Kitabı oku: «Алмаас уонна хара дьай», sayfa 2
2
Кустук өҥүнэн арылыйа оонньуур дьикти алыптаах алмаас таас көстөн, Севернэй бэрт түргэнник уонна аныгылыы тутуллубут куорат. Киэҥ-куоҥ уулуссалардаах, улахан таас дьиэлэрдээх, дэлэй көҕөрдүүлээх. Онно чыычаахтар сайыҥҥы чэмэлкэй күнү уруйдаан чыбыгыраһа туойаллар. Үчүгэйэ дьикти.
Арай хоту уонна таас сир буолан, ото-маһа иинэҕэс соҕус. Ол да буоллар, айылҕа барахсан чээл күөҕэ хараҕы, сүрэҕи-быары сылаанньытара, санааны-оноону сайҕыыра, куту-сүрү иитэрэ туохха тэҥнэһиэй!
Ол да иһин Соттинцев хайа сатанарынан сарсыарда аайы тыа саҕатыгар сүүрэн дэгэйэн кэлэн, эрчиллэр үгэстээх. Бүгүн даҕаны өрөбүл диэбэтэ. Эдэр уолаттар кэнниттэн ымсыырбыттыы көрөн хаалар, көхсүгэр «СССР» диэн суруктаах маастаркатын кэтэн, чэпчэкитик дыгыйан кэлэн, тыа саҕатыгар мускулла сылдьар. Кинини кытта, кэнники кэмҥэ, иккис фабрикаҕа алмааһы сууйуу инженеринэн үлэлиир Оготоев хам-түм бииргэлэһэр идэлэннэ. Устудьуоннуу сылдьан самбонан дьарыктанан бастакы разряды толорбут, кыра уҥуохтаах эрээри, иҥиир-ситии көрүҥнээх уола хаан.
Эрчиллээччилэр тыыллаҥнаһа-даллаҥнаһа, чохчоохойдуу-ыстаҥалыы түһэн бараннар, ыскамыайкаҕа олордулар.
– Алексей, туох баар сураҕы-садьыгы эн бэйэҥ бэркэ диэн истэ-билэ сылдьаҕын.
– Кулгааҕым таллаҕар да буоллар, куба, билиҥҥитэ, таба саахтыы илик, – Оготоев күлэн кылахачыйар.
– Оонньуута суох, үлэбитигэр улаханнык сэрэннэхпитинэ сатаныыһы, – Соттинцев иһигэр сэмэлии санаата. – Аны дьиэбитигэр кистэлэҥи кэпсэтиэ суохпут. Чистяков кистээн истииттэн сэрэниҥ диэтэ. Оттон төлөпүөнүнэн сатамматын бэйэҥ бэркэ билэҕин. Уоруйахтар араас тэрилинэн хааччыммыттара чахчы. Кэпсэтиини истэр «хомурдуостары» дьиэбитигэр эбэтэр үлэлиир сирбитигэр төһөнү баҕарар кыбытыахтарын сөп.
– Дьукку кистэлэҥ сулууспаҕа эрэ баар тэриллэри кинилэр хантан булуохтарын сөбүй? – Оготоев улаханнык мунаарбыттыы, эмиэ да саарбахтаабыттыы ыйытта.
Соттинцев «итэҕэйбэт да быһыылаах, сотору кэминэн, хайдах эмэ гынан, анал кууруска үөрэтэ ыыппыт киһи?» дии санаата. Оготоевы сыныйан кэтээн баран, сыыйа кистэлэҥ үлэҕэ сыһыарбыта үһүс сыла буолла, ол тухары оннук түгэн, дьэ, көстүмээри гынна – абаккалаах!
Төһө даҕаны иһигэр кыһыйан ыллар, Соттинцев салгыы бэрт холкутук эттэ:
– Буруйу оҥорор бөлөх силиһэ-мутуга олус дириҥ уонна киэҥ сири тайаан сытар быһыылаах. Киин ИДьМ биир улахан үлэһитин ойоҕо бриллиант биһилэхтэринэн, илибирэстээх-салбырҕастаах көмүс оҥоһуктарынан киһиргэнэрин туһунан үнүр миэхэ «киин хонтуора» киһитэ кэпсээбитэ. Эн кинини билэҕин. Эһиги фабрикаҕытыгар үлэлиир үрдүк бэлэмнээх силиэсэр. Дружинин диэн.
– Бай! Дружинин эмиэ чыкаа эбит дуу?! Миэхэ дьукку тугу да биллэрбэт дии! – Оготоев соһуйбут омунугар олорор сиригэр, үөһэттэн күүскэ охсуллубут эрэһиинэ мээчик курдук, өрө тэйиэккэлээтэ. – Мин букатын даҕаны билбэппин!
– Миигин да кытта саҥардыы эрэ билистэ. Оттон манна үлэлээбитэ ыраатта. Өссө мин иннибиттэн буолуоҕа. Дьокуускайдааҕы «хонтуораттан» ананан кэлбиппин билэн сылдьар эбит. Чэ, быһата, эн биһикки аны кини салалтатынан үлэлиэхтээхпит. Эн киниэхэ урукку сыһыаҥҥын уларытыма, саллыбыт-толлубут курдук туттума, – Соттинцев, күлэн, туус маҥан тэбис-тэҥ тиистэрэ кэчигирэстилэр. – Эн киниэхэ «тойоҥҥун», кини эйиэхэ бас бэринэр «үлэһит».
