Kitabı oku: «Саха саарына Тэрис», sayfa 4
Тэрис. Олоҥхолорго киһи анала
2000 сыллаахха Л.А. Афанасьев-Тэрис саха дьонугар олус туһалаах, тус суоллаах үлэни толорбута. Бу үлэтин «Олоҥхолорго киһи анала» диэн ааттаан репринт ньыматынан тарҕаппыта. Кини билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону үөрэтиигэ үс суолу көрөр:
1) Олоҥхолору хомуйуу (П.А. Ойуунускай, Г.У. Эргис, А.А. Попов, Г.М. Васильев, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, С.И. Боло, А.А. Саввин, В.В. Илларионов, П.Н. Дмитриев уо.д.а.);
2) Олоҥхо саанырын (жанр) быһаарыы (А.С. Порядин, Г.У. Эргис, И.В. Пухов, В.В. Илларионов);
3) Олоҥхолор сюжеттарын быһаарыы (И.В. Пухов, Н.В. Емельянов, В.В. Илларионов).
Олоҥхолорго киһи аналын чинчийии – бу саҥа хайысха. Онуоха ааптар Л.А. Афанасьев-Тэрис олоҥхо духуобунай өттүгэр киирэргэ холонор. «Кут-сүр» кыһа Айыы үөрэҕэ диэн баарын арыйбыта. Бу үөрэх Айыы суола диэн өйдөбүлгэ тирэнэр. Айыы суола диэн киһи тыыннаах буолан олох олорор бырагыраамата. Олоҥхолору ырытарга бу бырагырааманы туһаммыта уонна ырытыытын Н.В. Емельянов «Сюжеты якутских олонхо» диэн кинигэтигэр олоҕурбута. «Тоҕо диэтэххэ ааптар (Н.В. Емельянов. – Г.П.) архыыпка сытар ордук чөл 75 олоҥхо ис хоһоонун бу кинигэтигэр сиһилии суруйбута. Инньэ гынан, олоҥхо ис тутулугар киирэргэ суол арыйбыта,» – диэн чопчулуур. Л.А. Афанасьев-Тэрис анал туһунан түмүк санаата маннык:
«Биһиги олоҥхолорго айыы киһитин анала хайдах бэриллибитин ырыттыбыт. «Анал» диэн баска киһи аналын өйдөөһүнүгэр болҕомтону уурдубут. Киһи аналын араас төрүөттэринэн билбэт буолуон сөп. Ол иһин аналы дьэҥкэтик өйдүүр дьулуур үөскээбит. «Уһуйуу» диэн баска айыы киһитин иитиллиитин көрдүбүт. Уһуйуу икки көрүҥнээх. Үөһээ дойдуга төрөөбүт бухатыыр алгыһынан эрэ уһуйуллар, оттон Орто дойдуга уһуйуу үс таһымнаах:
– хатыы (эти-сиини эрчийии);
– бэйэни салайыы (быһыыны-майгыны ииттии);
– айылҕа күүһүн туһаныы (технизация).
Бу үс таһымнаах иитии айыы бырагырааматыгар олоҕурар.
«Айан» диэн баска уһуйууну ааспыт киһи олох араас тургутууларын ааһарын ырыттыбыт. Бу тургутуулары уйбут эрэ киһи охсуһууга тиийэр кыахтаах. Онон бу түгэҥҥэ киһи айыы суолун (бырагырааматын) төһө тутуһара тургутуллар.
«Охсуһуу» диэн баска үтүө уонна мөкү күрсүүтүн арааран көрдүбүт. Чуолаан бу түгэҥҥэ айыы бырагыраамата кыайар. Онон олоҥхо оҥкулун батыһа көрдөхпүтүнэ, айыы киһитин анала кыайара ойууланар эбит».
Билигин бу чинчийии сүрүн түмүгэр тохтуоҕуҥ:
«1. Айылҕа уонна киһи анала (бырагыраамата) биир төрүттээх эбиттэр. Аналы Үрүҥ Айыы Тойон оҥорор, кини үөскүү-үүнэ турар айылҕаны сирэйдээн көрдөрөр. Киһи эмиэ ити айылҕаҕа киирэр. Бу анал киһи ийэ кутугар төрүкү баар.
2. Үрүҥ Айыы биэрэр анала тоҕус тускуллаах. Бу тускуллар айыы киһитэ сөпкө олорор суолун үөскэтэллэр. Саха итэҕэлигэр даҕаны, олоҥхолорго даҕаны бу суол Айыы суола (аартыга) диэн ааттанар.
3. Орто дойдуга төрөөбүт киһи бу аналын билэр уонна толорор туһугар уһуйуллар. Ол гынан баран, араас тас сабыдыал түмүгэр аналын ситэ өйдөөбөт буолар. Ити түмүгэр Орто дойду дьоно иирсэллэр. Сороҕор бу иирсээн сэриигэ тиэрдэр. Олоҥхолорго этиллэринэн, айыы дьоно быстах кэмҥэ сэриилэһэллэр. Кинилэр тиһэҕэр тиийэн эйэлэһэллэр. Онон төрүкү аналы билии улахан суолталанан тахсар. Айыы дьоно аналларын быһыытынан сэриилэһиэ суохтаахтар.
