Kitabı oku: «Вануату – дьол уйата», sayfa 2

Yazı tipi:

Табаара эрэ түргэнник атыыга барарыгар баҕалаах дьахтар Миша сааһын сураһа да барбата: онон ити чааһыгар Гриша уот харахха эппит буолан таҕыста. Миша пакет муҥунан пиибэ ылбытын Костя сөбүлүү көрбөтө, тахсаат да, тоҕо итиччэ элбэҕи атыыластыҥ диэн туоһулаһааччы буолла.

– Оттон киһини хат-хат сүүрдүөхтэрэ дии? Наадалаах этэ ол! Уонна кэччэгэй аатырыахпын баҕарбаппын.

– Бэйэҥ олох иһимэ! – Костя мас-таас курдук эттэ.

– Һы, эн миигин бобор-хаайар мамочка үһүгүн дуо? Уоскуй! – Миша сөбүлээбэтэхтии тыбыырда.

– Истэххинэ хайдах курдук хонтуруолгун сүтэрэргин бэйэҥ билэҕин! Бачча эппиэтинэстээх түгэҥҥэ кэлэн баран туттунуоххун!

– Биир бытыылкаттан туох да буолуом суоҕа, куттаныма!

– Барыта биир бытыылкаттан саҕаланар…

– Айка да айка, ньаҕайданан түһэҥҥин, киһини сылатаҕын даҕаны! Хайдах баччааҥҥа диэри эйигин тулуйан кэлбитим буолла?

– Ким кими тулуйбута өссө биллибэт.

Ити курдук уопсайга уолаттар этиһэ-этиһэ киирдилэр. Гриша кинилэри суунан-тараанан, быдан сэргэхсийбит көрүҥнээх көрүстэ.

– Маладьыастар! – диэтэ.

– Мэ, Гришаня, тут, – Миша пакеты уунна.

– Стоп! Мин эһиэхэ ханнык да Гришаня буолбатахпын. Манна миигин бука бары Николас, эбэтэр кылгатан Ник диэн билэллэр.

– Һы, хайдах ол эмискэ Николас буолан хааллыҥ? – Костя соһуйбутун кистээбэтэ, – ама киһи баҕардаҕын аайы аатын уларытыан сөп үһү дуо? Холобур, мин Костябын, аҕам аата Константин, эһэм эмиэ. Биһиги аймахха Көстөкүүн диэн туох эрэ булгуччулаах аат курдук. Аһаҕастык эттэххэ, мин тус бэйэм ааппын оччо айылаах сөбүлээбэппин: Константин Константинович диэн, этэргэ дылы, киһи тылын тоһутуох курдук уһуна бэрт. Ол эрээри, хайыахпыный, төрөппүттэргин талбаккын диэбиттэрин курдук, ааккын эмиэ талбаккын. Этэргэ дылы, хайдах баарынан.

– Эйиэхэ өссө фамильнай аат тигистэҕэ дии, оттон миэхэ Шолохов ханнык эрэ айымньытын главнай геройун аатын мамашам биэрбит. Наадалаах этэ! Короче, уолаттар, миигин үчүгэйдик көрүҥ эрэ, эһиги санааҕытыгар кимиэхэ маарынныыбыный?

– Паапаҕар быһыылаах… – Костя саҥата маҥнайгынан иһилиннэ.

– Суох.

– Оччоҕуна, соседкытыгар… – Миша обургу кэм да сүгүн олорбото.

– Мин билигин эйигин дөйүтүөм, акаары! Соседкытыгар диэбит буола-буола! Эһиги саатар кыратык эмэ мэйиигитин үлэлэтэр кыахтааххыт дуо?! – Гришаня Миша элэгин ылыммата, кыыһыра түстэ.

Уолаттар тугу да этэллэрэ суох буолан, иккиэн саҥата суох тимир ороҥҥо олордулар. Гришаня тулуйар аатыттан ааһан: «Николас Кейджы санаппаппын дуо?» – диэн ыйытааччы буолла.

– Эс, хайдах мас саха эрээригин, буолаары буолан итальянскай хааннаах американскай актерга майгынныаххыный? – Костя сөбүлэспэтин биллэрдэ.

– Аһара ыксаамаҥ, үчүгэйдик көрүҥ, – Гриша баттаҕын өрө көннөрөн, араастаан туттубута буолла.

– Точно! Хайдах баччааҥҥа диэри таайбакка сылдьыбыппыный? Николас Кейдж илэ бэйэтинэн турар курдуккун, только сахалыы варианаҕын! – Миша саҥа аллайда.

– Короче, уолаттар, миигин мантан инньэ Гришаня диэн ыҥырымаҥ, өйдөөн кэбиһиҥ, мин Николаспын, кылгатан – Ник. Онон бүтэр.

– Круто! Оччоҕуна мин Майклбын! Миша диэн аат аһара боростуой! – Миша хараҕа уоттана түстэ, ол эрээри Гришаня-Николас кинини саба саҥарда:

– Мэхээс диэн аатырыаххын баҕарбат буоллаххына, Мишаҕынан хаал. Аат мээнэ бэриллибэт. Заслужить надо, – диэтэ киэбирбиттии.

– Айка, лабаҥхалаан бүтүҥ, «абырахта» түргэнник биэриҥ эрэ! – суорҕаҥҥа сууланан сытар Леха саҥата иһилиннэ. Онуоха Николас «абыраллаах аһын» табаарыһыгар уунна.

– Уу, хата, дьолго тымныы эбит! Дьэ, бэрт! – Леха тыастаах баҕайытык иһэн куллурҕатаат, кэҕэрдэн ылла.

– Па, бу киһи тугун сүрэй! Манна оҕолор эҥин бааллар, туттунуоххун?! – Николас сымыйанан сэмэлээбитэ буолла.

– Улахан баҕайы эбит… Что естественно, то небезобразно. Короче, мин салгыы утуйдум, эһиги буоллар, чуумпутук кэпсэтиҥ, – диэт, кини кураанах бытыылкатын орон анныгар туруора сатаата да, онтуката түөрэҥкэлээн баран, сууллан түстэ уонна быыллаах муоста устун түгэх диэки төкүнүйэ турда.