– Өйдөөтүм.
– Маннааҕы уоруйахтар Сойуус атын республикаларын, холобур, Армения алмааһынан эргинээччилэрин кытта ыкса ситимнээх курдуктар. Ону арыйарга Андропов дьоно туһааннаах сирдэргэ үлэлии сылдьаллар үһү. Онон, доҕоор, үлэбит олус уустугурда.
– Биһиэхэ, кыра саха дьонугар, дьукку ыарахан сүгэһэр буолууһу, – Оготоев өрө тыынна. – Дьиҥэр, «улахаттар», биһиги да көмөтө суох, дьарыктаныахтарын сөп эбит. Онто да суох дьарыктаналлар эбит буолбат дуо?..
– Чэ-чэ… Эрдий-эрдий… – диэт, Соттинцев санныга таптайан кэбистэ. Уола Дружининтан «өһүргэммит» быһыылаах, итэҕэйбэттэр эбит диэн, ити өттүгэр кыра да энчини тулуйбат тэһии майгылаах. – Уоруйахтар «кыра» сахаларга, сэнээн, киирэн биэриэхтэрин эмиэ сөп. Самбонан сэбилэммит хапсаҕайдьыт ааттааҕа сылдьарын билбэккэлэр. Алексей, оннук түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, балай эмэ күүһүмсүйээччи омунун уҕарыппыт буолуохтааххын? – Соттинцев тоҥолоҕунан киһитин ойоҕоһун чэпчэкитик тып гыннарда. – Оонньуута суох, Чистяков «буруйу оҥорор бөлөххө саха киһитин булан кыттыһыннарыҥ» диэн сүбэлээтэ. Эн үлэһиттэргиттэн эрэллээх киһитэ була-көрө сырыт эрэ.
– Сөп, – Оготоев кэм сойбут, бэттэх кэлбит курдук буолла.
Соттинцев, сэмээр даллах гынан, куорат диэки ыйан ылла.
– Оол ким эрэ иһэр. Чэ, салгыы эрчиллиэх, – диэтэ уонна ойон туран тыыллаҥнаан-уунаҥнаан барда.
– Ситэритин били кими эрэ кэпсээбиккэр дылы, «Даллас! Дырас! Хантас! Налыс! Ахчас! Ньаадьас!» диэ, – Оготоев атаҕар тура биэрэн, күлэ-күлэ, кыттыста.
– Ээ, ол Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Платонович Степанов араадьыйаҕа гимнастиканы сахалыы биэрэр буолбуттар диэн дьээбэлээн, идеология сэкирэтээригэр төлөпүөннээн, онто итэҕэйэн, обком дьонун кыыл ыыта сыспыт үһү. Кэдэс! Мөтөс! Бөкчөс! Бакыс! – Соттинцев эрчимнээхтик утуу-субуу эрчиллии хамсааһыннарын оҥорор. – Үчүгэй буолбат дуо?
– Туох да ааттаах эбит! Накыс-икис!
Ити курдук омун-төлөн буолан эрчиллэ сырыттахтарына, «пуус-пуус!» диэн буугуначчы тыыммытынан, силлиһэ үүммүт хойуу сабыстыгас хаастарын аннынан, оҕус курдук, харахтара күлтэйбитинэн Мациев, маҥан маайкатын уолугунан түөһүн түүтэ харааран, нанайа бэдьэйэн кэллэ.
– Оо, коллегаларым барахсаттар! – эмискэ тэтимин эбэн ылаат, иннилэригэр хорус гынна, омуннаахтык илии тутуһан илигирэттэ. – Хайыы-үйэ бүтэн, баран эрэҕит дуу? Миигин кытта көххө, кылгастык өссө хамсана-имсэнэ түспэккит дуо, табаарыстар?
– Сылайдыбыт ээ, Матвей Арамович.
– Чэ, соҕотоҕун да дайбаҥнаан көрүөм. Бүгүн эрчиллиигэ хойутаатым. Аны, дьиэбэр дьонум аһаан бүппүттэрин кэннэ тобоххо тиийэрим буолуо? – көмүс тииһин килбэтэн, күлбүтэ буолан ыттайда. – «Эрдэлээбит чыычаах тумсун соттор, хойутаабыт – хараҕын хастар» диэн олус бэргэнник да эппиттэр эбит.
– Хайа-а, доҕоор! Матвей Арамович, уус тыл улуу маастара эбиккин дии! – Соттинцев хаадьылыах санаата киирэн, саҥа аллайда.
– Урут да, билигин да, киһи барыта суруйааччы буола сатыыр, – Мациев бу сырыыга баҕас, чахчы, эҕэлээхтик күлэн ылла. – Латинскай Америка президеннэрэ, үксүлэрэ, романистар дии. Биһиги Хрущёвпут даҕаны: «Бостууктуу сылдьан хоһоон суруйар этим», – диэбитэ буолбаат. Мао Цзэ-дун эмиэ хоһоон кинигэлээх. Үтүө үгэс көҕүтэр эбээт!
– Уот харахха этэҕин.
Хайалар!
Очуос таастар уһулута ойон тахсан
халлааны тыыраллар.
Халлаан сууллуоҕун
Халыҥ тирээбил буолан,
хата, өйөөн тураллар.
Күүстээхтик хоһуйан этии буолбат дуо? Мао Цзэ-дун хоһооно. Оттон Нерон ыраахтааҕы эмиэ дьиҥнээх поэт эбитэ үһү. Хаһан эрэ «Нерон – хаанымсах поэт» диэн кинигэни аахпыттаахпын.
– Мин кини туһунан атын кинигэни аахпытым. Онно Нерон бэргэн тылын холобурдаабыттар этэ. «Дьон диэн хой үөрэ, оттон мин маныыһыппын» диэбит этэ, – ити кэннэ Мациев, хайдах курдук эттим диэбиттии өҥнөн ылаат, өттүк баттанан баран, биилин имиллэҥнэттэ. – Өссө ол Нерон «харчы – сыта суох» диэбитэ эмиэ баар, тахсан киирэр сирдэргэ түһээн олохтоон баран. Үрдүк мораль сытыйыытын чаҕылхай көстүүтэ буолбаат?!
– Чэ, кытаат, эрчимнээхтик эрчилин. Эн мунньахтарга этэриҥ курдук, доруобуйа алмаастааҕар да күндү. Оттон «харчы сытын» туһунан Веспасиан император эппит буолуохтаах этэ, – Соттинцев, үгэргиирин кыратык да биллэрбэккэ, ыскамыайкаттан маастаркатын ылан саба быраҕынна.
– Оо, билигин дьиэҕэ тиийэн, сөп-сөрүүн уунан сайҕанан ылыллыа! – Оготоев Соттинцевы батыста. – Михаил Михайлович, аҕыйах сыллааҕыта «Кыымҥа» Мао Цзэ-дун хоһоонноро сахалыы тылбаастанан таҕыстылар диэн суруйбуттар этэ дии?
– Тахсан-тахсан. «Уон аҕыс хоһоон» диэн. Георгий Васильев тылбааһа…
Мациев, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, ыраатан эрэр дьоҥҥо кэннилэриттэн, кистээн, хокуоска көрдөрө-көрдөрө сыыбырҕыы хаалла:
– Бу баар эһиэхэ, табаларга! Маолаахтар баҕастаахтар! Веспасиаҥҥын даҕаны эмэһэҥ үүтүгэр симин! Мациев «харчы сыта суоҕун» кинитэ да суох бэркэ билэр!
Онтон эмискэ үлүгэр сүр көрүдьүөстүк дайбаҥнаан барда. «Баччааҥҥа диэри эрчиллибэтэх киһи, кэнники кэмҥэ эмискэ күөрэйбиппин уорбалыы саныахтара, бээ, «табалар» харах далыттан сүтүөхтэригэр диэри таймаҥнаабыта буолуохха» дии санаата. Мэктиэтигэр, хантан эрэ көтөн кэлэн, тииккэ үөн көрдөөн, кэтэҕэ кэҕиҥнии-кэҕиҥнии, хатырыгы харса суох тоҥсуйбалаан табыгыратан испит тоҥсоҕой, «бай да, бу тугуй?!» диэн соһуйбуттуу көрүөлээтэ, онтон чиччигинии түстэ даҕаны, тоҥсуйан торулатта.
Мациев ол диэки хайыста уонна сиртэн хаппыт мутугу харбаан ылаат, тоҥсоҕойу быраҕан кыыратта. Астыммыттыы арсаҕар тииһин быыһынан «чыырк!» гыннарда, баран иһэр дьону өһүөннээхтик дьөлө көрдө.
Эрчиллибитэ буолан тараҥнааҥҥыт, төһө уһун үйэлэнэргитин көрүөхпүт, көр да маны, эһиги чыс кутуйахтарга холооннооххут, биһиги баабырдарга тэҥнээхпит!
Киэбирэ санаата, наначчы тутунна.
Халлааҥҥа кимнээх тирээбил буолалларын биллэриэхпит!..
* * *
Шагалов иккис этээскэ, кыахтаахтык даадаччы туттан, лиһиргэччи дабайан, хара дерматин бүрүөһүннээх аан иннигэр тохтоото уонна кнопканы баттаата. Нөҥүө өттүгэр тохтоло суох дыыгыныыр тыас иһилиннэ, онтон күлүүс халыгыраата.
– Хайа, хайа хотойо, туохха ыҥырдыҥ? – диэн Шагалов тас таҥаһын устан ыйаат, бүтүннүү дьэрэкээн оһуордаах көбүөрүнэн саба тэлгэммит саалаҕа киирэн, кириэһилэҕэ олорон иһэн ыйытта.
– Сүбэлэһээри, Моисей. Бүгүн сарсыарда, эн сорудаххынан, тыа саҕатыгар сүүрэ-эрчиллэ тиийбиппэр Соттинцевтаах Оготоев үгэ-хоһоон тылынан көрүстүлэр. Мин да хаалсыбатым.
