Kitabı oku: «Утатыы», sayfa 2

Yazı tipi:

– Дьэ эмиэ, буойун! Биһиги манна бары биир кэмҥэ тааҥка клиренсин кэнниттэн барбыппыт. Сэриигэ сылдьан – клиренс диэн тугун билбэт туох аатай? Ол Пашка аҕата флокка сулууспалаабыт. Кинилэри онно бастаан дьаакыры сытыылыырга күһэйбиттэр. Сиргэ үчүгэйдик батары киирдин диэн. Санаан көрөҕүн? Игиинэн. Эт эрэ, Пашка.

Серега БТР-га бүтэһигинэн киирбитэ уонна люгу саппыта.

– Миигин флотка ылбатахтара хомолтолоох. Кинилэргэ сүүс да дьаакыры сытыылыам этэ.

– Ыстааҥҥын сиигирдимэ, буойун, – диэбитэ Генка. – Дьылҕаҕыттан ханна да куотуоҥ суоҕа. Сыл аҥаарын анараа өттүгэр манна муора пехотын бүтүн биригээдэтин сууһарбыттара. Арааһа, ыҥырыллан баран эмиэ үөрбүттэрэ эбитэ буолуо. Муоранан устуохпут дии санаатахтара. Ити люгу, эн буойун, таах да саптыҥ ээ.

– Тоҕо?

– Тоҕо диэтэххэ, мин эйигин кытта айаннаан иһэбин. Соҕотоҕун айаннаан иһэриҥ буоллар, эйиэхэ ким да тугу да диэ суох этэ.

– Өйдөөбөтүм.

– БТР-га граната кэлэн түстэҕинэ, өйдүөҥ. Куйаҕы таах дьөлө сиэ даҕаны иһирдьэ эстиэҕэ. Оттон биһигини илдьи тэбэн кэбиһиэҕэ, тоҕо диэтэххэ, сабыылаах сиргэ ыгыллыы ынырыга буолар. Эн, буойун, физиканы хаһан эрэ үөрэппитиҥ дуо? Эбэтэр оскуола туалетыгар бэйэҕин бэйэҥ астыннарар этиҥ дуу? Бэйи эрэ, Костя, мин манна олоруум. Чэ, чэ эмэһэҕин сыҕарыт. Оттон эн, буойун, люгу арый. Тоҕо миигин көрөн баран олороҕун?

* * *

Кырдьыгынан эттэхпинэ, кинини мин тоҕо даа итирик гына уруһуйдаабытым буолла. Тоҕо диэтэххэ, баҕар, ол кэмҥэ тугу да уруһуйдуурум суоҕуттан буолуо. Александр Степановичка баары барытын кумааҕыга уруһуйдаабытым. Туох баар атах таҥаһын, иһити, бытыылканы, кинигэни, акаары баҕайы статуэткалары. Кини тугу иннибэр уурарын, барытын. Онон, уруһуйдуохха айылаах туох да хаалбатаҕа. Уонна таах олорор чуҥкук баҕайы этэ. Тоҕо диэтэххэ, кини итирэн утуйан хаалбыта, онтон мин утары олорорум уонна хайдах тахсан барыахпын билбэтэҕим, мин барбытым кэнниттэн ааны хатыыр киһи суоҕа.

Арай биирдэ, дьиэбэр кэлбитим, хоспор ханнык эрэ киһи баара, биллэн турар, мин кыратык ытырыктаппытым. Онтон Эдуард Михайлович бу Александр Степанович уола диэбитэ, ол быыһыгар ити киһини мин ыҥырбыппар дылы дьиибэ баҕайытык көрүтэлиирэ. Хоско киирээт, ол киһи мин уруһуйбун тутан турарын көрбүтүм, бэйэм да акаарыбар онтубун остуолбар хаалларан кэбиспитим. Эдуард Михайлович булан иһэ бустун дии санаабытым. Кинини кыынньыырбын сөбүлүүр этим. Оттон билигин ол киһи иннигэр хайдах да буолуохпун билбэккэ турбутум. Тоҕо диэтэххэ, аҕата итинник дьүһүн-бодо буолан утуйан нарайан олорорун уруһуйдууру ким сөбүлүөй? Биир тылынан эттэххэ – итирэн утуйан хаалбытын уонна, уопсайынан, дьиэтигэр итинник буоларын ойуулуур сүрэ бэрт дии.

Ол эрээри кини аатым Борис Александрович диэбитэ уонна миигин кытта көннөрү кэпсэтээри кэллим диэбитэ. Биһиги остуол таһыгар олорбуппут уонна аргыый кэпсэтэн барбыппыт. Ол тухары кини уруһуйу тутан олорбута. Оттон бэйэтэ Александр Степанович туһунан ыйыталаспыта. Киниэхэ мин аадырыспын үөрэх сэбиэдиссэйэ биэрбитин эппитэ, тоҕо диэтэххэ, кини миигинниин сирэй көрсүөн баҕарбыт эбит. Аҕатын туһунан уонна да атыны арааһы кэпсэтээри. Оттон мин көрүүбэр барыта кэминэн курдук диэбитим, ол эрээри – кинини алы гына сатаан, холобур: «Александр Степанович төрүт испэт», – диир кыаҕым суоҕа. Уруһуйбун тутан олордоҕо дии. Кини төһө элбэҕи уонна күн аайы иһэр дуо диэн ыйыппыта. Мин куруутун иһэр диэбитим. Быһа холоон икки-үс бытыылканы, сороҕор элбэҕи да иһэр диэн кэпсээбитим. Санаата-оноото хайдаҕыттан. Онуоха кини мунчаарбыта. Оттон мин киниэхэ эппитим, санаарҕаама, тоҕо диэтэххэ, Александр Степанович – маладьыас. Кини миэхэ араас интэриэһийэни кэпсиир диэбитим. Онно кини тоҕо эрэ өссө ордук сүөм түспүтэ. Аҕатын Краснодарскай кыраайга илдьэ барыан баҕарарын эппитэ, онно үчүгэй уонна муораттан чугас диэбитэ. Ол эрээри Александр Степанович барар санаата суох үһү. Бэйэҥ, миигинэ да суох, Гостагаевскай станицаҕар бар диир эбит. Уопсайынан, кини куруук итинник кыра соҕус дьиктилэрдээх үһү. Билигин Москваҕа министиэристибэҕэ үлэлии сылдьар буолуон сөп эбит, ол оннугар манна олорор уонна арыгылыыр. Уруут-урут, үгүс сыл анараа өттүгэр, киниттэн – Глазуновтан итэҕэһэ суох улахан худуоһунньук тахсыан сөбө үһү, өссө бүтүн дьиэ кэргэнинэн былыр үйэҕэ кыраныысса таһыгар олорор буолуохтаахтарын кини уруһуйдуурун бырахпыт, онтон аны архитектураны бырахпыт, дьиҥэр, Москва киинигэр кини бырайыактаабыт дьиэтэ турар эбит, доҕоро буоллаҕына кини оҥорон биэрбит ханнык эрэ бырайыактарынан миниистиргэ тиийэ үүммүт, ол оннугар тугу да ылбатах, миэхэ туох да наадата суох, барыта баар диир үһү. Дьэ ити курдук мин бэйэм хоспор кини кэпсиирин истэн олорбутум, ону барытын миэхэ тоҕо кэпсии сатыырын төрүт өйдөөбөтөҕүм, оттон кини кэпсээ да кэпсээ буолбута уонна ол тухары мин уруһуйбун көрөрө. Онтон кэмниэ-кэнэҕэс тохтообута, онно эрэ мин Эдуард Михайлович «Аргументы и факты» хаһыакка суруйбут суругун ааҕарын истибитим. Оттон Борис Александрович ону истибэт быһыылааҕа. Кини дириҥ санааҕа ылларан саҥата суох соҥуоран олороро. Эмиэ мин уруһуйбун көрбүтэ уонна эппитэ:

