Kitabı oku: «Өтөх иинэ оспот», sayfa 2
– Сөп, сөп. Бардыбыт. Ийээ, өйүөҕүн аҕал эрэ. Аттар бэлэмнэр. Баһылаастаахха бардыбыт. Бүөтүр бэлэмнээн, күүтэн олорор.
Маарыйа уолаттарын атаараары тэлгэһэҕэ тахсыбыта – Баһылай убайынаан хапсаҕайдаһан тардыалаһа сылдьаллар эбит. Миитээ үөрүөҕүнэн үөрэн, көрөн турар.
– Ок-сиэ, бүтүҥ эрэ. Сибилигин айаннаары турар убайын хайыта тыытан, – Маарыйа кыра уолун тохтотордуу, көхсүн таптайар.
– Мин аайы кыайтарбат урааҥхай буолуо. Куорат киһитэ намчы буолуо диэн убайбынаан тутуһан көрдүм да, маһы туруору таппыт курдук кытаанах баҕайы, – Баһылай убайын түөскэ анньыалаан көрөр да, киһитэ турбут сириттэн силир да гыммат.
– Чэ, ийээ, мин бардым. Ый аҥаарынан кэлиэм, – уол ийэтигэр утары барар. Ийэлээх уол куустуһаллар. Маарыйа уолун кууһарыгар сүрэҕэ доҕуурга иҥнибит туллук курдук өрө мөхсөн ылбытын дьиибэргии саныыр. Уолун сылаас ытыһын хаһан да ыыппаттыы, түөһүгэр ыга тутан турда. Ыстапаан ийэтин илиититтэн илиитин аргыый араара тарта. «Ийэм ити туох буолан кэбирээн ылла. Урут да барара-кэлэрэ да итинник буолбат этэ», – ийэтин ууламмыт хараҕын соһуйа эмиэ да дьиибэргии көрөн ылла.
– Ийээ, уолгун наһаа ньирэмситимэ эрэ. Чэ-чэ, барыаҕыҥ. Баһылаастаах күүтэн эрдэхтэрэ. Эһэҥ күүтэн иэдэйдэҕэ. Кэрэчээн кыыс Киристиинэ да ол диэки иҥээҥнээн эрдэҕэ, – Миитээ быраатын дьээбэлээн күлэрин быыһыгар эйэҕэстик мичээрдээн кэбиһэр.
Маарыйа оҕолоро хараҕыттан сүтүөхтэригэр диэри батыһан көрөн хаалла. Уола кэлэригэр-барарыгар кыһаммат бэйэтэ тоҕо итинник уйадыйан ылбытыттан бэйэтэ да сонньуйа санаата. Хараҕа сиигирбитин кистии-саба хаһыйа соттон кэбистэ. «Аҕабыт Ыстапаан тоҕо хойутаата? Уолун олох да көрсүбэккэ ыытта. Ый аҥаарынан кэлэр оҕоҕо эмиэ тугун баҕайытай? Хата, киэһээҥҥи күөскэ тугу бэлэмниэх баҕайыбыный? Киэһэ Вера кэлэрэ буолуо. Миитээтэ суох буоллаҕына тэһийбэт. Манна хонооччу».
Кинилэр дьиэлэрин диэки Мачыана иһэрин көрөн, дьиэтигэр киирбэккэ, тохтоон, кирилиэһигэр күүтэн олордо. Дьахтар бэҕэһээҥҥи татыакаламмыта ханна да суох. Хаампытыттан икки иэдэһэ тэтэрэ кыыспыт, ыас хара баттаҕын өрө тараанан баран, кырабыайканан туттарбыт. Былаачыйата тэлээрэн олорор, илиитигэр бөтүөннээх.
– Дорообо! Хаарчахха бүгүн барбатыҥ дуо? Эйигин бардаҕа диэн сарсыарда кэлэ сылдьыбатаҕым. Сугулааҥҥа бэҕэһээ орпут кымыһы үллэстэннэр, онтон тиксэн иһэбин. Эн ылаҕын дуо?
– Ылбат инибин. Бэҕэһээ оҕонньор эбии ылбыт этэ. Кыра Ыстапааммын атаардым. Олор, сонунна кэпсээ, – Маарыйа сыҕарыс гынан биэрэр.
– Ээ, ол да иһин Баһылаастаах тастарыттан икки аттаах киһи бардылар. Кэһэ сылдьар кэпсээн, соһо сылдьар сонун суох. Ыһыах этэҥҥэ ааста диэн дьон астыммыт. Эдэрдэр түүнү быһа оонньоотулар быһыылаах. Сайылыкпар киэһээҥҥи ыамҥа тиийиэҕим. Оҕонньорум күүтэн эрдэҕэ.
– Күүппэккэ. Эн манна күүлэй тэбэ сылдьаҕын, – Маарыйа дьүөгэтин сирэйин-хараҕын дьээбэлээхтик көрөр.
– Чэ, ээх. Эн уолаттардаах киһи мүһэ бөҕө сиэн абыраммыт киһигин.
– Уйбаан да мүһэ ылан эрэр быһыылааҕа. Бэрт үчүгэйдик көрсөр этигит дии.
– Ол мэник-тэник эдэр саастааҕы тапталбыт быдан дьыллар мындааларыгар, урукку дьыллар уорҕаларыгар саспыта ыраатта. Мээнэ солуута суоҕу саҥараҕын. Тэрэнтэйим иһиттэҕинэ иэдэйэр буоллаҕа. Онто да суох оҕолоргуттан эрэ тардыһан миигинниин олороҕун диэн тыллаах, – Мачыана сибилигин күлэ-үөрэ олорбута ааһан, сирэйигэр санаарҕабыл толбоно түспүтүн Маарыйа бэлиэтии көрөр.
– Оонньоон этэбин. Хата, киирэн мүһэтэ амсай. Ыһыах аһа элбэх. Ыстапаан билигин кэлэрэ буолуо. Чэйдиэххэ, – дьахталлар уку-сакы туттан дьиэҕэ киирэллэр.
