Kitabı oku: «Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)», sayfa 2
Сайын устата хаста да онно-манна уот туруталаата, күнүс тунах курдук бүркүк бүдүгүрэр, буруо сыта биллэр. Дьон уокка барыталаатылар-кэлитэлээтилэр. Ханна эмит уот сириэдийбит сураҕа иһилиннэ, тыллабыр кэллэ да, сонно тута, киэҥ сири хаба илигинэ, умуруоран иһэллэр…
Эбээ эмээхсини кытары олорор күөлбүтүгэр Мундулуҥдаҕа хаста да тыынан сылдьан кустаатыбыт. Маарыйа миигин дьоһуннаах хаптаһын тыытыгар мэҥэстэр.
– Тоом, эмискэ хамсанаайаҕын, тыы ууну баһыа, аны түөрэ ыстаныа, – диэн сүбэлиир, сэрэтэр.
Мин ити-бу умсан чомпооттонор, өссө да көтө илик кус оҕолорун уонна моточчу уойбут сара кустар от быыһынан сылыпыччыһалларын көрөн:
– Ити барда, бу барда!.. Ол умуста!.. – диэн оҕо киһи сиэринэн омуннурабын.
Баһылайдаах икки ыттаахтар, улаханнара Кыраһа диэн. Эдэр ыттара биһиги Тээкиччэтээҕи ыппыт курдук Маанчык диэн ааттаах. Кыраһа саһыл өҥүн курдук кытархай өҥнөөх, онто хара кырымахтаах. Маанчык кыытта маҥан өҥнөөх. Иккиэн да булка барытыгар дэгиттэр ыттар. Кыраһаны эсэһит, эрдээх ыт диэн дьон сүрдээҕин хайҕыыллар. Тайаҕы да элбэҕи үрбүт ыт дэһэллэр. Аны Кыраһа улаханыгар эрэ буолбакка, кыра булка эмиэ дэгиттэр. Тииҥи үрэр, куһу таһаарар уонна өссө туппут булдун – мас көтөрө буоллун, куобах буоллун – дьиэтин аанын үктэлигэр аҕалан быраҕар. Оннук ыты дьон «кэһиилээх» ыт диэн ааттыыллар, ураты айылгылаах, чахчы бастыҥ булчут ыт эрэ итинник үтүө үгэстэнэр.
Кыраһалаах Маанчыгы кута саҕатынан батыһыннарабыт, бэйэбит арыый хаалан, күөл кытыытынан, сорох сиринэн өргүөт оттоох, эмиэ да таппа кулгаахтаах, кута сиэлин кыйа устабыт. Ыттар куһу субу-субу туталлар, кутуруктара эйэҥэлиир, ол аайы эбэм сэрэнэн тахсан хомуйар. Күөлбүт сорох эҥээрэ кутаҥнас кута, сороҕо чэй сирдээх, кытаанах үктэллээх. Тыы кытылга тиксэн кута хойуу сиэлин сырылаттаҕына, Кыраһалаах Маанчык сороҕор туппут кустарын аҕалан биэрэллэр. Кыраһа ардыгар хас да куһу холбуу ытыран аҕалар. Маанчык оннук буолбатах, биирдиилээн таскайдыыр. Кыраһа ытыллыбыт куһу ууттан таһаарарыгар эмиэ үһү-түөрдү хос ытыран таһаарар үгэстээх. Баһылайдаах күһүн буһук саҕана үөрдээх нэмэнэ кус бүөмнээн мустан аһыы сытарыгар түбэһэ түһэн, үөмэн киирэн, хоһулаан уонна көтөн тиргиллэн тахсыыларыгар күөрэтэлээн, биир үүккэ уончаҕа тиийэ куһу хаалларан баран наар Кыраһанан ыллартаралларын туһунан эмээхсин кэпсиир. Маанчык биирдиилээн эрэ таскайдыыр үгэстээх буолан, бэркэлээтэҕинэ иккитэ-үстэ кырынаат, муустаах ууга чаалыттаран, тоҥон, саллан хаалан киирбэтэ үһү, оттон Кыраһа хастыы да куһу биирдэ хос ытыран бэрт дөбөҥнүк таһааран биэрэр эбит.
Ийэ кустар оҕолоруттан көҥөнөн, мээтиргэһэ-мээтиргэһэ, төттөрү-таары көтөллөр. Моточчу уойбут саралар ардыгар ыттан куотан от быыһыттан ууга сарыкынайан киирэллэр, субу иннибитигэр устан ньолбойон тахсаллар, ону Маарыйа эмээхсин, тыытын туорайын икки өттүгэр үктэнэн тура сылдьан, эрдии салбаҕынан быһа охсон ылар. Эбээ төһө да сааһыран эмээхсин аатырдар, көстөр дьүһүнүгэр холооно суох, сүрдээх сылбырҕа туттуулаах, бэйэтин лаппа кыанар, бэрт тэтиэнэх эмээхсин. Бэл, орто уҥуохтаах эр дьону куотар уһун кыыһынааҕар Өксөөнтөн тутум үрдүк, эр киһилии дыраҕар сарыннаах, хоппо күрдьэх курдук кэтит ытыстардаах, бобо тутан ылыахха айылаах такыйбыт модороон тарбахтардаах, хара бараан сирэйдээх, күүс үлэтигэр кииллийэ хаппыт, тус-туһугар ураты айылгылаах, сүүнэ эмээхсин. Дьон-сэргэ да ытыктыыр ахан кырдьаҕастара.
Сөп буоларбытынан добуоччу элбэх куһу бултаан тахсабыт. Ыттарбыт эмиэ кэннибититтэн сонно кэлэллэр. Сара охтубут уонна кус оҕотун хото киллэрбит кэмигэр күөлбүт иһэ тылбыйар кынаттаах эгэлгэтинэн хара тордох курдук хараара туоларын киһи эрэ сөҕөр.
Тыыбытын кытылга тардан таһааран кыратык ууламмытын таҥнары тутан сүөкүүбүт уонна далаһа ойоҕоһунааҕы ньалыар ууга олордон кэбиһэбит. Инньэ гымматахха дьүөгэттэммэтэх хаптаһын түгэхтээх тыы курааҥҥа сахсайан хаалар. Туос тордуйа оҥостон, туолбут ууну баһаргар өрүү илдьэ сырыттаххына эрэ сатанар. Тордуйаларын умна баран баран сүрэҕэлдьээн төннүбэккэ, ууга да түһэ сыһар дьон бааллар.
