Kitabı oku: «Үс Бүлүү айдарыылаахтара», sayfa 7
Тумус киһиэхэ өйөтөн киирэн дьиэ оһоҕун отуннарбыт уонна уот таһыгap олорон Үөһээ Аар Айыылартан көрдөһөн алгыс алҕаабыт. Онтон уокка ас-үөл биэрэ-биэрэ yhyннук ыллаабыт. Aлгыһа, ырыата барыта: «Аны дэриэтинньик эргийбэтин, миигин үрүҥ тыыммын өллөйдөөҥ, хара тыыммын харыһыйыҥ, үтүөрдүҥ! Эппин-хааммын aбaahы дьайыттан ыраастааҥ», – диэн үһү. Онтон дьон көрдөҕүнэ, ойуун былас yhyн тылламмыт. Ол тылынан уот төлөнүн эрийэ охсон ыла-ыла дэриэтинньик тырыта-хайыта сыспыт этин-сиинин саламмыт. Онно этэ-сиинэ ohoн үмүрүччү тардан испит. Дьэ ити курдук күн аҥаара эмтэммит. Кэлин ити дэриэтинньик хайыта сыспыта илиитигэр чэр буолан хаалбыт. Эмтэнэн бүтэн баран суунан, салгынынан ыраастанан букатын чэгиэрэн кэлбит. Кырдьык, итинник дэриэтинньиги кыайбыт, бэйэтэ эмтэнэн үтүөрбүт ойуун баара улаханнык биллибэт. Бу түбэлтэ туһунан сэһэнньиттэр И.С. Иванов, И.Т. Мальцев кэпсээбиттэрэ биирдиҥи ис хоһоонноохтор.
Аны биир дьээбэ. Лүүчүҥҥэ Фоминнар диэн кыанар ыалы көстүбэт киһи буулаабыт. Киһи курдук олорор, аһыыр үhү, оттон бэйэтэ буоллаҕына көстүбэт. Аананы ыҥырбыттарын: «Киһи дии, ону хайдах абааһы диэн кыырыахпыный?» – диэбит. Элбэх ойуун тиийэн кыыран көрбүтүн көстүбэт киһи күлүү-элэк оҥостон ыыталаабыт. Онтон аатырар ойуун Мөлөкө Өлөксөй тиийэн кыырбыт. Ону били көстүбэт киһи: «Ити ыҥыртаабыт абааһыларыҥ ханналарый?» – диэбит. Онуоха Мөлөкө: «Чэ, оччоҕо бу дүҥүрү тутан көр эрэ», – диэбит. Көстүбэт киһи өс киирбэх эһэ охсон ылбыт уонна хаһыытыы түспүт: «Айакка, бу туох ааттаах күүстээх киһигиний?! Дүҥүрүҥ холбун уһулу тардан ылара буолла. Дүҥүргүн ыла оҕус, айакка. Чэ, итэҕэйдим!» Өлөксөй дүҥүрүн ылбыт уонна ыйыппыт: «Бу эн кимҥиний? Тоҕо көстүбэккиний?» Онуоха анараа киһи: «Мин киһибин, абааһы буолбатахпын. Аатым Ньыыкан Арамаанап диэн, улахан үөрэхтээх киһибин. Үөрэх албаһынан көстүбэт буолбутум. Бу ыалтан үс сылынан барыам», – диэн хап-сабар эппиэттээбит. Дьукаахтарын саҥатын дьиэлээхтэр эмиэ истибиттэр. Бу түбэлтэҕэ Тумус Мэхээлэни эмиэ ыҥыра сылдьыбыттар. Онно Тумус эппиэтин миигин кырабар ииппит Сэмэн Уус маннык эппитэ: «Ньыыкан Арамаанап диэн ханнык эрэ баай уола (аатын ааттаабыта, ону мин умнубуппун. – В.К.) соҕуруу олус үөрэнэн, үөрэххэ төбөтүн үлтү сыстаран, эбиитин аптаах кинигэни ааҕан, онтун cыыһа туттан, төннөр суолун умнан көстүбэт киһи буолан хаалбытын кытта oxcyha барбаппын», – диэн быһаччы аккаастаабыт. Сэмэн Уус Тумуһу куруук ахтааччы, сааспынан аҕабын диэччи.
Тумус Мэхээлэ эдэригэр элбэхтик айаннаабыт, балачча элбэх киһини кытта кэпсэппит киһи этэ. Кини бэйэтин дьоҥҥо «Орто Бүлүү ойуунабын» диирэ. Кинини Алгысчыт, эмчит ойуун быһыытынан үрдүктүк сыаналыыллара. Кини анаан-минээн кэлэн былыргы хаҥаластар олорбут сирдэрин Туймаада, Эркээни ыһыахтарын кэрийэн көрбүтэ уонна: «Былыргы хаҥаластар Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр дьиҥнээх ытык ыһыахтара сүппүт эбит. Барыта ньуу-ньаа, нууччалыы тартарыылаах ыһыахтар буолбуттар. Ытык хаҥаластар кыргыллан, сорохторо күрээн, кинилэр олорбут сирдэригэр ойуур тоҥустара киирэн олохсуйбуттар. Кинилэр нууччалары кытта булкуһуулара улахан. Онон былыргы итэҕэлбит төттөрү биһиги эҥээрбитигэр күрэммит хаҥаластартан саҕыллан тахсыан сөп эбит», – диэн түмүк оҥорон төннүбүт.