– Кини ити эйигиттэн сылтаан барыан баҕарбат. Кини өссө маннык үөрэнээччилэнэ илигэ.

* * *

Александр Степанович сарсыҥҥытыгар тута ити уруһуйбун аҕал диэн модьуйбута. Мин сүтэрбитим диэбитим, онуоха кини оччоҕо үөрэнэ барыаҥ диэн хаһыытаабыта. Онно биирдэ көрдөрбүтүм, кини өр баҕайы олорбута, адьас хамсаабатаҕа даҕаны. Онтон өрө тыыммыта уонна эппитэ:

– Борька албыннаабатах эбит ээ. Оттон мин кини миэхэ албыннаһар дии санаабытым.

Онтон миигин өрө көрөн таһаарбыта:

– Ол аата, туох да диэбит иһин, сатаан көрөр эбиккин ээ. Уонна бэйэҥ шланга буолан кубулунаҕын.

– Мин кубулумматаҕым.

– Саҥарба! Хата, эт эрэ, хаһан бүтэһигин училищеҕа киирэ сылдьыбыккыный?

– Мин дуо?

– Миэхэ акаары курдук көстө сатаама.

– Икки хонуктааҕыта.

– Тоҕо?

– Биир уолга харчы биэриэхтээх этим.

– Дьэ онно хайдаҕый?

– Үчүгэй.

– Аркадий Андреевиһы көрсүбүтүҥ дуо?

– Кими?

– Үөрэх сэбиэдиссэйин. Эн тугуй, бүгүн миигин соруйан кыынньыы сатыыгын дуо?

– Суох, мин, кырдьык, кини аатын умнубуппун. Биһиги кинини тэбиэн диэн ааттыыбыт.

– Силэ бырдаҥалыыр дуо?

Александр Степанович сонньуйан ылбыта, онуоха бүтүн бэйэтэ үрүллүбүт аарыма саарык курдук култараҥнаан ылбыта.

– Өссө хайдах курдук!

– Өйдөнөр. Итиҥтиҥ тиһэҕэр өссө ыраах силлиэҕэ. Дьэ онон кинини көрсүбүтүҥ дуо?

– Көрсөн.

– Туох диэбитэй?

– Оччо суох. Эйигин ыйыппыта.

– Ону туох диэбиккиний?

– Эйигин ыалдьар диэбитим.

– Ыалдьар даа? Оо дьэ акаары! Киниэхэ кырдьыгы этиэххэ баара. Онтон атын кини эйигин сиэҕэ. Ордук дириэктэр буоллаҕына.

Онтон ыла мин үөрэх сэбиэдиссэйин аатын умнубатаҕым. Тоҕо диэтэххэ, Александр Степанович сыыспатах этэ. Аркадий Степанович, кырдьык, дириэктэр буолбута. Билбэтим – баҕар, миниистир доҕорун атын үлэҕэ анаабыттара, эбэтэр Александр Степанович бэйэ оҥорбут кыһыл арыгыта утаҕы ордук ханнарыа дии санаабыта дуу. Аҕам оҕо эрдэхпинэ, «Массандра» диэн соҕурууҥҥу олус үчүгэй кыһыл арыгы баар диирэ. Тоҕо эрэ мин ол арыгы аатын өйдөөн хаалбытым. Мин ол мороженайдааҕар минньигэс буолуо дии санаабытым. Баҕар, дириэктэр ол арыгыны иһээри уолугар барбыта буолуо. Билбэтим. Кини миэхэ уруһуйдуургун быраҕыма диэбитэ. Бырахтахпына, кэлэн төбөбүн быһа тардыах буолбута. Чопчута – баскын диэбитэ.

– Эн миигин өйдөөтүҥ дуо? Таҥара оннукка эрэ тиэрпэтин, быраҕыма. Быраҕыаҥ даҕаны мин эн баскын эрэ быһа тардыам суоҕа.

Ол эрээри кини кэлбэтэҕэ. Оттон мин тута кэриэтэ уруһуйдаабат буолбутум, тоҕо диэтэххэ, кини кырдьык эппитэ буолуо дии санаабытым. Кинини хас да ый күүппүтүм. Онтум баара – сыбыс-сымыйа эбит. Кини мин ааппын да умнубут буолуохтаах.

Оттон Аркадий Андреевич сонно тута миигин иитиигэ ылсыбытынан барбыта. Ол иһин, бэбиэскэ тутаат, мин бастакынан байыаннай комиссариакка барбытым. Ким да билбэт этэ буоллаҕа дии, ол хайдах түмүктэниэн. Онно эбии Эдуард Михайлович миигин олох сордообута.

