Kitabı oku: «Төлкөнү түстүүр түгэннэр»

Yazı tipi:

Хаатыҥкалаах киһи
(Сирэй кэпсээн)

Аҕыс уонус сыллар саҥалара. Билиҥҥигэ холоотоххо, үүт тураан, уу чуумпу холку олох. Мин университекка ассистенынан үлэлиибин. Дьиэбэр эбиэттии бараары, кафедрабар тугу эрэ гына олордохпуна, сэкирэтээр Антонина Семеновна кылбайан киирэн:

– Уйбаан Уйбаанабыс, тойоҥҥор бара тардар үһүгүн, – диэтэ.

Ити кэмҥэ миигин, саҥа кандидат буолбут отуччалаах киһини, деканы наукаҕа солбуйааччы оҥорбуттара. Онон урут соччо киирбэтэх-тахсыбатах хоспор, деканакка, сотору-сотору тэбинэр буолбутум.

Аан хоско киирбиппин, деканат сэкирэтээрэ Куприяновна саҥата суох, декан аанын диэки «киир» диэн сиэлийэ көрөн кэбистэ.

Деканаппыт диэн – үс да алталаах дьоҕус хос. Мунньахтыыр уһун остуол түннүк диэки уһугар балтыһахтыы турар остуолга декан Иннокентий Герасимович умса нөрүйэн олорон тугу эрэ суруйар. Мин киирэн дорооболоспуппар, эмиэ саҥата суох, эркини кыйа турар олоппостор диэки уруучукатын уһугунан ыйда. Олордум. Иннокентий Герасимович чочумча тугу эрэ суруксуттаата.

Мин, деканат үлэтигэр саҥа сыстан эрэр киһи, тойон хоһугар толло-толло киирэбин, онон туох да саҥата-иҥэтэ суох дьылыйан олорон кэтэстим. Кэмниэ кэнэҕэс декан суруксуттаан бүттэ, уруучукатын остуолга туора аста уонна ачыкытын нөҥүө мин диэки көрөн ылла.

Бу уоһун үрдүнэн тор курдук бытыктаах, аҕамсыйбыт, оччотооҕу сахаҕа орто уҥуохтаах хатыҥыр киһи математиктар физиктэртэн арахсан туспа барыахтарыттан деканныыр. Саха университетын бүтэрэн баран, Ленинградка аспираннаабыт, солотун онно көмүскээбит киһи.

– Иван Иванович. Дьэ, биир моһуок боппуруоска сүбэлэһээри ыҥырдым, – Иннокентий Герасимович аны ачыкытын аннынан миигин тобулу көрдө.

Мин соһуйа иһиттим. Баччааҥҥа диэри декан миэхэ «онно сырыт, манна сырыт, ону гын, маны гын» диэн судургу соҕус сорудаҕы этиинэн муҥурданааччы, бүгүн буоллаҕына, тугу эрэ «сүбэлэһээри» гынар. Мин болҕойуохпунан болҕойдум.

– Билигин биир дьикти киһи кэлэн барда. Хаһан диэхпиний? Чэ, иккис паара кэнниттэн уон диэки буолуо, – Иннокентий Герасимович туора хайыһан, миэхэ иэдэс биэрэн олорон, идэтинэн лоп бааччы уурталаан саҥаран барда.

«Тыый, ол туох киһитэ буоллаҕай? Факультекка ким эрэ кэлбитэ-барбыта сонун буола илик этэ дии…»

– Хаатыҥкалаах, тэлигириэйкэлээх, ушанкалаах, бэрт судургу таҥастаах кэлии киһи. Физмат наука докторабын, аатым Юрий Федорович Орлов, квантовай теория поля дьарыктанабын диир. Эн оннук ааттаах киһини истэр этиҥ дуо?

– Хайдах эрэ истибит курдукпун. Чуолкай бу ээ диэн өйдөөбөппүн.

– Устудьуоннарга лиэксийэ ааҕыам этэ диир. Ону мин туох да диэбэтим. Аны кини тахсан бараатын кытта, миэхэ звонок кэллэ. «Оннук-оннук киһи эһиэхэ сырытта дуо, устудьуоннарга лиэксийэ ааҕыам диэбитэ буолуо, ону отой сөбүлэһиэ суохтааххыт» диэтилэр.

– Ол ким эрийдэ?

– Уорганнар. Отой барытын көрө сыталлар эбит. Онон эйигин сэрэтээри ыҥырдым, баҕар, эйигин булуоҕа, ону эн… сөбүлэһимэ, – декан бүтэһик тылын, чочумча толкуйдаан, ыараҥнатан баран ыһыгынна.

– Ол хантан кэлбитэ буолуой?

