Kitabı oku: «Эр киһи уонна дьахтар», sayfa 4
6
Күһүн кэлэн, саахсаҕа сайабылыанньа биэрбиттэрэ, саахсаланыы туһунан докумуону ылар күннэригэр бииргэ үөрэнэр уолаттарын-кыргыттарын ыҥыран, кафеҕа хас да остуолу холбуу тардан бэлиэтээбиттэрэ. Ити курдук орто дойдуга Бэргэн уонна Ксенья Уйбаныаптар диэн ыал баар буолбута.
Кыыдаан кыһын обургу муустаах кырыанан илгистэн, тымныынан силлиэрэн кэлэ охсубута. Сайсарыга Бэргэннээх олорор ыалларын олбуорун иһэ ыраастык күрдьүллүбүтүгэр сиппиир уонна туора күрдьэх анньыллыбыттар. Олбуор иһигэр онтон атын туох да суох, уу чуумпу, бүгүн Ксеньята тоҕо эрэ хойутаата, Бэргэн сарсын буолуохтаах сэминээргэ бэлэмнэнэригэр, бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн, түннүгүнэн таһырдьаны одуулаһа олорор буолар. Бэйи, бу кыыс тоҕо хойутаата, үөрэҕэ бүппүтэ да син балачча буолбута чахчы. Уулуссаҕа массыына тыаһа тохтообутугар, эмиэ көрө түстэ – кэлииккэ аһылынна уонна буут эти сүкпүт Дьарааһын улахан дьиэтигэр күлүкүччүйдэ, кэнниттэн кууллааҕы туппут киһи батыспыт. Ити аата, ыаллара тыаттан кэллэҕэ, лааппыларга эт тамты эстэн, билигин тыаттан ситимнээх дьон эттэрин-үүттэрин булунан олороллор. Эбэтэр ити Дьарааһын курдук, кэлэри-барары, ылсары-бэрсэри сатыыр дьон, хантан эрэ эти-балыгы аҕалан баһаарга илдьэн атыылаан, син үп-харчы булуналлар быһыылаах.
Бэргэн биирдэ киниттэн эт атыылаһаары ыйытан баран, сыаната ыарахана бэрдиттэн чаҕыйбыта: «Устудьуон дьоҥҥо кыратык чэпчэппэккин дуо?» – диэбитигэр киһилэрэ: «Миэхэ устудьуона-миниистирэ, нууччата-сахата син биир, сыана уларыйбат, харчы сыта суох», – диэн кэбиспитэ. Кэлин өссө толуон олохтоон абыраатылар, ол иннинэ ыарахан кэмнэр этилэр, ханна эрэ эт тахсар сураҕын иһиттэхтэринэ киэһэ кэлэн уочараттыыллара уонна маҕаһыын сабыллыбытын кэнниттэн уот отто-отто, күһүҥҥү хараҥа түүн уочараттаан таһырдьа хоноллоро, ол кэнниттэн маҕаһыын аһылларыгар, ааны көҥү анньа сыһан, ойоҕос тостор улахан уочаратынан иһирдьэ кутулла түһэллэрэ. Дьэ итиннэ араас айдаан, этиһии тахсар – быһа киирэ сатааһын, хас да сиргэ уочаратттааһын, билсэр дьонун: «Манна турбута», – дии-дии уочаракка быһа киллэрэргэ холонуу, аны эт бүтэн эрэр диэн, уочараттара тиийбэккэ хаалар куттала, ол аайы ардырҕаһыы барыта баар. Оннук дьаабыланан, урааннаах уһун күнү быһа тэбинэн туран, киэһэ маҕаһыын сабыллыыта биирдэ ыҥырар-ымсыырдар атыылаһааччыга тиийэн, биир киһиэхэ тиксэр икки киилэ эттэрин сыыһынан бүтэ тураллара.
Бэргэннээх үксүн балык кэнсиэрбэтин ылан миин оҥостоллор, син миин испит курдук буолаллар, ол курдук инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сыккыраан олордохторо. Толуонтан ураты, таайа биирдэ эмэтэ эт бэрсэр буолан абырыыр. Кини таайа кэпсииринэн, 70-с сылларга диэри араас эт, халбаһыы дэлэй үһү, уочарат суох, өрөһөлөммүт кырбастартан анал биилкэнэн дьөлө анньан, сөбүлээбиттэрин талан ылаллар эбит, ол соҕотохто ханна мэлис гынан хаалбытын бэйэлэрэ да бэркиһииллэр.
Саҥа ыал дьиэлэригэр уруккуттан эбиллиилэрэ диэн – прокаттан уларсыбыт өҥө суох тэлэбиисэрдэрэ биир муннугу барытын күөнтээбит. Киэһэ оһохторун оттон баран, кыараҕас дьиэлэрэ сыыйа сылыйан барарын күүтэ сытан, тэлэбиисэрдэрин көрөллөрө, онтукаларын «аан дойдуга түннүк» диэн, хаһан эрэ Бүөтүр ыраахтааҕы Петербург куораты тутан баран, «Европаҕа тахсар түннүк» диэбитин маарыннатан ааттыыллара.