Мэхээлэ эдэр сылдьан маҥнай кыырарын саҕана кыргыттар, эдэр дьахталлар дьээбэлэһэр эбиттэр. Кинилэр: «Хайдах бачча үчүгэй уол ойууннууруй?» – диэн итэҕэйбэт курдук тутталлара. Кыыра турдаҕына күлэр хайыыр эбиттэр. Оччоҕуна эргичис гынан баран атаҕынан салгыны тэбэр эбит. Сотору кыргыттар сыалдьалара суох буолан хаалбытын билэн соһуйаллара. Сарсыарда туран көрдөхтөрүнэ сыалдьалара өтөх саҕатыгар, тииттэр төбөлөрүгэр ыйанан турар буолаллар үhү. Тумус оннук аптаах-xoмуһуннаах эбит. Кэлин Айыы ойуунун киэбин тутан баран бытархай мэниктээһиннэрин уураппыт.
Мэхээлэ олорбут сирэ – Мундуҥда Танара үрэхтэн чугас, бултуурга-алтыырга табыгастаах сир. Саҥа былаас кини 56 caahыгap кэлбитэ. Саҥа былааһы сөбүлээбэтэҕэ. Кини сорох дьоно сискэ, Түөрт Уон Арыыга диэри бүкпүттэрэ. Дэлэҕэ биир уола Сис Миитэрэйэ дэниэ дуо?
Тумус төһөҕө өлбүтүн туоһулуур докумуону булбатыбыт. Кини Айыы ойууна буолан атын ойууннартан адьас ураты, туспа этэ. Тугу да сиибин-аһыыбын диэн кыырбатаҕа. Ол эрээри киниэхэ куһаҕаны оҥороору сорунар дьон табыллыбат этилэр. Аан Дойдута, Аар Айыылар кинини араҥаччылыыллара тута биллэрэ. Мэхээлэ дьиҥнээх толору үс түһүмэхтээх алгыстары оҥороро. Уокка кыра алгыстары оҥорор, холобур, Байанай, Муҥха алгыстарын оҥорор дьону дьиҥнээх Алгысчыттарынан аахпат, билиммэт этэ. Улуу Анна Павлова кинини ити эҥээргэ соҕотох Алгысчытынан билинэрэ уонна Туоҕа Боотур Алгыстарын салҕааччы быһыытынан, дьиҥнээх Үөһээ Дойду, Айыылыы Эйгэ Алгысчытынан ааттыыра. Тумус Мэхээлэ Аар Айыылары ааттаталаан, анаан-минээн алгыырын сөҕө-махтайа, хайгыы истэрэ.
Мэхээлэ Айыыһыт тардыытын, Айыыһыты атаарыыны, оҕо тардыытын, Эдьэҥ Иэйэхсиккэ алгыһы, Сылгы, Ынах сүөһүлэри тардыыны киһи сөҕүөн курдук үчүгэйдик оҥороро. Кини Орто Бүлүү сирдэригэр ити сиэрдэри-туомнары элбэхтик ыыппыта. Cүөhү тардыытыгар элбэх ыраас кыыс, уол арыалдьыттаах буолууну олус сөбүлүүрэ, оччоҕо ордук көтөҕүллэн ити сиэри-туому толороро. Тумус син биир былыргы аҕа баһылык, Айыы ойууна Туоҕа Боотуртан утумнаах киһи буолар. Орто Бүлүүгэ олохсуйбут хаҥаластарга Аар Айыы итэҕэлэ сүппэтэҕин дакаастаабыт, көрдөрбүт киһинэн буолар. Онон кини үтүө үлэтэ-хамнаһа салҕаныахтаах, былыргы итэҕэлбит – Аар Айыы итэҕэлэ тиллиэхтээх, үтүө алгыстарбыт дьону-сэргэни, Ийэ Айылҕаны эмтээһиҥҥэ, Айыы Сирин ырааһырдарга күүскэ туһаныллыахтаах. Манна сытар – саха норуотун быыһанар күүһэ. Олоҥхоттон саҕалаан былыргыбытын тилиннэрэ сатаан эрэбит. Олоҥхо уус-уран айымньы, фантазия, гипербола доҕуһуоллаах. Билиҥҥи олоҥхо үксэ имитация уонна хатылааһын. Онон, дьиҥэр, итэҕэлтэн уонна Айыы ойууннааһыныттан саҕалааһын саха олоҕор ордук туһалаах буолуох этэ.
Мэхээлэ кэлин эмиэ «сис киһитэ» буолан Киччэҥинэн, Түөрт Уон Арыынан, Харыйалааҕынан сылдьыбыт, булдунан дьарыктаммыт бадахтаах. Саҥа былаас хабараан тутуутуттан-хабыытыттан киэҥ нэлэмэн Сахатын сирин сиригэр-уотугар, ойууругар саһан, кини дэлэгэй булдунан ahaaн-сиэн сылдьыбыт уонна элбэх ыгыыттан-түүрүүттэн быыһаммыт. Ханна да испииһэккэ киирбэтэх, xahaн, ханна олорбутун билигин ким да билбэт. 1920–1930 сс. испииһэктэммит ойууннарга кини аата суох, киирбэтэх. Ити испииһэги оҥорор дьонтон хайдах эрэ дьалты туттаран сылдьыбыт.
