… Итиэннэ кыыһын хайдах да төннөрөр кыаҕа суоҕа. Ону ааһан, уола Ыадьаан эппитигэр дылы, баҕар, оҥоруулара-ыйаахтара буолуо. Оттон Лойуту киһи сирбэт киһитэ, дьадаҥыта эрэ – буруйа. Быһыылыын-дьүһүннүүн, күүстүүн-уохтуун олоҥхо бухатыырын курдук, санаата-майгыта да үчүгэй эбит. «Маннык дьоһун киһини көрө иликпин. Үтүө тылынан алҕаан, холбооттоон, киһи тэҥинэн кэргэннии буолуҥ диэн ыыталыам. Оо! Оттон дьиэбэр тиийдэхпинэ, эмээхсиним «кыыскын биэрэн ыыппыккын» диэн сиэҕэ турдаҕа. Аны, оттон, били, Ымыыһыырга эрэннэрбитим алдьархайа баар!» Оҕонньор сарсыарда Лойуту кытта илии охсуспута, кыыһын кэргэн биэрэрин туһунан эппитэ. Бэйэтэ миинэр улахан атын уонна эстэриик саатын бэлэхтээбитэ. Дьиэтигэр тиийэриттэн улаханнык дьулайа саныы-саныы, соҕотох атынан төннө турбута.
Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.