Сара буоллун, кус оҕото буоллун тымтайга толору хаалыыбыт, онтубутун эбэм сүгэр. Өндөтөн көрдөххө тэс курдук буолар да, эмээхсин таһаҕас оҥостубат. Мин түөрт-биэс бөдөҥ куһу икки илиибэр ботуччу тутан баран, эбээ кэнниттэн саппай уопсабын.
Бу курдук Маарыйа эмээхсини кытары кус саарар кэмигэр өссө хаста да бултаатыбыт. Куспутун ыалларбытын кытары, үс ыал баһынан, үллэстэн сиибит.
* * *
Биир күн мин, Баһыычаан, ыалбыт оҕолоро Морууса, Маарпа буолан хоспоххо кус үргээтибит. Эмээхсини кытта кустаан тахсан, онно эбии Баһылай тиргэтиттэн ылбыт куһа мунньуллан, элбэх баҕайы. Аны туран ыалларбыт ыттарыгар эбии хайа эрэ хаамаайылыы сылдьар кусчут ыт кыттыһан алыс элбэх көтөрү тутан кэбистилэр. Бөдөҥө-кырата диэн араара барбат сүөһүлэр, аҥаар кырыытыттан хардырҕаталлар. Сорох кус оҕото букатын кып-кыра, сиикэй кынаттаах муҥур купчуулар эҥин, тиргэҕэ эмиэ биир оннук иҥнэр, үргүүргэ дьаабы, бытаайыта бөҕөтө, бэйэтэ да чөркөөкү-иркээки, мороду эҥин. Ыттар туппуттарын, төһө түбэһэ көрөрбүтүнэн, барытын хомуйан тахсар дьоммут.
Биһиги сээкэйи кэпсэтэ-кэпсэтэ куспутун үргээн уһуннук олордубут. Кыра, ситэ илик кус оҕотун ким да үргүөн баҕарбат, бэйэ-бэйэбитин:
– Эн үргээ… кини үргээтин… – дэһэбит.
Эмис кус ньылбы тутуллара дөбөҥ буолан наар сара үрдүгэр түһэбит.
Арай ол олордохпутуна Айдаҥтан атынан кэлбит Өксөөн, хоспоххо биһиги ньамалаһар саҥабытын истэн, өҥөйөн көрдө.
– Хайа тоҕойдорум, кус үргүү олороҕут дуу, – диэтэ, онтон бэрт элбэх кус кутулла сытарын көрөн: – Уу, тоҕо элбэҕэй, маны барытын үргүүгүт дуо, бүгүн бүтэрэҕит дуо бу?.. – диир.
– Үргээн… кырата үргүүргэ наһаа куһаҕан… – быычыкаа сиикэй кынаттаах, муҥур купчуу кус оҕотун моонньуттан ылан көрдөрөбүт, онтубут санна чуочайан, иһэ тэскэйэн сүрдээх. Ону көрөн Өксөөн:
– Тоҕойдоруом, кыратын баҕас уһаакка уган кэбистэххит дии, – диэн дьээбэлиир уонна күлэр. Өксөөн тахсан барбытын кэннэ биһиги биирдии кус оҕотун уһааттаах түүбүт иһигэр түһэрэн кэбистибит. Кус түүтүн сыттык, тэллэх гыналлар, лааппыга туттараллар. Күһүн эбэбит куһун түүтүн хостуу сылдьан, били муҥур купчуулары булаттаан ылар:
– Оо, бу барахсаттар кустарын оҕолорун манна түһэрэн кэбиспиттэр дии… – иҥэн-хаһан соруйан бырахпыттара буолуо диэн санаа киирбэт. – Алҕас, элбэх кус оҕотун сыымайдыы сылдьан төлө туттахтара… – эмээхсин ботугуруур. Ону истэн Баһыычаан биһикки бэйэ-бэйэбитин көрсөн ылабыт… Кус оҕолоро чуочаччы хатан хаалбыттар. Дьабадьы Хабырыыл ытыгар Харабылга быраҕан биэрбиппитин бэрт минньигэстик хап гыннаран сиэн хардырҕатан кэбиһэр, «өссө баар дуо» диэбиттии салбана-салбана кыҥнаҥныыр, эйэргэһэн кутуругун эйэҥэлэтэр. Кус оҕотун уһаакка бырахпыппытын Өксөөҥҥө да, эбэбитигэр Маарыйаҕа да эппэппит…
Сайын барахсан бииртэн биир үтүө күннэрин билбэккэ да атааран истим. Иһим тот, санныбар кэтэр таҥастаахпын. Куруук Маарыйа эмээхсини кытары атахтаһан утуйабын. Билбэт да кырдьаҕастарын дьон ытыгылаан «эбээ» диир үгэстээхтэр, ол сиэри тутуһан мин эмиэ эмээхсини кэлин «эбээ» диир буоллум. Кыргыттарын Өксөөннөөҕү урут туттубатах, саҥарбатах, истэргэ наһаа үчүгэй, киһи этин-сааһын хаба ортотунан сайа охсон киирэр «эдьиий» диэн тылынан ааттаталыыбын…
Соччо ардаҕа суох кураан сайын буолла эрээри сир аһа эгэлгэтэ үүннэ, эмээхсини кытары күннээҕи түбүк быыһыгар чугас тыаҕа тахсан сир астыыбыт, туос ыаҕаска хомуйан киирэбит. Күһүн Айдаҥ лааппытыгар уулаах отону туталлара, кыра сээкэйгэ мэнэйдэһэллэрэ. Моонньоҕону, дьэдьэни күөрчэххэ ытыйан, булаан сиэтэххэ, ол минньигэһэ бөҕөтө. Тыаҕа таҕыстахха араас сир аһын баҕас айаҕым аһыйыар, тииһим кыйыар диэри борсонобун.
Сай ортото Үрэҥ диэн күөлгэ уот туран дьоммут уонча хонукка онно сүпсүгүрэ сырыттылар. «Свердлов», «Жданов», «Калинин» холкуостартан элбэх киһи кэлэн, сотору умуруордулар.
