Kitabı oku: «Иччи. Сибиэн. Абааһы», sayfa 2

Народное творчество (Фольклор)
Yazı tipi:

Иччитэх өтөххө

Биир киэһэ биһиги, республикатааҕы балыыһа хирургия отделениетын ыарыһахтара, балыыһа оронун иччилээччилэрэ, хайдах эрэ ис-испититтэн кэри-куру буоллубут. «Нохолоор, мээнэ сытыахтааҕар урут аҕам бокуонньук барахсан миэхэ кэпсээбит, тус бэйэтэ түбэһэ сылдьыбыт түбэлтэтиттэн сэһэргээтэхпинэ истиэ этигит дуо?» – аттыбар кэккэлэһэ сытар палаатабыт саамай кырдьаҕаһа, 78-с хаарын санныгар түһэрбит Сүөдэр оҕонньорбут ыйытта.

Хайа саха киһитэ сэһэни сэргээбэтэҕэ баарай? Биһиги «кэпсээ» дэһистибит.

– Мин аҕам Уйбаан бөдөҥ-садаҥ, бэйэтин кыанар киһи этэ, – диэн сэһэнин оргууй аҕай сыыйан саҕалаан барда. – Кини биирдэ булдугар үлүһүйэн хараҥаҕа былдьаппыт. Инньэ гынан чугастааҕы өтөххө хонорго быһаарыммыт. Өтөҕөр тиийэн кэлбит. Им балай хараҥаҕа илиитин иминэн харбыалаһан, бигээн, аҕыйах маһы булан киллэрэн, көмүлүөк оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспит. Өлөрбүт куһуттан үргээн, илдьэ сылдьар биэдэрэтигэр уу баһан, күөһүн оһоҕун чанчыгар оргута уурбут. Өр-өтөр буолбатах, күөһэ оргуйан будулуйан тахсыбыт. Аҕам тото-хана аһаан, кэтэ сылдьар сонун уһулан кэтэҕириин ороҥҥо тэллэх оҥостон тэлгээбит, сылайбыт-элэйбит киһи быһыытынан сытынан кэбиспит. Умайа турар көмүлүөк оһоҕо балаҕан иһин сыдьаайан сырдатара үһү. Аҕам бу сытан нухарыйан киирэн барбыт. Ол сыттаҕына, сирэйин биллэр-биллибэттик салгын имэрийэн ылбыт уонна:

– Тур, киэр буол! – диэн саҥа иһиллибит. Онуоха аҕам уһуктан кэлбитэ, ким да суох үһү. Балаҕан иһэ, иһийбит курдук, уу чуумпу. Көмүлүөк уота уостубут. Им балай хараҥа сабардаабыт. Аҕам туруон ыарырҕыы сыппыт. Иһиллиириттэн туох да туһа тахсыбытах, сотору соҕус буолан баран эмиэ минньигэс уутугар биһиктэнэн утуйан барбыт. Арай:

– Киэр буол! Куһаҕан буолуо! – диэн бардьыгыныыр саҥаттан уһуктубут. Тула өттүн эргим-ургум көрүтэлээбит да, туох да суохха дылы. Арай куһаҕан баҕайы сыт саба биэрбит. Мин аҕам өсөһүнэн аатырбыт киһи буолаахтаатаҕа, тахсыбаттыы санаммыт. «Хайабыт буолар» диэн иһигэр ботугуруу сыппыт. Ол сыттаҕына, туох эрэ кэлэн аҕабын тэлгэммит сонун кытта суулуу туппут да, таһырдьа кыыратан кэбиспит. Онуоха аҕам (оччотооҕу кэмҥэ тоҥ маһы тосту тардар, тоҥмут буору тобулу үктүүр күөгэйэр күнүгэр сылдьар эр бэрдэ эбитэ үһү):

– Син биир киирэммин хонон баран барыам, – диэн баргыытаабыт да, киирэн оннугар сытынан кэбиспит. Өр-өтөр буолбатах, иккиһин таһырдьа быраҕыллыбыт. Өсөһө-өсөһө киирэн, эмиэ сытынан кэбиспит. Били баҕайы таһаҕас оҥостубакка, кумааҕыны кыыратар курдук, бэрт чэпчэкитик ылан таһырдьаны булларбыт.

– Ити буоллаҕына, миэхэ даҕаны кыра баардаах оҕотобун! – диэт, аҕам хаана-сиинэ хойдон хаһыытаан тоҕо барбыт. Тымырдара күүрбүт, иҥиирдэрэ чиҥээбит уонна эмиэ киирэн хат сытынан кэбиспит, кэтэспит. Били күтүр кэлэн саҥардыы харбыалаан ылан таһырдьа эһээри гынан эрдэҕинэ, аҕам тутуһан киирэн барбыт. Куһаҕан баҕайы сыт саба биэрбит да, аҕам хотуолаан ыһылыннарбыт. Ол да буоллар, төһө да сиргэннэр, сииктээх, ньалҕархай түүлээх баҕайыны харбаан ылбыт. Онон-манан туох түбэһиэҕинэн бырахсыбыттар, ол курдук охсуспутунан халлааны сырдаппыттар. Ол түбэлтэ кэнниттэн аҕам улаханнык ыалдьа сылдьыбыта үһү, – диэн Сүөдэр оҕонньор кэпсээнин түмүктээтэ.

Чойбалсан Гоголев

Нам

Утуппатах

Арай биирдэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар маннык түбэлтэ буолбуттаах. Мин кыра сырыттахпына, сааһым, арааһа, алта-сэттэ буолуо. Былыргы сыбахтаах балаҕан дьиэҕэ көмүлүөк оһох имик-самык умайа турара. Биһиги биир дьиэ кэргэн: сорохтор ороннорун оҥостон утуйбут этилэр, сорохтор утуйаары төттөрү-таары хаамса сылдьыбыттара. Таһырдьа күһүн этэ. Тыйыһырбыт хараҥа былыттаах түүн буолаары турара. Биһиги үс ыал дьукаахтаһан, эн-мин дэсиһэн, ыал сиэринэн эйэ-дэмнээхтик, син буруо таһаарынан, үчүгэй баҕайытык олорбуппут.

