Kitabı oku: «Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ»
Күннүк Уурастыырап
Багдарыын Сүлбэ,
Сүрдээҕин үөрдүм:
Бөөлүүҥҥү түүлбэр
Эйигин көрдүм.
Эр бэрдэ киһи,
Эриэккэс үлэҥ,
Кэскилин иһин
Махталбын ыл, эн.
Норуоппут өлбөт,
Өрөгөй өйө
Дьабыҥҥа көппөт,
Тылыгар сөҥөр.
Муударай дьоннор
Өйдүүллэр ону.
Булаллар олор
Дуоһуйуу дьолун.
Үгүс сир аатын
Үөрэтэн билии —
Кэс тылбыт баайын
Кэҥэтэр эбии.
Итэҕэй, эрэн,
Этэрбин истэн:
Ааҕааччыҥ кутун
Тутуоххун туттуҥ.
Алта уон сааскын
Астыктык туоллуҥ,
Эн сэмэй ааккын
Сэҥээрдэр буоллуҥ.
Кэлэр да кэмҥэ
Дьоллоохтук олор.
Туолуохтаах мэҥэ
Баҕаҕын толор.
«Нам надо беречь имена людей,
которые составляют гордость, цвет нации».
М.Е. Николаев, первый Президент Республики Саха
Аан тыл
Багдарыын Сүлбэ туһунан матырыйаалы хомуйан, холбоон, кинигэ бэлэмнээн таһаартарар санаа бу сүдү киһибитигэр аналлаах кинигэ ама күн бүгүҥҥэ диэри суох дуо диэн санааттан үөскээбитэ. Онтум, хата, Михаил Спиридонович өссө бу олоххо баарыгар, 80 сааһын туоларыгар, кини үөрэнээччилэрэ – педагогическай наука кандидата У.Ф. Кондакова, Е.Р. Алексеев, С.П. Григорьев олус истиҥ ахтыылардаах кинигэни ытыктыыр учууталларыгар бэлэмнээн бэлэх ууммуттар эбит. Бу «Саха киэн туттар дьоно» серияҕа 2008 с. тахсыбыт «М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ» диэн кинигэ, хомойуох иһин, республикаҕа киэҥник тарҕамматах.
Ол гынан баран, Багдарыын Сүлбэ курдук, киһиэхэ эрэ бэриллибэт баай ис хоһоонноох, эндирдээх олоҕу олорон ааспыт, хорсун санаалаах, сөҕүмэр үлэһит киһи туһунан суруйуу биир кинигэҕэ баппата биллэр.
Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэни тыыннааҕар төһө да көрсүбэтэҕим, тылын-өһүн эт кулгаахпынан истибэтэҕим иһин, кини биэрбит интервьюларын, ыстатыйаларын уонна суруйбут үлэлэриттэн аахпыт буоламмын, хайдах эрэ бу ураты дьылҕалаах, олоххо инники хардыылаан испит киһини кытта алтыспыт курдук сананным.
Михаил Спиридонович улаханнык ытыктыыр учуутала профессор Г.П. Башарин буолар. Георгий Прокопьевич туһунан кини кэргэнэ К.И. Платонова-Башарина эппит бу тыллара Багдарыын Сүлбэҕэ толору сөп түбэһэллэр: «Ты был мужественным, честным, справедливым во всем. Ты сердцем и душой любил родной народ, которому посвятил свой труд, любил его культуру, страстно любил Родину – Якутию, ее природу, глубоко, искренне любил Россию, русский народ… Народ твой не забывает тебя, чтит, ценит, любит, считает своим достойным сыном».
Кинигэ тахсыытын өйөөбүт «Айар» кыһа дириэктэригэр А.В. Егоровка, эбии үбүлээһининэн көмөлөспүт Ньурба улууһун баһылыгар А.М. Иннокентьевка, социологическай наука доктора, профессор У.А. Винокуроваҕа, суруйааччы Прокопий Чуукаарга, филологическай наука кандидата Багдарыын Ньургун Сүлбэ уолугар, Ньурба улууһун Н.Т. Степанов аатынан Чаппандатааҕы фольклор-литература түмэлин салайааччытыгар Т.Д. Сидороваҕа, Михаил Спиридонович туһунан ахтыы биэрбит дьоҥҥо, үөрэнээччилэригэр, аймахтарыгар махтанабын.
Күндү ааҕааччылар! Бу кинигэ эһиэхэ Багдарыын Сүлбэлиин истиҥ сэһэргэһии, кини чаҕылхай олоҕун сэгэтэн көрүү, кинилиин алтыспыт дьону кытта иһирэх кэпсэтии буоллун.
Л.В. Иванова,СР култууратын туйгуна
У.А. Винокурова,
социологическай наука доктора, профессор
Киирии тыл
Сырдык сүүрээн чаҕыла
«Багдарыын» диэн тыл суолтата сырдык, ыраас, оттон «Сүлбэ» – сүүрүк, сүүрүгүрдэр. Ол аата Михаил Спиридонович Уйбаныап бэйэтигэр «Сырдык Сүүрээн» диэн ытык өбүгэлэрин ааттарыттан талан, таҥан ааттаммыт дириҥ суолталаах аатын тыыннааҕын тухары дьоһуннаахтык бигэргэппит. Кэнчээри көлүөнэ сахаларга сырдык сүүрээн буолан өйдөрүн-сүрэхтэрин ыраастыы, саха аата сыдьаайа сырдыыр суола, билиигэ-көрүүгэ утаппыты ханнарар, илгэлээх сүмэһин буолан, төрүт Ийэ сири иччилиир ситим сүүрүгүн тобулар анала дьыл-хонук аастаҕын аайы улам күүһүрэн иһэр.
Багдарыын Сүлбэ олоҕун тыыннаах туоһулара бу кинигэҕэ мунньустан кини Саха омук дьылҕатыгар тобулбут, туруорсубут сырдык сүүрээннэрин холбоон баараҕай тардыылаах, улуу эҥсилгэннээх Өй-Сүрэх сахаҕа үөскүүр туоһутунан Багдарыыны – саха дойдутун тыынын, саха тылын, олоҕун майгытын, айар айылгытын, дьоһун ыччатын үөрэтэр, иитэр уратытын, дьылҕатын анаарар үйэлээҕи арааран көрүүтүн, көҥүлгэ, эйэҕэ тардыһыытын, күннээҕигэ кэскиллээҕи тутуһарын – кыраҕы таптыыр сүрэхтэр этитиилэринэн Багдарыын Сүлбэ Айыы тыынын тилиннэрдэ. Аны кини тыыннаахтар кэккэлэригэр өрүү баар буолуо.
Бу кинигэҕэ саха төрүт интэлигиэнин, Багдарыын Сүлбэни, ытыктыыр, кини төлөннөөх сүрэҕиттэн уот сахпыт, киниэхэ күүһүгэр күүс эппит, тирэх, түөрэх, тирээбил буолбут, дьулуһууларын салгыы сайыннарбыт, сиппэтэҕин ситиспит биир санаалаахтара ураты сырдык эйгэ буолан иилии эргийэллэр.
Кинигэ тутула эриэккэс. Аан бастаан хайдах «Саха буоларга» Багдарыын Сүлбэ ыал аҕата, учуутал, директор, чинчийээччи быһыытынан такайбыта араас өттүттэн сырдатыллар. «Уолаттарын сарсыарда сыллаан туруортуур амарах аҕа», «Ханна да тиий, Михаил Спиридонович Иванов тапталлаах, махталлаах үөрэнээччилэрэ Саха сирин хайа баҕарар муннугар элбэхпит», «1600-тан тахса дипломҥа «М. Уйбаныап» диэн илии баттаан туттарбыта». Маны сэргэ кини сир-сир аайы билсэр-көрсөр сир түннүгэ дьоннордоох буолан, республика сирин-уотун, олохтоохторун кытта ыкса ситимнээх этэ. Сунтаарга кэлбитигэр тэрийээччи «Испииһэги туттаран кэбистэ. Багдарыыҥҥа уонча киһи уочараттаабыт, дьиэлэригэр илдьэн хоннороору, ыалдьыттатаары».
Уларыта тутуу кэмигэр, Саха Республикатын тэрийии, саха көҥүлүн туһугар киирсии былдьаһыктаах кэмнэригэр кырдьыгы өрө туппут Багдарыын Сүлбэ, саха омукка күүстээхтик дьайар биллиилээх учуутал, чинчийээччи буолан, Саханы Саха дэтэр уһуктуу хамсааһыннарын төлөннөөх Тыл иччитэ буолбута. Биир санаалаахтары учуутал быһыытынан түмэр дьоҕура сүҥкэнник туһалаабыта. Дьиҥнээх Учуутал – олоҕун устата өрүү учуутал. Ону, холобур, Ньурба эмиэ биир сытыы ньургуна, ленинец Е.Е. Алексеевы кытта биир санаанан, сахабыт туһа диэн бииргэ буолбуттарын Егор Егорович бэлэхтээбит автографтара бигэргэтэллэр. Эмиэ биир оннук туспа суоллаах, булгуруйбат дьулуурдаах М.П. Алексеев-Дапсыны кытта күүстэрин холбообуттара быһаарыылаах суолталаммыта: «Багдарыын туһунан 1980-с сыллар саҥаларыгар «Бастакы топонимист» диэн «Эдэр коммунист» хаһыакка ыстатыйа суруйбутум. Ол өссө бэйэбит сирэй билсэ иликпитинэ суруйбут буолуохтаахпын. Кинини бэйэтин хойут көрсүбүтүм. Мин норуоппар туох эмэ куһаҕан буолаары гыннаҕына тыас биэриэхтээхпин, мантан сэрэниҥ диэн. Ол иһин Дапсы диэн ааты ылыммытым».
Багдарыын Сүлбэ хотугу тиит курдук эриллэн-мускуллан баараҕай, сүҥкэн күүс буолан ыспыт үнүгэстэриттэн тэҥкэ тыа үүнэн таҕыста – «Багдарыынабыстар» кэккэлэрэ. Кинилэргэ туһаайан кинигэ бүтэһик салаатыттан Михаил Спиридонович чиҥ, чуо-бааччы куолаһа субу баардыы иһиллэр: «Элбэх үөрэнээччилэрдээхпинэн, көмөлөһүннэрээччилэрдээхпинэн киэн туттабын, үөрэбин», «Убаизмтан аккаастаныахтаахпыт!», «Хайаан да киһи буолуохтаахпын, олохпун тэриниэхтээхпин диир өй тиийбэт буолан хаалла», «Саха түҥ былыргы баай историялаах омук. Колониальнай империяҕа олорор кэмҥэ аҕыйах ахсааннаах кыра омук историята хаһан да киһилии үөрэтиллибэт», «Промышленноска, баайбытыгар, ыллыбыт да, күн сарсын хаһаайын буолар кыахпыт суох. Итини биһиги өр сыллаах дьаныардаах, дьулуурдаах охсуһуунан, бэйэни бэйэ ииттиниитинэн, үрдүк, араас өрүттээх уустук үөрэҕи баһылаан эрэ ситиһиэхпит. Ити уустуктан уустук соругу ситиһэр туһугар саха норуота өр сыллаах, кэскиллээх былааны ылынара, биир бигэ санааланара наада. Норуот тыын интэриэһин таба тутар, үрдүк сайдыылаах омук буоларын хааччыйар тутаах идеяны булуохтаах уонна ону ситиһэргэ сомоҕолоһуохтаах, бастатан туран, ыччатын иитиэхтээх».
Чахчы чоруун-хатан Багдарыын Сүлбэ курдук дьон баар буолан саха омук кэскилэ кэтит. Саханы Саха дэппит Багдарыын Сүлбэ олоҕун үөрэтиҥ! Киэн туттуҥ!
Итинник дьон үөскээн-төрөөн тахсан истиннэр!
Олоҕун олуктара
1928 с. сэтинньи 8 к. – I Ньурба (билиҥҥинэн Ньурбачаан) нэһилиэгэр төрөөбүтэ;
1942–1945 сс. – Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэр;
1945–1948 сс. – Өлөөҥҥө учууталлыыр;
1952 с. олунньу 19 к. – сымыйа балыырга түбэһэн хаайыллар;
1954 с. – хаайыыттан босхолонор;
1955 с. – Дьокуускайдааҕы пединститут история салаатын бүтэрэр;
1954–1956 сс. – сэрии инбэлииттэрин интернат-оскуолатыгар үлэлиир;
1956–1958 сс. – Кэбээйигэ оскуола дириэктэринэн үлэлиир;
1957 с. – Варвара Михайловна Пермяковалыын ыал буолаллар;
1958–1974 сс. – Бүлүү педучилищетыгар дириэктэрдиир;
1960-с сыллартан сир аатын хомуйан чинчийиитин саҕалыыр;
1967 с. – «Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала» аат иҥэриллэр;
1974–1982 сс. – Учууталлар таһымнарын үрдэтэр институкка история, обществоведение кабинетын салайар;
1983–2003 сс. – Гуманитарнай чинчийии институтун старшай научнай үлэһитэ;
2017 с. кулун тутар 25 к. олохтон барбыта.
Багдарыын Сүлбэ
Олоҕум туһунан
Мин Ньурба улууһун Накаас (I Ньурба) нэһилиэгэр 1928 с. сэтинньи 8 к. төрөөбүппүн. Аҕам Уус Испирдиэн, эһэм Такынай Уус – Дьөгүөссэ уус Уйбаныаптар. Удьуор тимир, көмүс уустара. Хос эһэм Дьэпсэй Уйбаныап диэн кыра дуоһунаска тиксэ, дьонугар-сэргэтигэр балайда биллэ сылдьыбыт киһи. Төрүт өбүгэбит Түүлээх Дүҥүрдээх Түлүөн ойуун диэн. Аата сурукка элбэхтик киирбит киһи. Кини хос сиэнэ – Сүлэ Багдарыын. Ол аатын псевдоним оҥосто сылдьабын. Багдарин – эбэҥки тыла, үрүҥ, сырдык диэн өйдөбүллээх.
Аҕыстаахпар иккис кылааска быһа киирбитим. Ол иннинээҕи сылга убайым Сүөдэр ыалдьан кэлэн олорон ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэппитэ. Уоннаахпар аҕалаах ийэм иккиэн өлбүттэрэ. Туох эрэ ис ыарыытыгар диэбиттэрин өйдүүбүн. Онон убайым Сүөдэр иитэ ылбыта. Ол гынан 5–7 кылаастарга Марха оскуолатыгар үөрэммитим. Оскуола 7-с кылааһын бүтэрбитим кэннэ убайым, эрдэ үлэһит буоллун диэн, Бүлүү педучилищетыгар үөрэттэрэ ыыппыта, ону 1945 с. бүтэрбитим.
1945–48 сс. Өлөөн орто оскуолатыгар история, география, ССРС конституциятын учуутала буолбутум. Учуутал тиийбэтэ бэрт буолан, итинник үлэлэттэхтэрэ буолуо.
Историк, этнограф И.С. Гурвич ол кэмҥэ учууталлыыр этэ. Чинчийэр үлэнэн дьарыктанарын, дьону кытта кэпсэтэрин көрөр-истэр этим. Үлэтин ис хоһоонун бу диэн өйдөөбөтөрбүн даҕаны, син туох эрэ хаалбыта буолуо. Биирдэ республика хаһыатыгар ыстатыйа таһаартарарыгар мин ааппын кыбыппыт этэ. Дьону кытта кэпсэтэрбэр тылбаастаан көмөлөстө диэн.
Биир сайын экспедицияларга тылбаасчытынан сылдьыбытым. Сайыны быһа. Туундараҕа тиийэ сылдьыбыппыт. Аны санаатахха алмааһы көрдүүллэр эбит.
Учуутал тиийбэт, онон үс сыл кэнниттэн салгыы үлэлэтэ хаалларыахпыт диэбиттэрэ. Ол иһин үөрэх министрэ С.С. Сюльскайга сурук суруйбутум. Үөрэнэ барыахпын баҕарабын, көҥүллээ диэн. Кини Ньурба, Сүлэ. Убайбын Сүөдэри билэр, билсэллэр эбит этэ. Ону ахтыбытым. Көҥүллүүр туһунан сурук кэлбитэ. Онон 1948 сыл күһүнүттэн пединститут устудьуона буолбутум.
Училищеҕа үөрэнэр сылларбар саха тылын, литературатын учууталынан саха патриота А.К. Сивцев үлэлээбитэ. Төрөөбүт тылы таптыырга, саха буоларга кини көмөтө улахан эбит дии саныыбын. Өлөөҥҥө үлэлии сылдьан хаайыллыбытын истибитим.
Өлөөҥҥө оскуолабыт дириэктэринэн ким эрэ Игнатьев диэн киһи үлэлээбитэ. Самолетунан бииргэ көтөн тиийбиппит. Кэргэннээх, кыра кыыс оҕолоох. Олох эдэригэр, киинэ көрө олорон тугу эрэ диэтэ диэн, хаайа сылдьыбыттар. Түүн биирдэ оскуолабытыгар баһаар буолбута. Быыһаабыттара. И.С. Гурвич биир кэпсэтиигэ, иэдээн буолбута буоллар, директоры өстөөх диэн сууттуо этилэр диэбитэ.
Пединститукка, баҕатыйан туран, үчүгэйдик үөрэммитим. Бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбытым. Г.П. Башарин «Саха сирин историята» диэн куруһуогу арыйбыта. Докторскай диссертациятын көмүскээн кэлбитэ. Көхтөөхтүк сылдьарбыт. Мөккүһүү, кириитикэлэһии да баар буолааччы этэ. Рефераттары суруйарбыт, онтубутун ааҕарбыт, мөккүһэрбит.
Учууталбар Г.П. Башариҥҥа махтанабын. Уруогу ааҕар уонна ону учууталга кэпсээн сыана ылар эрэ диэнинэн муҥурданар тутах эбит диэҥҥэ харахпытын аспыта. Кини кэннэ атын биир да учуутал куруһуок ыыппат этэ. Соҕотох кини эрэ. Бүтүн факультет үрдүнэн. Куруһуок актыыбынай чилиэнэ этим. Киэн туттарым.
Педагогическай практика диэҥҥэ 2-с оскуолаҕа уруок биэрэрбин хайгыыллар этэ. Учууталлаан баран кэллэҕим дии.
Ити курдук үчүгэй баҕайытык үөрэнэ сырыттахпытына, 4-с курска, 1952 сыллаахха сааһыары кыһын КГБ-лар хаайбыттара. Лекция ортотуттан ылбыттара. Ол, аны санаатахха, устудьуоннарга, преподавателлэргэ барыларыгар суоһурҕаныы эбит.
Ол кэмҥэ «Баһаарын дьыалата» диэн күөртээн, айдаан бөҕөнү тарда олорор кэмнэрэ этэ.
Сэбиэскэй террор кэмин хаайыыта, ГУЛАГ диэн туох эбитин Далан суруйан турар.
Мин аҕыйах ый Уус Маайа Бриндакитыгар кыһыл көмүһү хостуур шахтаҕа үлэлээбитим. Онон өссө киэн да туттуохпун сөп. Орто дойдуга кэлэн ааһар кылгас үйэбэр ону-маны көрбөлөстүм. Баай опыттаахпын да диэххэ сөп.
Сэбиэскэй кэм үчүгэйэ, сырдыга аҕыйах этэ. Мин – тыыннаах туоһубун.
Хаайыыттан тахсан, Дьокуускайга кэлэн, Марха оскуолатыгар, Бүлүүгэ бииргэ үөрэммит табаарыспын Баһылайап Дьарааһыны көрсүбүтүм. Киһим комсомол райкомугар үлэһит буолбут эбит. Ол эрэн, үчүгэйдик көрсүбүтэ, өссө остолобуойга илдьэн аһаппыта.
Ити дойду бастыҥ ыччата Сэбиэскэй былаас норуоту утары кырыктаах политиканы ыытарын өйдүүр эбэтэр көхсүтүнэн сэрэйэр эбитин көрдөрөр.
Норуот аа-дьуо уһуктан барбыта.
Үөрэх министерствота икки сыл тухары үлэҕэ ылбатаҕа. Оҕону иитэри-үөрэтэри итэҕэйбэппит дииллэр этэ.
Онтон партия ХХ съеһин тыына биллэн барбыта. Уонна 1956 с. директордаах завуһа иккиэн уһуллубут Кэбээйи орто оскуолатыгар дириэктэринэн анаабыттара. Онно икки сыл үлэлээбитим. Куһаҕана суохтук. Онтон 1958 с. Бүлүү педучилищетыгар директордата ыыппыттара. Дьолбор.
Кэбээйигэ үлэлиир иккис сылбар начальнай кылаас учуутала, Чурапчы Мугудайын кыыһа Варвара Пермякованы кытта ыал буолбуппут. Ийэтэ суох, кырдьаҕас аҕатын илдьэ сылдьар эбит этэ. Мин кыратык ыарытыйа сылдьыбытым. Уонна бары да өттүнэн кыах суох. Онон сыбаайбалаабатахпыт. Малыыда уҥуортан, Бараһыылап диэн сиртэн (урукку холкуос олоҕо) биир иһит кыһыл арыгыны аҕалтарбытым. Егор Эверстов диэн устудьуон эрдэхпиттэн билэр учуутал табаарыһым туоһу буолта.
Ыал буоларбытын оҕурдук бэлиэтээбиппит.
1958 сыл сайын Бүлүүгэ тиийбиппит. Эмиэ дириэктэрэ уһуллубут училищеҕа. Сол күһүнүгэр, балаҕан ыйыгар маҥнайгы уолбут Ньургун төрөөбүтэ. Билигин кини наука кандидата. «Монголизмы в топонимии Якутии» (Якутск, 2001) диэн кинигэлээх. Диссертациятын үчүгэй диэн сыана быспыттара. Билигин топонимикаҕа бытаара сылдьар. Быһаарыылаах тылдьыты оҥорууга көлүйэ сылдьаллар. Институт дьиэ биэрбэтэҕэ, онон картотекаттан 4,5 көстөөх сиргэ олорор. Икки оҕолоох. Кыыһа быйыл СГУ саха-турецкай отделениетын 3-с курсугар киирэр, уола – Тыа хаһаайыстыбатын Академиятын экономическай факультетын 2-с курсугар.
1959 с. күһүнүгэр иккис уолбут Айдаар төрөөбүтэ. Петербурга журналистика факультетын бүтэрбитэ. Идэтинэн үлэлээн иһэн, эргиэн үлэтигэр көспүтэ. Үс кыыстаах, улахана быйыл СГУ историческай факультетын бүтэриэҕэ. Күннэй – сиэннэнэр дьол диэн тугун бастакынан биллэрбит сиэммит. Иккис кыыс Айыына быйыл СГУ омук тылын факультетын французскай салаатын 2-с курсугар үөрэнэр. Үһүс кыыс Саргылаана быйылгы үөрэх дьылыгар оскуоланы бүтэрэр.
Үһүс уолбут Эллэй СГУ омук тылын факультетын немецкэй отделениетын бүтэрбитэ. Телевидениеҕэ кылаабынай режиссер. Үлэтин таһынан киинэ устар. Сорох киинэлэрин дьон сөбүлүүр. Улахан кыыһа Сайыына быйыл СГУ журналистикаҕа факультетын 2-с курсугар киириэҕэ. Орто кыыс Айталыын Куо быйыл 9-с кылааһы бүтэрбитэ. Кыралара Айдын быйыл саҥа үөрэххэ киирдэ.
Оҕолор бары сахалар. Сахалыы ииппиппит. Бүлүүгэ маҥнайгы сахалыы ааттаах биһиги Ньургуммут этэ. Дьон соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттара. Онтон Эллэй детсадка киирэригэр ол детсадка сахалыы ааттаах 8 оҕо баар буолбут этэ. Билигин саха нэһилиэктэригэр саҥа төрүүр оҕо 15–20–30 бырыһыана сахалыы ааттаах буолар буолла.
Оҕолорум саҥаларын кэргэмминиин түмэр, суруйар буолбуппут. Ону уонна атын да дьон оҕолорун саҥаларын түмэн, сааһылаан, оҕо саҥатыгар 4 кинигэни суруйан бэчээттэппитим. Маҥнайгы кинигэм «Атах туппай» 1967 с. тахсыбыта. Дьон олуһун диэн биһирээбиттэрэ. Сэҥээрии бэчээтинэн кытта элбэх этэ.
Топонимиканан дьарыктаныыбын Бүлүүгэ саҕалаабытым. 60-с сыллар саҕаланыыларыгар.
Хас биирдии үөрэнээччибин кытта сиһилии кэпсэтэр этим. Кимин-тугун, төһө кыахтаах ыал оҕотун эҥин билээри. Ол олорон Хаҥалас, Нам, Бороҕон, Малдьаҕар, Наахара эҥин диэн сирдэр олус тарҕаммыттарын билбитим. Саха ХVII үйэ кэнниттэн ыһыллыбыт, тарҕаммыт да эбит, сир аатын хомуйбут киһи үгүһү да билиэ эбит диэн санааҕа кэлбитим.
Мэҥэ Хаҥаласка Тараҕай, Чурапчыга Хадаар, Аммаҕа Эмис, Уус Алдаҥҥа Түүлээх… Топонимика эҥинэ диэн дьиктилэрдээх да эбит. Хомуйуохха!
Инньэ гынан, билигин топонимикаҕа 350-тан тахса тыһыынча карточкалаах картотекалаахпын, учуонайдар маладьыас киһи эбиккин, наукаҕа, норуоккар чахчы улаханнык туһалаабыккын диэн сыаналыыллар.
Сылдьыбатах сирим диэн Саха сириттэн уонтан эрэ тахса нэһилиэк хаалла. Кытыы-быстах сирдэр. Саха сирин тас өттүгэр Магадан уобалаһыгар, Хабаровскай кыраайга, Сахалиҥҥа, Амурскай, Читинскэй, Иркутскай уобаластарга, Красноярскай кыраайга, ол иһигэр Таймырга тиийтэлээтим. Ама, дьэ, сылдьа сатаатым. Сир аатын туһа диэн.
Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон аатын хомуйабын. Антропонимика. Ким да хомуйбат, дьарыктаммат. Элбэх кистэлэҥи тута сытыарар бөҕө буоллаҕа дии. Бэйэм да тэтимнээхтик хомуйабын, дьон да биллэ көмөлөһөр. Онон хайыы үйэ 50-ча тыһыынча карточкалаах картотекаланным.
Барыта 800-тэн тахса киһини кытта кэпсэттим уонна дьон, сорохтор, бэйэлэрин баҕаларынан суруйаллар. Ордук бу кэлиҥҥи кэмҥэ. Ол информатордарым ааттарын сааһылаан олоробун. Онон ким тугу, хаһан кэпсээбитин, суруйуубун чопчу булан ылабын.
Аны бары топонимнары, антропонимнары сыһыарыыларынан наардаан олоробун. Ол туһунан картотека… Холобур, -ҥда сыһыарыылаах топонимнар ханна-ханна баалларый. Эбэтэр биһиги тылбыт, ол курдук тоҥус-манчжур, монгол эҥин тыллара сыһыарыылары хос-хос ылынар айылҕалаахтар (агглютинативнайдар). Ону эмиэ хайаан да бэлиэтиэххэ наада. Холобур, -ҕа, -тта сыһыарыылаах тылларынан бэлиэтэниэхтээх: Абаҕатта, Амаҕатта, Бойбоҕотто, Былаҕатта, Кыттаҕатта, Лаптаҕатта, Майаҕатта, Мандаҕатта, Молоҕотто, Намаҕатта, Ньылаҕатта, Сомоҕотто, Тыраҕатта, Хайаҕатта, Хайаҥатта, Хамаҕатта, Хардьаҕаатта, Хараҕатта, Хомоҕотто, Чахдаҕатта…
Топонимикаҕа, антропонимикаҕа барыта 10-тан тахса кинигэни бэчээттэттим. Ол иһигэр икки – нууччалыы.
Бэйэм уонна үөрэнээччилэрим, сир аатын хомуйа сылдьан, суруйбут үһүйээннэрбитин, номохторбутун түмэн, кинигэ оҥорон, 2004 с. бэчээттэппитим. Билигин итинник иккис кинигэни оҥорор кэпсэтиилээхпин.
Бүлүүгэ үлэлээн олорон, Бүлүү киһитэ Алексей Миронов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ хорсуннук сэриилэспитин уонна ол олохтоохторго уос номоҕо буолбутун билбитим. Венгрияҕа көмүллэ сытар үһү диэни ааҕан баран, ол дэриэбинэ оскуолатын дириэктэригэр сурук суруйбутум. Эппиэт сурук кэлбитэ. Кырдьык эбит. Онон училищем преподавателэ, хаартыскаҕа устар, киинэҕэ да түһэрэр М.М. Михайловы кытта сайын Венгриялаабыппыт. Чахчы үчүгэй, өрө көтөҕүллүүлээх сонуннаах кэлбиппит. Кинигэ суруйдаҕым ол, «Хоту дойду хонноҕуттан». Аны А. Миронов Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолта. Онон, кинигэ кыһата көрдөһүүтүнэн, кинигэ эбиллэн, иккиһин тахсыбыта.
Сэбиэскэй былаас уонунан мөлүйүөн киһини кыргыбыта. Ол иһигэр саха бастыҥын. Норуоту баһа-көһө суох хаалларбыта. Ол туһунан уонунан ыстатыйаны суруйбутум. Өссө түмэн, «Сомоҕолоһуу туһунан» диэн кинигэни бэчээттэппитим. Ону таһынан үс кинигэни: «Олох долгуна», «Нөрүөн нөргүй буолуохтун!», «Ааспат-арахпат сырҕан баас».
Ити суруйууларым КГБ архыыбын матырыйаалларыгар олоҕуран суруллубуттара. КГБ докумуоннара тылбаастамматахтара, онон ким да мөккүһэр кыаҕа суох. Мөккүспэтэхтэрэ, Багдарыын сымыйалаабыт диэбэтэхтэрэ. Көннөрү үрдүттэн үөхсүү баар этэ…
«Нөрүөн нөргүй буолуохтун!» кинигэбэр норуот өстөөҕө, дьоппуон үспүйүөнэ диэн 1938 с. ытыллыбыт убайым, аҕам бииргэ төрөөбүт инитэ Муран Уланскай туһунан суруйбутум уонна төрүччүбүн киллэрбитим.
Киһи, үлэһит гыммыт сирбинэн Бүлүү педучилищета буолар. Онон кини үлэтин-хамнаһын, историятын туһунан «Вилюйское педучилище имени Н.Г. Чернышевского» диэн брошюраҕа бэчээттэппитим (1974).
Мин – сахабын. Оҕолорбун, үөрэнээччилэрбин оннук тыыҥҥа иитэн кэллим. Оҕолорум, сиэннэрим, чугас аймахтарым оҕолоро сахалыы ааттаахтар, сахалыы тылланан улааталлар, саха оскуолатыгар үөрэнэллэр. Биир сиэним, Сайыына, бэйэтин баҕатынан пааспар ыларыгар араспаанньатын уларыттаран Багдарыын буолбута.
Саха буолуохтаахпыт, сахабытын өрө тутуохтаахпыт. ЮНЕСКО саха тылын эстэр тыллар ахсааннарыгар киллэрбитэ. Ону өйдүү, өйдөтө сылдьыахтаахпыт. Саха – өһөс диибит. Уһун тыыннанар туһугар кыах баарынан охсуһуохтаахпыт. Өлө сатыыр диэн баар үһү дуо?!
Сахалыы суруйабын. Ону историк учуонай, Ньурба Малдьаҕарын киһитэ (нуучча ойохтоох, оҕолоро нууччалар) Ф.Г. Сафронов, картотекабын көрөн баран: «Ты – дурак! Нууччалыы суруйарыҥ буоллар, кинигэлэргин Америкаҕа тиийэ ааҕыах этилэр», – диэбитэ. Ол үрдүнэн, туруулаһан туран сахалыы суруйабын. Арай, ССРС Наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи филиалын салайааччыта Н.В. Черскэй сорудаҕынан «Топонимика Якутии» кинигэни суруйбутум (1985). Ол кинигэбин эбэн, тупсаран, Республика президенэ В.А. Штыров сорудаҕынан быйыл иккистээн таһаартардым.
Саха бэйэтэ суруктаах буолуохтаах. Оччоҕо эрэ кини сайдыа, санаата бөҕөргүө, үйэтэ уһуо.
Научнай айымньылары сахалыы суруйар, сахалыы суруйууну саҕалаата, ону дьон ааҕар диэн хас да учуонай миигин хайҕаан, махтанан суруйбуттара. Оттон ити Ф.Г. Сафронов: «Эн суруйаргын ким ааҕарый? Биир эмит учуутал уонна оҕонньор, эмээхсин», – диэбитэ.
Үйэм төһө уһуур? Сааһырбалаатым. Сахалыы суруйа туруом, суруйар буолуҥ, тылгытыттан аккаастанымаҥ, тылгытын уһун үйэлээҥ диэн кэриэспин этиэм.