4. Абааһылары кытта охсуһуу киһи өйүгэр-санаатыгар буолар охсуһууну көрдөрөр. Киһи бэйэтин иһигэр араас сыыһа санаалар, адьынаттар, кыыбаҕалар бааллар. Балар, саха итэҕэлин быһыытынан, абааһы уобараһынан ойууланаллар. Киһи бу быстах санаалары, имэҥнэри кыайыахтаах. Онон үтүө уонна мөкү охсуһуута айыы уонна абааһы охсуһуута буолан көстөр. Бу охсуһууга үтүө кыайар, ити курдук киһи бэйэтигэр баар мөкү өрүттэрин кыайан уһун санааҕа, атыннык эттэххэ, айыы бырагырааматыгар киирэр.
5. Бу этиллибиттэргэ олоҕурдахха, олоҥхо ойуулуур ньымата саха былыргы олоҕун кытта сибээстээх эбит, оттон ис хоһооно киһини иитэргэ аналлаах. Ол иһин бу айымньыны үөтүүлээх (духуобунай) айымньы диэн сыаналыыбыт.
6. Олоҥхо үөтүүлээх айымньы быһыытынан төһө күүстээҕий? Манна биэс сүрүн сүдү сорук этиллэр:
– айылҕаны харыстааһын;
– удьуор ырааһын харыстааһын;
– айыы киһитэ диэн үрдүк ааты бигэргэтии;
– айылҕа күүһүн муҥутуу туһаныы;
– кэскили оҥоруу.
Бу биэс сүдү сорук бүгүн эрэ наадалаах буолбатах, кэлэр үйэ дьонугар ананар. Онон олоҥхо элбэх үйэни өтө көрөр айымньы».
Тэрис олоҥхо киһи удьуор өттүнэн чөл буоларын харыстыырга аналлаах айымньы эбит диэн түмүккэ кэлэр. Бу түмүк сахаҕа олус улахан тыын суолталаах: «Са-ха киһитэ тыйыс дойдуга олорорун быһыытынан улахан сыыһаны оҥорор бырааба суох. Дьэ, ол иһин олоҥхо үөскээбит. Олоҥхо киһи өйүгэр-санаатыгар буолар охсуһууну салайыах тустаах эбит: киһи бэйэтин мөкү өттүн кыайарыгар көмөлөһүөхтээх, үтүө өттүн үрдэтиэхтээх. Онон саха киһитэ олоҥхону истэн сөп санааҕа иитиллэр, айыы бырагырааматын өйдүүр буолбут. Ити кини олох иһин охсуһарыгар сүдү суолталаммыт».
Г.С. Попова-Санаайа,профессор
Сахалыы санааһыҥҥа олоҕуруу
Тэрис суруйуутунан, өбүгэ үөрэҕин өйдүүргэ киһи сахалыы санааһыҥҥа үөрэниэхтээх. Сахалыы санааһын диэн өбүгэлэрбит үтүмэн үйэ тухары утумнаан кэлбит толкуйдуур ньымалара. Бу ньымаҕа тирэҕирэн, айыллыы бэрээдэгин тобулан өбүгэлэрбит Айыы үөрэҕин үөскэппиттэр диэн түмүккэ саха итэҕэлин чинчийээччилэр кэлбиттэр.
Тэрис төрүт саха эйгэтин баттаһа төрөөн, иитиллэн сахалыы санааһынынан өйө-санаата сайдыбыт буолан, дириҥтэн этиттэриини баһылаан, онуоха эбии аныгы билим билиитэ Айыы үөрэҕин саҥалыы тыыннаан сурукка-бичиккэ тиһэн, кэмин баттаһа, күн сиригэр таһаарбыта саха аймах санаатын уһатарыгар суол арыйбыта саарбаҕаламмат.
Биллэрин курдук, сахалыы саныырга киһи оҕо эрдэҕиттэн үөрэнэрэ чэпчэки. Афанасьев Лазарь Андреевич оҕолорго аналлаах кинигэлэрэ:
– Сиэрдээх буолуу. Кыра кылаас оҕолоругар Айыы үөрэҕин туһунан кэпсээннэр. – Дь., 1993;
– Айыы сиэрин тутус (1-2 кылаас). – Дь., 1993;
– Айыы сиэрин тутус (3-4 кылаас). – Дь., 1994;
– Һоп-паа. – Дь., 1994;
– Оҕоҕо кэп олордуу. – Дь., 2005;
– Оҕону сааһынан көрөн үөрэтии олуктара. – Нам, 2008;
– Сиэри олохтуур 126 ыйыы. – Нам, 2008;
– Сиэр. – Дь., 2010.
