Kitabı oku: «Лаглайбыт күөх харыйачаан»
Ырыалар
Лаглайбыт күөх харыйачаан
(«В лесу родилась ёлочка» ырыа тылбааһа)
Раиса Кудашева тыллара Леонид Бекман муусуката
Лаглайбыт күөх харыйачаан
Ойуур тыаҕа үүммүт.
Кыһын буоллун, сайын буоллун
Кини чээл күөх турбут.
Буурҕа тыалым ырыа ыллыыр:
«Утуй, утуй оҕом».
Тибии хаарым үрдүн сабар:
«Сэрэн, сэрэн, тоҥуоҥ!»
Куттас куобах, маҥан куобах
Ойон чөрөҥөлүүр,
Арыт туран торҕон бөрө
Сүүрэн өкчөҥөлүүр.
Ойуур тыаны ортотунан
Сыарҕа сырылаата,
Хойуу түүлээх аллаах атым
Сиэлэн дьоруолаата.
Атым сыыдам сыарҕатыгар
Оҕонньор олорбут,
Харыйачаан барахсаны
Кэлэн кэрдэн ылбыт.
Харыйачаан манна киирэн,
Киэргэл симэх кэппит.
Оҕолорго, оҕолорго
Үрдүк үөрүү кэлбит.
КЫРАКЫЙ ХАРЫЙА ТАҺЫРДЬА ТОҤМУТ
(«Маленькой ёлочке холодно зимой» ырыа тылбааһа)
Зинаида Александрова тыллара Михаил Красев муусуката
Раиса Винокурова тылбааһа
Кыракый харыйа
Таһырдьа тоҥмут.
Сиэтэммит кинини
Дьиэҕэ киллэриэх.
Кэрэчээн харыйа
Күлүмнүү турар.
Төгүрүк оонньуурдаах
Көмүс туораахтаах.
Оҕуруо киэргэллээх
Дьиримниир уоттаах.
Минньигэс, минньигэс
Элбэх бэлэхтээх.
Саҥа дьыл киэһэтин
Харыйа күүппүт
Көрүдьүөс, көрүдьүөс
Оонньууттан үөрбүт.
ЁЛКА ЫРЫАТА
Николай Туобулаахап тыллара Григорий Новгородов мелодията
Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэлэн олорор.
Чэй-чэй эрэ дьиэрэҥкэй —
Тэйдэр-тэйэн үҥкүүлээҥ,
Үүнэр дьылга эһиэкэй —
Этэн-тыынан дьиэрэтиҥ.
Тоҕо баҕас күндүтэй,
Ёлка маспыт киэргэнэн!
Торҕо көмүс сиэдэрэй —
Лаампа уота имнэнэн!
Сирэм күөххэ сылдьааччы —
Үөскүүр ыччат биһиги,
Сиргэ оһуор буолааччы —
Үүнэр сүһүөх биһиги.
Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэлэн олорор.
Тымныы оҕонньор
(«Дед Мороз» ырыа тылбааһа)
Татьяна Волгина тыллара Аркадий Филиппенко муусуката
Биһиэхэ ыалдьыттыы
Тымныы оҕонньор кэлбит.
Биһиэхэ кэһиитин
Ёлка маһы аҕалбыт.
Бу бааллар фонариктар,
Кыһыл көмүс шариктар.
Биһиэхэ ыалдьыттыы
Тымныы оҕонньор кэлбит.
Биһиэхэ кэһиитин
Элбэх онньуур аҕалбыт.
Бу бааллар бирээнньиктэр,
Сакалааттар, кэмпиэттэр.
Саҥа дьыл
Ольга Иванова тыллара Надежда Макарова мелодията
Кэрэчээн харыйа
Налыччы киэргэммит,
Араас да уотунан
Күлүмнүү умайбыт.
Хос ырыата:
Чаҕылый, чаҕылый,
Баай ёлка, умайыый.
Оҕолор көрдөрүн
Эн үөрдэ сырдатыый!
Эһэлэр, бөрөлөр,
Саһыллар бэл бааллар,
Сиэттиһэн бараннар
Көхтөөхтүк ыллыыллар.
Хос ырыата.
Хаар маҥан баттахтаах
Тымныычаан оҕонньор
Кэһиитин аҕалар,
Үөрүүнү үксэтэр.
Хос ырыата.
Ёлкаҕа
Григорий Данилов тыллара Николай Бойлохов мелодията
Намылыйар лабааҕар
Киэргэл бэрдин эринэн,
Килбэчийэр киистэҕэр
Көмүс дуйу бүрүнэн,
Кырасыабай бэйэккэҥ
Кынтайаахтыы лаглайан,
Күндү алмаас өҥүнэн
Күлүмүрдүү тураҕын.
Эн тулаҕар оҕолор
Хоробуоттаан эргийэ,
Онтон эмиэ сороҕор
Yҥкүүлээн да битийэ,
Оһуокайдаан көтүһэн,
Ойон-тэбэн ылабыт.
Yүнэр сылы көрсүһэн,
Yөрэ-көтө сылдьабыт.
Саҥа дьыл
Мария Эверстова-Обутова тыллара Александр Дунаев мелодията
Саргылаах Саҥа дьыл
Салаллан кэллэ дии,
Киэргэллээх харыйа
Кэhиилээх эбит дии.
Күндү күөх харыйа
Көр-оонньуу аргыстаах,
Күндү күөх харыйа
Күлүмнэс айгырдаах.
Ёлкабыт симэҕэ,
Эчикиий, элбэҕиин!
Ыл, көрүҥ, мэкчиргэ
Иhиллиир быhыылаах.
Саhыллар, тииҥнэр,
Куобахтар, бөрөлөр,
Эhэлэр, тайахтар
Эйэлээх да буолтар.
Тымныы оҕонньор
Тырымнас сиэниниин
Сиэттиhэн киирдилэр,
Эҕэрдэ эттилэр.
Ылыҥ даа, оҕолоор,
Ылсыаҕыҥ илииттэн,
Көрүдьүөс оонньуута
Көҕүлээн иhиэҕиҥ.
Моруос кэллэ!
Пётр Тобуруокап тыллара Саргылана Константинова мелодията
Киммит ата тыбыырталыыр,
Ким сыарҕата сырылыыр,
Киммит хааман кыычырҕатар,
Киммит ааны тоҥсуйар?
Хос ырыата:
Моруос кэллэ, Моруос кэллэ,
Моруос ааны сэгэттэ.
Тымныы Моруос эһэккэбит,
Биһигиттэн эҕэрдэ!
Хайа хайдах айаннаатыҥ,
Хас сулуска сырыттыҥ,
Саҥа дьылбыт ханна баарый,
Хаарчаанабыт ханнаный?
Хос ырыата.
Саҥа дьыл
К. Еремеев тыллара уонна мелодията
Күөх харыйа тула
Көхтөөх оҕолор мустаммыт,
Куобах, саһыл, эһэ
Көрүн-нарын тутустахпыт.
Хос ырыата:
Уоттара тырымнас,
Оонньуурдара күлүмнэс
Саҥа дьылбыт харыйата, харыйата.
Үлэ-үөрэх туһунан
Бүгүн туойан дьиэрэттэхпит,
Үҥкүү-оонньуу бэрдин
Үөрэ-көтө эргийдэхпит.
Хос ырыата.
Үтүө үөрэх иһин
Үгүс ыччат хайҕаныахпыт,
Дед Мороз кэһиитин
Кыра дьонньор кэтэһиэхпит.
Хос ырыата.
Саҥа Дьылбыт кэлиитэ
Валерий Чиряев тыллара Григорий Новгородов мелодията
Саҥа дьылбыт кэлиитэ
Сүрдээх элбэх кэһиитэ:
Көҕөрөөхтүүр харыйа,
Көтөрө-харамайа.
Симэммитэ-киэргэммитэ
Сиэдэрэйкээн да этэ.
Манна баар: оҕус, ынах,
Массыына уонна куобах.
Килбэчиспит ойуулаах
Кэрэ-дьикти оонньуурдаах,
Эргэ дьылы атаара
Эһэ, бөрө да мустар.
Сордоҥ, собо, алыһар
Субу устан кылбаһар.
Сандаарыспыт лаампалар
Сырдыы, оонньуу тыкпыттар.
Саҥа дьыл
Капиталина Семёнова тыллара уонна мелодията
Элбэх, элбэх
Оонньуурдаах
Харыйабыт
Киэргэммит.
Хос ырыата:
Саҥа дьыл,
Саҥа дьыл,
Кэтэһиилээх
Саҥа дьыл!
Элбэх, элбэх
Кыыллардаах
Оонньуубут
Саҕаланна!
Хос ырыата.
Элбэх, элбэх
Кэһиилээх
Тымныы оҕонньор
Кэллэ!
Хос ырыата.
Саҥа дьыл, дорообо!
Капиталина Семёнова тыллара уонна мелодията
Тымныы тыаттан харыйа
Тиийэн кэллэ биһиэхэ,
Лабааларын ириэрэн,
Сылаас таҥас кэтэрдиэх.
Харыйаны киэргэттибит,
Оонньуурдары ыйаатыбыт,
Килбэчигэс уоттардаах,
Хоруоҥканы ииллибит.
Дорообо, Саҥа дьылбыт!
Дорообо, харыйачаан!
Музыкааннар, эй, чэйиҥ,
Музыканы тардыаҕыҥ!
Саҥа дьыл
Капиталина Семёнова тыллара уонна мелодията
Үөрүү-көтүү аргыстаах,
Кэрэ дьикти оонньуурдаах,
Күлүмүрдэс сулустаах
Тиийэн кэллэ Саҥа дьыл!
Хос ырыата:
Саҥа дьылбыт,
Саҥа дьылбыт,
Тиийэн кэллэ, доҕоттоор!
Саҥа дьылбыт,
Саҥа дьылбыт
Үчүгэйиэн, кэрэтиэн!
Тэйдэр-тэйэн үҥкүүлээн,
Дьиэрэҥкэйдээн биэриэҕиҥ,
Ыллаан-туойан дьиэрэтэн,
Оһуокайга туруоҕуҥ!
Хос ырыата.
Тымныы кыһын оҕонньор
Хаарчааналыын сиэттиһэн,
Элбэх кэһии тутуурдаах
Мичилиһэн киирдилэр.
Хос ырыата.
Хоһооннор
Ким киэргэттэ?
Түннүкпүтүн түүн кэлэн
Түүлүнэн ким киэргэттэ,
Таhырдьаны көрүөхпүтүн
Күлүктэтэн кэбистэй?
Ити Моруос кырдьаҕаспыт
Куруһуба бэрдин баайбыт.
Онтукатын биhи дьиэбит
Түннүгэр ыйаан кэбиспит.
Үчүгэйиэн, дьиҥнээх талаан,
Оhуор-дьарҕаа түhэрбит,
Уустук-ураннык ойуулаан
Оҥорор да буолар эбит!
Григорий Данилов
Харыйа
Тыллар аптаах дьикти мас
Тымныы саамай үгэнигэр,
Лабааларын ахсын араас
Таастан астар үүнэллэр:
Көмүс хахтаах туораахтар,
Хаптаҕастар, моркуоптар,
Дьаабылыка бииһин ууһа,
Кылбачыгас муус дьаҥха.
Мэник уоттар мутукча
Иннэтинэн сырсаллар,
Кэрэ-мааны харыйа
Сулустарын саҕаллар.
Умай, сырдаа, сулуспут,
Саҥа дьылга суол ыйа!
Дьолу сирдиир суолдьуппут
Саргылардаах харыйа!
Ольга Корякина – Умсуура
Саҥа дьыл – аптаах кэм
Саҥа дьыл – аптаах кэм,
Баҕа санаа туолуута,
Саҥа дьыл – көрдөөх кэм,
Бары үөрэ көрсөбүт.
Саҥа дьылга мин дьоммор
Кистээн бэлэх бэлэмниэм,
Харыйаҕа ыйанар
Ооньуурдары оҥоруом.
Хаар киһини кырыйан
Түннүктэргэ сыһыарыам.
Хаар кыырпаҕын быһаммын
Хосторбутун киэргэтиэм.
Саҥа дьылы кэтэһэбин,
Хас күн хаалтын ааҕабын,
Тымныы оҕонньор кэлэрин
Олус күүскэ күүтэбин.
Людмила Лаптева
Саҥа дьыл
Иһэр эбээт, доҕоттоор,
Саҥа дьылбыт барахсан.
Үлүскэннээх үөрүүлээх,
Үгүс элбэх кэһиилээх.
Оҕо аймах көрүлүүр,
Ойон-тэбэн биэрээхтиир,
Үҥкүү-битии тардаахтыыр,
Саҥа дьылы көрсөөхтүүр.
Саҥа дьылга түмсүөҕүҥ,
Аймаҕынан мустуоҕуҥ,
Алгыс тылын ылыаҕыҥ,
Арчыланан сырдыаҕыҥ.
Элбэх уоттаах харыйа
Сандаарыйа тыгыахтын.
Оҕо сааһы санаттын,
Үөрүүтүттэн бэристин.
Саҥа дьыл, кэрэҕин!
Күүтэбит эйигин!
Саҥа дьыл, үөрдээриий,
Эн кэлэ охсоорууй!
Евдокия Попова – Айыына
Саҥа дьыл кэллэ
Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ
Салаасканан сырылаан,
Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ
Харыйанан дыргыйан.
Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ
Көрү-нары көҕүлээн,
Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ
Үөрүү-көтүү кэһиилэнэн.
ТЫМНЫЫ ОҔОННЬОР
Тымныы эһээ оҕонньор,
Хантан тиийэн кэллиҥ эн?
Ханнык ыраах суолунан
Аан дойдуну эргийэн?
Үрүҥ хаары көбүтэн,
Сыарҕаҕынан сырылатан,
Табаларгын көлүнэн,
Кэһиилэргин хомунан,
Тиийэн кэллиҥ биһиэхэ
Түннүкпүтүн кырыалаан,
Дьыссааппытын киэргэтэн,
Көрү-нары тэрийэн.
Саҥа дьылы аһаҥҥын
Сиэҥҥин сиэтэн киирэҕин,
Оҕолору үөрдэҥҥин
Бэлэхтэргин биэрэҕин.
ХААРЧААНА
Саҥа дьылы таптыыбын,
Саҥа дьылга үөрэбин.
Эһиэхэҕэ, оҕолорго,
Ыалдьыт буолан кэлэрбин.
Миигин кытта тэбис-тэҥҥэ,
Кыыллар тыаны киэргэттилэр.
Харыйаны төгүрүччү
Хоробуоттаан көттүлэр.
Саҥа дьылга бука бары
Ырыа-үҥкүү үөрэтэбит.
Тымныы эһээ кэһиилэрин
Олус-олус кэтэһэбит.
САҤА ДЬЫЛ ХОҺООНО
Мин Саҥа дьыл буолабын,
Саҥа сылы аһабын,
Тымныы эһээ оҕонньору
Сынньалаҥҥа атаарабын.
Үгүс элбэх эрэллээх
Саҥа сылга үктэнэбин.
Үгүс үтүө санаалаах
Саҥа дьылы аһабын.
САҤА ДЬЫЛГА ҮӨРЭНИЭМ
Мин быйыл үөрэнэ барыаҕым,
Дьыссааппын куруутун ахтыаҕым.
Симэммит харыйа бу манна
Сандааран турарын саныаҕым.
Кыракый бырааттар, балыстар,
Манна мустубут ыалдьыттар,
Быйылгы Саҥа дьыл кэлбитэ —
Миэхэҕэ улаатыы бэлиэтэ.
Алыптаах Саҥа дьыл күнүгэр,
Олус да элбэхтэр бэлэхтэр.
Дьон бары бүгүн дьолломмут,
Саҥа дьыл, саҥа сыл тосхойбут!
Мусьяна Сосина
Сценарийдар
Аптаах Саҥа дьыл
Оруоллар:
Ыытааччы
Тымныы оҕонньор
Хаарчаана
Дьэгэ Бааба
Папуастар
Санта Клаустар
Илиҥҥи дойду кырасаабыссалара
Шах
Чаҕардар
Туттуллар тэрил: хордуонтан оҥоhуллубут чаhы (циферблата туспа сыhыарыллар, 3 чааска кыырпахтаммыт).
(Бэhиэлэй муусуканан доҕуhуолланан маскарааттаах оҕолор киирэллэр.)
Ыытааччы. Сылы быhа кэтэспит кэллэ күндү кэммит, күлүмүрдүүр харыйалаах Саҥа дьылбыт, аптаах кэрэ киэhэбит!
(«Саҥа дьылынан» ырыа)
(«Что такое Новый год?» ырыа)
(Хаарчаана киирэр.)
Хаарчаана. Дорооболоруҥ, оҕолоор, Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан! Кэллим мин эhиэхэ бырааhынньыкка ыалдьыттыы, аптаах киэhэни бэлэхтии. Оттон бу кэрэчээн харыйа уота умайбакка турар эбит дии. Миигин кытта хатылааҥ: «Биир, икки, үс – харыйабыт уота, сандаар!»
(Аптаах палочкатынан харыйа тула сылдьан далбаатыыр, лабааларын, оонньуурдарын таарыйар – харыйа уота умайар.)
(«Аптаах Саҥа дьыл» хоробуот)
Хаарчаана. Уой, оҕолоор, олох умнан кэбиспиппин дии, мин эhиэхэ кэhиилээх кэлбитим. Мин эhиэхэ аҕаллым Саҥа дьыллааҕы чаhыны. Саҥа сыл үүнүүтэ ким бу чаhы тыаhын истибит – дьоллоох буолуоҕа. (Арыйар, көрбүттэрэ: чаhы циферблата суох.)
Ыытааччы. Оҕолоор, чаhыбыт хайдах буолбутуй, туга тиийбэтий?
(Оҕолор сыыппаралара, стрелката суох диэн этэллэр. Күлэ-күлэ Дьэгэ-Бааба киирэр).
Дьэгэ-бааба. Ха-ха-ха… Ити мин алдьаппытым, кыырпахтарын араас дойдуларынан тыалы кытта көтүппүтүм. Кыырпахтары булбаккыт, чаhыны онорбоккут – оччоҕо Саҥа дьыл буолбат, Тымныы оҕонньор кэлбэт. Ха-ха-ха… (Барар.)
Ыытааччы. Хаарчаана, оччоҕо Саҥа дьыл буолбат дуо? Оттон оҕолор бырааhынньыкка бэлэмнэммиттэрэ аҕай дии… Тымныы оҕонньору олус кэтэспиттэрэ…
Хаарчаана. Санаарҕаамаҥ, тугу эмит толкуйдуохпут. (Кыратык толкуйдуур.) Мин биллим, оҕолоор, биһиги араас дойдуларынан айанныахпыт, кыырпахтары булуохпут, чаhыбытын оҥоруохпут!
Ыытааччы. Хайдах, тугунан айаннаан тиийэбит?
Хаарчаана. Баар миэхэ аптаах көбүөр-сөмөлүөт. (Аҕалан тэнитэр.) Оҕолоор, кэлэн бары манна турдубут, илиигититтэн тутуhуҥ, көттүбүт!
(Оҕолор көбүөргэ тураллар, уот хараҥарар, онтон сырдыыр.)
Ыытааччы. Ханна эрэ тиийэн кэллибит, манна кимнээх бааллара буолуой?
(Муусука тыаhыыр, папуастар киирэллэр, үҥкүүлүүллэр.)
Хаарчаана. Оҕолоор, биhиги Африкаҕа көтөн кэллибит, папуастар эмиэ Саҥа дьылы көрсөллөр эбит.
Ыытааччы. Үтүө күнүнэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах
Саха сириттэн аптаах Саҥа дьыллааҕы чаhыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.
Папуас. Бу маны көрдүүгүт дуо? (Моонньугар быаҕа иилинэ сылдьар.) Кыhын диэн тугун кэпсээтэххитинэ биирдэ биэриэхпит.
(Хоhоон)
(«Африкаҕа кыhын суох» ырыа)
Папуас. Чаhыгыт кыырпаҕын төттөрү биэрэбит.
(Хаарчаана кыырпаҕы ылар.)
Хаарчаана. Салгыы айаннаатыбыт. Оҕолоор, кэлэн бары көбүөргэ турдубут, илиигититтэн тутуhуҥ, көттүбүт!
(Оҕолор көбүөргэ тураллар, уот хараҥарар, онтон сырдыыр. Муусука тыаhыыр, Санта-Клаустар киирэллэр, үҥкүүлүүллэр.)
Хаарчаана. Оҕолоор, биhиги Америкаҕа көтөн кэллибит, Санта-Клаус дойдутугар. Биhигини кини бырааттара көрүстүлэр.
Ыытааччы. Үтүө күнүнэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах
Саха сириттэн аптаах Саҥа дьыллааҕы чаhыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.
Санта-Клаус. Бу маны көрдүүгүт дуо? (Моонньугар быаҕа иилинэ сылдьар.) Саха сиригэр Саҥа дьылы хайдах көрсөллөрүн кэпсээтэххитинэ биирдэ биэриэхпит.
(Хоhоон)
(«Остуоруйа киэhэтэ» ырыа)
Санта-Клаус. Чаhыгыт кыырпаҕын төттөрү биэрэбит.
(Хаарчаана кыырпаҕы ылар.)
Хаарчаана. Салгыы айаннаатыбыт. Оҕолоор, кэлэн бары көбүөргэ турдубут, илиигититтэн тутуhуҥ, көттүбүт!
(Оҕолор көбүөргэ тураллар, уот хараҥарар, онтон сырдыыр.)
(Илиҥҥи дойду үҥкүүтэ.)
Хаарчаана. Оҕолоор, биhиги Илиҥҥи дойдуга көтөн кэллибит, манна эмиэ Саҥа дьылы көрсөллөр эбит.
Ыытааччы. Үтүө күнүнэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах
Саха сириттэн аптаах Сана дьыллааҕы чаhыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.
Шах. Бу маны көрдүүгүт дуо? (Моонньугар быаҕа иилинэ сылдьар.) Миигин дьэ кыhыҥҥы оонньуунан аралдьыттаххытына биирдэ биэриэм.
(Оонньуу)
Шах. Чаhыгыт кыырпаҕын төттөрү биэрэбит.
(Хаарчаана кыырпаҕы ылар.)
Хаарчаана. Кыырпахтарбытын барытын буллубут, дьиэбитигэр айаннаатыбыт. Оҕолоор, кэлэн бары көбүөргэ турдубут, илиигититтэн тутуhуҥ, көттүбүт!
(Оҕолор көбүөргэ тураллар, уот хараҥарар, онтон сырдыыр.)
Ыытааччы. Дьэ, дьыссааппытыгар тиийэн кэллибит. Билигин чаhыбытын оҥоруохпут, Саҥа дьылбыт буолуо, Тымныы оҕонньорбут тиийэн кэлиэ.
(Хаарчаана кыырпахтары ылан чаhыга хатыыр. Кураннар тыаhыыллар, муусука доҕуһуолунан Тымныы оҕонньор киирэн кэлэр.)
Тымныы оҕонньор. Э-һэ-һээй!!! 12 чаас буолаатын Саҥа дьылбыт үүннэ! Уруйдаан-айхаллаан тиийэн кэллим мин эhиэхэ! Көрсүбэтэхпит сыл буолла, оҕолоор. Улааппыккыт, маладьыастар. Оттон миигин кэтэстигит дуо?
Ыытааччы. Оҕолор эйигин кэтэспиттэрэ, ырыа, хоhоон бэлэмнээбиттэрэ, олорон иhит.
(«Шёл по лесу Дед Мороз» ырыа)
(Хоhооннор)
(Оҕолор хоhоон ааҕа турдахтарына, Тымныы оҕонньору ким эрэ хаарынан быраҕар.)
Тымныы оҕонньор. Хайа, бу ким миигин хаарынан быраҕарый?
(Оҕолор саhан турар Дьэгэ-Баабаны көрөллөр, этэллэр, эрдэ тугу гыммытын кэпсииллэр.)
Тымныы оҕонньор. Кэл эрэ бэттэх, эн тоҕо бырааhынньыгы буортулуу сылдьаҕын?
Дьэгэ-Бааба. Бырааhынньыгы син биир ыhыам, бу харыйаны алдьатыам…
Тымныы оҕонньор. Быракаас оҥоро сылдьыбыккын билигин тоҥорон кэбиhиэм!!!
(Торуоскатынан таарыйар, Дьэгэ-Бааба күлүүлээх быһыыга «тоҥон» хаалар.)
Хаарчаана. Эһээ, кини аны быракаастыа суоҕа, баhаалыста, ириэр.
(Тымныы оҕонньор торуоскатынан таарыйар, Дьэгэ-Бааба «ирэр», дэлби тоҥмут, илибириир.)
Тымныы оҕонньор. Чэ, бу сырыыга бырастыы гынабын. Аныгыскыга, дьэ, сэрэнээр.
Дьэгэ-Бааба. Оттон миигин ким даҕаны бырааhынньыкка ыҥырбатаҕа, мин эмиэ бырааhынньыктыахпын баҕарабын. Буруйбун билинэбин, мантан ыла үчүгэй буолуом. (Көрүдүөргэ сүүрэн тахсар, төттөрү мөһөөччүк тутуурдаах киирэр.) Мин эhиэхэ кэһии аҕаллым, үчүгэй да үчүгэй!.. Бу көрүҥ (мөһөөччүктэн эргэ ырбаахыны таhаарар), наһаа үчүгэй былаачыйа, эдэр сылдьан кэппитим. Ким ылар? Ким да наадыйбат дуо? Онтон бу көрүҥ, хобордоох баар, сууйа түһэн баран, сиэркилэ курдук көрүнүөххэ сөп… Тоҕо мин кэһиилэрбин ким да сөбүлээбэтэ? Онтон мин кэhии хомуйарга олус кыhаллыбытым.
Тымныы оҕонньор. Оннук буоллаҕына, санаарҕаама, мин эйиэхэ көмөлөһүөм.
(Мөһөөччүк тула сылдьан «аптыыр», торуоскатынан муостаны тоҥсуйар, онтон мөһөөччүгү таарыйар.)
Тымныы оҕонньор. Чэ, көрүҥ эрэ.
Дьэгэ-Бааба. Ураа! Дьиҥнээх бэлэхтэр!
(Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын кэhиилэри түҥэтэллэр.)
Тымныы оҕонньор. Барар кэммит тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлиэхпит!
Хаарчаана. Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!
Тымныы оҕонньор. Көрсүөххэ диэри!
(Тахсан бараллар)
Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.