Kitabı oku: «Киһи соҕотох сүрэхтээх…», sayfa 2
Cүрэх ыарыыларын эмтээһин эволюцията
Түҥ былыргыттан, өссө ацтектар кэмнэрин саҕаттан, сүрэх-тымыр ыарыыларыгар уolloxochif – «сүрэх сибэккитэ» от сэбирдэхтэрин туһаналлара. Европа олохтоохторугар, Америка арыллыбытын кэннэ, түөс иһигэр үөдүйэр ыарыыларга хинин уонна ипекакуана эмтэри аныыллара. Кэлин бу эмтэр, сүнньүнэн, малярия уонна куртах ыарыыларыгар туттуллубуттара. Америкаттан төрүттээх мате чэй, батат, какао, о.д.а. бородуукталар түөс ыарыыларыгар туттуллар буолбуттара.
Чеснок «сүрэххэ» аналлаах тума быһыытынан биллэр. Сүрэх-тымыр ыарыыларыгар олус киэҥник араас норуоттар хас эмэ үйэлэр усталарыгар туттубуттара. Отут биэс үйэ анараа өттүгэр суруллубут папируска (Эберс) чеснок сүрэх ыарыыларын тэҥэ араас искэннэри, быһа ытыттарыылары эмтээһиҥҥэ уонна илиистиги түһэриигэ туттуллара ыйыллар. Гректэр (Гиппократ) уонна римляннар (Улахан Плиний) чесногунан эмтэнэн үтүөрүүнү олус өрө туталлар этэ. Аюрведическэй медицина аҕата Чарака (биһиги э.и. 3000 с. анараа өттүгэр) чеснок хаан эргиирин тупсарар уонна сүрэх үтүө туруктаах буоларыгар көмөлөһөр диирэ.
Сүрэх «дийиэтэтэ» диэн тугу этэбитий? Түҥ былыргы кэмнэртэн дийиэтэни уларытыы киһи эмтэнэригэр да, араас ыарыылар үөдүйүүлэрин уҕарытыыга да туһалааҕын туһунан этэллэрэ. Ол эрээри XX үйэ ортотун диэки эрэ сүрэх-тымыр ыарыыларыгар сөп түбэһэр дийиэтэлэр оҥоһуллубуттара. 1944 сылаахха Kempner рис, фрукта арааһа уонна сок састааптаах сууккаҕа 2000 калорий эниэргийэни биэрэр дийиэтэни оҥорбута. Бу дийиэтэ натрийы 150 мл, белогу – 20 г, сыаны – 5 г диэри хааччахтыыр. Натрий ас састаабыгар олох кыра буолан, бу дийиэтэ хаан баттааһынын бэркэ түһэрэр. Ол эрээри маннык дийиэтэни, ас амтана соччото суох буолан, тутуһар олус уустук. Онон бу ньыма соччо көдьүүһэ суох буолбута. Билигин сүрэх ыарыытыттан көрөн ананар дийиэтэ арааһа балачча элбэх.
Сүрэх тымырдарын ыарыытын 12 эмтээһин
Түөс иһигэр баар ыарыылары өссө Ассирияҕа, Вавилоҥҥа, хойутуу Египеккэ эмтииллэр этэ. Оччолорго ыарыһахтары харамайдар эттиктэриттэн оҥоһуллубут эминэн13 эмтииллэрэ – мүөтүнэн, сыанан, хаанынан, о.д.а. Ону таһынан араас оттору туһаналлара. Сүнньүнэн, маас оҥорон, ыарыһах түөһүн ньалҕаарыччы сотоллоро, алыптаммыт (ритуальнай) дьайыыларынан доҕуһуоллууллара.
Былыргы Грецияҕа ыарыһаҕы массаастыыллара, кыһыл арыгыны иһэрдэллэрэ, дьаныһан сиэкиһинэн дьарыктаныыны сүбэлииллэрэ. Араб дойдуларыгар медицина сайдыбытын кэннэ, 1000 с. диэки, арыгыны туһаныы кутталлааҕын быһаарбыттара эрээри, арыгы ыарыыны мүлүрүтэр ньыма быһыытынан син биир туттуллара. Гректэр уонна римляннар стенокардия туһунан билэллэр этэ. Ыарахан туруктаах инфарктаабыт киһини оччолорго ас киирэр суола14 ангиналаабыт дииллэрэ. Маннык ыарыылаах киһини хаанын сүүрдэн (Гиппократ ньымата), арыгы иһэрдэн (Асклепиад) уонна опий биэрэн (бу туһунан Гомер ахтыбыта) эмтииллэрэ. Урут angina pectoris (грудная жаба, а.э. – стенокардия) диэн түөс иһигэр үөдүйэр хам туттаран ыгылыйыы ыарыыта аатырара. Бу быһаарыы билигин да туттуллар.
Сүрэх быччыҥын ыарыытын – инфаркт туһунан 1912 сыллаахтан суруйбуттара. Аан маҥнай 1867 сыллаахха стенокардияны эмтииргэ амилнитрити, оттон 1879 сылтан нитроглицерини (William Murrell) туһанар буолбуттара. Ол эрэн, уруккуттан биллэр уонна туһаныллар мышьягы, стрихинини, конопляны үтэйбэтэхтэрэ, балар оннуларыгар туттуллубатахтара.