Бытыылка хаһан истиэнэҕэ тиийэн сааллыар диэри, тоҕо эрэ бары саҥата суох олордулар, онтон дьэ, кэмниэ кэнэҕэс, бытыылка кылгас айана тохтообутун кэннэ, Миша: «М-м-да…» – диэтэ.

– Кола кимиэнэй? – Николас пакеттан оруу туран ыйытта.

– Костикка ылбытым, кини пиибэ испэт, – Миша өрүһүспүттүү хоруйдаата.

– Да-а? Интэриэһинэй эбит. Чэ, оччоҕуна, Мишка, эн биһиги дьоҕойон охсуһуннарыахха. За встречу! – диэт, Николас Лехаттан итэҕэһэ суох хантатан кэбистэ уонна эмиэ… толоостук кэҕэрдэн ылла. Миша итиччэлээҕи истэн, иһин тутта-тутта, күлэн алларастаата:

– Хайа, бэйэҥ да Лехаттан хаалсыбат эбиккин дии!

– Уу, бэрт да бэрт! Дьэ тиллиэх курдукпун, – Николас чахчы абыраммыт киһилии тылласта.

– Хата, кэпсээ эрэ, бэҕэһээ бачча айылаах буолуоххутугар диэри ханна сырыттыгыт? – Миша куорат сонуннарын истэ охсор баҕата баһаам быһыылаах.

– Бастаан биир квартираҕа мустубуппут, кыратык олоро түһэн баран атын квартираҕа барбыппыт, онтон ночной кулуупка, онтон салгыы өссө ханна эрэ сылдьыбыппыт. Бэйэм да өйдөөбөппүн. Айуу-айа, нэһиилэ уопсайбытыгар сыыллан кэлбиппит.

– Гришаня… – Миша саҥаран истэҕинэ, кытаанах саҥа иһилиннэ:

– Мин Николаспын, кылгатан – Ник, ити ыккардыгар умна оҕустуҥ дуо?

– Тууй-сиэ! Гриша диэн ааттыы үөрэнэн хаалбыппын, бырастыы гын.

– Билиҥҥиттэн итиччэ умнуган буоллаххына, иэдээн дии! Оҕонньор буоллаххына бэйэҥ да ааккын умнарыҥ буолуо! – Гриша тугунан Николас Кейджкэ маарынныырын бу диэн этэр уустук эрээри, уол Коппололар кылааннарыгар быһаччы сыһыаннаах курдук туттар-хаптар: ама, аат киһиэхэ сабыдыала итиччэ улахан буолуо дуо?

– Николас, мантан киэһэ туох былааннааххыный, ханна эрэ бара сылдьыбаппыт дуо? – Миша, пиибэ иһэн эбитэ дуу, сытыырхайбыта сүрдээх. Костя иһигэр мааҕыттан мөҕүттэ олорорун кини курдаттыы сэрэйэр буолан, табаарыһын диэки хайыһан да көрбөт, аһатар-сиэтэр киһитэ аҥаардастыы Николас буоларыныы, киниттэн хараҕын араарбат.

– Бачча куоракка кэлэн баран, саатар ханна эмэ сылдьыахха, аралдьыйыахха ээ, күнү күннээн автовокзалга олорортон сылайдыбыт.

– Дьиҥинэн, бүгүн утуйа түһүөхпүн баҕарбытым да, хайыахпыный, земляктарбын сааратарбар тиийэбин. Ол эрээри бастаан баран аһыахха, онтон туох ханнык буолара көстөн иһиэ. Эһиги даҕаны аччыктаатыгыт ини? – Николас бэйэтин өттүттэн улахан өҥөнү оҥорон эрэр киһилии саҥарда.

– Аччыктаан бөҕө, куртахпыт курулаабыта ыраатта, – Миша өрүһүспүттүү хоруйдаата. Ити тухары Костя саҥата иһиллибэтэ.

* * *

Кафеҕа киһи аҕыйах буолан биэрдэ, онон уолаттар түргэн соҕустук астарын ылаат, остуолга олордулар. Сибиэһэй хаппыысталаах борщ сыта бэрт да бэрт!

– Оһуобайдык аһаталлар эбит, – Миша борщун иҥсэлээхтик иһэрин быыһыгар нэһиилэ тыын ылан эттэ.

– Үчүгэйэ диэн, манна сыаната атыттардааҕар быдан чэпчэки. Ол эрээри, кыахтааҕым буоллар, бу кафеҕа тыһыынчата үктэнэн бэрт.

– Бай, тоҕо? – Костя борщугар уста сылдьар лавровай лииһи тэриэлкэтин кытыытыгар ньуоскатынан анньан биэрдэ.

– Рестораннарга эрэ аһыам этэ. Бу курдук бэйэм подностана-подностана эрэйдэммэппин, сыстан хаалбыт макарону сиэри сордоммоппун, – Николас биилкэнэн биир кэлимсэ буолуор диэри буһарыллыбыт макарону араарталыы сатыы олорон эттэ.

– Оо, аһыыр үчүгэй даҕаны! Мин тус бэйэм сыстыбыт да макарону сирбэппин, – Миша иккис бүлүүдэтигэр түстэ.

– Биллэн турар, үчүгэй. Ол эрээри, уолаттар, таайыҥ эрэ, аһыыры таһынан мин өссө тугунан дьарыктанарбын сөбүлүүрүм буолуой? – Николас ити тыллары этэригэр харахтарыгар дьээбэлээх уот оонньоото.

– Көрүлүүргүн сөбүлүүгүн, – эмиэ Миша саҥата иһилиннэ. Костя кэпсэтиигэ төрүт да кыттыбакка, саҥата суох аһыы олордо.

– Ону баҕас ким сириэй? Аһыыр, уһуннук утуйар, күүлэй тэбэр туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри мин өссө кыргыттар төбөлөрүн капитально иирдэрбин астынабын, – диэн саайда Николас.

– Да-а? Хайдах ол иирдэҕин? – Миша сэргэхсийэ түстэ.

– Кистэлэҥ суох. Ханнык баҕарар кыыска «таптыыбын» диэн этиэҥ эрэ кэрэх, кини – эйиэнэ.

