Kitabı oku: «Киһи биирдэ олорор», sayfa 7
Кыыча им балай тымныыга хааман иһэн ыстыык кырыытыныы сытыы, тымныы саҥаҕа кэтиллэ түстэ:
– Тохтоо! Кимҥиний? Докумуоҥҥун!..
8
Эраст Константинович Соболев били Валерий Аргыылап кэлэ сылдьыаҕыттан ыла олоҕо огдолуйда. Кини эҥин арааһы эргитэ санаан, аанньа утуйбакка, түүнү быһа оронугар кулуннуу мөхсөн баран сарсыныгар үлэтигэр нэһиилэ көҥдөй көхсө эрэ тиийэн олордо. Ол олордоҕуна күнүс сэкэрэтээр паапка тутуурдаах киирдэ.
– Табаарыс Соболев, личнэй дьыалаҥ анкетатыгар үрүҥ армияҕа сылдьыбыт кэмиҥ чуолкайдык ыйыллыбатах. Хаһааҥҥыттан хаһааҥҥа диэри этэй?
Эраст Константинович сулбуччу этэн биэрдэ. Кини итинтэн куттаммат. Кини автобиографиятыгар тугу да кистээбэккэ суруйбута: ыраахтааҕы армиятыгар, үрүҥ сэриитигэр, Колчакка сулууспалаабытын барытын. Онуоха киһи иҥниэҕэ, дьиктиргии саныаҕа суох буолуохтаах. Урут үрүҥнэргэ сылдьан баран билигин Кыһыл Армияҕа сулууспалыыр киһи кини эрэ үһү дуо? Үгүс. Кыһыл сэриигэ киирэн кыргыһыыларга аатырбыттар, Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыттар даҕаны элбэхтэр.
Бэл саамай үрдүкү байыаннай оргаҥҥа – республика реввоенсоветын састаабыгар ыраахтааҕы офицердара бааллар. Билигин үлэһит-бааһынай былааһа, Кыһыл Армияҕа чиэһинэйдик сулууспалыыр буоллаххына, уруккугунан сирэй-харах анньыбат. Соболевы куһаҕаннык үлэлиир диэн ким даҕаны этиэ суоҕа. Кини чиэһинэйдик сулууспалыыр. Итинник санаан, кини личнэй анкетатыгар итэҕэс дааталары бэрт дөбөҥнүк ситэри этитэлээтэ.
Дьэ онтон, доҕоор, аан сабыллаатын кытта Эраст Константинович санаата төттөрү бутуллан турбатах үһү дуо! Сэкэрэтээр баһыыбатыгар баһаалысталаан хардараары айаҕын атан баран, ол аппыта аппытынан олорон хаалла. Бэйи эрэ, тоҕо кини личнэй дьыалатын көтөхтүлэр бүгүн? Бэҕэһээ, иллэрээ күн буолбатах – бүгүн? Итинник санаа өйүгэр кылам гыммытыгар били Валерий Аргыылап ньолбуһах сирэйэ хараҕар көстө түстэ. Онуоха атаҕын уллуҥаҕыттан төбөтүн оройугар тиийэ этин сааһа бүтүннүү түрүтэ тардан барда… Бээ-бээ… Ити барыта мээнэ түбэһиэхчэ буолбатах быһыылаах. Оччоҕо бэҕэһээ киэһээҥҥи ыалдьыт уонна бүгүҥҥү личнэй дьыала паапката ситимнээхтэригэр тахсар. Оччоҕо… Бээ-бээ… Били азиат дьиикэй кэтэбилгэ сылдьар эбит буоллаҕа. Киниэхэ ыалдьыттаабытын батыһан кэлэн эмиэ көрдөхтөрө. Ол иһин ити личнэй дьыалатын сөргүтэн, бэрийэн эрдэхтэрэ. ЧК военкомҥа, военком секретарыгар эттэҕэ. Дьэ иэдээн… Баҕар, түбэлтэ буолаарай? Ээ?.. Акаары, чиччик киһилии айаҕын аллатан олорорун өйдөөн, Соболев тииһэ тииһигэр охсуллан лаһыргыар диэри сыҥаахтарын хам ыстаата. Хата хоско бииргэ үлэлиир киһитэ, военкомат хаһаайыстыбаннай чааһын начальнига Курбатов, кырдьа барбыт хаччаҕай киһи, көрбөтө: кумааҕытыгар умса түспүт. Суох, хайдах эмэ сибикилээн иккиттэн биирин биллэххэ табыллыыһык.
Эраст Константинович көрүдүөргэ таҕыста. “Личнэй дьыаланы тугу эрэ эбии суруйабын диэн төттөрү көрдөөн көрүөххэ дуу? Секретарь оччоҕо тугу эмэни тыл быктарыа дуо? Арай биэрдин, тугу эбии суруйабыный? Чэ туох эмэ көстөө ини: буоссата суоҕу эппитэ буолуллуо. Бэйи, ол эрээри личнэй дьыалатыгар тоҕо итиччэ үлүгэр наадыйда диэхтэрэ суоҕа дуо?..” Ити курдук саарбаҕалыы турдаҕына көрүдүөрүнэн военком, муннун анныгар чүөччэр курдук бытыгы ордоруммут үрдүк киһи, хааман баһыккалдьыйан иһэрэ көһүннэ. Эраст Константинович, суол биэрэн, истиэнэ диэки халбарыс гынан, чинэйдэ:
– Здравия желаю, товарищ военком!..
Военком кини диэки хайыһан да көрбөтө, эҕэрдэҕэ хардардаҕа буолан, уҥа илиитин бэргэһэтин диэки аатыгар эрэ садьыс гынна уонна уоһун иһигэр тугу эрэ ботугураан, дьүккүччү туттубутунан ааһа турда.
“Дьэ сити!.. Ол иһин… сэрэйбит сэрэх…”
Соболев хараҕа ирим-дьирим буолан ылла. Военком урут ардыгар тохтоон: “Табаарыс Соболев, туох сонуннаахпытый? Доруобуйа хайдаҕый?” – эҥин диэн ыйытан, илиитин биэрэн дорооболоһон ааһара. Билигин хайыһан да көрбөтө. Ол иһин даҕаны… аанньаҕа итинник уларыйбат… Соболев көрүдүөрүнэн ааспыта буолан иһэн, аһаҕас аанынан сэкэрэтээр остуолун кылап гына көрдө. Атын кумааҕылар сыталлар. Били кини личнэй дьыалатын паапката суох. “Ханна гыннаҕай? Военкомугар биэрдэҕэ дуу? Ээ, бэйи- бэйи… Военком улахан бартыбыалы тутан таҕыста ээ. Оччоҕо илдьэ бардаҕа дуу? Ханна илдьиэй? ЧК-ҕа?..”
Эраст Константинович хоһугар төттөрү салбыҥнаан киирдэ. Хамсатыгар табах уурунан тарта. Тохтоло суох бурҕаҥнатан ону-маны атыны санаан көрдө да, аралдьыйбата. Санаата биир кэм били сатана паапкатыгар иэҕиллэн кэлэ турар. Хамсатын күл тэбиир ылтаһыҥҥа ууран баран, кумааҕытыгар төҥкөйдө. Кыһаллан одуулаһа сатаата да, буукубалар, бары силбэһэн, үөһэ-аллара уунаҥнаһан, симэлийэн сүтэн истилэр, ол оннугар кумааҕыларын ортотуттан кини билиҥҥи алдьархайын төрдө – Аргыылап ньолбоҕор сирэйэ бу улам дьэҥкэрэн тахсан тиийэн кэллэ. Соболев хараҕын быһа симнэ. Көлөһүнэ саба үтэн таҕыста быһыылаах. Сылаас таммах аһын саҕатыттан сүүһүн быһа сүүрэн кэҥэриитигэр түстэ. Эраст Константинович ынчыктыырдыы иһин түгэҕиттэн иҥиэтиннэ, сиэбиттэн былаатын ылан сирэйин саба тутунна.
– Ой…
– Хайдах буоллуҥ, Эраст Константинович? – сэргэ остуолтан саҥа иһилиннэ.
– Ыарыйдым быһыылаах… тымныйан… төбөм… мэйиим эргийэр. Дьиэбэр баран сытыыһыкпын. Секретарга этээр…
Соболев тас ааны аһаары уунан иһэн, таһырдьа аны ким эмэ күүтэн турара буолуо диэн дьулайан тохтуу түстэ. Хоһугар төннүөх быһыынан кэннин хайыспалаата. Онтон киһи атаҕа тыаһаабытыгар аан тутааҕын харбаата уонна, синим биир диэбиттии, нүксүччү туттан, боруогу атыллаата. Дьиэ күүлэтигэр ким да суоҕун, чугаһынан уулусса бүтүннүүтэ да иччитэҕин көрөн үөһэ тыынна. Арай уулусса уҥуор биир киһи олбуорга сыһыарыллыбыт туох эрэ кумааҕыны ааҕа турар.
Соболев дьиэтин диэки хаамта. Тымныы салгыны эҕирийэн көхсө арыый кэҥээбиккэ дылы буолла. Хаампахтыы түһэн баран, кэннин эргиллэн көрдө уонна, соһуйдаҕа эбитэ дуу, сүһүөҕэ хамнаабыта дуу, чигдигэ халты үктээн тас иэнинэн таһылла сыста: кэнниттэн, сүүрбэччэ миэтэрэ холобурдаахха, били военкоматтан тахсарыгар олбуорга сыстыбыт кумааҕыны ааҕа турбут киһитэ батыһан иһэр эбит. Байыаннай уонна гражданскай иккэрдинэн таҥастаах: саһархайдыҥы кылгас сонноох, кулгаахтаах бэргэһэлээх, хаатыҥкалаах. Сити кини. Кэтэбил буоллаҕа. Кинини манаан туран баран, батыһан истэҕэ. Чахчы, чахчы оннук. “Мэнээк киһи тоҕо миигин батыһыаҕай? Оо, дьэ алдьархай… Ханна баран быыһанар билигин?.. Ханна барыаҕай? Быыһанар сир суох. Чэ синэ биир, дьиэбиттэн ыллыннар”. Соболев уһун атахтарынан киэҥ-киэҥник атыллаталаата. Кэлииккэ аанын аһа баттаан түргэн баҕайытык дьиэтин иһигэр сыбдыс гынна. Хоһугар киирэн халҕанын күрүчүөгүнэн хатаата итиэннэ, сыгынньахтаммакка эрэ, олбуор кэлииккэтин аана тыаһыырын иһиллээн чөрбөйөн түннүк холуодатыгар сыһынна. Сотору били саһархай сонноох киһи түннүгүнэн элэс гынан ааста. “Тоҕо киирбэтэ? Арыый ааһа баран кэтээн турара дуу? Ити аата билигин ылбат буоллахтара. Ким сылдьарын кэтээн билээри уһатар бэйэлэрэ дуу?”
Эраст Константинович остуолун дьааһыгын субуйа тарта, хаппыт килиэп тоорохойо, эргэ сыыҥ соттор былааттар, хараарыар диэри киртийбит хаһааҥҥыта эрэ үрүҥ бэрчээкки аҥаара, кум-хам тутуллубут кумааҕылар сылдьалларын өрө-таҥнары буккуйда. Онтон орон анныттан икки сиринэн курдаах тирии чымадааны соһон таһааран арыйа баттаата. Кирдээх ис таҥаһы, эргэ гимнастеркалары төттөрү-таары ытыйда. Хасыһан-хасыһан эргэ кэмбиэри булла. Иһиттэн суругу ылан ааҕан барыгылдьытта уонна испиискэ уотугар уматан баран күлүн куукунаҕа тахсан оһоххо бырахта. Киирэн, чымадаанын иһирдьэ тэптэ итиэннэ өссө тугу суох оҥоруохха сатаныаҕын саныы сатаата. Санаан да тугу да өйдөөбөтө. Өйдүөн да иһин туга да суоҕа. Ити умаппыт суруга даҕаны дьиҥэ туох да куһаҕана суоҕа, госпитальга бииргэ эмтэммит табаарыһын суруга этэ. Ол да буоллар… Кэбис, умайдын, суоҕа ордук…
Соболев бу түүн эмиэ аанньа утуйбата. Нухарыйан истэҕин аайы туох эрэ улахан, ыарахан, хап-хара баҕайы үрдүгэр баттыы түһэр. Оччоҕо хаһыытаабытынан уһукта биэрэр. Ийэ-хара көлөһүнэ тахсыбыт буолар. Сарсыарда ыаҕастаах уу кэриэтэ дьалкыҥнас төбөлөөх турда. Хаппыт килиэп тобоҕун аатыгар эрэ кум-хам ыстаан аһаатаҕа буолан үлэтигэр нэлбиҥнээтэ. Военком, баҕар, ыҥыран кэпсэтээрэй диэн кэтэстэ да, ыҥырбата. Соболев көрдөҕүнэ, үлэһиттэр барыларын даҕаны киниэхэ сыһыаннара уларыйбыкка дылы, бары киниттэн тэйэ туттар курдуктар. Күнү быһа ол курдук, кими да кытта сэлэспэккэ, кимиэхэ да чугаһаабакка, сүөдэҥнээн сырытта. Наар остуолугар олорон дьыалатын бэрийбитэ буолар. Эбиэккэ хайдах эрэ таһырдьа тахсыан дьулайан ханна да барбата. Остуолун дьааһыгыттан урут атыылаһан баран умнан кэбиспит бэрэскитэ таастыйа хатан сылдьарын булан сиэтэ. Өлүү болдьохтоох, ол олордоҕуна остуорас эмээхсин тугу эрэ көрдөөн хабытайданан киирэн, кинини көрөн, саҥа аллайда:
– Хайа, эн баар эбиккин дуу?
Ити ыйытыыттан Соболев эмээхсиннээҕэр итэҕэһэ суох соһуйда. Ити судургутук этиллибит тыллары эрийэ өйдөөн ылла. Кини соһуйбут уоҕа арыый ааһан, өй ылан: “Мин тоҕо суох буолуохтаах этибиний?” – диэн ыйытыан иккэрдигэр эмээхсинэ мэлис гынан хаалла. “Хайдах-хайдах баҕайыный, миигин ылыахтаахтарын уборщица кытары билэр эбит дуу? Киниэхэ тоҕо этиэхтэрэй? Дьон кэпсэппиттэрин истибитэ буолуо дуо?” – диэн эмиэ ыгылыйа, хараҕа хараҥара түстэ.
Киэһэ үлэтиттэн төннөрүгэр хараҥа буолан таһырдьа туох даҕаны баарын кыайан көрбөтө. Суолун ортолоон иһэн тохтоон иһиллээтэ. Кэннигэр тэйиччи соҕус атах тыаһын иһиттэ. Эр киһи атаҕа. “Чэ сити, кини, – дии санаата Соболев. – Эмиэ батыһан иһэр”.
Үһүс түүнүн эмиэ сор бөҕөнөн хонно. Утуйбакка килэччи көрөн, таһырдьа хас тыаһы-ууһу барытын иһиллии сытта. Түүн үөһэ ааһыыта тыал түннүк ыстаабанын быраҕан лаһыгыраппытыгар адьас кута көтө сыста…
Соболев аан дойду сэриитэ саҕаланыаҕыттан син элбэх быһылааҥҥа түбэспитэ буолуо да, маннык кутталга сылдьыбыт кэмин өйдөөбөт. Төһө даҕаны хорсунунан аатырбатар, син быыс-хайаҕас булан, ол-бу быһылааннартан тыыннаах тахсара. Билигин дьэ муҥур уһукка хаайтарда быһыылаах. Кыһыйыан быатыгар, Саха сиригэр ыытабыт диэбиттэригэр үөрбүтэ баара. Ол эһэ-бөрө уйата түҥкэтэх дойдуга тиийэн, сэрии-айдаан уурайан, олох-дьаһах оннун булан, нам-нум буолуор диэри сынньаныам диэн санаабыттааҕа. Онтуката хайа баарый? Ыттыы өлөрүгэр тиийдэ. Дьиҥинэн кини туох буруйун иһин өлүөхтээҕий? Үрүҥҥэ, Колчакка кыттыбытын иһин Сибииргэ сөбүн тутуурга-хабыырга сылдьыбыта, силиэстийэлэммитэ ээ. Уонна, билиҥҥи былааска куттала суоҕунан ааҕыллан, манна үлэҕэ ыытыллыбыта. Саха сиригэр кэлэн, уһаты-туора туттубакка, сыыһа-халты хаампакка, үлэлии сылдьар. Бу курдук үлэлии сылдьыа эбитэ буолуо. Ону баара ити… Рейнгардт түөкүн суруга, Пепеляев бирикээһэ түҥнэри ытыйан кэбистэ.
Бу күннэргэ Соболев баҕата Такыырап (кини Аргыылабы итинник ааттыыра) аны кэлбэтэр, кинилэр миигин төрүт умунналлар диэн этэ. Пепеляевтааҕы кытта сибээһэ суоҕун, сибээстэһэ да сатаабатын өйдөөтөллөр, ЧК-лар, баҕар, кинини тыытыа суох этилэр. Өскөтө Такыырап тоҕо сырытта диэн ыйыттахтарына, тугу эрэ куһаҕаны саҥаран истэҕинэ үүрэн таһаарбытым диэн хоруйдуон сөбө. Мантан антах эрэ кэлбэтэр… Кини, баччааҥҥа диэри таҥараны соччо итэҕэйбэтэх бэйэтэ, иһигэр бэл таҥараттан көрдөспүтэ: “Айыы тойон, чахчы баар буоллаххына, миигин умуннаттар, миигин тыыттарыма…”
Соболев аатталын халлаан да, сир да ылымматылар быһыылаах. Бэһис күнүгэр киэһэ үлэтиттэн нэһиилэ кэлэн нухарыйан илэй-балай сытан билэр куолаһа дуораһыйбытыттан уһукта биэрдэ.
– Эраст Константинович, үтүө киэһэ.
Хос ааныгар Аргыылап муннун аннынан торум курдук хара бытыктаммыт сирэйэ ньолос гына түстэ. Соболев сонно ойон туран бу арахсыбакка түбүлээбит түөкүнү таһырдьа анньан кэбиһиэн баҕарда да, тоҕо эрэ тыла тахсыбакка, мээнэнэн көрөн сытта. Аргыылап таҥастыын олоппоско олордо уонна дьаһайар быһыынан эттэ:
– Тур!
Соболев өс киирбэх оронугар олоро түспүтүн бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
– Тоҕо сыттыҥ?
– Тымныйан…
– Тоҕо бэйэҕин көрүммэккин?
– Ха… хайдах?..
– Бытыккын тоҕо үчүгэйдик хоруммаккын?
– Суох… хорунабын, – Соболев сэҥийэтин туппахтанна.
– ЧК-лар интэриэһиргиэхтэрин баҕараҕын дуо, тоҕо маннык буолла диэн?
– Ыалдьан… ыалдьабын…
– Сымыйалаама! Үлэҕэр көтүппэккэ сылдьаҕын. Хата куттанан диэ. Ол кырдьык.
Соболев өйүгэр: “Дикарь! Азиат! Миигин, дворянины, өссө күргүйдүүр!..” – диэн өһүргэнэр санаа чыпчылыйыы түгэнигэр эрэ кылам гынан ааста. Кыыһыран, тымтан уордаах тыллары этэрин оннугар аргыый ботугураата:
– Ойоҕоһум… тыыннарбат…
Аргыылап кини хараҕын батары көрдө:
– Чэ түксү. Мин эппиппин ыла кэллим. Буллуҥ дуо?
– С-суох…
– Тоҕо?
– Оҥоһулла илик быһыылаах, – Соболев, ыйан-хайан билэ сатаабатах да буоллар, уталыта эрэ түһээри хардарда.
– Сымыйаҥ. Операция былаана бигэргэтиллибит. Былаан биир куоппуйата эһиэхэ, военкомакка, кэлбит буолуохтаах. Икки хонугу биэрэбин. Онтон уһатар сатаммат. Өйүүн былаан мин илиибэр киириэхтээх.
– Хайдах?!
– Эмиэ “хайдах?”! Хайдаҕын тобул. Өйдөө: өл да төрөө, өйүүҥҥү киэһэ тиһэх болдьох. Сэрии чаастарын кытта сибээһи олохтоотуҥ дуо?
– Суох… Ээ… кэпсэтиһэ сырыттым да, бакаа түмүгэ биллибэт…
– Тиэтэй. Күн-дьыл күүппэт. Умнума: өйүүн киэһэ кэлиэм. Уонна ыалдьыбыта буолан кубулунума. Кырдьык ыарыйдаххына даҕаны сорудах эйигиттэн уһуллубат. Сорудахтары толортоо, ол кэнниттэн – баһаалыста. Сирэйгин-хараххын көрүн. Киһилии бодолон. Сорудаҕы толорботоххуна биитэр ол-бу буолан куйбаҥнаатаххына, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар. Эн даҕаны, биһиги даҕаны биир өтүүнэн тиһиллэ сылдьабыт. Ону өйдөө. Сэрэтэбин! Өйүүҥҥэ диэри.
Соболев ыалдьыта барбытын кэнниттэн бүтүн чаас кэриҥэ оронугар хамнаабакка олордо. Төбөтө ыбыс-ыарахан, куп-куугунас, санаата туохха даҕаны чопчу иҥнибэт, иирбит үүт кэриэтэ биир кэм ытыллаҕас. Лаампата, кыраһыына бүтэн, тордоҕунан буруолаан симириҥнээн барбытыгар дьэ өйдөнөн саба үрдэ уонна хараҕа суох киһилии балааскайдаан тиийэн, муннукка ыскаап кэтэҕин харбыалаһан бытыылканы булан айаҕар таҥнары тутта. Тыыннаах испиир уотунан салаан бэлэһигэр кутулунна. Хаста да ыйырбахтаат, тыынын ыла сатаан, истиэнэҕэ төбөтүн анньан турда. Оронугар кэлэн таҥастыын сытта. Төбөтө арыый дьэҥкэрбиккэ дылы буолла.
“Бэйи эрэ, ити аата хайдах хайдаҕый? – диэн, арыый ону-маны ыйдаҥардар кыахтанан санаан барда. – “Өйүүн”. Өйүүн ол мин кинилэр көрдүүллэрин хантан булуохпунуй? Булбатым чахчы. Оттон оччоҕо? “Бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар…” Кырдьык, ити тугу да кэрэйбэт дьон. Кыһылларга атыыламмыт диэхтэрэ да бүтэр. Ханнык эмэ аппаҕа хаарынан саба тарыйан кэбиһиэхтэрэ. Чэ, баҕар, тута суох гымматахтарына даҕаны син биир быыһаммат. Ити Такыров дикарь кэтэбилгэ сылдьара чахчы. Сибээһин билээрилэр тута иликтэр быһыылаах. Аҕыйах хонугунан харайыахтара. Оччоҕуна миигин эмиэ ылыахтара. “Биир өтүүнэн тиһиллэ сылдьабыт”, – диир. Кырдьык, оннук. Миигин хайаан да бэйэтин кытта соһон барар баҕайы. ЧК-ҕа саагыбарсык түбэстэ да, бириигэбэрэ биир – буулдьа. Туох диэн эппиэттэнэн ол буулдьаттан куотуоххунуй? Такыров сылдьыбатаҕа, Рейнгардт суругун, Пепеляев бирикээһин истибэтэҕим, сорудаҕы ылбатаҕым диэн дуо? Ким итэҕэйиэй ону? Мэлдьэспитиҥ иһин билиннэриэхтэрэ. Билинэ охсон, түргэнник ытылларгар үөрүүлээх буолуоҥ. Инники биир суол эрэ баар – өлүү. Мүччүргэнэ суох өлүү. Сарсын. Сарсын буолбатаҕына – өйүүн. Өйүүн буолбатаҕына – үс хонугунан. Быыһанар сир суох. Муҥур уһук. Оо, сор!.. Ол кэриэтин… Кырдьык даҕаны… Таҥнарыахсыт диэн иэстэбилгэ түбэһэн биитэр ЧК-лар илиилэригэр киирэн муҥу-сору көрөн өлүөх кэриэтин… Чыпчылҕан түгэнигэр… Чыыбыһы тардабын уонна барыта бүтэр… Бу уорбаланан эккирэтиллэр, иэстэбилтэн куттанар, хаайыллары кэтэһэр муҥ барыта… Түксү! Бүттүн! Бүттүн!.. Куотуохха!.. Түргэнник!.. Бэйэ илиитинэн… Бэйэ дьүүлүнэн…”
Соболев сыттыгын анныттан браунины сулбу тардан ылла. Салҕалас илиитинэн сомуогун туруорда. Тымныы ыстаалы итии чабырҕайыгар, чыбырҕаччы тэбэр чабырҕайыгар даҕайда. “Быраһаай, Соболев! – диэн туора киһиэхэ туһулаан этэргэ дылы санаан аһарда. – Волга кытылыттан бу чэҥ муус дойдуга кэлэн өлөр аналлаах эбит буоллаҕыҥ… Быраһаай, Эрастик…”
Хараҕын симнэ. Сөмүйэтин чыыбыска чугаһатта. Ол кэмҥэ Волга сүнньэ өҕүллэн ааһар хонноҕор, аарыма дууптар быыстарыгар кинилэр имениелэрин мезониннаах үп-үрүҥ дьиэтэ сайыҥҥы чаҕылхай күн күлүмүгэр кылбаһыйан хараҕар субу көстөн кэллэ. Итиэннэ ити кылбаҕар дьиэ сибэккилээх түннүгүнэн ийэтин эҥээркэй саҥата субу унаарыйда: “Эра-ас-ти-и-к!..” Соболев соһуйан “дьик” гынна. “…ас-ти-ик!.. Кинилэри бэйэлэрин… Кини-лэ-ри-и!..” Соболев төлө туппут браунина орон улаҕатынан муостаҕа лаһыгыраата.
Хараҕын аста. Сибэккилээх түннүгү кытта бииргэ эҥээркэй куолас сүтэн хаалла. Чох хара түүн. Мууһурбут түннүк биллэр-биллибэттик туртайар. Муннукка кутуйах кумааҕыны хачыгыратар. Оһоххо таракааннар сырдьыгынаһаллар. Соболев сымыһаҕын быһа ыстаата: “Бу тугуй, иирэн эрэбин дуу, тугуй? Кэбис… Точка…” Кини орон улаҕатынан илиитин уган харбыаласта. Ол харбыалаан иһэн кулгааҕар эмиэ истэн кэллэ: “Кинилэ-ри-и бэйэлэри-ин…” “Хайдах? – илиитигэр түбэспит бачыыҥка сэмнэҕин туппутунан тохтуу түстэ. – Хайдах? Кимнээҕи “кинилэри бэйэлэрин”? Кимнээҕи? Ах даа, кинилэри… “Кинилэри бэйэлэрин…” Бэйи-бэйи… Ах чорт!.. Хайдах хайдаҕый? Арай кырдьык даҕаны?.. Мин тоҕо кинилэри харыстыыбын? Урууларым дуу, оҕолорум дуу? Кинилэр миигин харыстыыллар дуо? Харыстаамыналар. Сүүстэ харыстыахтара… “Бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар. Сэрэтэбин…” Тыын тыыҥҥа харбас… Буоллун!.. Оччоҕо мин уорбалааһынтан быыһана түһэбин. Кинилэргэ көмөлөспүт, кинилэргэ булан биэрбит киһини ама тоҕо тыытыахтарай? Хата хайгыахтара. Сөп! Быһаарылынна. Азиат! Дикарь! Соболевынан оонньоомоҥ! Соболев бэйэтин өссө көрдөрүө! Иэстэһиэхпит диэн сааммыт буола-буолалар! Ким урут кэһэйэрин көрүөхпүт! Хайдах итини эрдэ өйдөөбөтөх бэйэбиний? Ур-раа! Оо, маамам барахсан! Мамочкам… Таҥара, арааһа, баар быһыылаах…”
Соболев хараҕа сырдаан, холкутук тыына түстэ. Браунинын булан сомуогун түһэрэн остуолга бырахта. Чэпчэкитик ыстанан туран тас таҥаһын уһулла уонна, суорҕанын анныгар киирэн, өтөр утуйбатаҕыныы минньигэстик утуйан хаалла.
Сарсыарда үлэтигэр кэлэн: “Биир тэрилтэҕэ служебнай наадаҕа бардым”, – диэн этэн баран, Соболев тиэтэлинэн таһырдьа таҕыста. Күүлэ аанынан уулуссаны көрбөхтөөтө. Хайа муҥун, кини аны Такыыраптаах кэтэбиллэрэ баара буолуо диэн куттанна. Уорбалыахха айылааҕы тугу да бэлиэтии көрбөтө. Өтөр-өтөр кэннин хайыһа-хайыһа, ГПУ дьиэтигэр чугаһаата уонна саараҥнаан тохтуу биэрдэ. Сулбу хааман киириэн хайдах эрэ дьулайда. Уулусса уҥуорунан хаста да төттөрү-таары ааһыталаата. Ити курдук биэтэҥнии сылдьан бөлүүҥҥүтүн саныы түстэ уонна дьэ, уҥа-хаҥас өттүн көрүнэ да барбакка, уулуссаны быһа туораан тахсан дьиэ аанын тэлэйэ баттаата.
ГПУ дьуһуурунайа Соболевы, киһи соччо иилэ хабан өйдөөбөт быһаарыытын истэ сатаан баран, биир хоско ыйан ыытта. Ол хоско олорор эдэр нуучча киһитэ, балачча өр истимэхтээт, ойон турда:
– Барыах.
Атын хоско киирдилэр. Бурҕаҥнас табах буруотун быыһыгар киһи төбөтө хараарар.
– Трофим Васильевич, бу эйиэхэ сыһыаннаах табаарыс кэллэ, – диэтэ эдэр киһи уонна тахсан барда.
Хостоох киһи сапсыйан табаҕын буруотун үрэйдэ, хара барааҥкатын лаппа кэтэн саннын хамнаппахтаата уонна илиитин уунна:
– Ойуурап. Олор, табаарыс.
– Соболев. Эраст Константинович.
– Аа! Байанкамааттан дуо?
– Даа, сонтон.
“Билэр эбит. Ол иһин даҕаны, – дии санаата Соболев, – тутуу баттаһан эрдэ кэлбитим үчүгэй эбит”.
– Дьэ кэпсээ, истэбин.
– Даа, табаарыс Ойуров… Мин Соболев диэммин. Эраст Константинович диэн…
– Билэбин-билэбин. Дьэ?
– Мин… военкомакка үлэлиибин… отдел начальнигынан. Новониколаевскайтан командировкаланан кэлбитим. Оннук.
Дьокуускай военкоматын үлэһитэ тарбахха ааҕыллара. Онно ким үлэлиирэ кыра куорат олохтооҕор барытыгар биллэрэ. Ойуурап эмиэ билэрэ.
– Ону эмиэ билэбин, табаарыс Суобалап. Эн долгуйума. Уоскуй. Саас-сааһынан кэпсээ: соругуҥ тугуй?
– Баһыыба… баһыыба… – Эраст Константинович төбөтүн тоҥхоҥнотто. – Даа, маннык. Мин ыраахтааҕы армиятыгар офицер этим. Үрүҥ армияҕа, Колчакка эмиэ. Онтукам барыта личнэй дьыалабар сурулла сылдьар. Тугу да кистээбэтэҕим. Советскай былааска буруйбун билинэн турабын. Ону барытын бырастыы гынан манна үлэҕэ ыыппыттара. Ол курдук…
– Ити барыта өйдөнүллэр. Итинэн бүтэр дуо?
– Суох… – Соболев көлөһүнүн сотунна.
– Истэбин.
– Бүппэт… – Соболев үөһэ тыынна, утары көрдө. – Барыта уруккуттан төрүттээх. Ол иһин итини этэбин… Дьэ маннык. Бөлүүн, суох, бэҕэһээ… бэҕэһээ киэһэ миэхэ дьиэбэр Такыров диэн киһи кэлэ сырытта… Саха… Генерал Пепеляев связнойа. Даже связной да буолбатах, уполномоченнайа диэххэ дуу, резиденэ диэххэ дуу? Уонча хонуктааҕыта илинтэн кэлбит…
– Такыырап диэн дуо?
– Даа-даа.
– Такыырап… Такыырап… – Ойуурап тарбахтарын төбөтүнэн остуолу тоҥсуйбахтаата. – Баҕар, арыый атыннык эппитэ буолаарай?
– Суох, чахчы Такыровпын диэбитэ.
– Чэ сөп. Такыырап да буоллун. Кэпсээн ис.
– Дьэ маннык…
Киһи тыына бурҕачыйар тымныытыгар тиритэн, субу-субу былаатынан сирэйин ньуххана-ньуххана, Соболев Аргыылап сылдьыбытын, кини кыһыл сэриилэр Пепеляевы утары операцияларын былаанын бул диэн модьуйбутун бутуйан-таһыйан кэпсээтэ. Төһө да барытын кырдьыгынан тоҕо тэбээн кэпсээбит курдук буоллар, кини бэйэтин үчүгэйдик көрдөрүнэ сатаата: Аргыылап маҥнайгы сырыытын, Рейнгардт суругун төрүт ахтыбата (ЧК-лар ол маҥнай кэлэ сылдьыбытын, баҕар, билбэтэхтэрэ буолуо. Ону эттэхпинэ, аны сонно тута тоҕо тыллаабатаххыный диэн иилэ хабан туруохтара. Билбит да буоллахтарына, онно суолталаах кэпсэтии суоҕа, көннөрү баарбын-суохпун эрэ көрөн барбыта диэҕим. Оттон суругу баҕас билбэтэхтэрэ чахчы. Такыров эттэҕинэ мэлдьэһэн кэбиһиэм. Сурук күлгэ кубулуйан сүппүтэ. Баар этэ диэн кини хайдах дакаастыаҕай?”), бэҕэһээ даҕаны мастыы аккаастаммытым, ол үрдүнэн күүһүнэн кэлэбин диэбитэ диэн кэпсээтэ. Хаста да кыбытан сэбиэскэй былааска бэриниилээҕин аҕынна. Түмүгэр үлэһит уонна бааһынай аймах былааһыгар сэриинэн түспүт өстөөх үспүйүөнүн түргэнник тута охсор наадатын эттэ.
– Оччоҕо эйиэхэ сарсын киэһэ кэлиэхтээх буоллаҕа.
– Даа, сарсын киэһэ.
Ойуурап табахтан саһарбыт сөмүйэтинэн бытыгын убахтанан чочумча толкуйдаан олордо, онтон ыраас лиистэри ылан Соболевка уунна.
– Билигин сэргэ хоско тахсаҥҥын ити кэпсээбиккин барытын суруй. Мин кэлиэҕим. Көһүт.
Соболев түннүгүн алларата таас оннугар хаптаһынынан саба саайыллыбыт иччитэх хоско киирэн, эмиэ бэйэбэр сүүйүүлээҕэ буолаарай диэн, кэпсээбитинээҕэр быдан уһанан өр суруйда. Суруйбутун хос-хос аахта, көннөрдө. Ол үрдүнэн Ойуураба кэлэн быстыбата. Көһүтэ сатаан баран тахсан сэргэ хоһу тардыалаата да хатааһыннаах. Дьуһуурунайтан ыйытта. Анарааҥҥыта бэрт тоҥуйдук хардарда:
– Председательгэ. Хоскор көһүт. Тахсыма.
Соболев көһүтэн олорон ыгылыйан барда. Кини дьуһуурунай ордук кэнники тылын дьиктиргээтэ: “Тахсыма”… Ол аата мин хаайыылаахпын дуу, тугуй? Аны, кырдьык, Пепеляев үспүйүөнүн куомуннааҕа эбит диэн хаайаайаллар? Ама дуу, бэйэтинэн кэлэн тыллаабыт киһини. Оо дьэ, хайдах-хайдах баҕайыный?..” Кини туох диэн саныаҕын адьас харааччы мунан олордоҕуна, кэмниэ-кэнэҕэс аан дьэ аһылынна.
– Аҕал эрэ, – Ойуурап сурулубут лиистэри ылан ааҕыталаата. – Чэ сөп. Тэрилтэҕэр тиийэн үлэлээбитиҥ курдук үлэлээ. Манна сылдьыбыккын биллэримэ. Билигин эйигин кэтэх аанынан таһааран биэриэхтэрэ.
– Оттон… Такыров… хайдах?..
– Эн кинини көрсөрүҥ курдук көрүс. Хайдах гынары биһиги бэйэбит билиэхпит.
– Сөп…
Ойуурап Соболевы дьуһуурунайга тиэртэ. Арахсарыгар илиитин биэрдэ:
– Баһыыба, Эрээс Көстөкүүнэбис, көмөҥ иһин. Көрсүөххэ диэри.
Олбуор кэтэҕинэн атын уулуссаҕа тахсан баран, Соболев өрө тыынна: “Көрсүөххэ диэри”. Аны эһигини кытта көрсүбэтэх киһи үчүгэй этэ…”
Сарсыныгар Соболев наар киэһээҥҥи көрсүһүүтүн санаан сырытта… “Көрсөрүҥ курдук көрүс…” Ити хайдах көрүс диэн эппитэ буолуой? Мин хайдах көрсүтэлээбиппин кини хантан билэр?”
Үлэтиттэн кэлэн аһаан баран, Соболев остуолугар олорон көрдө, хоһугар хаамыталаан тэпсэҥнээтэ. Хайдах да уоскуйбата. Лаппа киэһэрэ быһыытыйда – туох да биллибэтэ. “Били сатана баччааҥҥа диэри кэлбэтэ. Хайыы-үйэ туппуттара буолуо дуо? – диэн Соболев эрэх-турах санаан олордо. – Оннуга үчүгэй этэ. Оо, оннук буоллар… Ол эрээри оччоҕо ГПУ киһитэ тоҕо миигин “…көрүс” диэҕэй? Кэбис, диэҕэ даҕаны. Кими, хаһан хаайалларын ол миэхэ дакылааттыы сылдьыа дуо?”
Бириэмэ кутуйах хаамыытыныы сыылынна. Соболев олоро-тура сатаан баран тулуйбакка сытта. Сонун бүрүннэ. Утуйбатахха дылы этэ да, утуйбут эбит. Эмискэ сонун сирэйиттэн хастыы тардыбыттарыттан уһугунна. Үрдүгэр бэргэһэлээх төбө төҥкөйбүт: Такыров…
– Эмиэ утуйан көскөйө сытаҕын дуу?
Соболев хараҕын симнэ. Баҕар, бу мөкү түүл ини. Аныгыс хараҕын аһыытыгар туманныы сүтэн хаалыа.
– Тур! Тура тарт!
Түүл буолуо баара дуо: тымныы илии Соболевы уолугуттан садьыйталаата.
– Тиэтэй! Түргэнник! Хойутаатым.
Соболев уолугун көннөрүнэн туппахтанна.
– Сорудахпын толордуҥ дуо? Аҕал!
– Суох… – Соболев оронугар олордо.
– Суох даа? Эн оонньуу оҥостоҕун дуу, тугуй?
– Мин… сарсын… сарсын…
“Били ЧК-лар мэлийдилэр… Миигин соруйан бу ыкка сиэтээри…”
– Иһит, трус! Күн сарсыны ааспакка бул! Тиһэх болдьох – сарсын. Күн-дьыл ыраатта. Сарсын эбэтэр… – Аргыылап Соболевы уолугуттан харбаан сирэйигэр ыкса тарта. – Өйдөөтүҥ дуо? Слизняк!
Эмискэ кэннилэригэр саҥа хабылынна:
– Илиигитин уунуҥ!
Аргыылап, Соболевын ыһыктан кэбиһээт, сиэбин харбаммытынан эргиллэ биэрдэ. Бэстилиэттэр хара айахтара кини сүрэҕин туһулаан аҥаспыттар. Аргыылап илиитин уунуохтуу даллайан иһэн, аттыгар турар бэстилиэттээх киһини саннынан киэр хаһыйан, ааҥҥа ыстанна. Онуоха аан диэки тохтообут киһи атаҕын тоһуйан биэрдэ. Аргыылап, онтон иҥнэн, муостаҕа сирэйинэн умса барда.
Ити барыта чыпчылыйыы түгэнигэр буолла. Көрүөх бэтэрээ иккэрдинэ илиитэ кэдэрги кэлгиллибит Аргыылабы умса анньан таһырдьа таһаардылар.
Ойуурап (аан диэки кини турбут эбит) өссө да илиитин уунан даллайан олорор Соболевка кэллэ.
– Түһэр-түһэр… – диэтэ уонна аргыый эбэн эттэ: – Сарсын 12 чааска биһиэхэ кэлээр.
Олбуор аана сабыллыбытыгар Соболев кириэстэнэн сапсынна уонна, ону өйдөөн, дьиибэргээтэ: киһи иэдээҥҥэ түбэстэҕин аайы таҥараны итэҕэйэрэ бэргээн иһэр баҕайыта дуу?
Нөҥүө күнүгэр Соболев үлэхтээх кэмигэр ГПУ-га тиийдэ. Быһа Ойуурап хоһугар аһардылар. Сотору биир түүн иһигэр хайдах эрэ кырыыламмыкка дылы сирэйдэммит Аргыылабы аҕаллылар. Кини Соболевы батары көрбүтүнэн киирдэ. Ол көрүүттэн Соболев көхсүнэн кымырдаҕастар сырсарга дылы гыннылар.
– Кырасданьыын Суобалап, көрдөрүүгүн хатылаа.
Соболев били бэҕэһээ суруйан биэрбитин быһыта-орута хос эттэ.
– Кырасданьыын Аргыылап, ити кырдьык дуо?
– Суох!
– Тоҕо?
– Суох!
– Кырасданьыын Суобалап, эн эппиккин бигэргэтэҕин дуо?
– Бигэргэтэбин.
– Кырасданьыын Аргыылап, Суобалап этэрэ кырдьык дуо?
– Суох!
– Эн киниэхэ сылдьыбытыҥ дуо?
– Суох!
– Киниэхэ сорудах биэрбитиҥ дуо?
– Суох!
– Сымыйалаама. Кэлин сырыыгын биһиги бэйэбит илэ харахпытынан көрбүппүт, эт кулгаахпытынан истибиппит. Оннук буолбат дуо?
– Суох!
– Хайдах эн халба курдук “суохтан” атыны билбэккиний? Онтукам быыһыа дии саныыгын дуо? Саараныма, Аргыылап. Мэлдьэһэҥҥин даҕаны түрүбүнээл дьүүлүттэн син биир куотуоҥ суоҕа, – Ойуурап туран бэттэх кэллэ. – Билинэҕин дуу, суох дуу?
– Суох!
Ойуурап, эргиллэн иһэн, конвойдуур саллаакка илиитин таһынан садьыс гынна:
– Илдьиҥ. Өссө өйдөннүн.
Аргыылап ааҥҥа тиийэн тохтоото, хараҕын быһыччы көрөн, Соболевы тобулу одуулаата уонна тииһин быыһынан сыыйда:
– Иуда…
Соболев, тахсан туманнаах уулуссанан хааман иһэн, Аргыылап үөхсүбүтүн санаан сонньуйда: “Иуда, ээ. Соболев эйигин уган биэрбитин ким да билиэ суоҕа. Ол чахчы эйигин кытта сүтүөҕэ. Бу күн сиригэр кылаабынайа – сатабыл. Мин сатаатым да, уорбалааһынтан, хаайыллартан быыһанным, көҥүл чыычаах оҕото буолан көттүм. Өссө махтал ыллым. Оттон эн, төһө да андаҕаргын кэспэтэргин, төһө да хорсуннук тутуннаргын, үөҕүстэргин, сарсын биир буулдьа аһылыга буолуоҥ. Өйүүн эн төрөөн сылдьыбыккын букатын умнуохтара. Сири кытта сир буолуоҥ. Төһө да геройдуу өлбүтүҥ иһин. Суох, өлбүт геройдааҕар тыыннаах Иуда ордук. Быдан ордук!”
9
Кыыча үөрэҕин кэнниттэн дьиэлээн салбыҥнаан истэ.
Үнүргү комсомольскай мунньахтан ыла кини тосту уларыйда. Сытыы-хотуу бэйэтэ сыппаата, күлэрэ-оонньуура сүттэ. Иккис курстар үөрэнэр хосторуттан сааскы сүүрээннии кылыгырайар дьэҥкир күлүү иһиллибэт буолла. Чаҕылхай сарсыарда күн күлүмүн көрсө налыйар сибэкки тымныы түүн сэбирдэхтэрин түүрүнэрин кэриэтэ Кыыча, санаатын-оноотун иһигэр кистээн, кумуччу туттан сырытта. Кими да кытта сэлэспэт, сэндэлиспэт. Үөрэҕэр соҕотоҕун кэлэр, соҕотоҕун дьиэлиир. Учууталлар уруогун ыйыттахтарына, өскүөрүтүн эрэ хардарар. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро даҕаны, кини туругун өйдүүр дьон быһыытынан, киниэхэ сигэммэттэр, кинини саҥарда сатаабаттар. Бары туох да уларыйбатаҕын курдук тутталлар. Арай Томмот мунньах буоллаҕын сарсыныгар, үөрэх кэнниттэн, аргыстаһаары ситэн кэлбитэ. Ону Кыыча, сөбүлээбэккэ, тоҥуйдук ыйыппыта:
– Туох баарый?
– Суох… – уол уоска бэрдэрбит кэриэтэ буолбута.
– Оччоҕо… рекомендацияҥ иһин баһыыба. Итиэннэ көрдөһөбүн: миигин батыһыма. Миигин соҕотохтуу хаалларан абыраа. Уонна, баһаалыста, аһыныма…
Бүттэҕэ ол. Ити кэнниттэн Томмот кини аттыгар чугаһыы илик. Ол эрээри үөрэх кэмигэр уол хараҕын уота сотору-сотору киниэхэ туһуланарын кыыс билэр…
Кыыча билигин саамай сөбүлүүр, саамай чэпчэкитик, саамай үчүгэйдик сананар сирэ – балыыһа. Кини иэдээнин онно билбэттэр. Ыарыһахтар кинини син биир урукку харахтарынан көрөллөр, уруккулуу эҕэрдэлии тоһуйаллар. Ол иһин балыыһаҕа кини үөрүүнэн тиийэр, онно күлэр-үөрэр, ыллыыр-туойар.
Кыыча, олорор ыалын дьиэлэригэр киирээт, куукуна билиитэтин айаҕар икки ытыһын саратан аргынньахтаабыт Суонданы көрө түстэ.
– Уой, Суонда! Дорообо, Суонда. Хаһан киирдиҥ? Дьиэбититтэн кэллиҥ дуо?
Суонда дорообоҕо, ыйытыыларга барытыгар эппиэттээн тоҥхоҥноон кэбистэ. Кини, үөрдэҕэ буолан, сирэйин мырдыҥнатта.
Кыыс хоһугар сүүрэн киирэн сонун, бэргэһэтин, суумкатын оронугар элиттэ итиэннэ, дьиэтин ахтыбыт санаата түмүллэн кэллэ быһыылаах, тахсан Суонда моонньугар иилистэ түстэ. Онуоха көлөһүн курас сыта, оҕо эрдэҕиттэн бэркэ билэр сыта, муннугар саба биэрдэ. Оҕо эрдэҕинэ Суонда эмиэ бу курдук саҥата суох олорон биэрэр буолара, ону Кыыча чычаас сылгы кэриэтэ үлбүрүйэрэ: моонньугар ыйаастара, көхсүгэр сүктэрэрэ, көтөхтөрөрө. Кыыс билигин эмиэ, хараҕын симэн, Суонданы моонньуттан кууһан, төбөтүн санныгар ууран, кулгааҕар сибигинэйдэ:
– Ийэм… ийэм хайдаҕый? Үчүгэй дуо?..
Суонда төбөтүн тоҥхоҥнотто.
– Тугу кэһии ыытта? Кэһиитэ ханнаный?
Суонда аргыый илгистэн кэбистэ.
– Хайдах?.. Дьиэҕиттэн кэлбэтиҥ дуо?
Суонда тугу да хардарбата, көхсүн этитэн эрэ кэбистэ. Ийэтэ кыыһыгар кэһии ыытыан баҕарбытын, ону аҕата оҕонньор тахсар оҕоҕо эмиэ туох кэһиитин диэн боппутун өйдөөтө. Кыыс хомойбут кэри-куру сирэйин көрөн баран, Суонда кэһиини ылбаккабын даҕаны диэн кэмсинэ санаата.