Сүүсчэкэ сыл ааспытын эрэ кэннэ бу ыарыы сүрэх тымырдарын кыарааһыныттан үөскүүрэ быһаарыллыбыта. Тымырдары кэҥэтэр туһуттан кальцийдаах ханааллар блокатордара15 туттуллар буолбуттара. Кинилэр сүрэх тымырдарын16 кэҥэтэллэрэ дакаастаммыта. Маннык эмтээһин 1960 сылтан олоххо киирбитэ. Сүрэх тымырын ордук кэҥэтэр диэн прениламины, ону тэҥэ кальцийы утарсааччыларынан17 ипровератрилы, верапамиды, 1971 сылтан нифедипины туттубуттара. Адреналин 1894 сылтан биллэр. Фармакология профессора Джон Джекоб Абель арыйбыта, ону Йокиши Такамини патеннаабыта. Сэр Джеймс Блэк (1924-2010) сүрэх быччыҥар18 баар адренергическэй рецептордар бета-рецептордар диэн аатыралларын быһаарбыта уонна стенокардия тииһигин19 тохтотор препараты туһаныахха сөбүн туһунан эппитэ. Блэк бу соругу атын өттүттэн көрөн үөрэппитэ: кини миокард тымырдарын кэҥэтэргэ кислороду эбии киллэрэр ньыма оннугар, миокард кислороду туһаныытын кыччатар сыалы туруоруммута. Чинчийии түмүгэр 1962 сыллаахха бета-блокатор неталиды эбэтэр пронеталолу туһаныы олоххо киирэр кыахтаммыта. Бу препарат көмөтүнэн сүрэх тэбиитин кыччатар уонна стенокардиялаах ыарыһах физическэй ноҕуруускатын үрдэтэр кыах үөскээбитэ. Онон бастакы клиническэй бета-блокатор пропранолол Великобританияҕа 1964 сыллаахха оҥоһуллубута. 1988 сыллаахха Джеймс Блэкка, ону тэҥэ Гертруда Элайоҥҥа уонна Джордж Хитчиҥҥэ, бу препараты айбыттарын иһин Нобелевскай бириэмийэ анаммыта.
Билигин бета-блокиратордар оннуларыгар атын ньымалар туһаныллаллар, олор истэригэр реперфузия (фибринолиз) уонна маҥнайгы түһүмэх (первичная) ангиопластика. 1895 сыллаахха Феликс Хоффман уонна Артур Айхенгрюн ацетилсалициловай кислотаны (аспирины) щавелевай кислотанан арааран ылбыттара. Ацетилсалициловай кислота аан дойду үрдүнэн ыарыыны мүлүрүтэр, сүһүрүүнү утарсар, температураны уҕарытар уһулуччу тарҕаммыт препарат быһыытынан биллэр, сүрэх-тымыр ыарыыларын эмтээһиҥҥэ олус көдьүүстээх.
Тымыр ыарыыларын эмтээһиҥҥэ фибринолитическэй препараттар туттуллар буолбуттара муҥура суох улахан кыайыы диэххэ сөп. 1933 сыллаахха W. Tillet уонна R.L. Gamer чинчийиилэрин түмүгэр бета-гемолитическэй стрептококк фибринолитическэй (бөлүөх хааны убатар) тутуллаах эттиктэри таһаарарын билбиттэрэ. 1941 сыллаахха H. Milstonе фибринолизка плазматическай турук баар буолуохтаах диэн сабаҕалаабыта, онтон 1945 сыллаахха микробиолог L.R. Christensen фибринолиз көбүүтүн сиһилии суруйбута. Кини плазмаҕа плазминоген баарын дакаастаабыта, оттон стрептококк утары стрептокиназа фермент дьайыылааҕын арыйбыта. Стрептокиназа плазминогены плазмиҥҥа кубулутар протеолитическай уонна фибринолитическай тутуллаах фермент буолар. 1958 сыллаахха сүрэхтэрин быччыҥнара – миокардалара инфарктаабыт ыарыһахтар тымырдарыгар аан маҥнай стрептокиназа киллэриллибитэ. Бу препарат сүдү улахан суолталааҕа De Wood классическай үлэтэ 1980 сыллаахха күн сирин көрүөҕүттэн бигэргэммитэ. Кини миокард инфарктыгар коронарнай артерия хааны аһарара мөлтүүрүн уонна ол содулун туһунан сырдаппыта. P. Rentrop 1979 сыллаахха стрептокиназаны тымырга куттахха, бөлүөхсүбүт хааны (тромбаны) суурайан, бүөлэммит тымырдары арыйыан сөптөөҕүн дакаастаабыта.
Сүрэх боруоктара 20
Сүрэх боруоктара – сүрэх кылаапаннарын ыарыылара XIX үйэҕэ стетоскоп баар буолуоҕуттан биллибиттэрэ. Бу ыарыы, антибиотик айыллыан иннинэ, стрептококк инфекциятыттан сүрэх кылаапаннара сүһүрүүлэриттэн тарҕаммыта. Сүрэхтэрэ боруоктаах дьоҥҥо холкутук хамсаабакка сытыыны, дийиэтэни тутуһууну (саахары, тууһаммыт оҕуруот аһын уонна сыаны боболлоро), тымныйыыттан сэрэхтээх буолууну сүбэлииллэрэ.