VI
Бэс ыйын 22 күнэ 1941 сыл. Сарсыарда саҥа тахсыбыт күн түннүгүнэн сардаҥаларын ыспахтаан тахсарын кытта Маарыйа уһуктан, араастаан утуйа сатаан эргичийэн көрдө да кыайан утуйбата, дууһата кураанахсыйбыт курдук. Тоҕо тулата барыта тулаайахсыйбыт курдук санааҕа кэлбитин кыайан өйдөөбөккө, таалан сытта. Ыстапаана сүрдээх холкутук утуйан сурдургуурун уһугуннарымаары, тыаһа суох аһыыр сиргэ таҕыста. Төһө да күн эрдэтин иһин, сылабаарын өрөөрү таһырдьаны былдьаста. Сылабаарын күөртээн, саҥа сыыгынаан истэҕинэ, дьиэттэн Ыстапаана маайканан эрэ күлтэллэн таҕыста.
– Туох ааттаах эрдэ турдуҥ? Киһини утуппакка, – киһитэ уутун быыһынан киҥинэйдэ.
– Эрдэ баҕайы уһуктан, уум көтөн хаалан, сыта сатаан баран турдум. Хата, суун-тараан, күөрчэх оҥоруом, итии чэй иһиэхпит. Оҕонньор утуйда дии, сарсыарда күн тахсыыта чэйин өрөн баран, сүгүн утутааччыта суох бэйэтэ хайаан уһуннук утуйдаҕай?
– Чэ, оҕонньору суохтаама. Билигин туруоҕа. Алта чаас саҥа буолла дии.
Остуолга саҥа аһаары олороллорун кытта, эһэлэрэ ис таҥаһынан эрэ, атах сыгынньах тахсан кэллэ.
– Бөөлүүн дьон-сэргэ бөҕө тус арҕаа субуһан аҕай биэрдилэр. Кэннилэриттэн хара өһөх буруо тахсар. Сорохторун билэр курдукпун да кимнээҕин араарбатым, – эһэлэрэ мунчаарбыттыы арҕаа диэки көрөн баран турар.
– Аҕаа, сууна барыахха. Билигин чэйдиэхпит, – Ыстапаан аҕатын илиититтэн ылан, суунар сир диэки илдьэр. «Аҕам эрэйдээх ити туох буолан ылар. Наар түүлүн кэпсээн, куһаҕаны түүйэр. Хата, тута умнан кэбиһэр буолан абыраата. Онтон атын үөлээннээхтэригэр кэпсээн ыраатыннарбыт буолуо этэ. Сааһа да ыраатта. 85 саас. Үчүгэй саас. Киһи барыта ити сааска тиийбэт» уола аҕатыгар суунарыгар көмөлөһө туран, санаан ылар.
Дьөгүөрэптэр үһүөн чэйдии олорон, күннээҕи үлэни-хамнаһы кэпсэтэн, бириэмэни билбэккэ хааллылар.
– Оо, күн ырааппыт. Мин ынахтарбар таҕыстым. Онтон хаарчахха барыахпыт, – дьиэлээх таһырдьа тахсар. Маарыйа дьиэтин-уотун хомуйа хаалар. Сып-сап дьиэтээҕи үлэлэрин бүтэрээт, холкуос ньирэйдэрэ турар хаарчаҕар бардылар. Сотору от үлэтэ саҕаланыа, Ыстапаана окко бардаҕына, Маарыйа соҕотоҕун хаалар. Бэйэтин сүөһүлэрин көрүөн эмиэ наада. Билигин кэргэнэ тэҥҥэ үлэлэһэр буолан, үлэлииргэ чэпчэки. Эр киһи бүгүн наар хаарчаҕы өрөмүөннээтэ, хас да сиринэн бүтэйдэрэ алдьаммыт. Бу күннэргэ өрөмүөннэммэтэҕинэ, биирдэ эмэ төлөһүйбүт ньирэйдэр тоҕо түһэн мүччү туттардахтарына, ыһыллаллар. Арай аһаабыт сирдэрэ буолан, ырааппакка абырыыллар ини. Таҥара сэрэҕи таптыыр. Онон эрдэттэн көрүммүт ордук. Күнүс 3 чааска диэри үлэлээн баран, сылайа быһыытыйан дьиэлэригэр бардылар.
Бөһүөлэктэригэр киирээт, туох эрэ уларыйыы тахсыбытын сүрэхтэринэн сэрэйдилэр. Уулуссаҕа ыт охсор киһи суох. Бэл, сөтүөлүүр күөлгэ хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри оҕолор сөтүөлээн чомполонор бэйэлэрэ көстүбэттэр. Уу чуумпу.
– Хайа, дьоммут бары ханна бардылар? Оҕолуун-уруулуун дьиэҕэ бүкпүттэрэ дьикти, – Ыстапаан тулатын эргим-ургум көрөр.
Дьиэлэригэр киирбиттэрэ – ким да суох. Төһө да дьиибэргии санааталлар ханна көрдүү сүүрүөхтэрэй? Аһыырга бэлэмнэннилэр. Соһуйбут, куттаммыт, кубарыйан хаалбыт Баһылай киирэн кэллэ. Төрөппүттэрин уолуйбут хараҕынан көрөн турда.
– Туох буолла? Эһэҥ ханнаный? – уолун тас көрүҥүн көрөн, куһаҕаны ытырыктатан, Ыстапаан хайыы-үйэ кэһиэҕирэ охсубут куолаһынан ыйытта.
– Сэрии… Сэрии… буолбут, – Баһылай иһиттэн нэһиилэ ыган саҥа таһаарбытыгар, Маарыйа тутан турар чааскыларын ыһыктан кэбистэ. Таас бытархайдара өрө кырылыы түстүлэр.
– Хайдах? Хаһан? – аҕалара эмискэ соһуччу истибит сонунуттан саҥата да иһиттэн кыайан тахсыбат буолбут.
– Бүгүн сарсыарда биэс чааска ниэмэстэр сэриинэн саба түспүттэр, – Баһылай арыый кэҥии быһыытыйан дьонугар быһаарда. – Сугулааҥҥа киһи барыта муһунна. Табаарыс Молотов араадьыйанан этиитин сэбиэт бэрэссэдээтэлэ хас кэлбит дьоҥҥо кэпсии олорор.
– Сугулааҥҥа барыахха, – Ыстапаан иһиттим-истибэтим диэбиттии, киэҥ-киэҥник үктээн, таһырдьа таҕыста, кэнниттэн Маарыйалаах Баһылай саппай уобустулар.
Сугулааҥҥа дьон лыык курдук мустубут. Дьахталлар ытаабыт көрүҥнээхтэр, сирэйдэрэ кып-кыһыл. Эр дьон дьиппиэрэн, бэйэлэрин истэригэр тугу эрэ кэпсэтэн сибигинэһэллэр. Ыччат өттө таһырдьа аалыҥнаһар. Кыракый оҕолор ийэлэригэр сөрүөстэ сылдьаллар. Бүөтүр Бөтүрүөбүс остуолугар дьиппинийэн баран олорор. Дьөгүөрэптэр киирбиттэрин көрөн, «олоруҥ» диирдии, ыскамыайка диэки ыйан кэбистэ.