– Таҥаһа-саба тыаттан кэлбит киһи курдук. Тыаҕа үлэлиир киһи быһыылаах. Уонна ол кэпсиирин курдук, кырдьык, дуоктар быһыылаах. Таҥаһын-сабын аахсыбатахха, хайдах эрэ оннук дьүһүннээх-бодолоох. Саҥата-иҥэтэ да оннук. Били Ньурба Твердохлебовын курдук киһи буолуо. Чэ, итинник, – декан кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, били туора аспыт тэтэрээтин бэйэтин диэки тарта, уруучукатын ылла.

Мин декан хоһуттан үлтү булкуллан таҕыстым.

Кафедрабар тиийбитим, ким да суох, Антонина Семеновна ханна эрэ элэс гыммыт. Дьыалабын салгыах киһи курдук остуолбар олорбутум баара да, өйүм-санаам ыһыллан хаалла.

Чэ, туох эрэ муокас киһи кэлэ сылдьыбыта чуолкай. Ол гынан баран… Факультекка «уорган» эҥин диэн кэпсэтии суох буолааччы ээ. Арай үлэ быыһыгар, сэдэмньи кэпсэтиилэргэ ити тэрилтэ аата биирдэ эмэ иһиллэн ааһааччы. Онон Иннокентий Герасимович бэйэтэ бэйэтинэн ити чыычый тэрилтэ аатын миэхэ сирэй ааттаабыта ордук соһутта.

Мин, саҥа анаммыт киһи быһыытынан, үлэлии сатаан, факультекка научнай семинар тэрийбитим эбээт. Хаарыаны, ол семинарга оннук киһини дакылааттаппыт киһи баар ини. Сэрэйдэххэ, Саахарап оскуолата буолуо. Физика саамай чыпчаал таһыма! Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ…

Чочумча олорболоон баран, «ээ, чэ, дьиэбэр баран чэйдээбитим ордук» диэн буолла. Таҥнан таһырдьа таҕыстым. Тымныы иккис муоһа тостон, күн уһаан турар кэмэ. Бүгүн ичигэс буолан, таһырдьа киһи элбээбит, кэлии-барыы бөҕө, халлаан үчүгэйэ сүрдээх даҕаны, хаатыҥкалаах киһи барытын күлүктээн кэбистэ. Арай үлэбэр дуу, дьиэбэр дуу кэллин, оччоҕуна хайдах кэпсэтэбин? Бука, сурук биэриэҕэ, ханна эрэ тиэрт диэччилэр күөрэс гына түһүөхтэрэ. Оччоҕо хайдах буолабын?

«Иккис» оптуобуһунан олорор сирбэр, Сайсаарым диэки, айаннаатым. Ол иһэн, били, Ньурбачааҥҥа көскө кэлэн олорбут диссидиэн Твердохлебовы, киниэхэ Сахаров ойоҕунаан кэлэ сылдьыбытын санаталаатым.

«Бээрэ, оттон кэтээччилэр тиийэн кэллэхтэринэ тугуй?.. Били Юра биэрбит Солженицын «Один день Ивана Денисовича» диэн айымньылаах «Роман-газета» сурунаала остуолбар үөһэ сытар эбээт. Аны туран ол кинигэни бобуулаах диэбиттэрэ ээ».

Хайдах эрэ куттаныах санаам кэллэ.

Дьиэбэр чугаһаан иһэн көрбүтүм, биһиги дьиэбитигэр сэргэстэһэ турар эмиэ икки этээстээх мас уопсай таһыгар милииссийэ «уазига» уун-утары хайыһан турар эбит.

– Һы, тугун түргэнэй?! – диэн эрэ хааллым.

Олорор дьиэм диэн Новокарьернайга турар, уруккута устудьуоннар икки этээстээх мас уопсайдара. Көрүдүөр да, көҥкөлөй хостор. Икки хос икки арда ааннанан биирэ куукуна, биирэ утуйар хос буолан турара биһи кыбартыырабыт диэн буолар. Куукунабыт түннүгэ уонна киирэр аан кэккэлэһэ тураллар, онон хас киһи киирдэҕин-таҕыстаҕын ахсын аан тыаһа лаһырҕыы турар.

Дьиэбэр киирээт, бачыыҥкабын уһула биэрдим уонна соммун да устубакка утуйар хоспутугар түннүк анныгар турар үлэлиир остуолбар батыччахтаан тиийэн, илдьирийбит «Роман-газетаны» харбаан ылан, остуолга кыстанан турар кинигэлэр, тэтэрээттэр түгэхтэригэр астым.

Оронугар сынньана сыппыт ийэм:

– Хайа, бу туох буолан кэллиҥ? – диэн сөбүлээбэтэхтии саҥара-саҥара, туран аан хоско тахсан, күнүскү аһылыгын сылытта.