Сүрэх кыаммат буолуута 21
Бу ыарыы былыр-былыргыттан Египеккэ, Грецияҕа, оннооҕор Индияҕа биллэр этэ. Римляннар бу ыарыыны эмтииргэ наперстянканы (от бииһин ууһа) ииктэтэр көдьүүстээҕин иһин туһаналлара. Англия бырааһа Уильям Уизеринг 1785 сыллаахха наперстянкаттан алкалоиды арааран ылбыта уонна сүрэх үлэтин күүһүрдэр дьайыылааҕын туһунан сиһилии суруйбута. Маны тэҥэ хааннааһын ньымата ХIX уонна XX үйэлэргэ тарҕаммыта. Наперстянкаттан ураты хинин, стрихнин, о.д.а. туттуллаллара.
XX үйэ саҕаланыыта ииктэтэри көҕүлүүргэ теофиллины уонна кофеины туһаналлара. Ииктэтэр күүстээх дьайыылаах маҥнайгы препаратынан сифилис ыарыылаахтарга туттуллубут мербафен диэн препарат этэ. Итинник дьайыылаах ацетазоламид, хлоротиазид уонна гидрохлоротиазид сульфаниламидка олоҕуран оҥоһуллубуттара, ыарыһаҕы эмтээһиҥҥэ 1958 сылтан олоххо киирбиттэрэ. Сүрэҕэ мөлтөөбүт ыарыһахха 1981 сылтан каптоприл туттуллар буолбута, ону тэҥэ сүрэхтэрин быччыҥа (миокардара) ишемиялаахха уонна гипертоническай ыарыылаахтарга XX үйэ бүтэһик сылларыттан бета-блокатордар көдьүүстээхтик туһаныллыбыттара.
Кэлиҥҥи кэмҥэ ангиотензины уларытар фермени утары уонна бета-блокатордары туһаныы бу ыарыыттан өлүүнү биллэрдик аҕыйатара бигэргэтиллибитэ.
Хаан баттааһынын үрдээһинэ 22
XX үйэ ортотугар диэри хаан баттааһынын үрдээһинэ ыарыы быһыытынан болҕомтоҕо ылыллыбатаҕа. Киһи тыыннааҕын хааччыйар уорганнар үлэлэрэ хаан баттааһына үрдүүрүттэн тутулуктаах диэн быһаараллара. 1940 сылтан эрэ бэттэх бу ыарыыттан чемерицаны туһанар буолбуттара. Гудман уонна Гилман фармакологияҕа справочниктарын 1300 страницалаах маҥнайгы туомугар гипертоническай ыарыы туһунан олох кыратык сырдатыллыбыта (1941 с.). Ол курдук, хаан баттааһына үрдүүрүн утары тиоционат, барбитурат, висмут уонна бромид эрэ туттуллаллар диэн суруллубута. Маны таһынан, артерияҕа хаан баттааһынын түһэрэр туһуттан пирогены укуолунан биэрэллэрэ, ону сэргэ адреналэктомия – симпатическай умнаһы быһа сотуу (хирургическай ньыма) оҥоһуллара. Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр малярияны эмтиир пентахин диэн эми аан бастаан гипертоническай ыарыылары эмтээһиҥҥэ туттубуттара (Edvard D. Freis). 1950 сыллаахха симпатолитик феноксибензамин, ганглиоблокатордар – гексаметоний, пентолин, мекамиламин, баларга ханыылаан периферическэй адреноблокатордар, холобур, гуанетидин туттулла сылдьыбыттара. Балар хаан баттааһынын көдьүүстээхтик түһэрэллэрэ эрээри, төттөрүтүн, атын ыарыылары олус күөртүүр хос дьайыылаахтара, ол иһин киэҥник туһаныы кутталламмыта. 1957 сыл бүтүүтэ хлоротиазид диэн саҥа препараты боруобалаабыттара. Тиазиднай диуретиктар, олор истэригэр ацетазоламид, хлоротиазид уонна гидрохлоротиазид олус туһалаахтара дакаастаммыта. Билиҥҥи кэмҥэ артериальнай гипертензияны эмтииргэ, сүнньүнэн, ангиотензины уларытар23 ферменнэри бохсор препараттар24 туттуллаллар. 2007 сыл саҕаланыыта New England journal of Medicine сурунаалга сакалаат гипертоническай ыарыылаахха чэйдээҕэр ордук туһалаах диэн суруллубута.
Хаан баттааһынын түһэрэр терапия маҥнайгы хардыылара.
Артериальнай гипертензияны эмтээһин туһунан сүбэлэри түмэн, аан бастаан 1977 сыллаахха суруйбуттара. Оччолорго диастолическай артериальнай дабылыанньаны түһэрии эрэ туһунан толкуйдууллара, оттон систолическай дабылыанньа үрдээһинин туһунан классификация суоҕа. Ол кэмнэргэ отучча гипотензивнэй препараттар бааллара, билигин оннук препараттар сүүстэн тахса араас көрүҥнэрэ биллэр. 1990-с сылларга сүрэх-тымыр ыарыһахтарга бу препараттар дьайыыларын уонна төһө көдьүүстээхтэрин түһүнан аан дойду элбэх клиникаларыгар чинчийиилэр оҥоһуллубуттара. Билигин артериальнай дабылыанньаны монотерапиянан (биир препаратынан) эмтээһин соччо-бачча кыаллыбата дакаастанан турар, үксүгэр икки-үс араас дьайыылаах препараттарынан эмтиир ордук көдьүүстээҕэ биллэр.
Атеросклероз, сыа иҥэриниитин кэһиллиитэ (дислипидемия) уонна сүрэх тымырдарын ыарыылара.
Стенокардия туохтан үөскүүрэ икки үйэ ааспытын кэннэ арыый өйдөнүллэр буола үөрэтилиннэ. Уильям Геберден 1972 сыллаахха стенокардия биллиитин (бэлиэлэрин)25 олус чуолкайдык суруйбута. Ол кэннэ бу үйэлэр тухары стенокардия үөскүүрүгэр атеросклероз, тымыр бопторуута26, онтон да атын уларыйыылар кыайан дакаастамматахтара. 1799 сыллаахха Caleb Hillier Parri ишемическэй ыарыы сүрүн биричиинэтэ сүрэх тымырдарыгар диэн сабаҕалаабыта. Кини инфарктаан өлбүт дьон сүрэхтэрин тымырдарыгар тааһырбыт бляшкалары булбута, ол эрээри бу сонообут тымырдар сүрэх хамсыырын мэһэйдээн, түөс иһигэр олус күүстээх ыарыыны үөскэтэллэр диэн сыыһа түмүгү оҥорбута. Балайда кэм ааспытын кэннэ атеросклероз – артерия эркинин халыҥааһыныттан тымыр кыарааһына диэн быһаарыллыбыта. 1904 сыллаахха атеросклероз диэн тиэрмини аан маҥнай Charles Marchand киллэрбитэ. 1852 сыллаахха Richard Quain «Сүрэх сыаламмыт ыарыылара»27 үлэтигэр сүрэх баар сирин диэки сыа бөлөхсүйэрин туһунан суруйбута. Сүрэх уойуута стенокардияны, аҕылааһыны, өйү сүтэриини, оннооҕор соһумардык өлүүнү үөдүтүөн сөп диэн суруйбута. 1915 сыллаахха, сэр Clifford Allbutt стенокардия аорта ыарыытыттан үөскүүр уонна сүрэх тымыра манна туох да суолтата суох диэн сыыһа сабаҕалааһыны суруйбута. 1928 сыллаахха, стенокардия туһунан бастакы суруйуу 130 сыл ааспытын кэннэ, стенокардия туһунан маҥнайгы ахтыылар үөдүйбүттэрэ. C.S. Keefer уонна W.H. Resnik «Миокард аноксиятыгар үөскүүр синдром» диэн кинигэлэригэр стенокардия үөдүйүүтэ сүрэх быччыҥнара кислородунан мөлтөхтүк хааччыллалларыттан (оксигенацияланарыттан) тутулуктаах диэн суруйбуттара. Билигин бу үлэ стенокардияны ырытыыга классическай айымньынан ааҕыллар. Ол гынан баран, хааҥҥа холестерин үрдээһинэ (гиперхолестеринемия) уонна сүрэх тымырдарын ыарыылара быһаччы ситимнээхтэрэ 1950 сыллаахха АХШ-гар быһаарыллыбыта. Сүрэх, тыҥа уонна хаан национальнай институтун кардиологтара кинилэрдиин нэһилиэнньэ аһара сыалаах-арыылаах аһылыгынан үлүһүйэрин кыччатар национальнай программаны олоххо киллэриини саҕалаабыттара. Элбэх чинчийиини ыытаннар, хааҥҥа холестерин таһымын кыччатыы сүрэх быччыҥар – миокардка инфаркт үөскүүрүн хаарчахтыырын дакаастаабыттара.
Сүрэх-тымыр атын ыарыылара
1885 сыллаахха Уильям Оскар эндокардит туһунан сиһилии үөрэтэн билиһиннэрбитэ уонна бу ыарыыны микроорганизмнар күөдьүтэллэр диэн суруйбута. Антибиотик айыллыан иннинэ инфекционнай эндокардитынан ыалдьыбыттар үгүстэрэ өлөллөрө.
Оччолорго сүрэх тэтимэ кэһиллиитин (аритмияны) сүрэх невроһа диэн ааттыыллара. Аритмияны күөртээччинэн арыгы, кофе, чэй уонна табах буолаллара биллэрэ. Маны тэҥэ сүрэх тэбиитин түргэтээһинэ (тахикардия) үксүгэр эдэр ыччакка, дьахталларга, неврозтаах дьоҥҥо, ону таһынан уойбут, киҥнээх, ыгым майгылаах дьоҥҥо уонна диспепсиянан ыарытыйааччыларга үөскүүр диэн ааҕыллара. Аритмия хайдах эмтэниллиэхтээҕин билбэккэлэр XIX үйэҕэ ыарыһахтарга быраастар эмп бөҕөнү аныыллара, холобур, спазмолитиктары, седативнай препараттары уонна стимулятордары (бренди, эфир, аммиак, опий, морфин, калий бромида, мускус, камфара, лаванда (Roberts F.T., 1882). Маны тэҥэ үгүс дойдуларга наперстянка препараттара туһаныллаллара. 1949 сыллаахха анестезиологтар аан маҥнай прокаинамиды туһаммыттара. Лидокаин 1960 сыллаахха сүрэх куртахтарын тэбиитэ түргэтиирин бохсорго туттуллар буолбута.