* * *

– Иһит эрэ, Костя! – БТР хоҥнубутугар Генка кулгаахпар хаһыытаабыта. – Дембеллэнэн баран, эн кииринньэҥ аҕаҥ сымыытын быһа тардыахпытын баҕараҕын дуо? Ээ, Пашка? Ол акаары сымыытын быһа тардабыт дуо?

Мин баспын быһа илгистибитим, тоҕо диэтэххэ мотуор тыаһын баһыйа сатаан хаһыытыахпын баҕарбатаҕым. Онуоха эбии, биһигини кытары тоҕо эрэ дивизия ыстаабыттан кэлбит капитан айаннаан иһэрэ. Кинини кытта өссө прапорщик Демидов баара. Кини хаһан да биһигини кытары БТР-га олорсооччута суох этэ.

Генка эмиэ кинилэр диэки көрбүтэ, онтон миэхэ төҥкөйөн кулгаахпар хаһыытаабыта:

– Дөйүөрбэ разведчиктар, блин! Чеченнэргэ харчыларын аахса баран иһэллэр – биһиги Страпромысловскайы буомбалаабатахпытына, кимиэхэ төһө тиксэрий диэн. Кинилэр онно хампарыйа сытыйбыт ниэби хачайдыыр тэриллэрэ баар.

Мин капитан диэки көрбүтүм, ол эрээри кини Генканы истэр кыаҕа суоҕа, төрүт ыраах олороро. Прапорщик Демидов трофейнай плеерин истэрэ. Бу иннинэ икки хонуктааҕыта уолаттар снайперы туппуттара уонна бэһис этээстэн бырахпыттара. Оттон плеерин Демидовка биэрбиттэрэ. Кинини кытары албыннаспыт ордук. Кини өссө аармыйаҕа кэлиэн инниттэн хааччыйыы эйгэтигэр үлэлээбит этэ.

– Хайа, буойун, – Генка Серегаҕа ордоотообута. – Өссө төһө өр люгу аһа сатаан мэйиигин сордуугун?

– Аһыллыбат дии.

Серега күүһэ баарынан тутааҕы тардыалыыра.

– Халбарый эрэ, абааһы баара! Көр эрэ. Маннык гыныахха наада. Өйдөөтүҥ!

Генка люгу арыйан баран, эмиэ Сереганы күлүү гыммыта:

– Эйиэхэ туох да сатаммат. Сэрэн, биир миэстэҕин быһа ытыахтара. Дьиэҕэр тугу илдьэ барыаххыный? Аптамаат маҕаһыынынан кыргыттары кэйиэлиэҥ дуо? Ээ, ээ, онно олорума! Кэл манна. Люгунан бык эрэ.

Уол сибиэни көрбүттүү, кини диэки көрбүтэ.

– Тоҕо быччаччы көрдүҥ? Чэ, таҕыс диибин.

– Онно снайпердар бааллар ээ.

– Онно тугуй? Оттон эн манна олоруоххун баҕарбытыҥ дуо? Таҕыс диибин ээ, мин эйиэхэ. Билигин үлтүрүйбүт дьиэлэри ааһыахпыт. Манна куһаҕан тыыннар мэлдьи «тигээйилээх» олорооччулар. Өскөтүн граната эркиҥҥэ сааллан дэлби тэптэҕинэ, саатар эн тыыннаах таһырдьа эһиллиэҥ. Оччоҕо ойон туран биһигини хостуоҥ. Өйдөөтүҥ? Ким хамсыыры урут таһаараар. Иһиттиҥ дуо миигин? Чэ үөһэ таҕыс.

Серега люктан быһаҕаһыгар диэри быкпыта уонна тохтообута. Генка таһырдьаны көрөр хайаҕаска сыстыбыта.

– Үлтүрүйбүт дьиэлэргэ чугаһаатыбыт! – диэн рацияҕа хаһыытаабыта. – Истэҕит дуо? Утуйан хаалбыттар дуу, онно? Чугаһаатыбыт. Туох эмэ буоллаҕына, хаххалаарыҥ. Икки сүүс миэтэрэ хаалла… Сүүс биэс уон.. Сүүс… Барыта этэҥҥэ курдук… Арааһа, манна ким да суох быһыылаах… Биэс уон миэтэрэ хаалла… Аастыбыт даҕаны… Биһиэхэ манна чуумпу… Тугуй? Суох, барыта этэҥҥэ, диибин мин… Чуумпу манна, чуумпу…

* * *

Тыас ынырык этэ, мин өрө ыстанаат атахпар тура түспүтүм. Сонно тута сууллубутум. Охсуу күүһүттэн төбөм иһэ куолакалы охсубуттуу лүҥкүнээбитэ. Харахпар кураанах бытыылка көстөрө. Аттыгар өссө биир сытара. Мин олору илиибинэн таарыйбытым, онно бэйэ-бэйэлэригэр охсуллубуттара. Маннык сытар үчүгэйэ. Муоста сөрүүн этэ. Мин линолеумҥа сэҥийэбинэн сыстыбытым уонна харахпын симпитим. Хамсаамыахха эрэ…

Ити кэмҥэ ким эрэ ааны лүҥсүйбүтэ. Арааһа, тэбиэлииллэр быһыылааҕа. Адьас төбөҕө биэртэлиир курдуга.

Мин олорбутум, харахпын аспытым уонна оргууй туран барбытым. Хайдах эрэ гынан – эмискэ хамсанымыахха наада. Оччоҕо хотуолуом суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, ону ыраастыыр эрэйэ бэрт буолуо. Мин элбэхтэ төҥкөҥнүүр кыаҕым суох.

Ааны эмиэ күүскэ лүҥсүйбүттэрэ. Туохха ити үлүгэрдээх ыксаатылар? Мин суһал поезд үһүбүн дуо?

Тыыннара да быстыбат ээ, түүннэри эйиэхэ кэлээччилэр уонна ааны тэбиэлээччилэр. Хас чаас эбитэ буолла? Уонна хаһыс чыыһыланый?

Атаххыт быһа сытыйбат ээ.

– Эҕэрдэ!  – диэбитэ Генка, ааны аспыппар. – Оо дьэ, сирэй-харах бөҕөҕүн дии, Шарапов.

Мин сиэркилэҕэ көрүнүөхпүн баҕарбытым, онтон уон хонуктааҕыта Ольгаҕа илдьибиппин өйдөөбүтүм. Эбэтэр уон икки хонуктааҕыта дуу.