Саха оҕону иитэр үгэһэ оҕону Айыы киһитэ буоларын хааччыйарга аналлаах. Оҕону иитии үгэстэрэ тыһыынчанан сыллаах үөрэҕи илдьэ сылдьаллар. Онон бу инникитин хайдах киһи буоларын хааччыйар ис хоһоонноох. Оҕо бэйэтин сааһыгар сөптөөх иитиини ылан иһиэхтээх, оччоҕо кини сөптөөх майгыланан улаатар.
Былыргы өбүгэлэрбит кыра оҕону аньыы-кэйии тылларынан иитэллэр эбит диэн суруйар Тэрис. Ол тыллар тыһыынчанан эбиттэр. Ону кини аныгы оҕоҕо өйдөнөр гына аҕыйатан 126 быраабылаҕа тиэрдибит. Ити 126 быраабыла олох бары өрүтүн таарыйан, киһи киһи буолар быраабылалара диир кини.
Сиэргэ оҕону үс киһи иитиэхтээх: төрөппүт, учуутал, дьөһүөлдьүт.
Сиэри 7—11 саастаах оҕолорго иҥэрэргэ айымньылаахтык, ситиһиилээхтик Ирина Егоровна Лукина-Уйусхаана дьарыктанарын төрөппүттэр, оҕолор билэллэр. Киниэхэ «тэлэбиисэр эбэтэ» диэн ааты иҥэрбиттэрэ мээнэ буолбатах. Кини бэйэтин айылҕатынан Тэриһи биир этиинэн өйдүүр. Тэрис эрэллээх үөрэнээччитэ Уйусхаана оҕолору кытта үлэлэһэргэ үгүс идиэйэлээх.
Кут-сүр дьоно, Айыы дьиэтин үлэһиттэрэ – бары Тэрис үөрэнээччилэрэ, кини үөрэҕэр бэриниилээх дьоммут. Күүспүт кыайарынан Айыы үөрэҕин тарҕатарга бэлэммит.
Айыы үөрэҕэ – өбүгэлэрбититтэн бэриллэр тирэхпит.
Сахалыы өй-санаа кураанахсыйдаҕына, туора омуктар санааларынан толоруллара чахчы. Ол саҕаламмытын көрө-билэ сылдьабыт. Сахалыы санааһыммытын тута эрэ сырыттахпытына тылбыт харысхаллаах буолуо, олохпут бигэ туруктаныа. Саха аймах чөлүн булар төрдүнэн, төрүөтүнэн сахалыы санааһыҥҥа олоҕуруу.
Дьэ, онон киһи буолабыт дуу, кии буолабыт дуу диэн ыйытыыга: ону саха бэйэтэ талар кэмэ тирээтэ, бэйэлээх бэйэтэ, кимиэхэ да сигэммэккэ.
Тэрис – айыылартан айдарыылаах, саха омук саргытын салайсар аналлаах киһи Орто дойдуга олох олорон ааста. Кини олоҕор көрсүбүт моһоллорун туоратан, араас тургутуулары ааһан, бэйэтин ис дьиҥин булан, билиэхтээҕин билэн, арыйыахтааҕын арыйан, тиэрдиэхтээҕин тиэрдэн, ситэриэхтээҕин ситэрэн – аналын толорон барда.
Айыы үөрэҕэ
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ
Туттарыллан,
Салҕанан иһиэхтин,
Тэрис аата
Ааттана туруохтун,
Дом!
Ю.Г. Холмогорова,үлэ бэтэрээнэ
Итэҕэлбитинэн омук быһыытынан сайдыахтаахпыт
Бүгүҥҥү «Итэҕэл» рубрикабытыгар Айыы дьиэтин үлэтин туһунан сырдатыахпыт. «Кут-сүр» үөрэҕин олоххо киллэрбит, филологическай наука кандидата Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис тус көрүүтүн маннык үллэстэр.
История быыһын сэгэтэн көрдөххө…
– Үтүө күнүнэн, Лазарь Андреевич! Дьэ, история быыһын сэгэтэн көрүөх эрэ. Эн «Кут-сүр» үөрэҕин бастакынан олоххо киллэрбит киһинэн биллэҕин. Ол туһунан сырдатыаҥ дуу…
– 1989 сыллаахха аан бастаан саха итэҕэлигэр «Кут-сүр» уопсастыба тэриллибитэ. Ол сиэринэн айыы итэҕэлэ, айыылар, иччилэр, кут-сүр, алгыс, туом, күн-дьыл бэлиэлэрэ, ытык сирдэр, оҕону иитии, этитии (медитация), түөргү (киһини кытта кэпсэтии кистэлэҥнэрэ) хайысхаларынан үлэбитин саҕалаабыппыт.
– Итэҕэлгэ олохтоохтук ылсан үлэлээбиккит номнуо ырааппыт эбит дии.