– Куораттар ама оччо сэлээрчэхтэр үһү дуо? – Миша итэҕэйбэтэҕэ буолла.

– Куорат кыргыттара диигит да, манна улахан аҥаардара – тыалар. Эрэйдээхтэр бары тапталга наадыйаллар, бары кэргэн эрэ тахсар баҕалаахтар, төбөлөрүн иһэ, короче, любовь-морковь эрэ. Оттон эһиги ити чааһыгар хайдаххытый?

– «Хайдаххытый» диэн тугу ыйытаҕыный? – Мишка өйдөөбөтөҕө буолла.

– Кырыллыбытынан мальчиктаргыт дуу, эбэтэр кыргыттар төбөлөрүн эмиэ иирдэҕит дуу? – Николас пал гыннарда.

– Бу да киһи мээнэ-мээнэ ыйыттаҕын?! – Миша кыбыстыбыта буолла.

– Чэ, Костя – биллэр дьыала. Оттон эн, Мишка?

– Тугуй?

– Оттон, ломайся гыммаккаҕын, кэпсээ ээ.

– Ээ, табыгаһа суох, – диэт, Миша Костя диэки кылап гынан көрөн ылла: толлоро итиччэ эбитэ дуу?

– Кэпсээ-кэпсээ. Кимтэн кыбыстаҕын? Бары бэйэ дьоно олоробут, – Николас арахсар аат суох.

– Ну… короче… Хатыҥнаахха Таня диэн атыылааччы баар, – Миша салгыы эмиэ кинини аһатар-сиэтэр киһи аҥаардас Николас эрэ буоларын курдук Костяҕа кырыытынан олорон кэпсээн барда, – эн кинини билэриҥ саарбах. Ол эрээри биһиэнин курдук кыракый дэриэбинэҕэ оннооҕор ыттар ааттара, хаһаайыннара кимнээх буолаллара кытта биллэр. Короче, ол Таня атын, ханнык эрэ хотугу улуустан кэлбит. Эриттэн арахсыбыт, биир оҕолоох.

– Хайа, олох дьиҥнээх мачо эбиккин дии! – Николас итини эрэ көһүппэтэх буолан, бэл диэтэр, харахтара кэҥээтилэр. Оттон Миша, аттыгар Костя кулгаах харах буолан олороруттан баттатан эбитэ дуу, чочумча саҥата суох ах барда.

– Чэ-чэ, итиччэ быктаран баран, салгыы кэпсээн ис! Хайдах билсибиккитий? – Николас ыкта.

– Биирдэ ийэм маҕаһыыҥҥа килиэп атыылаһыннара ыыппыта. Үлэ чааһа бүтэн эрэрэ, тоҕо эрэ маҕаһыыҥҥа ким да суоҕа. Таня миигин үөрэ-көтө көрсүбүтэ, «тугу атыылаһаҕын?» диэн ыйыппыта.

Мин «икки бухааҥка килиэп» диэбитим уонна харчыбын ууммутум. Кини буоллаҕына, килиэптэрбин пакекка уган баран, мичээрдии-мичээрдии харахтарын миигиттэн араарбакка турбута. Ыытыан баҕарбата сирэйигэр сурулла сылдьара. Мин даҕаны тоҕо эрэ ханна да ыксаабат киһилии, биир сиргэ тоһоҕонон сааллыбыт курдук турбутум. Таня эмискэ: «Маҕаһыыммын сабар кэмим кэллэ, ааннарбын хатыырбар көмөлөһүөҥ дуо?» – диэбитэ. Мин аккаастаныам дуо, сөбүлэстэҕим дии. Ити курдук иккиэн көмөлөөн түннүктэри, киирэр ааны саппыппыт. Бэйэм буоллаҕына, ити кэмҥэ уора-көстө дьахтары кэтээбитим. Таня төһө да сааһынан миигиттэн быдан аҕа буоллар, тас дьүһүнүнэн киһи сирбэт дьахтара. Кыратык суон эрэ, ону да хараҕыҥ үөрэннэҕинэ, туох да куһаҕана суох курдук. Чэ, ол туран эмискэ испэр «бээрэ, оччоҕуна мин били түгэх аанынан тахсан бүгүн дьиэлиир буоллаҕым дуу?» диэн таайа санаабытым. Сөпкө да сэрэйбит эбиппин, ол эрээри Таня тута дьиэлэппэтэҕэ: «Давай, чайкуулуохха», – диэбитэ.

– «Чайкуулуохха»? – Николас туох эрэ олус интэриэһинэй, соһуччу сонуну истэрдии сэҥээрэ олордо. Миша даҕаны Костяттан кыбыстарын, туттунарын умнан, сыыйа-баайа тыла өһүллэн барда.

– Да, «чайкуулуохха» диэбитэ. Мин буоллаҕына, чэйдээтэххэ да туох баар үһүнүй диэммин, сөбүлэспиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Таня миигин эрдэттэн кэтэспит курдук, түргэн үлүгэрдик ыйааһынын таһыгар аһын кэчигирэтэн барбыта, эбиитин коньяк орообута… – Миша ити кэнниттэн саҥата суох ах барда, чэйигэр баар саахары булкуйа олордо.

– Мишка, ити соруйан тохтуугун дуо? – туох эрэ уһулуччу умсугутуулаах киинэни реклама быһа түспүтүттэн ньиэрбинэйдээбиттии, Николас тулуйбата: – салгыы туох буолбутай?

– Салгыы дуо? Һы, билэ-билэҕин, тоҕо ыйытаҕын? – Миша чэйин ыймахтаата.

– Кууллаах бурдуктар быыстарыгар дуо?

– Арааһа оннук да буолуо. Коньяктан эбитэ дуу, барытын бүдүк-бадык курдук өйдүүбүн. Ол эрээри дьиэбэр килиэп тутуурдаах тиийбитим.

– Биир сырыынан бүппүккүт дуо?

– Эттэҕиҥ да баар! Таня, уопуттаах дьахтар, миигин ыытан бэрт, ыты сыапка баайалларыныы, ыраатыннарбакка, адьаһын бэйэтин аттыгар сырытыннарбыта.