– Хайдах?
– Нероҥҥа, Мао Цзэ-дуҥҥа, Хрущёвка эҥин тиийтэлээтибит.
– Оок-сиэ! Эн эмиэ дуо?
– Тулуйбатым. Хардары тыл быраҕыстым.
– Сыыспыккын. Сөбүлээбэтэххин тоҕо биллэрдиҥ? Уорбалыахтарын сөп. Уруккуҥ курдук, сирэйдэрин өрө салыаҥ этэ.
– Эс! – Мациев дьаалайбаттыы илиитин киэр хаһыйда. – Табалартан баҕас тоҕо куттаныамый?! – курустаал үрүүмкэҕэ толору куттубут ханньаагын биир тыынынан хантас гыннаран кэбистэ.
– Табалаһа сылдьаҥҥын, туундара буурун тэбиитигэр түбэһиэххин сөп, – Шагалов иннигэр турар намыһах сурунаал остуолугар сытар сакалааттан эмти тутан ылан, айаҕар быраҕынна.
– Көрүөхпүт!
– Тоҕо үгэргэһэллэрэ буолуой?
– Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр. Тугу санаабыттарын кэлин эрэ билиэхпит… Партийнай мунньахха дуу, туохха дуу…
– Олус долгуйума, атаас! Ким кыайарын биэтэккэ тахсыы билиэҕэ. Үнүр, биһиги бөлөхпүт дьоно, бултуу сылдьан сүбэлэстибит. Кинилэри утары икки ньыманы туттарга быһаардыбыт. Биирэ, ити дьиккэрдэри үлэлэриттэн уһултарыы эбэтэр атын сиргэ көһөртөрүү. Онуоха үҥсүү ньыматын туттуохтаахпыт. Обкомҥа, үлэһиттэри утарыта туруортаан, «коллективы ыһан эрэллэр уонна омугумсуктар» диэн улахан суругу тэрийиэхтээхпит. Онно бытах-итэх үлэһиттэри, арыгылатан-хайаан, биһигини «өйөөччүлэри» булан, түмэн, илии баттатыахха. Били, хаартыһыт Храп Миколаны эҥин туһаныахха сөп. Таах, аҥаардастыы кэрэ хараҕын эрэ иһин, коммунистическай үлэ ударнига буолуо дуо! Үҥсүү тиийдэҕинэ, обком сэкирэтээрдэрэ, ордук промышленноһы салайар Горнаков, Бульдоковтан ыйыталлара чахчы. Ол иһин, сурук барыан иннинэ, Бульдокову бэйэбит диэки иҥнэтиэх, хаадьаҥнатыах тустаахпыт. Ол соругу мин бэйэм толоруом. Оттон эн илии баттыыр «туруу үлэһиттэри», «пятилетка бастыҥнарын» сүүмэрдиэҥ. Бульдоков Миряевтыын тапсыбаттарын биһиги бары билэбит. Бульдоков миэхэ биирдэ: «Киин кэмитиэккэ «омугуйумсуйууну, олохтооҕумсуйууну өйүүр» диэн үҥсүү тэрийиэххэ баара», – диэн этэн аһарбыттаах. Ол барыта, биллэн турар, чып кистэлэҥинэн буолуохтаах.
– Дьыала туһугар мин ити сорудаҕы муос-таас курдук ылынабын, – Мациев курустаал иһит хааламмыт стенкатын диэки дьиэгэниччи көрүөлээн ылаат, төбөтүн булкунан ылла.
– Джигит! Дьиҥнээх джигит! Алмааһы уорарбыт арылыннаҕына, бары хаайыыга түбэһэрбитин өйдөөтөхпүтүнэ сатанар, – Шагалов, хайҕаабыта буолла даҕаны, муустааҕынан көрбүт хараҕар биир кыым оҕото да кыламнаабата.
– Өссө дьикээрдэри уоскутарга атын суолу толкуйдаабатыгыт дуо? Үнүр Москубаттан кэлбит дьону бултаппытыҥ дуо? – Мациев бастакы ыйытыытыгар иккис ыйытыытын чабырҕахтыыр кэриэтэ «мэҥэһиннэрдэ».
Шагалов ымах гынна, «дьэ, уол да уол, тарбаххын уган биэрдэххинэ, тоҥолоххор диэри биирдэ лып гыннаран кэбиһииһи!» дии санаата.
– Элбэҕи билиэҥ – эрдэ кырдьыаҥ! Ытык кырдьаҕастар итинник этэллэр, джигит. Хантан кэлбиттэрэ суолтата суох. Кимнээх кэлбиттэрэ эмиэ. Өйдүүгүн дуо, суолтата суох. Бултуу кэлбиттэрэ – ол суолталаах. Эн – булчуккун. Мин – булчуппун. Кинилэр – булчуттар. Өйдүүгүн дуо?