Эмискэ ыалбыт ийэтэ эмээхсин ытыы-ытыы киирэн кэллэ. Мин эһэбин кытта хоонньоһон утуйа сытар этим. Эмээхсин бөтө-бөтө эһэбиттэн көрдөстө: «Мэхээчэ, тымтыкта элбэхтик аҕал эрэ уонна биһиэхэ тахсыс. Манна кэпсээбэппин, оҕолор куттаныахтара. Таҥын, барыах», – диэн. Онно көрдөхпүнэ, эмээхсин улаханнык уолуйбут, куттаммыт көрүҥнээҕэ. «Тоойуом, билигин киириэм, утуй», – диэн баран эһэм икки сүгэ кыбыныылаах эмээхсини кытта тахсыста. Улахан дьоммут тугу эрэ ботур-ботур кэпсэтэллэр. Мин оҕо киһи утуйан хантайан хааллым.

Сарсыарда турбутум – дьиэм дьоно түүнү быһа куттанан утуйбатахтар. Онтон кэлин истибитим, маннык быһылаан буолбут. Ити сэрии кэмэ, сут дьыллар этилэр. Онон эр киһи диэн ыалга сэдэх, биир эмэ оҕонньор уонна оҕолор этилэр.

Ыалбыт эмээхсин биир обургу уолунаан уокка оттор мас көрдүү чугас эргин куоһахтары кэрийбиттэр. Уола оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан өрөбүлгэ дьиэтигэр кэлбитин, ийэтэ эмээхсин уолун көмө оҥостоору мас булунар санаалаах барбыт. Аччык оҕо уонна күнүскү үлэттэн сылайан нэһиилэ сылдьар эмээхсин ханна ыраатыахтара баарай? Олорор дьиэлэрин арҕаа өттүгэр ырааһыйа баарыгар былыргы өтөхтөр оннуларыгар аҕыйах баҕана ордон хаалбытын таһыгар, кыра оҥхой сиргэ, мас сытар эбит. Ону биһиги дьоммут улаханнык көрө, толкуйдуу барбакка эрбээн киирэн баартар. Уол көрдөҕүнэ, бэрэбинэтэ сороҕор мутуктанан кэлэр үһү. Ийэтэ тугу даҕаны уорбалаабатах. Онон бэрэбинэни бүтүннүү эрбээн кэбиспиттэр.

Дьэ, доҕоор, киэһэ хараҥа буолаатын кытта, хантан да кэлэрэ биллибэт ким эрэ оһох кэнниттэн дьиэ иһигэр баар малларынан дьону быраҕаттыыр. Ону көрдөөрү мин эһэбиттэн тымтык көрдөөбүттэр уонна доҕор оҥостоору бэйэтин ыҥырбыттар. Көрдүүллэр-көрдүүллэр – ким да суох, тугу даҕаны булбаттар. Көрдөөччүлэр оһох кэнниттэн таҕыстахтарын аайы, били мааҕын быраҕыллыбыт маллара, иһиттэрэ иккиһин күөрэйтэлиир. Онтон ыксаан кыптыыйдарын, быһахтарын, биилкэлэрин, ньуоскаларын дьааһыкка хатыыллар да, син биир оһох кэнниттэн били биилкэлэр, быһахтар, ньуоскалар хат кыырайан кэлэ тураллар. Оттон мин эһэм, доҕор буола тахсыбыт киһилэрэ, икки сүгэтин икки өттүгэр уктан баран, сылайан, дьиэ ортотугар муостаҕа сытынан кэбиһэр уонна маннык диэн саҥалаах үһү: «Ол-бу буолумаҥ эрэ, бараммын сүгэнэн кэрдиэм». Ону истиэхтэрэ баара дуо? Син биир бырахпыттарын кубулуппатахтар. Арай били мас эрбээн аҕалбыт эмээхсин улахан кыыһын таппыттар, уоннааҕы дьону сыыһа-халты быраҕаллар үһү.

Онтон ыксаан, түүн ый быыһа хараҥаҕа дьиэлээх ыаллар бары оҕолордуун биһиги балаҕаммыт хоту өттүгэр холкуос техникатын уурар улахан баҕайы сарайга ат сэбин уурар үчүгэй баҕайы муосталаах хос баарыгар туох баар утуйар таҥастарын илдьэ баран, утуйардыы оҥостубуттар. Сыппыттарын кэннэ, арай эмискэ бурдук астыыр массыыналарынан, саппаас чаастарынан быраҕаттыыллар. Кыра оҕолор куттанан өй-мэйдээх тулуйбат айдаанын тардаллар. Улахан дьон оҕолорун илдьэ сылгылары тутар сэнэх, улахан баҕайы ампаар көнньүүһүнэ баарыгар баран дьэ уоскуйан, оҥостон үчүгэйдик утуйаллар. Ити, арааһа, халлаан сырдыыта буолуо.

Сарсыарда туран истибиппит, били таптарбыт кыыстара эмискэ төбөтүнэн ыалдьан, иирэн хаалбыт. Кыыһы иччитэх ампаар дьиэ баарыгар илдьэн хаайан кэбиспиттэр. Кыыс эрэйдээх иирэн, дьиэ истиэнэтин устун хаама сылдьар үһү. Ону оҕо-уруу түннүгүнэн уоран көрөр эбит. Дьиктиргээн кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буолаллар. Кыыс улахан быраата, били бэрэбинэни эрбэспит уол, ас илдьэн биэрдэҕинэ, өлөрө сыһан таһаарар, оттон кыра быраатыгар кыһаммат үһү.

Баҕар, улахан өрүһү туораатаҕына үтүөрүө диэннэр, кыыһы кэлгийэн баран куоракка (Дьокуускайга) илдьэллэр уонна иирээки барааҕар туттараллар. Ол кыыстара онтон дьиэтигэр эргиллибэтэҕэ. Арааһа, өллөҕө. Быһылаан мин алталаах эрдэхпинэ дьиҥ-чахчы буолбут түбэлтэ. Билигин сылыктаатахха, ол эрбээбит бэрэбинэлэрэ, арааһа, ойуун сэргэтэ буолуо. Дьэ онон кэрэх мастар уонна ойуун сэргэлэрэ абааһылаах буоллахтара, эһиги туох дии саныыгыт?