– Оо, биһиэхэ манна олус да ыһыллыбыттоҕуллубут! – диэбитэ кини хоско ааһан иһэн. – Эмтэнээччибит тыыннаах киһитээҕэр өлбүккэ маарынныыр. Оттон мин тоҕо ааны аспатый диибин ээ.

– Онно олор.

– Ээ суох, хамандыыр. Мин турбутум ордук. Ойоҕум бу джинсыны субу аҕай атыыласпыта.

– Ээ, киэр буол! – диэбитим мин, хаттаан муостаҕа олоро-олоро.

– Эн адьас иэдэйдиҥ дуо?

– Мээрилээмэ диибин. Көрбөккүн дуо – куһаҕаммын?

– Көрөбүн. Испитиҥ өр буолла дуо?

– Билбэппин. Икки нэдиэлэ. Бүгүн хаһыс чыыһыланый? Уонна эн, уопсайынан, тоҕо түүн кэллиҥ? Билигин өссө түүн буолбат дуо?

– Дьэ, эмиэ эттиҥ дии, хамандыыр! Киэһэ тоҕус чаас. Мин эйиэхэ, ити быыһыгар, иккис күммүн эрийэ сатыыбын. Төлөпүөнүҥ хайдах буолла?

Кини төлөпүөн холбонор розеткатыгар төҥкөйөн туура тардыллыбыт сунууру ылбыта.

– Өйдөнөр. Тас эйгэ сордоото дуо?

– Мээрилээмэ.

– Онтон бэҕэһээ ити ыалгар Светланаҕа эрийбитим.

– Ольгаҕа.

– Ээ, миэхэ син биир. Кини эн арыгылыы сытаргын эппитэ. Тоҥсуйа сатаабыта. Туһа суох диэбитэ.

– Мин истибэтэҕим.

– Дьэҥкэ буоллаҕа. Мин бэйэм сутуругум иһиэр диэри эттээтим. Быһатын, тур хомун. Мөссүөҥҥүн оҥоруохпут. Мин эйиэхэ хонуоҕум, онтон сарсын Пашкаҕа тиийиэхпит уонна Москваҕа барыахпыт. Кини массыыната алдьаммыт, эйигинэ суох миигин кытта биир джипкэ айанныа суоҕа. Кинини хайдаҕын бэйэҥ билэҕин дии.

Мин нэһиилэ төбөбүн көтөхпүтүм.

– Москваҕа тугу сии барабыт ол? Эһиги эйэлэһэр санааланныгыт дуо?

Кини миигин көрөн тура түспүтэ уонна чочумча тугу да саҥарбатаҕа.

– Оо дьэ, эттэҕиҥ ээ! Тугуй, эн өссө билбэккин дуо? Пашка эрийбэтэҕэ дуо? Төлөпүөҥҥүн хаһан араарбыккыный? Кини эрийбэтэҕэ дуу?

Мин өндөйөн, кини иннигэр муостаҕа олорбутум. Төбөм иһэ Пасха күнүнээҕи куолакал курдук лүҥкүнүүрэ.

– Ким эрэ эрийбитэ да, туруупканы ылбатаҕым. Төбөм ыалдьар этэ.

– Дьэ, сордоммут киһигин дии. Серега сүппүт, оттон эн буоллаҕына билбэккин. Сарсын кинини көрдүү барыахпыт. Эн арыгыҥ орто дуо?

Серега хаһыс да сүтүүтэ. Кини дембеллэммиппит кэннэ хайдах эрэ табыллыбатаҕа. Пашка курдук дуу, мин курдук дуу буолбатаҕа. Оттон Генка курдук хайдах да буолар кыаҕа суоҕа. Бастаан көмөлөһөн көрбүппүт. Үлэ булбуппут. Онтон атын үлэни. Тиһэҕэр Генка ол дьону кытары көрсөрүм ынырык кыбыстыылаах диэбитэ. Быһата – кинилэр итэҕэйбиттэр, онтон кини буоллаҕына Сереганы анньан биэрбит. Кинилэр Генкалыын элбэх харчылаах дьыалаҕа ылсыахтарын баҕарбыттар үһү. Ол иһин биһиги Серегаҕа көннөрү харчы эрэ биэрэр буолбуппут. Сороҕор мин, сороҕор Пашка. Генка эмиэ биэрэр этэ. Ол эрээри туһата суоҕа. Серегаҕа биир мөһөөх буоллун, икки сүүс бакса буоллун – тута бүтэрэ. Киниэнэ барыта хайдах эрэ этэ.

Бастаан кини син үчүгэй дьоннуун сылдьар курдуга. Олоро түһэн кыратык иһэр буоллуннар – туох буолуой? Онтон хаамаайылар көстүтэлээн барбыттара. Тоҕо диэтэххэ, кини дьиэлээх этэ. Уонна соҕотоҕун олороро. Саҥаһа бастаан киирсэ сатаабыта, ол эрээри сотору Калуга уобалаһыгар дьиэ атыыласпыта уонна киниэхэ эппитэ – бырастыы гын, кырдьар сааспар миэхэ маннык эрэй наадата суох. Оттон Серега үлэлиэн адьас баҕарбата. Ардыгар биири этэрэ, сороҕор атыны туойара. Салайааччым – сүөһү эбэтэр үлэм – дьаабы. Куруутун туга эрэ табыллыбата. Бүтэһигин биһиги Пашкалыын кинини адьас ханнык эрэ үөдэн айаҕыттан хостообуппут. Домодедовоҕа дьэлликтии сылдьара. Киһи уҥуоҕун билиитэлэрин уурар хосторугар утуйар эбит этэ.

Онон, туох да саҥа суоҕун кэриэтэ этэ. Ол эрээри Генка – Серега саҥаһа адьас дьиҥнээх аймалҕаны тарта диэбитэ. Киниэхэ үстэ эрийэ сылдьыбыт уонна наар ытыыр үһү. Кинилэр аймахтан ким эрэ Москваҕа кэлэ сылдьыбыт уонна киниэхэ Серега дьиэтигэр атын дьон олороллор диэбит. Ааны аспатахтар уонна Серега туһунан төрүт кэпсэтиэхтэрин баҕарбаттар үһү.