Бааһынаны дьирики, күтэр, кутуйах булар, бурдугу сиир, хороонноро онно-манна оҥоһоллор, орохторо орҕочуйар. Бурҕаа баһаам бурдугу хаһаанар. Дэҥ түбэһэ түстэххэ, түөрт-биэс киилэ кэриҥэ бурдук аһа, туорааҕа баар буолар. Ону чабычахха кутан дьиэбитигэр илдьэбит. Маттаҥаа хасааһын сонуок иһигэр буолбакка, бүтэй тас өттүгэр чугас соҕус мас төрдүгэр, кытыан анныгар, кураанах дулҕа анныгар эҥин хороон хастан мунньар. Сайылык оҕолорун кытары күтэри, дьирикини бултаһабыт. Талах чааркааны хорооннорун айаҕар иитэбит. Син иҥнэр. Булпутун, булчут дьон сиэринэн, эбэбит үөрэппитин курдук бэйэбит таҥастыыбыт, күтэрбитин ахтатынан хайытан сүлэн хаптаһын киэпкэ маһынан тоһоҕолоон тиирэбит. Онтон моҕотойу кырынаастыы айаҕынан сүлэбит. Сатаатахха, үөрэннэххэ судургу. Күтэрбит, күрдьүгэспит хаппыт тириитин үллэстэбит. Мин ирээт тириибин Ылдьаалаах лааппыга туттараллар. Биир күтэр тириитэ – уон аҕыс-уон тоҕус харчы, ол санаабытыгар сүрдээх элбэх курдук. Аны туран «халлаантан түһэр» үп буоллаҕа. Күтэр харчытыгар испиискэ, мохуорка ылан кэлэн баран: «Бу оҕолорбут бултаан ыллыбыт ээ…» – дэһэллэр. Дьоммут хайҕыылларыттан ордук үчүгэй биһиэхэ туох да суох.
Дьирики бааһынаҕа кыайан өлөртөрбөт. Үксүн ыт маска таһаарар, ону экчиргэлээн, түстэҕинэ ыкка туттаран бултуубут. Күтэр хасааһа дэҥнэтэн биирдэ эмит көстөр, оттон дьирики хасааһын отой буллартарбат. Бааһына тулатыгар, чугас эргин тыаҕа, оскуола оҕолоро этэллэринии «бирэдиитэллэри» сонордоһон, уһун күнү быһа сылдьабыт. Ол эрэн дьиэтээҕи түбүкпүтүн умнубаппыт, анал үлэбитин лоп бааччы толоробут…
Атырдьах ыйын ортотуттан бурдук буһан барар. Киэҥ сонуок иэнин тухары, толору ас куппут, саһарчы буспут нэчимиэн сиккиэр тыалга долгулдьуйа устаҥныырын көрөргө астыга сүрдээх.
Ый кээрэниитэ холкуостаахтар бурдуктарын хомуура саҕаланна. Сорох дьахталлар сиэрпэнэн быһан сырылаталлар, сорохтор түүтэхтии-түүтэхтии баайаллар уонна соһулуомнууллар.
Уон үспэр барбыт обургу киһи Маарыйа эмээхсини кытары бииргэ сылдьан тэҥҥэ үлэлэһэбин. Соһулуомнуубут, баайбыт бурдукпутун ааҕан иһэбит. Буспут бурдук туорааҕын илдьи ыстаан амтаһыйан көрдөххө сиикэй тиэстэ амтана кэлэр.
Төкөй кыыһа Огдооччуйа диэн үөрэҕэ суох, турулус-ирилис көрбүт дьахтар баара баайбыт бурдугун дьоҥҥо аахтарар. «Огдооччоо-ой, баайыыҥ балтараа сүүс буолбоо-от!..» – диэтэхтэринэ Төкөй кыыһа: «Па, оччо эрэ буолбут дуу, мин уон ордугуна биэс баҕас буолбута буолуо диэбитим ээ…» – диэн дьону күллэртиир. Огдооччуйа туох да оонньуута суох, кырдьык-хордьук көлөһүн-балаһын аллыбыт сүүһүн сир симэҕэ ойуулаах сиидэс былаатынан сотто-сотто, мунаахсыйан, көрөн-истэн кылахаччыта турар дьүһүнүттэн киһи эрэ күлүөх курдук. Ким төһө бурдугу быспытынан, баайбытынан көлөһүн күнэ ааҕыллар.
Үчүгэйдик буспут туораах хаһыҥҥа ылларбат, хата, ол оннугар ситэ буспатах, кылыстаммыт эрэ бурдугу хаһыҥ дөбөҥнүк сиир, үлүтэр.
Уонча хонугунан биһиги эҥээр бааһына бурдуга барыта быһыллан бүттэ. Ол кэннэ аны хаалбыт, тохтубут бурдук куолаһын чабычах тута сылдьан итигэстиибит. Соһулуомнаммыт бурдугу бэркэ сэрэнэн, тохпот-хорбот курдук тутан, оҕуһунан тиэйэн бүтэй муннугар дьэндэйбит араҥаска илдьэн сааһылаан мунньаллар. Хаппыт бурдугу сэрэммэккэ, дьалаҕайдык туттахха туорааҕа тохтор.
Аны араҥастаммыт бурдугу, күрэх муҥхата ааспытын кэннэ, атынан, оҕуһунан күөлгэ тиэйэн киллэрэн, хаарын күрдьэн, талах сиппииринэн дэлби харбаан, килээй мууһугар диэри ыраастаан баран тэлгэтэллэр уонна болодьонон сынньаллар. Бурдук тэлгэтиллибит сирин «куукуна» диэн ааттыыллар. Сэттэ-аҕыс киһи буолан тэҥҥэ сынньаллар. Умнас отуттан арахсыбыт бурдук туорааҕын сыыстыын-оттуун күрдьэҕинэн күкүрүйэн биир сиргэ мунньаллар. Отун туспа арааран сүөһүгэ сиэтэллэр.