Тумус Мэхээлэ былыргы ытык хаҥаластар дьиҥнээх утумнара буолар. Ханнык эрэ салаанан Яков Николаевка-Дьаакып ойууҥҥа тиксибит Айыы ойууннааһынын үөрэҕин Дьаакып ханнык эрэ биир уолуттан ылан, Тумус бэйэтин бириэмэтигэр Орто Бүлүү сиригэр дьиҥнээх улахан Айыы ойууна буола сылдьыбыта, Аар Айыы итэҕэлин тэниппитэ. Ол тэниппит үөрэҕэ былаас уларыйан сүтэр, умнуллар кутталга киирбитэ. Ону хата Бүлүү Дьөккөнүн ытык сэһэнньиттэрэ, ордук иитээччим Сэмэн Уус баар буолан, маны салгыы чөлүгэр түһэрэр, салгыы сайыннарар анал миэхэ чуолкай кэлбитэ. Кэм-кэрдии бэйэтэ эмиэ мин тахсарбар улахан олук, тирэх буолла. Саха норуотун умнуллубут медицинатын чөлүгэр түһэрэн сайыннардым, суоҕу баар оҥордум. Былыргы Аар Айыы итэҕэлин үөрэтэн-чинчийэн баар оҥордум, бу итэҕэлгэ биэс чаастаах кинигэни анаан-минээн суруйдум. Аар Айыы итэҕэлин алгыстарын чөлүгэр түһэрдим. Лүксүрээни, Туоҕа Боотур, Эргис, Махсыын Гоголев, Тумус Мэхээлэ курдук улуу Айыы ойууннара үөскээн-олорон ааспыттара, кинилэр суоллара-иистэрэ, Алгыстара, ис генетическэйдик бэриллэр билиилэрэ, талааннара миэхэ олус улахан көмө буоллулар. Ол иһин Аар Айыы итэҕэлэ, Айыы ойууннааһына, норуот эмтээһинэ миэхэ кэбэҕэстик киирэллэр. Мин эмиэ ытык хаҥаластар ыччаттара буолабын.
Олоххо Үтүө Эйгэ элбэх утарсыыны көрсөн, араас моһоллору туораан улахан ыарахаттары көрсөр. Ол гынан баран били «куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат» дииллэринии Үтүө Эйгэ итинтэн сайдар, күүһүрэр. Ити курдук биһиги Аар Айыыбыт итэҕэлэ, норуоппут эмтиир ньымалара хас эмэ сүүһүнэн сылларга араас утарсыылары, суох оҥоро сатааһыны, бобууну, үөҕүүнү, намтатыыны, сымыйалааһыны, холуннарыыны элбэхтик көрүстэ. Ол онтон сүтэ сыһа-сыһа, caп саҕаттан салҕанан, сип саҕаттан силбэнэн тыыннаах хаалла. Тыгын чугас аймахтарын Кыйаарга – Бүлүү сиригэр үүртэлээбитэ олус туһалаах буолан таҕыста. Дьиҥэр, Тыгын итэҕэл, эмтээһин култууратын, киэҥ-куоҥ, дириҥ ытык хаҥаластардыы толкуйдааһыны, хатан хаҥаластар эр хааннарын сүтэримээри дьонун Бүлүү сирдэригэр кыйдаталаабатаҕа буолуохтаах. Эмиэ бу били «куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх буолар» диэн өс хоһоонун мындыр этиитэ сөп түбэстэ. Ол гынан баран биир курдук Тыгын хаҥаластары Саха сиригэр тэнитэ сатаабатах буолбатах. Кини биир үтүөтэ диэн иирсибит дьонун, бэл чугас аймахтарын, үүртэлиир эрэ этэ. Кими да өлөрө, өһөрө сатаабатах. Ити дьайыыта ытык хаҥаластар Бүлүү өрүһүн киэҥ сирдэринэн тэнийэн олохсуйалларыгар кыах биэрбит. Ити сирдэргэ ытык хаҥаластар төрүт култууралара, Аар Айыыларын итэҕэлэ, норуот эмтээһинэ, ырыата-тойуга, оһуокайа, олоҥхото киэҥник тарҕыырыгар сүрүн олук буолбут. XVII үйэҕэ Туймаадаҕа, Эркээнигэ буолбут өрө туруулары хам баттааһын кэнниттэн хаҥаласка элбэх киһи кыргыллыбыта, хаҥаластар ыһыллыбыттара. Бу сирдэргэ ытык хаҥаластар сыыйа сүппүттэрэ. Кинилэр оннуларыгар ойуур дьоно, үксэ тоҥустар, киирэн олохсуйбуттара.
Дьэ бу Бүлүү сирдэригэр тарҕаммыт итэҕэл, эмтээһин, былыргы ытык хаҥаластартан тиксибит улуу култуура буолар. Хаҥаластар үрдүк култууралара, кыахтара олоххо биллибитэ үгүс. Олортон аҕыннахха маннык:
1. Итэҕэлгэ уонна эмтээһиҥҥэ Лүксүрээни, Туоҕа Боотур, Махсыын Гоголев, Тумус Мэхээлэ курдук Айыы ойууннара улуу Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр улахан, үс түһүмэхтээх Алгыстара буолан Орто Бүлүүгэ дуораһыйан ааспыта, үүнэр үтүө көлүөнэҕэ ыҥырар сулус буолбута. Улуу Аана эмтиир үрдүк талаана буолан күлүмүрдээбитэ, үтүөҕэ, үрдүккэ үгүс дьону ынырбыта, бастыҥы бааралыппыта, кэрэни кэккэлэппитэ;
2. Күүс-уох, бөҕөстөһүү өттүгэр Чускуона, Куонаан Оконнеев, Бөҕө Байбал, Өлөөчө Бөҕө, Сөҕөөмө Бөҕө, Моруот Ньукулай, Аҥкыр Уйбаан уо.д.а. модун күүстэрэ буолан биллэн ааспыта;
3. Ырыаҕа-тойукка, оһуокайга, олоҥхоҕо Сунтаар, Ньурба хаҥаластарын тойуксуттарын, оһуокайдьыттарын ырыалара-тойуктара буолан дьириһийбиттэрэ. С.А. Зверев кэрэ куолаһа буолан үөһээ өрө куйуһуйбута, араастаан дьырылаабыта, дьирилээбитэ. Аатырбыт Дыгыйар Сэмэн олоҥхото буолан сөхтөрбүтэ, үтүөкэннээх куолаһа кэрэтик дьүрүһүйбүтэ;
4. Халбас харата хапсаҕайга Бөҕө Байбал, Өлөөчө Бөҕө, Дьыалаҕас Уйбаан, Боруорак Уйбаан, Бычырдаан Бөҕө, Буучугурас Бөҕө, Дмитрий Данилов, Владимир Варламов уо.д.а. сытыы хамсааһыннара буолан көстөн ааспыта. Үтүө үгэс билигин да салҕанар;
5. Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ хаҥаластан хааннаах дьон уһулуччу хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Кинилэр үтүө, үрдүк ааттарын испииһэгин Сэбиэскэй Сойуус Геройа Н.А. Кондаков хорсун аата саҕалыыр. Маннык үтүө, үчүгэй үгэстэр салҕаныыларын төһөнү баҕарар кэпсии, этэ туруохха сөп. Ол уһуна-киэҥэ бэрт буолуо.
