Kitabı oku: «Урут бобуллубут айымньылар», sayfa 2
Николай Неустроев
ҮРҮҤ КҮӨЛГЭ
(Оҕолорго кэпсээн)
Куораттан сэттэ биэрэстэ аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ Марха диэн баар. Ол дэриэбинэ чугаһыгар Үрүҥ Күөл диэн ааттаах улахан күөл баар эбит. Биир күһүн биһиги, хаһыа да буолан, ол күөл муҥхатыгар куораттан таҕыстыбыт. Биһиги, тыаттан саҥа үөрэххэ киирбит оҕолор, куорат дьоно хайдах муҥхалыыллар эбит диэн, ити гэннэ тыаҕа бу кэмҥэ муҥхаҕа сылдьарбытын да ахтан, ону көрөөрү бардыбыт. Бастаан куораттан тахсыыбытыгар үөрүүбүт-көтүүбүт сүрдэннэ, түргэн соҕустук Марха суолунан баран истибит. Былыттаах итии күн этэ. Хаар бэт чараас гына түспүт.
Муучун кириэһэ диэн ааттаах, киһи уҥуохтардаах халдьаайыны аннынан ааһан иһэн, Дьылаарба Мэхээлэ эттэ:
– Манна түөкүттэр киһини кэмэтэ суох талыыр-өлөрөр сирдэрэ.
– Дьэ, оннук! – диэтэ Сэмэн, бастаан иһэн.
Биһиги, оҕолор, куттанан: «О-о-о!» – дэстибит.
«Бу түөкүттэр өлөттөөбүт дьоннорун уҥуохтара буоллаҕа», – дии санаатым мин испэр. «Тоҕо баҕас куһаҕанай, киһини өлөрөллөрө. Оннугу оҥорботохторуна, кинилэр сатаан сылдьыбат буоллахтара. Бу дойду биһиги тыабытыгар төрүт маарыннаабат – киэҥ баҕайы толоон, онно-манна арыы тыалар харааран көстөллөр. Маннык сир түөкүннээх да буолуон сөп». Ити курдук кэри-куру санаан, биһиги суол устун баран истибит. Бу дойду суола даҕаны кэтитэ, киэҥэ бэт. Ыраах алар быыһыгар нуучча дьиэлэрэ көстөллөр. «Хайаан маннык түөкүннээх сиргэ дьон олороллор?» – диэн мин испэр мунаахсыйа истим.
Ол икки ардыгар куттаммыппыт ааһан, эмиэ күлсэн-оонньоон бардыбыт. Арай иннибитигэр сыарҕа акка икки нуучча дьахтара олорон баран иһэллэр эбит. Сыарҕа иннигэр куучардара хороччу олорбут.
«Оҕолоор, ити нуучча дьахталларын куттуоҕуҥ эрэ!» – диэтэ ким эрэ. Онуохаҕа туран биһиги бары, итирбит дьон буолан хаһыытаһа-хаһыытаһа балааскайдаан, суолу икки өттүнэн айаннаатыбыт. Өс киирбэх, били дьахталларбыт, биһигиттэн куттанан, суолтан туораан тахсан, биһигини эргийэ бардылар. Кинилэр тустарыгар кэлбиппит гэннэ, сырайдара туой биһиги диэки. Дьону куттаабыт дьон буоламмыт, күссэ-күссэ, биһиги суол устун ааһа турдубут. Нуучча дьахталлара биһигини туох эрэ диэн санаатылар буолла? Ойоҕоспутунан киэҥ баҕайы бурдук сонуоктара ааһан истилэр. Бу дойду бүтэйэ даҕаны биһиги бүтэйбитигэр майгыннаабат. Иккилии тоґо±олоох сигэ бүтэй киэҥ хонууну устатын тухары быһыта сүүрбүт. Элбэх да бурдугу ыһаллар эбит – бу аттакы диэн ааттаах дьон.
Барбахтаан иһэн, хас да эт тиэйбит угустаах тыа сахаларын көрүстүбүт. Биһиги чугаһаан кэллэхпит аайы, куораччыттарбыт туой угустарын суол кырыытын диэки салайаллар, ол гэннэ биһиги диэки сэрэммит харахтарынан көрөллөр. «Кинилэри туох билиэй? Баҕардаҕына, ити дьон эппитин талаан ылыахтара», – диэн саныыллар быһыылаах.
– Хайа диэкилэргитий, доҕоор? – диэн Дьылаарба ыйытта.
– Намнарбыа-ыат! – дэһэ-дэһэ, угустаах дьон хап-сабар ааһа турдулар.
Бу дойдуга киһи киһини кытта, суолга көссөн баран, төрүт тохтоон кэпсэппэт. Тоҕо баҕас куһаҕанай? Билбэт дьоннорун ити курдук итэҕэйбэттэр. Биһиги тыабытыгар буоллар, биссибэт да дьон буоллахтарына, өр баҕайы ону-маны кэпсэтэн, сэһэргэһэн ааһыахтара этэ. Куорат чугаһа ити курдук кутталлаах, сэрэхтээх буолар эбит.
Сотору соҕус буолан баран, киэҥ толоон хаба оттотугар элбэх баҕайы нуучча дьиэлээх дэриэбинэ көһүннэ. «Ол аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ», – дэстилэр аргыстарым. Суол кырыытыгар баар бурдук сонуогун мүччү түһээт, биһиги киэҥ баҕайы күөл кытыытыгар тиийэн кэллибит. Күөл, килэччи тоҥон баран, саҥа хаарынан сабыллан төгүрүйэн сытар эбит. Күөл арҕаа өттүгэр уһун ньолбоҕор нуучча дьиэлэрэ көстөллөр. Ол дьиэлэр тастарыгар хас да кэбиһиллибит от турар. Күөл тулатыгар эрбэгэй соҕус мастаах алар тыа алааран көстөр. Анараатах мыраан маҥхайан, туналыйан көстөр. Күөл мууһун оттотугар дьон бөлүөхсэн турар. Биһиги сиэлэр былаастаах хаамыынан муҥхаһыттарга тиийэн кэллибит. Баҕадьылаах тойон, Томторук оҕонньор, илиитигэр кыл хамыйаҕы тутан туран, уолаттарын дьаһайан бааҕыныы турар эбит. Бэйэтэ уҥуоҕунан кыра, туоратынан барбыт, мөкү дьүһүннээх саха оҕонньоро; элэмтэ буолбут кугас дьүһүннээх кулун тириитэ саҥынньахтаах, баһыгар эргэ баҕайы тугут чомпой бэргэһэлээх, илиитигэр эмиэ сылгы тыһа дуу, ханнык эрэ улахан баҕайы үтүлүгү кэтэн кэбиспит. Кини бэйэлээҕи манна ким даҕаны утары көрбөт – муҥхалаах тойон буолар.
Өр баҕайы сааҕынаһан баран, саҥа дьон эбии кэлбиттэрин гэннэ, дьэ, муҥхаларын түһэрдилэр. Дьылаарба Мэхээлэ икки бытыга мууһуран хаалбыт, тоҥон өкчөччү таттаран баран, биир анньыыны сулбу тардан аҕалан, муус анньан экчэрэҥнээтэ. «Эрэйдээх төһө эрэ балыгы сиэн абыранаары муҥнанан эрэр буолла», – дии санаатым мин испэр. Ол эрээри мин даҕаны туран көҕө тоһуйдум: үтүмэх муус аннынан тыаһа түлүгүрэйэн кэлэрэ эмиэ да үчүгэйгэ дылы буолар. Сотору соҕус буолан баран, муҥхабыт таҕыста да, балык кэлбэтэ. «Бу бэйэлээх киэҥ күөл буолан баран, балыга суох буолар эбит дуу?» – диэн Уйбаан биһикки бэйэбит икки ардыбытытар сибигинэстибит.
– Аны улахан уутун тардан көрүөххэ, – диэтэ Томторук.
Ол кэнниттэн, айманан-сайманан, күөл улахан уутун тарда бардыбыт.
Ити икки ардыгар тымныы баҕайы тыал тыалырда, хаар түһэн кэллэ. Биһиги, оҕолор, дэлби тоҥнубут, аччыктаатыбыт даҕаны.
– Оҕолоор, тоҥмут буоллаххытына, барыҥ, ити сайыымкаҕа тахсан, иттэн, чэйдээн киириҥ, – диэтэ Дьылаарба.
Уйбаан биһикки, күүллээх өйүөбүтүн сүгэн баран, өс киирбэх, күөл үрдүгэр баар сайыымкаҕа таҕыстыбыт. Киһим улахан баҕайы бараан бэргэһэлээх, бараан сонноох. Дьэ, түргэн соҕустук хааман холлурдаһан, сайыымкабытыгар тиийдибит. Күөл сыырын үрдүгэр кыра муус түннүктээх нуучча дьиэтэ оһоҕун буруота тыргыйа турар эбит. Дьиэ ааныгар хас да сыарҕалаах ат баайыллан тураллар, дьиэҕэ дьоннор киирэллэр-тахсаллар. Ол эрээри биһиги, ол куһаҕан дьиэҕэ саантаабакка эрэ, антах, олбуор иһигэр киирдибит. Олбуор иһигэр улахан нуучча дьиэтэ баар эбит, ол анараа өттүгэр улахан баҕайы, оттотунан киирэр, аана чуулааннаах саха балаҕана турар. Биһиги, хайа да дьиэҕэ киирэрбитин билбэккэ, дьулайбыт дьон быһыытынан отур-ботур кэпсэтэ турдубут. Ол турдахпытына, аттыбытынан саҥа ырбаахылаах, баһыгар үрүҥ былааттаах эдэр, үчүгэй дьүһүннээх саха дьахтара, түргэн соҕустук хааман, балаҕан диэки барда.
– Ыл, ити дьахтартан ыйыт, – диэтэ Уйбаан сибис гынан.
Онуоха мин хап-сабар ыйыттым:
– Сахалар манна хайа дьиэҕэ олороллоруй? – диэн.
– Манна бааллар, – диэн баран, дьахтарбыт били саха балаҕаныгар киирэн хаалла.
Биһиги кэнниттэн батыһан киирдибит. Киэҥ баҕайы балаҕан эбит. Хаҥас диэки оһохтоох, уҥа диэкинэн үс түннүктээх. Дьиэ иһигэр хас да киһи баар эбит. Били үчүгэй дьүһүннээх дьахтарбыт, таҥаһын сыҥынньахтанан баран, дьонугар муҥхаҕа сылдьыбытын сиһилии кэпсээтэ. Арай дьиэлээх дьахтар эбит.
– Муҥхаҕа сылдьар оҕолоргут дуу? – диэн ыйытта биһигини биир халы-мааргы дьүһүннээх, хара ырбаахылаах, эмэхсийэн эрэр дьахтар.
– Ээ, муҥхаҕа сылдьабыт, – дэстибит биһиги.
Итинтэн ураты атын кэпсэтии диэн суох буолла. Биһиги дьиэлээхтэри одуулаһа, туох да саҥата суох, атах ороҥҥо олордубут. Аччык өлбүппүт диэн сүрдээх буолан баран, биһиги, дьиэлээхтэртэн килбигийэн, иһит көрдүөн ылан, чэй оргутунан испэт дьон буоллубут. Дьиэлээхтэрбит даҕаны, биһигини бу оҕолор тоҥмуттара, аччыктаабыттара буолуо диэн, аһаппат ыал буоллулар. Биһиги дойдубутугар эбитэ буоллар, ыал аһатыа этэ. Бу дойдуга куһаҕан да буолар эбит. Өр соҕус олорбохтоон баран, биһиги күөлгэ төннөн киирдибит. Ол киирэн иһэн сүбэлэстибит: доҕоор, биһиги бу дойдуга аччыктаан да өлүүһүкпүт, онон куоракка бу киэһэ төннүөх, кинилэр балыктарын улахан сиэтин диэн. Ити курдук сүбэлэһэн баран, биһиги, күөл хамыһын быыһыгар саһан олорон, тоҥ сиикэй кырбас эти бэрэчиинэй быһаҕынан сии сатаатыбыт буолан баран, быһахпыт хотумна, аччык турдубут. Арай күөл оттотугар киирэн көрбүппүт, киһи диэтэх баҕайы элбээбит: нууччалар, хаһаактар мээлэ кэлбиттэр. Биир хара бараан сонноох улахан баҕайы манаах манастыыр аатыттан балык үллэстэ кэлбит. Үрүҥ Күөл тулатын ходуһата сорҕото манастыыр сирэ эбит, онон сылтаан манаах балык ылаары оҥостон кэлбит эбит.
Биһиги буоллаҕына, дьоҥҥо аралдьыйан, куоракка барар сүбэбитин умнан кэбистибит. Ити гэннэ муҥха тахсара чугаһаабыт, онон балык кэллэҕинэ көрүөхпүт диэн сырыттыбыт. Мин биир саханы кытары бэчимэ тардыстым. Ол икки ардыгар тоҥмуппут ааһан, биһиги оонньоон-күлэн бардыбыт. Бэчимэ тарда турдахпытына, били улахан манаахпыт биһиэхэ хааман дөдөлдьүйэн кэллэ.
– Тоҕо бэчимэҕитин кыайан таппаккыт? – диэн баран, манаах кэлэн, аҥаар илиитинэн тардыспыт буолла.
«Көр, бу манаах буолан баран, сахалыы үчүгэйдик да саҥарар эбит», – дии санаан, мин улаханнык муодарҕаан, манааҕы өрө көрөн, мыҥаан турдум.
Манаах хара лэҥкэйбит бэргэһэлээх, күлбүһэҕи уоппут курдук уһун бытыктаах, хараҕа мууһу кыбыппыт курдук күөх, мунна хонтоҕор, уоһа кыһыл эбит.
Онтон арай чардаат диэки дьон саҥата мээлэ аймана түстэ. Мин, бэчимэбин бараҕан баран, ол диэки сүүрэн тиийдим. Муҥхалаах тойоммут Томторук оҕонньор үөлээннээхтэрин кытта сыарҕаҕа арыгылыы олорор эбит. Итирик-кутурук мээлэ элбээбит. Биир итирбит, маҕан туос этэрбэстээх хаһаак, кимиэхэ даҕаны ис буолбакка, көрүлээн эрэр эбит. Ырыата-тойуга, үөхсүүтэ мээлэ үксээбит. Били хаһаак, үҥкүүлээтэҕим буолан, ыстанан кэллэ да, биир хаарыс сонноох саха дьахтарын, илиититтэн харбаан ылан, эргичитэн аҕалан, мууска тиэрэ быраҕан кэбистэ. Ол гэннэ ыллыы-ыллыы арыгы иһэ олорор дьон диэки ыстаҥалыы турда. Ону көрөн, дьон күссүүлэрэ-үөрүүлэрэ ыраатта.
– Ити кыайар уола сүгүннээмээри гыммыт ээ, бадаҕа, – дэстилэр Томторук уолаттара, чардаат аллара туран…
– Дьэ, сүрдээх киһи, доҕор, ити хаһаак! – диэтэ Борокуопай.– Көр эрэ, Уйбааны эбэтэ эмээхсин булбут.
Мин ону өйдүөн көрбүтүм, Уйбааны итирбит нуучча эмээхсинэ өрө көрөн туран саҥарар: «Тоҕойум оҕото, тоҕойум оҕото, оннук буолбат дуо?»
Уйбаан буоллаҕына, абааһы көрбүт киһи быһыытынан, иэдэс биэрэн баран, тугу да саҥарбакка, биһи диэки аһыннарыах курдук көрөн турда. Киһибит тоҥмут, аччыктаабыт быһыылаах, – үүтүн тохпут оҕо курдук буолан хаалбыт. Мин аттыгар тиийэн: «Уйбаан, ити эбэҥ эмээхсин дуу?» – диэн күлэ-күлэ ыйыттым. Онуоха Уйбааным өһүргэннэ быһыылаах: «Күтүрү ким билэр, абааһы кыыһын курдук баҕайы булла дии!» – диэтэ, муннунан сыҥсыйан баран.
– Дьэ, сүрдээх дьүһүннээх киһи, итирбит буола-буола! – диэтэ Борокуопай.
Ити итинэн ааста.
Муҥха тахсыытыгар дьон бары чардааты тула үмүөрүстүлэр. Манаахпыт чардаат уутун илиитинэн кириэстии охсон баран, бэспиирэ бытаҕайын бырахта.
– Эбэбит түгэҕин көрдөрөө ини, – диэтэ Томторук оҕонньор, кыл хамыйаҕынан ууну буккуйа туран.
Кырдьык, кини эппитин курдук, икки киһи арычча тардар, үчүгэй баҕайы дьүһүннээх кыһыл собо бачыгырыы түстэ.
– Көр, балык кэллэ ээ! – дэстилэр үөрбүт дьон саҥата.
Балыктарын мууска баһан кэбистилэр. Манаахпыт балык үс гыммыт биирдэрин быһа хомуттаран ылан, күүлгэ куттарда да, сыарҕалаах акка олорон, куоракка тэптэрэн хаалла. Кини барарын аҕай кытта, айдаан буола түстэ. Хаһаактар балык үс гыммыт биирдэрин биһиги ылыах кэриҥнээхпит диэн мөккүөрү туруордулар. Онуоха сахалар буолумматылар, балыгы баар киһи баһынан үллэстэргэ сөп диэн. Онтон этиһии, үөхсүү буолла. Ол икки ардыгар били итирик эккирээбит хаһаак, хантан эрэ ыстанан кэлэн, туох да эппиэтэ суох кутулла сытар балык оттотугар киирэн туран:
– Балыгы аҕалыҥ да сабаас, – дии-дии, үөгүлүү турда.
Онуоха Томторук оҕонньор, маатыралыы түһэн баран, итирбит хаһааҕы тутан турар кыл хамыйаҕынан сүүскэ сырбатта. Хаһаак хаана өрө тыга түстэ, киһи эрэ буоллар, уолуйан, саҥата суох ах барда. Онтон туран, өлүү болдьохтооҕун, Томторук биир хардааччы уола түөскэ аста. Дьэ, онтон хаһаак өйдөнө биэрэн, уолу сыҥаахха биэрдэ. Инньэ гынабын диэн, хаһаак эрэйдээх, дьэ, өллө – Томторук уолаттара кинини көмөлөөн, хасса суох охсон-тэбэн бардылар. Киһилэрин биир да хаһаак көмүскэспэтэ. Ити икки ардыгар дьон, балыгы былдьаһан, ыһыы-хаһыы буола түстэ. Сытар собону ким санаалаах иһиттэригэр хаһыйдылар. Киһиттэн эрэ ордук Томторук уолаттара балыгы кыайдылар. Оҕонньордоро хаһыытаан-ыһыытаан көрдө да, ким да ону истибэтэ. Биһиги эрэйдээхтэр соһуйбут курдук туран хааллыбыт, балык былдьаһар диэн санаа киирбэтэ. Биһиги дойдубутугар балыгы былдьаһан охсуспат үгэстээхтэр. Инньэ гынан, биһиги бэккэ диэн муодарҕаатыбыт, абааһы көрдүбүт. Мустубут дьон дэлби этиһэн, үөхсэн баран, дьиэ дьиэлэригэр тарҕастылар. Киэһэ буолан, хараҥатыйан барда. Биһиги били мааҕыан тахса сылдьыбыт ыалбытыгар хоно таҕыстыбыт. Онно тахсан, дьэ, чэйдээн, иттэн, мээлэ абыранныбыт. Ыалбытыгар хас да эр киһи үлэһиттэр бааллар эбит. Кэпсээннэрэ наар балык былдьаһыыта буолла. Сорохторо, муҥхаҕа киирэ сылдьан баран, мэлийэн тахсыбыттар. Биир киһи эттэ:
– Доҕоттоор, сассын киирэн, балык кэллэҕинэ, былдьаһан көрүөҕүҥ, – диэн.
Ону доҕотторо сөбүлээбитэ буоллулар. Биһиги киһибитин Дьылаарбаны, кыттыс, доҕор, биһиэхэ диэн, оонньуу оҥостон хаайдылар. Дьылаарба иэҥин-дьиэҥин биллэрбэтэ.
Сассыарда эрдэ турдубут. Мин, чэй оргутан иһээри, ойбоҥҥо уу баһа киирдим. Күн тахсар саһарҕата эбир былыкка тыкпыт. Киэҥ толоону саба түспүт маҕан хаар үрдэ хайтах эрэ көҕөрөн, туналыйан көстөр буолбут. Толоон оттотугар онно-манна ойдом үүммүт хатыҥнар, кылабачыгас кырыа хаарынан симэнэн, нусхаһан тураахтыыллар. Туох да тыас-уус иһиллээбит чуумпу сассыарда буолбут. Марха дэриэбинэ нууччаларын дьиэлэрэ харааран көстөллөр. «Хайдах дьон ити дьиэлэргэ олороллор?» – дии санаан баран, мин ойбонтон уубун баһан баран, төптөрү таҕыстым.
Аа-дьуо чэйдээн, аһаан баран, биһиги күөлгэ киирдибит. Томторук оҕонньор айгыстан, алтахтаан киирэн, хат муҥхалаата. Аҕыйах аҕай киһи мустубут. Биһиги эмиэ киэһэ буолуор диэри сырыттыбыт. Туох да иирээн тахсыбата. Арай хаһаак оҕонньоро, биир саха уолун кырбаары, кыл хамыйаҕы тутан баран, эккирэттэ.
Уол эрэйдээх, тыаттан саҥа киирэ сылдьар быһыылаах эбит, кураанах ыаҕайаны тутан баран, хаһаактан куттанан, дьону тула сүүрэн акыһыйда. Хаһаагы буоллаҕына, оттолуу уолу эккирэтэн эрдэҕинэ, кыыһа кэлэн, синньигэс биилигэр ыйааста түһэн баран, хаһыытаата:
– Тээтэ, тээтэ! Кэбис, тохтоо да, тохтоо! – диэн.
Онуохаҕа тээтэбит тохтоон абыраата. Сахалар бары күлүстүлэр, хаһаак оҕонньору туппатылар. Томторук атаһа эбит, инньэ гынан көҥүл тойомсуйда.
Ханнык эрэ балык кэлбитин үллэстэн баран, биһиги куораппытыгар төттөрү салларыһан киирдибит. Дэлби аччыктаан, ыран, дьиэбитин нэһиилэ буллубут. Онтон ыла күһүн куорат баҕадьытыгар, хаһан да үтүө тахсыа суох диэн, биһиги сылдьыбат буолбуппут.
КУТТАЛ
Киэһэ буолла. Кыһыҥҥы күн киирэн эрэр сардаҥата, тыа баһын кытардан баран, мэлийэн хаалла. Күөх халлаан ньуура, кубарыйан баран, харааран барда. Онон-манан сулустар чаҕылыһан көһүннүлэр. Тыа иһэ хараҥатыйда. Тыас-уус иһиллээбит курдук чуумпу. Киһи тыына бурҕайар тымныыта буолла.
Тыа суолун устун түргэн соҕустук баһыахтаан хааман, бугдайбыт кэтит сарыннаах киһи ааһан иһэр. Куругар эмиэрикээн сүгэни анньыммыт, атаҕар эргэ баҕайы, кубарыйан эрэр кыһыл хаатыҥка этэрбэһи оллоччу анньынан кэбиспит, төбөтүгэр хара куобах өрөҕөтүнэн тигиллибит бэргэһэ сыыһын ньаппаччы уурунан кэбиспит, моонньугар элэмтэ буолбут кыһыл саал былааты эриммит. Санныгар холто буолбут хаппары иилиммит. Уһун баҕайы бытыктааҕа мууһуран хаалбыт, сырайа кытаччы тоҥмут, хараҕын уута ыгыллан тахсан, үөһээ бытыгар чопчулаһа тоҥмут. Ханнык эрэ торбос үтүлүк элээмэлээҕэ, сонун сиэҕэ кылгаһа бэрт буолан, харытын саппат эбит, инньэ гынан онтуката дэлби кытаран хаалбыт. Хаатыҥкатын баһа хаар буолбут, тиҥилэҕэ мууһуран, атаҕын тыаһа кыычыгыраан, ыраахтан иһиллэр. Тымныыта бэт буолан, көһүйүөр диэри дэлби тоҥмут.
Бу киһи үлүйэн, ыксаан, иһигэр үөхсэ истэ:
– Туох абааһы тымныылаах дойду буолла! Ыччакабын нии! Бу буолтум кэннэ сахалар аны дьиэлэригэр киллэриминэ сордуохтара буоллаҕа. Хайтах гыныамый, ыксаатарбын эрэ сүгэбин көрдөрүөм. Оччоҕо кинилэр баҕас сөптөрө көстөр ини. Куттанналлар эрэ, киллэриэхтэрэ буоллаҕа. Сордоммут дьон, маннык тымныыга киһи тыаҕа тоҥон өлүө дии санаабаттар. Ол эрээри мин, хайтах да буолтун иһин, киирэн арахсыам ээ.
Ити курдук абалана санаан кыыһыра истэҕинэ, чугас соҕус иннигэр ыт үрдэ.
– Ээ, ыалга кэллим ээ, бадаҕа, – дии санаата.
Үөрбүт киһи быһыытынан түргэн соҕустук хааман, тыаттан сулбу ыстанан тахсаат, биир кыра соҕус, хаарынан көмүллүбүт балаҕаҥҥа иҥнэ түстэ. Балаҕан үөлэһинэн кыым, хойуу баҕайытык бытарыйан тахса-тахса, умуллан иһэр. Ону көрөн, били киһи үлүйбүтэ-тоҥмута ордук сүрдэннэ. Сылааска киириэн сүрдээхтик баҕарда. Түргэн соҕустук ааны аһа баттаата да, дьиэҕэ көтөн түстэ.
Киирээт, өйдүөн көрбүтэ: уот иннигэр хас да эр киһи ону-маны кэпсэтэ олороллор эбит. Кини киирэрин кытта, бары соһуйбут курдук аан диэкки көрө түстүлэр. Били киһи уҥа диэкки ааһыан дьулайда. Ааҥҥа туран эрэ, ньууччалыы ыйытта:
– Хозяин, можно ночевать?
Онуоха биир сытыы сирэйдээх-харахтаах саха икки сутуругун быччаччы туттан баран ойон турда. Ол кэннэ ньууччалаабытынан барда:
– Туох наада, ньуучча? Зачем пришел? Пошел… тахса тур! Тут нельзя ночевать. Ишь ты, каналья, с топором еще!
Инньэ диэн баран, ньуучча диэкки ыҕарыйан кэллэ. Ньуучча ыксаата. Көхсүн этитэн баран, куттанан, таһырдьа ыстанна.
– Дьон буолбатахтар. Дьиикэй кыыллар, – диэтэ уоһун иһигэр, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа.
Ампаар кэнниттэн ыт, бардьыгыныы түһэн баран, кэлэн, ньуучча борбуйугар олоро түстэ. Ньуучча, хаһытыы түһэн баран, сүгэтин сулбу тардан ылла. Ол икки ардыгар аан тыаһа аһылынна. Онуоха ньуучча кэннин хайыһан көрбүтэ: дьиэлээхтэр тахсан тураллар, илиилэригэр тугу эрэ туппуттар. Ньуучча, сулбу хааман, тыа диэкки таҕыста. Ол баран иһэн көрбүтэ: тыа саҕатыгар балаҕан уота кытаран көһүннэ. Ол балаҕаны көрөөт, киниэхэ эр санаа киирдэ. Хайаатар даҕаны ити ыалга хонон баран арахсыам дии санаата. Ол кэннэ түргэн соҕустук балаҕан диэкки барда.
* * *
Балаҕан иһигэр итии. Оһохторо дэлби буруолаабыт. Дьиэлээх тойон, баһын былаатынан хам тардынан баран, кэтэҕэриин ороҥҥо тиэрэ түһэн сытар. Биир уҥуоҕунан кыра соҕус, кирдээх ырбаахылаах кыыс оһох чанчыгар хобордооххо алаадьылыы олорор. Уон алталаах уол аан аттыгар быһаҕынан оҕо оонньуура оҥорор. Кыра баҕайы кыыс оргуйа турар сылыбаарга чох угар. Таҥара анныгар от тэлгээбиттэр. Холорукка таҥараларын иннигэр хас да саһаххай симэчини хатаан кэбиспиттэр. Сассын Кыһыҥҥы Ньукуолун кэлэр. Сассыҥҥы таҥараларын алаадьытын сиэри олороллор эбит.
Арай соҕотохто дьиэлэрин аана аһылынна да, тымныы туманы кытта улахан баҕайы киһи бэкис гына түстэ, дьиэлээх тойон соһуйан оронугар олоро түстэ.
– Здравствуй! – диэтэ ньуучча, иннин диэкки биирдэ атыллаан баран. Уҥуоҕа салыбырыар диэри үлүйбүт.
– Дыраастый, – диэтэ дьиэлээх киһи, оронуттан туран иһэн, – сто надо?
– Можно здесь ночевать? – диэтэ кытаанах куолаһынан ньуучча, ол кэннэ ыксаабыт киһи быһыытынан уот диэкки көрдө. Сэлиэһинэй алаадьытын сыта сүрэҕэр киирдэ.
– Какой ночуй нада? – диэтэ дьиэлээх киһи, ньууччаны ыҕарыйан кэлэ-кэлэ.
– Ночевать, я говорю тебе. В такой мороз разве можно ночевать в лесу? Пойми ты сам, толковый!
Дьиэлээх киһи, ньуучча сирэйин-хараҕын одуулаан көрөн баран, аһынна быһыылаах. Уҥа орон диэкки ыйан баран эттэ:
– Вот место. Сиди там…
Инньэ диэбитигэр, ньууччата сүрдээхтик үөрдэ. Түргэн баҕайытык таҥаһын сыгынньахтанан кэбистэ, сүгэтин орон анныгар укта. Ол кэннэ көһүйэн хаалбыт тарбаҕын бычыгырата-бычыгырата, уокка кэлэн, саба түстэ. Бытыгын мууһун ыраастаммытын кэннэ көрбүттэрэ: эдэр баҕайы, кыһыл бытыктаах, хонтоҕор муруннаах, күөх харахтаах ньуучча уола эбит.
– Ча, брат, холодно на дворе, – диэтэ ньуучча, тарбаҕын уокка салла-салла.
– Да, колодно. А ты отуда идес? Куда барда? – диэн ыйытта дьиэлээх киһи, ньууччатын сырайын-хараҕын одуулаһа-одуулаһа.
– Я иду из села Амги. Там работал, теперь иду в город. Не знаю, доберусь ли жив.
– Сто работай там? – диэн иккиһин ыйытта дьиэлээх киһи.
– Строили амбар для почтовой конторы. А далеко отсюда до города?
– Тридцать биэрстэ.
– Ой, еще далеко, чорт возьми!
Ити кэнниттэн балай эмэ саҥата суох олордулар.
– Как тебя звать? – диэн ыйытта дьиэлээх тойон.
– Как звать?! Не помню… Ну, Иван, положим. Начто тебе мое имя?..
– Как сто нада?! Мин хоноһом имя нада ыснат. Ты дурак, сто ли?
– Ха-ха-ха! Доҕор, не сердись, я пошутил… Так, ха-ха-ха! – диэн ньуучча айаҕын ата-ата күллэ.
– Чо смейся нада! Моя не любит смейся… Смотри, мин толкай нада будет… – инньэ диэн баран, дьиэлээх киһи талах олох маһы сулбу тардан ылла.
Ону көрөн баран, ньуучча куттанна:
– Ты чего, доҕор, сердишься? Ну, я пошутил. Что из этого обидного? Не понимаю. Ты меня пустил в свою юрту, вот твои соседи не пустили, почему они не пустили? Да потому что я бродяга, посельга, а ваш брат нашего брата трусит, боится… Но я не из таких. Я должен сказать тебе спасибо. Почему? Да потому, что ты пустил меня в свою юрту, а то бы я замерз в лесу. Тогда вам пришлось бы плохо. Я не стану трогать тех людей, которые меня принимают, дают мне теплый угол.
Ньуучча тылыттан дьиэлээх тойон кыыһырбыта ааста.
– Хотуой, чайгын тат, – диэтэ кыыһыгар.
Кыыс, ньууччаттан куттанан, сэрэнэн-сэрэнэн остуолун, уот кытыытыгар аҕалан тардан баран, сылыбаарын уурда, чааскы татта, арыылаах хобордооххо алаадьытын уган аҕалла. Дьиэлээх киһи ыалдьытын иннигэр чайдаах чааскыны ууран баран эттэ:
– Ну, кусай, ньуучча. Мы люди бедные, мясо кусай нету, олади ест, кусай олади.
Ньуучча туох да эппиэтэ суох арыылаах алаадьы үрдүгэр түстэ. Дьиэлээхтэр туох да саҥата суох кини хайтах алаадьыны ыстыырын, чэйи иһэрин одуулаан олордулар. Сотору соҕус хобордоох алаадьы мэлийэн хаалла. Онуоха ньуучча, ойон туран, хаппарыттан тоҥ килиэп аҥарын ылан, холумтаҥҥа аҕалан, ууран ириэрдэ. Ол кэннэ кураанах хобордоох диэки көрөн баран эттэ:
– Теперь будем кушать мой хлеб, русский хлеб. Дайте немного масла, хозяин.
Онуоха дьиэлээхтэр хобордооххо арыы уулларан аҕаллылар. Ньуучча туран килиэбин бысталаан, арыылаах хобордооххо уган баран, холумтаҥҥа ууран ыһаарылаата. Ол кэнниттэн остуолга аҕалан уурда:
– Ну, теперь кушайте на здоровье неизвестного бродяги, ха-ха-ха!
Саҥата суох килиэптэрин сиэтилэр, сылыбаардаах уу бараныар диэри чэйдэрин истилэр. Чэйдээн бүтэн баран, ньуучча табаах тарда олорон эттэ:
– Теперь хорошо мне. Сытно и тепло. А, хорошо, хозяин? Как ты думаешь?
Онуоха дьиэлээх киһи: «Хоросоо-хоросоо», – диэтэ.
Табаах тарда-тарда, ньуучча туран, орон анныгар сытар сүгэтин ылан, тоҕо эрэ эргим-ургум тутан көрдө. Ону көрөн, дьиэлээх киһи куттана санаата.
– Ньуучча, сулуусай, ты топор клади на двор. Тут маленькие ребята, топуортан куттанар баар. Сулуусай, ньуучча.
– А, ничего, ничего. Ха-ха-ха! – диэн ньуучча күллэ.
– Да ты не смей, сункун сын! – диэн дьиэлээх киһи хаһыытаан бытарытта. Хараҕын сыыһын өрө көрөн кээспит.
Ньуучча, соһуйбут киһи быһыытынан, бастаан саҥата суох көрөн турда. Хаҥас диэкки кыра кыыс ытыыр саҥата иһилиннэ. Ньуучча, сүгэтин ууран баран, аргыый аҕай эттэ:
– Да ты не бойся, хозяин. Я ничего худого не сделаю. Какой, ты, однако, чудный!.. – инньэ диэн баран, дьиэлээх тойону санныттан таптайда.
– Ты пойми, я говорю тебе толком: зачем я стану вас трогать? Я ведь тоже человек, как ты, а не какой-либо дикий зверь. Зря трогать не стану. Будет тебе, хозяин, сердиться. Чудак ты, право!
– Ну, будет болтать тебе. Спи нада. – Дьиэлээх киһи уоскуйан барда. Ол кэнниттэн сахалыы уолугар эттэ:
– Нокоо, бар, тахсан ыалга эт. Биирдэстэрэ эмэ киирэн биһиэхэ доҕор буоллуннар. Бу бэһиэччик сүгүн утутуо суох, быһыыта.
Инньэ диэбитигэр, уола хап-сабар таҥнан, ыалыгар таҕыста. Ньуучча сэрэйдэ быһыылаах, тоҕо дьиэлээх киһи уолун ыыппытын. Сүгэтин хат ылан, баһыгар уктан баран, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытта. Сотору соҕус таһыттан икки саха киирэн кэллилэр.
– Били күтүр өстөөх манна хоно сытар эбит дии, – диэтэ биирдэстэрэ.
Онуоха дьиэлээх киһи эттэ:
– Хайа үөдэн ньууччата дьөлү ыстанан кэллэ буолла? Таҥарабытын да сүгүн ылларбата. Бу түүн кинини кэтээн, утуйуохпут суох, быһыыта. Хайа абааһы ньууччата булла буолла? Эһиги биирдэскит манна доҕор буолан хонустаххытына сөп буолсу.
– Ээ, хонумуна. Иккиэн хонуохпут буоллаҕа. Бу ньуучча мааҕыан биһиэхэ киирбитин, Сэмэн оҕо батан таһаарбыта. Ол манна кэлбит эбит дии, – диэтэ биир саха.
– Күтүр өстөөҕү батан таһаарыаҕы эмиэ сүрэ бэт. Баҕар, тоҥон өлөн хаалыа, – диэтэ дьиэлээх киһи.
– Соҕотох ньуучча тугу гыннаҕай? – диэтэ биирдэстэрэ, – хата, биһиги бу түүн хааттылаатахпыт дии. Тукаам, хааттыгын аҕал эрэ.
Дьиэлээх уол биир холуода эргэ баҕайы хааттыны сэбиргэнэттэн ылан биэрдэ. Ону ылан, били икки киһи, уот иннигэр олорон, бырыылаабытынан бардылар. Дьиэлээх тойон кэтэҕэриин ороҥҥо утуйда. Сотору соҕус буолан баран, ньуучча муннун тыаһа баччыгынаан барда.
– Ээ, сордоох утуйда ээ. Сылайбыт буоллаҕа, киниэхэ да суол ээ, Кыһыҥҥы Ньукуолун саҕана ыалтан холдьоҕуллара. Бэһиэччикпин диэ дуо, син тоҥор эттээх-хааннаах буоллаҕа, – дэстилэр хааттыһыттар.
Түүн үөһүн саҕана ньуучча, туран, таһырдьа тахса сырытта. Ол кэннэ уот иннигэр аргынньахтаан олорон, табаах тарта. Табаах тардан баран, сонун саптан, иккиһин утуйда.
Сассыарда дьиэлээхтэр эрдэ турдулар. Ыал сахалар туран дьиэлэригэр таҕыстылар. Ньууччаларыгар арыылаах лэппиэскэлээх чэйи иһэттилэр.
Тымныыттан дьулайан, дьиэ иһэ сырдык буолуор диэри ньуучча барбакка олордо. Онуоха дьиэлээх киһи, кэтэһэ сатаан баран, кыыһыран эттэ:
– Ньуучча, иди куорат, а то талкай нада.
– Нет, еще рано… – диэн кэбистэ ньуучча.
Күн ойбутун кэннэ, ньуучча сүгэлээх хаппарын иилинэн баран, тахсан барда. Тымныы сонун аһаҕаһынан хайыы-үйэҕэ билиннэ. Түргэн соҕустук хааман, ньуучча айанныы турда.
Дьиэлээхтэр, дьэ уоскуйан, ньууччаларын умнан, күннээҕи үлэлэрин үлэлээбитинэн бардылар.
Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.