Петр Попов

Дьукаах

Бу чахчы буола сылдьыбыт суолу суруйан хаалларарга бэрт өр толкуйдаан быһаарынным. Итэҕэйиэхтэрэ суоҕа, күлүү-элэк оҥостуохтара диэн кистии сылдьан баран, кырдьар сааспар ыарыһах буолан баран, ыйааһыҥҥа ууран ыараҥнатан, санааҕа холбоон халбаҥнатан көрдөхпүнэ, буолбут чахчыны суруйарга туох да куһаҕан баар буолуо суохтаах. Төттөрүтүн, суруйбатахпына, санаабар ыар баттык буолуох курдук диэн түмүккэ кэллим. Айылҕа араас кистэлэҥнэрэ арылла турдахтарына, баҕар, биһиги түбэспит түбэлтэбит кэмниэ кэнэҕэс быһаарыллан хаалыан сөп. Ол иһин туох буолбутун эппэккэ-саппакка суруйдахпына, кэнэҕэс туһалаах буолуон сөп курдук өйдөөтүм.

Ситэтэ суох орто оскуола оччолорго Тойбохойго эрэ баара. Бэһис-сэттис кылаастарга оҕолор ыраах нэһилиэктэн өйүөлээх кэлэн олорон үөрэнэллэрэ. Оччолорго Тойбохойго ыал аҕыйах этэ, онон биир ыалга элбэх буолан мустан хааларбыт, ордук күһүн үөрэх аһылларын саҕана. 1936 сыл күһүн Дүлээйэҕэ Огдооччуйа диэн тулаайах огдообо эмээхсиҥҥэ уон биэс буолан олорбуппут. Кини дьиэтэ оскуолаттан биэрэстэ кэриҥнээх харыйа ойуур саҕатыгар турара. Сахалыы, хоһо суох, түөрт кыараҕас түннүктээх, аһаҕас мас сарайа өр туран хараара сатаан баран, муох үүнэн көҕөрбүт, сиргэ киирбит курдук дьиэ этэ. Хаҥас диэкинэн ааннааҕа. Онон таҕыстахха, туруорбах дьиэҕэ киирэҕин.

Мустубут оҕолор киэһэ лыык курдук симсэ сытан арааһы кэпсэтэн тахсарбыт. Кэпсэтии мэлдьи абааһы туһунан буолара. Араас нэһилиэктэртэн мустубут буоламмыт, куоталаһа-куоталаһа ханна, хайдах сүрдээх абааһы баарын үлүннэрэн, эбэн-сабан, суоҕу баар гынан кэпсэтэрбит, онон киһиргэнэр курдук этибит.

Биирдэ итинник кэпсэтэ сыттахпытына, дьиэбит иһэ эмискэ сырдаан күлүм гынна. Бары ойон туран түннүгүнэн көрбүппүт, улахан мээчик саҕа уот Быараҕастыыр суолунан кыымынан ыһыллан, төкүнүйэн харыйа ойуурга киирэн сүттэ. Тиэрэ көрүү! Бары тыыммат буолан ыллыбыт. «Көрдүгүт дуо?» – диэн токкоолоһуу. «төкүнүк, күөхтүҥү», – диэн сорохтор чуолкайдаатылар. «Олус абааһыны кэпсэтэр сэттээх быһыылаах, аны тохтотуоҕуҥ», – диэн арыый улахаммыт Миитэрэй быһаарда. Ити уот туох буоларын кыайан быһаарбакка, ону-маны этэн көрө-көрө муннукка анньыллан тохтообуппут. Оччотооҕу оҕо төкүнүйэр чаҕылҕан туһунан хантан билиэҕэй? Кэтэспиппит, уот кэлин кэлбэтэҕэ.

Кумааҕы уурар долбуур оҥосторго хаптаһын наада буолбута. Иккиэ буолан тутулла турар этээстээх оскуола аттыттан лоһуруой хаптаһын сыыһын аҕала барбыппыт. Бу киэһэ хараҥа буолуон аҕай иннинэ этэ. Кыбынан кэлэн иһэн аҕыйах мастаах тумулга тохтообуппут. Табаарыһым тохтуу түһээт: «Чэ, барыахха», – диэн тиэтэттэ. Сирэйэ-хараҕа өрө туран хаалбыт. Мин киһим куттаммыт дуу, ыалдьыбыт дуу дии санаатым. Кини хаамыытын нэһиилэ ситэбин. Дьиэбит аттыгар аҕалан ат баайар төрдүгэр уурабыт. Сергей иһиллээтэ: «Ылдьаа, иһит эрэ, тыас баар, ол күөл диэки, харыйаҕа», – диэтэ. Мин иһиллээтим. Кылыр-кылыр гынар кэрэ тыас иһиллэр эбит. Чуорааны быһаҕынан охсорго маарынныыр. Киһи куттанара суох дии санаатым. Уолум чугас кэлэн сибигинэйдэ: «Ойуун кыырар тыаһа». Мин, дьэ, куттанным, куйахам күүрэргэ дылы гынна. Урут ойуун кыырарын көрбөтөх буолан лыҥкынас тыаһы эмиэ да итэҕэйбэтим. Сергей оҕолорго киирэн сибис гынна быһыылаах, бука бары сырсан тахсан иһиттилэр, ойуун таҥаһын тыаһа диэн тойонноотулар. Бу киэһэ тыала суох уу чуумпу этэ. Ити тыас Тойбохой Бэрэтин диэки Таалалаахтыыр суолга үтэн киирбит харыйа ойуур диэки иһиллэрэ. Тыаһыы хаалбыта, истэ сатаан баран киирбиппит. Биһиги оччотооҕу муҥутах өйбүт итиннэ ойуун көмүллэ сыттаҕа диэн санааттан ырааппатаҕа.

Ый курдук симсэн олорон баран, үгүс оҕолор көспүттэрэ. Ыалбытыгар түөрт уол, биир кыыс буолан хаалбыппыт. Оччотооҕу оҕолор сиэрдэринэн аһылыкпытын астанан, бэйэбитин көрүнэн, үөрэнэн, күнү-дьылы бараан испиппит.

Сергей биһикки Тойбохойтон отут килэмиэтир тэйиччи сытар Чуукаар диэн күөл уҥуор-маҥаар өттүгэр олорорбут. Сергей Иванов орто уҥуохтаах хатыҥыр, чинэччи соҕус тутта сылдьар, икки илин үөһээҥҥи тиистэрэ үтэн тахсыбыт, хойуу хаастаах, кылдьыылаах киэҥ харахтаах, улахан эминньэхтээх кулгааҕа туора тахса сылдьан сарайан көстөр, хара хааннаах, алтыска үөрэнэр уол этэ. Кини миигин, ыарыһах киһини, мэлдьи аһына-харайа сылдьар буолара. Күөспүтүн бииргэ өрүнэн, арыт сылаас буоллун диэн хоонньоһон утуйарбыт.

Улуу Өктөөп бырааһынньыгар оччолорго өрөбүл суох этэ. Үс күн өрөбүл түбэспитинэн Сергейдиин дьиэбитигэр барбыппыт. Биһиги суунан-тараанан, тото-хана кэһии сиэн сынньаммыппыт. Күнү көтүппэккэ атынан аҕалан биэрбиттэрэ. Кэлбиппит уолаттар аҕаларын наадалаах туттар сэптэрин алдьаппыт оҕо курдук уку-сакы тутта сылдьар этилэр. Оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ Тимофей, күүстээх, сымса уол Миитэрэй урукку курдук үөрэн-көтөн, оҕолору бэйэлэригэр биллибэт күүһүнэн түмэ тардар көрүҥнэрэ сүппүтүн тута өйдөөбүппүт. Сергейим: «Уолаттарбыт улаханнык иирсибиттэр быһыылаах, туохтан буолуой?» – диэн ыйыталаспыта. Киэһэ утуйуох иннинэ, төрдүөн хаалбыппыт кэннэ, дьэ кэпсээтилэр. «Эһиги суоххутуна дьиктигэ түбэһэн олоробут. Киһи кэпсиэн да санаата буолбат», – диэтэ Миитэрэй. «Дьиэбит абааһыламмыт быһыылаах. Таах сибиэ манна олорон. Атын ыалга көһөргө сананан баран, куортаммын биэрбит буолан көспөтүм», – диэтэ Тимофей. Ыйыталаһан, ыаһахтаһан билбиппит, дьыала маннык эбит.

Оскуолаҕа оонньуу оччолорго олус уһаабат этэ. Тимофейдаах Миитэрэй оонньуу бүтээтин кытта дьиэлэригэр кэлбиттэр, уот умаппыттар, оонньуу туһунан кэпсэтэ-кэпсэтэ, саахыматтаабыттар (бэйэбит быһаҕынан кыһан оҥорбут хаалаах саахыматтаах этибит). Оонньуу олорон балыйсан барбыттар. «Мэкчиргэ төбөтүн курдук уларыта сылдьыма», – диэн Миитэрэй Тимофейы ыыстаабыт. Тимофей Мэкчиргэлэр аҕа уустарын сыдьаана буоларын киһи барыта билэр, онон кыыһырыа дии санаабатах буолуохтаах диэн эппит Миитэрэй. Анарааҥҥыта «бандьыыт курдук балыйа олорума» диэн кэбиспит. Миитэрэй бу дойду биллэр бандьыытын төрөппүт уола буоларын бары билэрбит уонна онон сирэй-харах аспат буоларбыт. Уолаттар этиспиттэр, кыыһырсыбыттар. Саахыматтарын остуол үрдүгэр тоҕо садьыйан кэбиһээт, орон оҥостон утуйаары сыппыттар. Саҥа суох. Ол сыттахтарына, саахыматтара тыаһыыр, дуоска үрдүгэр сыҕарыйардыы чиҥ-чиҥник охсуоланар. «Ол-бу буола сытыма, тоҕо тыаһатаҕын?» – диэн Тимофей дьаҕырыйбыт. «Кээс, доҕор, бэйэҥ тыаһата-тыаһата, балыйа сытыма», – диэн хардарбыт биирдэрэ. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин балыйсан, буойсан баран син тохтообуттар. Тыастара эр ылбыттыы өссө улаханнык таһыгыраабыт. Туран саахыматтарын фигуратын, биирин да хаалларбакка, хаатыгар уган, олуйан кэбиспиттэр. Салгыы утуйан эрдэхтэринэ, саахымат фигурата остуол устун лаһырҕатан кэлбит-барбыт. Уолаттар куттанан илиилэриттэн тутуһан сыппыттар. Тыас уурайбатах, эбии сэтэрээбит. Дьиэлээх эмээхсин кыыһынаан уонна Ксениялыын хаҥас быыс кэннигэр утуйа сыппыттар. Кинилэртэн атын киһи суох, аан хатыылаах. Уолаттар ыксаабыттар. «Абааһы тыаһыыр» диэн итэҕэйэн туран ыһыырынньык уматан, таһырдьа тахса сылдьыбыттар, уоту умаппытынан утуйан хаалбыттар.

Сарсыарда турбуттара – биир айдаан. Уһун ньолбоҕор сирэйдээх, силии курдук көнө муруннаах, үөс курдугунан өһөччү көрбүт кыараҕас харахтаах, төбөтүн тартара сылдьар, уһун тарбахтарын соло буоллар эрэ таймаҥалатан хамсатар, дьахтар курдук уһун өрүнүллэр баттаҕа суох буолан, куруук бэргэһэлээх сылдьар уһун быакагар эмээхсин туран уолаттары саҥартаан барбыт:

– Түүнү быһа мэниктии-мэниктии, сүгүн утуйбакка тилигирэһэҕит, кыраһыыны умаппыккыт, – диэн иэдэппит. Уолаттар быһаара сатаабыттарын истибэт, өйдөөбөт үһү. Быйыл хомсомуолга киирбит, биһигиттэн биир кылаас үөһэ үөрэнэр Нааста Дүлээйэбэ тугу да саҥарбатах. Уһун синньигэс, төҥкөччү тутта сылдьар, уһун хара суһуохтаах, киэҥ тиэрбэс курдук харахтаах, үөһээ уонна аллараа уостара сортойо сылдьарыттан кыбыстан, саҥардаҕына үгүстүк уоһун илиитинэн саба туттар идэлээх кыыс уолаттары көмүскэспэккэ, ууну омурдубут курдук олорбут. Ити туһунан истээт, Сергей биһикки олус куттанныбыт да, сэргээтибит да диэххэ сөп этэ. Акаары санаабытыгар дьиэбитигэр баран хаалан, хаарыантан маппыт курдук сананныбыт.