– Оттон, хата, айдаан тахсыбата дуо?

– Туох айдаана? – Миша өйдөөбөтөх курдук тутунна.

– Һы, бу да киһи ыйыттаҕын? «Совращение несовершеннолетнего» диэн сыалай ыстатыйа баар. Ол Таанньаҕын сууттаан саайыа этилэр, дьэ, оччоҕуна көрүлээн бүтэҕит. Оттон, Костя, саатар эн биллиҥ ини?

– Суох, Мишка миэхэ биирдэ да кэпсээбэтэҕэ, – Костя нэһиилэ хоруйдаата. Бу кэпсэтии хайдахтаах курдук кини истэригэр кыбыстыылааҕын сэрэйиэххэ эрэ сөп.

– Һы, оччотугар эһиги адьас улуу конспиратордар эбиккит дии?! – Николас сөҕүөн сөхтө. – Оттон ханна көрсөр этигитий? Итиччэ кыра дэриэбинэҕэ киһи саһар да сирэ суохха дылы!

– Ханна буолуой, маҕаһыыҥҥа, – Миша тоҕо эрэ баҕарбатахтыы хоруйдаата: арааһа бу кэпсэтииттэн бэйэтэ да салҕан барда.

– Ха-ха-ха! Кууллаах бурдуктар быыстарыгар! Ха-ха-ха…

– Гришаня…

– Ни-ко-лас… Эбэтэр Ник.

– Тууй-сиэ, умна турабын ээ. Ник, аны эн бэйэҥ сырыыларгын кэпсээ, эн уочаратыҥ.

– Һы, үөрбүт дии! Кэпсээн бэрт!

– Тоҕо кэпсээбэккиний?

– Аһара элбэх бириэмэ барыа. Биир күнүнэн бүппэккин.

– Оттон саатар кыратык.

– Суох диэтим, онон бүтэр.

– Һы, киһи кистэлэҥин күүскүнэн кэриэтэ иһиттиҥ, бэйэҥ буоллаҕына тугу да кэпсээбэккин! Дьаабы киһигин дии! – Миша албыннаппыт курдук саҥарда.

– Улахан баҕайы кистэлэҥнээх эбиккин! Манна диэн эттэххэ, мин олох да итэҕэйбэтим.

– Тоҕо?

– Костик билбэт дии! Манна кэлэн саҥардыы истэ олорор. Дьиҥинэн, кини маҥнайгынан билиэхтээх этэ. Этэбин дии, итинник сырыылары өр кэмҥэ, буолаары буолан быыкаа дэриэбинэҕэ, кимтэн да кистээбэккин. Онон арааһа айан кэпсээтиҥ.

– Итэҕэйбэт буоллаххына, итэҕэйимэ, – Миша өһүргэнэ быһыытыйда.

– Ити аайы кыыһырыма, хата, ханна туттарсаргыт туһунан кэпсээҥ!

– Костя экономическайга, оттон мин культура колледжыгар дуу, эбэтэр табылыннаҕына үрдүк үөрэҕэр. Онно аҥаардас ЕГЭ-нэн киирбэккин, айар конкурс диэни хайаан да ааһыахтааххын, онно кэллим.

– Артыыс буолуоххун баҕараҕын?

– Ханна ылалларынан. Ол эрээри бэйэм хореографическайга ордук баҕарабын да, хайдах буолар.

– Һы, хата, саҥа истэ олоробун. Ким эйигин үҥкүүлүүргэ үөрэппитэй?

– Ким үөрэтиэй? Хатыҥнаахха үҥкүү диэҥҥэ ким да наадыйбат. Кулууппут хайдах курдук самналлан турарын бэйэҥ билэҕин, дьон оннооҕор Саҥа дьылга да мустубатын тэҥэ.

– Оччоҕуна хайдах үҥкүүһүт буолан хааллыҥ?

– Телевизорынан уонна диискэлэринэн көрөн эрэ. Сиэркилэҕэ көрүнэ-көрүнэ өр үтүгүннэххэ, син туох эрэ тахсар.

– Телевизорынан көрөн үҥкүүһүт буолбут диэн да. Ити туһунан бастакыбын истэбин.

– Шансым аҕыйаҕын бэйэм да билэбин эрээри, син биир боруобаланан көрүөм. Түмэппийи билэҕин буолбат дуо? – Миша эмискэ кэпсэтии ис хоһоонун уларытта.

– Хайдах билиэм суоҕай?

– Кини биирдэ итирик кэлэн баран, ыһыы-хаһыы бөҕөнү тардыбыта: «Хотоҥҥо тахсан, ынах ыаспаккаҕын, үҥкүүлүү сылдьаҕын! Мин моонньубар таах мээнэ олороҕун, дармоед!» Кырбыы сыспытын, нэһиилэ мүччү туттаран, таһырдьа куоппутум. Бу Костиктаахха хоммутум. Онтон сарсыҥҥытыгар кэлбитим, аппаратурам биир да суох. Барытын былдьаан ылбыт уонна биэрэр аат диэн суох.

– Дьиккэр эбит дии! – Ник кэлэйбитэ буолла.

– Ол эрээри мин да акаары буолбатахпын, сонно тутатына баһылык аатыгар сурук суруйбутум. Туох иһин баһылык буолбутай, ороостун ээ!

– Туох диэн суруйбуккунуй?

– Тугу да айа сатаабатаҕым, баары суруйбутум: «Түмэппий маннык-маннык миигин атаҕастыыр, малларбын былдьыыр, быдьар тылларынан үөҕэр, сутуругун өрө көтөҕөр, онон суһаллык миэрэтэ ыла охсуҥ» диэн.

– Ничего себе! Сурукта суруй диэн ким эйиэхэ өй укпутай? – Ник уол сытыытыттан бэйэтэ да соһуйда быһыылаах.

Кырдьык, атын эбитэ буоллар, саҥата суох ньимийэн баран сылдьыа этэ. Дьиэ иһигэр буолар бурайсыыны үгүс дьон олбуор таһыгар таһаара сатаабаттар эбээт!