– Билигин 26-с сылбытын итэҕэлгэ үлэлии сылдьабыт. «Кут-сүр» хараамнаах (Айыы дьиэтэ), анал үлэһиттэрдээхпит. Бу сыллар усталарыгар итэҕэлгэ аналлаах 99 кинигэ бэлэмнэннэ, ол иһигэр бэчээккэ 40-ча итэҕэлгэ сыһыаннаах кинигэ таҕыста.
– Телевидениеҕэ эмиэ анал биэриилээх эбиккит. Үгүс дьон сэҥээрэ көрөр, истэр.
– Онно икки ханааллаахпыт. Ол курдук «Айыы оҕото» уонна «Итэҕэл» туһунан анал биэриилэр тиһигин быспакка тахса тураллар. Онтон араадьыйаҕа «Айыы алгыстара» биэриини Полина Перуашева ыытар.
– Айыы дьиэтин үлэтин сүрүнэ туохха сытарый?
– Билигин Айыы дьиэтигэр маннык үлэлэр ыытыллаллар. Ол курдук 300 туому оҥоруу, ыраастааһын, уруу, үбүлүөй алгыһын оҥоруу, араас ыарыылары эмтээһин уонна арыгыттан эмтэнии курдук киирэллэр.
– Ыраастаныы диэтиҥ, ону быһааран биэриэҥ дуу…
– Дьиэни-уоту, саҥа акылаат түһэр сирин ыраастаан биэрэбит. Саҥа эбэтэр сүүрэ сылдьыбыт массыынаны атыыластахтарына эмиэ ол сиэрин-туомун толоробут. Ону таһынан бохоруонаҕа сылдьыбыт дьон биһиэхэ кэлэн ыраастанан бараллар.
– Ханнык туомнары оҥороҕутуй?
– Оскуола оҕолоругар туом оҥоробут, онно сылга үстэ-түөртэ сылдьыахтарын наада. Устудьуоннарга анаан алгыс оҥоробут. Кэлбит дьоҥҥо сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах сүбэлэри биэрэбит. Олохторугар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөбүт. Таҥха кэмигэр анаан, онно аналлаах тэрээһиннэр сылын аайы ыытыллаллар. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, ыраастаныы ханнык баҕарар көрүҥэ ыытыллар. Кэргэн тардыы, оҕо кутун иҥэрии, дьоҕуру арыйыы курдук туомнар эмиэ оҥоһуллаллар. Хара суоллары быһыы (түбэлтэни, түүлү), үлэ көрдөөһүн, үлэҕэ табыллыыга эмиэ көмөлөһөбүт. Олус элбэх туомнар оҥоһуллаллар, онон сүрүн туомнарын ити кылгастык билиһиннэрдим.
– Сыл аайы дьылынан, күнүнэн көрөн сиэр-туом ыытар анал сирдээх эбиккит дии.
– Биһиги сыл аайы эбэтэр хас да сылга биирдэ итинник анаан-минээн сиэр-туом оҥорор, сылдьар сирдэрдээхпит. Ол курдук куорат аннынан устар Өлүөнэ өрүс, соҕурууҥҥу Ытык Хайа, Чочур Мыраан, Хотугу Ытык Хайа, Хаҥаласка Эллэй бастаан тохтообут сиригэр Бахай хонуутугар баар анал таас, Кууллаты сэргэтэ, Сайсары күөл буолаллар.
– Биһиэхэ тоҕо итэҕэлгэ аналлаах дьиэбит тарбахха баттанар аҕыйаҕый?
– Арассыыйаҕа нуучча дэриэбинэлэрэ бары таҥара дьиэлээхтэр, Кавказтарга бары дэриэбинэлэр минареттаахтар. Онтон биһиги таспытыгар олорор бүрээттэр, калмыыктар эмиэ итэҕэлгэ тутуулара элбэх. Онтон саха 500 дэриэбинэлээх. Олорго үс гыммыт бииригэр эрэ саха дьиэтэ баар. Итэҕэл дьиэлэрэ уончаны да кыайбат. Ол аата сахалар итэҕэл өттүгэр сылтан сыл хаалыыбыт улаатан иһэр. Билигин киһи диэн итэҕэллээх киһи буолар. Онтон биһиги киһи буолар хаачыстыбабыт кыччаан иһэр. Хаалыы туохха көстөрүй? Киһилии сиэри туттарбыт кыччаан иһэр. Уоруу, кырбааһын, киһиэхэ кырыктаах сыһыан дэлэйдэ. Уулуссаларбытыгар билигин «чуумпу сэрии» бара турар. Итэҕэл тиэмэтин быыбарга ордук көтөҕүөхтээхпит. Биир ыйытык туруохтаах: «Эн саха итэҕэлигэр хайдах сыһыаннааххыный?» – диэн. Итэҕэли өйдүүр киһи айылҕаны алдьатыыны утарыа, дьоҥҥо эйэлээх буолуо, дьону өйдүүр майгыны тутуһуо. Онтон итэҕэли утарар киһи бэйэтин таҥара оҥосто сатыыр. Киһини барытын хам баттаан туран дьаһайа сатыа.