Мин бурдук дороххой отун соппоҥ буолуо дии санаабытым, онтум баара ынах да, сылгы да сүөһү хоччорхой диэн сирэ-тала барбакка бэркэ сөбүлээн сииллэр эбит этэ. Сылгы бэйэтэ да айаҕар улахан талымаһа суох айылгылаах, бэл ынах сирэн сааҕар үлтү тэпсибит отун атырдьаҕынан иилэн таһааран кыбыы таһыгар эстэххэ, төрүт ордорбокко, бэрт минньигэстик кырдырҕатан сиэн кэбиһэр. Аны туран, киһи дьиктиргиэх сылгы төрдүгэстээбитин ынах тобоҕолуур. Онон былыр-былыргыттан ынах уонна сылгы сүөһү оннуларын ыраастаһар үгэстээхтэр.
Күрдьэн чохчолообут бурдуктарын аһын тыаллаах күн тыалы ойоҕолуу туран күрдьэҕинэн баһа-баһа ыһаллар, оччоҕо сыыһа-ото көтөн хаалар. Туораах бөдөҥө, астааҕа, ыйааһыннааҕа тыалы утары ыраах баран түһэр, чэпчэкитэ атаҕыҥ анныттан ырааппат. Бу албаһынан, ньыманан бурдугу суортууллар. Ыраах түспүт бурдук туорааҕа бастыҥ суорт, бэттэх түһээччитэ намыһах суорт буолар.
Бурдук сыыс ото күөл ортотугар «куукунаҕа» хаалар. Саас, эбэ күөх хобурунан көрөн эрдэҕинэ, саҥа кэлбит көтөр онно мустар. Үксэ мороду. «Куукунаҕа» хаалбыт бурдук сыыс отун, тохтубут туорааҕы сииллэр. Мороду – баһын иһэ барыта саҥа көтөр, биир кэм, «урут» да «урут», «урут» үөһэ «урут». Бэл соҕотох да мороду садырым ууга кэлэн түстэҕинэ, алаас иһэ барыта атыыр мороду саҥатынан туолан эймэнэ түһэр. Сааһыт эр дьон «куукуна» хайыҥын хаара үлтү тэпсиллэн, чигдитийэн ирбэккэ өрө үллэйэ сытарынан хаххаланан үөмэн киирэн, хоһулаан-хоһулаан баран уончаҕа тиийэ мородуну биирдэ тэптэрэн ылаллар. «Сааскы киһи салбаммытынан…» дэммит күннэргэ бастакы кус этэ, миинэ минньигэһэ ама туохха холоонноох буолуой…
Холкуостаахтар сайын сүөһүлэрэ кыстыыр, дьыл тахсар отун оттоотулар, туруоруммут соруктарын өссө аһара да толордулар…
Сайыны сайылаан баран бу өтөхпүтүгэр, Мундулуҥдаҕа, кыстыыр буоллубут.
Күһүҥҥү биир үтүө, чэмэлкэй күн ыанньык пиэрмэтэ, уҥуоргу титииктэр сайылыктарыттан икки сиринэн: Уолбут уонна Быркылаах күөллэригэр «һуу-һаа» буолан көһөн тигинээтилэр…
Мундулуҥда өтөҕөр үс ыал буолан кыстыырдыы оҥоһуннубут. Намыынаптар Өлөксүөйэп Хабырыыллааҕы кытары дьукаахтастылар. Сайын «Свердлов» аатынан холкуос киинигэр Айдаҥҥа аймахтарыгар кэлэ-бара сылдьыбыт саҥа доҕотторум Маарпалаах, Балаҕаччыга үөрэхтэрин дьыла саҕаланан, оскуолалара аһыллан, үөрэнэ бардылар. Балаҕаччы Мундулуҥдаттан сэттэ биэрэстэ сир, ол иһин Намыынаптар оҕолорун үөрэттэрээри, арыый да чугастыы, манна кыстыыллар эбит. Аҕалара «Свердлов» холкуос биригэдьиирэ, кэргэнэ Маарыйа кыра, иринньэх ыамайдаах буолан дьиэтигэр олорор.
Өлөксүөйэптэр уоллара Модьу эмиэ оскуола киһитэ, Намыынаптар кыргыттарын кытары бииргэ сылдьар…
Өссө оҕолор үөрэниэхтэрин иннинэ, биир күн Балаҕаччыттан Испирдиэн Дьаакыбылабыс Сүөдэрэп диэн оскуола дириэктэрэ хас да киһини кытта (хайа эрэ боломуочунайы арыаллыы сылдьар быһыылааҕа) кэлэн барбыттара, киэһэ Саамы эбэҕэ киирэн кустаабыттара эҥин. Биһиэхэ чэйдээн ааспыттара… Онно мин олохпун тосту-туора уларыта сыспыт кэпсэтии буолбута. Туох билиэй, кэлии дьон тылыгар сөбүлэспитим буоллар, дьылҕам баҕар отой атын суолунан салаллыа этэ. Ол эрэн, эппиккэ дылы, түстэммит түөрэх торумун уларытар кыаллыбат, тус өй-санаа тугу сибис гынара ол улахан суолтаны ылар.
Испирдиэн Дьаакыбылабыс миигин көрөн ким оҕото буоларбын, хайдах манна кэлбиппин эҥин эбэбиттэн бэркэ токкоолоһон ыйыталаспыта, онтон миэхэ туһаайан:
– Сааһыҥ хаскыный? – диэбитэ.
– Уон үһүм…
– Оскуолаҕа үөрэниэххин баҕараҕын дуо?..
– Баҕарбаппын…
– Һэс!..
– ?..
– Баҕарбатаҕыҥ да иһин үөрэнэ бараҕын, тыый доҕор… – диэн саҥалаах киһи буолан биэрбитэ.
– Оскуолаҕа үөрэниэхпин баҕарбаппын… Барбаппын… – диэн кыккыраччы аккаастаабытым. Испэр «аны, хайыы-сахха кэргэнниһэ охсубут дьоммуттан тэлэһийэн, туспа-туора, атын сиргэ бардахпына эмиэ хоргуйуом, эмиэ эрэйи, сору-муҥу көрүөм…» дии саныырым. Төһө да оҕо буолларбын ыал устун хаамаайылыыр кэммэр араас сураҕы-садьыгы истэ, билэ-көрө сылдьар этим. Балаҕаччыга, «Калинин» аатынан холкуоска, сут дьыллар саҕаланыахтарыттан бэрт элбэх киһи хоргуйан өлөн турар.