– Өйдөөн-өйдөөн. Мациев өйдөөбөтө кэлиэ дуо, һы-һы-һыых…
– Оттон атын суолу толкуйдаан бөҕө буоллаҕа. Ноу проблем. Ууратары эбэтэр көһөрөрү ситиспэтэхпитинэ, бүтэһиктээх ньымабытын туттуохпут, – Шагалов сахсырҕаны саба охсордуу ытыһын лап гыннарда. – Суох оҥоруохпут. Бүттэҕэ ол.
– Бэрт! – Мациев эрбэҕин чочотто. – Оччоҕо мин үҥсүү сурук тэрээһинин бүгүҥҥүттэн саҕалыыбын.
– Чэ, кытаат! Барытын уу тэстибэтинии ыпсар!
– Дьыала хайдах баран иһэрин биллэрэ туруоҕум.
Куомуннаахтар, туран эрэ, үрүүмкэлэрин охсуһуннаран лыҥкынаттылар.
* * *
Аһаан баран, Соттинцев саалаҕа киирэн, дьыбааҥҥа кэтэх тардыстан, биир сири тонолуппакка одуулаан сытта. Ортолообут күн күлүмүрдэс уотун түннүгүнэн дэлэччи кутар да кутар. Араадьыйаҕа хойуу сөҥ саҥалаах киһи, тугу эрэ кэпсээн, тохтоло суох суккуйар.
Соттинцевтаах Севернэйгэ кэлбиттэрэ хайыы-үйэ уон икки сыл буола охсубут. Манна букатыннаахтык олохсуйдулар диэххэ сөп. Иллэрээ сыллаахха бу Ленинградскай проспекка турар дьиэҕэ түөрт хостоох квартираны ылбыттара. Онтулара, бэйэлэригэр сөрү-сөп курдуга эрээри, оҕолор бардахтарына, хайдах эрэ кураанахсыйан-кэҥээн хаалар курдук эбит…
Куукунаҕа иһит сууйа хаалбыт Нюрбина бүтэн, кэргэнин аттыгар кэлэн, өрүкүйбүт будьурхай баттаҕын имэрийдэ.
– Хайа, доҕоор, бу күннэргэ тоҕо үүтүн тохпут оҕо курдук мунчаардыҥ?
– Ээ, үлэбитигэр мөккүөр элбэх. Тойонум миэхэ тымныйан хаалбыт. Аһаҕастык кэпсэппэт, ууну омурдубут курдук туттара үксээтэ… Ол төрүөтүн таайа сатыыбын, – Соттинцев кэргэнин, илиититтэн тардан ылан, дьыбааҥҥа олорто.
– Эйигин сөбүлээбэт дьон хобу-сиби тиэрдэллэрэ дуу эбэтэр, үлэҕиттэн уһултараары, интриганы тэрийэллэрэ дуу. Үнүр миэхэ дьүөгэ дьахтарым: «Коллективка эн киһигин утары туох эрэ оҥоһуллар быһыылаах», – диэбитэ. «Туох?» – диэн ыйыппыппар: «Чуолкайын билбэтим ээ», – диэн хоруйдаабыта. Дьахталлар «тойомсук, улахамсык, ирдэбиллээх курдук тутта сатыыр, арааһа, дириэктэр Бульдоков миэстэтин былдьаһар быһыылаах» диэн эн тускунан сибигинэһэллэрэ күүһүрбүт үһү.
– Хоп-сип быыһыгар өрүүтүн кырдьык кыыма кыламнааччы. Тыала суохха мээнэҕэ мас хамсаабатаҕа сэрэйиллэр. Туох эрэ баар курдук.
– Сэрэнэн сырыт эрэ. Көрдүгэннии сытар улахан өрт уота буолаарай? – Нюрбина, умса түһэн, кэргэнин түөһүгэр сыһынна.
Ити кэмҥэ тас аан тырылыыра тыаһаата.
– Бай, киммит кэллэ? – Соттинцев өндөс гынна.
– Эн, баран, ырбаахыгын кэт, мин арыйыам, – Нюрбина аан хоско барда.
– Үтүө күнүнэн! – Шагалов ойоҕо Цветая чаҕаархай саҥата иһилиннэ. – Хайа, туох сонун баарый, Нюрбина-а?
– Улахан туох да суох ээ. Бүгүн култуура саҥа киинигэр мин бэлэмнээбит концерым буолуохтаах. Онно бэлэмнэнэн, адьас солото суох сылдьабын. Хата, оҕолор суох буоланнар, арыый кыанан эрэбин.
– Хастан буоларый?
– Киэһэ сэттэ чаастан. Хата, кэргэҥҥинээн кэлээриҥ. Бүгүн өрөөтөҕө дии.
– Ама дуу, дьүөгэм киэнигэр кэлиминэ. Кыыспынаан сылдьыахпыт. Кини ыллыырын олус-олус диэн сөбүлүүр ээ. Ол иһин аҕата биһикки «Соловейчааммыт» диэн ааттыыбыт. Кыыспытын олус-олус таптыыбыт. Күүскэ да күүскэ. Биһиги, ордук мин, оҕолорбутун ханна эрэ мээнэ ыытан кэбиһэн баран, тулуйан-тэһийэн сылдьар кыахпыт суох.