– Биирдэ телевизорынан төрөппүттэр уонна учууталлар хайдах курдук оҕолору атаҕастыылларын, кинилэр бырааптарын быһалларын туһунан көрдөрбүттэрэ. Итинник түбэлтэлэргэ сорох оҕолор суукка биэрэн, кыайаллар эбит.

– Оттон баһылык эн быраапкын, дьэ, төһө көмүскээтэй? – Ник зубочистканан тииһин ыраастыы олорон ыйытта.

– Көмүскээн бөҕө. Биир күн оскуолабыттан кэлбитим, малым уруккутун курдук орун оннугар турара. Арааһа, баһылык Түмэппий чанчыгын үчүгэй соҕустук чаачыгыраппыт быһыылааҕа.

– Маладьыас эбиккин! Өлөн-охтон биэриэ суоххун!

– Бэйэбин баҕас атаҕастаппаппын.

Ити кэмҥэ Ник мобильнайа тыаһаата, Джастин Тимберлэйк мелодията кутулла түстэ.

– Але-е, – Ник сүрэҕэлдьээбит куолаһынан нэһиилэ хоруйдаата. «Хаска?», «Кимнээх?», «Ну, ладно» диэн тылларынан муҥурданаат, төлөпүөнүн араарда уонна Миша диэки ө-өр да өр көрдө. Онтон кэмниэ кэнэҕэс эттэ:

– Һы, таҥара биһиги кэпсэтиибитин истэ олорор курдук. Короче, табаарыстарым пааркаҕа ыҥыраллар. Сотору үҥкүү фестивала ыытыллар үһү, онно бэлэмнэнээри мусталлар. Барабыт дуо?

– Барыахха!!! – Миша, киниэхэ дьоллоох билиэт тиксибитинии, бэл диэтэр, ытыстарын таһынна уонна Костяҕа эттэ:

– Костя, хайаан да баран көрүөххэ!

– Төһө өр буолуой? – Костя билбэт сиригэр билбэт оҕолорун көрө барар баҕата суоҕа өйдөнүллэр.

– Билбэтим, – чахчы да Николас ону хантан билиэ баарай? Халлаан алдьаннаҕына Хатыҥнаахха бачча чааһынан тиийиэхпит дииллэрэ сымыйатыныы, куорат ыччатын эйгэтигэр дьыала саҕаланыа эрэ кэрэх, тугунан уонна хаһан түмүктэнэрин туһунан этэ да барыллыбат.

– Костик, эн туохтаа, хата, Милаҕа эрий уонна кинини ыҥыр! Кэм билэр киһигин көрөн, аралдьыйыаҥ дии! Ник, баһаалыста, сотовайгын начаас биэр эрэ, – Миша, Костяҕа аккаастанар да бокуой биэрбэккэ, төлөпүөн уунна.

Анарааҥҥыта, хайыай, төлөпүөнүн туппутунан турда уонна түннүк диэки хаамта. Туруупканы кулгааҕар даҕайаат: «Мила, баһаалыста, туруупкаҕын ылыма», – диэн сибигинэйдэ эрээри, барыта төттөрү буолан таҕыста: тута кэриэтэ Мила куолаһа иһилиннэ. Костя хайдах курдук долгуйбутун дьэ онно биирдэ өйдөөтө. Тоҕо эбитэ буолла, киниэхэ кыл түгэнигэр бу кэпсэтии бүгүн буолбакка, кэлин буолуохтааҕын сыыһа чугаһаппытын туһунан санаа үөскээтэ. «Көннөрүллүбэт алҕаһы оҥорон эрэҕин быһыылаах» диэн ис куолас ыйа сатаата да, суолун ортолообут айанньыт төттөрү төннүбэтин тэҥэ, итиччэ эрийэн баран, Костя саҥата суох туруо дуо?

– Мила, привет… – уол куолаһа нэһиилэ иһилиннэ эрээри – дьикти! Мила тута кинини биллэ.

– Костя-а!!! – диэн үөрбүттүү саҥа аллайда.

Костя, биллэн турар, санаата чэпчии түстэ: хойуу буруо халлааҥҥа көтөн тахсан симэлийэн хааларыныы, били, мааҕыҥҥы саарбахтааһыныттан, кэмсиниититтэн суол омооно да хаалбата. Аҕыйах тылынан кэпсэтээт, бүтэһигэр уол кыыһы пааркаҕа ыҥырда. Кыыс сөбүлэстэ. Бүттэҕэ ол. Костя долгуйан да биэрдэ! Долгуйуутуттан, бэл диэтэр, сүрэҕэ «тук-тук» тэбиэлиирин истэргэ дылы. Төлөпүөнү араараат, кини тута уолаттарга төннүбэтэ, түннүгүнэн таһырдьаны одуулуу турда. Светофорга кыһыл уот тыгар, ханна эрэ ыксаан-бохсоон иһэр дьон тохтуу биэрэр, онтон от күөх уот тыгаатын кытары, эмиэ хамсааһын саҕаланар. Киһи олоҕо светофор тэҥэ: күөх, саһархай, кыһыл уоттар. Хойутаабакка, илин-кэлин түспэккэ, сөрү-сөпкө хаамыахха эрэ наада. Сип-сибилигин Костя сыыстарбата ини: кини күөх уот диэбитэ дьиҥнээхтии күөх ини?

– Хайа? – кэнниттэн Миша саҥата иһилиннэ.

– Миша, эн санааҕар барыта дьикти баҕайы буолбатах дуо? – Костя эргиллэ биэрдэ.

– Туох?

– Сарсыарда оройуон кииниттэн Дьокуускайга айаннаан иһэн, бу күн маннык салаллыа диэн эн да, мин да санаабатахпыт эбээт?

– Киһи олоҕо эрдэттэн суруллубут сценарий курдук хаһан да буолбат.

– Оннугун оннук эрээри, ханнык эрэ атын көстүбэт күүс туораттан салайарыныы, барыта өйдөнүллүбэт баҕайытык сааһыланан эрэр: автовокзал аттыгар сиргэ олорор бомж, куоракка кэлэн баран Николас буолбут Гришаня, Мила уонна эн…

– Һы, ол мин эйигин туохпунан эмиэ соһуттум?