– Быһата, киниэхэ Сереганы өлөрбүттэр эрэ диэн санаа киирэр. Кырдьар сааһыгар өйө хамсаан эрэр быһыылаах. Кинилэргэ өрүү араас солуута суох санаалар дьэ киирэллэр. Эмээхсин оҕуруокка олус үлэлээбит быһыылаах. Көлөпүнэни үүннэрэн атыылыыра буолуо.

– Бастаан киниэхэ барбаппыт дуо? – диэбитим мин. – Кини хаһан бүтэһигин Сереганы көрсүбүт үһүнүй?

– Ээ чэ, балыыҥкалаама! Сарсын Москваҕа барабыт. Мин эйиэхэ – арыгы баар дуо диибин ээ? Халадыынньыкка туох да хаалбатах.

Фрязиноҕа уон биир саҕана тиийбиппит. Халлаан дьаабы этэ, ол иһин айаммыт бытаарбыта. Эмиэ да ардыыра, эмиэ да хаардыыра. Хаста да тохтуурга тиийбиппит.

* * *

Пашка дьиэтин таһыгар Генка миэхэ төлөпүөнүн үҥүлүппүтэ.

– Эт киниэхэ, эмэһэтин түргэнник хоҥнордун.

Биэс мүнүүтэнэн Пашка саҥата суох кэнники олбоххо олорбута, миигин санныга охсубута уонна тута таһырдьаны одууласпыта. Ити иннинэ хаһан да олбуорун иһин көрбөтөх киһиэхэ дылы. Адьас олоҕун тухары да көрбөтөх курдуга.

– Дьонуҥ хайдахтарый? – олбохпор эргиллибитим.

Кини саннын эрэ хамсаппыта.

Ити харчы туһуттан айдаан кинилэр икки ардыларыгар улахан тыҥааһыны үөскэппитэ. Кинилэр Генкалыын бэл биисинэстэрин үллэстэргэ быһаарбыттара. Адьас көрсүбэт буолбуттара. Арыгыны да атын-атын хампаанньаҕа иһэллэрэ. Ол гынан баран – бу Фрязиноттан иккиэн ханна барыахтарай? Хампаанньаларыгар да бары биир дьон этилэр. Ол иһин, эмискэ көрсө түспэт туһуттан, барытын эрдэ билиэхтэрин наада этэ. Онто суох ол тугунан түмүктэрин ким билиэ баарай. Пашка сөбүлээбэппин диир даҕаны, арыгыны олус элбэҕи иһиэн сөп. Икки бытыылканы баҕас иһэр. Сороҕор үһү даҕаны.

Итирэн баран миэхэ кэпсииллэриттэн өйдүүрбүнэн, ханнык эрэ биэс уон тыһыынча баксаттан сылтаан дьыала итинник эргийэн тахсыбыт. Биллэн турар, элбэх харчы, ол эрээри манныкка тиийэр сөп үһү дуо? Миэхэ тиийэн олоппоско иэҕэҥнии олорон биири мээрилииллэр: эн билэҕин дии, мин кинини хайдах да албынныыр кыаҕым суоҕун? Билэҕин буолбат дуо? Чэ, эт эрэ?

Миэхэ итинник кэпсэтиилэр наадалаахтар этэ! Тоҕо диэтэххэ, кинилэртэн хайалара да уоскуйан биэрбэт этэ. Миэхэ кэлэллэр уонна өссө мин арыгыбын иһэллэр. Уонна оттон, саамай сүрүнэ, мин хайалара харчыны ылбытын билбэппин эбээт. Кинилэр бастаан биирдии бэйэлэригэр кыраныысса таһыгар икки дьиэ атыылаһаары гыммыттар этэ. Тоҕо диэтэххэ, босхо кэлбит, халлаантан түспүт харчы этэ, ким даҕаны, уопсайынан, маннык буолуо диэбэтэх – биир дьыала наһаа табыллан хаалбыт. Онтон биэс уон тыһыынча икки дьиэҕэ тиийбэт, биир эрэ дьиэни атыылаһыахха сөп диэн билбиттэр. Ол иһин онуоха-маныаха диэри ууран эриэххэ дэспиттэр. Онтон ол харчы ханна да барбыта биллибэккэ симэлийэн хаалбыт. Иккиэн мин ылбатаҕым дииллэр. Пашка кэргэнэ Генкаҕа дьиэтигэр тиийэн тугу эрэ кэпсэппиттэр. Генка ол туһунан кэпсиэн баҕарбат этэ, оттон Пашка итирдэҕинэ хабырынар эрэ этэ. Кини оннук акаары кэмэлдьилээх.

Быһата – саах курдук дьыала. Мас төбөтүгэр умньаммыт саах кэриэтэ.

Ол иһин билигин Пашка төрөөбүт-үөскээбит Фрязинотын түннүгүнэн көрөр. Олус итэҕэтиилээхтик умсугуйан туран. Оттон Генка джибин массыына быраабын ыларга туттарсар курдук ыытан иһэр. Мин буоллаҕына кини аттыгар – массыына ыытарга үөрэтэр инструктор курдук олоробун. Ол гынан баран массынаны адьас сатаан ыыппаппын. Уонна түннүгүнэн элэҥниир Фрязино даҕаны миигин төрүт умсугуппат.

– Бу туоххунуй? – дии-дии, халлаан күөҕэ тастаах кинигэ оҕотун муостаттан ылабын.

– Биир өй аҥаардаах бэлэхтээбитэ, – диир Генка. – Америкаҕа олорор ханнык эрэ миссионер. Таҥараҕа үҥэр дьиэлэригэр биһиэхэ миэбэл сакаастаабыта.

«Биһиэхэ» дииригэр кини Пашка массыынаҕа олоруоҕуттан аан бастаан суолуттан хараҕын арааран, кэннин хайыһан ылбыта. Хайыһыа дуо, хайдах эрэ оннук хамсанан ылбыта.

Мин кинигэни ортотуттан арыйан харахпар туох түбэспитин аахпытым: «Искариот диэн ааттаммыт Иудаҕа сатана киирбитэ дии, уон икки апостолтан биирдэригэр».

– Манна бырах, – Генка бардачогу арыйбыта. – Кэргэммэр биэриэм баара. Кини кэнники кэмҥэ итинник туһата суоҕунан үлүһүйдэ.

– Тохтоо, – диибин мин. – Өссө көрө түһүүм.