Нюрбина олус «мээнэ» да буолбатар диэн өһүргэнэ санаата эрээри, онтун биллэрбэтэ, кулгааҕын таһынан аһаран кэбистэ. Кинилэр уолаттара сайыҥҥы лааҕырга сылдьаллар. Оҕолор сынньалаҥнарын тэрийэр өттүгэр алмаасчыттарга тэҥнэһэр тэрилтэ баара өссө биллибэт, ол туһунан Цветая билбэтэ кэлиэ дуо, олус бэркэ билэр. Ол эрээри, ити, идэтинэн үчүгэмсийэн ылла.
– Бэрт дии. Ырыаны аргыс оҥоһуннаҕына мэлдьи дьон-сэргэ ортотугар өрө көтөҕүллүүлээхтик сылдьыа, олохтон төрүт чуҥкуйуо суоҕа.
– Да-а! Өйүкэҥ диэн туох да дьикти! Ырааҕы сүбэлиигин! Хата, эн иллэҥ кэмҥэр кинини репетициялыаҥ дуо? Баҕар, эн курдук, консерваторияҕа ыытар күммүт кэлиэҕэ. Эрэйгин ыраас харчынан төлүө этибит, – Цветая тохтоло суох чаҕаарыйарын быыһыгар ахсыыларын аайы кэриэтэ көмүс биһилэхтээх тарбахтарын сараҥнатан тырах-ирэх гынан ылла.
– Эс! Дьүөгэлэр икки ардыларыгар эмиэ тугун харчытай?! Көннөрү даҕаны эрчийиэм. Уонна «Кустук» диэн оҕолорго ырыа ансаамбылын тэрийбитим дии. Онно сылдьыа этэ.
– Оо, махтал, Нюрбинкам барахсан! Харчынан сатаммат буоллаҕына, тугунан эмэ син биир толуйуохпут, – саба түһэн кууспахалаан, уураамахтаан ылла, хостон Соттинцев тахсан дорооболоспутугар биирдэ уоскуйда. – Оо, Михаил Михайлович, дорообо-дорообо!
– Эһиги, кырасаабыссалар, кэпсэтэргит элбэх буолуо. Оттон мин массыынабын көрүнэ гаражка тахсыым. Баҕар, сарсын ханна эмэ салгын сии барыахпыт дии, – Соттинцев, Нюрбинатын диэки сып-сылаастык көрө-көрө, киэпкэтин ылан кэттэ.
Аан сабыллаатын кытта Цветая эмиэ тарбахтарынан оонньуу-оонньуу, омун-төлөн буолла:
– Оо дьэ! Михаил Михайлович барахсан дэгиттэр да киһи! Мин кэргэним кинини «универсал» диэн хайгыыр да хайгыыр!
– Дьэ, Моисей Иванович булан этэр! – Нюрбина да хаалсыан баҕарбата. – Хараҕа сытыыката бөҕө! Барытын таба көрөр. Бэл, киин сир кырасаабыссаларын быыһыгар эйигин таба көрөн кэргэн ыллаҕа эбээт!
– Хайаан таба көрүө суоҕай?! Мин диэн эдэрбэр «гарна дивчина» буоллаҕым дии. Оо, оччолорго мин кэннибиттэн төһөлөөх элбэх биллэр киинэ артыыстара, режиссёрдар тарбыйах курдук батыһа сылдьыбыттарын көрүөҥ этэ, Нюрбиночка! Ырыаһыттары эҥин этэ да барыллыбат! – Цветая биир кэм тырымныы түстэ.
Нюрбина күлэн лыҥкынатта:
– Бу да кыыс эмиэ булан этэр ээ. «Тарбыйах курдук» буолан…
– Кырдьык-кырдьык, Нюрбиночка.
– Дьүөгэбин хайдах итэҕэйиэм суоҕай? Харахпар букатын бу баардыы оҥорон көрөбүн, – Нюрбина сол да күлэн санна ыгдаҥалыы-ыгдаҥалыы, куукуна түннүгүн сэҥийэтигэр турар сибэккилэргэ уу кутта. – Һуу, түксүлүөххэ. Уубун иһинэн-таһынан кутаары гынным. Хата, тэллэй ардаҕа кутан ааста дии. Сарсын өрөбүлгэ, үчүгэй күн үүннэҕинэ, биһиги ойуурга бараары оҥостобут.
Цветая, букатын кыра оҕо курдук, ытыһын охсор, харахтара тырымнаһан туох да дьиктилэр. Бу орто дойдуга киниттэн ордук дьоллоох, үөрүнньэҥ, элэккэй киһи, ама, баара буолуо дуо диэххэ айылаах.
– Эчи, тугун үчүгэйэй! Мин кэргэмминээн барсыахпыт этэ. Оҕонньотторбут доҕордоһууларын эн биһи, эмээхситтэрэ, бөҕөргөтүөх тустаахпыт. Доҕордоһуу арыйбатах аана диэн суох!
– Оччоҕо сарсыардаттан төлөпүөннэһиэхпит.
Эмискэ баҕайы чуумпура уонна боччумура түһээт, Цветая, сибигинэйэн, тэп-тэтэркэй памаадалаах болтойбут уоһа чорбоҥолоото:
– Чахчытынан эт эрэ, кэргэҥҥин тэллэйдииргэ бэрт эрэйинэн сөбүлэһиннэрдиҥ дуо? Тоҕо олус мунчаарбыт, кыыһырбыт курдугуй?
– Бэҕэһээ киэһэ ыалдьыттар сылдьыбыттара. Ол чаана оҕуста ини?..
– Ол аайыттан итинник саппаҕырыа дуо? Үлэтигэр кыһалҕа үөскээбитэ буолаарай? Мин эрээшкэм дөрүн-дөрүн эмиэ итинник буолан хаалар ээ, үлэтигэр сатамматаҕына…
– Мин киһим ол туһунан тугу да кэпсээбэт дии. Сымара таас курдук.
– Кэпсэттэр ээ. Көймөстүбүт санаатын таһаарыаҥ этэ. Стресс диэн сэрэхтээх кыыл.
– Үтүө санааҕар, сүбэҕэр махтанабын!
– Оттон мин истэрбинэн араас тыл-өс тарҕанар эбит, – Цветая ыга анньан кэлэн, Нюрбина кулгааҕар букатын да киирэн хаалыах курдук буолла. – Коллективы хайытар диэн сурах иһиллэр. Кимнээх оннук сураҕы ыыталлара буолуой?
– Киһим үлэтин туһунан тугу да кэпсээбэт. Эн сонуҥҥун бу саҥа иһиттим. Эһиэхэ атын туох эмэ сибики биллибэт дуо? – Нюрбина эмиэ да аймаммыттыы, эмиэ да ааттаспыттыы көрдө.
– Бульдоковтуун тапсыбат буолан эрэллэр дииллэр…
– Уой даа! Төрүөтэ туохха дииллэрий?
– Бульдоков кириэһилэтигэр дураһыйар үһү дииллэр.
– Тугун сүрэй! Мин киһим урукку өттүгэр оннуга суох этэ… – аан тыаһаабытыгар Нюрбина сөмүйэтин уоһун туора тутта. – Эн эмиэ тэллэйдииргин олус сөбүлүүр эбиккин дии?
– Оо, туох да олус буоллаҕа дии! – Цветая өрө чаҕаара түстэ уонна Нюрбина диэки аҥаар хараҕынан чыпчыҥныы мичиҥнээтэ.
Соттинцев куукунаҕа өҥөс гынан:
– Хата, массыынабыт этэҥҥэ эбит, – диэтэ уонна суунар сиргэ киирдэ.
Оттон Цветая, чэйин да ситэ испэккэ, ойон турда:
– Тыый, мин тиэстэ туруоран киирбитим дии! – тахсаары, ааҥҥа барда. – Чэ, көрсүөххэ диэри! Киэһэ-сарсыарда төлөпүөннэһиэхпит. Ити, тэллэйдии барар туһунан этэбин.
– Хайа, «бастыҥ дьүөгэҥ» Сибэкки тугу сыыбырҕаан баран куймахыс гынна-а? – Соттинцев, күлэ-күлэ кэлэн, кэргэнин сүр сымнаҕастык кууһан кэбистэ. – Бензин сыттаах диэмэ. Бензини тыыппатым. Мыыланан сууннум. Илиим мыыла сыттаах.
Нюрбина күлэн лыҥкынаата, хараҕын симэн тура түстэ, эрин илиититтэн имэрийдэ, сымнаҕастык сыстан сыллаата, онтон үөһэ тыынан баран эттэ:
– Бульдоковтуун тапсыбаттар үһү диир. Төрүөтэ – тойон буола сатыыр үһүгүн.
– Сэрэйбит сэрэх. Бульдоковка утары туруорууну саҕалаабыттар.
– Оччоҕо хайыыгын?
– Эн биһи онно кыһамматах курдук туттуохтаахпыт, чыычаах. Салгыы туох буоларын кэтэһиэххэ. Уонна тугу кэпсиир?
– Сарсын тэллэйдии барабыт диэбиппэр: «Оо, олус бэрт, биһиги кэргэмминээн эмиэ барсыах этибит. Оҕонньотторбут доҕордоһууларын бөҕөргөтүөххэ», – диир.
– Сибэкки уонна уодаһын… Сэрэхтээх сибэкки буолбут… – Соттинцев хараҕа кырыыланан, тымныйан ылан, чочумча толкуйдаан турда. – Ол эрээри, чэ, барыстыннар даҕаны. Хайдах буолан иһэллэр эбит. Арай, чыычаах, эн, холкуос кыыһа Долгунча, хас биирдии тылгын кытаатан толкуйдаан баран саҥараар.
* * *
Атырдьах ыйынааҕы күн арҕаалаан киирэр өттүгэр баран эрэр.
Оҕолор тупсаҕай оҥоһуулаах оонньуур сирдэрин диэки, ойдом турар ыскамыайкаҕа, Шагалов кэргэнинээн салгын сии тахсан олороллор. Ардах кэннэ буолан, оҕо аймах суоҕун тэҥэ. Чуумпу. Кураан, сылаас киэһэлэргэ маннык буолбат. Биир кэм күйгүөрэн олорооччу.
Арай, дьиэ иннигэр турар остуолга эр дьон доминолаан лабырҕаталлар.