Онон биһигини Үрүҥ Аар Тойон Үөһээттэн, үрдүктэн үтүө хараҕынан көрдүн! Үтүө үгэстэр үтүмэн элбэхтик үүнэр көлүөнэлэргэ салҕанныннар! Аламай маҥан халлааммыттан Айыы Сарыала арылыччы сырдаан кэлэн Айыым сирин сандаартын, араҥаччылаатын, арчылаатын, алҕаатын! Аар Айыы итэҕэлэ Айыым дьонугар анаан-минээн арылыччы сырдаан кэлэн иҥтин!
Ытык хаҥаластар! Ыһыллыбакка, ырааҕынан-киэҥинэн тэнийэн, ыраас үтүө итэҕэлбитин ыпсаран үрдэтиэҕиҥ! Үтүө хаҥаластар! Үксээн, элбээн, үрүҥ күнтэн тардыһан, үтүө дьону түмэҥҥит үрдээн, үксээн иһиҥ! Тойон хаҥаластар! Толкуйгутун үрдэтэн, толуу бэйэлэнэн, толору сөптөөх тылы этэҥҥит, тоҕус кэлэр үйэлэргэ толомон үтүө сыһыыларга тоҕустар тоҕуоруйар кэмнэрин аҕалыҥ! Аар Айыыгыт итэҕэлин аан дойдуга аҕалан тэнитиҥ!
Дом! Дом! Дом! (В.А. Кондаков)
Лүүчүннэр. Өбүгэлэрбит омоон суолларынан. – Дьокуускай: Бичик, 2008
УЛУУ ЭМЧИТ НЬЫЫКАН
Н.А. Васильев-Ньыыкан наука, краеведение уонна публицистика матырыйаалларыгар
Айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үөтүүлээх XX үйэ биир бэлиэ киһитэ, саха омук киэн туттуута, саарына буолбут Никон Алексеевич Васильев норуот Улуу эмчитин быһыытынан бүтүн Россия, Сибиир, Саха сирин үрдүнэн киэҥник биллибитэ. Аан айылҕата киниэхэ анаан биэрбит уратытын кэмигэр сөпкө өйдөөн, олох араас эндирдэриттэн сынтарыйбакка, ыар охсууларыттан дьулайбакка, ол талаанын уотун сөҕүрүппэккэ салгыы күөдьүтэн, сайыннаран, дьонун-сэргэтин дьаҥтан-дьаһахтан, өлөр өлүүттэн быыһыырга олоҕун барытын анаабыта.
Ньыыкан ойуун ураты дьоҕурун бэрт эрдэттэн бэлиэтии көрөннөр, оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус, онтон кэлин Россия, Саха сирин биллиилээх дьоно, учуонайдар, историктар, этнографтар, фольклористар, ботаниктар, музыковедтар, кино-, фотодокументалистар, кыраайы үөрэтээччилэр интэриэһиргээн, араас сылларга анаан кэлэн үөрэппит, чинчийбит уонна сурукка-бичиккэ киллэрбит, хаартыскаҕа түһэрбит, киинэҕэ устубут эбиттэр.
Бастакынан, Ньыыкан ойуун, оччолорго сурукка киирбитинэн Никон Поскачин, ааспыт үйэ 20-с сылларыгар ойууннуур кэмнэригэр кини кыырыыларын 1-гы Боотулуу нэһилиэгин 1-кы сүһүөхтээх трудовой оскуолатын учуутала, 20 саастаах эдэр киһи Андрей Александрович Попов сурукка тиһэн, сахалар былыргы итэҕэллэрин Россия наукатын киэҥ эйгэтигэр таһаарбыта. Бу сүдү суолталаах научнай үлэҕэ оччотооҕу Үөдүгэй улууһун Боотулуу, Оноҕоччут уонна Сургуулук нэһилиэктэрин уон ойууннарын отуттан тахса араас суол кыырыыларын суруйан, онтон кэлин тылбаастаан киллэрбитэ. Манна Ньыыкан ойуун үс кыырыыта, «Сылгы кэрэҕэ», «Дүҥүр алгыһа» уонна «Кэрэххэ кыырыы» киирбиттэр.