– Үлэҕититтэн саҥа кэллигит дуо? Баһылайтан иһиттигит ини. Алдьархай буолбут. Бүгүн бэс ыйын 22 күнүгэр 5 чаас сарсыарда Германия сэриилэрэ Сэбиэскэй Сойуус арҕаа кыраныыссатын туораан, куораттары, сэлиэнньэлэри буомбалаан, таанкаларынан, муора, сатыы сэриилэринэн тоҕо ааҥнаан киирбиттэр. Өстөөх сөмөлүөттэрэ Каунас, Житомир, Одесса, Киев, Севастополь куораттары буомбалаабыт. Алдьархайдаах сэрии дьону хаанынан ытатан, тоҕо ааҥнаан кэлбитин өйдүүр ыарахан. Улуустан биирдии бэрэстэбиитэл нэһилиэктэринэн тарҕаспыттар. Куттанарым диэн чугас улуустартан сэриигэ хомуур күн сарсыҥҥыттан саҕаланыа диэн. Норуот «сэрии» диэн өлүүнэн аҥылыйар ынырык тыл ис хоһоонун да ситэ өйдүү илик.
– Эс, наһаа күн сарсын ылбаттар ини. Баҕар, аҕыйах хонуктаах сэрии буолуо. Сэбиэскэй Сойуус мээнэ олорон биэрбэт ини, – Ыстапаан санаатын бөҕөргөтөн этэр.
– Ыарахан балаһыанньа… – Бүөтүр Бөтүрүөбүс иҥиэттэн кэбиһэр. – Бүөтүрү бэрэстэбиитэлгэ утары ыыппытым. Ол киһи сатыы иһэр үһү, тугун-ханныгын билбэккэ сылдьан, дьону мээнэ уоскутар табыллыбат. Хайдах баарынан ылыммыттара ордук буолуо.
Маарыйа хонтуора таһыгар дьахталлары кытта кэпсэтэ туран, кинилэр эһэлэрэ: «Иэдээн буолла. Киһи бөҕө сэриигэ барар буоллулар», – диэн баллыгырыырын быыһыгар олох маска иэҕэҥнии олорорун көрөн, хонноҕуттан ылан, өйүү тутан дьиэтигэр илдьэ барда. Оҕонньор суолу быһа: «Сэрии… Алдьархай буолла», – диэн ытамньыйа истэ. Оронун булаат, сылайбыта-аймаммыта таайан, сотору утуйан хаалаахтаата.
Маарыйа олус долгуйбутуттан сугулааҥҥа төннөр кыаҕыттан тахсан, оһоҕор өйөнөн, олоппоско хороллон олордо. «Туох алдьархайа буолла? Ол иһин да, бу кыһыҥҥыттан оҕонньорбут сэриинэн иирбит эбит. Ким да аахайбатаҕа. Аахайан да хайыахтарай? Аҕыйах ахсааннаах саха дьонун сэриигэ ыҥырбаттар ини. Дьахталлар этэллэринэн, 1914 сыллаахха саҕаламмыт маҥнайгы империалистическай аан дойду сэриитигэр Арассыыйа аармыйатыгар дьону хомуйалларыгар аҕыйах ахсааннаах сахалары сэриигэ ылбатахтар. Баҕар, бу да сырыыга оннук буолуо. Оҕолорун, күн сирин көрдөрбүт күндү чыычаахтарын уоттаах сэриигэ умса анньаары төрөппүтэ дуо? Бу аймалҕаннаах кэмҥэ кыра Ыстапаана куоракка түбэһэн хаалла. Үөрэнэ сылдьар оҕолору ылбаттар ини. Онтон Миитээтэ, Баһылайа? Онтон 50‐ чалаах аҕалара? Төрдүөннэрин сэриигэ ыҥыран бардахтарына, хайдах буолар? Төрдүөннэриттэн илии соттор дуо? Суох, суох… Ити кылгас кэмнээх сэрии буолуо. Сахалар онно тиийэ да иликтэринэ сэрии бүтүөҕэ. Ыстаалын оҕонньор аан дойдуга алдьархайы таһаарбыт Германия сэриитин хам баттыаҕа».
Ити кэмҥэ аан аһыллыахча аһыллыбакка туран баран, ыарахан санааҕа ылларбыт аҕалара Ыстапаан аргыый киирэн кэллэ. Саҥата суох олоппоско хам хараҕаланан олорор Маарыйатын санныттан кууста. Молотов радионан этиитэ суруллубут листовканы остуолга уурбутун Маарыйа илиитигэр ылан: «Бу дьыл бэс ыйын 22 күнүгэр Германия соһуччу сэриинэн түстэ. Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах – кыайыы биһиэнэ буолуо, фашистар өллүннэр!» – диэн тыллары аахпыта. Листовкаҕа бэчээттэммит хас биирдии тыл дьон сүрэҕэр этиҥ буолан лүһүгүрээбитэ, халлаантан уот курбуу чаҕылҕан буолан куһугураан сааллыбыта.
– Бэрэстэбиитэл түргэн соҕустук мунньахтаата. Иккиэлэр. Биирэ атын нэһилиэктэринэн салгыы айаннаата. Иккис бэрэстэбиитэли кытта сайылыктарынан биһиги Баһылайбыт барыста. ССРС Совнаркома уонна Атын дойдулардааҕы дьыалалар Народнай комиссара табаарыс Молотов этэллэринэн, Саха сиригэр сэриигэ хомуур хайыы-үйэ саҕаламмыт, – диэн суостаах тыллары истээт, ийэ хараҕар уолаттара элэҥнээн көһүннүлэр. Саҥа таһаарбакка, уйа-хайа суох ытаан барда. Уоллара Миитээ ытаан икки хараҕа дьолточчу испит Вератынаан киирбиттэрин көрөн, Маарыйа бэйэтин кыана туттан, оҕолорун остуолга ыҥыран, аһыырдыы тэриммиттэрэ. Биир ыстал тооромос лэппиэскэни ыйыстыбакка, хайыы-үйэ сойо охсубут чэйдэрин харах уулаах сыпсырыйан иһэ сатыы олорбуттара.