Ый курдук ити түбэлтэни умнан, үөрэнэ сылдьыбыппыт. Биир киэһэ утуйан иһэн уһуктубутум, киирэр аан диэкиттэн тимир тыаһа таһыгыратан дьиэ эркинин устун уҥа диэкинэн сүүрэн кэллэ. Суорҕаммын бүрүммүппүн билбэккэ хааллым. Олус итииргээтим, иһим үллэн хаалла, тыыным хаайтарда. Аан бастаан билбитим: киһи олус күүскэ куттаннаҕына, иһэ үллэрин, онтон тыына хаайтарарын. Оннук куттанарга төрүөт баара: тыаһы иһиттэххэ, утуйа сытар киһини уһугуннарбат, абааһыны кытта соҕотоҕун да бодьуустаһар туһунан кытаанах быһаарыыны ылыммыппыт. Мин соҕотоҕун уһуктаҕас быһыылаахпын, атыттар утуйа сыттахтара диэн эбии ыксаатым. Тыаспыт тохтообот, кылыргыыр.

Эмискэ Миитэрэй Соколов олоро биэрэн «били баҕайы кэллэ быһыылаах» диэбитигэр, үөрбүппүн эриэхсит. Суорҕаммын аһан, тыын ылан, өйбүн-төйбүн булуннум. Ону баара биир да киһи утуйбатах, төрдүөн уһуктаҕаспыт. «Туох тыаһыырый?» диэн ону-маны толкуйдуу сатаан баран саҥата суох сыттахпытына, арыт тимир аалсан кычыгырыыр, арыт маһынан тоҥсуйар курдук лоһугуруур. Орон аннынан кэлитэлээн эргийэр, онтон дьиэ үрдүнэн муннуктан муннукка сүүрэр. Төрдүөн илии илииттэн тутуһан турдубут. Көмүлүөк оһох хармааныгар ууруллубут ыһыырынньыгы уонна испиискэни ылан уот уматынныбыт, таҥнан таһырдьа тахса сырыттыбыт. Бу сырыыга тыас икки күн субурутан кэлбитэ. Түөрт харахтаах хара ыппыт таһырдьа сылдьарын ыҥырбыппыт, урут дьиэҕэ талаһан киирэр бэйэтэ, туттарбакка куота сырытта.

Хонуктар ааһан испиттэрэ. Этээстээх оскуола тутуутугар үлэлиир Андрей Алексеев биһигини кытта олорор буолбута. Саҥа дьыл чугаһаабыта. Каникул саҕаланан, дьиэбитигэр барарбыт бу кэлэн, олус үөрэ сылдьарбыт, көһүтэрбит. «Дьэ, абааһы, бу киэһэ кэлэр инигин, биһиги сарсын дьиэбитигэр барабыт», – диэн көмүлүөк оһох иннигэр туран саҥаран чап гыннарбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Тимофей уонна Сергей миигин мөхтүлэр: «Туох буолан оруо маһы ортотунан саҥараҕын, эйигин соҕотохтуу булара буолуо», – диэбиттэриттэн олус кэмсиммитим иһин хайыамый, этиллибит тыл төттөрү хомуллубат. Арай саҥабын истибэтэр ханнык дии санаатым.

Бу киэһэ, били мин сэтэрээбиппиттэн буолуо, биир айдааннаах киэһэни аастыбыт. Утуйан эрдэхпинэ пуус гынар сыыгынас тыас аантан уҥа остуол диэки халбарыйда. Сотору буолаат, куһаҕан баҕайы сыт саба биэрдэ. «Ким утуруктаата?» – Миитэрэй улаханнык ыйытта. Улахан киһи Андрей бэйэтигэр ылынан, кыыһыран туран кэллэ уонна уҥа орон устун таҥаһын сыҕарытан утуйда.

Кыыһырса сыһан тохтообут кэннэ тытыгыратар, кылыгыратар тыас дьиэ эркиниттэн үөһээнэн-аллараанан сүүрэкэлии сырытта. Тыас оһох кэннигэр түһэр, эмиэ орон аннынан айанныыр, үөһэ кыйа сүүрэр. «Айа! Андрей киһи суорҕанын тоҕо саралыыгын?» – Миитэрэй өрө хабылла түстэ. «Иирдиҥ дуу, эн суорҕаҥҥын тыыппаппын», – тэйиччи сытар киһи хардарда. Онтон Миитэрэй курун тыаһа сыыбырҕаан иһилиннэ. «Тугу охсоҕун?» диэн ыйыттыбыт. «Суорҕаммын тардыалыырын иһин охсобун да, табыллыбат быһыылаах». Миитэрэй соҕотоҕун охсуһан тахсыбыта, биһиги истэ сыппыппыт. Тыас-уус тохтообот этэ. Урукку курдук туран уот уматан, таһырдьа сылдьан баран утуйбуппут. Эмээхсин аһынар кыраһыына хаһан умулларын, ким умуруорарын билбэт этим, туоһуласпат да этим. Ити курдук утуйан тураат, үөрэнээт, уһун өрөбүлгэ дьиэбитигэр тарҕаспыппыт.

Дойдубутугар тиийэн, оҕолор быһыыларынан, туох буолбутун кэпсээн күппээрдии буолбута. Сотору сир-дойду туолбута. Дүлээйэптэри дьукаах булбут диэн сурах тарҕаммыта.

Өрөбүл бүтэн барбыта. Биһиги дьоммут ыалбытын уларыппатахтара. Биһиги да уларытыҥ диэбэтэхпит. Кини кэлбэт бириэмэтигэр дьиэбитигэр олус тэһийэр этибит. Сергейдиин тиийэн кэлбиппит, уолаттарбыт суох этилэр. Иккиэйэх буолар кутталламмыппыт, ол баар этэ, ынырык дьыала. Бэйэбит ыал булан кэпсэтэр кыаҕа суох этибит. Сарсыныгар Тимофей тиийэн кэлбитэ. Кини: «Мин ханна да барбаппын, хата, эһиги баар эбиккит», – диэн үөрбүтэ. Соколов балтынаан атын ыалга көспүтэ. Биһиги үс уол, биир эмээхсин, биир кыыс буоламмыт бу киэҥ дьиэҕэ хаалбыппыт. Эмээхсиннээх кыыс хаҥас диэки утуйаллара, онно аһыыллара. Үксүгэр хаҥас диэки сылдьаллара. Дьиэ уҥа өттүн биһиги, уолаттар, үс буолан бас билэрбит. Дьиэбититтэн оҥостон кэлбиппит, испиискэ ылбыппыт, чүмэчи тоһоҕотун хомуйбуппут. Сергейбит уҥа илиитин тойон эрбэҕэр куһаҕан кутургуйа тахсан буорайа сылдьар кэмэ этэ.

Тохсунньуга уочараттаах кэлиитэ саҕаламмыта. Биһиги оннубутун уларытан сыппыппыт. Мин Сергейдиин биллэрик ороҥҥо хоонньоһон, Тимофей уҥа ороҥҥо биһигини кытта бастаһан сыппыта. Ыппыт таһырдьа сылдьан, оскуола диэкиттэн биһиги суолбутун үрэн боройо-боройо, дьиэ ааныгар кэлэн сүппүтэ. Киирэр аан диэкиттэн эмиэ урукку курдук кылыгырыыр тыас үөһээнэн-аллараанан айаннаата. Уратыта диэн тыас муннуктан муннукка сүүрэрэ. Оһох кэннигэр баран тыаһыыра, дьиэ ортотугар кэлэн толугуруура. Били хаһааммыт испиискэбитин Сергей уматаары гыммыта, маҥнайгы сиэрэттэн хаа бүтүннүү умайан барылаабыта. Ол кини илиитэ ыалдьар буолан кыайан саппатаҕыттан тахсыбытын өйдөөбүппүт.

Ити тыаһыы сылдьан аны биһиги ороммутун үөһэ таһааран баран быраҕар идэлэннэ. Уолаттарым: «Төһө үөһэ таһаарар эбит, кэмнээ», – диэтилэр. Мин улаҕа сытар киһи илиибин истиэнэҕэ сыһыары тутан үөһэ тахсыһабын. Кэмнээбитим, биир бэрэбинэттэн ордук үөһэ көтөҕөр эбит. Көтөхтөҕүн аайы уларыйбат. Ити курдук икки киэһэ Сергей биһиккини дүлүҥ аҥаарыттан хайытан оҥоһуллубут ыарахан биллэрик орону кытта көтөҕөлөөбүтэ. Биирдэ-иккитэ Тимофей суорҕанын былдьаһа сылдьыбыта. Тулуйа сатаан баран, Сергей иккис күнүгэр мас хайытар сүгэни оронун анныгар уктубута. Өрө көтөҕөлөөн барбытыгар «Миигин сиэри сирэйдэнниҥ дуо?» дии-дии, хараҥаҕа дьиэ ортотугар ыстанан кэлэн, хаҥас илиитигэр сүгэлээх тэлэкэчийбитэ. Уҥа илиитигэр кутургуйалааҕа, уонна абааһыны хаҥас илии тас өттүнэн охсуллар үһү диэн быраабыланы бары билэрбит. Биһиги туох буолар эбит диэн сыттыбыт. Сергей оронугар кэлэн сытта. Тыас-уус эбии күүһүрдэ. Көтөҕө-көтөҕө быраҕара үксээтэ. Сергей сүгэтин суол ааныгар илдьэн уурда. Үс буолан тутуспутунан таһырдьа тахсан киирэн ыһыырынньыкпытын уматтыбыт. Иккис күнүгэр, эрдэттэн кэлэрин билэр буолан, ыты дьиэҕэ хоннорбуппут, утуйан тахсыбыта. Үлүгэрдээх тыаска уһуктубат, хата, түһээн үрдэҕэ буолан мух-мах саҥарарын абааһы көрөн таһааран кэбиспиппит. Ити бириэмэҕэ кэтээн көрөн быһаарбыппыт: абааһы уоттан куттанар курдук гынар, ыһыырынньыгы уматтахха тыас-уус тохтуур. Уонна абааһы биһиэхэ биэрэр «сеанса» уон икки чаас диэки уурайара. Ол иһин буолуо, сарсыарда уубутун ханан, куттаммыппыт ааһан, үөрэнэ барар буоларбыт. Куһаҕана суох үөрэнэрбит. Сергей биһикки орто этибит, оттон Тимофей Тимофеев оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, холобурга сылдьар оҕо этэ.

Учууталлартан абааһыны итэҕэйэн, тылы тарҕаталлар диэн улахан сэмэни ылбыппыт. Ордук үчүгэй үөрэнээччи Тимофей кыһарыллыбыт этэ. Ол иһин аны туохха да түбэспиппит иһин кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан сүбэлэспиппит.

Хонугунан ааҕан абааһыбыт хаһан кэлиэн быһа холоон таайар буолбуппут. Бу бириэмэҕэ үс уол олоҕор биир куһаҕан уларыйыы тахсыбыта. Уолаттарым киэһэ оскуолаҕа барбыттара, мин лэппиэскэ оҥосто хаалбытым. Дьиктитэ баар, бу дьиэбитигэр олус тэһийэр этибит, куттана сылдьыбаппыт, кэллэҕинэ эрэ ыксыыбыт. Киэһэ уолаттарым тиийэн кэллилэр: Сергей сирэйэ-хараҕа сөллүбүт, кыыһырбыт, дэлби хаар буолбут. Билбитим, оскуолаттан тахсан үтүлүгүнэн сэриилэһэ оонньуу сылдьыбыттар. Онно Демьян Попов диэн мааны, баай ыал оҕото Сергейгэ кыыһыран тиэрэ охсон түһэрэн баран, кытаанах баҕайы төбөлөөх хаатыҥкатынан көхсүгэ тэбиэлээбит. Сергей айаҕынан хаана барбыт, ытаабыт, хаанынан ыһыахтана-ыһыахтана охсуһа сатыы сылдьыбытын, Тимофей Миитэрэйдиин быыһаабыттар. Уолбут онтон ыла санаата түспүтэ, ыарытыйар буолбута, урукку көрө-нара сүппүтэ.

Сити бириэмэҕэ өлүү түбэлтэлээх били абааһыбыт уочараттаах кэлиитин оҥорбута. Биһиги бу сырыыга тоҕо эрэ утуйар миэстэбитин уларыппыппыт, хаҥас быыһы бата икки ыарахан орону холбуу тардан үс буолан сыппыппыт. Мин улаҕа, Сергей ортоку, Тимофей уот диэки сыппыта. Ол курдук чөкө, бэйэ-бэйэҕэ чугас курдук буолар этэ.

Утуйан эрдэхпитинэ эмиэ кэлэр сиринэн, суол аанынан, тыаһаан барда. Идэбинэн, соҕотох буолуом диэн куттанан, суорҕаммын бүрүннүм, онтон уолаттар утуйа иликтэрин билэн, үөһэ тыынным. Үһүөн бииргэ эрэйи көрөр чэпчэки курдук эбит этэ. Тыаһаан-ууһаан, тытыгыраан-татыгыраан дьиэни эргийэ аймаан баран, оһох кэннигэр тиийэн тимири тимиргэ аалар, киһи тииһин кыйар курдук тыаһы таһаарар буолла. Кылыгыраан-халыгыраан, хатан тыаһы таһаара сырытта. Бу уруккутааҕар саҥа тыас этэ. Тыаһаан-ууһаан барарыттан биһиги куттаммат буола үөрэммиппит эрээри, утуйан биэрбэт этибит. Ону-маны кэпсэтэн ыларбыт. Ол сыттахпытына, тыас түп гына түстэ да, Тимофей: «Айа, киһини тоҕо охсоҕун?» – диэн саҥаран хабылла түстэ.

– Суох, мин охсубатым, абааһы оҕуста дии, – диэн хардарда Сергей.

– Ама, доҕор, хайдах кырбаталаан барыай? – диэн буолла.

Тохтообуппут кэннэ кими да ордорбокко охсон добдугуратан барда. Тыаһа түп гынан иһиллэр. Быһыыта сутурук курдук төкүнүк, биир сиргэ дьөлө охсор, ыарыыта түөртээх оҕо охсорун курдук. Тимофей сүбэтинэн ойоҕоспутунан сытан баран окумалбытын тоһуйан биэрэ сыттыбыт. Иттэннэри сыттахха быарга, искэ түбэһиннэрдэҕинэ, ыарытыннарыыһы диэн буолла. Оннук ойоҕоһунан сытан син элбэх охсууну ылла.

– Абааһы кокуоскаттан куттанар үһү, – диэтэ Сергей. Иһиттибит, сүбэлэстибит. Кими эмит оҕустаҕына, силлээх кокуоската биэриэххэ диэн буолла. Бэлэмнэннибит. Сотору соҕус кими эрэ охсон бах гыннарда да, биһиги үһүөн тэҥҥэ «тьфу, мэ!» диэт, хараҥаҕа атахпыт диэки силлээх кокуосканы сыҕайдыбыт. Тохтоон сыта түстүбүт. Кырдьык да, өс киирбэх, охсоро тохтоото. Оннооҕор тыаһаабат буолла.

– Абааһыны утары «эмп» кыра да эбитин билбэккэ, кыһыны быһа эрэйдэммиппит, – диэтэ Сергей соһуйбуттуу. Оннук эбит диэн бары күлсэн тоҕо бардыбыт. «Аны «эмин» буллубут, туох буолар үһүбүт», – дии-дии, ис-испититтэн иэрийэн күллүбүт. Кырдьык да, итинник ынырык суол тойоно олох боростуой кокуоска буолара киһи күлүөх суола курдук этэ. Хайдах мэлдьи күлэ сытыаҥый, тохтоон утуйан эрдэхпитинэ, охсуолаан барбат дуо! Тохтоло суох барыбытын охсор. Биһиги били кокуоскабытын сыҕай да сыҕай буолабыт. Туһа суох буолла, охсоро эбии сэтэриир. Хайыахпытый, урукку үгэһинэн тутуспутунан туран таһырдьа сылдьан баран биир илии кураанах ыһыырынньыкпытын уматтан утуйдахпыт дии. Ити курдук олунньутааҕы кэлиитигэр икки түүн охсон, кырбаан ааспыта.

Саас күн уһаабыта. Оччотооҕу ыаллар, оҕолор эрдэ сырдыкка утуйар буоларбыт. Биһиги ахсааммытыгар кыра уларыйыы тахсыбыта. Наахараттан Хамыы Көстөкүүнүн уола төрдүс кылааска үөрэнэр туос кэлэҕэй уол кэлбитэ. Аҕата Көстөкүүн оҕонньор уһун, ардьаҕар, ырыган көрүҥнээх, ньолбоҕор сирэйдээх кыһыл оҕонньор үөһээ уоһугар кугас бытыга онно-манна табыгынаан көстөрө. «Соҕотох күҥҥэ көрбүтүм – уолум. Сүүрбэччэ оҕоттон ити кини хаала сылдьар», – диэн эмээхсиҥҥэ кэпсээбитэ. Биһиэхэ туһаайан: «Оҕобун атаҕастаамаҥ», – дии-дии, ыйаастыгас соҕус хараҕынан өһөччү көрөн таһаарбыта. Уол барыта торбуйах таҥастааҕа. Ордук торбуйах ыстааннааҕа биһигини соһуппута. Оччотооҕу оскуола оҕолоро торбуйах ыстааны кэппэт этибит. Оскуола үрдүнэн торбуйах ыстааннаах суос-соҕотох оҕо. Эбиитин туос кэлэҕэй этэ. Оҕолор, кырдьык, киниттэн арахпакка муокастыыллара. Арай саһарчы буспут ыһык лэппиэскэтигэр иҥсэрэр этибит. Уолу кытта түүн, күнүс кэпсэтэн, оонньоһон, аһаҕас эттээҕин туһунан билбиппит.

– Мин торбуйах абааһытын көрөөччүбүн, – диэн бэрт эрэйинэн эппитэ.

– Ол торбуйах абааһыта хайдах буоларый?

– От-тон с-с-сыгынньах оҕо б-б-буоллаҕа дии, – диэн тардыалатара. Биһиги дьиэбитигэр абааһы буулаабытын туһунан билэр, истибит этэ. Биһиги аһаҕас харахтаах киһибитигэр:

– Тиийэн кэллэҕинэ, көрөөр эрэ, хайдах бодолоох кыс устатыгар куттаан олорбут эбитий? – диэтибит.

– Сөп, к-к-көрүллүө.

Биһиги оччоҕолорго кырдьык, итэҕэйбиппит, уолбут көрөн биэрэригэр олуһун эрэммиппит.

Сааскы өрөбүл иннинэ били моһуоктааччыбыт кэлэр кэмэ тиийэн кэлбитэ. Биһиги үс буолан киирэр аан чанчыгын диэки уҥа ороҥҥо сыппыппыт. Өр көһүтүннэрбэтэҕэ, идэтинэн тыаһаан-ууһаан барбыта. Бу сырыыга оһох кэннигэр тимири аалардыы киһи куйахата күүрэр, уҥуоҕа кычыгыланар тыаһы таһаарара, оһоҕу тула эргийэр курдук тыаһыыра.

– Көр эрэ, ити оһох кэннигэр туох сылдьарын, – дэстибит. Уолбут оронугар өттүгэстээн сытан көрө сатыыр, соруммута сүрдээх, хараҕын илиитинэн сотто-сотто көрөр.

– Туох да к-к-көстүбэт, с-с-суох! – диэн төлө биэрэр. Ити бириэмэҕэ тыас-уус элбиир, уол суорҕанын анныгар киирэр. Ыксаабыт куолаһынан «айа, абытай» диир саҥата баара. Сыппыппыт, сырдык этэ. Уол туохтан айакалаабытын ыйыппыппыт, кэпсээбэтэҕэ. Онуоха кинини кытта кэпсэтэр олус сылаалаах этэ. Саас буолан атахпыт таҥаһын: этэрбэспитин, куллукабытын холумтаҥҥа куурда уурар буолбуппут. Бу сырыыга ол таҥаспытынан быраҕаттыыр буолбута. Ордук миэнин барытын бырахпыта. Биирдэ били Тойбохойго соҕотох торбуйах ыстаан биһиги үс сирэйбитигэр кэлэн түспүтэ. Оо, онно Тимофей кыыһыран, ыстааны киэр элиппитэ.

– Куһаҕан ыстаанын кыайан харайбакка киһи сирэйигэр бырахтарда. Кэһэтэн биэриэм! – диэн буолла.

– Уол тугун буруйай, – Сергей намыраппыта.

– Оттон оронугар, тэллэҕин анныгар укта сытыах этэ, – диир уҕараабыт Тимофей. Уол эрэйдээх кэлэҕэйигэр куттала эбиллэн, биир да тылы сатаан саҥарбат буола сытара. Салҕалас этэ. Били аһаҕас эппит туһалаабатаҕа. Тыас-уус, айдаан кыс устата биһигини салгытан, олус куттаммат буолбуппут. Түүн хойут хараҥарар буолан, сырдык этэ. Оннук сыттахпытына эмискэ уолбут тапчаана дьиэ ортотун диэки сыҕарыс гынна. Уол биһиги диэки кэлтэччи сыппыта буолуо. Сыгынньаҕын, били сыттанан баран ыксары тута сыппыт ыстаанын кытта муостаҕа төкүнүйдэ. Көрүөххэ сүрдээх, киһи күлүөх да хомойуох да көстүүтэ. Биһиги күлэн тоҕо бардыбыт. Сыгынньах уол таҥас үрдүгэр балбаах курдук сытарыттан, туран үнүөхтүү сатыырыттан күлбүппүт буолуохтаах. Бахчаҕар торбуйах ыстаанын туппутунан оронон тахсан, ыарахан уҥа ороҥҥо биһиги атахпытыгар кэлэн сытта.

Сарсыарда атаҕым таҥаһын суол ааныттан хомуйан нэһиилэ булан таҥныбытым. Сааскы уһун өрөбүлгэ тарҕаспыппыт. Саас буолан күн уһаан, түүн сырдаан барбыта. Өрөбүлтэн кэлбиппит – биһиэхэ уларыйыылар буолбуттар. Били кэлэҕэй уол кыайан тулуйан олорбокко көһөн хаалбыт. Ханна олорон үөрэнэрин ыйыталаспатахпыт. Оскуолаҕа биирдэ көрөн ааспытым, саҥа хара билиис ыстааннаммыт этэ. Ол саас буолан, халлаан итийбитинэн да быһаарыллар буолуохтаах. Ол оннугар үс киһи дьукаахтанан күннээбиппит. Аны санаатахха, эмээхсиннээх кыыс ыҥыран киллэрбит буолуохтаахтар. Егор Васильевич Пахомов диэн орто саастаах, кэргэниттэн арахпыт, биир иккис кылааска үөрэнэр уолу батыһыннара сылдьар саас ортолоох киһи этэ. Үрүҥ төгүрүк сирэйдээх, сар курдук төгүрүк хараҕынан, туман быыһынан көрөрдүү, кыһыл кылдьыылааҕынан көрдөҕүнэ киһи сык гынар киһитэ. Ону-маны кэпсии сатаабыт, нууччалыы ону-маны балкыйан саҥарар, пляскалаан барар, таҥара дьиэтигэр лөчүөктээбитим диир, күлэ-үөрэ сылдьар, кырдьык-сымыйа икки ардынан тыллаах киһи. Маннык киһи дьукаахтаспытыттан үөрбүппүт. Кини ийэтэ эмээхсин хаҥас диэкилэргэ холбоспута. Уола Гоша аҕатын атаҕар утуйар, эмиэ элбэх саҥалаах оҕо. Сергей биһикки быыһы батыһа, Тимофей биллэриккэ, Дьөгүөрдээх уҥа ороҥҥо аны уларыйбакка сытар буолбуппут.

Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.

Иччи. Сибиэн. Абааһы
Народное творчество (Фольклор)
Metin
₺67,23
Yaş sınırı:
16+
Litres'teki yayın tarihi:
05 nisan 2023
Hacim:
150 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-3365-2
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:

Bu kitabı okuyanlar şunları da okudu

Bu yazarın diğer kitapları