А.А. Попов 1902 c. сэтинньи 2 күнүгэр Бүлүү уокуругун Үгүлээт нэһилиэгэр баар Благовещенскай таҥаратын дьиэтин аҕабыытын Александр Попов дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Дьокуускайга 2-с сүһүөхтээх оскуоланы бүтэрэн баран Андрей Попов Боотулууга 1919 с. аһыллыбыт оскуолаҕа учууталынан ананан кэлэн, 1922–1925 сс. үлэлээбит. Бу үлэлиир кэмигэр этнографическай матырыйааллары хомуйуунан күүскэ дьарыктаммыт. Бэйэтэ суруйарынан, кыһынын учууталлыыр кэмигэр Боотулууга, онтон сайыҥҥы каникулун кэмигэр 5–6 көстөөх сиргэ баар дойдутугар Үгүлээккэ бара-кэлэ сылдьан, баай этнографическай матырыйаалы хомуйбут. Үгүлээт уонна Боотулуу икки ардыларынан эбэтэр чугастарынан сытар ыаллыы Оноҕоччут, Көтөрдөөх, Сургуулук, 1-кы Үөдүгэй, 1-кы Күүлэт, Ыйылас нэһилиэктэригэр олохтоох саха ойууннарын тылларыгар киллэрэн, кыырдаран, ону сурукка түһэрэн туох да сөҕүмэрдээх улахан үлэни оҥорбута. А.А. Попов бу сүдү научнай үлэтигэр саамай чугас көмөлөһөөччүлэринэн олохтоох дьон, олор истэригэр Боотулуу оскуолатыгар үөрэтэр оҕолоро буолбуттар. Ол курдук кини Захар уонна Евсей Николаевтары, Роман Поскачины, Лука Федотовы уонна Петр Догоровы ааттаталаабыт.
1925 с. Андрей Попову Саха АССР үөрэххэ наркомата Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай университет этнографияҕа отделениетыгар салгыы үөрэттэрэ ыыппыт. Андрей Александрович өссө университекка үөрэнэр сылларыгар Петр Великэй аатынан РНА антропология уонна этнография Музейыгар (Кунсткамераҕа) үлэҕэ киирбитэ уонна олоҕун тиһэх сылларыгар диэри бу манна, Сибиир секторыгар, үлэлээбитэ. 1935 с. ССРС НА Квалификационнай хамыыһыйата А.А. Поповка этнография специальноһыгар историческай наука кандидатын учуонай степенин иҥэрбитэ, оттон 1947 с. ВАК Ленинградтааҕы университет этнографияҕа доценын учуонай званиетын биэрбитэ.
Улахан учуонай уһуна суох олоҕун устатыгар научнай интэриэһин Сибиир кыра омуктарын – долгааннар, нганасааннар устуоруйаларын, култуураларын уонна олохторун-дьаһахтарын үөрэтиигэ анаабыта. Элбэх фундаментальнай научнай үлэни бэчээттэппитэ, сорох улахан үлэлэрэ хомуллан, бэлэмнэнэн баран бэчээттэммэккэ хаалбыттара. Сэрии кэмигэр А.А. Попов баҕа өттүнэн блокадаламмыт Ленинградка хаалан, үөрэммит, үлэлээбит Музейыгар Сибиир секциятын салайан салгыы үлэлэппитэ. Андрей Александровиһы наукаҕа киллэрбит сүҥкэн үтүөтүн уонна Ленинград куорат көмүскэлигэр көрдөрбүт хорсун быһыытын учуоттаан сэбиэскэй бырабыыталыстыба «Бочуот знага» уордьанынан уонна «Ленинград оборуонатын иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыта. А.А. Попов үлэтин үгэнигэр сылдьан 1960 с. өлбүтэ.
А.А. Попов ааспыт үйэ 20—30-c cc. Бүлүү уокуругар хомуйбут бэрт элбэх фольклорнай, этнографическай матырыйааллара бэчээттэммэккэ хаалбыттарын, Антропология уонна этнография музейын (Кунсткамера) архыыбыттан саха учуонайдарыттан бастакынан булан, иҥэн-тоҥон үөрэтэн киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт киһинэн ССРС НА СО Саха сиринээҕи салаатын Тыл, литература уонна устуоруйа институтун научнай үлэһитэ, биллиилээх фольклорист-учуонай Прокопий Елисеевич Ефремов буолар. П.Е. Ефремов 1933 с. бэс ыйын 22 күнүгэр эмиэ Бүлүү Үгүлээтигэр төрөөбүтэ, ол эбэтэр Андрей Александрович Попов биир дойдулааҕа буолар. Ону ааһан 1963–1992 сс. Тыл, литература уонна история институтугар олоҥхо салаатын младшай научнай үлэһитинэн, онтон научнай үлэһитинэн үлэлии сылдьан, эмиэ А.А. Попов курдук, долгаан омук фольклорун дириҥник дьаныһан туран үөрэппитэ. Институкка үлэлиир сылларыгар научнай эспэдииссийэлэр үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттыбыта, Саха сирин хотугу улуустарын барытын кэриэтэ кэрийбитэ: Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ оройуоннарыгар, Бүлүү уонна Халыма сүнньүлэригэр сытар оройуоннарга, ону таһынан Красноярскай кыраай Таймыырдааҕы национальнай уокуругар сылдьыталаабыта. Таймыырга түөртэ сылдьыбыта. Ол түмүгэр «Дулгаан олоҥхото» диэн монографияны, «Дулгаан фольклора» кинигэҕэ киирбит матырыйаалы үксүн бэлэмнээн таһаартарбыта.
Бу Антропология уонна этнография музейын (Кунсткамера) архыыбыгар баар Бүлүү ойууннарын туһунан А.А. Попов үлэлэрин булан үөрэтэригэр Прокопий Елисеевич Никон Поскачин (Васильев) үс кыырыытын: «Сылгы кэрэҕин», «Дүҥүр алгыһын» уонна «Кэрэххэ кыырыытын» ордук иҥэн-тоҥон билсибитэ. С.Т. Боескоров суруйарынан, кэлин П.Е. Ефремов Боотулуга уоппускатыгар, эдьиийигэр А.Е. Ефремоваҕа сынньана таарыйа кэлэн, оҕонньорго Түүкээҥҥэ киирэн хонон-өрөөн тахсара (2014).