– Атыылааччы Таня уонна эн… Ити туһунан мин түһээн да баттаппатаҕым.

– Эс, ама итэҕэйдиҥ дуо?

– Кэпсээбитиҥ кэннэ итэҕэйиминэ.

– Ээ, бу да киһи, сымыйанан айан кэпсээбитим ээ!

– Оччотугар хаһан албынныыргын, хаһан кырдьыгы этэргин быһаарар олус уустук буолсу.

– Баччааҥҥа диэри миигин билбэт киһиэхэ дылы буолаҥҥын?!

– Хайа, барабыт дуу, суох дуу? – Гришаня-Николас ыксаабыт саҥата иһилиннэ.

– Баран бөҕө! Костик, оттон Мила туох диэтэй, пааркаҕа кэлиэх буолла дуо?

– Кэлиэх буолла.

– Бүттэҕэ ол! Эн буоллаҕына ону-маны өйдөммөтү саҥараҕын! – диэт, Миша доҕорун санныга аста.

* * *

– Таах мээнэ кэлбит үһүбүт дуо? Баран үҥкүүлээ! Тугу сатыыргын көрдөр! – үҥкүүлээн эриллэҥнии сылдьар оҕолорго Миша ымсыыра турарын сэрэйэн, Ник уолу инники аста.

– Оттон эн? – Миша сайыспыттыы ыйытта.

– Мин уолаттары кытары кэпсэтэрдээхпин, онон миигин сүтүктээмэ.

Миша бастаан утаа үҥкүүлүү сылдьар оҕолорго аттыларыгар чугаһаан, көннөрү тэпсэҥнии турда. Ол эрээри, бэрт сотору, тулуйбакка, үҥкүүлэспитинэн барда. Чэ, быһатын эттэххэ, кини отой чуҥкуйбат күнэ үүммүт. Ол оннугар Костя бу хампаанньаҕа хайа да өттүнэн сөп түбэспэтэ уот харахха быраҕыллар: сатаан үҥкүүлээбэт, эбиитин кэпсэтэр киһитэ суох. Мила кэлбэтэҕэ буоллар хайыа эбитэ буолла, бырдах аһылыга буолан бүтүө эбит.

– Привет! – арааһа Мила саҥата Костя кулгааҕыгар ханнык да музыка дорҕоонунааҕар күндүтүк иһилиннэ!

– Мила, дорообо! Хата, мин дьолбор, түргэнник кэллиҥ! – Костя чахчы да Миланы көрөн үөрдэ.

– Оччо чуҥкуйдуҥ дуо? – кыыс харахтарын тэрбэччи көрдө.

– Майгыбын хайдах да уларытар кыаҕым суох: хаһан да бэйэм бастакынан билбэт дьоммун кытары билсиһэ, бодоруһа сатаабаппын. Ол иһин убайым миигин «бүтэйгин» диэн ааттыыр. Онон, эйигин ыҥырбатаҕым буоллар, хайдах манна тулуйан-тэһийэн олорорбун сатаан санаабаппын. Хата, эн кэллиҥ…

– Эн уларыйбатаххын… – Мила ити икки тылы биир тыынынан эттэ.

– Эн эмиэ… арай уһаабыт курдуккун.

– Да-а?!

– Баҕар, ол мин ыскамыайкаҕа олорон эйигин хантайан көрөрбүттэн буолуо…

– Эбэтэр үрдүк хобулуктаах түүппүлэни кэппиппиттэн буолуо, – Мила уол аттыгар олордо.

Лаампаны тыктардахха хос иһэ эмискэ сырдыы түһэринии, сорох дьон бэйэлэрин тула дьикти сыдьаайыыны, сылааһы, кэрэни тарҕатар ураты дьоҕурдаахтар. Мила эмиэ оннук, дэлэҕэ даҕаны кини кэлээтин кытары Костя сэргэхсийэ түһүө дуо?

– Ол эрээри, Мила, эн уларыйбыккын, – Костя саҥата сибигинэйии кэриэтэ чуумпутук иһилиннэ.

– Тугум уларыйбытый?

– Кыһын эн сирэйгэр веснушкалар суох этилэр, оттон билигин…

– Оо, ити баҕас сөпкө эттиҥ: күн уотугар мин сирэйим бастакынан бэринэр, хайыыр да кыах суох.

Эмискэ уоллаах кыыс ах бардылар: ким билиэ баарай, баҕар истэригэр ахтыспыттара буолуо да, тоҕо эрэ кинилэр икки ардыларыгар биллибэт истиэнэ үөскээбитинии, саҥата суох олордулар. Мила бастакынан чуумпуну кэстэ:

– Биһиги доҕордоһуубут, этэллэрин курдук, виртуальнай эрэ буоллаҕа. Костя, хата, кэпсээ эрэ бэйэҥ тускунан!

– Мила, мин бэйэм туспунан кэпсээним автобиографияны ааҕар тэҥэ интэриэһинэйэ суох буолуон сөп, онон саҕалаабатах да көнө.

– Ама биир да уһулуччулаах түгэн эн олоххор буолан ааспатаҕа дуо?

– Бу диэн өйдөөбөппүн. Оттон эн олоххор, Мила, туох уһулуччулаах буолбутай?

– Арааһа суох быһыылаах. Биирдэ толкуйдаан көрдөххө, барыта күннээҕинэн диэбит курдук: детсад, онтон оскуола, сайын аайы каникул кэмигэр тыаҕа эбэбэр баран сынньанарым, арай биирдэ Анапаҕа уонна былырыын Турцияҕа сылдьыбыппыт. Мин кэпсээним эмиэ кылгас буолан тахсар.

– Куорат олоҕо кэм интэриэһинэй ини. Оттон биһиэхэ, Хатыҥнаахха, ордук сайынын бириэмэ тохтообутун курдук биир тэҥ буолааччы: дэриэбинэ иһэ уу чуумпу уонна ким да уулуссаҕа быкпат.

– Эн куоракка кимниин кэлбиккиний?