Сэрии дьону улаханнык аймаабыта. Харах уулаах уһун эрэй-муҥ кэлбитин, эйэлээх олох бүппүтүн, төрөппүт уолаттара, тапталлаах кэргэннэрэ, истиҥник саныыр убайдара, бырааттара, чугас аймахтара сэриигэ барар дьылҕаламмыттарын, дьон хаана тохтуохтааҕын, элбэх өлүү-сүтүү тахсыахтааҕын нэһилиэк олохтоохторо сүрэхтэринэн сэрэйэн, харахтарын уутун кыамматтара… Сэрии саҕаламмыта…
VII
Балаҕан ыйын бүтэһик күннэрэ. Сир-дойду, от-мас барыта саһаран-кытаран көстөр. Урукку эбитэ буоллар, «көмүс күһүммүт көрүөхтэн кэрэ, дьикти» диэ этилэр. Онтон билигин айылҕа кэрэтин ким да умсугуйа көрбөт. Барыта уку-сакы, сир халлаанныын санньыйан-саппаҕыран, сиҥнэстэн турар курдук.
«Барыта – фронт туһугар, барыта – Кыайыы туһугар!» диэн девизтээх олох саҕаламмыта. Күн-түүн ахсын үлэһит илии аҕыйаан испитэ. Үлэ-хамнас барыта байыаннайдыы кылгас болдьоххо бүтэриллэрэ. Сүрүн хампаанньаларга от, сиэмэ үлэтигэр, күһүҥҥү хомуурга, сиэмэ хомуйуутугар сиргэ хоно сылдьан үлэлииллэрэ. Маарыйа холкуоһун ньирэйдэрин соҕотоҕун көрөрө. Онтон Ыстапаана окко сылдьара. Дьиэтигэр көстүбэтэ. Ый баһыгар биирдэ эмэ өйүө ыла диэн кэлэрэ. Төһө кыалларынан отчуттарын кустаан-балыктаан аһата сатыыра. Отчуттара бары оскуола оҕолоро этэ.
Маарыйа икки улахан уолаттарын ахтан-суохтаан ыарахан санааҕа ылларбытын төһө кыалларынан чугас дьонугар биллэрбэккэ кыһанара. Вералара ыараханнык оҕолонон, кийиитигэр оҕо көрүүтүгэр көмөлөһөрө. Сиэннэрэ кыыс буолан, кыыстамматах дьон улаханнык үөрбүттэрэ эрээри, Миитээлэрэ оҕотун да көрбөккө барбытыттан истэригэр хомойо саныыллара. Эбиитин эһэлэрэ сиэннэрэ сэриигэ барыахтарыттан мөлтөөн, сытынан кэбиспитэ. Дьиэ иһигэр сороҕор син иэҕэҥнээн турар эбит буоллаҕына, бэҕэһээҥҥиттэн олох турбата.
– Оҕолорум кэлэллэригэр тиийбэт киһи буоллум, – диэхтээбитэ, сарсыарда ньуосканан итии миин иһэрдэригэр. Миинин кыайан испэтэҕэ, дьабадьытынан төттөрү таһаарарын сото олорбута. – Ыстапааны ыҥырбаттар ини. Кинини ыҥыралларыгар тиийбэтэх киһи…
– Ыстапааны ыҥырбаттар. 50 саастаах киһини сэриигэ ылбаттар, – диэн уоскуппута…
Бүгүн Ыстапааҥҥа бэбиэскэ кэлэн, биригэдьиир уол отчуттарынан барбыта. Өйүүн сарсыарда улуус военкоматыгар баар буолуохтаахтар, биэс киһи ыҥырыллыбыт. Утуу-субуу баран, сиидэлэнэн да бүтэн эрэллэр. Миитээ уонна Кыра Ыстапаан от ыйынааҕы бастакы хомуурга барбыттара. Ыстапааннарын көрбөккө да ыыппыттара. Ыһыах кэнниттэн, саҥардыы окко киирэн үлэлээн эрдэхтэринэ, нэһилиэк аҕыс эдэр уолаттарыгар бэбиэскэлэр кэлбиттэрэ. Ыксал бөҕөнөн оттуу сылдьар Баһылайдарын ыҥыран, Киристиинэни мэҥэһиннэрэн, Миитээлээҕи кытта барсан, Ыстапааны атааран кэлбиттэрэ. Ыстапаана эрэйдээх «төрөөбүт дойдум көмүскэлигэр бүтүн олохпун да биэриэҕим» диэн сурук хаалларбыт этэ. Эдэр киһини Киристиинэни аһынар. Атаарарыгар сэниэтэ эстиэр диэри ытаабыт үһү. Быраата Баһылайынан: «Кийииккит курдук санааҥ. Быйыл күһүн холбоһуохтаах этибит. Эргилиннэхпинэ, хайаан да ыал буолуохпут», – диэн илдьит ыыппыт этэ. Миитээтэ барахсан оҕотун да көрбөккө бараахтаата. Хайдах-туох сылдьаахтыыллар. Уолаттары атаарарга кийииттэр иккиэн да амньыраан биэрдилэр. Ийэ ону олох сөбүлээбэтэҕэ. «Кыаныҥ. Ытаан атаарымаҥ. Аньыы», – диэн иккиэннэригэр этэ сатаабытын истибэтилэр. Чэ, эдэр дьону хайыаххыный? Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Хайдах эрэ санаата бөҕөх. Эһэбит түүлүн тойоннуур буолар этэ, кэлин олох саҥарбат. Кырдьан, эбиитин санаа-оноо баттаан, түҥ-таҥ барда, тута умнан кэбиһэр. Уола өйүүн сэриигэ аттанаары турдаҕына аны быстан хаалан иэдээни оҥороро буолуо. Ыстапаан: «Наһаа мөлтөөтө. Бэйэм баарбар ситэри барара буоллар, уҥуоҕун тутан бардахпына, санааҕа астык буолуо этэ», – диэхтиир. Чэ, ханныгын да иһин, иэдээннээх олох иһэр. Билигин өссө урукку үгэспитинэн олордохпут дии. Сэрии уһаатаҕына, дьэ буолан-хаалан туруохпут. Аччыктааһын, эстии-быстыы саҕаланыа, дьоммут бука бары бардахтарына, хайдах олороохтуубут? Баһылайа холкуос баар-суох, соҕотох тырахтарыыһа буолан, ыҥырылла илик. Кыһыннары-сайыннары от тиэйиитэ, сир тиэриитэ, бурдук ыһыыта, хомуура, от үлэтэ кинитэ суох үлэ барыта туран хаалыах курдук. Улуус салалтата тырахтарыыстарга боруонньа бэрдэрбит дииллэр да төһө уһуура биллибэт. Маарыйа санаатын сааһылыырын быыһыгар ньирэйдэрин түргэн соҕустук аһатан дьиэтигэр ыксаата. Ас астыа этэ. Ыстапаанын үчүгэйдик аһатан-сиэтэн, ытаабакка-соҥообокко атаарыа. Баҕар, антах оҕолорун көрсүө. Киэһэ Киристиинэни ыҥырыахтара.
Дьахтар кураанах биэдэрэлэрин таҥкырдатан дьиэтигэр чугаһаан иһэн, Ыстапаана мас хайыта турарын көрдө.
– Хайа, кэлэ оҕустуҥ дуо? Билигин ас астаан аһыахпыт. Баһылааскын ыҥырар инибит, – Маарыйа кэргэнин көрөн күлүм аллайда.
– Кэлэн иһэн илиммин көрдүм. Балачча киирбит. Собону хатырыктаан бэлэмнээтим, – эр киһи сүгэтин чууркаҕа батары саайда.
Ыстапаан ыарахан санааҕа ылларбытын кистиирдии туттарын, кими эрэ күүтэрдии, сотору-сотору суол диэки көрөн ыларын кэргэнэ бэлиэтии көрдө. «Сэриигэ барарыттан санааргыыр буоллаҕа» диэн элэс санаан ааста. Ити кэмҥэ уоллара Баһылай атынан тибигирэтэн кэлэн, бэрт сыыдамнык аҕатын атын кытта кэккэлэһиннэри атын үүнүн күрүө баҕанатыгар иилэ быраҕаат, дьонугар чугаһаата.
– Хайа, кэллиҥ дуо? Билигин барыахпыт, – уолугар туһаайан эппитин ийэ соһуйа иһиттэ. – Аҕам мөлтөөбүт. Уһаатаҕына, уонча эрэ хоноро буолуо. Тэрээһинин дьаһайан барыам этэ. Ийэм таһыгар көмөөрүҥ. Баһылайга иин хаһыллар сирин ыйыам. Иинин бэлэмнээн да барыах киһи аньыыта бэрт. Хаптаһыннарын бэлэмнээбитим. Ампаарга турар. Баһылаас барытын оҥоруоҕа. Сотору кэлиэхпит. Аскын бэлэмнии тур. Билигин аҕабар киирэн тахсыам, – ыардык үктэнэн, дьиэтигэр киирдэ.
– Эһэм эрэйдээх. Сиэннэрэ баран ордук иэдэйдэ, – Баһылай мунчааран турар. – Уола сэриигэ ыҥырыллыбытын истибэтэҕинэ табыллар.
– Оннук… – Маарыйа оҕонньордоро мөлтөөбүтүн, тэрээһинэ эрдэттэн торумнаммытыттан саҥата да кыайан тахсыбат буола харааһынна.
– Чэ, бардыбыт, – Ыстапаан атыгар быһа барда. Эбии дьиппиэрбит көрүҥнээх. Кыаһаан бэйэтэ, ыгыллыбытыттан хаана хойдон, хараарбыт көрүҥнээх. Сулбу-халбы аттарыгар олоро түһээт, сиэллэрэн бөһүөлэктэн тахсалларын көрөн туран, оҕонньорго киирэ сырытта. Кырдьаҕас кийиитин хайыы-үйэ уота суох өспүт хараҕынан көрөн эрэ кэбистэ. Саҥара сатаата да уоһа эрэ ибирдээтэ. Эһэбит олох да мөлтөөбүт эбит буолбат дуо, сибилигин да барыах курдук сытаахтыыр. Дьахтар түргэн соҕустук Вера хоһугар киирэн соруйда.
– Вера, эһэбит мөлтөөбүт. Никиитэ биэлсэри ыҥыра оҕус. Ыстапаан түргэнник кэлиэ эбит. Сибилигин киирэ сылдьаахтаабыта эрээри чугаһаабытын сэрэйээхтээбэтэх. Эрэйдээҕим бэйэтэ да киэҥ көхсө кыараан, уһун санаата кылгаан сылдьаахтаатаҕа, – диирин быыһыгар оҕонньор хоһугар киирэн, уоһун сиигирдэн ньуосканан сылаас уу иһэрдэн көрдө да кыайан ыйыстыбата. «Испэппин», диирдии төбөтүн хамсатан ылла.
Ол киэһэ оҕонньор барахсан уола баран эрэрин билбит курдук, уҥуоҕун туттараары, оҕотун илиитигэр сытан бэрт сымнаҕастык, уу чуумпутук тыына быстыбыта. Бүөтүр Бөтүрүөбүс кэпсэтэн, өссө биир күнү көҥүллэтэн, эһэлэрин икки хоннороот, кистээн, сарсыҥҥы күнүгэр уола сэриигэ аттаммыта.
«Аҕам уҥуоҕун тутан, кэннибэр кэтэх санаата суох бардым. Кылаабынайа, эһиги этэҥҥэ олоруҥ. Сэрииттэн эргиллиэм. Оҕолорум да үчүгэйдик сылдьан кэлиэхтэрэ. Баһылай тылланан бара сатыа суоҕа этэ. Вераҕытын кытта бөрөһөн олоруҥ. Сиэммитин харыстаар. Киристиинэни бэйэҕититтэн тэйитимэҥ, – диэн Ыстапаан кэриэс-хомуруос тылын этээхтээбитэ.
Ыстапаан бэҕэһээ айаннаабыт табаарыстарын куоракка ситэн бииргэ айанныахтааҕа. Уола Баһылай барсыбыта. Киһи уҥуоҕун аттынан икки атынан битигирэтэн ааһан иһэн, ийэлээх аҕата сытар туһаайыыларынан аттарын тохтото түһээт, сиэллэрэн, кэннилэригэр буору өрүкүтэн ыраах айаҥҥа айан суолун устун бара турбуттара. Кылбаччы суоруллубут остуолба мас оҕонньору санатан, чыначчы туттан, туран хаалбыта.
Маарыйа төһө да сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэр, айманнар, бэйэтин кыанан, доҕорун харах уута суох сэрии толоонугар атаарбыта.
VIII
1942 сыл. Саас. Кулун тутар ый тыала, хахсаата ордук күүһүрбүккэ дылы. Мэктиэтигэр, күн уһаабатах, халлаан сылыйбатах курдук. Совинформбюро сводкатыттан хотторуу, чугуйуу эрэ иһиллэр. Өстөөх халабырдьыттара күнтэн-күн ахсын сэбиэскэй дойду бииртэн биир куораттарын, дэриэбинэлэрин үнтү тэпсэллэр, уоттууллар. Дойдуну кыа хаанынан, харах уутунан уһуннаран сэрии күдэнин хара былыта сабардыы сүүрбүтэ. Өстөөх дойду үөһүгэр талаһара. Сталинград иһин кыырыктаах кыргыһыы буола турара. Истэргэ ыарахан этэ.
Маарыйаҕа күһүҥҥүттэн бороохтуйбут борооскуларыгар эбии 20 борооскуну биэрэннэр, хотонун, дьиэтин икки ардыгар хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри икки хараҥаны ыпсаран үлэлиирэ. Ыарахан байыаннай нолуоктары, заему аҥаар кырыытыттан нэһилиэнньэ барыта төлүүрэ. Нолуоктарын кыайан төлөөбөккө, дьон үксэ сүөһүтүн эспитэ. Маарыйа биир ынаҕы эрэ тутан хаалбыта, онон сиэнин таһынан «дьыссаат» оҕолорун аһатара. Хата, Верата, дьиэҕэ олорор буолан, көмөлөһөн абырыыр. Сэттэ ыйдаах кыыһын Маасыҥканы көрөн олорор курдук да, төрөппүттэр оҕолорун хаалларар сирдэрэ суох буолан, күнүһүн Вераҕа аҕалаллар. Онон Дьөгүөрэптэр дьиэлэрэ «дьыссаат» дьиэтин курдук буолбута. Күнүс курууска оҕото суорат эбэтэр уу-судураан хааһы биэрэрэ. Аччык оҕолор оҥоспут харахтарын, тарбахтарын сыыһын саратан, ас көрдөөн муҥнаналларын Вера тулуйбакка, хаста да аккаастанан көрөн баран, бэйэтин оҕотун ханна хаалларан, холкуоска үлэлии тахсыай? Оскуолаҕа аччыктаан нэһиилэ сүөдэҥниир оҕолору үөрэтэр эмиэ ыарахана. Киэһэтин кыыһа утуйдаҕына, ийэлэрэ Маарыйа имитэн, быһан биэрбит куобах тириитинэн кээнчэ, үтүлүк, бэргэһэ тигэр. Сороҕор, кыыстара кыҥкыйдаабатаҕына, сарсыарда 4 чааска диэри олорооччулар. Вера хас үтүлүк тойон эрбэҕэр «этэҥҥэ сулууспалаан кэлэллэригэр» баҕаран, сурук сыыһа кыбытара уонна Саха АССР диэн баран, илии баттаан эриллэҥнэтэрэ. Санаатыгар Миитээбэр биир эмэ тикпит үтүлүгүм эбэтэр кээнчэм тиксиэ диэн эрэнэрэ. Миитээтиттэн үстэ сурук тутан, соҕотохсуйдаҕына, сыттыгын анныгар укта сылдьар үс муннуктаах суруктарын аахтаҕына, тапталлааҕынаан кэпсэппит курдук сананан, уоскуйа быһыытыйар. Миитээ биир суругар кыыстаммытыттан үөрбүтүн, кини саҕа дьоллоох киһи суоҕун суруйбут этэ.
Маарыйа Мачыаналыын хотонтон быһа сугулааҥҥа бардылар. Улуустан боломуочунай кэлэн: «Тугу барытын – фроҥҥа!» диэн ыҥырыынан оборона пуондатын хаҥатыыга заем облигациятын атыылаһалларыгар, итии бэргэһэ, куобах кээнчэ, үтүлүк курдук итии таҥастарынан, ыаллартан алтан сылабаардары, чугуун иһиттэри хомуйан көмөлөһөллөрүгэр, этинэн, арыынан нолуок түһэриллэрин туһунан кэпсии турара. Холкуостаахтар бүтэһик сүөһүлэриттэн илии соттоллоро төһө да ыараханын иһин «Кыайыы» туһугар тугу баҕарар толук биэрэллэрин кэрэйбэттэрэ.
Мунньах бүтүүтэ боломуочунай холкуос бэрэссэдээтэлигэр Алексей Васильевичка, Ньукулай Торговкиҥҥа уонна Баһылайга бэбиэскэ туттартаабыта. Маарыйа уолун аатын истээт, сүрэҕин туттуммута, хараҕа хараҥаран ылбыта. Мачыана дьүөгэтин туругун өйдүү охсон, санныттан ыга кууһан, бэйэтигэр сыһыары тарпыта.
– Онтон оччоҕо холкуоспутун ким дьаһайар? – биригэдьиир Махсыым ыйыппыта.
– Нэһилиэк, холкуос олоҕо барыта быстах кэмҥэ Готовцев Бүөтүр Бөтүрүөбүскэ сүктэриллэр. Бары биир киһи курдук үлэлиэхтээххит. Балаһыанньа ыарахан. Сэрии маҥнайгы ыйдарыгар Кыһыл Армия чугуйан, дойду арҕаа уобаластарыгар үгүс дэриэбинэлэр, куораттар өстөөх илиитигэр киирдилэр. Сэрии уһуннук барар чинчилээх. Онон чуолаан Сибиир, ол иһигэр сэрииттэн ыраах да олордорбут Саха сирэ эмиэ, фрону аһынан-таҥаһынан, сэрии сэбинэн хааччыйар бөҕө тыыл буолабыт. Бары биир киһи курдук туруннахпытына эрэ хаан тохтуулаах, ыар сүтүктээх фашистскай Германияны кыайыахпыт.
Мунньах бүтэн, күннэри-түүннэри «сэрии» диэн ыарахан тыл таһаҕастаах кырдьаҕастар, дьахталлар, оҕолор нүксүччү туттан тахсар аан диэки баран истэхтэринэ, Бүөтүр Бөтүрүөбүс бүтэҥи куолаһынан Маарыйаны ыҥырбыта.
– Маарыйа, бэттэх кэл эрэ. Олор, – олоппоһу ыйбыта. Дьахтар сэбиэтин көрүҥүн көрөн, туох эрэ көннөрүллүбэт алдьархай буолбутун сүрэҕинэн сэрэйэн, байааттаҥнаан ылбытын Мачыаната өйүү туппута.
Дьөгүөрэптэр дьиэлэригэр ыар сүтүк илдьитэ үс муннуктаах «хара сурук» кэлбитин ийэ титирэс илиитигэр туттарбыттара. Кыра Ыстапаана Сталинград куораты көмүскүүр кыргыһыыга өлбүтүн туһунан биллэрии этэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Ыстапаантан «Үчүгэйдик сылдьаарыҥ, олус санаарҕаамаҥ, дойдуга төннүллүө, хайдах гыныллыай, дойдуну көмүскүүр эбээһинэспит буоллаҕа!» диэн ис хоһоонноох сурук тутан үөрдүлэр да этэ. Онтон бүгүн оҕото суох буолбутун туһунан «хара сурук» илиитигэр тутан олорор. Ийэ ыһыытыаҕын-хаһыытыаҕын хара хомуох күөмэйигэр турбута, хараҕыттан биир таммах уу түспэккэ, таастыйан олордоҕуна, икки атаҕар уйуттубат буолбут ийэни, Баһылайдаах Мачыана икки өртүттэн ылан, тахсар ааҥҥа илтилэр.
Маарыйа дьиэтигэр хайдах киирбитин өйдөөбөт. Арай уйа-хайа суох ытаан, оҕолорбун куттаабатах киһи диэн кытаанах санааны ылыммыта икки чэчэгэйин бүргэһинэн кэйиэлииргэ дылыта… Сотору-сотору туймааран, хараҕа туманныран, тулата барыта ыраатан-кэтирээн бардаҕына, Мачыаната тымныы, сииктээх сотторунан сирэйин-моонньун сөрүүкэтэн, сотон, бэттэх аҕалан, оронугар умса түһэн, саҥата суох, туттуна сатыы-сатыы хараҕын уутунан суунна. Кыра Ыстапаана, оҕото эрэйдээх киһи санаата да тиийбэт сиригэр умса түстэҕэ. Үөрэнэр-үлэлиир былааннардааҕа. Үөрэхтээх киһи буолуо диэн оҕолоруттан саамай эрэнэр уоллара күөгэйэр күнүгэр 22 сааһыгар сылдьан суорума суолланнаҕа. Оҕом сыыһа атын дойду халлаанын анныгар киһилии хараллыбакка сыттаҕа. Итинник санаатаҕына, ыһыытыан-хаһыытыан баҕарарын саба баттаан, сымыһаҕын хаан оҕуолуор диэри быһа ытырар. Оҕото саҥа хааман тоотоҥнуура, албыннаан көтөхтөрөөрү араастаан даллараҥныыра, оскуолаҕа киириитэ, сэттэ кылаас кэнниттэн дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэххэ аттаныыта, ыһыахха күрэхтэһэн, кыайыы өрөгөйүттэн дьолломмут мөссүөнэ, Киристиинэлиин сиэттиһэн иһэллэрэ хараҕар утуу-субуу элэҥнээн истилэр.
– Ийээ, тур, Бүөтүр Бөтүрүөбүс кэллэ, – Баһылайа кэлэн ороҥҥо олордо. Ийэтин аһыммыт хараҕынан көрөн олорон, арбайбыт баттаҕын көннөрө имэрийдэ. – Ийээ, сарсын барааччыларга кыра бурдук уонна эт биэрэннэр, Вера алаадьы уонна эт буһарда.
Маарыйа тугу да өйдөөбөтөхтүү мээнэнэн көрбүт хараҕа улам туманныран, толору уунан туолан, иэдэһин устун тохтоло суох сүүрбүтүн булгуччулаахтык ытыһынан туора соттумахтаата. Сарсын оҕото Баһылайа эмиэ сэриигэ барар. Оо, оҕом сыыһын киһилии атаарбакка, ытыы-аймана сыттахпын. Оҕобун Ийэ дойду көмүскэлигэр үчүгэйдик тэрийэн ыытыахтаахпын. Кыра Ыстапааным, оҕом сыыһа, бырастыы гын, эн сырдык мөссүөҥҥүн ахтан-санаан, ытыыр-соҥуур миэхэ бүгүн көҥүллэммэт. Оҕом сыыһа, бырастыы, бырастыы… Эн умнуллубат кэрэ бэйэҥ тыыннааҕым тухары мин сүрэхпэр тыыннаах сылдьыаҕа. Быраатыҥ Баһылайы харах уулаах атаарбатахпына табыллар. Хомойуо.
Ийэ оҕотунаан бырастыылаһардыы, хараҕын быһа симэн, саҥата суох сөҥөн олорбохтуу түһээт, күүһүнэн сыҥаланан туран, уолун окумалыттан тутуһан аһыыр сиргэ таҕыста. Остуолга ытаан сирэйдэрэ салбаҕырбыт Мачыана, Вера уонна Бүөтүр Бөтүрүөбүс олороллор.
– Онтон Киристиинэ… тоҕо суоҕуй? – Маарыйа Киристиинэ суоҕун көрөн, куолаһа эйэҥэлээн ылла.
– Кыайан кэлбэтэ. Ийэтинээн хаалла. Сытар. Кэлиэҕэ, – Бүөтүр Бөтүрүөбүс аҕыйах тылынан быһаарда.
Бары Кыра Ыстапаан аһыытыгар сөҥөн, саҥата суох олордулар, куолайдарыгар ас да барбат курдуга.
– Ийээ, хайыыр да кыах суох. Убайым Ыстапаан туһугар тиһэх хааппыла хаан хаалыар диэри өстөөҕү үлтүрүтүүгэ сэриилэһиэм, – диэн Баһылай бэйэтэ ньамньыраан олорор ийэтин эбии уйадыппыта.
– Ийээ, наһаа айманыма, Ыстапааммытын төнүннэрэр ханнык да күүс суох. Аҕабытын, уолаттаргын Миитээни, Баһылайы санаа. Сиэниҥ Мааһыҥкаҥ туһугар күүстээх санаалан, – Вера саҥарарын быыһыгар сиэнин көтөхтөрө биэрбитигэр, эбэтин ньилбэгэр эккирээн күүскэ тирэнитэлээбитигэр – остуолга олорооччулар сирэйдэригэр мичээр толбоно түстэ.
Мачыана харах уулаах олорон, төһө кыалларынан туттуна сатыы-сатыы, дьүөгэтин сэргэхситээри ону-маны кэпсии олордо.
– Мин Тэрэнтэйим Челябинскай уобаласка биир ыйдаах байыаннай бэлэмнэниини баран, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга бирисээгэ биэрбит. Бирисээгэ кэнниттэн, Волга өрүс кытыытыгар аҕалбыттар. Билигин Сталинград куорат иһин кырыктаах кыргыһыыга сылдьабын диэн суруйбут. Сордооҕум киһиэхэ этэн суруйтарбыт. Билиҥҥитэ этэҥҥэ. Ньукулай Торговкин кэргэнэ Аанча кыра кыыһын убайын кэргэнигэр, саҥаһыгар, ииттэрэ биэрбит. Үс оҕону кыайан иитэр кыаҕым суох, сүрүнэ, этэҥҥэ эрэ сырыттын диэн санаанан салайтарбыт. Саҥаһа оҕото суох, онон көрө сатыа, аччыктатыа суоҕа, ол кэриэтин бэйэтэ аччыктыа.
– Оннук. Сөпкө гыммыттар. Баһылайбытыгар, Ийэ дойдутун көмүскүү барар киһибитигэр, этэҥҥэ сулууспалыырыгар, кыайыы-хотуу кынаттанан кэлэригэр баҕарыаҕыҥ, – Бүөтүр Бөтүрүөбүс уолга анаан үгүс истиҥ тыллары эппитэ. – Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума, ытык иэскин чиэстээхтик толорон, төрөөбүт төрүт буоргар, кыайыы аргыстанан этэҥҥэ эргиллээр, – диэн алгыс тылларынан этиитин түмүктээбитэ.
– Оҕом, Баһылайым, куттаныма, ытыам суоҕа. Оҕом, үчүгэйдик сырыт, суруйа тураар. Үлэһит буолан боруонньа ылла диэн үөрэ санаабытым. Ол ханна баарый? Таҥара баар буоллаҕына, эһиги этэҥҥэ эргиллэн кэлэргит туһугар, үҥэн-сүктэн көрдөһүөм, – ийэ оҕотун бэйэтигэр сыһыары тардан, «ыытыам суоҕа» диирдии, ыга кууспута.
Аан эмискэ тэлэччи аһылларын кытта Бүөккэ, сүүрбүтүттэн иэдэһэ тэтэрэ кыыһан, куобах бэргэһэтин ханньаччы кэтэн, сонун нэлэкэйдэнэн, көтөн түстэ.
– Аҕаа, Киристиинэ төрөөн эрэр. Түргэнник тиийэр үһүгүн. Маарыйа эмиэ… Ийэм инньэ диэтэ. Биэлсэр Никиитэ кэлбитэ… – уол аҕылаан эппэҥниирин быыһыгар биир тыынынан кутан кэбиспитэ.
– Туох диигин?.. – диэбитинэн бары биир киһи курдук ойон туран, таһырдьаны былдьастылар. Вера оҕотун көтөхпүтүнэн соҕотоҕун туран хаалла…
Маарыйа сүүрүөх курдук туттубута да атаҕа кыаһыланан хаалбыт. Бүтэйтэн тутуһан кыйа айаннаан истэҕинэ, Баһылайа төттөрү сүүрэн кэлэн, ийэтин өйүү тутан, Бүөтүрдээх дьиэлэрин диэки айаннаатылар. Ол тухары: «Оҕом Ыстапааным… дууһата төһө эрэ тулаайахсыйан… Ханна умса түһэн сытаахтаатаҕай?..» – диэн муҥатыйа, хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэрин туора сотто истэ. Кэлин олох ыһыктынан, уолун кытаанах илиитигэр бэринэн, соһуллан хаалла. Мачыана утары сүүрэн кэлэн, дьүөгэтин кууһа түстэ.
– Эрдий… Доҕоччуок, Ыстапааҥҥын, оҕолоргун Миитээҕин, Баһылайгын санаа. Кийииттэриҥ, сиэннэриҥ туһугар күүстээх санаалан. Киристиинэ уолланна. Кыра Ыстапаан олоҕун салҕааччыта кыракый Өстүөпүскэ ытаан бэбээрбитинэн күн сирин көрдө. Үөрүү… Хараҕыҥ уутун сотун. Киристиинэҕэр, Өстүөпүскэҕэр хараҕыҥ уутун көрдөрүмэ. Саҥа төрөөбүт дьахтары кэҕиннэрэн кэбиһиэҥ. Ийэ оҕотун аһатыан наада, – сүбэлиирин-амалыырын быыһыгар дьүөгэтин иэдэһиттэн сыллаан ылла.
Үһүөн өйөһөн, дьиэ боруогун саҥа атыллаан киирэллэрин кытта сибилигин күн сирин көрбүт кыракый Өстүөпүскэ ытаан бэбээрэ түстэ…
IX
Кураан сатыылаан, аһыҥа ыһан, от-бурдук үүммэккэ, аччык дьыл саҕаламмыта. Аһыҥаны утары түүннэри-күнүстэри үлэ барара. Бааһынаны тула 1 м кэтиттээх, 1 м дириҥнээх ханааба хаспыттара. Оҕо‐дьахтар таҥаһынан тигиллибит киэҥ айахтаах куулу тутан баран сүүрэллэрэ, онуоха бурдук соломотугар олорор аһыҥкалар куулларыгар түһэллэрэ. Оҕолор барахсаттар аһыҥканан туолбут куулларын кыайбакка ытаһаллара. Тимир уһаакка кутан уматаллара. Холкуоска кырдьаҕастары кытта дьахталлар уонна оҕолор хаалан, холкуос үлэтин барытын толороллоро. Сэрии кэмэ буолан, туохха барытыгар кытаанах ирдэбил этэ. Суол оҥоһуута буоллун, бурдук хомуура буоллун, оҕолуун-дьахтардыын биир тылы утары эппэккэ үлэлииллэрэ. Күн кылайа тахсыыта үлэҕэр баар буолаҕын, киэһэ күн киирбитин кэннэ бүтэҕин. Аһылыктара диэн үрүҥ ас, суорат оҕото буолар. Тыраахтардара испиискэ хаатын саҕа маһынан умайан үлэлиирэ. Киһи барыта эрбиирэ. Оҕолор сатаабат буолан, эрбиилэрин кыбытан эрэйдэнэллэрэ, куораптаах тэлиэгэҕэ тиэйэн, оҕуһунан бааһыналарга таһаллара. Сороҕор тыраахтар атын бааһынаҕа көһөрүгэр мас тобоҕун куулга кутан, сүгэн илдьэллэрэ.
Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.