П.Е. Ефремов саха норуотугар оҥорбут биир сүҥкэннээх үтүөтүнэн 1965 с. Судаарыстыбаннай антирелигиознай издательство архыыбыгар (Москва) саха биллиилээх учуонайа Г.В. Ксенофонтов үгүс сыралаах үлэтин түмүгүн «Эллэйаданы» булбута буолар. 1977 с. бу сүдү суолталаах булумньуну – Г.В. Ксенофонтов көстүбүт үлэтин – Н.В. Емельяновы кытта бэлэмнээн, Москваҕа бэчээттэппитэ. Прокопий Елисеевич олоҕун тиһэх сылларыгар хоһуун эпоһын уонна хотугу сахалар олоҥхолорун чинчийбитэ. Хомойуох иһин, ол үлэлэрэ сиппэккэ хаалбыттара. Кини 1992 с. тохсунньу 20 күнүгэр олохтон туораабыта.
Ньыыкан кырдьаҕас уустук эндирдээх олоҕун, кинини бастаан ойуун, онтон эмчит быһыытынан, сахатын дьонун араас ыарахан ыарыылартан, дьаҥтан-дьаһахтан быыһыырга туруоруммут сүдү сыалын-соругун, ону ситиһэргэ өркөн өйүнэн, талба талаанынан айан таһаарбыт араас эмтиир ньымаларын туһунан сиһилии маҥнайгы научнай киэптээх ыстатыйаны философия доктора, профессор Ксенофонт Дмитриевич Уткин суруйан турар (Саха ойууннара, 1993).
Бэйэтэ Ньурба Таркаайытыттан төрүттээх улахан бөлүһүөк учуонай тыыннааҕар Ньыыканы көрсүбэтэҕиттэн улаханнык кэмсинэрэ: «Биһигини бэйэбитин кытары айылҕаттан айдарыылаах эмчит, ойуун киһи тэҥҥэ сылдьыбытын наука, үөрэх өттүттэн сэҥээрбэтэхпит хомолтолоох. Өлбүтэ 15 сыл ааспытын эрэ кэннэ, саҥа өй-санаа ухханыгар олорсон, сүдү, улахан дьоннорбутун туоһулаһан, ыйыталаһан эрэбит…»
Саха биир бөдөҥ бөлүһүөк-учуонайа К.Д. Уткин Ньыыкаҥҥа анаммыт улахан ыстатыйатын маннык дириҥ ис хоһоонноох тылларынан түмүктээбит: «Никон Васильевич Васильев-Ньыыкан ойуун дьиҥнээх бэйэтин талаана ситэ-хото арыллыбакка хаалбыта. Ол эрэн киһи уонна олох сүдү, сүппэт тыллары өтө көрөн эт сүрэҕинэн ылыммыт буолан, киһи олоҕун уһатар соҕотох сокуонунан олорон ааспыта. Ойууннуур да кэмигэр, кэлин отоһут, эмчит да буолан баран, бар дьону дьаҥтан, ыарыыттан быыһыыр туһугар өйүн, сүрэҕин бүтүннүү анаабыта. Элбэх киһи абыраммыта. Олох кэрэ киэлитигэр иккиһин эргиллэр дьылҕа бэлэҕин билэр кыахтаммыттара. Ньыыкан курдук уос номоҕор олорон хаалбыт норуот бүтэй бөлүһүөктэрэ, өйдүүн-сүрэхтиин гуманист дьон кэлэр да кэмҥэ кэпсэлгэ сылдьыахтара».
Никон Алексеевич Васильев ойуун, эмчит быһыытынан төрөөбүт норуотугар оҥорбут сүдү суолталаах үтүөтүн туһунан биллиилээх археолог-историк, сахалыы былыргы итэҕэл, ойууннааһын тиэмэлэригэр элбэх научнай үлэлэрдээх биллиилээх учуонай, историческай наука доктора, профессор Розалия Иннокентьевна Бравина бэйэтин хас да үлэтигэр эмиэ ахтан, суруйан турар. Ол курдук «О шаманских текстах А.А. Попова» (2006), «Шаманы седого Вилюя» (2010) диэн ыстатыйаларыгар уонна быйыл тахсыбыт «Шаманы – избранники небес и духов» (2018) диэн кинигэтигэр Н.А. Васильевы-Ньыыкан Ойууну норуот номоҕор киирбит саха улуу ойууннарын ахсааныгар киллэрэр.
Н.А. Васильев-Ньыыкан кырдьаҕас айылҕаттан бэриллибит мындыр өйдөөх отоһут эмчит буоларын туһунан киниэхэ эмтэнэн үтүөрбүт дьон үгүстүк махтанан этэрин-суруйарын таһынан, ботаника, фитотерапия боппуруостарыгар анал үөрэхтээх специалистар эмиэ үрдүктүк сыаналаан бэйэлэрин научнай үлэлэригэр кытта суруйбуттара.
Саха сирин эмтээх отторун уһун кэмҥэ дириҥник чинчийэн үөрэппит, биллиилээх ботаник-учуонай, Саха университетын проректора Афанасий Акимович Макаров «Растительные лечебные средства Якутской народной медицины» (1974), «Лекарственные растения Якутии» (1980) диэн научнай монографияларыгар: «Здесь использованы многочисленные опросные сведения, собранные нами в 1962–1970 гг., с участием студентов-дипломников биологического отделения биолого-географического факультета Якутского университета, собираются сведения о ботанических средствах народной медицины якутов. Сбор сведений путем опроса местного населения показывает, что в настоящее время в результате коренного улучшения медицинского обслуживания, расширения аптечной сети в районах республики, население полностью забыло знахарство. Народных лекарей, наделенных ореолом искусного врачевателя, почти не осталось. Лишь кое-где сохранились отдельные старожилы, хорошо знающие народные средства и рекомендуемые рецепты (ныне здравствующий Н.А. Васильев из Вилюя, недавно скончавшийся Ф.П. Чашкин из Татты и др.)».
Ньыыкан Саха сирин үүнээйилэрин дьону эмтииригэр туһанар ньымаларын үрдүктүк сыаналаан туран, Афанасий Макаров сорохторун бэйэтин научнай үлэлэригэр киллэртээбитэ. Ол курдук А.А. Макаров «Растительные лечебные средства Якутской народной медицины» монографиятыгар тиит мас (лиственница даурская норуот медицинатыгар былыргыттан араас ыарыыларга туттулларын ыйан туран суруйар: «По сообщению народного врачевателя Н.А. Васильева, сухие, мелко раскрошенные кусочки ветки непрерывно развариваются в течение 2–3 суток, после чего жидкость упаривается. Оставшаяся после этого масса (порошок) используется при головных болях, болях в сердце, энцефалите и параличе, ревматизме, при болезнях почек и печени, а также при раке желудка».
Оттон «Лекарственные растения Якутии» 1980 с. тахсыбыт монографиятыгар сугун абаҕата, чэмпэрээк (багульник болотный) киһи доруобуйатыгар туһатын ырытарыгар Ньыыкан кырдьаҕас туттар ньыматын аҕалар: «По словам народного врачевателя Никона Алексеевича Васильева (1882 г.р., якут, коренной житель Вилюйского района), отвар надземной массы пьют при сердечных заболеваниях. Для этого 10 г сухого растительного материала, собранного перед цветением, кипятят в 1 л воды. Затем 9 капель отвара растворяют в 1 столовой ложке воды и принимают 3 раза в день».
«Уҥуохтаах отону (толокнянка обыкновенная) ханнык ыарыыга туһаныахха сөбүн туһунан маннык суруйбут: «О лечебном эффекте толокнянки знали и применяли в своей практике и якутские врачеватели, такие как Ф. Чашкин (в качестве вяжущего, мочегонного и успокаивающего средства), Н.А. Васильев (при болезнях почек и мочевого пузыря: 20–30 листьев на 0,5 л воды по 3 раза в день по 1 столовой ложке) и др.».
Н.Е. Васильев суруйарынан, доцент, биологическай наука кандидата, геоботаник Семен Захарович Скрябин оҕонньорго анаан-минээн кэлэн кэпсэтэн-ипсэтэн, эмтээх үүнээйилэр тустарынан үгүһү ыйыталаһан суруммут эбит. Оҕонньор кинини күнү быһа батыһыннара сылдьан ханнык үүнээйи хаһан, хайдах хомуллан, дьаһаллан туһаныллыахтааҕын кэпсээбит, көрдөрбүт этэ. Семен Захарович сөҕөн-махтайан: «Үүнээйилэри билэбин дии саныыр этим даҕаны, оҕонньор билэрин-көрөрүн кыратык даҕаны билбэт эбиппин», – диэн билиммитэ үһү.
Оттон С.З. Скрябин диэн дойдуга биллэр улахан ботаник-учуонай этэ. Кандидатскай диссертациятын 1968 с. «Степная растительность в среднем течении р. Индигирки» диэн интэриэһинэй тиэмэҕэ ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Вера Александровна Шелудякова, Михаил Николаевич Караваев курдук ССРС үрдүнэн биллэр бөдөҥ учуонай-ботаниктары кытта бииргэ үлэлэспитэ. М.Н. Караваевы кытта таһаарбыт «Растительный мир Якутии» диэн бөдөҥ научнай үлэлэрэ аан дойду үрдүнэн улахан биһирэбили ылан, 1991 с. «Зеленый покров Якутии» диэн саҥа аатынан хос бэчээттэнэн тахсан күн бүгүҥҥэ диэри ботаника, флористика специалистара кыбына сылдьар кинигэлэригэр кубулуйбута.
Бу биһиги кылгас ырытыыбытыттан да көстөрүнэн, оччотооҕу ботаническай наука уонна фиторесурсология биллиилээх үлэһиттэрэ, дойду бөдөҥ учуонайдара мындыр өйдөөх норуот эмчиттэрин уонна кинилэр дьоннорун-сэргэлэрин эмтиир ньымаларын күүскэ кэтээн көрөн үөрэппиттэр, наадыйалларын бэйэлэрин үлэлэригэр туһаммыттар уонна сүрдээх үрдүк сыанабылы биэрбиттэр эбит.
Улуу эмчит биир дойдулааҕа, биллиилээх археолог, этнограф, историческай наука доктора, профессор Никита Деевич Архипов научнай үлэлэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун, ол иһигэр Боотулуу, Сургуулук нэһилиэктэрин түҥ былыргыларын дириҥник хасыһан үөрэтэн уонна ол туһунан элбэхтик суруйан турар. Кини этэринэн, XX үйэ саҕаланыаҕыттан үөскээбит араас политическай моһоллортон иҥнибэккэ норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна фольклорун кэҕиннэрбэккэ биһиги кэммитигэр диэри тыыннаах аҕалбыт дьоммутунан саха төрүт итэҕэлин илдьэ сылдьааччы ойууннарбыт этилэр. Профессор Н.Д. Архипов араас хайысхалаах наука үлэһиттэрэ Ньыыкан кырдьаҕас туһунан бары этиилэрин, сыанабылларын бииргэ туомтуу тардыы кэриэтэ: «Аан айылҕа биллибэт сүдү күүһүн толору туһанан, отоһуттааһынын кытта ойууннааһынын табыгастаахтык дьүөрэлээн туттубут саха норуотун бүтэһик дьиҥнээх улуу эмчитэ Н.А. Васильев-Ойуун Ньыыкан этэ», – диэн Ньыыкан кырдьаҕас дьонугар-сэргэтигэр оҥорбут сүҥкэннээх үтүөтүн биир этиинэн олус бэргэнник бэлиэтээбитэ баар.
Ньыыкан кырдьаҕаһы кытта элбэх сылларга биир бөһүөлэккэ олорон чугастык алтыспыт, эн-мин дэһэн табаарыстаспыт, ыалласпыт киһинэн, Боотулуу орто оскуолатын учуутала, краевед, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Степан Тимофеевич Боескоров буолар. Биһиги санаабытыгар Степан Тимофеевич норуот эмчитэ Ньыыкан бу билиҥҥи кэм ураты киһитэ буоларын, кини олорон ааспыт олоҕо дириҥ суолталааҕын бастакынан таба өйдөөбүт, бу улуу киһи үтүө аатын үйэтитиигэ бастакы олуктары уурбут киһинэн буолара туох да мөккүөрэ суох. Ол да иһин элбэх сыллар усталарыгар сыралаһан туран Никон Алексеевич уһун, эндирдээх, уустук олоҕор, кини дьонун-норуотун араас ыарыылартан эмтиир ураты дьоҕуругар анаммыт интэриэһинэй матырыйааллары хомуйан «Ньыыкан: норуот эмчитин туһунан ахтыылар» (2001), «Ньыыкан» (2008), «Ньыыкан: бар дьон махтала бараммат» (2011), «Көстүбэт күүс кистэлэҥэ» (2014) диэн түөрт кинигэни таһаартарбыта.
Ньыыкан бу Орто дойду олоҕор Үөһээ Айыылартан анатан, айыллан кэлбит сирдээҕи аналын хайдах толорбутун туһунан С.Т. Боескоров итэҕэтиилээхтик суруйбут: «Ньыыкан араас түһүүлээх-тахсыылаах олоҕу олорон ааспыт киһи киэнэ кылааннааҕа, мындыра буолан, олоҕун сүнньүн таба тутан, бар дьону абырыыр Эмчит Ньыыкан, Хаанньыт Ньыыкан, Ойуун Ньыыкан, Ньыыкан дуо дэтэн, үс сахаҕа биллэн саҥа туран иһэн ойуун буолан дүҥүрүн айааһыырыгар кутурбутун курдук «босхо бастаах бороҥ урааҥхайдары эмтээн абыраан», кырдьарын саҕана ойуун дүҥүрүн туттубакка, эт мэйиитинэн, сэргэх-чэбэр көрүҥүнэн, итэҕэтиилээх сыһыанынан, тиийимтиэ тылынан дьон өйүн-санаатын баһыйан-салайан эмтиир буолан аатырбыт. Норуот эмчиттэригэр итэҕэйии, эрэнии өйүн-санаатын олохтообут сүдү кырдьаҕас – Ньыыкан».
Степан Тимофеевич өссө аан бастакы кинигэтин киириитигэр: «Никон Алексеевич эдэр эрдэҕиттэн дьоҕурун билинэн, ону сайыннарарга бэйэтинээҕэр сатабыллаах аҕа саастаах дьонтон үөрэнэн, киэҥ сиринэн сылдьан үгүс киһини билэн, билсэн, өйө-санаата түмүллэн, дьоҕурунан дьарыгыран, дьоҥҥо туһалаан, олоҕун дириҥ суолталаан бэйэтин өлбөт үйэлээбит», – диэн саамай сөптөөх уонна таба сыанабылы биэрбит.
Ньыыкаҥҥа эмтэнэн, «Орто дойду олоҕун кэрэ киэлитигэр иккиһин эргиллэр дьылҕа бэлэҕин билэр кыахтаммыт» (К.Д. Уткин) хас эмэ сүүһүнэн ааҕыллар саха боростуой дьонун дириҥ махталлаах суруктарын, ахтыыларын хомуйан, тиһэн, сааһылаан хас да кинигэни бэлэмнээн ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр таһаарбыт киһинэн Васильев Николай Егорович, Ньыыкан оҕонньор сиэн быраата, буолар.
Николай Егорович идэтинэн горняк, өр сылларга «Индигирзолото», «Куларзолото», «Депутатсколово» комбинаттарга, Сангаар шахтатыгар уонна Миирнэйгэ үлэлээбит. Кыһыл көмүс промышленноһа сайдыытыгар үтүөлэрин иһин «Гражданскай килбиэн» бэлиэтинэн наҕараадаламмыт.
Николай Егорович Васильев эмчит Никон Алексеевичтыын чугас аймахтыылар. Ол курдук Ньыыкан ийэтэ Огдооччуйа уонна Ньукулай эбэтэ Баабыла бииргэ төрөөбүттэр эбит. Ону таҥара дьиэтин метрическэй докумуоннара эмиэ чуолкай туоһулууллар. Ньыыкан туһунан тоҕо уонна туохтан кинигэ суруйан үйэтитэргэ санаммытын Николай Егорович маннык быһаарбыт: «Ньыыкан ойуун диэнинэн саха норуотугар киэҥник биллибит норуот улуу эмчитэ Никон Алексеевич Васильев туһунан тугу билбиппин-көрбүппүн суруйан хаалларарга сананным. Оҕонньор Түҥҥэ олорбута, биһиги ол туһунан элбэхтик кэпсэтэр буоларбыт. «Суруйааччылар кэлэ сылдьан мин туспунан кинигэ суруйуохпут диэбиттэрэ, онтукалара ханна баарый, эн, ол суруйааччы буолбатах киһи, туох дуоннааҕы суруйуоҥуй?» – диирэ. Кырдьык, мин техническэй үөрэхтээх киһи бэрт ыарахан соругу туруоруннум быһыылаах. Ону ол диэбэккэ, киниттэн тугу билбиппин-көрбүппүн, дьон ахтыыларын түмэн, кинигэ таһаарар эһэм иннигэр мин ытык иэһим дии саныыбын».
Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.