Төрүт көрбөтөх, хайа эрэ кэлии киһи тылыгар сөбүлэһэр санаам суоҕа. Бэйэм буоллаҕына толоос соҕустук харыбыттан тардыалыыр, букатын мээнэнэн көрөр кылар харахтаах оскуола дириэктэриттэн куотан, күтүр баҕайы мас уһаат кэннигэр кирийэн, саһан турбутум.
Испирдиэн Дьаакыбылабыс эбэбиттэн:
– Оскуолаҕа ыытаҕын дуо?.. Үөрэниэн наада, – диэн ыйыппыта.
Эмээхсин мин диэки көрөн баран:
– Үөрэниэххин баҕарбаккын дуо, тоом? Мантан оҕолору кытары аргыстаһан сылдьыаҥ дии? – диэн ыйытан көрбүтэ да, мин син биир атыыр аккааспын биллэрбитим, өссө ытамньыйыах да курдук буолбутум. Ону көрөн эбэм:
– Чэ, чэ хайыахпытый, барбат киһини. Ити баар дии, аны букатын да сатанымаары гынна…
Миигин одуулуур эрээри, атын сири кыҥастаһарга дылы оскуола дириэктэрэ:
– Сааһа эбиллэн, алыс хойутаан хаалыа… – диир.
– Ону хайыахпытый, өскөтүн чахчы үөрэнэн киһи-хара буолар төлкөлөөҕө, аналлааҕа эбитэ буоллар ис санаата оннукка салайыа этэ. Киһи-киһи анала тус-туһунан… Атын, ураты ыйаахтаах киһи буолуо… Кэм-кэрдии бэйэтэ көрдөрөн иһиэ… – эбээ эмээхсин өрүү да үгэһинэн эмиэ да киһи өйдүүр, эмиэ да киһи ыла-ылбычча силигин ситэри сыныйан анаарбат улаҕалаах тылынан саҥарбыта. Бэл субу аҕай утары этиппэттии кута-симэ олорбут Испирдиэн Дьаакыбылабыс салгыы ыаспайдаһа барбатаҕа…
Оскуола дириэктэрэ хайа эрэ ыалга хаалбыт боломуочунайыгар таарыйан, киэһээ кус көтүүтүн куоттарымаары, Саамыга киирбиттэрэ. Нөҥүө күнүгэр, сарсыарда биһиэхэ сылдьыбакка, тахсаат да үргүлдьү ааспыттар этэ.
* * *
Биир сарсыарда турбуппут, оҕолор доҕор оҥостубут оҕуспут, Сэмэн Сомуорускайа тэлгэһэ таһыгар кэлэн, иһэ сараччы үллэн баран, өлөн тыыллыы тэбэн сытар. Туохтан өлбүтүн маҥнай билбэтибит, улахан үүт-баас көстүбэт. Баҕар сүлүһүннээх «сүөгэй» оту сиэбитэ буолуо дииллэр. Айдаҥтан Сэмиэнэп Ньукулай диэн бэтэринээр кэлэн сүлэн, астаан көрбүтэ – оҕус таала түөрэтэ ибили баран хаалбыт. Маска да атыллыбатах, оҕус да кэйбэтэх. Бэтэринээр Ньукулай кэтэҕин эрэ тарбанна: «Ис-иһиттэн дэлби баран өлбүт…» – диэн дьикти түмүгү оҥордо. Сомуорускай оҕус этин хамнас суотугар, абаанса, үллэстэн сиэн кэбистибит, хата, эмиһэ сүрдээх. Сүүнэ оҕус буолан этэ да баһаам.
* * *
Баһылайтан сурук күүтэбит да биллибэт, баччааҥҥа диэри ууга тааһы бырахпыттыы мэлигир.
Били сайын күрээбит диһэртиирдэр сурахтара эмиэ таһыччы туох да иһиллибэт. Арай ыраах, үрэх баҕарахтарыгар кэтэх сүөһүлэригэр биирдиилээн оттоммут дьон тайахха хаампыта буола сылдьан: «Муҥхаарыма үрэҕин диэки дөрүн-дөрүн саа тыаһыыр, ити кимнээх буолуой, ыаллыы холкуос дьоно ол эҥээринэн тэлэһийиэ суохтаахтар этэ…» – диэн кистии-саба, ботур-итир кэпсэтэллэр. Тугу истибиттэрин-көрбүттэрин, биллэн турар, аһаҕас айахтаах өттүлэрэ туппаттар, онтон сорохтор саараама ылы-чып, төһө да ханыылаһан бииргэ сырытталлар: «Ээ билбэтим, ити киһи арай истибитэ буолуо…» – диэн саба сапсыйан кэбиһэллэр. Сүтүктээхтэр дьонноро: «Билигин кыыл хааһар кэмигэр, от үлэтэ үмүрүйбүтүн кэннэ сир кэринэн хаамаайылыыр эрэ элбэх ини…» – улаханнык ахсарбатахтыы дьиэс-куос тутталлар.
Муҥхаарыма үрэҕэр сайын ким да сылдьыбат, эгэ оттуохтара дуо, кый бырах, тэбэр бас, түҥкэтэх, ыһыытыыр үрэх баһа дойду. Бэл куйаас сайын кууран биэрбэт ооҕуй бадараанныыр киэҥ толооннордоох, бүтүннүү алыы аараабыт, ээй эҥээрдэспит сирэ-дойдута. Саас, күһүн сааһыттар, тайахчыттар баран сыталлар. Сааскы да өттүгэр, сир ситэ ирэ илигинэ, эбэтэр күһүн добдурҕа саҕана биирдэ көлөнөн тахсан, чахчы сырыыны-сылбаны кыайар өттүлэрэ, холкуос булчуттара эрэ ыырданаллар. Кыра, аҕыйах ахсааннаах нэһилиэк буолан: ким ханна сылдьара, барбыта-кэлбитэ барыта биллэр. Күрээбит дьон сайын куоталларыгар саалара суоҕа эбитэ үһү. Дьон кистии-саба: «Кэлэн дьиэлэриттэн, саа-сэп ылтара буолуо…» – дэһэллэр. Киһи майгыта араас, сорох күрүөйэхтэри «сэриигэ баран өлүмээри муҥнана сылдьаахтаатахтара…» диэн аһынар, оттон атыттар «хас үйэҕэ саһан хорҕойоору, ити кэриэтин сэриигэ барбыт ордук ини, акаарыларыгар, быстах санааларыгар күрүүллэр, баҕар боруонтан кимнээҕэр чэгиэн, этэҥҥэ эргиллэн кэлиэх этилэр… Хаһан эрэ син биир тутуллуохтара…» диэн бэйэлэрин бүөм санааларын быктараллар.