– Көрөҕүн, ол санныгар түһэ сылдьар уһун баттахтаах уолу? – Костя уутугар-хаарыгар киирэн үҥкүүлүү сылдьар Миша диэки ыйда, – ити мин доҕорум Мишка. Биһигини манна университекка үөрэнэр биир дойдулаахпыт аҕалбыта. Куорат чахчы дьону уларытар быһыылаах: ол уол төрүөҕүттэн Гриша диэн ааттаах бэйэтэ манна кэлэн Николас буолбут. Тоҕо диэтэргин Николас Кейджкэ майгынныыр үһү.

– Ама кырдьык дуо?

– Бэйэҥ көр. Ол турар, – диэт, Костя уолаттар ортолоругар табахтыы турар Гриша-Ник диэки ыйда. Кыыс, чочумча саҥата суох олорбохтуу түһэн баран:

– Кырдьык, кыратык туга эрэ майгынныыр. Ордук ойоҕоһуттан көрдөххө. Оттон доҕоруҥ Миша үҥкүүһүт бэрдэ эбит дии! – диэн саҥа аллайда.

– Ол баҕас чуолкай, ол эрээри кини аҥаардас үҥкүүһүт эрэ буолбатах, кини дэгиттэр талааннаах уол. Холобур, үчүгэйдик уруһуйдуур. Оннооҕор боростуой харандааһынан, эбэтэр кирпииччэ тоорохойунан, чоҕунан, бэл диэтэр кумахха маһынан хайдахтаах курдук сурааһыннары сүүрэ сылдьан оҥорорун көрбүтүҥ буоллар, бэйэҥ соһуйуоҥ этэ. Оттон миэхэ, хомойуох иһин, итинник дьоҕур сыстыбатах…

– Ол оннугар эн математиккын, – Мила уол санаатын өрө көтөҕө сатаата.

– Ээ, ол диэн…

– Эн олимпиадаҕа барыларын сөхтөрбүтүҥ: ханнык эрэ ыраах улуустан кэлэн баран, манна сылы сыллаан анал оскуолаларга такайыллан үөрэнэр оҕолору кэннигэр хааллартаабытыҥ…

– Биһиги математикпыт курдук учуутал кинилэргэ баара саарбах. Итэҕэйиэҥ суоҕа, МГУ-ну бүтэрбит киһи.

– Да-а? Хайдах эһиэхэ тиийэн хаалбытый?

– Баппакка диэххэ сөп. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Дьокуускайга ханнык эрэ институкка үлэлии сылдьан, профессоры кытары бурайсан оройуон киинигэр көспүт, онно да өр үлэлээбэтэх, туохтан эрэ сылтаан Хатыҥнаахха барбыт уонна онно олохсуйбут. Ол эрээри биһиэхэ даҕаны сүгүн-саҕын сылдьыбат, директоры, завуһу кытары мэлдьи тапсыбат аатырар, уопсайынан, майгытыгар биир дьиктилээх: киниттэн үрдүк дуоһунастаах дьону кытары бурайсар, хаһан да биир тылы булбат, куруук утарар идэлээх. Ол эрээри үөрэтэрэ чаҕылхай, ол иһин тулуйаллар.

– Миша, олимпиада кэнниттэн эйигин Дьокуускайга математическай оскуолаҕа көһөрө сатаабыттарыгар тоҕо аккаастаммыккыный?

– Билиэххин баҕарар буоллаххына, ити туһунан мин оннооҕор төрөппүттэрбэр да кэпсээбэтэҕим.

– Тоҕо-о?

– Итиччэ үчүгэй учууталлаах эрээрибин тоҕо ханна эрэ көһө сатыахпыный? Уопсайынан, аһара онно-манна талаһа сатаабаппын. Баҕар, аһара математиканан үлүһүйэрбиттэн буолуо, биир үксүн бэйэм бэйэбэр сылдьарбын ордоробун, этэллэрин курдук «коммуникабельнайа суохпун». Оттон Миша туһа туспа. Кини дьону кытары түргэнник билсэр, хаһан да кыбыстыбат, кимтэн да толлубат. Көрөҕүн, билигин даҕаны ити хаһан да харахтаабат уолаттарын ортолоругар адьас бэйэ киһитэ буолан хаалбыт дии.

– Хайа, пиибэлии тураллар дии? – кыыс маҥнайгынан бэлиэтии көрдө.

– Дьэ, ити баҕас куһаҕан. Мишка собуоттанан бардаҕына тохтуур аата суох буолааччы.

– Оччоҕуна бу киэһэ эрэйдииһик дии!

– Хомойуох иһин, оннук да буолуон сөп. Туормас диэн суох киһитэ.

– Бэйэтэ талбытынан сырыттын ээ.

– Мишка туохха эмэ түбэстэҕинэ эппиэтинэһи мин сүгэрбэр тиийэбин. Хайдах бииргэ кэлэн баран, атырдьах салаатыныы, арахсан хаалыахпытый?

– Оччоҕуна иннэлээх сап курдук бииргэ сылдьаҕыт дуо?

– Оннугар тиийиллэр.

Миша, кини туһунан кэпсэтэллэрин сэрэйбиттии, пиибэтин иһэ охсоот, чугастыы турар урнаҕа кураанах бытыылкатын бырахта уонна Костялаахха утары хааман кэллэ.

– Привет. Милаҕын дуо? – диэтэ кини, мичээрдии-мичээрдии. О-о, ити мичээри тулуйар кыыс аҕыйаҕа буолуо!

– Привет. Милабын, – кыыс уол кини аатын билэриттэн иһигэр соһуйдаҕа, ол эрээри саҥарбата.

– Оттон мин Мишабын, – диэт, кини Мила аттыгар олордо, – Костик мин туспунан кэпсээтэ ини?

– Кэпсээтэ.

– Туох диэтэй? – Миша төһө да мичээрдиирин тохтоппотор, хараҕа тымныынан хаарыйда.

– Үчүгэйи эрэ эттэ. Талааннаах диэтэ, үҥкүүһүт, ырыаһыт, уруһуйдьут… Таҥара эйигин айарыгар атыттардааҕар арыый да уһуннук бодьуустаспыт быһыылаах.

– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын, – уол кыыһы тонолуппакка одуулаата.

