Kitabı oku: «Төлкө», sayfa 9
VI
Маайа сүтүөҕүттэн ыла иккис кыһына ааһан үһүс сайыныгар тиийбитэ. Харатаайаптаах кыыстарын сүтэрэн маҥнай утаа сордоммуттара-муҥнаммыттара, аһыйбыттара-аймаммыттара, син баас чэрдийэн оһорун курдук, күннээҕи олох түбүгэр үтүрүйтэрэн арыый мүлүрүйэн барбыта.
Эмэгэти көммүт сирдэрин, киһи көмүллэ сытар сирин курдук, тимир эрэһээҥкинэн эргиттэрбиттэрэ, маһынан уҥуох туттарбыттара. Уһун ньолбуһах тааска улуус суруксутугар быстаран суруйтарбыттара: «Бу таас анныгар көмүллэ сытар Мария Семеновна Каратаева кыыс. Төрөөбүтэ 1876 сыллаахха – өлбүтэ 1900 сыллаахха. Айыы таҥара, кулутуҥ дууһатын тут».
Ийэтэ Ылдьаана, бу мас анныгар кырдьык оҕото Маайа көмүллэ сытарын курдук санаан, сотору-сотору тахсан хараҕын уутун тоҕон, санаата чэпчээн киирэрэ. «Маайа уҥуоҕун» тула хаһыллыбыт буорга бөдөҥ сибэккилэр хойуутук үүммүттэрэ.
– Төрөөбүт ийэ буора оҕом барахсан уҥуоҕун бэйэтэ киэркэтэр буоллаҕа! – дии-дии Ылдьаана сибэккилэри имэрийэрэ, сыллаан көрөрө. Кини, бу сибэккилэри имэрийэн, сыллыы олорон, оҕотун Маайа төбөтүн имэрийбит, сыллаабыт курдук санаан уоскуйара уонна тула өттүн кэрийэ көрөрө. Кини, өллөҕүнэ, кыыһын Маайа аттыгар көмтөрөргө кэриэһин этэр санаалааҕа.
Оттон Сэмэн оҕонньор «кыыһын уҥуоҕар» эрэһээҥкинэн төгүрүппүттэрин уонна маһынан уҥуох туппуттарын харчытын төлөөрү эрэ кэлэ сылдьыбыта. Кини кыыһын туһунан тугу саныырын ким да билбэт этэ. Хата, ол оннугар оҕонньор Бүлүү куоратыгар киирэ сылдьан Дьокуускай куораттан кэлбит дьонтон атыыһыт күтүөтүн сураһа сатыыра да, ким да оннук ааттаах атыыһыт баарын билбэт этэ. Кини туһугар барыта хайдах эрэ мунаах, сымыйа курдук буолан иһэрэ. Кэлин, саатан, ол киһи туһунан тугу да ыйыталаспат, сураспат буолбута.
Үс ойуун кыыран «Маайа үөрүн» үтэйиэхтэриттэн сыл кэриҥэ кэм ааһар. Ким даҕаны Маайа туһунан ахтыбат буолан барар. Ол курдук, уу чуумпутук олордохторуна, Бүлүү уокуругун ыспараанньыгынан эргийэн, бэрт дьикти ис хоһоонноох сурук кэлэр. Ол суругу Сэмэн Уйбаанабыс улуус суруксутугар аахтаран истибитэ маннык диэн этэ: «Семен Иванович Каратаевка, Орто Бүлүү улууһун инородческай быраабатыгар.
Якутскай уокурук мировой судьуйата бу суругунан Эйигиттэн көрдөһөр: Киллэм дэриэбинэтигэр олохтоох Иннокентий Спиридонов атыыһыкка хамначчытынан үлэлиир Мария Владимирова чахчы эн төрөппүт кыыһыҥ буоларын туоһулуур сурукта ыытаргар. Итини таһынан, Якутскай уокурук, Нам улууһун инородческай быраабатын кулубата Яковлев эн кыыскын, Мария Владимированы, (билиҥҥи эрин араспаанньатынан) хайдах албыннаан хамначчыт уолугар Федор Владимировка кэргэн ылларбытын суругунан биллэрэргэр баҕарар».
Харатаайап кулуба суругу истэн олорон хайдах эрэ сирэйэ уһуурга, хараҕа кэҥииргэ дылы буолан барар. Киһи иһиттэҕинэ, эмиэ да чахчы кини кыыһын Маайа туһунан суруллубут, эмиэ да букатын атын дьахтар быһыылаахха дылы.
– Бэйи, тохтоо!.. Өйбүн-төйбүн булунуум, – диэн Сэмэн суруксутун тохтотор. – Хат аах эрэ, хайа сиргэ хамначчыттыыр диэбиттэрий? – диэн ыйытар. Кини, Мария Владимирова ханна хамначчытынан үлэлиирин истэн баран, аны ким хамначчытын кэргэнэ буолбутун аахтаран истэр.
Харатаайап кулуба өр соҕус саҥата суох санаарҕаан олорор:
– Суох… Ыал хамначчыта… Хайдах да биһиги Маайабыт оннук буолуон сатаммат… Сымыйа!.. Эмиэ да, ол эрээри, оҕобун ыйыттара кэлэ сылдьыбыт Дьаакыбылап кулуба аата таба ааттанар эбит, – диэн мунааран ылар. Онтон эмискэ бэйэтин санаатын кытта мөккүһэн этэр: – Суох-суох!.. Оннук буолуор сатаммат… Мин оҕобун Хабырыллайап атыыһыт уола кэлэн кэпсэтэн барбыта… Бэйи эрэ, ким сах кэргэнэ буолбут диэн суруйалларый? Суох!.. Букатын атын дьону буккуйа сылдьаллар быһыылаах… Мин оҕом ыал хамначчыта буолбатаҕа биллэн турар!
Улуус суруксута тойоно туох диэн хоруйдаан бу ыйытыыга суруйтарарын кэтэһэн олорор. Харатаайап кулуба билигин да өйүн-төйүн ситэ була илик быһыылааҕа. Кини санаатыгар, үс сыллааҕы сайын соҕотох сиидэс ырбаахылаах эрэ сүппүт кыыһа оччо ыраах сиргэ тиийиэн сатаммат курдуга. Эргэ да тахсыбыт киһитин аата эрэ Хабырыллайап атыыһыт уолунуу эбит, араспаанньата чыҥха атын. Онон ол киһи буолуон букатын сатаммат.
«Ити аата ханнык эрэ илэчиискэ дьахтар, мин оҕом Маайа эмискэ сүтэн хаалбытын истэн, сымыйалыыр дуу, эбэтэр били «кырдьаҕастар» мин оҕом «үөрүн» ол сиргэ тэбэн кэбиспиттэрэ сылдьара дуу?..» – Сэмэн Уйбаанабыс ити санаатыттан куйахата ытырбахтаан, этин сааһа аһыллан, тымныйан ылар.
– Ким билэр… Мин оҕом онно эрэ тиийбитэ буолуо дии санаабаппын… Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук, эмиэ да мин оҕом аата баарга дылы, эмиэ да букатын атыҥҥа дылы…
– Туох эрэ диэн хоруйдаатахха сатанар, – диир суруксут.
Сэмэн Уйбаанабыс суруксутун диэки: «Сүбэлээ, абыраа!» – диэбиттии көрүтэлээн ылар. Сип-сибилигин тута: «Эһиги ыйытар дьахтаргыт мин кыыһым буолбатах», – диэн хоруй сурук ыытыаҕын, кырдьыга, кини оҕотун өлүгүн булан харайбатаҕыттан мунаахсыйар. Оттон ол дьахтары: «Чахчы мин оҕом Маайа», – диэн суруйуон, били «кырдьаҕастар» ама «үөрүн» туттубут, үтэйдибит диэн сымыйаны лахсыйыахтара дуо?» – диэн санаа эмиэ үтүрүйсэр.
– Кэбис, ити сурукка сарсын хоруйун суруйуллуо, – диэн баран, Сэмэн Уйбаанабыс урут дьиэлиир кэмиттэн эрдэ дьиэтигэр тахсар.
Уһун суолун устатын тухары ити сурук кини өйүттэн тахсыбат. Туох диэн хоруйдуон булумуна харааччы булкуллан, мунан хаалар.
Дьиэтигэр кэлээт, чэй да испэккэ, били эмэгэти көмпүт сирдэригэр барар. «О-о, ама, тыыннаах сылдьар оҕобор уҥуох туппуппут буолуо дуо?» – диэн санаатын тулуйумуна хараҕын уута сүүрэн түһэр. Өр соҕус ытаан, хайдах эрэ уоскуйбут курдук буолар. Ол олордоҕуна Ылдьаана кэлэр. Кини кэргэнэ кэлэн олорорун көрөн, соһуйа быһыытыйар.
– Эн кэлэн олороохтуур эбиккин дуу? – диэн баран Ылдьаана бөтөн, хараҕын уутун соттон барар.
Ылдьаана ытыырын-соҥуурун Сэмэн тулуйан көрөн олоруо суох буолан: «Бүгүн кэлбит сурук туһунан кэпсиибин дуу, суох дуу?» – дии санаан саараан баран, саҥата суох туран барар.
Харатаайап Ылдьаанаҕа сурук туһунан кэпсээбэккэ, кистииргэ быһаарынар: «Оҕобут оннук сиргэ тиийэн ыал хамначчыта буолан олорор курдук суруйбуттар», – диэтэххэ, кини өйө хамсаатаҕына да, биитэр ол сиргэ сонно тута сатыы бара турдаҕына да көҥүлэ. Бэйи, үлэ-хамнас үмүрүйдэҕинэ, аны күһүн бэйэм сэмээр баран ол дьахтары көрөн кэлиэм», – дии санаата.
Оҕонньор, сарсыарда туран, хайдах эрэ ыарахан сүгэһэрдээх курдук сананан быраабатыгар киирэр. Суолун устатын тухары туох диэн хоруй суруйарын булбат.
Улуус суруксута, кини киирбитин көрөөт, эмиэ били бэҕэһээҥҥи суругу тэниҥнэтэ-тэниҥнэтэ этэр:
– Хоруйун уһатар сатаммата буолуо.
– Сүбэлээ, үөрэхтээх киһи ааттааххын дии… Мин хараҥа түүн суолбуттан муммут курдук булкуллан хааллым, – Сэмэн Уйбаанабыс остуолугар бүк түһэр.
Суруксут тоҥуй баҕайытык ымайар.
– Атын дьахтар албыннанарын «мин кыыһым» диириҥ эмиэ сатаммата буолуо… «Букатын билбэт дьахтарым» диэххитин… эһиги кыыскыт буолан хааллаҕына, эмиэ да табыгаһа суохха…
Сэмэн Уйбаанабыс суруксутун диэки куһаҕан баҕайытык хатыылааҕынан көрөн кэбиһэр.
– Тохтоо, туох ааттаах буолан биир кэм «сатаммата», «сатанара» буолуо буолан мээрилээтэххиний!.. Ыл, суруй! «Мин Маарыйа диэн суос-соҕотох оҕолооҕум өлбүтэ үс сыл буолла… Онтон ураты биир да оҕом суох», – диэн баран, киэр хайыһар, хараҕын уутун соттор.
Улуус суруксута өр соҕус суругун хайдах саҕалыан булумуна саарбахтаан олорор.
«Якутскай уокурук тойон мировой судьуйатыгар», – диэн саҕалыыр. Маны суруйарыгар буукубаларын бэркэ эрийэн таһаарбытыттан бэйэтэ бэйэтин хайҕанан, санаата көтөҕүллэн, суруйан барар:
«Мин, Бүлүү уокуругун Орто Бүлүү улууһун инородческай быраабатын кулубата Семен Каратаев, эһиги 187 нүөмэрдээх суруккутун ылбыппын биллэрэн туран, онно ыйытар Мария Владимирова диэн дьахтаргытын билбэппин иһитиннэрэбин. Якутскай уокурук, Нам улууһун инородческай быраабатын кулубата Яковлев мин кыыспын хаһан да албыннаан хамначчытыгар кэргэн кэпсэппэтэҕэ. Мин суос-соҕотох Мария диэн кыыстааҕым 1900 сыллаахха өлбүтүн эйиэхэ биллэрэр чиэстээхпин, онтон атын оҕом суох».
Суруксут, Дьокуускай курдук ыраах сиргэ уонна мировой судьуйа курдук үрдүк сололоох тойоҥҥо суруйбут суруга табыллыбытыттан бэркэ диэн астынан олорон, тойонугар ааҕан иһитиннэрэр.
Харатаайап кулуба тугу да саҥарбат, мээнэ истэн эрэ кэбиһэр. Суруксут иһигэр саныыр: «Э-э, үөрэҕэ суох хараҥа киһи диэн баҕайы, сурук табыллыбытын-табыллыбатаҕын хантан өйдүө баарай?!»
– Сэмэн Уйбаанабыс, бэчээккин аҕал, ууруум.
Сэмэн оҕонньор, хайдах эрэ саараабыт курдук, саҥата суох олорор. Аргыый аҕай ыстаанын сиэбиттэн бэчээтин уга сылдьар сарыы саппыйатын хостуур.
«Оҕом Маайа чахчы тыыннаах сылдьар буоллун… Мин бу бэчээппинэн кинини өлөрөбүн буолбат дуо?.. Суох, кини оччо ыраах сиргэ хайдах да тиийиэн сатаммат… Сымыйа буолуо ээ», – дии санаан мунаахсыйа-мунаахсыйа, суруксутугар бэчээтин уунар.
Суруксут бэчээти ылан туоһунан тордуур уонна кумааҕытын тылынан салаан илитэн баран: «Аны таҥнары түһэрэн кэбиһиэм», – диэн эргитэ-урбата тутан көрө олорор.
Харатаайап: «Тохтоо!.. Мин баран билсэн кэлиим», – диэри айаҕын атан эрдэҕинэ, кылбаа маҥан кумааҕыга хара тордох бэчээт суола чөҥөрүйэн хаалар. Ол хара тордох бэчээт суолун ортотугар икки маҥан «С.К.» диэн буукубалар дьэрэлиһэллэр.
– Бэчээппит бэркэ диэн таҕыста, дьыала табыллаары гынна! – диэн суруксут үөрэр.
Сэмэн Харатаайап, сарыы саппыйатыгар бэчээтин кистии уган баран, саҥата суох, хайдах эрэ ньүкүччү туттан хос иһиттэн тахсан барар.
«Кыыһым Маайа тыыннаах дуу, хайдах дуу?» – диэн санаа бу күнтэн ыла кини сүрэҕэр ыар баттык буолар.
Үһүс баһа
I
Төһө да Сыгынньах ойуун, көрүүлэнэн, Маайаны моҥнубут маһын кытта өрүс уутугар барбыт диэбитин иһин, төһө да оччотооҕу кэмҥэ аньыы-абааһы итэҕэлэ куттаабыт дьоно: «Маайа үөрүн көрдүбүт», – диэбиттэрин иһин, төһө да үс аатырар ойуун кэлэн «үөрү» илэ-бодо курдук тутан үтэйбиттэрин иһин, Маайа сүттэҕин түүн туох буолбутун ырыттахха маннык этэ.
– Сүөдэ-эр, мин эйигин билигин ханна да ыытыам суоҕа! – Маайа өр кэтэспит таптыыр доҕорун көрсүбүт үөрүүтүгэр туймаарар.
Сүөдэр, Маайаттан куотаары гыммыт курдук, чинэрис гынар.
– Кэбис… туох диэн эттэххиний? Мин суолум туспа, эн суолуҥ туспа… Мин ыал хамначчытабын, баайым да суох, уруум-хааным да суох киһибин… Өллөхпүнэ да мин эрэйдээҕи аһынар, аһыйар киһи суох…
Маайа, Сүөдэри ситэ саҥардыбакка эрэ: «Эйигин таптыыр, аһынар, аһыйар мин баарбын!» – диэбиттии ыбылы кууһар уонна туох да бокуойа суох ууруу-ууруу:
– Ханна да ыытыам суоҕа! – диэмэхтиир.
«Баайдар оҕолоро бары манныктар быһыылаах. Кинилэр тугу эппиттэрин сокуон оҥосто үөрэнэн хаалбыттар», – дии саныыр Сүөдэр уонна Маайа илиилэрин күүскэ төлө охсон кэбиһэр.
– Мин эн дьоҥҥор киириэм суоҕа!
Маайа, били бастаан көрөөт соһуйбутун, куттаммытын курдук, Сүөдэр сирэйин-хараҕын одуулаһар уонна аргыый аҕай көрдөһөрдүү этэр:
– Тоҕо?.. Дьонум эйигин олус көһүтэллэр ээ.
– Мин биир баай кулуба күлүү оҥостубутугар, атаҕастаабытыгар да сөп буолан сылдьабын, – диир Сүөдэр абарбыт-сатарбыт курдук уонна киэр хайыһар.
Маайа эмиэ сылаас бэйэлээхтик кууһан ылар:
– Кэл, олоруох!
Эмиэ урут олорбут дүлүҥнэригэр олороллор.
– Туох буолбутун миэхэ сиһилии кэпсээ эрэ, – диир Маайа уонна Сүөдэр кэпсээнин биир да саҥата суох олорон истэр.
Сүөдэр кэпсээн бүппүтүн кэннэ кыыс үөһэ тыынар, олорор дүлүҥнэрин аттыгар үүнэн турар сарбынньахтаах сэбирдэхтээх оту туура тардан ылар уонна:
– Итинник эрэ буолуо дии санаабат этим. Мин эйигин манна көрөөт: «Хаартылаан эстибит бэйэтэ дуу, баайын барытын уокка былдьаппыт муҥа дуу?» – дии санаабытым, онтум букатын атын эбит… Аан дойду үрдүгэр эҥин-эҥин да хара санаалаах дьоннор баар буолаллар эбит… Улуус кулубата ааттаах киһи мин ааппын алдьатаары санаммыта сүрүн, – диэн муҥатыйар.
Маайа хас саҥата Сүөдэр сүрэҕин сыппах быһаҕынан быһан мүлүктүүр курдук ыарытар. Итиннэ барытыгар кини бэйэтэ буруйдааҕын билинэн, барыах-кэлиэх сирин булбат.
Маайа Сүөдэри илиититтэн тутан олорон аа-дьуо саҥаран барар:
– Сүөдэр, миигин үчүгэйдик өйдөөн истэн олор. Билигин мин иннибэр үс суол баар… Олортон биирдэстэринэн бардахпына сатанар… – Маайа ити үс суолу бэйэтин өйүттэн булбатаҕа, кини бэрт өрдөөҕүтэ истибит остуоруйатыгар «сирэйиҥ хоту барыаҥ – өлүөҥ, уҥа диэки барыаҥ – ойох ылыаҥ, хаҥас диэки барыаҥ – эрэйи көрүөҥ» диэн этиллэрин өйдүү түспүтэ. – Биирдэһэ – саакка-суукка киирбиппиттэн ханна да куотуох сирэ суох буолан, хараҥа санааҕа хаптаран, бэйэҕэ тиийинэн өлөр суол баар…
Сүөдэр этин сааһа аһылла, тымныйа түһэр. Кини үс сыллааҕыта Дьаакыбылап ойоҕо Огдооччуйа эмээхсин ынахсытын Алааппыйа кыыһы ыаҕастаах үүтү тоҕо түспүтүн иһин ынах сааҕын күрдьэр күрдьэҕинэн кырбаабытын, ол кэнниттэн кыыс эрэйдээх хотон өһүөтүгэр ыйанан өлбүтүн саныы биэрэр. Алааппыйаны киниэхэ сүөрдэрбиттэрэ. Оо, онно кини куттанна да этэ! Ол кыыс эрэйдээх ыйанан турара көрүөххэ сүрэ бэрдэ. Маайа киниттэн, Сүөдэртэн, сылтаан, ол кыыс курдук ыйанан турара олус да ынырык буолсу.
– Мин ити суолунан барыам суоҕа, – диэн Маайа Сүөдэри уоскутар. – Иккис суол – ити эн кэпсээбит кэпсээҥҥин ийэлээх аҕабар, дьоммор кэпсээн, аатым алдьанан, киһи сирэйин таба көрбөт буолан олоруохтаахпын. Урут мин сөбүлээбэтэх уолаттарым, кинилэр дьонноро тиистэрин ыраастыыр, тылларын туустуур киһилэрэ буолан… ийэлээх аҕабар атах адаҕата, моонньуларын муомаҕа, эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ…
Сүөдэр итини истэн эмиэ сүрэҕэ ытырбахтаан ылар. Маннык бэйэлээх кэрэчээн кыыс дьолун, инники кэскилин кини быспыт. Маайа эрэйдэнэрэ, сордоноро барыта киниттэн тутаахтаах, киниттэн төрүөттээх. «Бу бэйэлээхпин эрэйдиир төрүөккэ мин манна кэлбит эбит буоллаҕым», – диэн кини манна кэлбитин, Маайаны көрсүбүтүн кэмсинэ саныы олордоҕуна Маайа этэр:
– Суох! Мин ити суолунан эмиэ барыам суоҕа.
Сүөдэр тугу да гыныан булбат. Кини Маайаны уоскутаары:
– Мин кэлбэтэҕим буоллар ордук буолуо эбит, – диир. Кини санаатыгар, кэлбэтэҕэ буоллар, Маайа, тугу да билиминэ, урут олорбутун курдук олоруо этэ. Маҥнай утаа көһүтэн көрөн баран умнан, атын киһини таптаан, эргэ тахсан, үчүгэйдик олоруоҕун кини бу кэлэн мэһэйдээбит.
– Туох диэн эттэххиний, эн кэлбитиҥ үчүгэй… Мин, тугу да билиминэ, эйигин көһүтэн да биэртим! Кэл, – диэн баран, Маайа аттыгар олорор Сүөдэри ыга кууһар. – Үһүс суолу иһит!
– Истэбин, – диир Сүөдэр аат эрэ харата, иһиллэр-иһиллибэттик.
– Сүөдэр, «таптаабыт тайахтааҕы батыһар, сөбүлээбит сүгэһэрдээҕи кытта барсар» дииллэр. Мин эйиэхэ баайгар ымсыыран тахсыбатаҕым – бэйэҕин таптаан тахсыбытым… Мин эйигин кытта барсабын! – диэн баран Маайа уолуйан туох да диэн булбакка, соһуйбут курдук көрөн олорор Сүөдэри уураан-сыллаан барар.
Сүөдэр үөрүөн да, хомойуон да билбэт. Кини санаата харааччы иирэн хаалар. Манна кэлэригэр Маайатын көрөр эрэ баҕалааҕа. Оттон билигин Маайа кинини кытта «барсабын» диир. Кэргэнин киллэрэр дьиэлээҕэ, аһатар астааҕа буоллар, кини төһө эрэ үөрэ истэр этэ Маайа ити тылын! Оттон билигин кини үөрэрин оннугар ордук санаарҕаабыт, куттаммыт курдук көрүтэлиир.
– Кэбис, Маайа, миигин кытта барсан туох эрэйин көрдөххүнүй?!
– Сүөдэр, хата, дьонум сүтүктээн көрдүү иликтэринэ бара охсуох! – диэбитинэн Маайа ойон турар уонна Сүөдэри олорор дүлүҥүттэн туруору тардар.
Сүөдэр улаханнык саарыыр. Кини бу баай ыал атаах кыыстара, ас суох буолан аччыктыыры, таҥас суох буолан саатары, тоҥору билбэт буолан, миигин кытта барсаары гынар буоллаҕа дии саныыр. Ол эрээри кини Маайаны олус таптыыр буолан, хайдах да «барсыма!» диэҕин тыла тахсыбат.
– Маайа, мин үлэлээн эрэ буллахпына аһыыр киһибин, – диир Сүөдэр, «Маайа үлэттэн куттанара буолуо» диэн, онон чаҕытаары.
– Мин эмиэ үлэлэһиэм, үлэттэн өлбүт киһи суох буолбат дуо?! – Маайа күлэ-күлэ хоруйдуур.
Маайа, бу тыллары төһө да ис сүрэҕиттэн эттэр, кини ыал хамначчытын ыарахан, эрэйдээх олоҕун билбэт. Хамначчыты ким баҕарар атаҕастыырын, кини киһини кытта тэҥэ суоҕун, баай, төһө да акаарытын иһин, ханнык баҕарар өйдөөх хамначчытын ыттыы үөҕэрин, сүөһүлүү үүрэрин Маайа билбэт. Сүөдэр ону билэр буолан, бу баай ыал кыыһын илдьэ барыаҕын дьулайар.
– Сүөдээр, чэ, бара охсуох! – диэбитинэн Маайа Сүөдэри ойуур иһин диэки соһор.
– Бэйи, тохтоо!.. Бу курдук барсаары гынаҕын дуо? – Маайа суос-соҕотох сиидэс ырбаахынан сылдьарын көрөн Сүөдэр ыйытар.
– Бу курдук буолумуна! Чэ, барыах!
Маайа чахчы барсаары турарын көрөн, Сүөдэр этэр:
– Киирэҥҥин дьоҥҥун кытта бырастыылаһан тахсыаххын…
Маайа, ону истээт, курус гына түһэр, дьиэтин диэки көрбөхтүүр.
– Сүөдээр, мин дьиэбэр киирдэхпинэ, эйигин кытта барсарым биллибэт ээ, – диир аргыый.
– Тоҕо?.. Түүн салгын тымныы ээ, саатар ичигэс соҕустук таҥнан тахсыа этиҥ буоллаҕа дии, – диир Сүөдэр.
– Дьиэбэр киирдэхпинэ, ийэбиттэн-аҕабыттан арахсыахпын баҕарыам суоҕа… Оччоҕо… Суох, барыах, киирбэппин! – диэн Маайа быһа-бааччы этэн кэбиһэр.
– Барыах! – диэбитин Сүөдэр кулгааҕа эрэ истэн хаалар.
«Маайа-а-а!» – диэн кыргыттар хаһыытаһар, ыҥырар саҥалара ойуур саҕатыттан киэһээҥҥи тымныы салгыҥҥа дуораһыйан иһиллэр.
Бу хаһыыттан куттаммыт курдук күрээн, Маайалаах Сүөдэр ойуур иһин диэки тиэтэйэ-саарайа бараллар. Кинилэр Сүөдэр манна миинэн кэлбит атын – Дьаакыбылап кулуба быраабатыгар сылдьар атын – дулҕалаах маарга өртөөн аһата ыыппыт сиригэр тиийэллэр. Ойуур саҕатыгар, сыгынах анныгар бырахпыт ыҥыырын аттыгар кэлэн тохтууллар. Маайаны ыҥыран кыргыттар хаһыытаһаллара «ньуу-ньаа» курдук эрэ иһиллэр буолар.
– Аккын ыҥыырдаа, бара охсуох! – диэн Маайа кэргэнин тиэтэтэр.
Сүөдэр, атын сиэтэн аҕалан, ыҥыырдаан хачыгыраһар. Маайа, түүҥҥү сииктээх тымныы салгынтан тоҥон, титирэстии турар. Маайа ыҥыыр сыппыт сирин аттыгар тымтай турарын көрөр.
– Бу тымтайга туохтааххыный?
– Аҕыйах үөлүллүбүт собону ыалтан ылбытым… Киһи сиэбэт буолла ини, – диэн кэбиһэр Сүөдэр, атын холунун тарда-тарда.
Маайа баран тымтайы өҥөйөн көрөр. Үөлүллүбүт собо минньигэс сыта бэлэһин кычыгылатар. Кини, аһыан олус баҕаран, биир собону ылбыта сахсырҕалааҕын көрөн киэр илгэр:
– Па! Мантан ураты аһыыр аспыт суох дуу?
Сүөдэр тугу да саҥарбат. Кини: «Миигин кытта барсаҥҥын бэрт элбэхтик аччыктыырыҥ буолуо эбээт», – диэри гынан баран туттунна. Сүөдэр, атын тэһиинин ыҥыырын хоҥсуоччутугар ыйаан баран:
– Мэ, мин соммун кэт, тоҥмуккун! – диир. Маайа кини сонун кэппитин кэннэ, оҕо курдук көтөҕөн ылан ыҥыырын кэннигэр мэҥэһиннэрэ олордор, бэйэтэ чэпчэки диэн бэйэлээхтик ыҥыырыгар хап гына олоро биэрэр. – Ханна барабыт?
– Ханна баҕарар илт… Истэҕин дуо, дьонум аах көрдүү сылдьаллар. Чэ, түргэнник бара охсуох! – диэн Маайа тиэтэтэр.
II
Сүөдэр атын хаамтарар. Ат аҕыйах хонуктааҕыта манна кэлбит суолунан, ханнык эрэ ыллык устун, барар. Ханна да баран иһэллэрин бэйэтэ да билбэт буолан, Сүөдэр аты хайа да диэки салайбат. Ат Төгүрүк алаас хоту саҕатынан ыллык устун суолга киирэр. Бу суолунан Сүөдэр Намтан кэлбитэ. Алаас арҕаа өттүгэр Маайа дьонун дьиэлэрэ көстөр.
– Төрөөбүт алааспын кэриэс көрөн ааһыахпын, аккын бытааннык хаамтар, – диир Маайа.
– Дьонуҥ көрүөхтэрэ, – диэн Сүөдэр, «Маайабын былдьатыам» диэн куттаммыт курдук, сибигинэйэр.
– Көрбүттэрин да иһин, кими кытта барда диэн сэрэйдэхтэрэй? Сэрэйиэхтэрэ суоҕа, – диэн баран Маайа үөһэ тыынар. Түүн үөһэ ааспыт быһыылаах, халлаан хотугулуу-илин иитэ сырдыахха айылаах саһаран барар. Алаас саҕатынааҕы хойуу талах иһигэр араҕас түөстээх талах чыычааҕа ыллаан чыыбыгырыыр.
Ат, тыбыыра-тыбыыра, бытааннык хааман иһэр. Маайа хараҕын дьонун аах дьиэлэриттэн араарбат.
– Сүөдээр, аккын тохтот эрэ. Дьоммун кытта бырастыыласпатым, саатар төрөөбүт алааһым барахсаны кытта, түһэн, хонуутунан хааман, бырастыылаһыым.
Сүөдэр атын тохтотор. Суол үүт бүтэйи кыйа барар. Уоллаах кыыс суол кытыытынан, күөх отунан, сэргэстэһэ хаамсаллар. От сэбирдэҕэр дьэп-дьэҥкир сиик таммахтара, мөһүүрэ симэх курдук, килэбэчийэн көстөллөр. Салгын хамсаабат уу чуумпута. Төгүрүк алаас күөлүн уута харааран көстөр. Чыркымай кус от саҕатынан устара үрүҥ көмүс суол буолан дыргыйар. Маайа дьонун түптэлэрин буруота алаас күөх оттоох хонуутун арҕаа саҕатын солко лиэнтэнэн саба халыйбыт.
Маайа, хааман иһэн, алтан өҥнөөх сибэккини туура тардан ылар. Сибэкки ортотугар, харах уутун курдук, сиик таммаҕа кылайар. Маайа сибэккини сыллаары муннугар даҕайбыта тымныынан, инчэҕэйинэн таарыйар.
– Алааһым барахсан, бырастыы! Эн күөх хонуугар аны оонньуурум-көрүлүүрүм биллибэт, – диэн Маайа ботугуруур, хараҕын уутун сотто-сотто.
Суол, Төгүрүк алаас илин баһыгар кыра соҕус өндөл үрдүгэр тахсан, ойууру иһинэн илиҥҥилэтэ-хоту лүүчүттэр сирдэрин диэки барар. Ол сыыры уоллаах кыыс сатыы дабайаллар. Аллара, алаас хонуутун буодьулуу үүммүт хойуу талах иһигэр, өтөн киһи ытаан эрэрин курдук өҕүргүүр. Халлаан лаппа сырдаан барар. Чыычаахтар ырыалара-тойуктара хойдор. Ыраах, куруҥ тыа иһигэр, кэҕэлэр этэн чоргуһаллар.
Маайа суол аттыгар сытар дүлүҥҥэ олорор. Кини мантан антах букатын сылдьа илик. «Оо, бу суол, миигин ханна эрэ тиэрдэҕин?» – дии санаан Маайа суолу батыһа көрөр. Сүөдэр Маайа аттыгар атын тэһииниттэн тутан турар.
«Бу аата төрөөбүт дьоммуттан, дойдубуттан арахсан баран истэҕим», – Маайа сүрэҕэ ытырбахтаан ылар.
Сүөдэр көһүтэн, чыычаах ырыатын, кэҕэ этэрин истэн турбахтыыр, онтон тоҥон, дьагдьайан барар, эргэ сиидэс ырбаахыта этин сөрүүнүнэн хаарыйтыыр.
– Маайа, хайа, барбаппыт дуо?
Маайа саҥата суох турар. Ат аттыгар кэлэр. Сүөдэр кинини көтөҕөн ылан ыҥыырыгар олордор.
– Мин сатыы хаамыым, – диэн баран уол инники киирэр. Тоҥмутун аһараары, киэҥ-киэҥник хардыылаан, түргэнник хаамар. Ат, тыбыыра-тыбыыра, Сүөдэри батыһан, эмиэ түргэнник хааман дьигиһитэн иһэр.
Маайа, саҥата суох ыҥыырга олорон иһэн, ата тыбыырарын: «Айыыһыт оҕото дойдубуттан, дьоммуттан күрээн барарбыттан санааргыырбын билэн тыбыырар буолаахтаатаҕа», – диэн быһаарар. Кырдьык, кини бэрт улаханнык санааргыы иһэр. «Аны ийэбин көрөбүн дуу, суох дуу?» – диэн санаа кини өйүттэн арахпат. Ол эрээри таптыыр киһититтэн, Сүөдэртэн, хаалыан, арахсыан эмиэ да баҕарбат. Оттон: «Туттар үбэ, таҥнар таҥаһа, аһыыр аһа суох буолан муҥнаныам», – диэн санаа Маайаны билигин да таарыйбат. Кини баай дьонугар олорон харчы, таҥас, ас хантан кэлэрин, хайдах көстөрүн букатын билбэтэ. Билигин да олорунан эрэ тутахсыйыам дии санаабат. Ол оннугар «ханна тиийэбит, хайдах дьону кытта көрсөбүт?» диэн санаа кинини дьулатар.
Сүөдэр буоллаҕына, ат иннигэр киирэн, Маайаны батыһыннаран иһэн, саныыр эрэ санаата, куттанар эрэ куттаныыта: хантан харчыланан, тугу таҥнан, аһаан олоруох бэйэбитий?
Суол, синньигэс ситии курдук, хара күөх лабаалаах харыйа мас былаастаах тиит ойуурдары быһан, ыарҕалаах, талахтаах от үрэхтэри батыһан, бадарааннаах, баҕа батаһа от бүрүйэ үүммүт маардарын туораан, кыараҕас, киэҥ алаастары кыйан, киһи уҥуохтаах тумуллары кэтэхтэринэн-анныларынан ааһыталаан, эргэ өтөхтөрү таарыйан, быстыбакка, бардар баран истэ.
Халлаан сырдыыр. Хара тыа иһэ, алаастар күөх хонуулара барыта чыычаахтар ырыаларынан туолар. Маайа маны урут хаһан да истибэт этэ. Бачча сааһыгар диэри, хаппахчытын иһигэр хаайтаран, кини кэрэни, үчүгэйи да билбэккэ олорбут эбит! Өр буолбат, халлаан тус илин иититтэн ыраас күн ойон тахсар.
Урут хаһан да Маайа күн тахсан эрэрин көрө илигэ. Оо, кэрэ да буолар эбит! Оттуун-мастыын бары хайдах эрэ үөрбүт-көппүт курдук көстөллөр. Киэҥ сыһыы дэхси хонуутун үрдүнэн күөрэгэйдэр, икки кынаттарын быластыы быраҕан баран, биир сиргэ дьырылыы-дьырылыы, кынаттарын илибирэтэ тураллара саҥа тахсыбыт күн уотугар үрүҥ көмүс курдук буолан кылапаччыйан көстөллөр.
Күн төһө үөһэ тахсар да, соччо сырдаан тыына сылыйан барар. Маайа бу сарсыарда төрөөбүт дойдутун айылҕата уһуктуутун сабыс-саҥа көрөн эрэр. Урут кини билэрэ, көрөрө эрэ диэн – дьиэтин тэлгэһэтэ, тэлгэһэтин тулата этэ. Ол, биллэн турар, киэҥ сиргэ холоотоххо, тиэрбэс эрэ саҕа буолаахтаатаҕа дии! Маайа дьиэтин тула үүнэр мастары-оттору барыларын көрөн-көрөн хал буолан хаалбыта. Оттон билигин ат хас хардыытын аайы саҥаттан-саҥа көстөн иһэр. Арыт кылбаа маҥан туостаах, солко күөх сэбирдэхтээх хатыҥ чараҥ кэлэр. Арыт кубархай хатырыктаах, сип-синньигэс тэтиҥ мастардаах сирдэри ааһыталыыллар. Маайа санаарҕабылын сарсыардааҥҥы айылҕа кэрэтэ үтүрүйэн кэбистэ. Кини сарсыардааҥҥы ыраас салгынынан дуоһуйа тыынна.
* * *
Суол, Маайа төрөөбүт Төгүрүк алааһыттан улам ыраатан, хотугулуу-илин түһэн барда. Сотору-сотору алаастара аҕыйаан, эмпэркэй сыырдаах, ууларын ортотуттан хатырыктара-лабаалара суйдаммыт, былыр үйэҕэ өлбүт күтүр улахан кыыллар бүлтэс уҥуохтара быган туралларын курдук, кубарыспыт мастардаах тыымпылар, дүөдэлэр кэлитэлээтилэр.
Салгын сылыйан, бырдах үөрэ сииктээх маардар отторун, дулҕаларын быыһыттан көтөн тахсан ат самыытыгар, Маайа, Сүөдэр үрдүлэригэр хара тордох буола мусталлар. Сүөдэр суол ойоҕоһуттан хатыҥ лабааларын тоһутан дэйбиир оҥорор. Ат эрэйдээх тулуйумуна, кутуругунан дэйбиирдэнэрин ааһан, тохтоон атаҕынан өрөҕөтүн тэбиэлии сатыыр. Күн үөһэ ойуута Маайалаах Сүөдэр бэйэлэрэ да бырдахтан ыксыыллар.
Сотору суолларын аттыгар эргэ туруорбах өтөх көстөр. Сынньана түһэн ааһаары Сүөдэр ол өтөххө туоруур. Ыраас, тыаллаах сиргэ бырдах аҕыйыыр.
– Маайа, манна тохтоон, сынньанан ааспаппыт дуо? – Сүөдэр кэргэниттэн ыйытар.
– Ыал чугаһынан суох дуо? – диэн Маайа хардары ыйытар. Кини ыалга тиийэн, оронноох, таҥастаах сиргэ утуйан, сынньанан ааһар баҕалаах.
– Ыал мантан ыраах, – диэн баран Сүөдэр Маайаны ыҥыырыттан түһэрэр. Атын сыбыдахтыыр. Аччыктаабыт ат өтөх аттыгар үүнэр кутуйах кутуруга оту кимирийэн-хамырыйан аһаан барар.
Сүөдэр күн уотуттан хахханы булаары өтөх иһигэр киирэр. Былыргы үйэтинээҕи өтөх эркиннэрэ эмэҕирэн, саккааҕыран, сандааран турар. Оһох оннун туһунан уот кытарда сиэбит буора өрөһөлөнө сытар. Сайыҥҥы куйаастан, күлүмэнтэн сылгы, ынах сүөһү манна сөрүүкүү киирэр, мунньустар эбит – өтөх иһигэр эргэ кии толору. Өтөх иһигэр, син биир таһырдьа курдук, кумаардар дыыгынаһа көтөллөр. «Түптэлэннэххэ үчүгэй буолсу», – дии санаан, Сүөдэр хататынан уот саҕан, кураанах киини мунньан түптэлиир.
Маайа кыа оту үргэнэн киллэрэн өтөх күлүк эркинин кыйа тэлгэтэр, ол үрдүгэр Сүөдэр кулун тириитэ сонун быраҕар:
– Абыта-ай! Дэлби бустум, – дии-дии сүүһүн көлөһүнүн соттор.
Сүөдэр буруолуу сылдьар уоттаах киини тутан тахсан атын аттыгар эмиэ түптэ уурар. Түптэ аһыы буруота муннун кычыгылатарыттан тарылаччы тыбыыра-тыбыыра, ат сүмэһиннээх күөх оту сиэн, тииһин тыаһа курдурҕас.
Өтөх иһигэр Сүөдэр атын ыҥыырын, сөрүөтүн көтөҕөн киллэрэр. Маайа ону көрөн этэр:
– Сүөдэ-эр, манна аҕалан тэлгэт… Сылайбытыҥ буолуо, сытан сынньана түс.
Сүөдэр, кырдьык сылайбыт этэ: бөөлүүн түүн ортотун саҕаттан ыла кини балачча ыраах сири хаамта. Сөрүөнү тэлгээн, кычымы сыттанан орон оҥостоллор. Сүөдэр кулун сонун саптан, кэргэннии дьон быһыытынан, хоонньоһон сыталлар.
– Сүөдэр, бу биһиги ханна баран иһэбитий? – диэн Маайа ыйытар.
Кырдьыга, ону Сүөдэр бэйэтэ да билбэт. Кини Дьаакыбылап кулуба сириттэн, дьиэтиттэн ураты сири, дьиэни билбэт даҕаны.
– Намҥа тиийэрбит буолуо, – диир Сүөдэр бэрт симик баҕайытык. Хантан кини саҥата көхсүн иһиттэн тахсыа баарай, Намҥа да тиийэн Дьаакыбылаптаахха эрэ киириэхтэрэ. «Оо, кини обургу аппын илдьэ бара сылдьыбыккын диэн төһө эрэ бардьыгыныыр, үөхсэр», – диэн уол иһигэр куттана саныы сытар.
– Сүөдээр, эн биһикки, саатар, маннык өтөхтөөхпүт буоллар, оһоҕун симэн, киинэн, буорунан хайаҕастарын сыбаан, буруо таһааран, ыал буолан олоруо этибит, – диэн баран Маайа Сүөдэри сып-сылаастык кууһар.
Сүөдэр тугу да саҥарбат. Кини санаата Дьаакыбылап кулубалаахтан арахпат. «Кинилэр обургулар Маайаны хайдах эрэ күлүү гына, үөҕэ-ыыстыы көрсөллөр. Ханна барбыт киһи кинилэр харахтарыттан, тылларыттан куотуох бэйэтэ булуой?» – дии саныыр.
– Сүөдээр, тоҕо саҥарбаккыный?
– Үчүгэй буолуо этэ… Ону, суох кыһалҕата баар эбээт, – диэн баран Сүөдэр үөһэ тыынан кэбиһэр.
– Бэйи эрэ, оттон эн дьонуҥ дьиэлэрэ, өтөхтөрө ханна барбытай? – диэн Маайа ыйытар.
– Мин да дьонум дьиэлэрэ диэн, сураҕа, биир балаҕан баарын Дьаакыбылап кулуба көһөрөн киллэрэн сайыҥҥы дьиэ оҥостон олорор, онтон атын туох да суоҕа үһү.
Маайа саҥата суох сыппахтыыр уонна Сүөдэр диэки үөрбүт курдук көрүтэлиир, мэктиэтигэр олоро түһэр:
– Сүөдээр, биһиги кинилэргэ, Дьаакыбылаптаахха, тиийиэх… «Дьиэбитин аҕалыҥ, биһиги бэйэбит ыал буолабыт», – диэх.
– Биэрбэт тойон буолуо эбээт.
Кинилэр ити курдук кэпсэтэ сытан, түүн утуйбатах дьон, ууларыгар таттаран, түргэн баҕайытык утуйан хаалаллар.
Уһуктубуттара – күн хайа сахха арҕаалаабыт. Өтөх таһыгар аһыҥалар атахтарын хатыытынан кынаттарын аалан сырдырҕаталлар. Аттарын тииһин тыаһа иһиллибэт, быһыыта, тото аһаан баран сыттаҕа. Сүөдэрдээх Маайа улаханнык аччыктаабыттар.
Сүөдэр, киһини билэр буолуоҕуттан үгүстүк аччыктаабыт буолан, тугу да саҥарбат. Оттон Маайа урут хаһан да аччыктаан көрө илигэ, аһыан эрэ баҕардар: «Аста аҕалыҥ, аһыахпын баҕардым!» – диирэ. Сонно тута таптыыр аһа барыта баар буолара. Кини ол үгэһинэн:
– Сүөдээр, аһыахпын баҕардым! – диир.
– Мин да аччыктаатым буолан баран, манна аһы хантан булуоххунуй?.. Ас суох! – диэн кэбиһэр.
Бу этэ Маайа төрүөҕүттэн ыла аан маҥнай улаханнык аһыан баҕарбыта уонна ас булан аһаабатаҕа диэн.
Сүөдэр турар. Маайа, аччык буолан, туруон да баҕарбат. «Ийэм сыҥалыы сатыыра да, аһаабат этим… Оо, ол астар билигин да баар буолбаттар ээ», – дии саныы сытар кини.
– Маайа, тур… Аппытын ыҥыырдаан барыах, – диир Сүөдэр уонна сөрүөтүн, кычымын ылан тахсар.
Маайа, аччыктаан, мэктиэтигэр халлаан түгэҕэ көстүбэт күөх байҕал курдук мэндээрэн турарын, тула өттүлэригэр араас өҥнөөх сибэккилэр баалларын, лыах көтө сылдьарын барытын өйдөөн көрбөт.
Сүөдэр атын ыҥыырдаан бүтэн кэлэр:
– Соммун аҕал, ыҥыыр кэннигэр ууруум, мэҥэстиэхпит.
Аччыктаабытыттан хатан хаалбыт бэлэһигэр силин ыйыста-ыйыста, Маайа ыйытар:
– Ыал мантан төһө ырааҕый?.. Онно тиийэн, саатар, чэй иһиэ этибит.
– Мантан икки көс кэриҥнээх сиргэ биир дьадаҥы ыал олорор, – диир Сүөдэр уонна, Маайаны мэҥэһиннэрэн, сыыдам соҕустук атын хаамтаран барар.
Кинилэр иннилэригэр суол эмиэ, быстыбат ситим буолан, уулаах маардары кыйа, бадарааннаах от үрэхтэри туораан, бүттэр бүппэккэ баран иһэр. Сорох ардыгар суолларын аттыттан кустар көтөн сирдьигинэһэн тахсаллар. Улахан күөллэри аттынан ааһан иһэн көрдөхтөрүнэ, сарбынньахтаах хаар тыалга өрө-таҥнары ытылларын курдук, тыыраахылар туртаҥнаһаллар.
Сотору күн киэһэрэн, халлаан илиҥҥи иитэ көҕөрө боруоран барар. Ханна эрэ аҥыр оҕустуу айаатаан бөөҕүнүүр, ол ортотугар үөһэттэн туох эрэ сүр баҕайытык күһүгүрээн түһэр. Маайа онтон барытыттан куттана иһэр, Сүөдэри кэнниттэн ыбылы кууһар уонна хараҕын кырыытынан халлаан диэки көрө-көрө:
– Сүөдээр, ити тугуй? – диэн ыйытар.
– Э-э, үгүрүө баҕайы күһүгүрүүр.
– Тоҕо ити курдук күһүгүрүүрүй?
– Ээ, ити туһунан эҥини барытын кэпсииллэр.
– Туох дииллэрий? Кэпсээ эрэ.