Бэргэн экрана харааран турар тэлэбиисэрин көрбөхтөөтө, билигин кинилэр сериал диэн хас киэһэ ахсын субуруччу салҕанан барар киинэлэри көрөн, ханна эрэ ыраах Латинскай Америкаҕа буолар дьоннор үөрүүлэринэн-кыһалҕаларынан олороллор, киэһэ киинэ кэллэр эрэ ыаллар бары тэлэбиисэрдэрин иннилэригэр хатаналлар…
Санаатын ситимин быһан кэлииккэ тыаһаабытыгар, Бэргэн түннүккэ сыстаат, сүрэҕэ үөрүүнэн туолла – кырса саҕалаах сонноох уонна эмиэ оннук бэргэһэлээх доҕоро барахсан маҥан хаартан да ыраастык туналыйа сырдаан иһэр. Маҥан хаар өҥүнүү ып-ыраас Ксеньята туртаҥныы дайан иһэрэ үчүгэй даҕаны… Кэргэнэ илиитигэр суумкалаах, онтон суон халбаһыы уһуга көстөр. Ити халбаһыы сыралаах уочарат түмүгэр ылылыннаҕа, ол иһин Бэргэн Ксеньятын хайгыы санаата: «Оок-сиэ, доҕорум барахсан төһөлөөх өр уочаракка турбута буолуой…» Ити кэмҥэ кыыс ыксаан-бохсоон ахан ааны аста, үрүҥ туман дьиэлэрин иһин күдэриктийэ толордо.
– Бэргэн! – диэтэ кыыс, таҥаһын да устубакка эрэ, – бу аттыбытынааҕы маҕаһыыҥҥа халбаһыы киллэрбиттэригэр түбэһэн, хата, тигистим, аны киэһэ сымыыт тахсар үһү, онно эмиэ уочараттаатым, билигин аһаан баран иккиэн барыахпыт, онно уочараккын булларан баран, мин кэлиэм. Хата маҕаһыын дьиэбититтэн чугас, онон сымыыт тахсыар диэри хардары-таары туруохпут…
«Эмиэ эт, халбаһыы айдаана, – Бэргэн сибилиҥҥи өрө көтөҕүллүбүт иэйиититтэн туох да хаалбакка, сииктии симэлийдэ, – бу туох ааттаах иэдээнэ түбүлээтэ, бачча улахан дойду эрээри, нэһилиэнньэтин аһатар эти-халбаһыыны оҥорон таһаарар кыаҕа суох, соторутааҥҥа диэри барыта баара дии, уларыта тутуу диэн саҕаланыаҕыттан ханна барыта сүтэн хаалбыт бэйэтэй…»
Ксенья тиэтэлинэн килиэби бысталаата, арыы сыыһын уонна мэлии саахары уурталаата, муора бытархай балыгыттан кэнсиэрбэни аста. Онтон атын киһи сонургуур астара суох буолла, иккиэн утарыта көрсөн олорон саахардаах, арыылаах килиэптээх хара чэй истилэр, биилкэнэн килиэпкэ балыгы сыбыы-сыбыы сиэтилэр, онтон Ксенья ыйытта:
– Сарсыҥҥы сэминээргэр бэлэмнэнниҥ дуо?
– Оттон син, – диэн хоруйдаата Бэргэн уонна түннүгүнэн көрбүт сонунун кэпсээтэ. – Ыалбыт хантан эрэ атаҕынан эт аҕалла.
– Абыраммыт дьоннор, – диэн баран Ксенья үөһэ тыынна, – бу олоххо Дьарааһын курдук кэлэр-барар дьон эрэ этэҥҥэ олорууһулар. Оттон биһиги курдук тыаттан улахан көмөтө суох устудьуоннар ас-таҥас булбакка улаханнык эрэйдэнииһибит быһыылаах, үөрэхпитин бүтэрэн, үлэһит буоллахпытына үрүҥ харахпытын дьэ өрө көрөр инибит.
– Тыаҕа да олох лаппа кытааппыт дииллэр, сопхуостар эстэн эрэллэр үһү, судаарыстыба аны харчы биэрбэт буолан, сопхуос үлэһиттэрэ хастыы да ый хамнастарын ылбакка букатын иэдэйбиттэр, ол иһин биирдиилээн ыаллар түмсэннэр бааһынай хаһаайыстыба диэни тэринэн эрэллэр үһү.
– Оччоҕо тугуй? Сопхуостар эстэллэр дуу?
– Оннугар тиийэр.
– Дьэ дьикти эбит, оччоҕо былыргы курдук бытархай хаһаайыстыбаҕа көһүү буолсу, итиччэтигэр хаппыталыыһымҥа төннүүһүбүт дии?
– Кэбис, доҕор, аньыыны саҥарыма, – диэн Бэргэн кэргэнин буойда, – аны тылбытыттан ыйана сылдьаайабыт, «бассабыыктар бараммат күүстээхтэр» диэн этэллэр дии, Сэбиэскэй былаас оннук судургутук сууллубата буолуо ээ. Хата, олоруохтааҕар тэлэбиисэрбитин холбуохха.
Тэлэбиисэр экрана сырдаабытыгар, иккиэн саҥата суох ону одууластылар – сонуннары биэрэ тураллар эбит, Горбачев хайа эрэ омук сиригэр уулуссаҕа хааман нэлэлдьийэ-хотолдьуйа сылдьан, дьоҥҥо тугу эрэ кэпсиир, кэргэнэ Раиса аттыгар туран, кини хас биирдии тылын бэркэ болҕойон истэр. Онтон атын сирдэртэн кадрдар элэҥнэстилэр – баһыйар үксэ армяннар олорор Нагорнай Карабаҕы Азербайджантан таһааран, Арменияҕа киллэрии туһунан олохтоох армяннар туруорсууларыттан сылтаан иирээн, миитиннэр, эбиитин Арменияҕа сир хамсаан, урусхал ортотугар сытар дьиэлэр, ону Азербайджаҥҥа сэтэрээччилэр баар буолуулара…
– Ээ, абааһыны сабан кэбис, – диэтэ Бэргэн, – туох аанньа сонуну кэпсиэхтэрин, хата халбаһыыга тиксбиккин, маладьыас, аны сымыыт ылларбыт…
– Ыарахан да кэмнэр кэлэн эрэллэр быһыылаах, тыаҕа сопхуос суох буоллаҕына дьон хайдах олорор? – диэтэ Ксенья тарбаҕын үрдүгэр кураанах бүлүүһэтин эргичитэ-эргичитэ, ол ойуутун кыҥастаһа олорон, – үөрэхпитин бүтэрдэхпитинэ, куораттан наһаа ырааппатарбыт бэрт буолуох этэ…
– Чэ, бастаан үөрэхпитин бүтэриэххэ, уоннааҕыта бэйэтэ көстөн иһиэ этэ буоллаҕа…
Ити курдук уку-сакы чэйдээн баран, маҕаһыыннарыгар бардылар, лаарга диэри хаста да эргийэн тиийэр уһуннаахай уочарат субуллубут, Ксенья тиийэн, ким кэнниттэн ханна турбутун булла, иккиэн уһун синньигэс уочаракка күнү быһа турардыы дьиппиэн көрүҥнэрин ылыннылар.
7
Бэргэн биир киэһэ дьиэтин аанын аһаат да, Ксеньята оһох иннигэр олорорун көрө түстэ. Бүгүн кэргэнэ эрдэлээбит, остуолга аһын-үөлүн тардыбытыттан сылыктаатахха, син балача өр күүппүт быһыылаах. Кэргэнэ эрдэ кэлбититтэн уол үөрдэ, үксүгэр дьуһуурустубата эҥин буолан, хайдах эрэ мэлдьи кини хойутуур буолара, онон тугу эмэ буһаран тоһуйуу үксүн Бэргэҥҥэ тиксэрэ.
– Хайа, бүгүн дьуһуурустубаҥ суох дуу? – диэтэ Бэргэн эгэ-дьаҕа уонна таҥаһын уларытта туран Ксенья хайдах эрэ сэниэтэ суох «ыык» диэбитигэр соһуйан, болҕойон көрбүтэ – кэргэнин сирэйэ-хараҕа хайдах эрэ салбаҕырбыт, ытаабыт быһыылаах.
– Тыый, бу хайдах буоллуҥ, ким атаҕастаата? – дии оҕуста.
– Суох, ким да атаҕастаабата эрээри… – кыыс сүрдээх туруору хайаны дабайан тахсыбыт киһилии эмискэ күүскэ төлө биэрдэ уонна: – Биир мөлтөх сонуннаахпын, бүгүн баран дьахталлар консультацияларыгар сырыттым, ону чинчийэн көрөн баран, миигин оҕото суох буолаҕын диэн быһаардылар, – Ксенья эмискэ куолаһа титирэстээн, ытаан барда.
Бэргэн кэргэнин аһынан, төбөтүн түөһүгэр ыга тардан баран, бокуойа суох баттаҕын имэрийэ-имэрийэ сыллаата-уураата:
– Доҕоччуок, уоскуй даа уоскуй, ол алдьархай буолбатах, наһаа ыксаамыах, билигин эмп күүстээх, баҕар, эмтиэхтэрэ.
Кыыс хараҕыттан ып-ыраас таммахтар тохтоло суох тобурҕастылар:
– Мин оҕо мааткалаах үһүбүн, онон туох да быыһаабат…
Бэргэн ыксаата уонна:
– Оҕону ылан иитиэхпитин да сөп буоллаҕа, – диэтэ, – Чыычааҕым, ытаама эрэ, эн айманнаххына, миэхэ наһаа ыарахан буолар.
Ксенья аһыннаран, өссө сэтэрэн, уйа-хайа суох ытаата уонна ытыырын быыһыгар бокуойа суох сипсийдэ:
– Айбыппыт тоҕо миигин маннык хабырдык атаҕастаабыта буолла? Итинник ыарыылаах бэрт сэдэх, тыһыынчаҕа биир эмэ баар буолар дииллэр, онно мин түбэһэн хаалбыппын. Лотереяҕа массыына сүүйэр курдук, биир эмэ киһиэхэ тиксэр үчүгэй эбитэ буоллар, миэхэ түбэһэн да бэрт, оттон куһаҕантан Айбыт матарбат, ким хайа иннинэ мин тииһинэ охсубуппун… Хайа дьоллоохторго санаатылар да оҕо үөскүүрэ эбитэ буолла? Били эһигини кытта уопсайга ыаллыы олорбут Динаҕыт кылгас кэмҥэ билсибит уолуттан ыарахан буолан, онтон кыбыста ахан сылдьар, хайдах эмэ гынан улаата илигинэ түһэртэрэн кэбиспит киһи диир. Оттон биһиэхэ бу… Ким эрэ кыраабытын курдук…
– Чэ, кэбис, аньыыны саҥарыма, ама ким кыраатаҕай, – онтон Бэргэн эмискэ хонос гынан, кэргэнин өрө тардан, уу-хаар баспыт хараҕын утары көрдө, – Динаҥ хата ол оҕотун түһэртэрбэтин-хайаабатын, биһиги да ылан иитиэхпит, бэйи эрэ, оттон аҕата биллэр дуо?