Сүрэх ыарыыларын эмтээһиҥҥэ саҥа соруктар муҥура суох элбэхтэр. Сүрэх уонна сүрэх систиэмэтин физиологията уонна патофизиологията сиһилии үөрэтиллэ илигинэ, сүрэх ыарыыларын эмтээһин кыаллыбата. XX үйэ саҕаланыыта кардиология терапияттан арахсан туһунан салаа буолбута. Оччолорго, сүнньүнэн, наперстянка, хинидин препараттарын уонна тымырга киллэриллэр ртутнай диуретиктары (мерсалил) тутталлара. Стенокардияны эмтииргэ амилнитрити (ингаляционнай ньыманан) эбэтэр нитроглицерины тыл анныгар уган туттуллар. Аан дойду иккис сэриитэ саҕаланыар диэри сүрэх-тымыр ыарыыларын быһаарарга сыралаах үлэ ыытыллан, ол ньымалар күн бүгүнүгэр диэри көдьүүстээхтик туһаныллаллар. XXI үйэ саҕаланыаҕыттан атеросклероһу эмтээһиҥҥэ саҥа ньымалар, ону тэҥэ сүрэх-тымыр ыарыыларын үөдүтэр метаболическай синдромнары чинчийиилэр элбээтилэр (дислипидемия, абдоминальнай уойуу, хааҥҥа глюкоза мунньуллуутун таһыма кэһиллиитэ уонна артериальнай гипертензия). Аныгы үйэҕэ метаболическай синдром тарҕаныыта, сахарнай диабеттыын ханыылаһан, ордук орто саастаах дьоҥҥо сүрэх-тымыр ыарыыларын үөскэтэр диэн быһаарылынна.
Хирургическай практика саҕаланыыта уонна билиҥҥи ньымалар
Былыр сүрэҕи эпэрээссийэлиир түгэннэрэ эмиэ бааллара. Аһаҕас сүрэххэ маҥнайгы эпэрээссийэлэр өссө биһиги э.и. 400 сыллаахха оҥоһуллубуттара биллэр. Ол эрээри бастакы эпэрээссийэни ситиһиилээхтик XIX үйэ ортотугар оҥорбуттара. Эпэрээссийэ кэмигэр былыргы Греция быраастара аорта уонна тыҥа артериятын кылаапаннара хайдах үлэлииллэрин болҕойон көрөллөрө. Билии мөлтөх уонна технология суох буолан, сүрэх эпэрээссийэтэ уһун үйэлэргэ кыайан сайдыбатаҕа. Арай XIX үйэ ортотугар анестетиктары уонна уопсай анестезияны туһаныы саҕаланыыта сайдар туруктаммыта. Сүрэххэ бастакы үрдүк таһымнаах эпэрээссийэни 1896 сыллаахха Франкфурт куоракка Ludwig Rehn оҥорбута, кини немец саллаатын сүрэҕин, бааһырбытын, хам тигэн абырахтаабыта. Өссө XVI үйэ саҕана сүрэхтэригэр бааһырбыт саллааттары наркоһа суох сэрии хонуутун ортотугар эпэрээссийэлээбит түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суохтар.
Хааны эргитэр аппараат үөдүйүүтэ.
XX үйэ саҕаланыыта эпэрээссийэ ньымата олус судургу этэ. Ол кэмҥэ эпэрээссийэ тэбэ турар сүрэххэ оҥоһуллар буолан уустуга. Хааны эргитэр искусственнай аппараат айыллыаҕыттан ыла сүрэххэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэр сайдан, таһымнара лаппа үрдээбитэ. Хааны табыгастаахтык искусственнай аппараакка холбоон эргитэр, тромб үөскүүрүн утарар, сүрэх носуос курдук хааны хачайдыыр (эргитэр) үлэтин солбуйар уонна эти-сиини кислородунан хааччыйар ньымалары – барытын эргиччи билэн олоххо киллэрии тирээбитэ. Бу XX үйэ чинчийиилэрин биир сүдү суолталаах соруга этэ.
Медицинскэй факультет студена Jay McLean (Джеем МакЛин) 1916 сыллаахха, чинчийиилэрин түмүгүнэн, гепарин тымырга хаан бөлүөхсэрин тохтотор, тромб үөскүүрүн утарар диэн медицинскэй холбоһукка иһитиннэрбитэ.
Искусственнай хаан эргиирин хайысхата сайдыытыгар уһулуччу өҥөнү Джон Гиббон киллэрбитэ. Эдэр быраас 1930 сыллаахха Массачусетс (Пенсильвания) кылаабынай госпиталын лабораторияларыгар оҥорбут чинчийиилэрин түмүгэр 1937 сыллаахха киһи этин-сиинин үлэтин искусственнай хааны эргитэр уонна тыыннарар аппарааттар көмөлөрүнэн хааччыйыахха сөбүн дакаастаабыта. Сэрии кэнниттэн электроннай-вычислительнай массыыналары (ЭBM) оҥорор корпорация инженердэрин көмөлөһүннэрэн чинчийиитин салҕаабыта. Хас да эпэрээссийэни ыттарга ситиһиилээхтик оҥорон баран, 1953 сыллаахха киһини эпэрээссийэлээбитэ. Ол эрээри хас да киһи өлөн, 1955 сыллаахха өлүү төрүөттэрэ биллиэр диэри эпэрээссийэттэн аккаастаммыта. 1970 сыллаахха элбэх учуонай сыралаах үлэтин түмүгэр ыарыһахха куттала суох аппараат айыллыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ искусственнай хааны эргитэр аппараат хас да чаас устата ыарыһахха туһаныллара туох да куттала уонна хос дьайыыта суох.
Сүрэх тымырдарыгар эпэрээссийэ 28. Сүрэх быччыҥнарын тымырдарын эпэрээссийэлээһин эбэтэр коронарнай артериялары шунтируйдааһын кэнники кэмҥэ cүрэххэ элбэхтик оҥоһуллар буолла. 1890 сыллаахха Алексис Каррель тымырдары холбооһуҥҥа (анастомоз) холоммута. «Веналар уонна уорганнар трансплантациялара» диэн Карл Гатрины (Charle Guthrie) кытта бииргэ суруйбут үлэтигэр хас да хирургическай ньыманы сырдаппыта, ол иһигэр сүрэх гетеротопическай көһөрүллүүтүн методиката эмиэ киирбитэ. Бу чинчийиилэрин иһин 1912 сыллаахха Каррель медицина уонна физиология уобалаһыгар Нобелевскай бириэмийэни ылбыта. Кини тымыр хирургиятын уонна трансплантологияны (көһөрөн олордууну) төрүттээччинэн буолар. 1953 сыллаахтан сүрэх быччыҥар хаан эргиирин тупсарыы хайысхатыгар Кливленд клиникатыгар Ckaude Beck чинчийиилэри саҕалаабыта. 1946 сыллаахха Arthur Vineberg сүрэх быччыҥын (миокард) реваскуляризациятыгар түөс иһинээҕи артерияны туһаммыта. Бу ньыма 19501970 сылларга олус киэҥник тарҕаммыта. Ол да буоллар, 1967 сыллаахха эмиэ Кливлеҥҥэ аргентинец Rene Favaloro сүрэх тымырдарын ыарыыларын сиһилии үөрэтэн баран, шунтирование ньыматын олоххо киллэрбитэ күн бүгүнүгэр диэри туттуллар. Сүрэҕи аһатар уҥа тымыр29 кыараабыт сирин тумнарга (шунтирование) атах тириитин иһинээҕи улахан венаны30 ылан туһаммыта. Dudley Johnson маннык эпэрээссийэни сүрэҕи аһатар хаҥас тымырга31 оҥорбута. Favaloro оҥорбут эпэрээссийэтин сүрүн тосхоллоро бүгүҥҥү күҥҥэ улаханнык уларыйбакка кэллэ, ол эрээри саҥа эпэрээссийэлиир ньымалар уонна саҥа технологиялар трансплантаннар туһаныллар болдьохторун уһаталлар, ыарыһах өлүүтүн аччаталлар, ону тэҥэ соторутааҥҥа диэри өлөр дэммит ыарыһахтар туруктара чөлүгэр түһэригэр кыах биэрдилэр.
Сүрэх кылаапаннарыгар эпэрээссийэлэр. Сүрэх кылаапаннарын эчэйиилэрин көннөрүү уонна уларытыы искусственнай хааны эргитэр аппарааттар үөдүйбүттэрин эрэ кэннэ оҥоһуллар кыахтаммыттара. Кылаапан сарбынньахтарын32 эбэтэр кылаапаны бүттүүнүн уларытар маҥнайгы эпэрээссийэлэри Bahnson, Muller уонна McGoon, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох, 1950-с сыллар бүтэһиктэригэр оҥорбуттара. Кылаапаны уларытар маҥнайгы эпэрээссийэни ситиһиилээхтик 1953 сыллаахха Hufnagel аллараа түһэр аортаҕа33, шаровой протеһы туттан, оҥорбута. Аатырбыт Америка кардиолога Пол Дадли Уайт «Сүрэх ыарыылара» диэн кинигэтигэр (50-тан тахса сыл анараа өттүгэр бэчээттэммитэ) маннык суруйбута: «митральнай, ону тэҥэ аорта кылаапанын эчэйиилэрин эмтиир анал ньымалар суохтар». Ол эрээри олох сайдан истэҕин ахсын клиническэй практикаҕа уустук механическай кылаапаннар уонна аутогеннай биологическай протезтар туттуллар буолбуттара, олору тэҥэ кылаапаннары араас ньымаларынан (комбинированнай) уларытыылар, сүрэх тымырдарыгар эпэрээссийэлэр, тириини нөҥүө (чрескожное) кылаапаннары көннөрүү (вальвулотомия) о.д.а. технологиялар көдьүүстээхтик туттуллар буоллулар.
Сүрэх тэтимин булкуллуута. XX үйэ ортото ааһыар диэри бу ыарыыттан өлүү-сүтүү олус элбэх этэ. Сүрэх тэтимин салайар аппараат элбэх сыллар усталарыгар сыралаах үлэ түмүгэр айыллыбыта. 1960-с сыллардаахха олору туһаныы саҕаламмыта. Маҥнайгы сүрэх тэтимин биэрэр аппарааттар (кардиостимулятордар) электродтарын түөһү хайытан, сүрэххэ сыһыары тигэн холбууллара, кэлин электродтары хомурҕан аннынааҕы венанан киирэн сүрэххэ тириэрдэр технология айыллыбыта.
Маҥнайгы кардиостимулятордар кээмэйдэрэ балайда улахан этэ уонна стимулу биир кэм тохтоло суох сүрэх куртахтарыгар биэрэллэрэ. Кэлин икки электродтаах стимулятордар (сүрэххэ киирэр уҥа камера кулгааҕар уонна куртахтарга) айыллыбыттара, кээмэйдэрэ лаппа кыччаабыта. Билиҥҥи кардиостимулятордар үлэлэрин тэтимэ сүрэх үлэтин тэтимин кытта дьүөрэлэһэн үлэлиир34. Сүрэх үлэтин тэтимин сорох түгэҥҥэ уҕарытыан, наадалаах түгэҥҥэ эбэн биэриэн сөп.
Сүрэх тэбэр тэтимэ улаханнык кэһиллэн, ордук сүрэх куртахтарын быччыҥнарын үлэлиир тэтимэ булкулуннаҕына35, соһумардык өлүү түгэннэрэ элбэх этэ. 1980-с сылтан ону утары электрическэй разряд биэрэр кардиодефибриллятор аппараат ыарыһахха туруоруллар буолуоҕуттан ыла сүрэх үлэтин итинник кэһиллиититтэн соһумар өлүү биллэрдик аҕыйаата.
Сүрэх ыарыыларын тымырынан киирэн үөрэтии уонна эпэрээссийэлээһин. 1960-с сыллар саҕаланыыларыгар Sones Shirey Кливленд клиникатыгар сүрэх тымырыгар аналлаах катетерынан хорук тымырынан тиийэн рентгенконтрастнай эттиги кутан36, тымырдар туруктарын үөрэтии олохтоммута. Онтон ыла сүрэх тымырын хирургията37 күүскэ сайдан барбыта. Катетер көмөтүнэн билиҥҥи бириэмэҕэ сүрэх кылаапаннарын уонна куртахтарын туруктарын, хаан сүрэх иһигэр хамсааһынын үөрэтии күүскэ сайынна.
Оттон коронарнай ангиопластика диэн төбөтүгэр үрдэриллэр баллоннаах катетер көмөтүнэн сүрэх тымыра кыараабыт сирин кэҥэтэр технологияны аан бастаан 1977 сыллааахха Цюрих куоракка Андреас Грюнциг оҥорбута. Билигин сүрэх тымырын иһигэр араас дьайыылаах стеннэр туруоруллар, ротационнай уонна прицельнэй атероэктомиялар, сүрэх тымырын ис өттүн видеоэндоскопия технологиятын туһанан көрүү оҥоһуллар буолла. Бу туһунан отучча сыл анараа өттүгэр санаан да көрүллүбэт этэ.
Искусственнай сүрэх. Искусственнай сүрэҕи аан маҥнай Владимир Демихов (1916–1988) 24 саастааҕар М.В. Ломоносов аатынан Москватааҕы государственнай университекка үөрэнэ сылдьан айбыта. Төһө да улахан кээмэйдээх сүрэх буоллар, ыкка холбоммутун кэннэ, биэс аҥаар чаас устата ыт тыыннаах сыппыта. Искусственнай сүрэх XX үйэ иккис аҥаарыттан бэттэх үөрэтиллэр уонна туһаныллар буолбута.
1957 сыллаахха Кливленд куоракка ыт, сүрэҕин механическай носуоһунан солбуйбуттарын кэннэ 90-ча мүнүүтэ буолан баран, өлбүтэ. АХШ Национальнай института, «Искусственнай сүрэх» диэн программаҕа олоҕуран, 1960-с сыллар бүтүөхтэригэр диэри искусственнай сүрэҕи киһиэхэ олордорго сорук туруоруммута. Бу соругу 1964 сыллаахха Denton А. Cooley олоххо киллэрбитэ. Кини 47 саастаах ыарыһахха искусственнай сүрэҕи олордубута. 1982 сыл ахсынньы 1 күнүгэр Юта штат Солт-Лейк-Сити куоратын Медицинскэй киинигэр William De Vries Jarvik—7 диэн искусственнай сүрэҕи 61 саастаах ыарыһахха олордубута. Эпэрээссийэ сэттэ чаас устата барбыта. Хомойуох иһин, ыарыһах туруга мөлтөөн, 112 чаас буолан баран өлбүтэ. Маҥнайгы искусственнай сүрэх алюминийтан уонна полиуретантан оҥоһуллубута, икки куртахтааҕа уонна салгын компрессордааҕа (ыйааһына 180 кг, ыарыһах аттыгар турара). Маҥнайгы улахан тас компрессор аппараата суох AbioCor диэн искусственнай сүрэх 2001 сыл от ыйын 2 күнүгэр Луисвилга (Кентукки штат) еврейскэй госпитальга 58 саастаах ыарыһахха олордуллубута. Киһи сүрэҕин оннугар олордуллубут аппараакка эниэргийэ ыарыһах тириитин курдаттыы бэриллэрэ. AbioCor аппараат ТАН (Total Artificial Heart) хампаанньанан чинчийиллэн туһаҕа таһаарыллыбыта. Бу электрогидравлическай носуос перикардтан сүрэх ылыллыбытын кэннэ олордуллубута. Jarvik 2000 – искусственнай сүрэх тупсарыллыбыт саҥа көрүҥэ. Бу иннинэ Micro Med – De Bakey диэн 95 г ыйааһыннаах, титантан уонна дакронтан оҥоһуллубут искусственнай сүрэх туһаныллара. Маны сэргэ HeartMate II, Arrow LionHeart уонна Novacor II аппарааттар туттуллар буолбуттара.
Сүрэҕи көһөрөн олордуу 38 саҕаланыыта. XX үйэ бастакы аҥаарыгар АХШ-р аан бастаан сүрэҕи көһөрөн олордуу – трансплантация оҥоһуллубута. 1959 сыллаахха M.H. Caas уонна R. Brock сүрэх трансплантациятын туһунан суруйбуттара, бу хайысхаҕа саҥа сүүрээни киллэрбиттэрэ. Кинилэр сүрэххэ киирэр камералар кулгаахтарын39 уонна сүрэх уҥа уонна хаҥас камераларын быыһын кэтэх өттүн тыыппакка эрэ сүрэх трансплантациятын оҥорбуттара, ол иһин тыҥа тымырдарын уонна киэҥ веналары40 кытта холбооһун наадата суох буолбута. 1960 сыллаахха Norman Shamway (Норман Шамвей) салалталаах Стэнфорд университетын учуонайдарын бөлөҕө хас да чинчийиини үөһэ ахтыллыбыт ньыманы туһанан оҥорбуттара. Медицина историятыгар аан бастаан эпэрээссийэ кэмигэр оксигенация туттуллубута. 1960 сыллаахха көһөрүллүбүт уорган (трансплантат) тэйиитин (отторжение) утары анаммыт фармакологическай эмтээһин – преднизолоннуун ханыылаан метотрексат уонна циклофосфамид туттуллубуттара. 1964 сыллаахха тохсунньу 23 күнүгэр Миссисипи штат университетын хирурдарын биригээдэтэ шимпанзе сүрэҕин киһиэхэ олордубута. Эпэрээссийэ кэнниттэн пациент биир эрэ чаас олороохтообута: шимпанзе сүрэҕэ киһи этин-сиинин хаанын кыайан эргиппэтэҕэ. 1967 сыллаахха ахсынньы 3 күнүгэр Christian Barnard (Кристиан Барнард) Соҕуруу Африка Кейптаун к. Groote Schuur Hospital клиникатыгар киһи сүрэҕин атын киһиэхэ көһөрөн уһулуччулаах эпэрээссийэни оҥорбута. Эпэрээссийэ кэнниттэн ыарыһах 18 күн олорбута, онтон псевдомонаднай пневмонияттан өлбүтэ. Ити кэнниттэн 3 күн буолан баран, маннык эпэрээссийэни Нью-Йорк к. Маймонид аатынан Бруклин медицинскэй киинигэр, бу иннинэ бэйэтин быраатыныын аорта баллоннай кылаапанын айбыт, Andrian Kantrowitz ситиһиилээхтик оҥорбута. Билигин маннык сүрэх эпэрээссийэлэрэ аан дойду үгүс кииннэригэр балачча оҥоһуллар буолла.
Хирургияҕа роботтары туһаныы суолтата. Робот, сүрэх-тымыр ыарыыларын эмтээһини сэргэ, уопсай уонна түөс иһинээҕи (торакальнай) хирургияҕа эмиэ туттуллар буолла. Маннык ньыманы искусственнай хааны эргитэр аппарааты туһанан эбэтэр миокард реваскуляризациятыгар (шунтирование), ону тэҥэ митральнай кылаапаннарга оҥоһуллар эпэрээссийэлэргэ туттуллар. Уустук тутуллаах датчиктардаах аппараат хирург илиитэ кыайан тиийбэт сиригэр эпэрээссийэни оҥорор кыаҕы биэрэр, холобур, куолайга41, тыҥаҕа, о.д.а. уорганнарга. Бу технология лапароскопическай ньымалары баһыйда. Уорганы үс өттүттэн көрдөрөр42 буолан, эпэрээссийэлииргэ олус табыгастааах уонна бааһа лаппа кыра буолар. Билигин аны робокка ассистент илиилэрин эбии оҥорон боруобалааһын үлэтэ бара турар.
Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.