– Итэҕэл туохха үөрэтэрий уонна ис дьиҥэ туохха сытарый?
– Киһи сиэрдээхтик олоруохтаах. Айылҕаҕа уонна дьоҥҥо эйэлээх буолуохтаах. Бэйэ-бэйэтигэр көмөлөсүһүөхтээх. Бу буолар итэҕэл дьиҥнээх ис хоһооно. Ол иһин былыргылар этэр этилэр: алгыһы абааһы хоппута суох диэн. Үтүөнү оҥоруу – махталлаах. Оҕолоох саха киһитэ куһаҕаны оҥорортон куттанар – бу куһаҕаны оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Үтүөнү оҥорортон үөрэр – үчүгэйи оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Таҥара эмиэ итини ирдиир. Киһи сиэри тутуһуохтаах.
– Лазарь Андреевич, сылын аайы саас итэҕэл сугулаана ыытыллар. Бу туох сыаллаах-соруктаах ыытыллар тэрээһиний?
– 2014 сылтан сахаҕа сыһыаннаах итэҕэллэр холбостулар. Сыл аайы кулун тутар 21 күнүгэр итэҕэл сугулаана ыытыллар. Онно сыллааҕы сүрүн сорук быһаарыллар. Түмсүү 9 ытык дьонноох. Итэҕэли тута сылдьар 3 киһилээх. Сүрүн соруга – бырабыыталыстыба үлэтигэр кыттыһыы. Ол курдук судаарыстыбаҕа суолталаах туомнары ыытыы, кэмиттэн кэмигэр дьон өйө-санаата сайдан иһэригэр, ханнык духуобунай соруктар иннибитигэр туралларын туһунан этиилэр киириэхтээхтэр. Холобур, быйылгы сорук саха итэҕэлин ааҕыыларын күнүн оҥоруу буолар. Ол сиэринэн, ааҕыылар алтынньы, сэтинньи ыйдарга оҥоһуллуохтара. Айыы итэҕэлин тарҕатар дьон бэлэмнэнэн тураллар. Онтон улуустарга сахалыы моһуоннаах дьиэлэри, ураһалары тутуу салгыы ыытыллыахтаах. Ону таһынан бу дьиэлэргэ дьиҥ сахалыы туомнары оҥорор дьон үлэлиэхтээхтэр. Бу үлэни саха итэҕэлэ түмсүү, ордук айыы дьиэтэ сүрүннүүр кыахтаах. Билигин сир аайы олоҥхо дьиэтин тутуу бара турар. Итэҕэлэ суох олоҥхо диэн суох этэ. Онон Олоҥхо дьиэтин биир элимиэнэ итэҕэл буолуохтаах. Ол туһунан кэпсэтии бара турар.
– «Кут-сүр» үөрэх саха култууратыгар тирэҕирэн ыытыллар үөрэх буоллаҕа.
– Билигин итэҕэллэр элбэх бөлөхтөрө баар. Биһиги ити бөлөхтөрү саха култууратыгар төһө сыһыаннааҕар болҕомтобутун уурабыт. Саха култууратын билэр бөлөх саха итэҕэлин сайыннарар. «Кут-сүр» биир сүрүн бириинсиптээх. Норуот айбытын эрэ дьиҥнээх диибит. Билигин саха итэҕэлигэр 99 кинигэ оҥоһулунна. Ити кинигэлэр саха норуотун олоҕун үөрэппит дьонтон уонна архыыптан ылыллыбыта. Онон биһиги түмсүүбүт саха култууратыгар 100% тирэнэбит. Холобур, айыылары толкуйдааһыҥҥа Улуу Суорун аата эрэ мөккүөрдээх буолбута. Ол гынан баран ити ааты талан ыларбытыгар олоҥхону төрүт оҥостубуппут. Ордук мөһүлгэ тиэмэтэ ыарахан буолбута. Быстах-остох сибидиэнньэлэр эрэ бааллара. Олорго тирэнэн оҥорон көрүү диэн ньыманы туһаммыппыт. Итини нууччалыы «реконструкция» дииллэр. Оҥорон көрүү былыргыттан туһаныллар. Кини олохторо, тирэхтэрэ улахан суолталаах, бигэ буолуохтаахтар.
– Мэҥэ Хаҥалас ытык сирдэринэн сырыы туһунан тус санааҥ.
– Быйыл ураты улахан ситиһиилэннибит. Ытык сирдэр устун сахаҕа бастакы ытык сырыы буолла. Мэҥэ Хаҥалас улууһун устун сылдьан, Чүүйэ дэриэбинэтин таһыттан тоҕус ойбонноох сэргэни буллубут. Манна саха итэҕэлин ис дьиҥэ толору баар. Ол барыта үлэлии турар гына оҥоһуллубут. Онон бу сэргэни саха итэҕэлин сүрүн сэргэтин быһыытынан ылынныбыт. Бу сэргэ аны биһиэхэ Мекки курдук суолталанар. Сахабын диир киһи саатар үйэтигэр биирдэ бу сэргэҕэ тиийэн алгыс ылыахтаах. Биллэн турар, суола-ииһэ оҥоһуллуор диэри 3—5 сыл барара буолуо. Быйыл кэпсэтиитин ситэрэн баран ыҥырыы таһаарыахпыт. Сахабын диир киһи аһымал харчы биэриэхтээх. Ону таһынан кыахтаах дьон суолун, тутууларын ыытарга бэйэлэрин өттүттэн эмиэ көмөлөһөллөрө наада. Бу тутуу саха норуотун барытын түмэр тутуу буолуохтаах.
– Түмүккэр Айыы дьиэтэ хайдах үлэлиирин быһааран биэриэҥ дуу.
– Айыы дьиэтигэр эр киһи да, дьахтар да үлэлиир. Саха итэҕэлигэр эр киһи да, дьахтар да куттаах-сүрдээх, онон дьахтары баттааһын суох. Аны кэргэннээх киһи итэҕэли ыытара көҥүллэнэр. Айыы дьиэтигэр атын итэҕэллээх, атын омук сылдьара эмиэ көҥүллэнэр. Сахалыы сиэри эрэ тутуһуон наада. Бокуонньугу айыы дьиэтигэр киллэрбэппит. Күнүс эрэ үлэлиибит. Ол курдук балаҕан ыйыттан урукку бэрээдэкпитинэн үлэлиэхпит. Үлэлиир күммүт сэрэдэ, субуота, өрөбүл, сарсыарда 11 чаастан киэһэ 4 чааска диэри. Былыр төһө эрэ сыл буола-буола (биһиги ааҕарбытынан 4 сылга биирдэ) ойууннар мустуулара буолара. Аныгыскы ыытыллар итэҕэл сугулаана ити ойууннар мустууларыгар маарынныа. Манна саха муусукатын маллара тыаһыаҕа. Аныгы тылынан оркестр диэххэ сөп. Биһиги эмиэ тыаска-ууска улахан болҕомтобутун ууруохпут. Онон итэҕэлгэ үлэлэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
Сардаана БагынановаКиин куорат. – Атырдьах ыйын 27 күнэ. – 2015.
Ытык сирдэр – история тыыннаах кэрэһиттэрэ
(Экспедицияттан суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)
«Хас биирдии саха киһитэ тыһыынча өбүгэтин билиитин илдьэ сылдьар».
Тэрис
Экспедициябыт бастакы күнүгэр, эбиэт иннинэ, Төхтүр сиригэр Уустаах Избеков олорбут Дьаҥхаада алааһыгар сылдьан баран, эбиэт кэнниттэн Томтор бөһүөлэгэр айаннаатыбыт.
Баай Пономарев алааһыгар сырыттыбыт
Сырылатан дьэ куйаас күннэр турдулар. Манна биһигини историк идэлээх, олоҥхоһут Петр Максимович Тихонов көрсөн, салгыы кини сирдээн, былыр Мэҥэ Хаҥалас улахан баайынан биллибит Уйбаан Пономарев-Чөкчөҥө кулуба Манчаарыттан саһан олорбут Туруйалаах томторо сайылыкка тиийэбит. Кини Степной Дума аҕа баһылыгынан олорбут. Оччолорго Саха сиригэр 1000-тан тахса сүөһүлээх буоллуҥ да, баай, кыахтаах киһи ахсааныгар киирсэр эбиккин. Оннук баайдаах киһи Саха сирин үрдүнэн 5—6 эрэ киһи баар буолар эбит. Оччотооҕу кэмҥэ ыраахтааҕы былааһа баайдарга боломуочуйаны көҥүл биэрэн, кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр аатыран-сураҕыран, быыһыгар дьону баттаан олорбуттар. Ол аата билиҥҥинэн бэйэни салайыныыга тирэҕирэн үлэлии олорбут буолан тахсаллар. Баай Пономарев олорбут олоҕо, Томтор бөһүөлэгиттэн ырааҕа суох сиргэ турар эбит. Кини Манчаары саҕана олорбут улахан баай киһинэн биллэр. Баай киһи бардама ханна барыай, бэйэтин кэмигэр киһи бөҕөнү баттаабыта-атаҕастаабыта элбэҕэ буолуо эрээри, дьиҥ сахалыы май-гылаах киһи этэ дииллэр. Айаннаан иһэн көрдөххө, ыраахтан былыргы тутуулар, алаас ортотугар тимир сэргэ турара харахха тута быраҕыллар. Туһааннаах сирбитигэр тиийэн, сири-дойдуну көрөн-истэн, быыһыгар бу туох суолталаах сэргэ турарын ыйыталаспыппытыгар, Петр Максимович: «Баай Пономарев Манчаарыттан куттанан «сторожевой башняны» нэдиэлэ иһигэр туттарбыт, ол турбут миэстэтигэр бу тимир сэргэни өйдөбүнньүк курдук туруорбуттар», – диэн быһааран биэрдэ. Бу кэм тухары, кырдьык да, баайдарга-тойотторго Манчаарыттан ордук дьулааннаах киһи бука суоҕа буолуо. Ол иһин кини батталлаах баайдарга сылдьан, кыра-хара дьону көмүскэстэҕэ. Манчаары бу сиргэ кэлиитин кэлэ сылдьыбыт эрээри, уу улаханнык кэллэҕинэ иилии эргийэн, киһи кыайан туораабат сирэ буоларынан, ууттан хаайтаран кыайан киирбэккэ, ыраахтан көрөн төннүбүт үһү. Аттыбытыгар биир самнайбыт хороҕор ампаар турарын тиийэн көрөбүт, манна Уйбаан Пономарев олорбут буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар эбит. Тэрис этэринэн, кини бу алааска 64 сэргэни туруорбута биллэр. Саха сиригэр оччо элбэх сэргэни оҥорбут киһи суох эбит. Арай Аммаҕа 40 сэргэни оҥорбут киһи баара биллэр. Пономарев баай ол сэргэтиттэн манна биир да сэргэтэ хаалбатах. Ону Тэрис: «Саха былыргы үгэһин тутуһар, сахалыы куттаах-сүрдээх, сылгыны таптыыр киһи олоро сылдьыбыт эбит», – диэн тус көрүүтүн этэр. Онон бу сылдьыбыт сирбитигэр кулуба Пономарев олорбут алааһа буоларын Лааһар Андреевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 1930-с сылларга холкуостааһын саҕана манна дэриэбинэ турбут. Ол курдук оскуола (1929—1930) дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбит. Онон аҕыйах да буоллар, кэрэ айылҕалаах алааска кыра мас тутуулар сэмнэхтэрэ ол кэм туоһута буолан тураахтыыллар.
Иккис күммүтүгэр ох курдук оҥостон, Чүүйэ бөһүөлэгэр тиийэн, олохтоох дьаһалта баһылыга Алексей Коркинович Васильевы кытта көрүстүбүт. Кини бэйэтинэн сирдээн, Чаапаҕана диэн ааттаах сиргэ айан суолун тутуһабыт. Бу сиргэ кэлэн Манчаары хаһаактартан саспыт сирин, ону сэргэ эмэгэт сэргэни көрдөөн булуохтаахпыт. Лиҥкир сис тыа иһинэн син балайда хаамабыт. Ото-маһа хойуута, киһи да мунуох курдук. Онон мин сэрэх муҥутаан, дьоммун хараҕым далыттан сүтэримээри, кэннилэриттэн оту-маһы тоҕо силэйэн харса суох батыһабын. Испэр «булуохтаахпыт» диэн эрэлим күүстээх. Биһигини кытта сири-уоту үчүгэйдик билэр олохтоох ыччат Михаил Михайлович Левин сирдьитинэн барсыбыт буолан, бары да санаабыт көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Сотору соҕус буолаат, Вильям Федорович «буллум» диэн хаһыыта иһилиннэ. Хата, бары бэйэ-бэйэбититтэн чугас сылдьар буоламмыт, түргэнник тиийэбит. Кини бэйэтэ бу Манчаары саспыт томторун 25 сыл анараа өттүгэр булан турардаах эбит. Тула өттө күрүөлэммит, анал тимир лиискэ суруллубут сири булан, бары даҕаны оччолорго ханнык да бэйэлээх баайы утары көрдөрбөтөх, модун санаатын булгуруппатах, батталы утары охсуһуутун уҕарыппатах киһи уобараһын көрөргө дылы буоллубут. Дьэ, дьикти, Манчаары оччолорго бу сиргэ икки атахтаах мээнэ үктэммэтэх сирин булан састаҕа буолуо эрэ диирбэр тиийэбин.
Манчаары саспыт томторун булан баран, аны салгыы сабаҕалааһын быһыытынан манна чугас эргин эмэгэт сэргэ баар буолуохтаах диэн, аны ону көрдүү бардыбыт. Өрүүтүн буоларын курдук, эмиэ Вильям Федорович бастакынан булан, сиргэ охтубут эмэгэт сэргэни өйөннөрө турарыгар, ууну тэпсэн, тоҕо анньан тиийэбит. Тэрис бу сэргэ туһунан маннык кэпсээтэ:
– Былыр киһини эмтииргэ маннык эмэгэт сэргэни туһаналлар эбит. Ыал буолуу, доруобуйа, үлэ-хамнас, түмсэн олоруу, билиини ылыы, уһуннук олоруу диэбит курдук, бу тоҕус ойбоммут бары анал ааттаахтар (ыйа-ыйа быһааран кэпсиир). Дьэ, ол билиилэрин туһанан бу тоҕус ойбонунан эмтииллэр. Сылгы түүтүн төкүнүтэн, алгыс этэн баран бу хайаҕастарга угаллар эбит (кырдьык көрбүтүм, сылгы түүтэ угуллубут этэ. – Ааптар). Аан бастаан бу эмэгэти Вильям Федорович хаартыскаҕа түһэрэн аҕалбыта. Онно биһиги көрүүбүтүнэн, бу туочукалар миэстэлэрэ оруобуна индиялар үөрэхтэригэр этиллэр чакраҕа сөп түбэһэр эбит. Онон сахаҕа чакра суох дииллэрэ оруна суоҕа көһүннэ. Сахаҕа, дьиҥинэн, сэттэ буолбатах, тоҕус ойбон баар. Бу алмаастааҕар да күндү булумньу буолар. Киһиэхэ алгыһы эттэххэ, бу ойбоннорунан киирэр. Онон итэҕэлбит саамай төрдө бу эмэгэт сэргэҕэ сытар. Маны суолталыахха наада. Бу эргин баай Попов олорбут буолуохтаах. Саха сиригэр маннык сэргэ суох. Манна суолун оҥорон, күрүөлээн кэбиһиэххэ баар эбит. Бу эмэгэт сэргэ итэҕэл ис хоһоонун барытын илдьэ сылдьар. Ол аата былыр манна революция иннинэ улахан алгысчыт, эмчит, ойуун олоро сылдьыбыт», – диэн түмүктээтэ. Бу сиртэн бүтэн бараары туран, Тэрис салайыытынан сахалыы туом оҥоһулунна.
Түмүк санаа
Бу сылдьыбыт ытык сирдэрбит кэнниттэн дьэ туох түмүк оҥоһулунна. Ол туһунан кылгастык… Быйыл саас Дьокуускайга итэҕэл мунньаҕа ыытыллыбыта. Онно Аан Алахчын сылыттан саҕалаан, Саха сирин улуустарын ытык сирдэригэр сүгүрүйүү (паломничество), айаннарга сылдьыы былаана ылыллыбыта. Ол былаан чэрчитинэн, ытык сирдэринэн экспедиция бастакы түһүмэҕэ Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҕаланна. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт ытык сирдэригэр сылдьыбыт сырыыбыт табылынна диэн этиэххэ өссө эрдэ эбитэ буолуо эрээри, мин санаабар кыра түмүк санаа суруллара ордук. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын начальнига С.М. Холмогоровы кытта көрсүһүүгэ Л.А. Афанасьев-Тэрис, В.Ф. Яковлев бу сырыы түмүгүнэн тус санааларын этиннилэр. Ол курдук эдэр ыччат ытык сирдэргэ тирэхтээх буоларын, маннык сир тыыныгар иитиллэллэригэр кинилэри түмэр наадатын уонна бу ытык сирдэргэ хайаан да болҕомто ууруллуохтааҕын ыйдылар. Урукку сылларга Мэҥэ сиригэр-уотугар археологическай хаһыылар барбыт сирдэрэ баалларын, ол барыта ытык сирдэргэ киириэхтээҕин эттилэр. Тэрис «100 сылы өтө көрбүт Порядин курдук күнү-дьылы билгэлээн үөрэппит Мэҥэ Мооругуттан төрүттээх киһигитин өрө тутан, сэргэ курдук туох эрэ бэлиэ туруоруоххутун наада» диэн сүбэлээтэ. Салгыы кэпсэтии сүнньэ, бу булуллубут ытык сирдэргэ реставрация үлэтэ күүскэ ыытыллыан наадата ыйылынна. Холобура, баай Пономарев олорбут алааһын, дьиэтин-уотун реставрациялаан, туспа хаһаайыстыба курдук оҥордоххутуна бэйэтэ туристическай маршрут тахсыа этэ диэн ытык дьоммут сүбэлээтилэр. Турбут сириттэн көһөрөн аҕалыы сэттээх буолуон сөп. Онон турар миэстэтиттэн көһөрбөккө, бэйэтигэр ытык сир быһыытынан хаалара ордук буолуо этэ. Уустаах Избеков уһаайбатын эмиэ «Айылҕа музейа» оҥороргут буоллар диэн ыллыктаах тылларын тиэртилэр. Онон итэҕэлбит биир сүрүн хайысхатыгар ытык сирдэри харыстааһын, үйэтитии үлэтэ сөргүтүллэн, бастакы олук оҥоһулунна. Бу айаммытыгар күүс-көмө буолбут, транспорынан хааччыйбыт улуус дьаһалтатын баһылыгар Н.П. Старостиҥҥа, култуура управлениетын начальнигар С.М. Холмогоровка махталбытын тиэрдэбит.
Сардаана БагынановаКиин куорат. – Атырдьах ыйын 6 күнэ. – 2015.
Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.