Күннээҕи түбүккэ, санааҕа үтүрүйтэрэн күрүөйэхтэрдээхпитин умнан да кэбистибит, биирдэ эмит ахтан аһарабыт.
* * *
Балаҕан ыйын эргэтэ кылбаа маҥан кыстык хаар үллэччи түстэ. Сотору эбэ мууһа тоҥон киһини уйар буолла. Иһэр уубутун далаһа баһыгар ойбон тэстэн ыаҕаһынан сомсон баһан дьалкытан таһаарабыт…
Алтынньы бүтүүтэ, эт тоҥор буолбутун кэннэ, дьонум оҕус тыһаҕастарын өлөрдүлэр. Оҕуһу Баһыычаан биһикки наһаа аһыйдыбыт. Эмээхсин үөскэ сиэтэн киллэрэн уулатан таһааран баран тиэргэн ортотугар үүнэн турар тииккэ баайбытын Улахан Баһылай сүүскэ охсорун көрүмээри дьиэҕэ киирэн хааллыбыт.
Ыалбыт оҕолоро, бииргэ оонньуур, арахсыспакка алтыһар доҕотторбут: Маарпа, Морууса, Аана уонна Модьу уол – Балаҕаччыга үөрэхтэригэр бараннар суохтар.
Муус тоҥон, сүөһүнү ойбоҥҥо уулатыы эмиэ саҕаланна. Кыстык хаар эбии халыҥаата.
Сэтинньи саҥатыгар Балаҕаччыттан сыарҕалаах атынан наарыһынай дьахтар кэллэ. Баһылайтан сурук дьэ кэлбит. Сурук ханна эрэ тутулла сыппыт быһыылаах.
Эбээ үөрэҕэ суох, сатаан аахпат. Баһыычаан биһикки да кини курдукпут.
– Чэ тоом, Маарыйаны ыҥыран киллэр эрэ… – диэн миигин соруйда. Ыалбыт Намыынаба Маарыйа эдэр дьахтар, үс дуу, түөрт дуу кылаас үөрэхтээх. Оҕолору соруһуохпутун – үөрэхтэригэр.
Намыынаптарга сүүрэн тахсан Маарыйаҕа эттим. Хабырыыл кэргэнэ эбэм илдьитин истэн баран бэйэтэ сурук туппут киһилии сүрдээҕин үөрдэ.
– Оо, Баһылай суруга кэлбит дии… – халтаҥ сонун кэтээт, бас сыгынньах, миигин кытары тэҥҥэ таҕыста.
Ыалбыт дьахтар тула үмүөрүһэн, түөрэ кулгаах иччитэ буолан олорон, сурук ис хоһоонун иһиттибит. Баһылай кэргэнэ эмиэ үөрэҕэ суох, оттон Ылдьаа ойоҕо Огдооччуйа оҕуһунан от тиэйэ баран хаалан мэлигир.
Баһылай Чытаа диэн куоракка баар эбит. Киһиэхэ этэн суруйтарбыт. Суругар турбут чыыһыланы көрбүппүт, атырдьах ыйын ортото ыйыллыбыт, онтута уһаан-тэнийэн сэтинньи саҥата биирдэ кэлбит. Баһылай иһэ ыалдьан боруоҥҥа бара илигин, эмтэнэ түһэн баран сээкэй үлэҕэ сылдьарын туһунан суруйтарбыт. Дьиэ туталларын, хас да киһи буолан түннүк араамата оҥорон олордоллорун эҥин туһунан ахтыбыт. «Мин курдук, быстах кэмҥэ сыыллыбыт, үлэҕэ анаммыт элбэх…» диэбит. Сурук улахан аҥаара дьонун-сэргэтин, сирин-уотун туоһулаһыы «от төһө үүннэ, бурдук хайдаҕый, булт-ас төһө үөскээтэ, муҥхалаан төһө сиэтигит?..» эҥин диэн күн арааһын бары туоһулаһан ыйыппыт. Түмүгэр «суруйуҥ!..» диэбит уонна билигин баар сирин аадырыһын, ыксары баттатан, улахан буукубаларынан дьэрэлиттэрбит.
Эмээхсин уолун суругун аахтаран истэн сүрдээҕин үөрдэ, кыраҕа ымыттыбат бэйэтэ бэл долгуйда, илииттэн-илиигэ бэриллэн киртийбит, үс муннуктаах суругу сыллаан ылла…
Сыарҕалаах атынан кэлбит наарыһынай дьахтар Айдаҥҥа тиийэн «хара суругу» туттарбыт сураҕа иһилиннэ. Саабынап Ыкынаачай-Ыачай диэн «Свердлов» холкуос чилиэнэ уол өлөөхтөөбүт. Суругу наарыһынай Харытыана диэн өлөөччү эдьиийигэр туттарбыт. Уол өссө Мотуруун уонна Аана диэн балтылардаах. Онон Айдаҥҥа өссө биир «хара сурук» кэлэн, тустаахтары олус диэн аймаата… Ыкынаачай муҥнаах ыал соҕотох уола этэ. Мин урут, дэҥ, холкуоһун соругар кэлэн-баран тэлэкэччийэ сырыттаҕына көрөөччүбүн: ыраас, сырдык хааннаах, бэрт кэпсэтинньэҥ, дьээбэ-хообо сытыы тыллаах-өстөөх, киирбит-тахсыбыт букатын эдэр уол этэ. Сүөһү пиэрмэтин сэбиэдиссэйинэн үлэлээн иһэн, боруон (бронь) биэрбиттэриттэн аккаастанан туран, бэйэтэ тылланан, сэриигэ баран турар. Ыкынаачай аҕата Килээҥкий Сөдүөт эбээ Маарыйа кэргэнэ Кудугуй Борокуоппай инитэ буоларын хойут билбитим.
Ыкынаачай өлбүт сураҕын истэн эбээ эмээхсин сүөм түһэн хаалла:
– Сөдүөт муҥнаах «туйахпын хатарар соҕотох уолум…» диэн ымманыйан бөҕө буолаахтыыра, онто ханна баар… хаарыан уол, хайаан да үтүө ыччат тахсыах киһитэ этэ… Ыачайын, өссө хаама илигинэ, букатын балчыр оҕо эрдэҕинэ, аҕата сүнньүгэр сүгэн даллаххаччытан субу-субу кэлэн барааччылар, уолун туох эрэ курдук көрөрө… Сөдүөт сордоох эрдэ «бараахтаабыта» да ордук эбит… – диэтэ.
* * *
Түүлээх түүтэ кылааннана сиппитин кэннэ, Ылдьаалаах Балаҕаччыттан, Ньычаҥда диэн сиртэн, көлүүр табаларын туттан кэллилэр. Быйыл, Кыра Баһылай сэриигэ ыҥырыллан, Ылдьаа ыала Дьабадьы Хабырыыллыын кыттыгас бултуур буоллулар. Табаларын туркутун оҥостон, лээмпилэрин, ньуоҕуларын сөргүттэн, бултуур сэптэрин-сэбиргэллэрин бэринэн, ыһыктарын, таҥастарын-саптарын тэринэн хас да күнү быһа түбүгүрдүлэр. Аҕыс турку табаны көлүйэн, онтон ордугун, солбук табаларын сэтиилэнэн, отой ыраах, инньэ Лииндэ өрүһүгэр тиийэ барыахтаахтар.
Күһүн көрдөххө булчуттар талах чааркааны хас да турку муҥунан өрөһөлүү тиэнэн бараллара. Мас чааркаанынан бэлиэлээҕи, солоҥдону бултууллар. Кырсаны пааһынан, саһылы үксүн айанан уонна тимир чааркааны олугар ууран ылар албастаахтар.
Сылгыһыттар Дьөһөгөй оҕотун саас-сааһынан араартаан, өҥүн-дьүһүнүн эгэлгэлээн эндэппэккэ билэллэрин курдук, табаһыттар таба сүөһүнү эмиэ сааһынан арааран араастаан ааттыыллар: бииригэр диэри саастаах – тугут, иккилээх – абылахаан, тыһы таба – сачарыы, үс саастаах атыыр – иттээни, оттон үөһэ саастаах атыыры – атыыр таба, аттаммыты – буур, аны туран түөрт саастаах бууру – ньуорхан дииллэр…
Сотору Ылдьаалаах Баһылай бултуу бардылар. Өтөхтөрүттэн сэтинньигэ аттаммыт дьон инньэ кулун тутар ыйга диэри хара тыаны кэтиэхтээхтэр…
Биһиги Мундулуҥдаҕа быр-бааччы кыстаан олордубут. Хото кылгаабыт күннэр бииртэн-биир элэҥнээн ааһан истилэр.
Күһүн Улахан Баһылай туулаан ылбыт мундутун холбоҕо кутан эбэм Маарыйа лыыбалаан турар. Холбо оҥоһуута улахан уустуга суох. Сиэрдийэ маһынааҕар суон, сонос соҕус үөл тииттэри охторон, аҥаардастыы суоран, моойторук олуктаан тутан таһаараллар. Быһа холуйан үс атыл усталаах, биир ыллар атыл туоралаах. Үрдүгүн ким төһө кыахтааҕынан, бултуур эбэтэ төһө баайдааҕынан көрөн дьаһаналлар. «Ол киһи бачча мастаах холбону, ити ыал оччо эркиннээх холбону оҥостубут үһү…» дэһэн кэпсэтэллэрэ. Суоруллубут мастары тэлгэтэн түгэхтииллэр. Холбо маһа суоруулаах буолан эмэҕирбэт, онон хас эмэ сыл устата тутталлар, кыһын көтүрэн баран, ыт эҥин ииктээбэтин диэн, эҥээрдэринэн наар-наар сааһылаан, адарай оҥорон ол үөһэ чөкө ууран кэбиһэллэр. Баһылай тымтайга сүгэн таһаарбыт мундутун мин, эбэбэр көмөлөһөн, чохутун, баҕатын, уутун кыыһын ыраастаһабын. Мундуну холбо туолуор диэри куталлар уонна хатырыгынан сабаллар, баттаталлар. Лыыба уһуннук турдаҕына үчүгэй баҕайы аһыйбыт сыттанар, ону сытымсах муҥутаан кыра кыыллар: кырынаас, солоҥдо, кутуйах уонна ардыгар өссө саһыл эмиэ булар. Ол иһин кыыл-сүөл тунайдаабатын, ыспатын диэн холбону уулаах хаарынан килэччи сыбаан кэбиһэллэр. Оҕонньоттор дьарык гынан, талах чааркаан атытан холбо таһыттан бэлиэлээҕи мэнээк бултууллар.
Кыһын тоҥмутун кэннэ холбону көтүрэн, тула хайыҥын ыллахтарына аһа бэйэтэ эрэ хаалар, ону икки киһи эрбиир эрбиитинэн бысталаан баран оҕус, ат сыарҕатыгар тиэйэн таһаллар. Биһиги холбобут дьиэбит чугаһыгар субу турар буолан көлөлөммөппүт, турку үөһэ ууран соһон таһабыт. Кэрчик-кэрчик киллэрэн үөрэҕэ кутан эбэтэр туспа бэйэтин буһаран сиибит. Сайын эмээхсин халбыллыбыт үүт аннын суораттыы-суораттыы, сиэбиттэн ордугун дириҥ уҥучахха мас уһаакка кутан тардыыр. Хаар түһэн тымныйыар диэри мас уһаакка кутуллубут тар тоҥмот. Тымныы уҥучах күһүн, төттөрүтүн кэлэн, сир сылааһа охсон ирэр. Хаары күрдьэн, оҥо хаһа түһэн баран, били, мас уһааттаах тары ыаҕаһынан баһан таһааран куталлар; тоҥмутун кэннэ хоҥнорон, хаарын ыраастыы-ыраастыы балбаахтыыллар. Дьэ, ол тарбытыттан кыһын ойо охсон киллэрэн үөрэҕэ булкуйан сиибит. Уу оргутан, тар эмтэркэйин онно уган, бурдук кутан, дэлби ытыйан хааһылыыллар. Ирбит тары кыл сиидэҕэ уутун сүүрдэн, хойуутун ылан күөрчэххэ булкуйабыт. Ол минньигэс, бэрт бөҕөх, тотоойу ас.
Күһүн, олорор күөлбүтүгэр Мундулуҥдаҕа уонна Саамыга, холкуостаахтар күрэх муҥхатыгар кыралаан сиэтилэр. Настаалаах Огдооччуйа хотуннарын кытары муҥхаҕа сырыттылар, эгэ мин хаалсыам дуо. Киирбит киһиэхэ, оҕотуттан-дьахтарыттан, кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох, барыларыгар тэҥҥэ өлүүлээн, сүүрүнэн баһан ирээттииллэр…
Өксөөн, холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи, үлэтэ-хамнаһа үгүс. Муҥхалаан ылбыт балыктарын ыал төһө тыынньалааҕынан көрөн үллэрэн түҥэтэр. Бурдугуттан эмиэ кыра-кыралаан холкуоһун дьонугар бэристэ. Ыаллыы да холкуостарга, сороҕун хаһыҥ да ыллар, бурдук син былырыыҥҥытын курдук үүммүт дэһэллэр. Нолуокка диэн элбэх сүөһүнү өлөрдүлэр, күөлгэ сиэтэн киллэрэ-киллэрэ тиэрэ көтөллөр, ойбон алларан иһин сууйаллар. Хара иһин, үлэ күнүн суотугар, ыскылаакка илдьэн ыйаан үллэһиннилэр…
Өксөөҥҥө холкуоһун дьоно махталлара улахан. Ол эрэн киһи майгыта араас буолар. Үтүө санааны тиэрэ өттүнэн өйдүүр, үрүҥү да хара диир, үҥсүүк-харсыык дьон ханна баҕарар бааллар.
Холкуос бурдугун, этин, балыгын мээнэ ыскайдаата, сиэтэ диэн Өксөөнү үҥсэн куоракка дьыала түһэрбит сурахтара иһилиннэ. Үҥсээччилэр – Уйбаныаптар диэн «Свердлов» холкуос төрүт олохтоохторо. Уйбаныап Ыстапаан – сүөһү биригэдьиирэ, Уйбаныап Сэмэн – холкуос идэтийбит булчута, онтон да атын кинилэргэ элэҥ-сэлэҥ түспүт биирдиилээн дьон бааллар. Бу дьон бэйэлэрэ түҥэтиллибит астан тииһинэн баран, быстах санааларыгар, кэнэн кэмэлдьилэригэр суругунан үҥсүбүттэр. «Хоп-сип» хобулаан «үөһээ» дьонтон хайҕал ыла сатыыр, эбиитин бэйэлэрэ үрүҥ үлэҕэ «дьоп» гына түһэр баҕалаах татым санаалаахтар, дэрдэм майгылаахтар ханна да үгүстэр. Сиэрэ суох сымыйанан бэйэ-бэйэни хоруотаһан хобулаһыы, үрүт-үөһэ үҥсүһүү, хайа баҕарар холкуоска, сиргэ-уокка сэрии быдан инниттэн баар көстүү быһыылааҕа. Букатын туох да буруйа суох дьону, сирэйэ-хараҕа суох баламаттык балыйан, сымыйанан үҥсэн хаайыыга түбэһиннэрэллэрэ. Ол барбыт, улуус «уус тыллаахтарын» уурааҕынан утаарыллыбыт дьонтон эргиллэрэ ахсааннааҕын туһунан дьон сэмээр сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ…
Сотору ахсынньы аам-даам түптэлэс тымныылара ити-бу көстүбэт туманынан бурҕачыйан тиийэн кэллилэр. Өтөхпүтүгэр дэҥ-дуҥ ыалдьыт, хоноһо да кэлэн ааһар: арҕаа ытыллар сэрии, күннээҕи олох-дьаһах туһунан арааһы ыаһахтаһалларын истэбин.
Дойду үрдүнэн, ордук киин улуустарга, төһө да уот кураан, хара былыт курдук көтөн тирдьигиниир аһыыка аргыстаах сут сайыннар сатыылааталлар, Бүлүү эҥээр, чуолаан Төрдүс Тоҕус нэһилиэгэр, «Свердлов» аатынан холкуоска, кыһыччы от үүммэтэх сайына диэн суоҕа, аһыыка баара эрээри оннук айылаах оту эһэр үөн сэрии сылларыгар биһиги диэки үөскээбэтэҕэ. Ити-бу от үрэҕинэн бэйэ-бэйэлэрин кытары сиэттиһэн, ситимнэнэн барар улахан эбэлэр, көлүйэлэр, көрдүгэттэр дэлэй буоланнар сүөһү айаҕар сиир ото баҕас үүнэрэ. Оттонор сир элбэҕин иһин, дьаныһан туран, күөлү түһэрэн ходуһа сирэ таһаара сатааһын эҥин суоҕа…
Биһиги оҕолор, үөл мутук тоһута ыстанар томороон күннэригэр, үксүн дьиэбитигэр бүгэн олоробут, ол эрэн бэйэ-бэйэбитигэр сылдьыһабыт. Ыалтан ыал ыккардыгар сүүрэн истэххэ киһи тыына, мэктиэтигэр, күөрт күпсүйэн эрэрин курдук сүүгүнүүр. Күн кылгас, эрдэ хараҥарар буолан, өрөбүллэригэр Балаҕаччыттан кэлбит ыалым оҕолорун кытта дьиэҕэ оонньуубут: остуоруйалаһабыт, таабырыннаһабыт, хабылык хапсабыт, хаамыскалыыбыт, сордоҥ сиһин уҥуоҕунан тыксабыт, өртүбүөй эргитэн тирилэтэбит… Оттон доҕотторбут оскуолаларыгар үөрэнэ барбыт, суох кэмнэригэр Баһыычаан уонна Биэрэ кыыс буоламмыт бэйэбит уораҕайбыт иһиттэн тахсыбакка сээкэйи бары гынан саатыыбыт. Түбүк, дьарык көрдүүр киһиэхэ мэлдьи көстөр.