Оҕолор саадка сылдьаллар, ийэлэрэ үлэтигэр, онон иккиэйэҕин чэйдээтибит. Ийэм туох эрэ дьиэ таһынааҕыны кэпсиирин, дьоҕойон, «ыык» диэн сэҥээрбитэ буола олордум да, санаам – атыҥҥа.

Биирдэ тыл үөрэхтээҕэ, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолум, Баһылайап Дьуурка, кэлэ сылдьан, ити Солженицыны быраҕан барбыта.

– Ваня, бу – «Один день Ивана Денисовича». Баҕар, ааҕыа диэн аҕаллым. Ол эрэн, киһи хараҕа быраҕыллыбат сиригэр уура сырыт. Бу – Солженицын биир биллэр сэһэнэ. Ону көҥүллээн таһааран баран, аны бобон кээспиттэр. Эмиэ туохтара эбитэ буолла. Быраҕан кэбиһиэхпин санаам буолбат, – Дьуурка ол «бобон кээһэн» кинини түбүккэ түһэрбит кимнээхтэргэ эрэ өһүргэммит курдук, төбөтүн эйэҥэлэтэн кэбиһэ-кэбиһэ, эппитэ.

Мин онно доҕорум сэрэҕин испэр күлэ саныы-саныы:

– Эс, ити кинигэ эмиэ туохтаах буолуой? Хааллар, хааллар. Хата, үчүгэйдик ааҕыам этэ. Баһыыба, – диэн кырыа-хоруо курдук эппитим да, хата, туох хайа иннинэ кистии оҕустум дии.

Массыына билигин да турара дуу? Баҕар, баран хаалбыта буолуо? Аһаан бүппүт киһи быһыытынан туран, түннүгүнэн таһырдьаны көрүөлээтим. Массыына харыс да халбарыйбатах.

Үгэспинэн үлэлиир остуолбар тиийэн олорунан кэбистим. Остуолга кыстана сытар кинигэлэр, кумааҕылар, сурунааллар быыстарыттан суруйа олорбут чинчийэр үлэбинэн ыстатыйа харатын ороон таһааран, иннибэр ууран арыйталаатым да, санаам хаатыҥкалаах киһиэхэ эргиллэ турар.

– Баанньаа, мин «Чиэхэпкэ» бардым, килиэппин ылыам, баҕар, эт тахсыбыта буолуо, – ис аан тыаһа «лап» гынна, онтон аны таһырдьа тахсар аан тыаһа «лиһигир» гынна.

Ийэм, хаһаайыстыбаннай суумкатын туппутунан, оҕо курдук барыны бары сэргэҕэлээбит хараҕынан тула-хала көрөн чэмээрийэн, олорор түннүгүм аннынан аа-дьуо ааһа турда. Ити аата кини Чиэхэп уулуссаҕа турар ас маҕаһыыныгар барда.

Харахпар ийэм көхсүн тобулу одуулаан олорор массыына лаампалара көстөн аастылар… Хаатыҥкалаах киһим бу киирэн кэлиэ диэн куттаммыт курдук ойон туран, кыбартыырам аанын иһиттэн хатанан «халыр» гыннаран баран, эмиэ олорунан кэбистим.

Атын күн эбитэ буоллар, тугу эмэ үлэлээмэлии түһэн баран, хайыһарбын ылан, Чочур Мураан диэки тэбинэ туруохтаах этим. Тоҕо эрэ кэннибин хайыһан, «баар дуо?» диэбит курдук орон уонна таҥас ыскаабын икки ардыгар кыбыллан турар хайыһарым диэки кылап гынан ыллым.

Мин билэрбинэн, үс киһи Саха сиригэр сыылкаҕа кэлэн олорбута. Твердохлебов – Ньурбачааҥҥа, биир физик – Кэбээйигэ, өссө биир киһи – Үөһээ Бүлүү Намыгар. Твердохлебовка Сахаров ойоҕунаан кэлэн, көрсөн барбыттарын истибитим. Уорганнар кэтии-маныы сылдьыбыттарын, суоппардар олордубакка ааһалларын туһунан усках кэпсээн элбэх этэ. Кэбээйи киһитин туһунан кэпсээн эмиэ баар этэ да, үһү-таамах курдук, соччо чуолкайа суох. Оччоҕуна ол киһи физика саамай төрүт боппуруоһунан, квантовай физиканан, дьарыктанар. Оҕо эрдэхпиттэн кэрэхсиир, интэриэһиргиир үөрэҕим. Ол аата бу киһи Сахаров оскуолатын бэрэстэбиитэлэ буоларыгар тахсар. Оннук улахан киһи бэйэтинэн кэлэн биэрэр. Хаарыаны, семинарга дакылааттаппыт, чэйдии-чэйдии кэпсэппит, сыыйа-баайа билсибит киһи баар ини!

Суруйар остуолум ким кэлэрин-барарын түннүгүнэн көрөргө анаан туруоруллубут курдук эбит. Хаатыҥкалаах киһим кэллэҕинэ да, олорор түннүгүм аннынан ааһыаҕа эбэтэр утары турар дьиэ уҥа өттүттэн тахсан, миэхэ уун-утары хааман кэлэн, дьиэҕэ киириэхтээх.

Ийэм кэллэ. Кырдьаҕас киһи сылайбыт, мааҕын оҕо курдук тугу барытын сэргэҕэлээн көрөн-истэн тахсыбыта суох буолбут, тугу эрэ санаан, атаҕын тумсун көрбүтүнэн хааман налыахтаан ааста. «Бээрэ, ааным хатыылаах этэ дии!» диэн сүүрэн тиийэн, ааным хатыырын төлө тартым.

Сотору ийэм киирэн, сонун уһулла. Атыыласпыт аһын оннун булларан, төттөрү-таары хаамыталаата, мин истэрбэр-истибэппэр кыһаллыбакка эрэ мөҕүттэр:

– Ити айылаах эти атыылыыллар, барыта уҥуох, ыллаҕым дии, хайыахпыный. Инньэ диэн толуону таах хаалларыам дуо. Айуу-айа.

Күннээҕи сүрүн үлэтин толорбут киһи быһыытынан ийэм, хоско киирэн, оронугар сытынан кэбистэ. Мин эмиэ туран, ийэм истибэтин диэн тыаһа суох ааны хатаан баран, кэлэн остуолбар олордум.

Халлаан боруоран барда. Эмискэ биир улахан уҥуохтаах киһи түргэнник хааман иһэрэ көһүннэ. Уһун сиэрэй хаатыҥкалаах. Кини! Тугу эмэ өйдүү-дьүүллүү охсуом иннинэ киһим элэс гынан ааһан хаалла да, аан тыаһа лип гынна. Мин олоппоспор хонос гына түстүм. Сүрэҕим битигирии түстэ. Хайыыбын? Ааны аһабын дуу, суох дуу? Хайдах кэпсэтэбиний, тугу кэпсэтэбиний? Баҕар, отой да атын киһи буолаарай?..

Ити икки ардыгар ааны тоҥсуйдулар. Чуо биһиги ааммытын тоҥсуйдулар. Улахана суохтук гынан баран кичэйэн, ылыннарыылаахтык. Быстыам дуо, ааҥҥа тиийдим. Тоҕо эрэ саҥарбакка дьылыйан хааллым. Бука, алҕас тоҥсуйбут буоллаҕына ааһыа диэн эрэнэбин быһыылаах. Суох, син биир тоҥсуйар. Онтон сибигинэйэ былаастаах саҥа иһилиннэ:

– Откройте, пожалуйста. Будьте мужчиной!

Чахчы инньэ диэтэ дуо?.. Иһиттим дуу, истибэтим дуу… Бээ, мин… «Кто там?» эбэтэр «кого надо?» диэн ыйытабын дуу? Харахпар дьиэм аанын супту одуулаан олорор «уазик» эмиэ көстөн кэллэ. Аан нөҥүө турар үтүөкэн киһи туох да куһаҕан, кэтэх санаата суоҕун дьэҥкэтик өйдүүбүн эрээри, ааны тэлэйэн биэрдим да, ол киһини батыспытынан биһиги үүт тураан сып-сылаас дьиэбит иһигэр туох эрэ хараҥа, кутталлаах, сидьиҥ күүс кутулла түһүөх курдук. Ол курдук аан хатыырын төлөрүтэн, бу хаатыҥкалаах, сылайбыт- элэйбит, сырдык, улахан киһини дьиэбэр ыҥыран киллэрэн кэпсэтиэхпин-ипсэтиэхпин баҕарар санаа уонна дьиэм, оҕолорум, билигин тугу да билбэккэ утуйа сытар ийэм тустарыгар куттанар иэйиилэр охсуһуулара өйбүн-санаабын ытыйа турдахтарына, эмискэ киһи тэйэ хаамар тыаһа иһилиннэ.

Барда! Мин түөһүм иһигэр туох эрэ быһа барбытын курдук буолла. Эмиэ тас аан лип гыммытыгар өйдөммүт курдук түннүккэ сүүрэн тиийбитим, хаатыҥкалаах уһун киһи бэрт дьулурҕатык аҕыйахта үктээн, утары турар дьиэ кэннигэр сүтэн хаалла.

Мин хараҥа аан хоско таалан тура түһэн баран, көхөттөн соммун, бэргэһэбин ылан кэттим, көрүдүөргэ таҕыстым. Биир-икки мүнүүтэ анараа өттүгэр мин санаабар туох эрэ кутталлааҕынан туолан турбут курдук көрүдүөр кур бэйэтэ кубулуйбакка, имик-самык лаампаларын уотунан, марайдаммыт эркиннэринэн, кырааската барбыт кирдээх муостатынан көрүстэ.

Ааны аа-дьуо аһан, таһырдьа тахсыбытым, били «уазигым» фарата холбонон, киһи хараҕа саатыах курдук бу тыган турар эбит. Мин кими эрэ албынныах курдук утары турар дьиэ диэки аа-дьуо хаамтым, онтон дьиэ күлүгэр тиийээт да, тохтобул диэки ыстанным.

Киһибэр кэтиллэ түстэхпинэ, киниэхэ тугу этэрбин да, киниттэн тугу ыйытарбын да быһаарбакка, куоттарбат эрэ мөккүөннээх, хараҥаран эрэр уулуссанан маҕыйан, «ахсыс» уһук тохтобулугар сүүрэн тахсыбытым, оптуобус соторутааҕыта барбыт быһыылаах, кубус-кураанах.

Хос быһаарыылар:

Орлов Юрий Федорович (1924, Москва) – биллиилээх чинчийээччи, физика-математика билимин дуоктара (1963). Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.

1953 сылтан ССРС Билим Академиятын атомы чинчийэр кистэлэҥ лабораториятыгар үлэлээбит. 1956 сыллаахха Н.С. Хрущев ССКП ХХ сийиэһигэр оҥорбут дакылаатын дьүүллэһиигэ Сталины уонна Берияны буруйдаабыт, «социализмҥа олоҕурбут демократияны» туруорсубут. Ол кэннэ партияттан таһаарыллыбыт уонна кистэлэҥ үлэттэн туоратыллан, уурайарга күһэллибит.

Армения ССР-тын Билим Академиятын член-корреспондена (1968). 1979 сыллаахха ити солотун быспыттар.

1976 сыллаахха Москваҕа киһи көҥүлүн туруулаһар «Хельсинки» бөлөҕү тэрийбитэ. 1977—1984 сылларга – хаайыыга, 1984—1986 сылларга көскө олорбут. ССРС Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэригэр бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһитэ, АХШ-гар үспүйүөннээн тутуллубут Геннадий Захаровка атастаһыллан уонна гражданствота быһыллан, 1986 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуустан таһаарыллыбыт.

1986 сылтан Америкаҕа олорор. Корнелль университетын профессора.

СГУ физикаҕа-математикаҕа факультетын деканыгар чахчы кини кэлэ сылдьыбытын туоһулуур докумуон билиҥҥитэ суох.

Егоров Иннокентий Герасимович (1935—2003) СГУ физико-математическай факультетын 1966 сыллаахха бүтэрбитэ. 1974 сыллаахха Ленинград университетыгар физико-математическай наука кандидатын солотун көмүскээбитэ. 1977—1987 сыллардаахха СГУ математическай факультетын деканынан үлэлээбитэ. Орто оскуола математикаҕа биэс учебнигын сахалыы тылбаастаабыта, сахалыы математическай термин тылдьытын оҥорбута.

Өһөс саллаат
(Сирэй кэпсээн)

Отуттан тахса сыл анараа өттүгэр букатын атын кэм, атын дойду эрдэҕинэ мин, сүүрбэччэлээх уол киһи, сайыҥҥы куйаас күн Сайсары буор-сыыс уулуссатынан туохха эрэ ыксаан-бохсоон иһэн, киниэхэ кэтиллэ түспүтүм. Туох да суруга-бичигэ, кырааската да суох, онон-манан көөрөттүбүт сиэмэн сыбахтаах таас туумба үрдүгэр уһун синиэллээх саллаат хаҥас илиитигэр аптамаатын умса тутан, уҥа илиитигэр туох эрэ бөчөх курдугу бобо харбаан, бэйэтэ умса нөрүйэн турара. Бу диэки ханан эрэ саха саллаатыгар пааматынньык туруорбуттар үһү диэни истэр этим, онон «ээ, ол кини буоллаҕа дии, хата, көрөн ааһыахха» диэн санаа кылам гыммыта. Онтон тоҕо эрэ эмискэ кыбыстар курдук буоллум, «ким эрэ одуулуура буолуо» диэбиттии уҥа-хаҥас көрүтэлээбитим, тулабар ыт охсор киһи суох, онтон холкутуйбут курдук чочумча пааматынньыгы өрө мыҥаан тура түстүм.

Кимий бу? Федор Попов дуо? Суох, маарыннаабат. Саатар, сахата да, нууччата да чуолкай биллибэт гына оҥоһуллубут. Саха диэҕи били «антах харах, бэттэх мурун» диэх айылаах, нуучча диэҕи иэдэһэ олус кэтит. Бээрэ, бу Лонгиновынан иһэбин дии, оттон саллаат Лонгинов уулусса диэки хайыһан турар. Лонгинов буолуо дуо? Суох, Лонгиновы хаартыскатынан билэбин, бэрт нарын мөссүөннээх нуучча уола, бу лаппа томороон диэххэ сөп дьүһүннээх уол турар. Уонна дьоруойу тоҕо умса туттан турар гына оҥоруохтарай? Чэ, сахатынан саха, хата, бааһынайдаах дуу… Испэр күлэ да санаатым.

Итинник араас санаалар киирэ-тахса оҕустулар, онтон эргэ хаптаһын олбуорга «ул. Ильменская» диэн суруктаах тимир ньаалбааны көрөн эрэ баран, бу диэки Ильменскэй уулусса эмиэ баарын саныы биэрдим. Уонна дьэ өйдөөтүм: ол аата Ильмень күөлгэ өлбүт саха саллааттарыгар аналлаах өйдөбүнньүк таһыгар кэлэн турар эбиппин.

Оҥоһук томороон. Ыксалынан оҥоһуллубута биллэр. Били уҥа илиитигэр тугу эрэ тутан турар диэбитим, сибэкки дьөрбөтө эбит. Бачымах курдук мас дьиэлээх Лонгинов икки, Ильменскэй икки быһа охсуһууларыгар, муннукка постамент дуомнаан баран, саллаат уолу туруору анньаат да, сонно тута умнан кээспит курдуктар. Оттон уол бэйэтэ хайа диэки хайыһыан да быһаарбакка, хайа диэки барыан да билбэккэ мунан турар курдук көрүҥнээх.

Пааматынньык таһыгар таах тэпсэҥэлээн тура түстүм, онтон баран испит туһаайыым диэки саппарыйдым. Балачча тэйэн баран, кэннибин хайыһан көрдүм. Бу сырыыга, уолбун хаһааҥҥыттан эрэ билэр курдук, уруургуу көрдүм. Санаабар, таас уол: «Дьэ, ити. Тура түстүҥ уонна ааһа турдуҥ…» – диир курдук. Өссө тугу эрэ этиэхчэ да, ситэри эппэт. Тоҕо эрэ туохха эрэ буруйдана санаатым.

* * *

Кыайыы бырааһынньыгын остуола.

– Доор, дьэ Иилмэн күөлгэ элбэх саха өлөн турар. 500—600 кэриҥэ киһи…

– Биһиэннэрин күөл мууһунан атаакаҕа киллэрбиттэр. Ону ньиэмэстэр мууһу тоҕута буомбалаан кээспиттэр. Онон үгүс уол муус анныгар барбыт.

– Дьаабы дии, хайдах оннук киллэриэххэ сөбүй? Соруйан буолуо.

– Эс, туох «соруйана» кэлиэй. Сэриигэ оннук сыыһа-халты тахсар бөҕө буоллаҕа дии.

– Иилмэҥҥэ өлбүт буойуннарга анаан өйдөбүнньүк оҥорбуттара Сайсарыга турар дии.

– Ээ, биир аптамааттаах саха уола тураахтыыр…

– Ити хайдах эрэ пааматынньык дии. Суруга да, туга да суох. Оҥорор буолан баран үчүгэй соҕустук оҥоруохтарын!

– Чэ, хата, итиччэ баарыгар баһыыба диэ!

– Өссө ол пааматынньыгы көтүрээри гынар үһүлэр дии.

– Эс, ама. Ол кимиэхэ мэһэйдиирин иһин көтүрээри гыналларый?

– «Куһаҕан» диэн. «Куорат көстүүтүн алдьатар» диэн.

– Дьэ, кырдьык, таах бульдозерынан күрдьэн да кээстэхтэринэ көҥүл. Тугу булан ылыаҥый?

– Эс, ама, тыыппаттар ини. Итинник туруоҕа. Дьиҥэр, итини үчүгэйдик суруктуохха-бичиктиэххэ наада. Турар сирэ да хайдах эрэ. Хата, уоттаах сэриигэ кыайыыны уһансыбыт саха саллаатын туһугар үрүүмкэбитин көтөҕүөҕүҥ!

* * *

Ильменскэй уулусса Лонгиновка киирэр муннугар чугаһаатым да, уолбун көрө биэрэбин.

Оччоҕуна, били маҥнайгы көрүүбэр үөскээбит туохтан эрэ буруйданар курдук муокас иэйии дууһам түгэҕиттэн күөрэйэн тахсар.

Куорат бу муннугар сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ охсуллабын. Тиэтэйэр буоллахпына ааһа турабын уонна иннэ курдук кэйэр ити иэйиибин атын санааларынан суурайа сатыыбын. Ардыгар чугаһаан тохтуу түһэбин уонна, тугу эрэ булан ылыах киһиэхэ дылы, саллаат томороон мөссүөнүн сирийэн одуулуубун. Өһөстүк дьүккүччү туттан турар уол биһигини барыбытын туох эрэ диэн буруйдуура өтө көстөр эрээри, кини тугу да саҥарбат. Эмиэ «ким эрэ одуулуура буолуо» диэх курдук кыбыстар санаа хантан эрэ күөрэйэн тахсар. Баҕар, ол иһин буолуо, уһуннук турбакка ааһабын.

Биирдэ «саллааты ылан кээспиттэр» диэн кэпсээни иһиттим. Ол кэнниттэн эмиэ били муннугунан ааһан иһэн илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим: постамент турар, саллаат суох. Ханна илдьэн бырахпыттара биллибэт. Абара санаатым да, хайыамый? Бу уулуссанан күннэтэ ааһар сүүһүнэн киһиттэн туох да уратыта суох кыра киһибин, саллааты өрүһүйэр, чөлүгэр түһэрэр кыаҕым суох! Ону хайдах оҥорору да билээхтээбэппин!

Онтон «саллааты отой суох гымматахтар, көһөрбүттэр эрэ, илдьэн, ханна эрэ атын сиргэ туруорбуттар» диэн сонуну истэн баран, били абара санаабытым хаптайарга дылы гынна. Чэ, хата, баар эбит диэх курдук санаатым. Ол гынан баран, түгэнэ кэллэ да, бу маннык буолуо суохтаах диэбит курдук, киһини аалар санаа дууһам хайа эрэ муннугар олохсуйан хаалла.

* * *

Биирдэ, уопсастыбаннай үлэ быһыытынан, илии баттааһын, хомуйа сылдьан, бэтэрээннэр тэрилтэлэрин көрдөөтүм. Бэтэрээннэр өрүс пуордун диэки хонтуоралаахтар диэн буолла. Айаннаан тиийбитим, саллааппын ол хонтуора дьиэтин аанын таһыгар тиэйэн илдьэн туруоран кээспиттэр, киэргэтэ сатаабыттар быһыылаах, кыһыл көмүс солотуу кыраасканан соппуттар.

Уолум өһөстүк умса туттан туран, этэр курдук: «Миигин манна дьон кэлбэт-барбат сиригэр аҕаллылар. Тоҕо эрэ дьонтон тэйитэ, саһыара сатыыллар. Тоҕо? Мин туох буруйу оҥордум?! Эбэтэр миигиттэн кыбыстар буоллулар дуу? Уоттаах сэриигэ баран умсубут доҕотторум сырдык кэриэстэрин тоҕо харыстаабаккытый? Кинилэр эһиги дьоллоох олоххут туһугар тыыннарын толук уурбуттара буолбат дуо? Ама топпуккут, туолбуккут иһин… Билэбин, эн миэхэ туох да диэн хоруйдуур кыаҕыҥ суох. Ол эрэн, мин бэриниэм суоҕа, син биир санаабын толоруом!..»

Саллаат уол салгыы тугу этиэй диэбиттии кыл түгэнэ тохтоон ылабын. Кини саҥарбат. Мин салгыы барабын.

* * *

Эмиэ Кыайыы күнүн остуола. Остуол хотойорунан ас-үөл. Кэпсэтэн-ипсэтэн көбдьүөрүү.

– Дьэ, сарсын параакка сылдьыахха наада! Оҕонньоттор эрэйдээхтэр отой аҕыйаатылар. Мантан инньэ параакка кыттар да кыахтара суох буолан барыа.

– Бэтэрээннэри билигин хаамтарбаттар ээ. Массыынаҕа олордоллор.

– Сөп буоллаҕа дии… Аҕыйах сыллаахха диэри уордьаннарын, мэтээллэрин килэччи анньынан баран хаамаллара көрөргө үчүгэй да буолара.

– Ити сэрии элбэх киһини сиэтэ. Ким билэрий хас саха сэриигэ өлбүтүн?

– Оттон, чэ, быһа холоон, Саха сириттэн барыта алта уон икки тыһыынчаттан тахса киһи барбытыттан отут биир тыһыынчата сэрии толоонугар охтор, онтон үксэ сахалар… Бааһыран, инбэлиит буолан кэлэн, кылгас үйэлэммит эмиэ олус элбэх.

– Тоҕо элбэҕэй, доҕор? Ол оччотооҕуга саха ахсаана хас буолуой?

– Мин билэрбинэн, 1939 сыллаах биэрэпис түмүгүнэн саха ахсаана, чэ, 230 тыһыынчаттан эрэ тахса.

– Мин соторутааҕыта Шафаревич кинигэтигэр «на войне погиб каждый пятнадцатый русский» диэн аахпытым дии! Бээрэ, ааҕан көрүөххэ эрэ. Доор, «каждый восьмой» саха сэрии толоонугар охтубут эбит буолбат дуо?

– Өссө тыылга өлбүккүн эбиий? Онтуҥ отой баһаам.

– Соторутааҕыта Ньукулай Махсыымап биэриитигэр биир киһи этэр этэ: «Сэриигэ уонна тыылга өлбүт саха ахсаана холбоон аҕыс уон аҕыс тыһыынча» диэн.

– Ээ, ол Наһаар Дьаакынап дии. Экэнэмиис. Киниэнэ чопчу буолуо.

– Ок-сиэ, адьас саха аҥаара суох буолбут эбит буолбат дуо?

– Чэ, үс гыммыт биирэ да буоллунууй! Киһи өйүгэр букатын баппат!

– Ити айылаах үлүгэр кэнниттэн өссө омук аатыран, буруо таһаарына сатыы олордохпут дии.

– Мин санаабар, сэрии кэмигэр хоргуйан өлбүттэргэ туох эрэ өйдөбүнньүк баар буолуохтаах эбит…

– Ол хайдах?

– Дьэ билбэтим… Скульптор эбитим буоллар, этиэм этэ.

– Дьиҥэр, сэрии саҕана тыылга үлэлээбит оҕонньотторго-эмээхситтэргэ, оҕолорго, дьахталларга, хоргуйан өлбүттэргэ холбуу туох эрэ өйдөбүнньүк баар буолуон сөп этэ…

– Уолаттар, били Ильменскэй уулуссаҕа саллаат уол турбута, онтубутун мэлиппиттэр дии.

– Куорат былаастара күрдьэн кээспиттэр дуо?

– Баар, баар. Көһөрөн кэбиспиттэр. Бестужев-Марлинскайга. Бэтэрээннэр ол дьиэҕэ ыстааптаналлар. Онон бэйэлэрин тастарыгар куоттараахтаабыттар.

– Дьэ, кэм буолан истэхпит.

– Туспа сэрии…

– Ээ, сэрии кэнниттэн сэрии.

* * *

Эмиэ хас да сыл ааспыта. Мин олорор сирим уларыйан, үлэбэр Ильменскэй уулуссанан кэлэр-барар буолбутум. Биирдэ эмэтэ сатыылаатахпына, били кураанахсыйбыт муннугунан ааһан иһэн, аптамааттаах уолбун саныы биэрэбин. Харахпар кини умса туттан сөҥөдүйэн, дьиппиэрэн турара көстөн кэлэр.

Биир саас Ильменскэй уулусса куорат кытыытын диэки өттүгэр эргэ мас дьиэлэр күрдьүллүбүт миэстэлэригэр туох эрэ үлэтэ саҕаланна. Кумах, гравий куттулар. Кытыытын бетон модьоҕолоотулар, онно намыһах тимир күрүө оҥорон олортулар. Туох эрэ скверэ буолар буолла быһыылаах. Итинник үлэҕэ өрүүтүн омук дьоно үлэлээччи. Бу сырыыга барыта саха уолаттара молоруһа сылдьаллар, онон ордук интэриэһиргээтим. Кинилэри паапка тутуурдаах тойоннуҥу моһуоннаах дьон салайар курдук тутталлар-хапталлар, сөмүйэлэринэн ол-бу диэки ыйа-ыйа, тугу эрэ соруйаллар, онтон омук массыынатыгар олорон баран хаалаллар. Оптуобуһум ити сиргэ чугаһаата да, кыҥастаһа-кыҥастаһа көрө сатыыбын да, уолаттар тугу оҥоро сылдьалларын кыайан быһаарбаппын.

Биирдэ муус устар бүтүүтүгэр, сааскы ылааҥы күн киэһэриитэ, үлэбиттэн эрдэ тахсыбычча, дьиэм диэки сатыы хааман истим. Бадараан куура илик буолан, онон-манан быһалаабакка, Ильменскэй кытыытынан чалбаҕы-бадарааны кыйа сатыы иһэбин. Били сиргэ чугаһаан иһэн, дьэ, үчүгэйдик чинчийэн, көрөн ааһар санаа киирэн, уулусса хаҥас өттүттэн уҥа өттүгэр туораатым.

Сквер түгэҕигэр улахан эркин оҥоһуллубут, оттон ол эркин уҥа өттүгэр пааматынньык көстөр. Бай, «били уолум» бу кэлэн турар эбит дии! Һэй-эбэтээ, ол аата бу сквер Ильмень күөлгэ охтубут саха саллааттарыгар ананан оҥоһуллубут эбит дии! Таайыахха да баар эбит. Дьэ, хата, бу үчүгэй буолаарай!

Чугаһаан көрбүтүм, кырдьык, таас эркиҥҥэ Ильмеҥҥэ өлбүт саха саллааттарын ааттарын суруйан бачыгыраппыттар, аптамааттаах уолум бииргэ сэриилэһэ сылдьан охтубут доҕотторугар сибэккилээх кэлэн турар курдук эбит.

Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.