– Биллэр, хоту дойдуттан сылдьар саха уола.
– Чэ, оччоҕо оонньуута суох дьүөгэҕин кытта кэпсэт, киниэхэ оҕо наадата суох буоллаҕына, биһиги ылыахпыт.
Ксенья кытархай сибэкки ойуулаах былатыагынан хараҕын соттуммахтаата уонна хаттаан ыйытта:
– Кырдьык дуо?
– Кырдьык буолумуна, үөрэхпитин бүтэрэн, атын сиргэ үлэлии барарбытыгар кыһыл оҕону көтөҕөн тиийиэхпит уонна бэйэбит оҕобут диэхпит, оччоҕо ким да бу иитиэх оҕо диэн уорбалыа суоҕа.
– Бэргэнчигим, арааһа, сөпкө эттиҥ ээ, – кыыс биллэ сэргэхсийдэ, ойон турда, – бэйи, оччоҕо сибилигин уопсайга баран, мин Динаны көрсө охсобун, бэркэ ыксыыр этэ, аны сарсыарда тураат, түһэртэрэ баран хаалыа, чэ, түргэнник аһыы охсуохха.
Кэмчи астаах остуолларыгар утарыта көрсөн олорон чэйдииллэригэр Бэргэн:
– Мин эйигин кытта уопсайга барсабын, – диэбитигэр кэргэнэ күллэ:
– Доҕоччуок, туох диэн эттэххиний? Ол биһиги, дьахталлар, кэпсэтиибитигэр эр киһи кыттара наадата суох уонна куттаныма, Сэргэлээх бу икки ардыгар аҕыйахта үктээн тиийиэм, наадабын быһаарсаат, төннүөм буоллаҕа, – дии-дии Ксенья урукумуонньугу талырҕатан сирэйин суунна, лаампа сырдыгар пуудараланан, бааталаах маҥан тарбахтара элэҥнэстилэр.
– Уопсайга тиийэн мин уолаттарбар олоруом, соҕотохтуу ыыппаппын, аны күлүгээттэргэ түбэһиэҥ.
– Чэ, баҕар, буоллун.
Иккиэн аһаан бүтэн, тиэтэйэ-сарайа таҥнан, туманынан бүрүллүбүт уулуссаҕа тахсан, хаамсан хоочугураһа турдулар. Сайсары күөлүгэр киирэн, тэпсиллибит элбэх ыллык ортотугар тумаҥҥа хайысхаларын сүтэрэ да сысталлар, уҥуор туораан тахсаннар, стадион олбуорун кыйа барбахтыылларын кытта туман быыһыттан Сэргэлээх таас дьиэлэрин уоттара тырымнаһа түстүлэр.
Түргэнник сылдьыах курдук санаабыттара да, хайа-хайалара бииргэ үөрэнэр оҕолорун ортолоругар киирэн, кэпсэтэн-ипсэтэн уһаатылар, дьиэҕэ-уокка наллаан көрсүбэтэхтэрэ да ырааттаҕа. Төннөллөрүгэр, таһырдьа тахсыбыттара, тымныы арыый сыһыйбыкка дылы, туман арыый дьэҥкэрэн, бэл үөһэ будулҕан быыһынан туолбут ый көстөр. Тымныы да, хойут да буолан, биир эмэ тиэтэйбит киһи күлүгүлдьүйэн ааһар уонна туох да баара биллибэт, арай ханна эрэ ыт үрэн ньаҕыйан иһэн ах барда.
– Хайа, Дина туох диэтэ? – Бэргэн тымныы салгыны эҕирийимээри, иллэҥ илиитинэн саал былаатын сирэйигэр өрө тарда-тарда ыйытта.
– Чэ, дьиэбитигэр тиийдэххэ сиһилии кэпсиэм, манна киһи кыайан саҥарбат, тыыным хаайатарар…
Ол иһин атахтарын эрчимнээхтик тэҥҥэ үктээн, хоннохторун анныттан тутуһан күөллэрин устун балачча өр хааман хаачырҕатан, син сыыры дабайдылар, кэмниэ-кэнэҕэс олбуордарын ааныгар кэлэн, хатаммыт кэлииккэни аһан, дьиэҕэ киирдилэр, ити тухары биир да тылы бырахсан кэпсэппэтилэр.
Ааннарын аһан иһирдьэ атыллыылларын кытта, сирэйдэригэр сылаас салгын ил гына охсулунна, электрическэй лаампа умайан күндээрэ түстэ.
– Дьэ маннык, – диэтэ Ксенья сонун устаат да: – Мин маҥнай Динаттан туруга хайдаҕын туоһуластым, кыыһым: «Оҕом улаатан хаалла быһыылаах, түһэрээри эмп иһэн көрөбүн да – билиммэт уонна эми сөбүлээбэккэ дуу – сүрэҕим-быарым эриллэр», – диир. Мин олох туһугар охсуһан муҥнанар оҕо эрэйдээҕи наһаа аһынным: «Дина, оҕоҕун түһэртэримэ, төрөө, биһиги эйигиттэн ылан иитиэхпит», – диэтим. Кыыһым наһаа соһуйда да, үөрдэ да быһыылаах, маҥнай ытамньыйда, ол курдук өр кэпсэттибит, кини оҕотун аҕатын – аанньа билбэт киһитин кытта быстах билсэн ааспыттарын, ол түмүгэр оҕо үөскээбитин, ону төрөттөҕүнэ, соҕотох бэйэтэ оҕо чэҥкээйилэнэн олорор кыаҕа суоҕун, өссө үөрэнэр уонна ыал буолар санаалааҕын эттэ. Чэ, онон сөбүлэстибит, арай ол эмп испитэ оҕо доруобуйатыгар охсубат ини.
– Оо, эрэйдээҕи, оҕо муҥнаах тыыннаах хаалар туһуттан төһө эрэ куттанан, олох туһугар охсуһан эрдэҕэ, киһи аһыныах…
– Акаарычаан, кини билигин тугу да билбэт быыкаайык үөскэх эрэ буоллаҕа.
– Син биир, тыыннаах дууһа диэн тыыннаах дууһа.
Иккиэн да төрүү илик оҕону аһыйан ах бардылар, устудьуоннарга аһаан кэлбит буоланнар, чэйдээбэккэ эрэ баарыан тиэтэйэн хаалларбыт иһиттэрин хомуйдулар уонна тута утуйаары сыттылар. Уу чуумпу. Ыалларын остуолбаҕа ыйаммыт лаампаларыттан түннүк сабыытын быыһынан сырдык кутуллар, ол биир дьирбиитэ хартыынаҕа бугул тэллэҕэр олорор уоллаах кыыһы сырдатар. Аны санаатахха, тоҕо кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр көхсүлэринэн буоллулар? Арааһа, иирсибиттэр быһыылаах. Оок-сиэ, олох обургу уустук даҕаны, Толустуой эппитигэр дылы, хас биирдии дьоло суох ыал уратылаах. Билигин кинилэр эмиэ атын сири көрөллөр, Ксенья улаҕа хайыһан мунна сурдургуур, кэм да ытыыр быһыылаах, оттон Бэргэн икки илиитинэн кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн, өһүө боруоран көстөрүн одуулаһар.
Кэргэнин аһынарыгар буолан, оҕо үөскээбэт буолбутун туһунан сонуну аан маҥай хайдах эрэ кулгааҕын таһынан аһарбыта, билиги санаатахха, сүрдээх дьыала эбит – дьиҥ бэйэтин оҕото суох буоллаҕына, бу орто дойдуга кэлэн барбыт бэлиэтэ – этэ-сиинэ, хаана-сиинэ кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах да хаалыа суох бэйэтэ буоллаҕа. Иитиэх оҕо диэн иитиэх оҕо буоллаҕа, саатар хаан аймахтарыттан атын, ол Дина кылгас кэмҥэ имэҥнээх тапталын түмүгэр хайа киһиэхэ оҕо оҥорторбутун бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ…
Бэргэн туран, остуолга тиийэн, чааскытын ылан, тымныы ууну куттан испитэ буола олордо, оттон кэргэнэ атын сир диэки хайыһан сытан тохтоло суох сиигирэр хараҕын кистии-саба ытыһын тэллэҕинэн соттор, маны барытын будул-идил туманы быыһынан устаҥныыр ыйдаҥа үөһэттэн одуулаһар.
8
Итинтэн ыла уонча сыл ааста. Бэргэннээх ол тухары хоту улууска үлэлээн баран, болдьоспут кэмнэрин хас да бүк толорон уонна кырдьыгынан эттэххэ, кэнникинэн ыраах, кытыы сиргэ олох уустугурбутуттан, ас-таҥас сыаната сиэрэ суох ыараабытыттан сиэттэрэн, нуучча өһүн хоһоонугар «балык уу дириҥэр, киһи үчүгэй олоххо тардыһар» дииллэринии, киин сиргэ чугаһаан, куорат таһынааҕы дэриэбинэҕэ көһөн кэллилэр. Ксенья ыал буолан, училище кэнниттэн салгыы үөрэнэ сатаабатаҕа, билигин оскуолаҕа биэлсэрдиир, оттон геолог идэлээх киһи Бэргэн сөптөөх үлэ көстүбэккэ эрэйдэнэн баран, хата, куоракка биир тэрилтэҕэ харабылынан ылбыттарыгар да үөрдүлэр. Ксеньяҕа учууталлар уопсайдара диэн ааттанар – уунан ититиллэр эрээри, туалета таһырдьа, ууну массыынанан аҕалтаран буочукаҕа кутар дьиэҕэ икки хостоох квартира биэрэн абыраатылар, үөрэхтэрин бүтэриэхтэрин эрэ иннинэ Дина уол оҕоломмутун кинилэр көрдөһөн ыланнар, бэйэлэрин анныларыгар суруйтаран, Эллэй диэн ааттаабыттара манна кинилэр оскуолаларыгар кыра кылааска үөрэнэ киирдэ.
Биэс сыл устата сылаас уйа буолбут Сэргэлээх барахсантан араас сиргэ ыһыллыахтарыттан, Бэргэннээх тэйиччи улууска олохсуйаннар, бииргэ үөрэммит оҕолорун кытта көрсүбэтэхтэрэ быданнаата. Сэргэлээхтээҕи да сыллар ыраах суол тоҕойун кэтэҕэр сүппүт курдуктар, билигин Сэргэлээҕи, эдэр саастарын уйатын биирдэ эмэтэ быһа оҕустахтарына, олох атын көлүөнэ эдэркээн уолаттар, кыргыттар сылдьаллар, хаһан эрэ кинилэр курдук күн кыһалҕата суох оонньуунан-көрүнэн туолбут уопсай дьиэлэргэ туран, туох баҕарар ааһарын, умнулларын, олох олус кылгаһын, сааһырыы кэлэрэ түргэнин туһунан курус толкуй долгуна харааһыннара кууһара.
Бииргэ үөрэммиттэриттэн үгүстэр куораттан барбатахтар, Эллэйдэрин ийэтэ Дина саастаах соҕус эрээри, улахан дуоһунастаах уонна үптээх-астаах киһи ойоҕо буолбут сураҕын истэллэр. Ол эрэ улахан дуоһунаска сылдьан, уларыта тутуу долгуна саба халыйан кэлбитигэр долгуйбакка-уолуһуйбакка баантан улахан иэс ылан, маҥнай чааһынай маҕаһыын аспыт, онтон сылтан сыл улам уопутуран, Кытайынан, Турциянан, Араб дойдуларынан үлэһиттэрин ыытан, эргинэн-урбанан, чахчы да «кыһыл көмүс үрүччэни таба тайанан» – куоракка хас да маҕаһыыннаммыт, массыыналаах, дьиэлээх-уоттаах «саҥа сахалар» кэккэлэригэр бигэтик киирбит, кини көмөтүнэн дуу – Дина эмиэ салайар үлэҕэ эриллэн, бэлиитик-дьахтар аатыран, республиканы сирэйдиир-харахтыыр араас делегациялар састааптарыгар киирсэн, онно-манна сотору-сотору барар-кэлэр үһү диэни истэн, сорохтор үөхсэллэр, оттон үгүстэр ордугургуу саныыллар. Оттон Бэргэннээх Ксенья: «Оҕобут ийэтэ кыахтаах киһилиин холбоспут уонна бэйэтэ эмиэ салайар кэккэҕэ киирбит буоллаҕына, баҕар, биирдэ эмэ Эллээйчикпитигэр көмөлөһүө», – диэн үөрэ саныыллар.
Бэргэннээх Ксенья хаар түһүөн иннинэ биир субуота күн, оптуобуһунан куораттаатылар, анаан-минээн маҕаһыыннары кэрийдилэр, улахан тугу да атыыласпаталлар даҕаны, хас да сиргэ сылдьан, киэһэлик болуоссаты туораан эрдэхтэринэ, кэннилэригэр массыына бээҕинээтэ уонна: «Бэргэн! Бэргэн!» – диэн ыҥырдылар. Эргиллибиттэрэ – бас сыгынньах эрээри, нуорка саҕынньахтаах Дина уулусса кытыытын киэптии багдаллыбыт «Лан крузер» массыынатын сэгэппит аанын үрдүнэн быган, мичээрдии турар, моонньугар эриммит маҥан былаата ала-чуо туртайар.
– Хайа, Ксенья, Бэргэн, дорооболоруҥ! – диэтэ.
– Тыый, Дина! – урукку дьүөгэтин көрөн, Ксенья саҥа аллайда: – хас сайын, хас кыһын ааста?! Оок-сиэ, кыыс оҕото, өлөн-охтон биэрбэт, билиҥҥи үйэ саамай модун «Лан крузер» массыынаҕыттан көрдөххө, олох-дьаһах да люкс быһыылаах дии?
– Наһаа улаханнык саҥарыма, ол эрээри мин дьылҕабар үҥсэргиирим сатаммат, – Дина астыммыттыы күллэ.
– Былыргы сүктэр кыыс маҥан атынан наскылдьыта сырыттаҕа, билиҥҥи үйэ кыргыттарын көр…
– Биир ат оннугар сүүһүнэн аты миинэ сылдьыбыт ордук, үйэбит оннук, хайа эһиги ханна бараҕыт? Мин быраҕан биэриим.
– Бэйи, Дина, биһиги маҕаһыыҥҥа сылдьыахтаахпыт… – диэн Бэргэн аккаастыах курдук гыммытын Ксеньята хааман сылайбыт быһыылааҕа, эгэ-дьаҕа сөбүлэспитэ:
– Ээй, чэ, маҕаһыын буоллар хааллын, хата, бэлэм массыынанан дьиэбитигэр бырахтарыахха.
– Доҕотторбун илдьэн бөҕө, көрсүбэтэхпит да ыраатта, эһиги куоракка көспүт сураххытын истибитим, – Дина үөрдэ-көттө, тирии кууркалаах дыгдаллыбыт суоппара тахсан дорооболосто уонна кэлин аанын аспытыгар, Бэргэннээх Ксенья киирэн олордулар, кинилэр миэстэлэрин булбуттарын кэнниттэн массыына оннуттан тыаһа-ууһа суох хоҥунна.
– Хайа, доҕоор, дьэ сүрдээх да массыыналаммыккын, – диэн Ксенья хатылаан чиҥэтэн этэн, дьүөгэтин эмиэ хайҕаата, – тэрилтэҥ массыыната дуу, бэйэҥ киэнэ дуу?
– Бэйэм… – Дина соччо дьалайбатах быһыынан хоруйдаата.
– Бадарааны-идэрээни билиммэт сэп быһыылаах, биһиэхэ хоту дойдуга сылдьарга бэрт буолуо эбит, сыаната да тос курдук буолуохтаах, – диэн баран Бэргэн, харда эрэйэн кыыһы көрдө.
– Тос курдук… – Дина кини саҥатын ой дуорааныныы хатылаата, массыына сыаната төһөтүн чопчу эппэтэ, бука, кинилэр курдук дьон санаммат сыыппаралара буолуохтаах, ону бигэргэтэрдии кыыс сөбүлээбэтэх быһыынан: – туох ааттаах массыынаны сөҕөн хааллыгыт, массыына диэн кэлэргэ-барарга атах тардыстар эрэ аналлаах, атыны кэпсэтиэҕиҥ… – диэтэ.
– Үүммүт үйэ ирдэбилин эн кэмигэр өйдөөн сөпкө дьаһаммыккын, оттон биһиги, сэссиэлиисим сырдык саарыстыбатын оҕолоро, өйбүт-санаабыт уруккулуу – маҥнай норуот туһугар олоруохтаахпыт, бар дьон туһугар кыһаллыахтаахпыт диэн курдук… – диэтэ Ксенья, эргим-ургум көрбөхтүү-көрбөхтүү. – Дина кэргэннэммит үһүгүн дуу? Туох үлэһитий?
– Бизнесмен…
– Ким диэний?
– Карп… – эмиэ биир тылынан кылгастык хардараат, кинилэргэ лаппа хайыста, – бэйи эрэ, оттон эһиги тугунан дьарыктанар буолаҕыт?
– Мин идэбинэн биэлсэрдиибин, оттон Бэргэн харабыл, – диэтэ Ксенья уонна санаатын эбии эттэ, – куоракка өр буолан баран төннүннэххэ, уларыйыы-тэлэрийии буолбут, биһиги тыаҕа олорон олохтон хаалбыппыт быһыылаах, оттон эн курдук доҕотторбут билиҥҥи олох киэҥ хардыытын кытта тэҥҥэ барсан иһэр эбиккит, маладьыастар.
– Киһи олоҕун оҥостуохтаах буоллаҕа дии, – диэтэ Дина, проспекка киирэргэ уулусса быһа охсуһуутугар светофорга тохтообуттарыгар, суоппар хотунун диэки көрдө:
– Динара Игоревна, ханна барабытый?
Дина кинилэр диэки хараҕын быраҕан ылла:
– Бэйи, бу дьону маҥнай тиэрдиэххэ, аадырыскытын этиҥ эрэ, – уонна тиийэр сирдэрин истэн баран соһуйда, – онно тугуй, ол дэриэбинэҕэ дьиэ туттубуккут дуо?
– Суох, туох дьиэтэ кэлиэй, манна саҥа олохсуйбут дьоҥҥо, – диир Бэргэн, – итиннэ Ксенья оскуолаҕа биэлсэрдиир буолан, киниэхэ уопсайга квартира биэрбиттэрэ.
– Уопсайга квартира даа? – Дина соһуйбут курдук хатылаан ыйытта уонна бэйэтэ бэйэтин уоскутардыы саҥарда: – Ол эрээри тыаттан саҥа киирдэххит, барыта – иннигитигэр.
– Биһиэхэ ол да сөп, үҥсэргээбэппит, – диэтэ Бэргэн кыйыттыбыттыы.
– Оҕолоор, бэйэ-бэйэҕитин кытта көрсүбэтэххит ыраатта дии уонна атын кэпсээн суоҕар дылы баайы-дуолу аахсымаҥ. Кырдьык, Дина, биһиги, куоракка саҥа киирбит дьон, ити да дьиэ көстүбүтүгэр үөрэбит. Бэйэҥ туох эрэ уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар быһыылааххын дуу? – диэн Ксенья ыйытта.
Дина мүчүк гынна:
– Бар дьоммут туһугар кыһаллыахтаах буоллахпыт дии, ол иһин араас уопсастыбаннай хамсааһыннарга харса суох кыттабын, олус уустук, норуоппут кэскилэ барыта быһаарыллыан сөптөөх мүччүргэннээх кэмҥэ кэллибит, оннук түгэҥҥэ мунукка-ханныкка саһан сытар табыллыбат. Оҕолоор, кэлэр субуотаҕа биһиэхэ кэлэ сылдьыҥ эрэ, кэргэммин билиһиннэриэм, дьиэбин-уоппун көрдөрүөм.
– Туох эрэ бырааһынньык буолар дуу? – Бэргэн чуолкайдаста.
– Суох, субуоталарга мин кэргэним бизнескэ бииргэ үлэлиир дьонун ыҥыртаан сынньанааччылар, үксүн тыаҕа бултуу-алтыы барааччылар, бу сырыыга халлаан тымныйда, ыраата үүтээннэригэр айанныахтарын өрүс мууһа тура илик, онон дьиэбитигэр бырааһынньыктыахпыт диэн эппитэ.
– Эс, эн кэргэҥҥиттэн хайдах эрэ толлобут, партнердара да олус сүрдээх-кэптээх буолуохтара, онно биһиги курдук судургу дьон туох диэн тиийиэхпитий? – Ксенья салла санаабытын кистээбэтэ.
– Мин кэргэним Карп киһи курдук киһи, баҕар, омос көрөргө тоҥкуруун курдук буолуо да – билсэн-көрсөн бардахха, кимтэн кэпсээннээх-ипсээннээх, оттон билигин кыратык кыаҕырбыппыт диэн улахан кэпсээҥҥэ киирбэт. Сахалар төрдүбүтүн ырыттахха, оннук тиэрэ байбыт, аан дойду миллиардердарын кытта тэҥҥэ турар киһибит былыр да суоҕа, билигин да тахсара ыраах, онон бары биир төрүттээх-уустаах, тэҥ дьоммут диэн кэбиһиҥ.
Чочумча ах бардылар, түннүк нөҥүө Туймаада киэҥ сыһыыта элэгэлдьийэр, от-мас кэмчи, иинэҕэс иирэлэр, сэппэрээктэр ааһаллар, ол оннугар массыына быыһа-арда суох субуллар, тэйиччи түөртүү-биэстии этээстээх дьиэлэр аттыларыгар араас саҥа тутуулар көстөллөр. Суоппар хотунуттан көҥүллэтэн баран араадьыйатын холбоото – ыраах хоту дойду, туундара туһунан ырыа дьүрүһүйэр, бары ону иһиллиирдии чуумпуран олордулар, Бэргэн хоту олохторун, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга дьүкээбил уота халлааны барытын сырдата күлүмнүүрүн-чаҕылыҥныырын туоххаһыйа өйдөөтө, оттон Ксенья дьүөгэтэ кыаҕырбыт-байбыт эрээри, биир да тылынан Эллээйчик туһунан ыйыппатаҕын дьиктиргээтэ эрээри, иһигэр оҕотун син саныыр быһыылаах, көрүөн баҕарара буолуо, ол иһин биһиги курдук быта да суох дьадаҥы дьону бэйэтигэр ыҥырар диэн санаата, кэмниэ-кэнэҕэс хоту дойду туһунан ырыаттан өй булбуттуу Дина саҥарда:
– Эһиги аны туундара түгэҕэр олорор буолбатаххыт, куорат дьоноҕут, аныгыскы субуотаҕа бу суоппарым Сааска кэлэн эһигини дьиэҕититтэн ылыаҕа, хайаан да ыалдьыттааҥ, эдэр сааскыт дьүөгэтин дьиэтин-уотун көрүҥ, кэргэммин кытта билсиҥ.
– Бииргэ кытыйанан-хамыйаҕынан бырахсан улааппыт Динам ыҥырарын кэннэ баран бөҕө буоллаҕа, – дии оҕуста Ксенья, – эн этэргэр дылы – аны куорат дьонобут.
Ити икки ардыгар кинилэр дэриэбинэлэригэр кэлэ оҕустулар, Ксенья: «Киирэн чэй иһэн тахсыбаккын дуо?» – диэбитин Дина ыксыыбын диэн аккаастанна, массыына хоҥунна, онтон эмиэ тохтоото, хотун түннүгүн тааһын түһэрэн баран: «Ксенья!» – дии-дии ыҥырда, дьүөгэтэ хап-сабар сүүрэн тиийбитигэр, тугу эрэ иһиллибэт курдук эттэ уонна таас сабылынна, «Лан крузер» төттөрү эргийэн, улахан суол устун субурута турбутун кэнниттэн одуулаһан туран Ксенья:
– Киһи түргэнник да көнөр буолар эбит, уонча сыллааҕыта маҕаһыынтан кырбас эти булан мииннэннэхэ үөрэр, уопсай дьиэҕэ биир ороҥҥо атахтаһан утуйбут кыыһым сылдьар диэтэххэ, арааһа, ким да итэҕэйиэ суоҕа, аны биһигини бэйэтигэр тэҥнээбэт…
– Ити ыҥыран тугу эттэ? – диэн Бэргэн ыйытта.
– «Оҕото суох бэйэҕит эрэ кэлээриҥ, Карпым сөбүлүө суоҕа», – диэннээх, саатар оҕом хайдаҕый, кистээн көрдөрүҥ, хайдах-туох сылдьарый да диэбэтэ, – диэтэ Ксенья чахчы абаран.
Икки этээстээх уопсай дьиэлэрин диэки хаамыстылар, добдугураччы тоҥмут суолга кыраһа үрдүгэр атахтарын суола харааран хаалар, Бэргэн кэргэнин хонноҕун анныттан ылла уонна уоскутардыы саҥарда:
– Ити эрээри кимиэхэ да ымсыырар наадата суох, үөһэ дойдуга быалаах кинигэҕэ ким хайдах олоруохтааҕа барыта суруллан турар дииллэр, оннук эркээйибит эрдэттэн охсуллубут буоллаҕына хайыахпытый, хата, аныгы өрөбүлгэ эн дьүөгэҕэр, оҕобут ийэтигэр ыалдьыттыахпыт, төһө да байдар, кыаҕырдар, син аймах, доҕор тэҥэ санаан, биһигини билбэт курдук туттубатыттан, дьиэтигэр эҥин ыҥырарыттан үөрүөххэ эрэ сөп буоллаҕа.