* * *

Аҕам, хаһан эрэ, оҕо эрдэхпинэ эппитэ: «Элбэхтик ааҕыма, хараххын мөлтөтүөҥ». Оттон мин онто да суох элбэхтик аахпат этим. Аҕыйахтык даҕаны аахпатым. Кини кинигэ тута сылдьарбын көрөрүгэр, ону мин таах мээнэ илиибэр ылбытым. Ол ийэм кинигэтэ, хайдах баайарга үөрэнэр кинигэ этэ. Араас күрүчүөктэр, биэтилэлэр. Тоҕо ону арыйбыппын билбэппин. Арааһа, чуҥкуйдаҕым буолуо. Ол кэмҥэ аҕам кэлбитэ. Уонна – элбэҕи ааҕыма диэбитэ.

Бэлисипиэт туһунан эттэххэ, эмиэ итинник этэ. Мээчиги үрдэрэргэ үөрэтиигэ эмиэ ол хатыланара. Ол эбэтэр хайдах эрэ туох да суох курдук буолан тахсар. Мээчик даҕаны, бэлисипиэт даҕаны, аҕам түһэҕэ даҕаны. Мин эмиэ суохпун. Ол оннугар ыалларбыт оҕолоро бааллара. Аҕам наар кинилэр бэлисипиэттэрин тутар этэ. Кэннилэригэр турар уонна багажнигыттан тутар. Онтон миигиттэн: тутабын дуо диэн ыйытар. Мин куруутун суох диэччибин. Тоҕо диэтэххэ, соҕотоҕун буоларыҥ быдан ордук. Дьиэҕэр кэлэҕин уонна көҕөрбүт сиргин улахан ньуосканан аалаҕын. Оттон аҕаҥ хаһыаты хачыгыратар, эйигин көрөр уонна этэр: ити кэнниттэн ньуоскаҕын хайаан да сууйаар.

Ол иһин, Серега дьиэтигэр ааны ким да арыйбатаҕар Генка, арааһа, мин аҕабар бара сырыттахпытына сатаныыһы диэбитигэр, ол кирдээх подъезд от күөҕэ истиэнэтин таһыгар кинини утары көрөн туран, туох диэхпин билбэтэҕим.

– Тоҕо мэндээриччи көрдүҥ? – диэбитэ кини. – Тоҕо саҥарбаккын? Эн итирэн баран бэйэҥ эппитиҥ дии, кини Москва мээрийэтигэр үлэлиир диэн. Киниэхэ барыахха, кэпсэтиэххэ. Кини онно бу дьиэ атыыламмыт дуу, суох дуу диэн билиэҕэ. Ким, хаһан атыыласпытый. Дьиэтэ-уота суох хаамаайыларга сыһыаннаах туох эрэ сулууспалаахтара да буолуо. Регистрация… Уопсайынан, тугуй-ханныгый. Бардыбыт. Онто суох, бириэмэ ыгар.

– Мин кинини уон сыл көрбөтөҕүм.

– Онно тугуй? Дьэ көрүөҥ буоллаҕа. Сыыҥкын сиэн бүт! Биһиэхэ киниттэн атын ким даҕаны Серега дьиэтин туһунан эппиэти биэриэ суоҕа. Онтон ону билбэккэ эрэ, дьиэҕэ киирэ сатыыр төрүт сатаммат. Биһиги бу дьиэҕэ ким олорорун билиэхпитин наада. Итиэннэ, үөдэн баара, кинилэр манна хайдах киирдилэр. Чэ, чэ, аадырыһын эт.

Мин Пашка диэки көрбүтүм, ол эрээри кини ити кэмҥэ атын сир диэки хайыспыта.

* * *

– Эһиги кимиэхэ наадыйаҕыт? – диэбитэ ааны арыйбыт эдэр дьахтар.

Куттаммыта. Онто куолаһыттан биллибитэ. Биһиги үһүөн кини иннигэр бандьыыттар курдук турарбыт. Мин Генка кэннигэр саһа сатаабытым. Саатар сирэйбин кистээри.

– Ээ, бу эн, Костя! – диэбитэ аҕам, дьахтар кэнниттэн көрүдүөргэ көстө түһээт. – Киир. Киириҥ, уолаттар, бары.

Мин Генка кэнниттэн тахсан кэлбитим, онно аҕам миигин күүскэ бобо кууһан ылбыта.

– Дьэ кэллиҥ дии. Оттон мин эйигин күүппүтүм ыраатта.

* * *

Кини арыгыта ыарахан сыаналаах этэ. Импортнай этикеткэлээх уонна кыраһыабай бытыылкалаах. Ол эрээри аҕыйах. Уон биэс эрэ мүнүүтэҕэ тиийбитэ.

– Марина, биһиэхэ өссө буокката атыылас эрэ, – диэбитэ аҕам. – Онтон атын манна биһиги бары утатан иэдэйиэхпит.

– Эн сарсын мунньахтааххын, – диэбитэ дьахтар, мин диэки көрбөккө буола сатыы-сатыы.

– Ону өйдүүбүн. Бар, көмүһүөм, атыылас. Мин уолбун кытта дьэ кэмниэ-кэнэҕэс арыгы иһиэхпин наада. Тоҕо эн бачча өр кэлэ сылдьыбатаххыный? Ээ, Костя?

– Дьыала элбэх, – диэбитим мин.

– Оттон мин наар бырааттаах балтыгын көрдөрүөхпүн баҕарар этим. Эн кинилэр тустарынан билэҕин дуо? Кинилэр билигин оскуолаҕа сылдьаллар. Наташка бэһис кылаас, Славка пиэрибэйгэ киирдэ. Иккиэн иккис симиэнэлэр. Өйдүүгүн, көрүдьүөс дьон.

– Мин сэрэйэбин.

– Ээ, эн тугу да сэрэйбэккин. Кэпсээ, эн хайдаххыный?

Кини сирэйбин көрбүтэ, онуоха мин киниэхэ итинник көрөрө ыараханын билбитим.

– Бэйэҥ көрөҕүн.

– Ээ чэ, бүт! Олоххо араас буолар. Кылаабынайа, тыыннааххын.

Кини саҥата суох олоро түспүтэ, илиитигэр кураанах үрүүмкэтин эргичиҥнэппитэ.

– Оттон, уопсайынан, хайдаҕый? Ыарахан этэ?