Ол өйдөнүллэр: тыа быыһыгар соһуччу саспыт дьэҥкир уулаах күөл аттыгар хайаан да тохтуугун, ыраас уутунан сайҕаныаххын, чуумпу долгураҥын көрөн уоскуйуоххун баҕараҕын. Ол тэҥэ Мила киһини тардар ураты кэрэ, ыраас сэбэрэлээх. Кыыс арааһа уол киниттэн хараҕын араарбакка көрөрүттэн бэйэтин табыгаһа суохтук сананна, кыбыһынна эрээри, кэпсэтиини салгыырыгар тиийдэ:

– Ол эрээри айылҕа биэрбит кыаҕын сатаан таба туһаныахха наада, – диэтэ.

– О-о, төрүт куттаныма, тоҕо диэтэргин ити чааһыгар мин эгоиспын, бэйэбэр баар дьоҕурбуттан граммы да сүтэрбэккэ, барытын сүүс бырыһыан туһаныам, – уол хоруйа бэлэм буолан биэрдэ, ама итини утары туох диэххиний? Мила туох да диэбэтэ. Эгэ Костя саҥарыа дуо? Өскөтүн музыка тыаһаабата буоллар, бырдах дыыгыныыра кытта иһиллиэ эбит. Миша саамай абааһы көрөрө, атыҥырыыра, куттанара – чуумпу. Онон ити чуумпуну бастакынан кини кэстэ:

– Эһиги пенсионердар курдук тоҕо чуҥкуйдугут?

– Төрүт да чуҥкуйбаппыт, кэпсэтэ олоробут, – Костя саҥата «эн кэлэн мэһэйдээтиҥ» диэбиттии иһилиннэ. Ол эрээри Миша итиннэ суолта биэрбэтэ: кыра аайы ымыттан, сэниэтин эһэн бэрт. Кини бэйэтин сыалын-соругун билэр уолчаан быһыытынан:

– Мила, Костя үҥкүүлээбэтин мин билэбин, онон эн биһиги баран үҥкүүлээбэппит дуо? – диэтэ.

– Үҥкүүлээччилэр миигинэ да суох элбэхтэр быһыылаах, – Мила аккаастана сатаата да, туһа суох. «Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой» дииллэринии, Миша арахсан бэрт. «Суох» диэн тыл кинини хаһан да тохтоппот, төттөрүтүн эбии күүркэтэр.

– Саатар биирдэ! Иһит эрэ, Леди Гага! – Мишка музыка тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, хамсанан барда.

Мила, хайыыбын диэбиттии, Костя диэки көрөн ылла. Уол оҕото ити түгэни мүччү ыһыктыбакка, аны Костяттан көрдөспүтэ буолла:

– Костик, төрүт куттаныма, Миланы в целости и сохранности төнүннэриэм! Хайдах чуҥкуйан олоруой?

– Биллэн турар, үҥкүүлээҥ, – Костик муҥнаах ити түгэҥҥэ атыны тугу этиэй?

Милалаах Миша иккиэн үҥкүүлүү бардылар. Ити былаһын тухары Костя төбөтүн туох санаалар ытыйбыттарын айбыт таҥара бэйэтэ билэр. Уол баҕар бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэ, мөҕүттэ олороро буолуо («тугу да сатаабат, муҥкук киһибин!»), эбэтэр, Мишаҕа бүтэйдии кыыһырара буолуо («тоҕо дьоллоох түгэммин былдьыы сатыырый?»), Милаҕа кини буолбакка, Миша ордук барсар эбит диэн арыйыыттан күнүүлүүрэ буолуо, баҕар, кини олох да атын толкуйга ылларбыта буолуо («аттыгар үҥкүүлүү сылдьар мин аҕай дэспит кыргыттартан тоҕо Миша сэмэй Миланы ордороруй, дохсун, сытыы бэйэтэ итинник холку, нарын кыыска тоҕо тардыһарый?») Оттон Миша Милаҕа ылларбытын ама Костя хайаан сэрэйиэ суоҕай? Сэрэйэр. Леди Гага бүттэ. Онтон салгыы кими эрэ холбоотулар. Костя ырыаһыттары оччо-бачча араарбат. Кэмниэ кэнэҕэс уоллаах кыыс үҥкүүлээн бүттүлэр.

– Хайа, Костик хайдахпытый? Табыллан, үчүгэй баҕайытык үҥкүүлээтибит быһыылаах ээ, көрдүҥ дии? – Миша тэйиэ баара дуо, суох, хата, аттыларыгар ыскамыайкаҕа олордо.

– Бэркэ үҥкүүлээтигит, ол эрээри эн сылайбатыҥ дуо? – Костя Мишаҕа туһаайан эттэ.

– Эс, билиҥҥиттэн сылайдахпыный? Мин ардыгар саныыбын ээ: адьас кырдьар сааспар диэри үҥкүүлүөм диэн.

– Ол саҕана уларыйыаҥ, – Костя саҥатыгар саарбахтааһын дорҕооно иһилиннэ.

– Биллэн турар уларыйыам, ол эрээри формабын ыһыктыам суоҕа. Ити иннилэригэр-кэннилэригэр рюкзак иилиммит эр дьону көрдөхпүнэ, адьаһын хотуолуохпун баҕарабын. Өссө онтуларын тупсаран «авторитет» диэн ааттыыллар ээ, сордоохтор!

Ити кэпсэтии салҕаныаҕын, Мишаны Ник ыҥырда.

– Эһиги Мишалыын наһаа ураты курдуккут, – Мила, уол тэйбитин кэннэ, эттэ.

– Кырдьык, туораттан көрдөххө, оннук да буолуо. Ол эрээри «притяжение противоположностей» диэн арааһа биһиги туспутунан буолуо. Мишкалыын биһиги сороҕор күҥҥэ сүүстэ этиһэбит уонна сүүстэ эйэлэһэбит. Суох, эйэлэспэппит даҕаны: туох да буолбатаҕын курдук салгыы кэпсэппитинэн барабыт.

Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.

Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
09 mayıs 2024
Hacim:
180 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-3400-0
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin PDF
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 5, 1 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 5, 3 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre