Kitabı oku: «Саллаат уонна таптал»
Сырдык сыдьаайдаах Сомоҕо
Былыр-былыргыттан тоһуттар тымныы будулуйан турдаҕына, балаҕан иһигэр көмүлүөк оһох барахсан бачыгырыы умайан сылааһынан угуттаан, сырдыгынан сыдьаайан күө бааччы астык, нуурал эйгэни үөскэтэн саханы абыраан кэллэҕэ. Син ол тэҥэ тулаларыгар үтүө сыһыаннарынан, эйэҕэс-сайаҕас, үөрүнньэҥ майгыларынан, кылгастык да алтыһан ааспыкка сырдык санааны саҕар, киһи киһитэ дэтэр дьоһун-мааны дьон олоҕу киэргэтэллэр. Өбүгэ айыы сиэрин-үгэһин иҥэриммит, көнө сүрүнүн утумнаабыт удьуор харалы биһиги кэммит биир биһирэмнээх бэрэстэбиитэлинэн суруйааччы Сомоҕону ааттаатахха, бука, үгүстэр сөбүлэһиэхтэрэ.
Кини учууталын Далан алгыһынан уус-уран айымньы умсулҕаннаах чээл күөх хонуутугар киирбит кэмнэрин өйдөөн кэллим. Лоп курдук сүүрбэ сыл анараа өттүгэр саха ааҕааччыларын үөрдүбүт кэрэхсэбиллээх тэрээһини кинигэ кыһата, суруйааччылар, «Чолбон» сурунаал уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыһан оҥорбуппут. Оччолорго, 90-с сылларга айар тыл аҕалара буолбут норуот суруйааччылара утуу-субуу олохтон баран, айар дьоҥҥо үөһэттэн өйөбүл мөлтөөн, кинигэ бэчээттэниитэ аҕыйаан, литература сайдар хамсааһына аҕырымныы быһыытыйбыт кэмэ этэ. Дьэ ол буом соҕус бириэмэҕэ, хоһоонньут кыргыттары сэргэ түөрт эдэр уонна саастарын үгэнигэр сылдьар лиҥкир эр дьон биир сылга кэпсээн, сэһэн кинигэлэнэн айар эйгэҕэ киирбиттэрэ ааҕааччыга соһуччу соҕус сонун түгэнинэн буолбута. Павел Федоров-Сомоҕо «Ол ыҥырар тырымнас уоттар», Константин Эверстов «Туман буолбут таптал», Уйбаан Ойуур «Буурҕа» уонна Василий Бочкарев «Өрөөбүт уоспун өһүлэн» кинигэлэрин бииргэ биһирэмнээн киэҥ кэпсэтии дьоро киэһэтэ дьону-сэргэни сэргэхсиппитэ. «Саҥа суруйааччылар аҕыйахтар, аныгы сонун тиэмэлэргэ үлэлээччилэр кэмчилэр дииллэр. Оннук буолбатаҕын бу көрсүһүүбүт көрдөрөр, – диэтэ бастакынан тылы ылбыт «Бичик» кылаабынай редактора. – Биһиги бу билсиһиннэрэр ааптардарбыт балачча бэчээттэммит, литератураҕа ис сүрэхтэриттэн баҕаран, бэринэн туран үлэлииллэр. Онон, кинилэр бастакы кинигэлэрин билиһиннэрэр ордук үөрүүлээх уонна бу үлэлэрэ быйыл саха уус-уран литературата төрүттэммитэ 100 сылын туолар кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн көрсө дьоһуннаах бэлэхтэринэн буолар». Маннык иһитиннэриини хаһыакка биэрбит суруналыыс, суруйааччы С.Р. Данилов, салгыы П.Д. Аввакумов, Тумат, Харысхал, Г.В. Попов, В.А. Тарабукин, П.П. Флегонтов, о.д. а өрө көтөҕүллэн туран эҕэрдэлээбиттэрин, айымньылары ырыппыттарын сурукка тиспит эбит. Дьэ ити курдук хас да ааптары бииргэ сомоҕолоон биһирэм кэпсэтии таһаарарга көҕүлээччинэн Байбал Сомоҕо буолбута. Театр артыыстарын В.Апросимовы, К. Михайловы, ырыаһыт Д. Тихоновы, Чурапчы Дириҥиттэн бэйэтэ салайар айар түмсүүтүн кытыннаран тэрээһини киэргэппитэ. Бастакы кинигэтэ ордук ыччаты таарыйбыта бэчээккэ сэҥээриилэр ааттарыттан да өтө биллэр: эдэрдэр Матрена Борисова «Тырымнас уоттар» туохха ыҥыраллар?», Марфа Далбаева «Саҥа суолу арыйар айымньылар», Жанна Леонтьева «Сомоҕо сонун суолу тэлэр» диэн санаа үллэстибиттэрэ. Ону сэргэ Мария Сидорова, Иннокентий Окоемов, Данил Макеев, биллиилээх суруйааччылар Тумарча, Петр Аввакумов ааптар олох сытыы, мөккүөрдээх түгэннэригэр толкуйдуурга ыҥырар суолталаахтарын бэлиэтээбиттэрэ. Онтон ыла Павел Петрович хонноҕо аһыллан тахсыылаахтык үлэлиир. Айар дьарыгы көхтөөх уопсастыбаннай үлэни кытта сатаан дьүөрэлиир.
Кинини бодоруһан билсиэхпиттэн үгүстэртэн уратылаһар хаачыстыбатын ордук бэлиэтии-биһирии көрөбүн. Бар дьон, төрүт сир туһугар бэриниилээх, кыһаллыгас, эппит тылыгар туругас көнө майгытын. Байбал бэйэтин туһугар мөхсүбэккэ, наар атыттар тустарыгар кыһаллар-мүһэллэр түбүктээх. Дойдутун үлэһит, биллиилээх дьонун, суруйааччыларын ааттарын-суолларын үрдүктүк тутарга, үйэтитиигэ сыратын биэрэн сүүрэр-көтөр, туруорсар-кэпсэтиһэр идэлээх. Тус бэйэтинэн көҕүлээн, дьону түмэн үлэлээн үтүө түмүктэри ситиһэрин биир дойдулаахтара, чурапчылар, астынан кэпсээччилэр. Норуокка умнуллубат үтүөлээх саха саарыннарын, улуус киэн туттар туруу үлэһиттэрин, тэрилтэлэрин, билиҥҥи кэм бэлиэ дьонун бэчээккэ сырдатта, кэккэ кинигэлэри таһаартарда. Олортон аҕыйаҕы аҕыннахха, Даланы педагог быһыытынан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр «Умнуллубат «Дьикти саас» оҕолоро» (2008), «Учуутал дьоло – үөрэнээччилэрин ситиһиилэригэр» (2012), Аан Дархан М.Е.Николаевка «Барҕа махтал Чурапчы дьонуттан!» (2014), Ил Дархан Е.А. Борисовка анаммыт «Боотур Уустан Ил Дархан» (2014) кинигэлэри саха дьоно биһирэбилинэн көрсүбүтэ. Үйэтитиигэ дьаныһан дьарыктанан, кини – сэрии содулугар эстибит Мэлдьэхси нэһилиэгин Чоччууда алааһыгар уот сэриигэ барбыттарга, Чурапчы көһөрүллүүтүн сиэртибэлэригэр өйдөбүнньүк уонна саха бастакы норуодунай худуоһунньуга П.П. Романов төрөөбүтэ 100 сылыгар мэҥэ комплекс оҥоһуллуутун сүрүн тэрийээччи.
Тыа сиригэр Суруйааччы сойууһун үлэтин, литератураны сырдатыыга, айар дьарыгы тарҕатыыга күүскэ үлэлиир. «Дириҥ уоттара» литературнай түмсүүнү уонча сыл устата салайан үлэлэппитэ. Саха омук чиэһин, кырдьыгын көмүскээһиҥҥэ олоҕун тухары охсуспут талааннаах суруйааччы Иван Федосеев-Доосо аата кини төрөөбүт Хоптоҕотун орто оскуолатыгар, сэрии туһунан бастакы «Көмүскэ уута» романы саха литературатыгар кэриэс кэбиспит буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Бродников аатын Төлөйгө «Аартык» норуот айымньытын дьиэтигэр кини быһаччы көҕүлээһининэн уонна улахан сыратынан, дьулурҕа дьулуурунан иҥэриллэллэрэ ситиһиллибитэ. Убай туттубут биир идэлээхтэрин Сэмэн Туматы, Тумарчаны, Роман (Сэмэн) Даниловы, Василий Петров-Айылы мэлдьи өрө тутан, үбүлүөйдэрин тэрийиигэ салалта, бар дьон өттүттэн харааннааһыҥҥа, өйөбүлгэ, сырдатыыга өр сылларга үлэлэһэн кэллэ. Өрөспүүбүлүкэ, олохтоохтор интэриэстэрин көмүскээн туруулаһыыга Саха уопсастыбаннай киин, Саха конгреһын көхтөөх кыттааччытын быһыытынан уонунан сылларга үлэтэ – бэйэтэ туһунан киэҥ кэпсээн. Ол иһин аҥаардас соҕотох түгэни ойо тутан ахтан аһарыым.
2012 сыллаахха Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин салайааччыларын бэрисидьиэн диэн ааттаныыларын тохтотуу саҕаламмыта. Онуоха саха судаарыстыбаннаһын суурайтарбат туһугар көннөрү «баһылык» диэн тиэрмин оннугар «Ил Дархан» диэн омук ааспыт устуоруйатыттан силистээх анал ааты дьыала-куолу тылыгар, СӨ Төрүт Сокуонугар киллэртэрэр инниттэн улахан хамсааһын тахсыбыта. Дьүүллэһии үрдүк таһымҥа тахсыытыгар Ил Түмэн парламентарийдара Зоя Корнилова, Елена Голомарева, Оксана Винокурова нэһилиэнньэттэн, улуустан өйөбүл наада диэн көрдөспүттэрэ. Онуоха бу суһал соругу толорорбутугар Сомоҕо көмөлөспүтэ. Чурапчы биллэр-көстөр дьонун кытары сүбэлэһэн-дьүүллэһэн парламент спикерэ В.Н. Басыгысов аатыгар дьоһуннаах суругу киллэрбиттэрэ. Ол курдук, Дьааҥыттан В.П.Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал эмиэ өйүүр ис хоһоонноох суругу тэрийэн ыыппыта. Онон, билигин олоххо киирбит судаарыстыбаннас баарын бэлиэтиир дорҕоонноох анал аат бигэргэниитигэр Павел Петровичтаах көмөлөрүн барҕа махталынан ахтабын.
Сомоҕо бэлиэ сааһын илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрүстэ. Бу саҥа кинигэтэ икки түһүмэхтэн турар. «Саллаат уонна Таптал» диэн сэһэнэ саха уус-уран айымньытыгар өссө арылла илик тиэмэҕэ анаммыт. Саха сирин олохтоохторо сэриигэ кыттыыларынан, аармыйаҕа сулууспаҕа бэргэн ытааччы, тулуурдаах, барыга бары сыстаҕас, толоругас, бэйэтин кыанар саллаат быһыытынан бэйэлэрин көрдөрбүттэрэ биллэр. Байыаннай чаас хамандыырдара, офицердара саха буолла да кыраҕы харахтаах ытааччы, уруһуйдьут, үчүгэй буочардаах писарь, спортсмен диэн олоҕурбут өйдөбүллээхтэр. Ол гынан баран, биһиэхэ саха сулууспалааһынын ойуулуур айымньы тоҕо эрэ суох этэ. Биир төрүөтүнэн аармыйа күлүк өрүттэрин хайдах даҕаны таарыйарга тиийиллэрэ эмиэ мэһэйдиир буолуон сөп. «Дедовщина» мөкү көстүүтэ аһаҕастык киэҥ билиигэ тахсыбыта ыраатта. 1989 сыллаахха режиссердар А.Малюков «Делай – раз!», А. Рогожкин «Караул» киинэлэрэ бүтүн Сойуус көрөөччүлэрин долгуппуттара. Сонун айымньыга 70-с сс. ортолоругар саха уолаттара Чукоткаҕа сулууспалара ойууланар. Ааптар тыҥааһыннаах түгэннэри хото киллэрэн интэриэһи көбүтэргэ дьулуспат. Оччотооҕу ыччат чөл мөссүөнэ, сэмэйэ, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах, хардарыта көмөлөсүһэр сыһыана, килбик таптала, олоххо дьулуура табан көрдөрүллэр. Эдэр киһи көрсөр олоххо бэйэ миэстэтин булунуу, идэни талыы, мунуу-тэнии, ардыгар быстах санааҕа алҕаһы оҥостон олоҕу уустугурдуу, табыллыбатах таптал курдук түгэннэрэ ааҕааччыны тардыахтара. Сулууспалыыр араас омук ыччатын, урут-хойут аармыйаҕа ыҥырыллан ытык иэһин толорор салааттар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар араас сыһыана, эр дьон бигэ доҕордоһуута айымньыга көстөр. Муустаах муора кытылынааҕы хахсаат, тыйыс айылҕа, чукчалар олохторун, дьарыктарын уратыта, киити, үрүҥ эһэни бултааһын ойууланар түгэннэрэ кэрэхсэтэллэр.
Иккис түһүмэххэ ааптар айар, араас өрүттээх уопсастыбаннай үлэтин ырытар, кэрэһилиир суруйуулар киирбиттэр. Мэлдьи олох үөһүгэр «сырыттахха, кытыннахха сатанар» диэн бириинсиптээх, түмсүүгэ-сомоҕолоһууга угуйар дьулуурдаах дьонсэргэ биһириир бэлиэ киһитин уобараһын ситэрэн биэрэллэр. Ааспыт сылга бөлүһүөк, литератураны чинчийээччи Е.Г. Винокуров «П.П. Федоров-Сомоҕо олоҕо уонна айар үлэтэ» дьоһуннаах монографияны таһаартарда.
Сомоҕо диэн боһомо ааттаах суруйааччыттан билиҥҥи олохпут уратытын, олох тыын боппуруостарын арыйар өссө сонун айымньылары ааҕааччы кэтэһэр.
Валерий Луковцев-Дьурустаан,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ
Саллаат уонна таптал
Сааскы маай бырааһынньыктара чугаһаан уонна таһырдьа халлаан сылыйан, айылҕа тупсан турар кэмэ.
Оскуола иһигэр киһи суоҕун кэриэтэ. Эдэр уруһуй, черчение учуутала Эрчим Петрович Быгаанап уруоктара, хаһан да буоларын курдук, саамай кэнники тураллар. Субуота күҥҥэ кырдьаҕас учууталлар уруоктарын араспысаанньа быһыытынан эрдэ үөрэтэн бүппүттэр. Арай быйыл университеты саҥа бүтэрбит английскай тыл учуутала Светлана Васильевна эрэ баар эбит. Эрчим быйыл кыһын оройуон киинигэр үҥкүүлүү уонна ийэтин аахха сылдьаары кыыстан элбэхтик көрдөспүтэ. Черчение уруогар сорудах биэрэн, «Оҕолору көрөөр, үлэлэрин бүтэрдэхтэринэ, дьиэлэригэр ыытаар…» – диэн баран, уон алта биэрэстэлээх сиргэ кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга «дискотекалыы» сатыы ыстанара.
Эдэр учуутал бүтэһик бэһис, алтыс уруоктарын бүтэрэн баран, Маай бырааһынньыктарын дьонун кытта көрсөөрү оройуон киинигэр барарга быһаарынна. Дьиэлэнэн олорор дьонугар тиийэн малын-салын хомунан спортивнай суумкаҕа симээт, айан суолугар тахсан, массыына тутан Майалаата.
Ийэтэ аах олорор икки этээстээх мас уопсай дьиэлэрин таһыгар тиийэн түстэ. Хата, дьоно дьиэлэригэр бааллар эбит. Бырааттаах кыра балта тэлэбиисэр көрө олороллор. Оттон ийэтэ барахсан ас астаан түбүгүрэ сылдьаахтыыр, сааһыран уҥуохтуун кыччаан хаалбыт курдук буолбут.
Киэһэ аһаары олорон ийэтэ:
– Бу военкоматтар аармыйаҕа барарга «повестка» аҕалан биэрбиттэрэ… – диэн күөх дьүһүннээх кыра кумааҕыны Эрчимҥэ туттаран кэбистэ.
Эдэр уол ону хап-сабар сулбу тардан ылан көрбүтэ: «Ыам ыйын 15 күнүгэр олохтоох военкомакка, сарсыарда 10-н чааска кэлэҕин» диэн булгуччулаах ыҥырыы сурук буолла. Эрчим кумааҕытын эргим-ургум тутан көрүтэлээтэ. «Хата, кырдьык аармыйаҕа барар эбиппин. Оскуолаҕа сатаан учууталлыа суохпун», – дии санаата.
– Ийээ, кырдьык да, мин аармыйаҕа барыыһыбын. Оскуола учуутала мин идэм буолбатах эбит… – диэтэ.
– Эс, оттон быйыл үөрэх дьылыгар үлэлээн бараҥҥын, аны күһүн үөрэххин салгыы Хабаровскайдыахтаах этиҥ дии?
– Оннук этэ да, идэбин сыыһа талбыппын. Билигин оскуолаҕа уруһуй, ырыа, физкультура уруогун олох улахаҥҥа уурбаттар. Туһата суох предмет курдук көрөллөр. Ол оннугар ахсаан, физика, нуучча тылын учууталлара өрө тутуллаллар.
– Ама оннук буоллаҕай, учуутал аата учуутал ини… – ийэтэ саарбахтаабыт курдук саҥарда.
– Суох, оннук буолбатах… Хас чиэппэр түмүгүн аайы, педсовекка эн үрдүгүнэн көтөллөр. Ол кинилэр, учуутал оҕолоро, хайаан даҕаны «отличник», «хорошист» буолуохтаахтар үһү.
– Оттон ол сөп буолбатах дуо?
– Баҕар, сөп буолуо даҕаны… Черчение уруогар биир даҕаны чертеһы, дьиэтээҕи үлэтин, саараама, оҥорботох оҕоҕо «халлаантан» ылан түөрдү, биэһи туруоруохтаах үһүбүн.
– Оттон ону күһэйэн оҥорторуоххун?
– Элэ-была тылым бүтэн, сороҕор бэйэм көмөлөһөн оҥорорум үрдүнэн, ыал мааны кыргыттара аһаҕастык: «Сатаабатыбыт», – диэн баран олороллор. Онтон ол оҕолорго хантан ылан сыана туруорабын? Завуч: «Кыайан үөрэппэккин. Хайаан даҕаны бу оҕоҕо үчүгэй сыананы туруордаххына табыллар. Оскуола үөрэҕин бырыһыанын түһэрээри гынаҕын дуо?» – диэн бэрт кытаанахтык дьаһайан кэбиһэр. Онон бүтэр, хайыаххыный?
– Ээ, оччоҕуна эн эмиэ тоҕо сыананы харыстаатыҥ? Түөрдү, биэһи туруоран иһиэххин… – ийэтэ кини этэрин улахаҥҥа уурбат курдук, бэйэтин санаатын этэ олордо.
– Дьэ, ити баар, оччоҕо тоҕо мин үөрэтэбин? Оҕолор син биир «Ырыа, уруһуй, физкультура уруоктарын таах солуута суох үөрэхтэр» дии саныыр буоллахтарына. Ону сүрүн предмеккэ үөрэтэр учууталлара эмиэ итинник сыһыаннаһар буолбуттарын кэннэ, биллэн туран, бу уруоктары суолтаҕа уурбаттара сөп да курдук…
* * *
Сарсыныгар үлэ чааһын саҕаланыыта Эрчим оройуоннааҕы военкомакка тиийдэ. Сэкирэтээр кыыска туох наадаҕа кэлбитин этээт, военком хоһугар ааста. Ааны тоҥсуйан иһирдьэ киирбитэ, аҕам саастаах капитан званиелаах саха киһитэ остуол үрдүгэр сытар элбэх кумааҕыны өрө-таҥнары бэрийэ, сыымайдыы олорор эбит.
– Дорообо, товарищ капитан, призывник Быгаанап Эрчим Петрович диэммин. Повестка туттум, ол эрээри мин бэйэм тылланан туран аармыйаҕа барарга бэлэммин биллэрэбин.
Капитан соһуйбут киһи курдук, эдэр уолу үөһэттэн аллара көрөн ылла уонна ойон турда. Ол кэнниттэн чиҥ-чиҥник үктээн, Эрчимҥэ чугаһаан кэлэн:
– Дьэ, бу эр киһи тыла! Маладьыас! Ийэ дойдутун иннигэр аармыйаҕа сулууспалыыр – хас биирдии эдэр киһи ытык иэһэ. Эн бэйэҥ тылланан туран, Сэбиэскэй сэбилэниилээх күүстэргэ барарга санаа ылыммытыҥ олус үчүгэй! – диэн илиитин ыга тутта уонна Эрчимҥэ остуол аттыгар турар олоппоһу ыйда.
– Баһаалыста, итиннэ олор. Бэйэҥ туох үөрэхтээххин, ханна үлэлиигин?
– Бэйэм Хабаровскайга пединститут икки курсун бүтэрбитим. Билигин тыа сиригэр орто оскуолаҕа уруһуй, черчение учууталынан үлэлиибин.
– Эдэр киһиэхэ бэрт идэлээх эбиккин, аармыйаҕа бараҥҥын ситиһиилээхтик сулууспалаа. Төһө кыалларынан үчүгэй чааска түбэһэн сулууспалыырыҥ курдук олохтоох военкомат аатыттан ходатайство оҥоруохпут. Оскуолаҕар тиийээт, аармыйаҕа ыҥырыллан барабын диэн биллэр. Уонна ыам ыйын 15 күнүгэр сулууспалыы барардыы оҥостон кэлээр… – дии-дии, капитан өссө төгүл Эрчим илиитин ыгыта тутта.
Эрчим военкоматтан санаата улаханнык көтөҕүллэн тахсыбыта: «Сөпкө быһаарынным быһыылаах. Аармыйаҕа син биир сулууспалыахтаахпын, «арыый эдэр эрдэхпинэ» сулууспалаан кэлэрим ордук буолсу. Уонна оскуолаҕа үлэлиири олох испэр киллэрбэтим, эрдэсылла идэбин уларыттахпына табыллыыһы. Оҕо эрдэхпиттэн наар худуоһунньук буолар баҕалааҕым ээ. Пединститукка худграфка туттарсан киирэн бараммын, күнү быһа уруһуйдаталлар ини дии санаабытым ханна баарый? Техмат, сопромат, начертательнай геометрия, научнай коммунизм, история КПСС туохха наадалаах үөрэхтэрий? Кырдьыгынан эттэххэ, марксизм, ленинизм научнай үөрэхтэрин сүүрбэччэлээх бэдиктэр хантан ылан өйдүөхпүтүй?.. Бэлэм конспегы уларса сылдьан хардары-таары таах мээнэ уһулуу, ис хоһоонун өйдөөһүн, өйдүү да сатааһын төрүкү суоҕа кистэл буолбатах. Уруһуйга, ойуулуур дьүһүннүүр искусствоҕа анаан нэдиэлэҕэ биир, икки чаас үөрэтэллэрэ. Художник идэтин баһылаан, дьиҥнээх айар үлэһит буолуом диэн баҕа санаалааҕым ханна баарый?..».
Эрчим итинник иирбэ-таарба санаалаах орто оскуоланы бүтэрэн баран бииргэ үлэлээбит худуоһунньук уолаттарын мастарыскыайдарыгар тиийдэ. Оройуоннааҕы культура дьиэтин биир түгэх кэҥэс соҕус хоско тиийэн киирбитэ, Никандрдаах Виталий бэҕэһээҥҥи күүстээх аһылык кэнниттэн сирэй-харах мөлтөөн, арбы-сарбы буолан олороохтууллар эбит. Кинини көрөөт:
– Оок, бырааппыт Эрчим уолан барахсан, хата бэйэтинэн тиийэн кэллэ. Дьэ бу убайдарыҥ өлөттөрөн арыычча олоробут, төбө ыалдьан айар үлэ иэйиитэ кыайан киирбэт. Уон биир чааһы кэтэһэбит. Хайа, учуутал киһи, харчыҥ хачыгырас буолуо? Убайдаргын абыраа… – диэн өрө көтө түстүлэр.
Эрчим кинилэри кытары бииргэ үлэлээбит буолан, билигин хайдах арыгыга өлөттөрөн иэдэйэн сылдьалларын билэр бөҕөтө. Уон биир кэнниттэн «үчүгэй» маҕаһыын аһылыннаҕына, кыратык «тэп» гыннараат, убайдара чахчы айар куттара аһыллааччы. Хайа да бэйэлээх үлэни начаас икки ардыгар судурҕаччы тардан уруһуйдаан кэбиһэллэрин элбэхтэ көрбүтэ. Чахчы айылҕа биэрбит талаанын ситэ туһаммакка сырыттахтара, «абааһы» аһыгар ыллартаран.
– Убайда-ар, бырааккыт аармыйаҕа баран эрэр. Аны аҕыйах хонугунан уолгут Сэбиэскэй Аармыйа саллаата буолан, соҕуруу хайа эрэ киин куоракка строевойунан хааман чиккэҥнэтэ сылдьар буолуоҕа.
– Оо, дьэ хата бу үчүгэй сонун эбит! Эрчим, оттон күһүн үөрэххин салгыы барыахтаах этиҥ дии?
– Үөрэх ханна да куотуо суоҕа, аармыйа даҕаны кэнниттэн кэлэн салгыы үөрэниэххэ сөп. Ол эрээри бэйэм тоҕо эрэ учуутал үлэтин сөбүлээбэтим, баҕар, идэбин уларыттахпына да көҥүлүм.
– Бырааппыт булан сылдьыаҥ. Оттон соҕуруунан, хотунан сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт ыччат буоллаҕыҥ дии. Нууччалары кытта уопсай тылы баҕас буларыҥ буолуо.
– Биһиги киһибит өлөн-охтон биэриэ суоҕа, оттон оҕо эрдэҕиттэн манна уулусса оскуолатын барбыт киһи иннин көрүнүөҕэ. Хата уолбут аармыйаҕа барар проводинаҕын убайдаргыттан саҕалаа… Биһиги кырдьаҕас саллааттар буоллахпыт дии… Молодой, черпак, дембель диэн кэрдииһи барытын боруобалаан ааспыт дьон! – Виталий эдэр уолу кыратык дэбдэтэн биэрдэ.
– Убайдарбар аҕалан бөҕөтө буоллаҕа, бэйэм испэппин бэркэ билэҕит. Сотору маҕаһыын аһылыннаҕына, кэһиилээх кэлэ сылдьыаҕым. Биир сыл бэркэ тапсан үлэлээбиппит, убайдарбыттан элбэххэ үөрэммитим. Ону умнубаппын… – диэн этээт, Эрчим тахсан барда.
* * *
Маай бырааһынньыктарын кэнниттэн Эрчим дириэктэрин көрүстэ.
– Эрчим Петрович, истэн-билэн олоробут, – Владимир Александрович, уол биэрбит повесткатын көрө-көрө, кэпсэтэ олордо. Ол кэнниттэн профком бэрэссэдээтэлин Назаровы ыҥыртарда.
Сотору буолаат, интэринээт сэбиэдиссэйэ, аҕам саастаах кырдьаҕас учуутал Василий Николаевич кэбиниэккэ киирбитигэр дириэктэр остуол аттыгар турар олоппос диэки ыйда.
– Чэ, Эрчим Петрович, биһиги профком бэрэссэдээтэлэ Василий Николаевичтыын сүбэлэһэн бараммыт, военкомакка көрдөһүү сурук түһэрэн, эйиэхэ отсрочка ылыахпытын баҕарабыт.
– Эдэр киһи Эрчим Петрович, биһиги оскуола үөрэнээччилэрэ урукку өттүгэр оройуоҥҥа да, зональнай черчение олимпиадатыгар маннык ситиһиилээхтик кытта илик этибит. Онон эйигиттэн «Быйылгы үөрэх дьылыгар оҕолору кытыннаран ситиһиилэммитиҥ иһин салгыы биһиэхэ үлэлиэҥ этэ дуо?» – диэн көрдөһүүлээхпит. Оччотугар оскуола уонна профсоюз аатыттан сурук суруйан, аармыйаҕа бараргыттан тохтотуо этибит, – диэн Василий Николаевич көрдөһөр, быһаарар икки ардынан баҕа санаатын эттэ.
– Владимир Александрович, Василий Николаевич, үтүө санааҕыт иһин махтал. Хас биирдии эдэр киһи ытык иэһин толорон, аармыйаҕа сулууспалыахтаах. Мин аҕыйах хонугунан хайыы-үйэҕэ сүүрбэ үс сааспын туолабын. Аны мантан ордук сааһыран баран бардахпына, сүрэ да бэрт буолсу.
– Оттон үлэҕэ киирэргэр, районо сэбиэдиссэйигэр биир сыл үлэлээн бараммын, характеристика ылан, үөрэхпин салгыы барабын диэбит этиҥ дии. Биһиги онно сөптөөх характеристиканы суруйан биэриэхпит. Эдэр киһи салгыы кэтэхтэн да үөрэниэххин сөп, – диэн дириэктэр ылыннарыылаахтык сүбэлии олордо.
– Уопсайынан, учуутал үлэтин сүрдээҕин ыарырҕаттым, идэбин уларыттахпына да сөп буолсу дии санаатым. Итэҕэлгит иһин улахан махтал! Ол эрээри аармыйаҕа барардыы биир бигэ санааны ылынан сылдьабын…
– Сөп, оччотугар эдэр киһи баҕа санаатын биһиги хааччахтыыр кыахпыт суох. Оҕолор сыллааҕы түмүктэрин бу күннэргэ таһаартаа уонна Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр бараҥҥын, ытык иэскин чиэстээхтик толор диэн биһиги алгыыбыт! Бары үчүгэйи кытта, бастаан суол тэлэн үлэлээбит оскуолаҕын хаһан даҕаны умнума! – диэн иккиэн эдэр уолу кытта илии тутуһан араҕыстылар.
Оскуола көрүдүөрүн устун хааман иһэн, байаан тыаһыырын истэн, Эрчим кылааһы өҥөс гыммыта, доҕоро Еремей Гоголев соҕотоҕун ырыа үөрэтэ олорор эбит.
– Быраат, убайыҥ аармыйаҕа баран эрэр. Эҕэрдэлээ!!! – дии-дии, Эрчим кылаас иһигэр көтөн түстэ.
– Оо, убайым Эрчим уол оҕото! Аны синиэл кэтэргэ быһаарынныҥ дуо? Хайа оттон проводинабыт эҥин? – диэн, Еремей утары кэлэн кууһан ылла.
– Ону этээри киирдим. Уон бэһискэ барабын, Кыайыы күнүгэр Майаҕа киирээр. Аармыйаҕа барарым чугаһыгар одноклассниктарбын уонна доҕотторбун ыҥыран, проводина оҥороору сылдьабын. Быраат онно баар буоллаххына табыллар… – хаадьылаһан тустан хадьыктастылар.
Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин оскуола саҕаттан үчүгэйдик билсэллэр. Эрчим онус кылааска үөрэнэр эрдэҕинэ, Еремей ахсыска этэ. Дьикти кэрэ куоластаах оҕо, оччолортон индийскэй ырыаны ыллаан дьон кутун туппута. Аны ол кэнниттэн Хабаровскайга пединститукка үөрэнэ сырыттаҕына, Еремей Биробиджаҥҥа культура училищетыгар үөрэммитэ. Быйыл Тыыллыма орто оскуолатыгар бииргэ учууталлаатылар. Онон иккиэн иннэлээх сап курдук батысыһа сылдьар истиҥ доҕордуулар.
* * *
Эрчим бары наадатын барытын быһаартаран, оҕолор сыллааҕы түмүктэрин таһааран отчуоттаабыта. Аармыйалыан аҕыйах хонук иннинэ сынньанардыы оҥостон Майаҕа киирбитэ. Күн-дьыл барара түргэнэ сүрдээх, Зояттан сурук кэтэһэ сатаабыта да суоҕа. Переговорнайтан Ленинградка, кыыс үөрэнэ сылдьар сиригэр, эрийэн кэпсэтиэн баҕара-баҕара туттуммута. Зоя быйыл кинини үөрэҕин салгыы барыахтаах диэн бигэтик эрэнэ саныы сылдьара. Оттон кини буоллаҕына өйө-санаата олох тосту уларыйан сылдьар.
Бүгүн кылааһын уолаттарын көрсөн: «Аҕыйах хонугунан аармыйаҕа барабын, сарсын киэһэ рестораҥҥа көрсүөҕүҥ», – диэн бириэмэ болдьообута. Майа остолобуойа киэһэтин «ресторан» быһыытынан үлэлиирэ. Онно доҕотторун кытта көрсүбүттэрэ, бииргэ үлэлээбит худуоһунньук уолаттара Никандр, Виталий уонна Еремей эмиэ бааллара. Уонна Наахараттан киирэ сылдьар доҕордоро, биллиилээх ырыаһыт, музыкант Сергей Попов кэлбит этэ.
Уолаттар бары баян доҕоһуолунан ыллаан-туойан Эрчими аармыйаҕа икки сыл устата этэҥҥэ сулууспалыырыгар уонна доҕотторун хаһан да умнубатын туһугар үтүө санааларын, алгыстарын эппиттэрэ. Үөрэн-көтөн, аһаан бүтэн баран, үүнэр-сайдар кэскиллээх Майа киэҥ уулуссаларынан баян доҕуһуолугар уйдаран, ырыа аргыстаах күүлэйдээбиттэрэ.
Сөрүүн тыал кэлэрэ
Ол киэҥ алаастан,
Самыырдаан ааһара
Быстах былыттан.
Майа сайына
Кэрэ киэһэтэ,
Бу миэхэ, эйиэхэ
Күндү буолара.
Умнубат буоларбыт
Биһи Майаны,
Умнубат этибит
Арыы тыабытын,
Хаһан даҕаны,
Хантан даҕаны
Ахтарбыт, саныырбыт
Биһи Майаны…
Эрчим хайдах эрэ санаата көтөҕүллэн доҕотторугар махтана санаабыта.
Тарҕаһалларыгар кини:
– Сарсын сарсыарда уон чаастан куоракка, «Маякка» киирэбит. Онон, уолгутун өйдүү-саныы сылдьар гына атаара, военкомакка кэлээриҥ.
– Ээ, кэлэн бөҕө буоллаҕа дии… – доҕотторо бары үөрэн-көтөн, илии тутуһан сарсыарда военкомакка кэлиэх буолан эрэннэрбиттэрэ.
Эрчим истиҥ доҕорунаан Сенялыын хаалан, биир түөлбэҕэ олорор буолан аргыстаһан дьиэлээбиттэрэ.
– Хайа, Зоялыын кэпсэтэ сырыттыҥ дуо? Ленинградтан сурук суруйар ини, аармыйаҕа бараргын туох диирий?
– Ээ, оттон сурук суруйар, сибээстэһээччибит… Бу барыам иннинэ, баҕар, суруга кэлиэ дуу дии санаабытым да, кэлбэтэ. Кини, биллэн турар, аармыйаҕа барарбын соччо сөбүлээбэтэ буолуо. Эрдэттэн даҕаны наар үөрэн, үөрэммэтэххинэ аармыйаҕа ылыахтара диэн тыллааҕа. Быйыл миигин үөрэҕин салгыы барыахтаах диэн өйдөбүллээх сылдьар. Инньэ гынан, ити эрдэ биллэрбэтим, оттон сулууспалыыр сирбэр тиийэн бараммын сурук суруйар инибин…
– Суруккун тутан соһуйара буолуо. Эрчим, санаан кэбис, оскуоланы бүтэрбиппит хайыы-үйэ түөрт сыл буола охсубут дии… Банкеппытыгар эн Зояны аан бастаан көрбүтүҥ уонна «Ити кыыһы көрөөт сөбүлээтим» диэҥҥин миэхэ эппитиҥ дии…
– Кырдьык, бириэмэ барара тоҕо түргэнэй? Оччолорго, туох да кыһалҕата суох, үтүө даҕаны кэмнэр эбит… Эдэр саас инникигэ эрэллээх, сырдык-ыраас дьоллоох сыллара. Сема, эн, баҕар, итэҕэйиэҥ суоҕа. Ол эрээри мин баччааҥҥа диэри Зояҕа «эйиигин сөбүлүүбүн» диэн кыайан эппэккэ сылдьабын… Киһи олус ис дууһатыттан сөбүлүүр киһитигэр «мин эйиигин таптыыбын» диэн тыллары этэрэ уустук соҕус быһыылаах…
– Дьэ, ону билбит суох. Мин биир бэйэм оннук ис дууһабыттан «иэйэн-куойан» сөбүлүүр кыыспын көрсө иликпин… – Сеня, күлэ-күлэ, доҕорун хаадьылаан саннынан үтүрүйдэ.
* * *
Эрчим дьиэтигэр тиийэн, хоһугар сытан эрэ, аан бастаан Зояны көрсүбүт күнүн саныы сытта.
Эдэр саас хаһан даҕаны умнуллубат дьоллоох кэмнэрэ. Кинилэр онус кылааһы бүтэрээри үөрэ-көтө сылдьаллара.
Тула туох баар барыта тупсан, саас кэлэн от-мас көҕөрөн, халлаан сылыйан, кырдалларга, хонууга ньургуһун сибэкки тэтэрэ үүнэн, тулалыыр айылҕа тупсан аҕай турар кэмэ этэ. Куула тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйара. Уһун тымныы кыһын кэнниттэн, дьон-сэргэ күөх дуолга, айылҕаҕа тахсан, бары санаалыын көнньүөрэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, үөрбүт-көппүт көрүҥнээхтэрэ.
Эрчим бүгүн доҕорунаан Сенялыын орто оскуоланы бүтэрэр үөрүүлээх биэчэргэ бараары оҥосто сылдьаллар. Хара көстүүм, сырдык сорочка кэтэн, бачыыҥкаларын кылабачыйыар диэри ыраастаан, киэһэ банкекка анаан бырааһынньыктыы киэргэтиллибит оскуола спорт саалатыгар тиийбиттэрэ. Долгуйан сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, ыга киэргэммит оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр толору мустубут этилэр. Тула барыта үөрүү-көтүү, көр-нар, күлсүү-салсыы – бу оскуоланы бүтэрэр тиһэх биэчэр. Оҕолор уйулҕаларын өрө көтөҕөн, көнньүөрбүт санааларын сөбүлүүр ырыалара өссө күүркэтэргэ дылыта…
Эти глаза напротив – калейдоскоп огней,
Эти глаза напротив – ярче и все теплей,
Эти глаза напротив чайного цвета,
Эти глаза напротив – что это, что это?
Пусть я впадаю, пусть
В сентиментальность и грусть,
Воли моей супротив, эти глаза напротив.
Вот и свела судьба, вот и свела судьба,
Вот и свела судьба нас,
Только не подведи, только не подведи —
Только не отведи глаз…
Биллиилээх эстрада ырыаһыта Валерий Ободзинскай ырыата саҥа олоххо үктэнэн эрэр эдэр дьоҥҥо элбэҕи эрэннэрэр эдэр саас туох эрэ биллибэт кэрэ умсулҕаныгар өрө күүрдэр, угуйар курдуга. Дьикти музыка буолан иһиллэрэ уонна умнуллубат сырдык түгэн көрсүһүүтүн эрэннэрэргэ дылы этэ.
Бииргэ үөрэнэр кыргыттара муус маҥан былаачыйаланан, онно дьүөрэлии сырдык дьүһүннээх үрүҥ түүпүлэни кэтэн киэргэммиттэрэ киһи билбэт гына уларыйан, хайдах эрэ ордук улааппыкка, тупсубукка дылы буолан көстүбүттэрэ.
Сааланы кэрийэ субуруччу тардыллыбыт уһун остуоллар бырааһынньык аһынан толору этилэр. Онно ханыылыы сампаан бытыылкаларын, вазаларга ньургуһун сибэкки дьөрбөтүн уонна күөх мутукча лабааларын тупсаҕайдык уурбуттара киһи санаатын өрө көтөҕөрө. Учууталлар, төрөппүттэр уонна оскуоланы бүтэрэр оҕолор остуолга сааһыланан олорбуттара. Кыһыл таҥаһынан бүрүллүбүт президиум остуолугар олорор дьонтон оскуола дириэктэрэ туран, оскуоланы бүтэрбит оҕолору эҕэрдэлээбитэ уонна биир-биир ыҥыран, ситиихотуу аттестатын туттартаабыта. Кини кэнниттэн бэрт сытыы-хотуу, элбэх саҥалаах-иҥэлээх эдэр райкомол сэкирэтээрэ уол аҕыйах оҕоҕо үрдүк үөрэххэ баралларыгар анаан путевка туттартаабыта. Олор истэригэр Эрчим эмиэ үрдүк үөрэххэ путевканы туппута. Аттыгар олорор оҕолор эҕэрдэлээн илии тутуспуттара.
Үөрүүлээх миитин бүтүүтэ, биэчэри ыытар эдэр учуутал кыыс киирэн:
– Билигин орто оскуоланы бүтэрэр оҕолорго анаан, музыкальнай эҕэрдэтин тиэрдэр Биробиджаннааҕы культурнай сырдатар училищены бүтэрбит, бэйэбит оскуолабыт выпускницата Зоя Романова, – диэн доргуччу биллэрбитэ.
Эрчим соһуйуон иһин, баянын иннигэр тутан, эдэркээн баҕайы кыыс киирэн микрофоҥҥа чугаһаан, ыллаан барбыта. Баян бастакы дорҕоонуттан музыка дьикти абылаҥар ылларан, уол бу кэрэ-номоҕон дьүһүннээх, нарын кыыстан хараҕын араарбатаҕа:
Күндү көмүс күөрэгэйим,
Күүтэн күнүм уһаата.
Хара, хара харахтааҕым,
Хайа, хаһан кэлэҕин?
Тэйэн, уһаан хааллаххына,
Тэһийбэппин билэҕин.
Миигин үөрдэн хоспор хаһан
Мичилийэн киирэҕин?..
Бу ырыа тыллара хайдах эрэ, ыллыы турар кэрэ кыыс тас көрүҥэр олус дьүөрэлэһэр курдуктара… Эрчим ырыа күүстээх абылаҥар ылларан, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, тулалыыр эйгэни олох атын хараҕынан көрбүтэ. Туох баар барыта тупсан, инники олоххо үтүөнү-кэрэни эрэ түстүүргэ дылыта… Онтон ырыа бүтэн, музыка тыаһа тохтообутугар уонна бу кини билбэт дьикти кэрэ кыыһа тахсан барбытыгар, хайдах эрэ курус санаа хам кууһан, хомойо санаабыта.
Учууталлар уонна төрөппүттэр ис сүрэхтэриттэн үтүө алгыс тыллары эппиттэрэ уонна эҕэрдэлээбиттэрэ. Оҕолор остуолга уһуннук олорботохторо, ойон туран проигрыватель дорҕоонноох музыкатыгар доҕуһуоллатан, төгүрүччү туран, үҥкүүлээн, ыллаан-туойан барбыттара.
Сынньалаҥҥа Эрчимнээх таһырдьа тахсыбыттара, сөрүүн салгын кинилэри кууһан ылбыта. Тула барыта олус үчүгэйэ, киһи эрэ үөрүөх-көтүөх курдуга. Майаҕа ол күнтэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Манчаары оонньуулара» ыытылла тураллара. Онон, бөһүөлэккэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, сэргэхсийэн аҕай турар кэмэ этэ. Оскуолаттан чугас турар Оройуоннааҕы культура дьиэтиттэн үҥкүү музыката бу баардыы ньиргийэн иһиллэрэ.
Сорох оҕолор ол музыканы истэн, оскуола спортивнай былаһааккатыгар баар баскетбол мас помоһугар сүүрэн киирэн үҥкүүлээн барбыттара. Кыргыттар Сенялаах Эрчими ыҥыран ылан, ол үҥкүүлүү сылдьар ыччаттарга киирэн, аныгы музыка тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, араастаан хамсанан, күлбүт-үөрбүт оҕолору кытта тэҥҥэ үҥкүүлэспиттэрэ. Эрчим санаатыттан били баян доҕуһуолунан ыллаабыт кыыс кэрэ мөссүөнэ арахсан биэрбэтэҕэ.
– Сема, РДК-ҕа барыахха… Мин ити музыкант кыыһы көрүөхпүн баҕарабын… – диэн, доҕоругар сибис гыммыта.
– Кырдьык даҕаны, бардыбыт… Манна хайдах эрэ скучнай баҕайы… – диэн, кини тылыттан тахсыбат доҕоро сөбүлэһэ охсубута.
Үҥкүүлүү сылдьар ыччат быыһыттан тахсан, иккиэн кэпсэтэ-кэпсэтэ, үрэҕи кыйа барбыттара. Үрэх нөҥүө турар Культура дьиэтигэр, мас муостанан туораан, тиийбиттэрэ. Үтүмэн элбэх киһи мустан, сорохторо таһырдьа кулууп таһыгар, атыттара иһирдьэ үҥкүүлүү сылдьаллара. Араас оройуонтан кэлбит спортсменнар бэйэлэрин анал сборнай хамаандаларын форматын кэтэ сылдьаллара көрүөххэ олус үчүгэй этэ. Кинилэр спорт үрдүкү бырааһынньыгар кытталларынан киэн тутталлара сирэйдэриттэн-харахтарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан тута көстөрө.
Уолаттар ол ыччаттары кытта тэҥҥэ, үҥкүү күүрээннээх тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, бииргэ үҥкүүлээбиттэрэ. Сенялаах Эрчим орто оскуоланы бүтэрбит аттестаттарын ылан, хайдах эрэ улахан дьону кытта тэҥ кэрдиискэ тахсыбыт курдук санаммыттара. Сотору буолаат Эрчим үҥкүүлүү сылдьар дьон быыһыгар, били кинилэри кэлэн эҕэрдэлээбит музыкант кыыһы көрө түспүтэ. Эдэр кыыс музыка күүстээх абылаҥар ылларан, туох баар ис иэйиитин барытын биэрэн имигэстик хамсанан үҥкүүлүүрэ. Тулалыыр дьону кытта үөрэн-көтөн мичилийэн, хас биирдии хамсаныыта барыта Эрчимҥэ ураты кэрэ буолан көстүбүтэ. Кыыс ким эрэ тонолуппакка одуулуурун көрөн, Эрчим диэки хайыһан баран эйэҕэс баҕайытык мичээрдээбитэ. Эдэр уол ону көрөн, сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтэ, түөһүн иһэ сырдык иэйиинэн туолбута. Бүгүҥҥү олоҕун биир саамай умнуллубат күнүгэр киниттэн ордук дьоллоох киһи суох курдуга. Аан бастаан кэрэ кыыһы таптыы көрбүтэ: