Kitabı oku: «Кэм кэрэһиттэрэ», sayfa 4
АТТЫБЫТЫГАР БААР АЙДАРЫЫЛААХ
Урааҥхай омук хабыр тымныылаах, уһун кыһыннаах хотугу тыйыс дойдуга тулуйан, торолуйан, ууһаан-тэнийэн, чөл туруктанан күн бүгүнүгэр диэри кэллэ. Онуоха сүрүн төрүтүнэн былыр-былыргыттан норуот эмчиттэрин утумнаан кэлбит үтүө үгэһэ буолар. Ол да иһин, саха киһитэ дьаҥы-дьаһаҕы, оһолтон-дэҥтэн эмтэнэн-томтонон этэҥҥэ аһаран, бырда быстыбатаҕа. Саха сирин үрдүнэн улуус ахсын араас ыарыыны, дьарҕаны эмтээн-томтоон, өрүһүллүбэт да ыарыыттан үтүөрдэн, бар дьон билиниитин, ытыктабылын ылбыт сүдү кырдьаҕастар бааллара, билигин даҕаны абыраллаах айдарыылаахтарбыт аттыбытыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Норуот айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үһүйтэриилээх эмчиттэриттэн биир сүдүлэрэ Фома Петрович Чашкин – Куома Чааскын этэ. Кини олорбут кэмэ ойууну-олоҥхоһуту, отоһуту билиммэт, итэҕэлтэн, урукку үгэстэртэн аккаастаммыт бириэмэҕэ түбэспитэ. Онон дьону эмтиирин бобон, хаарчахтаан, хаста эмэ сууттаан, бэл хаайан, сор хаанын сордообуттара.
Таатта оройуонунааҕы «Коммунист» хаһыат 1948 сыллааҕы 04819 №-игэр (эппиэттиир редактор А.И. Бэстиинэп) Ф.П. Чашкин сууттаныытын туһунан иһитиннэрии тахсыбыт эбит. Онно оччотооҕу кэм тыйыс уораанынан аргыйар маннык хабыр тылы-өһү ааҕабыт: «…(оройуоннааҕы норуот суута) реакционнай идеяны тарҕаппыт Фома Чашкин дьыалатын көрдө. Гражданин Чашкин ыраахтааҕы былааһын саҕана ойууннуу сылдьыбыт, оттон 1946 сылтан ыла… Сууттанааччы… бэйэтин албын быһыытын суут… билинэргэ тиийдэ… Чашкины реакционнай тарҕатааччы быһыытынан көрөн суут 6 ыйга кыһалаҥ үлэҕэ приговордаата». Дьэ итинник эрэйи көрбүтүн үрдүнэн ытык аналын толорон, Куома барахсан хас эмэ тыһыынчанан киһини эмтээн-томтоон үтүөрдүбүт умнуллубат өҥөлөөх. Холобурга, сүүрбэһис үйэҕэ саха норуотун эһэ сыспыт сэллик ыарыыны кини адьас кыайа тутарын оччотооҕу мэдиссиинэ үлэһиттэрэ бигэргэппиттэрэ үгүс.
Мантан аллара ытык кырдьаҕас туһунан икки кэрэхсэбиллээх ахтыыны киллэрэр тоҕоостоох. 2008 с. 83 саастаах Уолба олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Клавдия Гаврильевна Макарова ахтыытынан 1946 с. Ф.П. Чашкин Арсен, Ульяна Петровтар диэн куорат Горькай уулуссатыгар олорор ыалга хаайыыттан тахсарыгар хонон ааспыт. Ол туһунан бу курдук суруйбут эбит: «Мин оскуолаҕа хаһыс кылааска үөрэнэ сылдьарбын соччо чуолкайдык өйдөөбөппүн. Оччолорго балаҕан дьиэлээх этибит. Ол олордохпутуна, киэһэ арай ынахтарын көлүйбүт утуйар таҥастарын тиэйбит дьахтардаах эр киһи хоно киирбиттэрэ. Кыһын этэ. Ынахтарын синньигэр сыалдьа баайбыт этилэр уонна киэһэ хотоҥҥо тахсан хоноһо дьахтар ынаҕын ыабыта. Ити Куома Чааскын бастакы кэргэнинээн Хара-Алдаҥҥа баран иһэллэр эбит. Онно көрдөхпүнэ, боростуой таҥастаах, хатыҥыр оҕонньор курдук өйдүүбүн. Сарсыарда туран, ынахтарын көлүйэн барбыттара.
Иккис көрүүм. 1946 сыллаахха куоракка училищеҕа үөрэнэ киирбитим сурдьубунаан Танялыын. Аҕам аймахтарыгар Арсен Петровтаахха Горькай уулуссаҕа олорорбут. Арай үөрэнэн бүтэн кэлбитим, биир оҕонньор кэлэн олороро. Куома Чааскын хаайыыттан тахсан хоно кэлэн олороро. Арсен Петров Уолба ол иһин кэллэҕэ буолуо. Хаһан да астамматах ас астаммыт этэ. Маанылаан ахан хоннорбуттара. Сарсыарда Арсен өйүөлээн-таймалаан Тааттатыгар атаарбыта. Дьэ бу оҕонньор кэлэн хонуон биир хонук иннинэ мин таһырдьаттан киирдим. Эдьиийим Ылдьаана, оһоҕор сыста олорон, этэрбэс тигэ олороро. Оттон Уолба киһитэ Миитэрэй диэн киһи кинилэргэ олороро. Үлэтиттэн кэлэн, сонун саптан быстах утуйа сытара. Мин киирэрбин кытары бу дьоммут буккуллан аҕай турдулар. Ханна да суох ыты үүр да үүр буоллулар. Эдьиийим этэрбэһинэн, Миитэрэй сонунан. Мин дэлби куттанным. Мин көрдөхпүнэ ыт төрүт суоҕа. Инньэ диэбиппэр, миигин мөҕөн эрэ бүтэрбэтэхтэрэ. Оччолорго сэрии кэнниттэн куоракка «хара мааскалар бааллар» дииллэрэ, олор ыттарын киллэрдиҥ дииллэр. Ааны ас, ыты таһаар дииллэр, быстыам дуо, ааны астым. Ыты таһаарбыт курдук туттан олорунан кэбистилэр уонна «хара мааскалар ыттара, онон бу түүн хайдах утуйабыт, ынахпытын сиэтэн илдьэ бараллара буолуо» дэстилэр. Мин төбөлөрүнэн ыарыйдылар быһыылаах диэн дэлби куттанным. Күтүөтүм Арсен киэһэ үлэтиттэн кэлбитигэр: «Бу кыыс хара мааскалар ыттарын киллэрдэ, түөрт харахтаах хара ыт, – диэтилэр. Мин Арсеҥҥа сибигинэйэн: «Ыт төрүт суоҕа», – диэтим. Ол түүн мин төрүт утуйбатым, ынахпытын уоран барыахтара диэн. Сарсыарда турбуппут туох да буолбатах этэ. Куома Чааскын сарсыарда барбытын кэннэ эдьиийим Ылдьаана: «Ити оҕонньор бэриэччик ыта эбит. Ол иһин бу кыыска көстүбэтэх. Биһиэхэ мааныланан хоноору», – диир. Хаайыыттан тахсан иһэр киһи туох аанньа буолуой, куһаҕан баҕайы таҥастаах, хатыҥыр, хаһырыктыйбыт харахтаах оҕонньор олороро, тугу да улаханы кэпсэппиттэрин истибэтэҕим».
Аны Куома Чааскыҥҥа эмтэммит дьон ахтыыларыттан. Мин икки тастыҥ балыстарым Попова Пелагея Федотовна уонна Башарина Пелагея Игнатьевна иккиэн сэллик буоланнар, кистээн оҕонньорго эмтэнэ барбыттар. Кэһии арыгыларын Уолба маҕаһыыныттан ылбыттар. Оччолорго Уус-Тааттаҕа массыына сылдьыбат. Кыргыттар сатыы барбыттар. Оҕонньорго чугаһаан иһэн, киһи уҥуоҕар тахса сылдьыбыттар уонна биир баараҕай тиит аттыгар ииктээбиттэр. Оҕонньордорун дьиэтигэр киирбиттэр, онуоха оҕонньор: «Бу эһигини күүтэн олоробун», – диэбит. Чэйдэрин таппыттар. Кыргыттары чэйдээҥ диэн ыҥырбыт. Кыргыттар кэһии арыгыларын оҕонньорго биэрбиттэр. Онно оҕонньордоро: «Син кэһиилэнэр эрээригит, тоҕо дьиэҕититтэн-уоккутуттан аҕалбакка, Уолбаттан ыла сылдьаҕыт!» – диэбит. Киһи уҥуоҕар тахса сылдьыбыттарын, улахан тиит аттыгар көҕүрэттибиттэрин көрбүт курдук эппит. Оҕонньор тылыттан куттанан, Башарина Пелагея, Попова Пелагея атаҕын остуол аннынан быһа үктүү-үктүү «төннүөххэ, барыахха» диэн имнэммит. Ол да буоллар, төннүбэтэхтэр, эмтэппиттэр. Пелагея Попова көхсүбүтүн чупчуруйар уонна биһиэхэ ытыһыгар кып-кыһыл хамсыы сылдьар үөннэри көрдөрөр уонна этэр диир: «Мин үөннээх сөтөлү үчүгэйдик эмтиибин, – ыалдьар сирбитигэр уурунар гына туос биэрэр. – Балыыһа биэрэр эминэн эмтэнээриҥ, икки өттүттэн эмтэннэххитинэ, түргэнник үтүөрүөххүт», – диэбит. Кыргыттар иккиэн ыарыылара ааспыта».
Салгыы оччотооҕу оҕо, билигин П.А. Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, 90-тан тахсыбыт биллиилээх аксакал суруналыыс Дмитрий Васильевич Кустуров «Дэҥҥэ кэлэ сылдьыбыт сүдү ыалдьыт» диэн ахтыытын киллэрэн, ааҕааччыларга билиһиннэрэбит:
«Холкуостар бастаан тэриллэллэрин саҕана биһиэхэ оччотооҕу Таатта оройуонун Кириэс-Халдьаайытыгар Харытыанаптартан ордук бас-көс ыал суоҕа. Турбут-олорбут ини-биилэр кыайаллара-хотоллоро, дьүһүннэрэ-бодолоро ырааһа, этэргэ дылы, киһи аҥаар кырыытыттан көрөр дьонноро этилэр. Убайдара Баһылай касыылканан от оҕустарааччы, лабагырыайканан бурдук быстарааччы, алта оҕус тардар малатыылкатын көрөн-истэн, бурдук астатааччы кини буолара. Иккис быраат Миитэрэй отчут-масчыт чулуута, мас ууһун бэрдэ этэ. Үһүс быраатын Сэргэйи, көрбөтөх киһим эрээри, Харытыанаптартан орто үөрэхтээх учуутал этэ дииллэрэ. Кини хомсомуол сылдьан холкуоһу төрүттэспит уонна олорор сирдэрин аатынан «Күндэ» диэн артыал дэппитэ үһү. Кини эдэркээн сааһыгар, сэлликкэ ылларан, өлөн хаалбыт эбит.
Төрдүс быраат Арамаан дьону арааран билиэхпиттэн холкуос бэрэссэдээтэлэ, өтөһүйэн уол оҕо этэ. Ол эрээри ыыс араҕас хааннаах, арылхай киэҥ харахтаах убайдарыттан атын, мотоҕор, кубаҕай сирэйдээҕэ. Тас көрүҥүттэн эбитэ дуу, хайдах дуу, дьон кинини Өтүөс Арамаан, өссө судургутук Өтүөс диэн ааттыыра. Кини, холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи, оройуоммут киинигэр Ытык Күөлгэ төттөрү-таары сылдьара кэмнээх буолуо дуо. Ол сылдьан суолун ортотугар баар Уолбаттан биир төрүт-уус ыал – «Хаарыллар дуо» дэппит дьон кыыстарын кэргэн ылбыта.
Арамаан кэргэнинээн түөрт сыл устата олорор да, убайдарын үтүгүннэрбит курдук, айбыта кинини оҕо төрөттөрөн маанылаабатах. Чугас-ыраах сирдэринэн эргичийэн, кэргэнин илдьэн көрдөрө, сүбэлэтэ сатаабыт да, туһа тахсыбатах. Хомойуус да буоллар, хайыа баарай? Оҕоҕо баҕарара бэрдиттэн, сири-буору аннынан, аатырбыт аҕай отоһукка Куома Чааскыҥҥа тиийэргэ быһаарынар. Ол ытык кырдьаҕаһы хайдах гынан тылыгар киллэрбитин билбит суох.
Оччолорго мин, төрдүс кылааска үөрэнэр оҕочоос, сааскы биир үтүө күн, сүөһү көрөөччүлэр олорор дьиэбитигэр оттор маспыт бүттэ диэннэр көлө көрдөһө, ол Харытыанаптарга тиийбиттээхпин. Эбэ алааһын сыырын өрө сүүрэн, абаҕам Дьөгүөр оҕонньор балаҕаныттан чугас, тыа саҕатыгар турар дьиэҕэ көтөн түстүм. Онно дии, урут хаһан да харахтаан көрбөтөх киһим, аҥаар илиитинэн кэтэҕиттэн тардыстан, уҥа ороҥҥо сытар эбит. «Ээ, Куома Чааскыннара ити эбит» дии санаатым. Ол ыккардыгар Арамаан тоҕо кэлбиппин истээт да, «Пиэрмэ сэбиэдиссэйигэр баар, от тиэйээччи кэлбитэ буолуо. Биир оҕуһу көҥүллээтин», – диэт, көхсүбүттэн аан диэки үтүрүйдэ.
Дьиэбэр тиийбиппэр, ким-хайа иннинэ Бааска уол, Дьэбдьэкэ кыыс ыйыт да ыйыт буоллулар: «Хараҕа уоттаах», «дьиппиэрэн сүрдээх даа?», «таҥаһа хара?», «этэрбэһэ түнэ даа?». Ону баара кыыс ийэтэ: «Ыраахтан кэлбит улахан киһи туһунан ону-маны лахсыһымаҥ!», – диэн саба саҥарда. Кэлин истибиппитинэн, Арамааннаах утуу-субуу икки кыыс оҕоломмуттара. Сэттис кылааһы бүтэрээт, куоракка үөрэнэ киирэн-хайаан, ол кыргыттар туох дьон буолбуттарын субу диэн чуолкай билбэппин. Быһата, мин кэпсээбит Харытыанаптарбыттан билиҥҥи Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар, иитиэх уоллара Бүөтүртэн ураты, ыал буолан үөскээбит-тэнийбит суоҕун курдук өйдүүбүн. Кэм-кэрдии хамсааһына арыт итинник кэри-куру өрүттэнэр бадахтаах. Эбэ алааһын Илин Бас дэнэр сиргэ урут биэс уонча чилиэн хаһаайыстыбалаах бүтүн холкуос олорбута. Сүүрбэччэ дьиэттэн, биэс сүүсчэкэ сүөһү кыстыыр икки сүүнэ хотонуттан, холкуос хонтуоратыттан, үс маҥхааһайдаах бурдук куумунатыттан дьөрү биирдэстэрэ эмэ ордоохтооботох. Дьон олорботоҕун курдук барыта күөрэ-лаҥкы…
Саха тустаах кэмигэр аатырбыт отоһут Фома Чашкин үтүөнү санаан сылдьыбыт биир сирэ субу соторутааҥҥа диэри итинник бөрүкүтэ суох көрүҥнэнэн турара.
Бу ахтыыны суруйдум Эбэ алааһын Илин Баһын урукку олохтооҕо Миитэрэй Кустуурап
2014 сыл, ахсынньы 3 күнэ»
Дьэ ити курдук, ытык киһи дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөспүтэ, абыраабыта муҥура суох элбэх. Улуу эмчит туһунан кинигэни хомуйан, 2009 с. оҥорорбутугар, Уолбаттан Куома кырдьаҕас идэтин салҕаан, үтүмэн элбэх киһини эмтээн үтүөрдүбүт уола Михаил Фомич Чашкин дьиэ кэргэнэ, кини олоҕун доҕоро Альбина Саввична Чашкина уонна дьаһалтаҕа үлэлээбит Людмила Ильинична Бурнашева, музей үлэһитэ Оксана Петровна Егорова, Баайаҕаттан кыраайы үөрэтээччи Татьяна Игнатьевна Андросова көмөлөспүттэрэ. Оттон урут Байаҕантай, Таатта улууһугар киирэр Томпо Кириэс Халдьаайытын эҥээриттэн суруналыыс Евдокия Семеновна Неустроева, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Иван Иванович Павлов матырыйаал хомуйан ыыппыттара. Ол курдук элбэх киһи көмөтүнэн хомуллубут ахтыылар түмүллэннэр, балачча баай матырыйааллаах дьоһун кинигэ «Айылҕаттан айдарыылаахтар» серияҕа 2009 сыллаахха күн сирин көрөр кыахтаммыта.
Саамай үөрүүлээҕэ диэн, ити ыарахан, уустук идэтин кини төрөппүт улахан уола утумнаан, сааһын тухары бар дьонун эмтээн эрэйдэрин чэпчэттэ. Михаил Фомич Чашкин үйэ аҥаарын кэриҥэ кэм устата ити ытык эбээһинэс оҥостубут эмтиир дьарыгынан ыалдьар дьоҥҥо көмөлөһөн, дьон-сэргэ махталын ылыан ылла.
Хомойуох иһин, биһиэхэ сахаларга сэбиэскэй кэмтэн төрүт итэҕэли билиммэт атеистыы иитии содулугар, онуоха эбии урут алаастарынан, үрэхтэринэн тарҕаһан быданан олорбуппут таайан дуу, аттыбытыгар баар талааннаах, дьоҕурдаах дьоммутун аанньа аахайбат, ситэри сыаналаабат кэрэгэй кэмэлдьи баар. Оннук көһүүн сыһыан урукку итэҕэли-үгэһи билиммэт, киэр илгэр, садаҕалыыр адьынат, репрессия саҕаттан ыла силис тардан, ордук айылҕаттан айдарыылаах идэлээхтэрбитигэр уларыйан биэрбэт. Урукку идэлээх дьоннорбут ыалдьар, эрэйдэнэр биир дойдулаахтарыгар көмөлөрүн, эмтээһиннэрин иһин үтүргэҥҥэ түбэһэн, эрэйи-кыһалҕаны көрсөн туран, үйэлэрин тухары айылҕаттан анаппыт, өбүгэттэн утумнаабыт идэлэриттэн аккаастаммакка, үлэлээн ааспыттара. Сүдү дьоммут туһунан кэлиҥҥи сылларга эрэ кэккэ ахтыылар хомуллан бэчээттэннилэр.
«Бичик» (Айар) кинигэ кыһатыгар 2007 сылтан саҕалаан, анал сериянан Көстөкүүн Чирков, Ньыыкан, о.д.а. уонна билиҥҥи кэм айдарыылаахтарын тустарынан кинигэлэр тахсан барбыттара. Оттон Куома Чааскыҥҥа аналлаах кинигэни Е.Д. Андросов, П.Х. Андросов, Т.И. Андросова, о.д.а. хомуйбут ахтыыларын холбоон, эбии матырыйаал булан түмэн, 2009 сыллаахха хомуурунньук таһааттарбытым. Бу кинигэҕэ Куома кырдьаҕас уолун Михаил Фомич үөлээннээҕэ, талааннаах суруналыыс, төрөөбүт Тааттатын ис сүрэҕиттэн таптыыр Анастасия Морхоева кини туһунан аан маҥнай бэчээккэ таһаарбыт матырыйааллара туспа салаанан киирбиттэрин киэн тутта саныыбын. Анастасия Александровна барахсан биир саастыылааҕын дириҥ ытыктабылынан кэпсиир, суруйар буолара.
Манна өссө биир саха саарына, үтүөкэн киһи туһунан ахтан аһарыахпын баҕарабын. Кини – саха биллиилээх учуонайа, билим дуоктара, үрдүк үөрэх тиһигэр экономиканы үөрэтиини тэрийбит, кэлин суруйааччы быһыытынан ааҕааччылар болҕомтолорун тардыбыт Василий Романович Дарбасов. Уолбаттан аҕыйах көстөөх Дабаччыма диэн Мэҥэ Алдан нэһилиэгин сиригэр-уотугар төрөөбүт-үөскээбит Баһылай Арамаанабыс олоҕун тиһэх сылларыгар доруобуйатынан улаханнык моһуогуран, Михаил Фомичтыын билсибитэ. Эмчит хайдахтаах курдук туһалааҕын, наадалааҕын бэйэтинэн билэн, ыарахан ыарыыны кытары туруулаһан, үйэтэ арыый уһаан, Николай Островскай, Эрилик Эристиин холобура суох хорсун быһыыларыгар ханыылыы, күүһүн түмүнэн хас даҕаны кинигэ суруйбута. «Куома Чааскын» диэн дьиҥ олоххо буолбукка олоҕурбут уус-уран сэһэнин суруйан норуотугар кэриэс кэбиһэн хаалларбыта. Дабаччыма ити айымньытын суруйарыгар Михаил Фомич бэйэтэ, кини олоҕун аргыһа Альбина Саввична о.д.а. улаханнык көмөлөспүттэрэ.
Уолбаттан Михаил Фомич чугас ыала, сахаҕа, киэҥ эйгэҕэ мындыр өйүнэн, дьикти-дьиибэ дьарыгынан биллибит Михаил Трофимович Боппосов маннык дьикти түбэлтэни иһитиннэрэн турар. Чашкиннар дьиэлэрэ электропроводкаттан сылтаан умайбытыгар, истиэнэҕэ ыйанан турбут аҕаларын Куома кырдьаҕас мэтириэтэ хоруордар даҕаны бүтүн хаалбытын дьон барыта сөхпүт эбит. Мин үрдүкү кылааска бииргэ үөрэммит үөлээннээхпин Михаил Боппособу анаан-минээн үлэһэн көрсөн, ааттаах-суоллаах ыкса ыалын туһунан сэһэргэспитим Мантан салгыы кини кэпсээнин ааҕааччы билиитигэр тириэрдэбин:
«1990 сыллаахха биhиги Петр Алексеев аатынан совхозпут отделениетыгар Уолбаҕа Кабардино-Балкария, Нальчик курортугар икки путевка кэлбит этэ. Ону хонтуораҕа сылдьаммын истэммин, мин таhараа ыалбар М.Ф. Чашкиҥҥа кэпсээбитим: «Иккиэн сынньана барыахха!» – диэн оонньуу-күлүү курдук эттим. Мэхээлэ даҕаны ону сэҥээрэ иhиттэ. Онтон мин хонтуораҕа иккиhин сылдьарбар: «Михаил Фомич эмтэнэ барыан баҕарар», – диэтим. Онуоха салалта, ыала киһи доҕор буоллун диэн, иккиэммитигэр путевка анаабыттара. Фомич сөбүлэhимээри гыммытын, дьоно хаайан, иккиэн бэс ыйыгар барбыппыт. Тиийэн олус үчүгэйдик сынньаммыппыт. Хайаҕа экскурсияҕа суруйтараары гыннахпына, киhим арыт буолуммат. Онтон аны ол күнүгэр барсыан баҕарар. Инньэ гынан, бэйэм эрдэттэн суруйтараммын, Эльбрус чыпчаалыгар, атын да Хотугу Кавказ кэрэ миэстэлэригэр сылдьыталаабыппытын үчүгэйдик саныыбын.
Оччолорго путевка 24-тэн тахса күннээх буолара. Хаhaн да бэйэ ыырыттан, дьиэттэн тэйбэтэх дьоҥҥо балачча уhун кэм курдуга. Дьиэбитигэр сурук суруйабыт. Мэхээлэм барахсан кэргэниттэн сурук туттаҕына, сотору-сотору хос ылан ааҕар. Дойдутун, дьонун олус ахтар. Саастаах дьону кытары, нууччалыы бэркэ өйдөһөн, олус тапсан кэпсэтэр. Дьэ ол курдук сылдьаммыт, биирдэ дьиибэ түбэлтэ буолбута. Арай түүн уhуктан кэллим – Мэхээлэм бүк түhэн, төбөтүн харбанан олорор эбит. Уум быыhынан көрдөхпүнэ, уhун сабыччы үүнэн түспүт баттаҕын үргэнэргэ дылы гынар. Уонна тугу эрэ элбэх-элбэҕи ботугуруурун истэбин. Ис хоhоонун үчүгэйдик арааран истибэтим. Арай: «Оҕолорбун кыайан эмтээбэт буоллум…» – диирин эрэ өйдөөн иhиттим. Төһө өр оннук олорбутун билбэтим, мин утуйан хаалбыт этим…
Аны санаатахпына, онтон ыла кини аhаҕастык дьону эмтиир буолбута. Ол иннинэ кини хас да сыл эттэппит эбит быhыылаах. Наар төбөтө ыалдьан, сытан тахсар этэ. Онтон ити соҕуруу сылдьар кэммитигэр бото-болдьоҕо ситэн аhыллыбыт эбит, быhыыта. Ол иннигэр биирдэ эмэ билэр дьоннорун эмтиир этэ. 1995 с. кыыhым диатезтаан эрэйдэммитигэр эмтээн турар. Эмтииригэр туттаары, тоҥсоҕойу ытан аҕаларбар сорудахтаабыта. Ытыан иннинэ алҕаар диэн эппитэ, «эмп-томп буол…» диэн тыллардаах этэ. Биир саастаах уолум Мичил эмиэ киниэхэ эмтэнэн, үтүөрэн хаалбыта.
Нальчиктан төннөрбүтүгэр, куоракка кэлбиппит, хаайтарыы бөҕө буолбут. Маҕаҥҥа сүүһүнэн киhи самолет кэтэhэн олороро. Ол сайын уот кураан сатыылаабыт кэмэ этэ. Киин оройуоннар Ньурбанан эҥин тарҕаhан оттооhун буолбута. Уолбаттан, совхоз атын да отделениеларыттан биригээдэ хомуллан, Ньурбаҕа оттуу көппүттэр этэ. Маҕаҥҥа вертолет Ньурбаттан кэлэн, иккис рейскэ дьону ылан, Тааттаҕа көтүөхтээҕин истибитим. Мэхээлэбинээн сэмээр кэтэhэ сылдьабыт. Тааттаттан киьи бөҕөтө баар. Онтон элбэх киьи остолобуойга аһыы бардылар. Биһигини эмиэ ыҥырбыттарын, барсыбатыбыт. Сэрэйбит курдук, ол кэмҥэ: «Ытык-Күөлгэ вертолет көтөрүнэн, хаассаттан билиэттэ ылыҥ!» – диэн биллэрдилэр.
Биһиги биир бастакынан сүүрэн тиийэн, билиэт ыллыбыт. Уонна посадканы кэтэhэн, аа-дьуо сылдьабыт. Таьырдьа ыраах баар остолобуойтан аһыы барбыт дьон аҕылаан-мэҥилээн, ыксаан-бохсоон кэллилэр. Үгүстэрэ хойутааннар, билиэттэн маттылар. Миэхэ сорохторо: «Вертолет кэлэрин билэр эрээри, тоҕо сэрэппэккин!» – диэн мөҕүттэллэр. Кыһыыта диэн, улахан баҕайы байыаннай вертолекка, борт ойоҕосторугар баар ыскамыайка миэстэтинэн 22 эрэ билиэт атыылаатылар. Дьиҥинэн, ыга симэн төһө баҕарар киһини илдьэ барар кыахтаахтара. Дойдубутугар кэлбиппит кэннэ, аҕыйах хонон баран, силлиэлээх дохсун ардах курулаччы түспүтэ. Онно сылгы үөрүн көрөн өйдөрүттэн сөхпүтүм. Күүстээх тыалга, иҥнэри түһэр, ыаҕастаах уунан кутар ардахха, биэлэр кулуннарын күөннэринэн хаххалаан, ыга симсэн турбуттарын өйдүүбүн. Ол ардах кэнниттэн курааннаабыт, аһыҥа сиэн кубарыччы куурбут ходуһаларга аҕыйах хонугунан от бөҕө ыга анньан үүммүтэ. Инньэ гынан, атын сиргэ баран оттуур кыһалҕа тохтообута.
Михаил Фомичтыын ыаллыы олорор буолан, кини айылҕаттан айдарыылаах киһи буоларын үчүгэйдик билэбин. Биирдэ кинилэргэ киирэ сылдьан, биир эдэр, модьу киһи кэннинэн чугуруҥнаан, ааны кэтэҕинэн аһан тахсыбытын көрбүтүм. Ол киһи ийэтэ Мэхээлэттэн ааттаһар этэ. Мин, төттөрү тахсан бараммын, салгыы тугу кэпсэппиттэрин билбэккэ хаалбытым. Кэлин истибитим, ол киһи арыгытын эмтэтэн баран, кини сэрэтиитин истибэккэ, бобуутун тутуспакка, төттөрү иһэн кэбиспит этэ. Онтон ыла убаҕаһын сатаан кыаммат буолан хаалбыт эбит. Уонна кэлэн, эмчити буруйдуурдуу тыллаһан, Мэхээлэни кыыһырдыбыт этэ. Нэһилиэкпит иһигэр киниэхэ эмтэтэ-эмтэтэ, харыстарын тутуспакка, төттөрү күүскэ иьэр дьоннор бааллара. Ону биирдэ табахтыы-табахтыы сэһэргэһэ олороммут: «Оттон ити дьону өйдөнөллөрүн курдук кыратык моһуоктуу түһүөххүн?» – диэн оонньуу-күлүү курдук эппиттээхпин. Онуоха кини: «Ээ кэбис, бииргэ үөскээбит, бэйэбит дьоммут буоллаҕа!» – диэбитэ…
Биирдэ биригэдьиирдии сылдьан, сиспин тоҥороммун, дьарҕаран улаханнык ыалдьыбыта. Онуоха ыксаан, Сергеев Лазарь Иванович уола Ваня илиитин дэҥнээн моһуогурбутун эмтэтэ барарыгар аргыс буолан, Уус-Алдаҥҥа, Бээрийэ кырдьаҕаһыгар Гурий Турантаевка эмтэтэ бара сылдьыбыппыт. Ол тиийэн чэйдии олордохпутуна, эмчит кэргэнэ хантан сылдьарбытын ыйыталаспыта. Уолбаттан кэлбиппитин истэн, кыыһыран мөхпүтэ: «Бэйэҕитигэр эмтиир киьи баарын кэннэ тоҕо кэллигит?!» – диэн. Биһиги онуоха мух-мах баран, тугу эрэ быһаардыбыт. Онтон эмтэнии саҕаланан, уолбут бастаан киирэн баран, түргэн баҕайытык төттөрү таҕыста. Илиитин, нэһиилэ иһигэр өйөөн, токуччу тутта сылдьыбыт киһибит, холкутук өрө көтөҕөр буолан, үөрэн-көтөн тахсыбытын сөхпүппүт. Хайдах эмтээтэ диэн ыйыталаһыыга, күттүөннээҕи сатаан быһааран кэпсээбэтэ. Онтон миигин Гурий кырдьаҕас көрөн баран: «Үс күн хонон-өрөөн эмтэннэххинэ сатаныыһы», – диэбитэ. Ону мин, оччолорго биригэдьиир, эмиэ даҕаны заправкаҕа солбуйан үлэлиир буоламмын уонна бэлэм массыынаттан хаалымаары, сөбүлэспэтим. «Оччоҕо түөннүүһүбүн», – диэн түөннээн эмтээбитэ. Кырдьаҕас Михаил Фомичтаах хайдах олороллорун ыйыталаспыта, кинилиин чугас аймах буоларын кэпсээбитэ. Уолбаҕа тиийэн баран, Мэхээлэҕэ кэпсээбиппэр, биһиги аймахтыыбыт диэн бигэргэтэн эппитэ. Ол курдук айылҕалаах дьон, бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэккэ даҕаны сылдьан, син биир хайдах эрэ билсэ, арааһа сибээстэһэ олороллор эбит быһыылаах диэн өйдөөбүтүм.
Киниэхэ наһаа элбэх киһи кэлэн эмтэнээччи, Хаандыгаттан эҥин нуучча дьоно бөҕө кэлээччилэр. Миигиттэн: «Где здесь живет шаман?» диэн ыйытан үгүстүк ыйдарааччылар. Урут мин наһаа табахтыыр этим, ыаллыы олорор буолан, Мэхээлэ киирэн сэһэргэһэ-сэһэргэһэ табахтаһааччы. Онтон мин сыыйа-баайа табахпын бырахпытым, ону ыалым, атаһа Кириллин Уйбаанныын быраҕыа диэн итэҕэйбэккэ сылдьан, сөхпүттэрэ. Михаил Фомич: «Аны үс сылынан тыҥаҥ ырааһырыа», – диэбитэ».
Дьэ ити курдук, Михаил Фомич Чашкин аҕатын, удьуор өбүгэлэрин утумнаан, айылҕаттан аналын толорон, төһөлөөх ыарыһаҕы эмтээбитэ буолуой?! Кини үтүөтүн-өҥөтүн биир дойдулаахтара үрдүктүк сыаналааннар, Таатта улууһун бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбиттэрэ. Айдарыылаах эмчит өссө даҕаны бар дьонугар көмө-өйөбүл буола турдун. Саха дьоно, кини курдук дурда-хахха буолар айылҕалаахтарбыт баалларын тухары, кэлэр кэскилбитигэр эрэллээх, бигэ тирэхтээх буолуохпут.3