Kitabı oku: «Үйэ кирбиитигэр»
Федот Федотович Захаров – саха омук былыргытын, ордук киин улуустар сахаларын былыргытын чахчы киэҥник, дириҥник билэр, үөрэппит, чинчийбит киһи. Саха сиригэр Орто Өлүөнэҕэ нуучча хаһаактара кэлиэхтэриттэн ыла сахалар былыргыларын туһунан норуот сэһэннэрин архыып докумуоннарын кытта тэҥнээн чинчийбитэ. Онон былыргы сахалар олохторун-дьаһахтарын, майгыларын-сигилилэрин, материальнай уонна духуобунай культураларын чахчы дириҥник, ымпыктаанчымпыктаан, сиһилии билэрэ. Ол кини «Боотуруускай улуус сахаларын төрүт уустара», «Омоҕой баай», «Уоруллубут таптал», «Кыыс дьылҕата», «Кый барыы» диэн сэһэннэригэр ырылхайдык көстүбүттэрэ.
Онон Ф.Ф. Захаров былыргы сахалар тустарынан бөдөҥ айымньылары айар толору бэлэмнээх киһи этэ. Ону «Үйэ кирбиитигэр» суруйуута толору туоһулуур. Темата уустук кэми хабар. Манна Саха сирэ Россия кииннэммит государствотыгар холбонор кэмэ уустаан-ураннаан көрдөрүллүбүт.
Бу уус-уран айымньы, төһө да историческай чахчыларга олоҕурдар, историяҕа сүүс бырыһыан сөп түбэһэрин ирдиир сөбө суох. Уус-уран айымньыга буолбут историческай событиелары ааптар бэйэтин хараҕынан көрөрө, бэйэтин санаатын этэрэ, бэйэтин версиятын биэрэрэ көҥүл дии саныыбын.
Айымньыга билиҥҥи кэмҥэ уопсай ылыныллыбыт көрүүлэргэ соччо сөп түбэспэт чахчылар бааллар. Холобур, Тыгын (Дыгын), хаҥаластар саха историятыгар оруолларын көрдөрүүгэ тус бэйэтин субъективнай көрүүтүгэр, ордук илин эҥэр сорох улуустарыгар тарҕаммыт үһүйээн араас варианын ис хоһоонугар олоҕуран суруйбут. Атын этнографическай быыччыктартан ыллахха, билиҥҥи уопсай ылыныллыбыт көрүүнэн нуучча кэлиэн иннинэ сахалар өлбүт киһини сиргэ көмпөттөрө, араҥастыыллара диэн өйдөбүл баһыйар. Онон ромаҥҥа нуучча хаһаактарын кытта кыргыһыыга өлбүт дьону сиргэ көмпүттэрин ааҕааччы соһуйа ааҕыан сөп. Ол эрээри бу кэнники сылларга Саха сирин археологтара французтары кытта ыыппыт археологическай хаһыыларын түмүгэр бэрт элбэх XIV–XVI үйэлэрдээҕи сиргэ көмүллүбүт сахалар уҥуохтара (ол иһигэр аттаах, кулуттаах көмүүлэр) көстүбүттэрэ.
Түмүктээн эттэххэ Федот Захаров бу бөдөҥ айымньыта былыргы сахалар тустарынан элбэх сонуну биллэрэр кыахтаах.
Г.В. Попов,
филологическай наука кандидата,
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
2006 с.
Үйэ кирбиитигэр
Уһуга-киэҥэ биллибэт киэҥ бэйэлээх хонуу куйаарга илгэлээх ардах түһэн, күөх от силигилии үүнэн, уһун кэмнээх өҥ дьыллар буоллахтарына, күөллэр, үрэхтэр, элгээннэр уунан туолаллар. Уйгу-быйаҥ буолан, киһи-сүөһү элбиир, дьоллоох олох туругурар. Ол эрээри сут, кураан дьыллар мүһэлгэлэрэ сатыылаатаҕына, онуоха эбии ымсыы, күөнтэһии, уулаах өҥ сири былдьаһыы, иирсээн баар буоллаҕына, дьон-сэргэ олоҕо огдолуйар. Муҥ-сор буулаан, эрэй-кыһалҕа эҥээрдэһэр.
Хонуу куйаарга олохсуйбут көс олохтоох омуктар мас мастаабаттар, от оттооботтор, дьиэ туппаттар, бурдугу ыспаттар. Чэпчэки иһиттэрин-хомуостарын, боолдьох дьиэлэрин тиэнэн, үгүс элбэх сүөһүлэрин кэнниттэн көһө сылдьаллар. Хаппыт талаҕы, сүөһү киитин уматан күөстэнэллэр. Кыылы, сэрии дьонун курдук элбэх киһи мунньустан, күрэтэн, күөйэн-хаайан бултууллар.
Туос иллэҥ буолан тэһийбэт, күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэр уолҕамчы дьон хайа эмэ аҕа баһылык сэриини тэрийэр буоллаҕына, киниэхэ үөрүүнэн холбоһоллор. Эбэтэр хантан эрэ атын урдустар кэлэн саба түстэхтэринэ, оҕолорун, ойохторун, бар дьоннорун, сүөһүлэрин-астарын көмүскээри, өргөс тутар кыахтаах эр дьон бары туруналлар. Бэйэлэрэ көмүскэммэт буоллахтарына, кинилэри ким даҕаны көмүскээбэт. Ол сэриигэ кимнээх эрэ кыайан-хотон өрөгөйдүүллэр. Сүөһүнү, кулуту үүрэн, баайы-дуолу былдьаан бараллар. Оттон кимнээх эрэ хотторон өлөллөр-сүтэллэр, ыһыллаллар. Эбэтэр эстэ сыһан баран, өрүһүнэн, эмиэ элбээн бараллар. Саҥа ыччат дьон үөскээн, атахтарыгар туран истэхтэрин аайы, урукку эрэй умнуллар, үөрэх буолбат. Хата, кимнээх эрэ килбиэннээх сырыылара күүркэтиллэн, кэрэ кэпсээн буолан, эдэр дьону эмиэ мүччүргэннээх сырыыларга угуйар, ыра санааларын оонньотор.
Оттон уһун кэмҥэ туох да араллаана суох олорор буоллахтарына, онно өр кэмнээх өҥ дьыллар эҥээрдэстэхтэринэ, киһи-сүөһү элбиир, кыаҕырар. Ол хайдах өйдөөх-санаалаах, майгылаах дьон баһылыылларыттан, төһө улахан холбоһук тэриллэн, киэҥ сири сабардаан олороруттан улахан тутулуктаах. Быдан былыр хууннар диэн модун холбоһук тэриллэн, Гоби кумах куйаарыттан Илин Сибиир тайҕатыгар тиийэ, сүрдээх киэҥ нэлэмэн сири бас билэн, хас да үйэ устатыгар «биһиги аҕай дуо?» диэн күннээн-күөнэхтээн олорбуттара. Кытайдар, кинилэр аттаах сэриилэриттэн көмүскэнээри, сүүһүнэн көс усталаах таас күүлэ күрүөнү, кириэппэс истиэнэни тутарга күһэллибиттэрэ. Ол олордохторуна, уһун кэмнээх алдьархайдаах кураан сут буолан, күөллэр, үрэхтэр уулара оҥойо уолан, куйаар кураанахсыйбыта. 155 сыллаахха хотугу хууннар өҥ сири көрдөөн, арҕаа көһүүлэрэ саҕаламмыта. Урал хайаларыгар Волга өрүс кытылыгар тиийэн, икки сүүс сыл кэриҥэ олорон, онно олохтоох финно-угордары кытта булкуспуттара.
Онтон төрдүс үйэ сэттэ уонус сылларыттан саҕалаан, хууннар аны арҕаа диэки көһөн барбыттара. Европаҕа кинилэри гууннар диэн ааттаабыттара. Гууннар төрдүс үйэ бүтүүтүгэр Сирияҕа, Каппадокияҕа, бэһис үйэ маҥнайгы аҥаарыгар номоххо киирбит улуу полководец Аттила баһылыктаах Европаҕа тоҕо ааҥнаан киирбиттэрэ. Европеецтар холбоһуктаах күүстэрэ кинилэри Испания сиригэр Каталонияҕа көрсөн, ынырыктаах кыргыһыы буолбута. Кэлин гууннар Европаҕа хаалан, тарҕанан, аттаах сэриилэрэ атын государстволарга сулууспалаан, хас да үйэ устатыгар иҥэн-сүтэн суох буолбуттара. Европа сиригэр онно-манна бытарыйан хаалбыт, түҥ былыргыттан силис тардар тэҥэри диэн таҥараларын умнубакка олорбут тобохторун, орто үйэтээҕи инквизиция суута атын итэҕэллээхтэр диэн урусхаллаан симэлиппитэ. Оттон соҕурууҥҥу хууннар дойдуларыгар хаалан, уһун сукка быста мөлтөөбүттэрэ. Кэлин өстөөхтөрүгэр – кытайдарга, динлиннэргэ, сяньбиларга улам кыайтаран, олох эстибиттэрэ.
Ол кэнниттэн сүүһүнэн сыллар ааспыттара. Улуу истиэпкэ өҥ дьыллар эргийбиттэрэ. Киһи-сүөһү үөскээн, элбээн, саҥаттан саҥа көлүөнэ солбуллан испитэ. Кэлин, алтыс-сэттис үйэлэргэ, түүрдэр модун холбоһугу тэрийэн, Кытай, Иран, Византия курдук сүҥкэн государстволары кытта тэҥҥэ анньыһар улуу империяны олохтообуттара. Илин Амур өрүстэн арҕаа Хара муораҕа тиийэ киэҥ нэлэмэн сири олоччу бас билбиттэрэ.
Былыргы хууннар үлтүркэйдэрэ Орто Азияҕа, Алтайга, Кытайга, Маньчжурияҕа хаалбыттарын, түүрдэр өрөгөйдөөн олороннор, бэйэлэригэр симэлиппиттэрэ. Арай Байкал күөл арҕаа эҥээригэр, Ангара өрүс уҥуор, тыа быыһыгар саһан, бүгэн олорбут аҕыйах ахсааннаах айыы аймаҕа эрэ ыраах кытыыга олорор буоланнар, таарыллыбатахтара. Хууннары арҕаа көһөрбүт уһун сукка айыы аймаҕа эстэ сыһан, уу кытыытыгар олорор буоланнар, тыыннаах ордубуттара. Кэлин даҕаны быста-быста салҕанан, ыраах буолар араллааннарга кыттыспакка, бэйэлэрэ туһунан сирдээх-дойдулаах, аймах дьон аатыран, утуму салҕаан, бур-бур буруо таһааран олорбуттара. Илин өттүлэригэр улуу Байҕал уһуу тэнийэр. Соҕуруу тыа эҥээрдээх уһун Сайаан хайата истиэп тыалын хаххалыыр. Хоту киэҥэ-киэлитэ биллибэт сис тыа, хайа. Онон үргүөр үргүйбэт, ыһыы-хаһыы иһиллибэт кытыы сиргэ нус-хас олорор курдук сананаллара.
Арай арҕаа өттүлэригэр кыргыстар диэн халыҥ аймах дьон олороллор да, ыраахтара уонна эйэ дэмнээхтэрэ. Кинилэри кытта уора-көстө сүөһүнү үүрсэр кыра хабырыйсыылар буолааччылар да, олоҕу огдолутар улахан сэрии буолбата. Улуу түүрдэргэ уһанар аймаҕы атаҕастаатахтарына, иэстэбиллээх буолуо диэн кыргыстар кыраҕыйан мээнэ тыыппаттара.
Киэҥ нэлэмэн истиэпкэ көһө сылдьар сэрииһит омуктар тимир оҥоһукка, сэрии сэбигэр олус наадыйаллара. Ол иһин хайалаах, мастаах сиргэ олорор тимир уустарын тыыппаттар этэ. Айыы дьоно былыр-былыргыттан тимири уһаарар, уһанар идэлээхтэрэ. Түүрдэр кинилэргэ сэрии сэбин, куйаҕы оҥорторон ылаллара. Кырыы хааннар диэн ааттыыллара.