– Чэпчэкитэ суох.

– Өйдөнөр. Оттон хайдах итинник буолбутай?

– БТР-ры «Тигээйинэн» саайбыттара.

– Оттон эйигин кытта уолаттар бааллара дуо?

Кини Генкалаах Пашканы көрбүтэ.

– Кинилэри эрдэ хостообуттара. Серега миигин өлбүт дии санаабыт этэ.

Аҕам чочумча саҥата суох олорбута, онтон дириҥник өрө тыынан баран, хараҕын кураанах үрүүмкэттэн араарбыта.

– Оттон эһиги Серегаҕыт туһугар, кырдьыгынан эттэххэ, мин хайдах көмөлөһүөхпүн билбэппин. Адьас атын отделга баарбын. Патриотическай иитиинэн дьарыктанабын.

– Оскуолаҕа НВП-ны үөрэтэҕин дуо? – диэбитэ Генка.

– Ол эрэ буолбатах.

– Өйдөнөр. «Зарница» диэ… Таах сибиэ.

– Ити туһата суох буолбатах, – диэбитэ аҕам уонна үрүүмкэтин остуолга уурбута. – Аармыйа аатын-суолун үрдэтиэххэ наада.

– Эн бэйэҥ туох чыыннааххыный?

– Подполковник.

– Сүрдээх эбит. Сэриилэспитиҥ дуо? Итии туочукаларга? Афганистаҥҥа?

Аҕам Генканы көрбүтэ, хараҕын арыый быһыччы туттубута.

– Суох, сэриилэспэтэҕим. Мин каадыр боппуруостарынан дьарыктанабын.

– Өйдөннө. Уонна ыйытыы суох.

– Бу баар эһиги арыгыгыт, – диэбитэ Марина, куукунаҕа киирэн иһэн. – Утаххытын ханнарыаххытын сөп.

– Оо суох, баһыыба, – диэбитэ Генка. – Биһиги барбыппыт ордук буолуо. Арыгы ханна баҕарар – буор курдук элбэх. Оттон биһиги сарсыарда эмиэ Москваҕа кэлиэхпитин наада. Син биир тиһэҕэр тиийэ көрдүөхпүт. Дьоллоохтук олоруҥ, табаарыс подполковник. Билигин Костя тоҕо эйиэхэ барыан баҕарбатаҕа өйдөнөр.

Көрүдүөргэ аан таһыгар тиийиибитигэр Марина эмискэ эппитэ:

– Эһиги сарсын Москваҕа кэлэбит диир буоллаххытына, баҕар, Костя биһиэхэ хоно хаалара ордук буолбатах дуо? Тоҕо эмиэ төттөрү-таары айаннаан? Биир иллэҥ хос баар ээ.

– Суох, баһыыба, – диэбитим мин. – Мин Подольскайга барабын. Онно миэхэ биир уталыйбат дьыалалаахпын.

Генка джипкэ олорбута, мотуорун собуоттаабыта, ол эрээри тоҕо эрэ хоҥнорго ыксаабатаҕа.

– Иһит эрэ, – кини кэмниэ-кэнэҕэс миэхэ эргиллэн эппитэ. – Өйдүүгүн дуо? Эн, кырдьык, хаал. Туохха биһиги эйигин Подольскайга илдьэн иһиэхпитий? Суолга балтараа чаас барар. Сарсын уон бииргэ эйигин ылыахпыт. Кини эн аҕаҥ эбээт. Чэ, быраат, таҕыс.

* * *

– Хоһуҥ бу, – диэбитэ Марина, миигин урут киллэрэн иһэн. – Олоххун булун. Ол кэмҥэ Николай оҕолору оскуолаттан аҕалыаҕа. Манна чугас, адьас аттыбытыгар баар. Олбуорбут иһигэр.

Кини аҕабын Николай диирин хайдах эрэ кыратык дьиибэргии истэрим. Ийэм кинини наар араспаанньатынан ыҥырара. Оскуолаҕа бииргэ үөрэнэр уолун курдук. Эбэтэр хаһыакка суруллар политическай деятель курдук.

– Итини мин манна ыйаабытым, – диэбитэ мин хартыыналары одуулаһарбын көрөн. – Армяннар уруһуйдарын сөбүлүүбүн. Ким уруһуйдаабытын билбэппин эрээри, чахчы Ереваннааҕы көстүү. Көр, бу онно эрэ көстөр этиҥнээх ардах былыттара, бу хайаҕа ыттан эрэр курдук дьиэлэр. Оҕо сааһым Ереваҥҥа ааспыта. Онно наһаа кэрэ.

– Бу Эль Греко, – диэбитим мин.

– Туох?

– Бу Эль Греко хартыынатын үтүгүннэрэн уруһуйдааһын. Испания худуоһунньуга. Грек төрүттээх. Дьиҥнээх аата – Доменикос Теотокопулос. Ол эрээри ол туох да суолтата суох.

Кини мин диэки хайыспыта. Хараҕар наһаа дьиибэргээбитэ көстөрө.

– Эн чахчы билэҕин?

– Оннук.

Мин кинини көрөрүм уонна саныырым: ийэм кинилиин күрэстэһэригэр туга тиийбэтэҕэ буолла?

– Ээ, оттон инньэ дии саныыр буоллаххына…

Куолаһыгар – түгэҕэ биллибэт дириҥ саарбахтааһын баара.

– Мин инньэ дии санаабаппын. Бу Эль Греко.

Кини эмиэ миигин көрбүтэ уонна дьэ мичээрдээбитэ.

– Үчүгэй. Эль Греко буолла да Эль Греко. Онно, биирдэ баран эттэххэ, туох баарый? Этэбин, эн аҕаҕар кыыһырыма. Билигин кини үлэтигэр олус уустук быһыы-майгы. Баҕар, мин эһиэхэ тугунан эрэ көмөлөһүөм.

– Эн дуо?

– Да. Мин билэр криминальнай хрониканан дьарыктанар суруналыыстардаахпын. Москва милииссийэтин кытта ыкса сибээстээхтэр.

Мин ол бэрт буолуо этэ диэри гыммытым, ол эрээри ити кэмҥэ аан чуораана тыаһаабыта.

– Дьоммут кэллилэр, – диэбитэ кини. – Бардыбыт, мин эйигин билиһиннэриэм.