– Цветка, мин сэгэрим! Имигэс да өйдөөххүн көрдөрбүккүн. Кинилэри харыстаан сэрэтэр курдук кэпсээбитиҥ олус бэрт. Бульдоковка Соттинцевы дуоһунас былдьаһар диэн сураҕы бэйэтин саамай итэҕэйэр киһитинэн хайыы-үйэ тиэрдэн турабыт. Ону тоҕоостоох түгэҥҥэ, коллектив туругун ырыта олорон, киниэхэ бэйэм эмиэ бигэргэтэн турабын.
– Кырдьыктанар курдук туттубута дуо? Сирэйин-хараҕын сыныйан көрдүҥ ини, Мося? – Цветая Москуба аатырбыт «Берёзка» маҕаһыыныттан валютаҕа ылыллыбыт, саҥа кэтэн тахсыбыт муру-муодунай кып-кыһыл өҥнөөх платформа босоножкатын, астыммыттыы, эргим-ургум хамсатан көрө олорон, лоп бааччы ыйытар.
– Харахпын ханна да халбарыппакка кэтээтим. Дьүһүйэн эттэххэ, тимири ыйыстыбыт курдук дьүһүннэннэ. Быһата, итэҕэйдэ быһыылаах, – Шагалов ытыстарын суураланна.
– Мэлдьи бииргэ бултууруҥ, дьиэтигэр сылдьан преферанстыырыҥ туһалаан эрдэҕэ дии.
– Оннук. Өссө биир сонуну үнүр Дьокуускайтан командировкаҕа кэлбит обком промышленноска салаатын инструкторыттан иһиттим. Бастакы сэкирэтээр Миряев Бульдокову сөбүлээбэт буолан эрэр үһү. Холуочутаммын иһиттим, – диэн киһиргээбиттии туттар.
Цветая кэргэнин уураан ылар.
– Тоҕо буолуой?
– Ааспыт обком пленумугар Бульдоков ыарыйдым диэн барбатаҕа. Ону Миряев бэйэтин дьонунан кистээн бэрэбиэркэлэппит. Бульдоков сымыйа бюллетени ылбытын билбит.
– Хайа, оччоҕо Бульдокову кырдьык устан кэбиһээйэллэр?
– Оннук буолуо суоҕа. Биһиги утары дьаһалы хайыы-үйэ ыллыбыт. Соттинцевы омугумсук уонна бардам, тойомсук дэттэрдибит. Үлэһиттэри «бэйэ дьонугар» уонна «таһырахтарга» хайытар кыыбаҕалаах диэн үҥүһүннэрдибит. Онтубут обкомҥа дьайан эрэрин туһунан ол инструктор дуома рестораҥҥа сачайан олорон айахтатта.
– Үчүгэй дии. Булугас даҕаны өйдөөххүн! – Цветая иҥнэс гынан, эрин эмиэ иэдэһиттэн ууруур. – Кэлэр өттүгэр гаайкаларын өссө ыга тардыҥ. Инньэ диэччигит дии, Моська? – атаахтаабыт кыыс курдук төбөтүн туллаҥнатар, онтон сөмүйэтин чочоҥолотор. – Бытаарымаҥ.
– Оннук-оннук, – Шагалов кэргэнин илиититтэн харбаан ылан, сөмүйэтин лап гыннара ытырбыта буолар. – Ам-м! Эн, кэрэчээнэм барахсан, мамаҥҥын үтүктэн, миигин «моська» диэн сыыһа этэҕин. Аҕаҥ Лазарь Самуилович күҥҥэ эрэ көрбүт күндү Сибэккичээнин дьылҕатын, хахайга буолбатаҕына, баабырга итэҕэйэн туттарбыт буолуохтаах. Ыр-рр-рр! – диэт ыга кууһан ылар, Цветая, күлэн быычыгырыы-быычыгырыы, атаҕынан тэбиэлэнэр. – Оннооҕор, бу, куоска курдук ньылбааран сылдьан, ол-бу «туундара кутуйахтарын» хороонноруттан быгыалаабат оҥортоон эрэбит. Онтуларыгар салгыы «эмтээх уубутун» кутан, бытааһахтарын кытары бииргэ тумнаран кэбиһиэхтээхпит.
– Өйдөөбөтүм. «Эмтээх ууну» диэн тугу этэҕин? Арыгылатан дуо? Нюрбина арыгыны төрүт испэт ээ, оннооҕор ликёру.
– Эс! Интриганы, хобу-сиби, сураҕы күүскэ тарҕатары этэбин.
– Оо, оччотугар туйгун туттуу буолууһу дии, куоскаллайым! Эйиэхэ ситиһиини баҕарабын, – Цветая имигэстик эриллэ биэрэн, эрин иэдэһиттэн уураан чубурҕатар. – Киэптииллэрэ эрэ сүрдээх! Холобур, ити Соттинцев ойоҕо консерваторияны бүтэрбит буолан, атын баҕайытык туттан кынтаарыҥныыр дии!.. Арба, сарсын тэллэйдэһэ барсарбытын хайыыбыт?
– Хайаан да барсабыт!
Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.