Айыы аймаҕа аҕыйах ахсааннаах үс аҕа ууһа буолан олорбута. Кинилэр сылгыны, ынаҕы иитэн, бултаан, балыктаан айахтарын ииттэллэрэ. Бурдугу, просоны ыһаллара. Просоны тараан диэн ааттыыллара. Тараан таһар икки төгүрүк иилээх таратаайканы оҥостоллоро. Таҥас хатар күөрчэххэ өрбөҕү өрөллөрө. Кинилэр атыыһыттара улуу Байҕалы соҕуруу тумсунан эргийэн, Хаамар Дабаан сис хайатын нөҥүө түһэн, Кээхтийэҕэ тиийэн, түүлээҕи, тимир оҥоһуктары кытай таҥаһыгар, иһитигэр, бурдугар атастаһаллара. Кинилэр истиэп олохтоохторун курдук сэрииһиттэрэ суоҕа. Истиэп хас биирдии сэрииһитэ үс аттаах буолуохтаах этэ: айан ата, ындыы ата уонна сэрии ата диэн. Оттон айыы аймаҕа ханна да көспөккө, тыа кыараҕас алаастарыгар олорор буоланнар, элбэх сылгыны кыайан ииппэттэрэ. Ол да буоллар, аҕа ууһун көмүскүүргэ, күүстээх буолар чинчилээх уол оҕолору кыргыс үөрэҕэр үөрэтэллэрэ.
Кэлин түүрдэр иккис каганаттара эстибитин кэннэ, кыргыстар дьэ көҥүл бараннар, арҕаа диэки олорор айыы аймаҕар кэлэннэр сабыта түһүтэлээбиттэрэ. Ол иһин Аҥхара өрүс арҕаа өттүгэр олорбут аҕа ууһа дойдуларын хаалларан, тэскилээн улуу Байҕал илин өттүгэр көспүттэрэ. Ол диэки үксэ куйаар эҥээрдээх дойду буолан, хоту тыатыгар сыстан, урааҥхайдар диэн ааттанан олорбуттара. Оттон улуу Байҕал уонна Аҥхара өрүс икки ардыгар олорор аймах дьон, ханна да көспөккө, дойдуларыгар олорон хаалаллар. Кинилэр үтүөлэрэ кыргыс омук баайдарын ыччаттарын кытта хардарыта эр-ойох ылсан, уруурҕаһа, эйэни олохтуу сатыыллар.
Онтон өҥ-сут эҥээрдээх хас да үйэ ааспытын кэннэ, уон үһүс үйэҕэ, могуол омуктар модун холбоһугу тэринэн өрөгөйдөөбүттэрэ. Кинилэр эмиэ хонуу куйаар дойдулаах көс омуктар этилэр. Тимири уһаарарга, уһанарга идэтийбэт буоланнар, былыргы түүрдэр курдук тимир уустарын тыыппаттар этэ. Ол эрээри улахан сэрии дьалхаана урааҥхайдары эмиэ таарыйар. Ханнык эрэ могуол эдэр уолҕамчы хаанын аттаах сэриитэ 1217 сыллаахха хонуу куйаар эҥээрдээх аһаҕас сиргэ олорор урааҥхайдар ордууларын алдьаппыта. Байҕал илин өттүгэр олохсуйбут урааҥхайдар онтон тэмтэрийэн, хаһан эрэ былыргы өбүгэлэрэ эппиттэрин курдук, «бу дойдуга сүгүн олордуо суохтар» диэн, сүөһүлэрин үүрэн, хоту көһөллөр.
«Оннуттан уларыйбыт огдолуйар» диэн өс хоһооно этэринии, аны могуоллартан күрэнэн, ханна эрэ чуумпу дойду баар буолуохтаах диэн, Олоохуна өрүс сүнньүн тутуһан, хоту диэки айаннаабыттара. Аара тохтоон, икки сиргэ кыстаан бараннар, үһүс сайыннарыгар, улахан өрүс орто сүнньүн илин эҥээригэр кэлэллэр. Ханна даҕаны киһи-сүөһү олохсуйуон сөптөөх сири көрбөтөх дьон өрүс арҕаа эҥээригэр киэҥ-куоҥ үчүгэй сир баарын билбиттэр. Онно кыһамматах курдук өрүс илин эҥээригэр тохтоон кыстыыллар. Ол кэмҥэ өрүс арҕаа өттүнээҕи киэҥ сыһыыга сайын таба көлөлөөх тоҥ уустар кэлэллэр эбит. Ону сэргэ дьүкээбиллэр (юкагирдар) диэн балыксыт идэлээх дьон өрүс кытыытынан олорбуттар.
Урааҥхайдар кыстаан бараннар, саас хаар хараарыыта өрүс уҥуор туорууллар. Кинилэр куйахтаах, тимир сэптээх баатырдара таас үҥүүлээх, охтоох тоҥ уустары сэриилээн хотон, эргиллибэт гына үүрбүттэр. Онтон дьулайбыт дьүкээбиллэр, сэриилэспэккэ эрэ бары көһөн, Тумара үрэҕинэн хоту түспүттэр. Урааҥхайдар үчүгэй ходуһалаах, бултаах, балыктаах саҥа сири дойду оҥостон олохсуйаллар.
Оттон улуу Байҕал арҕаа өттүгэр олорбут айыы дьоно тыытыллыбакка дойдуларыгар олорбуттара. Могуоллар кыайан-хотон, барыталаан, улахан араллаана суох кэм кэлэн, дьыл-хонук ааһан испитэ. Ханна эрэ кый ыраах буолар сэрии дуораана да иһиллибэтэ.
Өр кэмҥэ Кытайы баһылаан олорбут могуоллар 1368 сыллаахха ол дойдуттан букатыннаахтык үүрүллэн, төрүт сирдэригэр Монголияҕа көһөн кэлбиттэрэ. Кэлэллэрин кэлбиттэрэ буолан баран, Кытай сиригэр төрөөбүт-үөскээбит, көс олохторун олох умнубут дьон, аҥаардас эт-үүт аһылыкка астымматтар. Кураанах хонуу куйаарга тэһийбэттэрэ даҕаны. Аны кэһэкэнэ буолбут кытайдар сүгүн олордубаттар. Могуол сиригэр элбэх сэрии дьонун аҕалан, киин куораттарын Кара-Коруму урусхаллаан баран төннөллөр.
Кытайга бурдук үүннэрэн аһаан олорбут сорох могуоллар, тыа эҥээрдээх чуумпу, кытыы сиргэ баран олохсуйарга быһаарыналлар. Кинилэр сэниэ ылан бараннар, аттаах сэриилэрэ Сайаан хайатын уҥуордаан, Аҥхара өрүһү туораан, улуу Байҕал арҕаа эҥээрин олоччу сэриилээн ылаллар. Эр дьону өлөртүүллэр. Эдэр дьахталлары, оҕолору Монголияҕа көһөрөллөр. Көс олохторун умнубут могуоллар «үтүө дойду бу баар эбит» диэн саҥа сиргэ олохсуйаллар.
Оттон урукку аҕа баһылыктарын аатынан сахалар диэн ааттаммыт айыы дьоно сэриигэ хотторон тыыннаах ордубуттара тыаҕа күрэнэн, хоту түһэр улахан өрүс баһыгар саһан кыстыыллар. Аал оҥостон, эһиилги сааһыгар сүүрүккэ оҕустаран хоту диэки усталлар. Кыыллаах Арыы диэн ааттаабыт арыыларыгар кэлэн кыстаан баран, нөҥүө саас эмиэ өрүһү таҥнары устан, олохсуйуохха сөптөөх киэҥ сыһыыны көрөн тохтууллар.
Ити кэм иннинэ Туймаадаҕа, Эҥсиэлигэ олохсуйбут урааҥхайдары тигиилээх сирэйдээх тумат омуктар эмискэ кэлэн саба түһэн сэриилээн хотоллор. Онно тэмтэрийбиттэрин кэннэ, аны уһун кэмнээх сут кэлэн, быстаран, иэдэйэн олордохторуна, соҕурууттан өрүһүнэн устан, Омоҕой баһылыктаах айыы дьоно – сахалар кэлэллэр. Ол дьон биир тыллаах аймахтарын урааҥхайдары булан, кыргыттарын ойох ылан, дьиэ-уот туттан олохсуйаллар. Өлгөм бултаах, балыктаах, аҕыйах киһилээх, киэҥ-куоҥ чуумпу дойдуну сөбүлүүллэр. Сүүһүнэн сылларга улахан быстарыылаах уһун сут уонна улахан сэрии буолбакка, киһи-сүөһү элбээн, кэлин ханна киһи олоруон сөптөөх уулаах, ходуһалаах, мэччирэҥнээх сиргэ барытыгар тарҕаналлар. Урааҥхай сахалар хоту дойдуга кэлэн бурдугу ыһалларын, өрбөҕү өрөллөрүн умнубуттара. Сүрүн аһылыктара – эт, үүт, үрүҥ ас, балык, кымыс. Онно сир аһын хомуйан, бэс субатын хатаран мэлийэн эбинэллэр. Онтон дьадаҥы дьон сүрүн аһылыктара балык буолар.
Урааҥхай сахалар аҕа уустарынан арахсан, анал сири-дойдуну бас билэн олорбуттара хас да үйэ буолла. Хардарыта ойох ылсан, эргэ баран, уруу-аймах тардыһан, утуму салҕаан, ууһаан-тэнийэн элбииллэр. Кинилэргэ сомоҕолоһуу, биир ил тутулун тэринии диэн суох. Оннук тэринэргэ туох даҕаны күһэйбэт, атын сиртэн туора омук кэлэн сэриилиир куттала суоһаабат. Былыр урааҥхайдары кэлэн сэриилээбит тигиилээх сирэйдээх тумат омуктар эстэн-сүтэн «тыал буолбуттар» диэн кэпсииллэрэ.
Ол эрээри аҕа уустарын икки ардыларыгар буолар иирсээн, сүөһүнү үүрсүү, хааннаах хабырыйсыы, атаҕастабыл даҕаны арахсыбат аргыс буолан, хам-түм күөдьүйэр. Оннук сахтарга күһүн үлэ-хамнас бүппүтүн кэннэ, улуу добдурҕа саҕана бары түмсэн, икки-үс хотонноох балаҕаны биир тиэргэн иһигэр ыксалаһа тутан, бары мунньустан олороллор. Эбэтэр аҕыйах киһи буоллаҕына, булгунньах үрдүгэр тахсаллар. Оннук дьаһаныы өс-саас баар буоллаҕына оҥоһуллар. Оттон эйэлээх, нус бааччы кэм буоллаҕына, биир сиргэ мустубаттар.
Улахан уҥуохтаах, күүстээх киһи буолар чинчилээх уол оҕону уон сааһыттан ыла кыргыс үөрэҕэр үөрэтэллэр. Оннук оҕону кистээн иитэллэр. Атын өстөөх аймахтар «бу уол улаатан силгэтэ ситтэҕинэ, биһигини сүгүн олордуо суоҕа» диэн өлөрөн эбэтэр атаҕын иҥиирин батыйанан быһа охсон кэбиһиэхтэрин сөп. Кыргыс үөрэҕэр үөрэммит оҕоҕо уон аҕыһын туолуута сэрии сэбэ, куйах оҥоһуллар. Ойуун кыыран илбис иҥэрэр. Онно уһуйтарыылаах урдус тыһаҕаһы эбэтэр кырдьаҕас аты өлөрөн хайаан даҕаны сэбин хаанныахтаах. Ол кэнниттэн баатыр диэн ааттанар. Аҕа ууһун араҥаччылыыр киһи буолар.
Байбыт, кыаҕырбыт дьон дьадаҥылары кулут, хамначчыт оҥостон, аҕа ууһун баһылаан-көһүлээн олороллор. Хас эмэ атыыр үөрдээх, элбэх сүөһүлээх баайдар бааллар. Кинилэр тоҥустарга таһаҕасчыттары ыытан, арыыны, тимир оҥоһуктары, сылгы кутуругун, сиэлин кылын атыылаттаран, түүлээҕи, тууһу, сарыыны, таба тириитин, тыһын эргинэллэр. Ыраах илин богдо1 омук сиригэр түүлээҕи илдьэн атыылаан, ол дойдуттан таҥаһы, бурдугу, оҕуруону, арыгыны аҕалтарааччылар.
Урааҥхай сахалар түҥ былыргыттан силис тардар айыы таҥара итэҕэлин умнубаттар. Үөһээҥҥи үрдүк айыыларга үҥэллэр-сүктэллэр. Сир-дойду иччитин алгыыллар. Былыргы түүрдэр килбиэннээх сырыыларыттан силис тардыбыт кэрэ кэпсээн, уларыйан-тэлэрийэн, күүркэтиллэн, тойугу кытта холбоһон олоҥхоҕо кубулуйбута. Улуу олоҥхоһуттар ыалтан ыалга ыҥырыыга сылдьаллар. Онон тыллара бэркэ сайдан, айыы аймаҕа саха дьонобут дэһэн, сүөһү иитэн, бултаан, айылҕаттан аһаан-сиэн олороллор.
Оннук олордохторуна, сайын соҕурууттан улахан муруннаах, түү-бытык сирэйдээх, киһи өйдөөбөт тылынан кэпсэтэр, иилэҕэс тимир куйахтаах, уһун уктаах тэрэгэр сүгэлээх, өттүктэригэр кыыннаах кылыстаах омук дьоно тиийэн кэлэллэр. Кинилэр кимнээхтэрий? Хантан кэллилэр?
* * *
Хаһан баҕарар төһө да модун империя, государство аҕа баһылыга өлөн, былаас былдьаһыыта буоллун да, ол государство сатарыйар, мөлтүүр, олох да үрэллэр, самнар. Дьон-норуот итэҕэйэр, ытыктыыр, таҥара курдук саныыр баһылыктаах буолуохтаах. Баҕар, ол баһылык киһитинэн мөлтөх да буоллун, син биир кини аатынан саптынар буоллахтарына бэрээдэк баар буолар.
XVI үйэҕэ Нуучча сиригэр Иван Грознай ыраахтааҕы өлбүтүн кэннэ «Великая Смута» дэнэр араллааннаах кэмҥэ өлүү-сүтүү буолбутун, хаһаайыстыба быста айгыраабытын тэҥэ, майгы-сигили эмиэ олус кэхтибитэ. Араллаан кэмигэр таҥнарыы, бэйэ эрэ иннин көрүнүү, иирээн, икки сирэй буолуу, акаарытыйыы, солуута суох өлөрсүү бөҕө тахсыбыта. Хардарыта талаһыы, туга да суох хаалыы, эстии-быстыы туһунан этэ да барыллыбат. Онон бар дьон нус-хас бэрээдэктээх олоххо олус наадыйыыта олус күүһүрбүтэ. Нуучча судаарыстыбатыгар 1613 сыллаахха тохсунньуга Михаил Федорович Романов диэн уон сэттэлээх уолу ыраахтааҕынан талаллар.
Эдэр ыраахтааҕы аҕата патриарх Филарет (Федор Никитич Романов) поляктарга билиэн сылдьан баран, 1619 сыллаахха кэлбитэ уонна былааһы илиитигэр ылбыта. Өйдөөх, эппиэтинэстээх киһи буолан, сэриигэ урусхалламмыт дойдуну чөлүгэр түһэрэргэ дьаныардаахтык туруммута.
Араллаан кэмигэр атын судаарыстыбалары кытта атыы-эргиэн тохтообута. Сэриигэ айгыраабыт хаһаайыстыбаны хайдах эмэ өрө тардарга, туох-ханнык иннинэ тас эргиэни олохтуур наадата тирээбитэ. Оттон атын дойдуларга утары ууналлара диэн туох да суох буолбута. Хааһына кураанахсыйбыта.
Онон бэрт түргэнник киэҥ Сибиир күндү түүлээҕин – «сымнаҕас валютаны» хомуйар сорук тирээбитэ. Ордук үрдүк сыанаҕа атыыланар киис тириитигэр наадыйыы күүһүрбүтэ. Иэнэ-куйаара биллибэт киэҥ тайҕаҕа, кураанах тымныы дойдуга сулууспалыы барыан баҕалаах дьону хомуйбутунан барбыттара. Хааһына төһө да кураанаҕын иһин, онно барааччыларга, хамнастарын харчынан уонна бурдугунан төлүүр бэрээдэги олохтоон, үчүгэйдик тэрийэн ыыталыырга быһаарыммыттара.
Өссө ааспыт XV үйэ кэнники сылларыттан саҕалаан, ыраах Сибииргэ атыыһыттар, булчуттар, бааһынайдар барыталаабыттара. Бааһынайдар помещик батталыттан күрэнэн, сирдэрин былдьатан эҥин, саҥа сиргэ тиийэн олохсуйаары көһөллөрө.
Маҥнайгы экспедицияны өссө 1600 сыллаахха тэрийэн ыыппыттара. Онтон сотору иккис улахан экспедиция барбыта. Дьон сытыылара, үс өргөстөөхтөрө, саҥаттан саҥа сири арыйан, симиэбийэ тутан, олохтоох омуктартан киис тириитин хомуйаллара. Ол сылдьан тоҥоллоро-хаталлара, аччыктаан-хоргуйан аара суолга өлөллөрө-сүтэллэрэ. Ону ол диэбэккэ, байар туһугар онно-манна тиийтэлээн, кэлин элбээн, уһуктаах төбөлөөх мас кириэппэстээх остуруогу туталлара.
Олохтоох омуктартан сыл аайы киис тириитинэн дьаһаах хомуйар воеводстволар тэриллибиттэрэ. Төлөөбөт, күрэнэр буоллахтарына, тойоннорун эбэтэр харыһыктаах киһилэрин тутан ылан аманаат диэн ааттаан хаайыыга олордоллоро. Утары ууналлара диэн оҕуруо, алтан хочулуок, хорҕолдьун тэриэлкэ буолара.
Воеводство тэриллибит сиригэр бааһынайдары аҕалан бурдугу ыстараллара. Промысловиктар диэн ааттанар булчут дьон ханна эмэ тиийэн симиэбийэ туттан кыстаан олорон кииһи, саһылы бултууллара. Булчуттар туох да хамнаһа суох буолан, бултаабыт түүлээхтэринэн көҥүл эргинэр бырааптаахтара. Арай бултаабыт түүлээхтэрин уон бырыһыанын хааһынаҕа босхо туттарыахтаахтар. Тоҕус уон бырыһыана воевода быспыт сыанатынан хааһынаҕа атыыланар. Булчуттар хаһан баҕарар дойдуларыгар төннөр бырааптаахтара. Оттон «служилые люди» диэн ааттанар дьон хамнастаах буолан бултуур бырааптара суоҕа. Толору сэрии сэптээх, куйахтаах, дьиҥнээх сэрии дьоно буолаллара. Кинилэр эбээһинэстэрэ – дьаһаах хомуйуута, наада буоллаҕына, сэриилэһии. Кинилэри аһынан-таҥаһынан государство хааччыйара. Көҥүлэ суох дьиэлэригэр төннөр бырааптара суоҕа. Бу дьон бары кэриэтэ ох саалаах хаһаактар этэ. Кинилэргэ көмө быһыытынан пищаль диэн тимир саалаах стрелецтэр сыһыарыллаллара.
1619 сыллаахха ыраахтааҕы ыыппыт саалаах-сэптээх дьоно Енисей өрүскэ кэлэллэр. Хайыы үйэ биир сыл иһигэр бу өрүс эҥээрин баһылыыллар. Енисей орто сүнньүгэр остуруок туталлар. Атын суолунан хотунан кэлбит дьон Мангазейга (Таз үрэххэ) эмиэ остуруок тутан туһунан буруо таһаараллар.
Промысловиктар, сулууспалаахтар ортолоругар эҥин араас дьон бааллара. Сэрииттэн дойдуларыгар эргиллэн, туга да суох хаалбыт дьон сулууспаҕа киирэллэрэ. Олор истэригэр эстэн хаалбыт дворяннар, боярдар оҕолоро, бэл билиэҥҥэ түбэспит поляктар бааллара. Ороспуонньуктар саайкаларыгар сылдьыбыт харса-хабыра суох урдустар, араас авантюристар, хаамаайылар эмиэ холбоһоллоро.
Тиийиммэт-түгэммэт ыарахан олохтон кыһарыллан кэлбиттэр да бааллара. Бары хоту дойдуга кэлэн, күндү түүлээҕи хомуйан байалларын санаатахтарына, утуйар уулара көтөр, харахтара чаҕылыйа түһэр дьон. Саҥаттан саҥа сири арыйар, элбэҕи билэр-көрөр эмиэ туох эрэ тартарыылаах буолааччы. Ол туһугар төлөннөөх сүрэхтээх хорсун эр бэртэрэ ханна тиийбэтэхтэрэ, тугу оҥорботохторо баарай…
* * *
Хаһаактар олохтоох омуктартан ханна туох сир баарын, онно хайдах тиийиэххэ сөптөөҕүн, төһө бултааҕын, туох дьоннооҕун эҥин куруук ыйыталаһаллара. Кими эмит күүстэринэн тутан ылан эбэтэр бэйэлэригэр тардан табаарыстаһан сирдьит оҥостоллоро.
Сирдьитэ суох тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбэккэ, муна сылдьан баран төннөллөрө элбэх буолара. Хайаны эргийэ сылдьыбыт, суолга муна сылдьан быстарбыт түбэлтэ элбэҕиттэн кэһэлтэ буолбуттара ыраатта. Өрүс туора салаатын өксөйөн көрдөхтөрүнэ, үрэх бастара холбоһор куоһахтарыгар, дулҕа үрүйэлэргэ тиэрдэн кэбиһэр. Сирдьитэ суох түҥ тайҕаҕа хайдах да сатамматтар.
Мангазейтан сылдьар промысловиктар Нижнэй Тунгуска үрэх үөһээ өттүгэр тахсан, симиэбийэ туттан, бултуу сылдьаннар, тоҥустартан илин улахан өрүс баарын истибиттэр. «Сылгылаах, ынах сүөһүлээх, элбэх киистээх дойду баар үһү» диэн сурах Мангазейга иһиллибит. Сахалыы билэр тоҥус киһитэ «илин» диэбитин, нууччалар «Лин» диэн өйдөөбүттэр.
Лин диэн улахан өрүс баар сураҕа үгүс киһини долгуппут, ымсыыларын көбүппүт. Сотору кэминэн онно тиийэргэ тэриммитинэн, суолун-ииһин хайбытынан барбыттар. Ол эрээри саҥа истибит, билбэт да, көрбөтөх да дойдуларыгар баралларыттан саллыбыттар. Государство өйөбүлэ суох барар кыахтара да суох. «Илин Лин диэн улахан өрүс баар үһү» диэн Тобольскайга биллэрбиттэр.
Маҥнай Туруханскайга тэриллибит түөрт уон киһилээх Пенда диэн киһи этэрээтэ, Нижнэй Тунгусканы өксөйөн, үрэх үөһээ баһыгар тиийэн симиэбийэҕа кыстыыр. Ыраах айаҥҥа барыахтарын иннинэ үчүгэйдик бэлэмнэнэллэр. Алталыы-сэттэлии киһи олорор, хонууга соһор чэпчэки каюктары оҥостубуттар.
Саас муус устар ыйга сындалҕаннаах уһун айаҥҥа туруналлар. Нижнэй Тунгуска баһыттан Бүлүүгэ түһэр Чурки үрэх баһыгар диэри арҕас сири, каюктарын табанан состорон, таһаҕастарын ыҥыырдан, сүгэн эҥин, бэрт эрэйинэн айаннаабыттар.
Онтон Бүлүүгэ түһэн, уунан устан, төрдүгэр тиийэн, саха балаҕанын булан кыстыыллар. Лин диэбит өрүстэрин Лена диэн ааттыыллар. Тоҥустартан киис хомуйаллар. Эһиилги сайыныгар Лена өрүһү өксөйөллөр. Сахалар бөлөхтөөн олорор сирдэригэр кэлэн тохтоон, киис тириитэ хомуйаллар. Саҥа билсибит сахаларыгар оҕуруо, дьоҕус алтан хочуолу биэрэллэр. Күһүөрү эмиэ Ленаны өксөйөн, Олоохуна өрүс төрдүгэр кэлэн симиэбийэ туттан кыстыыллар. Тоҥустартан түүлээх хомуйаллар. Нөҥүө сайын Ангара өрүскэ тиийэллэр. Онтон Туруханскайга кэлэллэр.
Бу сырыыларыгар ханна даҕаны утарсыыны көрсүбэттэр. Арай Ангара бүрээттэрин кытта хабырыйсыы буолбут. Бүлүү, Лена өрүс эҥээригэр олорор табалаах, ынахтаах, сылгылаах омуктар сымнаҕас эбиттэр диэбиттэр. Икки сыллаах айан буолуо диэн былааннаабыттара түөрт сыллаах айаҥҥа кубулуйбут. Бурдуктара бүтэн, хоргуйан, ыксаан кэлбиттэр. Ол оннугар киис тириитэ бөҕөнү аҕалан хааһынаҕа туттараллар. Хара саһылы, уу буобуратын эмиэ хомуйбуттар.
Туруханскайга кэлэннэр, ханна сылдьыбыттарын чып кистэлэҥҥэ туталлар. Ол эрээри ыраах үтүмэн элбэх киистээх, элэккэй дьонноох улуу өрүс баар үһү диэн сурах сири-буору аннынан тарҕанар. Пенданы кытта сылдьыбыт дьон, тоҕо эрэ сулууспаларыттан уурайан, саҥата суох дойдулаан хаалбыттар. Онон бэйэлэригэр балачча элбэх түүлээҕи иҥэриммит буолуохтаахтар диэн сэрэйэллэр.
* * *
Иккис байыаннай экспедиция Тобольскайга тэриллэр. Баһылыгынан Новацкай диэн поляк киһитэ талыллар. 1628 сыллаахха атырдьах ыйыгар Енисейскэйгэ кэлэллэр. Олохтоохтор саҥа дьону хаҕыстык көрсөллөр. Көҥөнөллөр. Енисейскэй воеводата биир эрэ эргэ судноны биэрэр. Кинилэргэ аара Антон Добрынскай баһылыктаах нуучча дьоно холбоһон, Нижнэй Тунгускаҕа диэри барсаллар. Новацкай Нижнэй Тунгускаҕа кэлэн, Пенда кыстаабыт симиэбийэтигэр тохтоон кыстыыр. Ол эргин сылдьар тоҥустартан киис тириитин хомуйар. Бэйэлэрэ эмиэ бултууллар. Сүгүн төлөөбөт тоҥустартан, харыһыктаах киһилэрин тутан ыланнар, аманаат диэн ааттаан, хаайыыга олордон күһэйэллэр.
Эһиилги сааһыгар Антон Добрынскай уонна Мартын Васильев диэн хаһаактар баһылыктаах отучча киһилээх этэрээт тэриллэн, ыраах баар Лена өрүс диэки айанныыр. Дьон чулуутун, хорсунун, сырыыны сылдьыа диэбиттэрин талан ыыталлар. Сорохторо саллан барбаттар. Чугас эргин сылдьан бэйэлэрэ бултуулларын сөбүлүүллэр. Арҕаа Сибииргэ холоотоххо, киис элбэх. Айаҥҥа турбут дьон Бүлүүгэ тиийээри саас эрдэ хаардаахха айаннаан, эрэй бөҕөнү көрөллөр. Ол да буоллар, сындалҕаннаах айантан толлубакка, хаайтарбакка, Бүлүү төрдүгэр тиийэн, Ленаны өксөйөллөр. Сахалар түөлбэлээн олорор сирдэригэр кэлэн кыстыырдыы оҥостоллор. Киис тириитин хомуйаллар. Ол хомуйалларыгар ыаллары түүрэйдииллэр, кыһарыйаллар. Кымньыыны да тутталлар. Ат хомуйаллар. Сэрэххэ кыракый остуруок туталлар. Ол аата, симиэбийэлэрин эргиччи киһи кыайан киирбэт гына, уһуктаах сонос баҕаналары кэккэлэччи туруортууллар. Онно саха дьонун тутан аҕалан үлэлэтэллэр.
Бу дьон кыстаан олордохторуна, сахалар маҥнайгы саалаах-сэптээх утарсыылара буолар. Сэтинньи ыйга аттаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, оҕунан ытыалыыллар. Маҥнай чугас кэлбиттэрин тимир (үрэр) саанан ытан соһутан, үрүө-тараа ыыппыттар. Онтон икки хонон баран, тыаҕа тахсан мас тиэйэ сырыттахтарына, сахалар ыраахтан оҕунан ытыалаабыттар. Ол эрээри куттанан чугаһаабаттар. Кыһын устата, хаста да кэлэн сэриилээн, үс киһилэрин өлөрбүттэр. Уонча киһи бааһырбыт. Саас, астара бүтэн, аччыктаабыттар. Өрүс эстэрин кытта тута тэскилииллэр. Эмиэ эрэй бөҕөнөн айаннаан, аҥаардара эрэ ордон, дьонноругар тиийбиттэр. Мартын Васильевы кытта алта киһини Москваҕа ыыппыттар. Москваттан «саҥа экспедицияны тэрийэн ыытыҥ» диэн сорудах кэлэр. Сэриигэ туттарга түөрт уон куйаҕы, олохтоохтору мэҥиэлииргэ элбэх оҕуруону, дьоҕус алтан хочуолу, хорҕолдьун тэриэлкэлэри ыыталлар. Мартын Васильевы уонна Антон Добрынскайы хааһынаҕа аҕыйах түүлээҕи туттардылар диэн экспедицияттан туораталлар. Мартын Васильевы солбуйуохтаах Воин Шахов диэн киһи Мангазеяҕа отут аҕыс киһилээх кэлэр. Кинилэр кэлин Бүлүү төрдүгэр кэлэн симиэбийэ тутталлар. Мангазеяҕа бэйэтигэр даҕаны элбэх киистээх сиргэ барыахтарын баҕалаах дьон, кыра бөлөхтөрү тэрийэн, илин ыраахха диэри бара сатыыллар. Ол баран сорохтор сураҕа суох сүтэллэр.
Оттон Енисейскэйгэ Лена өрүскэ үөһээнэн быһа барар суолу көрдүүллэр. Илим, Кут үрэхтэр сүнньүлэринэн барар суолу булаллар. 1630 сыллаахха атамаан Иван Галкин этэрээтэ барар. Идирмэ үрэх төрдүгэр баар симиэбийэҕэ кыстаан баран, кини этэрээтэ 1631 сыллаахха саас Кут үрэх төрдүгэр кэлэр. Аал оҥостон Ленаны таҥнары усталлар. Иван Галкин этэрээтэ өрүс орто сүнньүгэр кэлэн, хара ааныттан сахалар утарсыыларын көрсөр. Онтон Аллан өрүс төрдүгэр тиийэн, өрүһү өксөйөр. Аллаҥҥа эмиэ утарсыыны көрсөр. Тимир саалаах, куйахтаах буоланнар, боҕутуннараллар. Хаһаактар баарыстаах, эрдиилээх кочаларынан устан өрүһү өрө-таҥнары сылдьан, дьон бөлөхтөөн олорор, суоллаах-иистээх сирдэргэ тохтоон, сахалар саамай баай тойонноругар тиийэн, киис тириитин көрдөөн ылаллар. Эдэр саха дьонун тутан аҕалан, эрдииһитинэн илдьэ сылдьаллар.
Төннөллөрүгэр Хаҥалас сиригэр тахсан дьаһаах хомуйа сылдьан, утарсыбыттарыгар эмиэ тимир сааларын тыаһаталлар. Оҕунан ытыалаһаллар. Ол сэриигэ хаҥаластар хас да киһилэрэ өлөр, бааһырар. Күһүөрү нууччалар өрүс уҥа өттүгэр кыстыырдыы тэринэн, саха балаҕанын таһыгар симиэбийэ тутталлар.
Ити сайын Иван Галкины солбуйа диэн, сотник Петр Бекетов этэрээтэ Лена өрүскэ кэлэр. Бу дьон Лена орто сүнньүгэр кэлэн бараннар, Иван Галкины көрсүбэккэ, бука, аллара диэки устубута буолуо диэн төннөн, өрүһү өксөйөллөр. Саҥаттан саҥа сири арыйар, дөксө элбэх киистээх сири булар иҥсэлээх санаа биир сиргэ олордуо баара дуо, суллуруһуу бөҕө буолар.
Бекетовтаах бүрээттэр олорор сирдэригэр тиийэн, күүстээх утарсыыны көрсөн төннөллөр. Салаа үрэх төрдүгэр кэлэн, кыра остуруок туттан кыстыыллар. Тоҥустартан аманааттары тутан дьаһаах хомуйаллар.
Кыстаан бараннар, саас, өрүс эстэрин кытта, Ленаны таҥнары устан, Иван Галкин олорор симиэбийэтигэр кэлэллэр.
Петр Бекетов симиэбийэни табыгаһа суох сиргэ туппуккут диэн сэмэлиир. Тыата олус чугас. Кэлэн саба түстэхтэринэ кутталлаах буолсу диир.
Үөһэттэн, мыраан үрдүттэн, өрүс хочото үчүгэйдик көстөр. Дьонун кытта сүбэлэһэн баран, аллара, өрүс уутуттан чугас, киэҥ аһаҕас сиргэ остуруок тутарга быһаарар. Чугас олорор эйэлээх сахалары көмөлөһүннэрэн, үлэтин саҕалаабытынан бараллар.
Иван Галкин аҕыйах хаһаагы кытта хомуйбут кииһин илдьэ Енисейскэйгэ төннөр. Онно кэргэттэрэ олороллор. Түүлээҕи уһаппакка-кэҥэппэккэ Енисейскэйгэ аҕалан хааһынаҕа туттарыҥ диэн кытаанах сорудахтаах этилэр.
Галкиннаах Бекетов этэрээттэригэр үксэ ох саалаах хаһаактар сулууспалыыллар. Кинилэр төһө да нууччалыы дьүһүннээх уонна тыллаах буолбуттарын иһин, түҥ былыргыга атын омуктар этэ.
Былыр Волга, Дон, Кубань өрүстэр эҥээрдэригэр хазардар диэн Азия түгэҕиттэн кэлбит омуктар, модун холбоһугу тэринэн, күннээн-күөнэхтээн олорбуттара баара. Ол олордохторуна, маҥнай Месопотамияттан үүрүллүбүт еврейдэр кэлэннэр икки үйэ устатыгар Каспийскай муора эҥээринэн хазардарга чугас олорбуттар. Ол олорон, эр-ойох буолан, булкуспуттар, дьүһүннэрин уларыппыттар, тойон-хотун өттө кинилэр итэҕэллэрин ылынар.
Алтыс үйэҕэ эмиэ Азия түгэҕиттэн күөрэйэн кэлбит түүрдэр Волга өрүһү туораабыттарыгар, хазардар утарыласпатахтар. Уруулуу тыллаах түүрдэри кытта дөбөҥнүк өйдөспүттэр. Түүрдэр баһылыктарынан Ашина аймаҕа буолара. Хазардар баһылыктарынан эмиэ Ашина аймаҕа буолар буолбута.