Кыыс мин диэки көрбөтөҕө даҕаны. «Драсьте» диэн сибигинэйээт, хоһугар сылыпыс гыммыта. Арааһа, аҕам кинилэри сэрэппит быһыылааҕа.

Наһаа одуулаһымаарыҥ диэн.

Оттон уол букатын кыра этэ. Быллаҕар иэдэстээҕэ, төгүрүк харахтааҕа. Миигин көрөн таалан хаалбыта, бэл кыратык айаҕын аппыта. Кууркатын тимэҕин сүөрэрин да умнубута.

Аҕам эппитэ:

– Кинилэргэ иккиэннэригэр бүтэһик уруоктара буолбатах. Чааһы быһа таһырдьа хаарынан оонньообуттар.

– Слава, дьону итинник көрөр соччото суох, – диэбитэ Марина кэннибэр туран. – Билис, бу эн убайыҥ.

Мин кини иннигэр чохчойон олорбутум уонна илиибин ууммутум:

– Дорообо, быраатчаан. Мин Константиммын.

Кини хараҕа өссө кэҥээбитэ. Бастаан миигин, онтон Маринаны көрбүтэ. Илиитин ууммута уонна дьэ эппитэ:

– Мин кулгааҕым тоҥно, таас курдук. Адьас токуруйбаттар.

* * *

– Кинилэр адьас атын атыттар, – диэбитэ Марина, аҕам оҕолору утута барбытын кэннэ. – Славка бэйэтин бэйэтэ көрүнэр. Тугу барытын бэйэтэ сатыан, оҥоруон баҕарар. Оттон Наташка, киниэхэ холоотоххо, сибэкки курдук. Киниэхэ эрэ күн көрдүн. Киниттэн үс сыл аҕа эрээри. Мэ, бу саахарда ыл.

Кини чочумча саҥарбатаҕа уонна мичээрдээбитэ.

– Биирдэ хаһан эрэ кинини оҕо саадыгар илдьиэхтээх этим уонна олус хойутаабытым. Нүөмэрбитин туттарыахтаах этибит, түүнү быһа утуйбатаҕым. Оттон Наташка баран иһэн ырыынакка киириэххэ диэн хаайбыта. Отон атыылаһыан баҕарбыта.

Кини эмиэ мичээрдээбитэ.

– Оҕо саадыгар адьас хойут тиийбиппит, иитээччи буоллаҕына миигин мөхпөтөҕө, Наташкаҕа хаһыытаабыта: «Тоҕо эн бачча хойут кэлэҕин? Оҕолор бары кэлбиттэрэ». Өйдүүгүн, сүрдээх кытаанах дьахтар дьэ.

Кини мин диэки көрбүтэ.

– Мин эйиэхэ «эн» диирим син ини?

– Син-син.

– Сөөп. Оттон Наташка кинини көрөөр, көрөр. Онтон илиитин утары уунан баран ытыһын нэлэс гыннарар уонна этэр: «Черемушка». Оттон онто барыта ытыһыгар сыстан хаалбыт. Уонна дьэ, күлэ-күлэ, турар.

Кини хараҕын чыпчылҕан түгэнэ ытыһынан саба туттан ылбыта.

– Оттон ол иитээччи кинини көрөр уонна туох да диэн билбэт. Ол кэннэ ханнык да киҥир-хаҥыр саҥарсыыта суох арахсыбыппыт. Мин итини, арааһа, олоҕум тухары умнубатым буолуо. Эн кэмпиэттэ ылыый, тоҕо көннөрү чэйи эрэ иһэҕин?

– Миэхэ маннык үчүгэй. Минньигэһи сөбүлээбэппин.

– Ол эн арыгыны сөбүлүүргүттэн. Буокканы иһэр дьон бары минньигэһи сөбүлээбэттэр. Эбэтэр төттөрүтүн буолар. Мин арыгы сытын да тулуйбаппын. Тута хотуолаары гынабын. Эһиги хайдах иһэргит буолла – адьас сатаан санаабаппын.

– Кыһалҕата суох иһэбит. Көннөрү үөрэниэххэ эрэ наада.

– Чэ сөп, – диэбитэ кини. – Ол суолтата суох. Мин эйиэхэ оҕолор тустарынан кэпсээн испитим… Кинилэр тустарынан наһаа элбэҕи кэпсиирим хайдаҕый?

– Үчүгэй. Миэхэ интэриэһинэй.

– Кинилэр эйиэхэ балтыҥ уонна быраатыҥ буолаллар буо.

– Да, да, мин өйдүүбүн.

– Сөп. Оттон Славка адьас атын. Кыра баҕайы эрээри, наһаа дьулуурдаах. Ханнык эрэ английскай тыллары үөрэтэр. Кылаабынайа, ким да кинини күһэйбэт ээ. Ханнык эрэ компьютернай оонньууга наада диир, ол оонньуу английскайдыы тылынан эрэ үһү. Өссө саахыматтыырга үөрэннэ. Онтон ыла хас күн аайы Николайы сордуур. Аны биир сылынан кинини кыайыам диир. Өсөһө сүрдээх.

Кини эмиэ мичээрдээбитэ.

– Оттон Наташка эбисийээнэ курдук кинини үтүктэн тахсар. Үс сылынан аҕа эрээри. Миэхэ кэлэн этэр – ат хайдах хаамарый? «Г» буукубанан икки дуу эбэтэр үс дуу килиэккэнэн? Оттон мин бэйэм да өйдөөбөппүн. Славкаттан ыйыттахпыт дии, хайыахпытый.

Марина туран ааны саппыта.

– Сороҕор, кырдьык, кыыһырсаллар. Биирдэ эмэ да буоллар, син биир оннук буолааччы. Иллэрээ күн Славка орон анныттан мээчиги ылаары гыммыта, ол кэмҥэ Наташка хараҕын симэн баран хос устун хаамыталыы сылдьара. Уонна киниэхэ эппитэ, өскөтүн эйигин үрдүгүттэн үктээтэхпинэ мин буруйум суох. Онтон, биллэн турар, тута үрдүттэн үктээбитэ…

₺103,61
Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
08 mayıs 2023
Yazıldığı tarih:
2021
Hacim:
230 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-6090-0
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:
Metin
Ortalama puan 5, 2 oylamaya göre
Metin PDF
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre