Kitabı oku: «Үйэ кирбиитигэр», sayfa 3

Yazı tipi:

Биллэн турар, Бекетов онно сөбүлэспэтэ. Өскөтүн төнүннэхтэринэ, ону истэннэр, ким даҕаны дьаhаах төлүө суоҕа. Оччоҕо олох сатамматтар.

Петр Бекетов суос бэринэ таарыйа «тойоҥҥутугар тиийэн этиҥ, сэриигэ бэлэмнэнниннэр» диэн илдьиттээтэ. Кини сахалар охторуттан тоһуур куйаҕынан хаххаланыахпыт, бэйэлэрин үрэр тимир саанан ытан дьулатыахпыт диэн бүк эрэнэр. Хаһаактар адьас эдэр саастарыттан сэриилэhэ үөрэммит дьон. Онон син биир тулутуохпут суоҕа диэн санаалара бөҕөх.

Ол эрээри Баатылы ууhун дьоно олус дьаныардаахтык утарыластылар. Күнү быhа быыстала суох барбыт кыргыһыыга уонтан тахса киhилэрин охторбуттарын кэннэ, дьэ бэринэн, тобуктуу түhэн, илиилэрин өрө ууннулар. Сорохторо тыаҕа куоттулар. Ноҕой Боотур төгүрүйбүттэрин кэннэ, икки баатыры кытта мүччү түhэн тыаҕа куотта.

Нууччалартан икки киhи өллө. Уонча киhи бааhырда. Иилэҕэс тимир куйахтаах, охтон хаххаланар щиттээх буоланнар, элбэх сүтүк тахсыбата. Хаһаактары бэриннэрэн баран, сэриигэ кыттыбыт дьону барыларын умса сытыартаан, үс хос тирии кымньыыларынан таhыйдылар. Дьинтиис оҕонньору бэйэтин эмиэ таhыйан сордоотулар. Кэhэлтэ буоллун.

Петр Бекетов санаата түстэ. Сир аайы маннык буоллаҕына куhаҕан буолсу. Туох да бэрээдэккэ, дьаhаах төлүүргэ үөрэммэтэх дьиикэй сахалары хайдах көннөртүүр? Утарыласпыт дьоҥҥо сымнаан биэрэр эбэтэр чаҕыйбыты, куттаммыты биллэрэр олох табыллыбат. Оччоҕо ким даҕаны дьаhааҕы төлүө суоҕа. Бачча ыраах сиргэ бэрт эрэйинэн кэлэн баран, дьиикэй омуктары государь кытаанах илиитигэр киллэрдэххэ табыллар. Киллэриэм диэн күүстээх санааны ылынан кэллэҕэ дии. Мантан төннүүhүлэр. Икки аҥыы хайдыhан, атын улуустарынан барыахтаах этилэр. Киhитэ аҕыйах. Соҕурууттан дьон эбии кэлэллэрэ буоллар…

Бэриммит сахаларга иин хастаран, өлбүт табаарыстарын көмтүлэр. Үрдүлэригэр кириэс туруордулар. Төннөллөрүгэр, олохтоохтору «утарыластыгыт, икки киhибитин өлөрдүгүт» диэн буруйдаан, хонууга мэччийэ сылдьар сүөhүлэрин көрбүттэрин барытын хомуйан, үүрэн илтилэр. Биир атыыр үөрүн эмиэ холбоотулар. Бааhырбыт аттарын саҥанан уларыттылар.

* * *

Амма өрүс киэҥ хочотугар Болугур ууhун аҕа баhылыга Боло Күүлэкээн оҕонньор улахан уолун Хомуоhу кытта олорор. Орто уолун Омоллоон боотур дьиэтэ-уота кинилэртэн чугас баар. Улахан хаhыы иhиллэр сирэ.

Оҕонньор дьиэтигэр олордоҕуна, таhыттан кулут уол киирэн, илинтэн аттаах киhи кэллэ диэн биллэрдэ. Ону «ортоку сэргэҕэ түhэриҥ» диэн дьаhайда.

Аан аhыллан түөhүгэр, санныгар куйахтаах баатыр киhи киирэн сүгүрүйэр.

– Нөрүөн нөргүй!

– Нөрүөн нөргүй! Бу хайа дьуортугунуй? Хантан кэллиҥ? – диэн Күүлэкээн ыйытар.

– Баатылы ууhа Дьинтиис баай уола Ноҕой боотур ыытта. Киэҥ киэлитигэр киллэрдин, тиэтэйэн иhэбин диир, – киирбит киhи ааҥҥа туран этэр.

– Дьинтиис баай уолугар ааным аhаҕас, – диэт, Күүлэкээн дьиэлээх дьахталларга ас бэлэмнииргэ соруйар.

Сотору сүүрбэттэн тахса аттаах, кураахтаах саалаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, тиэргэн иhэ туола түhэр. Ноҕой боотур дьиэҕэ киирэр. Хардарыта эҕэрдэлэhэллэр.

– Олорон түспэтийэр кыах суох. Нууччалар кэлэннэр сүөhүбүтүн үүрдүлэр. Ону эккирэтэн иhэбин. Эн үтүө ааккар үҥэ-сүктэ кэллим. Көмөлөс, – Ноҕой кэлбит соругун быhаччы этэр.

– Үүрдүлэр даа? Оттон эн бэйэлээх көрөн тураҥҥын хайдах былдьаттыҥ?

– Иhэр сурахтарын истэммин иҥэhэм быатын кылгатан6 көрсүбүтүм. Үрэр тимир сааларынан тоҕута ытыалаан кыайдылар. Бастыҥ баатырдарбын өлөрдүлэр. Кэлэн иhэммин Таатта үрэх сүнньүгэр олорор Нарыкааҥҥа уонна Кумаhаҕа сылдьаммын бастыҥ баатырдарын ыллым. Эйиэхэ эрэнэн кэллим. Көмөлөhүө диэн. Сүөhү үүрэр дьон айаннара бытаан буолуо.

– Оо, сүрүн! Төhө сүөhүнү үүрдүлэр?

– Элбэҕи. Атыыр үөрүн эмиэ холбоотулар.

– Бу атаҕастаатахтарын көрүҥ эрэ. Нохойдоор, Омоллоону ыҥырыҥ. Баатырдары мунньуҥ. Чэ, түргэнник, – диэт, саҥата суох истэн олорбут Хомуос туран кэлэр.

Кэлбит дьон, аhаан бараннар, ыраах айаҥҥа барыахтарын иннинэ утуйан ыллылар. Омоллоон баатырдарын ыҥыртаан, сарсыарда халлаан сырдыыта айаҥҥа турдулар. Барыта түөрт уонча киhи суолга киирэн субуhан, айаннатан дьигиhиттилэр. Уонча солбук аты сэтиилэнэн бардылар.

Омоллоон боотур дорҕоонноох аата, дьоhун сураҕа аатырбыта өр буолла. Ат бөҕө, кус быhый, бөдөҥ-садаҥ киhи. Уон сааhыттан кыргыс үөрэҕэр үөрэммитэ. Оҕоттон эрэ улахан уҥуохтаах, быhый, бэргэн буолан хайҕалга сылдьыбыта. Бухатыырдар тустарынан элбэх кэпсээни истэн улааппыта. Кини эмиэ бухатыыр буолан аар-саарга аатырыан баҕарара. Ким да утары көрбөт буолан, эдэригэр кыра тэппини истибэт, өhүргэс, хадаар майгылааҕа. Ону дьоно улаатан, өйдөннөҕүнэ, көнүө диэн мөхпөт, мээнэ сэмэлээбэт этилэр. Улаатан силгэтэ ситтэҕинэ, аҕа ууhун көмүскүө, араҥаччылыа диэн эрэнэ саныыр ыччаттара диэн кини этэ.

Биирдэ Төҥүлү баайа Быйаҥ ойуун кэлэн ыалдьыттаабыта. Боло Күүлэкээн ытык ыалдьыт кэлбитигэр, байтаhын биэни өлөртөрбүтэ. Онно Быйаҥ ойуун, уол аhамньытын сөҕөн, «бу уол моҕуhа бэрт эбит, Боруку Омоллоон диэн ааттыахха сөп эбит» диэбитэ. Уол ону өhүргэнэ истибитэ. Ити итинэн ааспыта.

Онтон үс сыл буолан баран, Быйаҥ ойуун дьиэтигэр олорон, уохтаах кымыстан сүһүөҕэр оҕустаран, дьиэ таhыгар тахсан сөрүүкүү олордоҕуна, эмискэ быыра ох кэлэн быарыгар батары түспүтэ. Быйаҥ иҥиир ситиитин таттаран, өрө титирэстии түhээт, өй ылан: «Бу хайа өстөөҕүм кэлэн өлөрдүҥ?» – диэн хаhыытаабыта. Онуоха тыа диэкиттэн: «Боруку Омоллоон кэллим!» – диэн хаhыы иhиллибит. Быйаҥ уолаттарыгар: «Болугур ууhугар сылдьан, орой мэник уолу оонньоон Боруку Омоллоон диэн ааттаабытым, бука, кини кэлэн өлөрдөҕө буолуо, ситиhиҥ», – диэн баран тыына быстыбыт.

Омоллоон ыар буруйу оҥорон баран Бүлүүгэ күрээбитэ. Быйаҥ аймахтара, түөрт уонча киhини тардан, Болугурга кэлбиттэрэ. Омоллоону көрдөөн баран булбакка, өс ситиhэн, Боло Күүлэкээн кыра уолун Чааппара диэн тоҕустаах оҕону өлөрөн, сэптэрин хааннаан баран төннүбүттэрэ. Оттон Омоллоон Бүлүүгэ тиийэн саһан үс сыл олорон баран эргиллибитэ.

Оттон Хомуос эмиэ кыргыс үөрэхтээх да, майгытынан көрсүө. Күүhүнэн бэйэтин уйуттар диэбит киhилэрэ. Ол эрээри бэрдимсийэ сатаабат, көннөрү урууга, ыhыахха эрэ тустар. Ханна да барбат-кэлбэт. Сүөhүтүн-аhын үчүгэйдик көрөр, үлэhит киhи. Күүлэкээн эдэр ойоҕуттан төрөппүт үhүс уола Чоху уончалаах эрэ оҕо.

Хаһаактар, сүөhү хаамыытынан айанныыр буоланнар, бытааннар. Эккирэтээччилэр ыаллартан сураhан, ханна тиийбиттэрин билэ истилэр.

Хаһаактар Чаачыгый диэн сиргэ кэлэн хоммуттар. Аара олорор оҕонньор бу сарсыарда туран барбыттара, ырааппатахтара буолуо диэтэ. Ону истэн, Төҥүлү диэн киэҥ алааска тиийэн хоно сыттахтарына, түүн саба түhэргэ быhаардылар.

Аны тиэтэйбэккэ, тохтоон утуйа-утуйа, бытааннык айаннаатылар. Төҥүлү киэҥ алааhын илин саҕатыгар кэлиилэригэр, уһун сиппэрэҥ ардах түhэн барда. Ох саа кирсэ ардахха сытыйдаҕына, сымнаан, уунан, ырааҕы кыайан тэппэт буолар. Онон куhаҕан буолсу. Хаһаактар чокуурунан эстэр тимир саалара ардахха эмиэ моhуогурууһу.

Хараҥарбытын кэннэ, күүтэ түhэн баран, аттаах дьон хайдыhан, киэҥ алаас икки өттүнэн субуhан бардылар. Алаас иhигэр элбэх сүөhү ыhылла тарҕанан мэччийэ сылдьар. Сүөhүлэри анараа өттүлэринэн эргийэн, саҥата суох хомуйан, илин диэки үүрдүлэр, ол кэмҥэ хаһаактар харабыллара айдааны тарта.

Ардах күүhүрэн, таҥаhы сытытта. Сарыы сонноро тымныынан хаарыйар. Хабыс-хараҥа. Күhүҥҥү ардах силбигэ куhаҕан. Киhини тоҥорор.

Сүөhүнү үүрэн киэҥ алаас илин өттүгэр чугаhаан эрдэхтэринэ, хаһаактар аттаах сэриилэрэ боруора харааран ситэн кэллилэр.

Омоллоон, иҥэhэтигэр туран, ынан кэлбит нуучча атын батыйатынан баска сырбатар. Ат, чугурус гынаат, төбөтүн хойуоллаҥнатта. Иккис хаһаак атын эмиэ төбөҕө биэрэн буксутта. Баатырдар охсуhан, кылыс тыаhа бачырҕас буолла. Сахалар, охсуhа-охсуhа, сүөhүнү кытта чугуйаллар. Нууччалар, охсуhан иhэннэр, бэйэлэрин тылларынан хаhыытаhан тохтоотулар. Бекетов сахалар, баҕар, соруйан чугуйбуттара буолуо, тыа саҕатыгар илдьэн, элбэх буолан эргийэн саба түhүөхтэрэ диэн сэрэхэдийдэ. Хараҥаҕа төhө да сэрииhит киhи хорсун санаата мөлтүүр.

Баатырдар, хаһаактар чугуйбуттарын билэн, үргэн ыhыллыбыт сүөhүлэри хомуйан суолга киллэрдилэр.

* * *

Петр Бекетов үүрэн иhэр сүөhүтүн былдьатан кэлэн баран, Мэҥэ баайын Босхоҥ Боруохалы баран боҕутуннарар санаалаах. Ааспыкка онно тахсан тэриллиилээх утарсыыны көрсөн, улахан ордууларыгар тиийбэккэ төннүбүттэрэ. Ол куhаҕан. Таатта үрэҕэр олорор сахалар, баҕар, ону истэннэр улахан утарсыыны оҥорбуттара буолуо. Саатар, хоннохторун анныгар баар чугас улууhу самнардахтарына сатанар. Бу дойдуга таах таалалыы кэлбэтэхтэрэ.

Үс хонукка сынньанан баран, эмиэ оҥостон-тэринэн бохуокка бардылар. Урут сылдьыбыт сирдэрэ буолан, суолун-ииhин билэллэр. Түүн утуйа сыттахтарына тиийэн саба түhэр былааннаахтар.

Босхоҥ Боруохал баатырдарын мунньан баран, туох да харабыла-тойо суох утуйа сыттахтарына, эмискэ ыт үрэрин кытта, дьиэлэрин сарт7 түннүгэ эhиллээт, сүрдээх улахан тыас дэлби барбытыгар соhуйан уhугуннулар. Сонно тута аан тэлэйэ бараат, хаһаактар улахан тэрэгэр сүгэлэрин туппутунан көтөн түспүттэригэр, уолуйан хаалбыт баатырдар утарсыыны оҥорботулар даҕаны.

Оhоххо от, туос быраҕыллан умайан сырдаабыт дьиэҕэ, хаһаактар баатырдар сааларын-сэптэрин суйдаан, үлтү көбүөлээн таhырдьа таhааран сиргэ умса сытыардылар. Оттон иккис кыра дьиэҕэ утуйбут баатырдар сүгүн бэриммэккэ охсуhуу буолла. Ол эрээри кинилэр да уhаабатылар. Тимир сааны тыаhатан, уолутан, сотору бэриннэрдилэр. Биир киhи орон анныгар киирэн саспытын атаҕыттан соhон таhаардылар. Хаhыы-ыhыы, күргүйдээhин, тыас-уус, оҕо ытааhына, дьахталлар сарылаhыылара, олоппос түҥнэри тэбиллиитэ эҥин, күөдэл-таhаа бөҕө буолла. Бэриммит эр дьону барыларын таhырдьа таhаартаан кэккэлэччи сиргэ сытыартаан баран кымньыынан таhыйдылар. «Аны утарыластаххытына өлөртүөхпүт» диэн Петрушканан этиттэрдилэр. Босхоҥ Боруохалы бэйэтин эмиэ таhыйдылар. Эбиитигэр «дьаhааҕы төлүөхпүт» диэн тылларын ыллылар.

Утарыласпыт дьоҥҥо кымньыы хайаан да наада. Сымнаан биэрдэхтэринэ, ким даҕаны дьаhаах төлүө суоҕа. Дөксө бастарын быhыахтара. Ханна баҕарар, хаhан баҕарар күүстээх уонна баламат буоллаххына ытыктыыллар, куттаналлар. Күүс өттүнэн күhэйии хайаан даҕаны баар буоллаҕына табыллыах курдук буолан иhэр.

* * *

Петр Бекетов Иван Колмогоров диэн десятник баhылыктаах биэс хаһаагы кытта промысловиктары өрүс үөhээ өттүгэр ыытта. Онно тиийэн бэлэм симиэбийэҕэ кыстаан олорон, тоҥустартан дьаhаах хомуйуохтара, бултуохтара.

Дьыл ыраатта. Бекетов мантан күhүн ханна да аралдьыйбакка, остуруок тутуутугар үлэлиир санаалаах. Дьонун барытын үлэҕэ туруорда. Тымныы түhэ илигинэ саҥа дьиэҕэ көстөхтөрүнэ табыллар. Остуруок тутуллара хайаан да наада. Сахалар, баҕар, түмсэн кэлэн саба түhүөхтэрэ.

Бу дойду элбэх балыктаах, бултаах дойду эбит. Аҕыйах киhи өрүскэ киирэн муҥхалаан, сибиэhэй балыгы сииллэр. Үксэ күстэх, алыhар, сордоҥ кэлэр.

Билигин күн аайы тутууга үлэлииллэр. Сахалар эмиэ кэлэн көмөлөhөллөр. Нууччаларга кэлэн үлэлиир дьон эт сиэн абыраннылар. Оттон дьиэлэригэр буоллаҕына, эти идэhэ өлөрдөхтөрүнэ эрэ сиэччилэр.

Нууччалар сытыары эркиннээх олорор дьиэ, ампаар туталлар. Сорохтор уhуктаах төбөлөөх, үрдүк, сонос баҕаналары сири хаhан хороччу туруораллар. Оннук уhуктаах баҕаналары дьиэ тула кэккэлэччи туруоран, киhи кыайан киирбэт хахханы оҥороллор. Ол иhин остуруок диэн ааттанар.

Сахалар икки туруорбах балаҕаны тута сылдьаллар. Сорохтор остуруок таhыгар улахан хотонноох балаҕаны, кыбыы, дал туталлар. Хаһаактар кыhын уон ынаҕы ыатар санаалаахтар. Онно олохтоохтору аҕалан үлэлэтиэхтэрэ. Билигин ол ынахтарын ыалга туруораллар.

Үлэ элбэх. Сүгэ тыаhа бачырҕас. Икки саха, тутуллан эрэр дьиэ үрдүгэр тахсан, үрүт мастары кэккэлэччи уурталаан ыпсарар. Икки нуучча дүлүҥ үрдүгэр сынньана олорор. Биирдэрэ үрдүк уҥуохтаах, кугас бытыктаах. Иккиhэ намыhах, кыра хара бытыктаах.

– Смотри, как мастерит, – диэн улахан уҥуохтааҕа саҥарар.

– Он же человек, – кырата көхсүн этитэн баран сиргэ силлиир.

– Он, конечно, человек. Но странный.

– Они тоже думают, наверно, что мы странные.

– Ихнюю душу Христос даже не ведает. Прости, господи. Ведь они не христиане.

– А вот Петрушка крещеный. Он тоже якут.

– Петрушка наш. А этот якут рубанет тебя топором по башке и не подумает, что согрешил.

Кыра муруннаах, кэтит мэлтэгэр эттээх сирэйдээх саха доҕоруттан ыйытар:

– Ити нууччалар тугу кэпсэтэллэрэ буолуой?

– Киммилэр, доҕоор. Бука, тойоттор көрбөттөрүгэр сынньана түhүөххэ дииллэрэ буолуо. Ити улахан уҥуохтааҕа сүрэҕэ суох киhи быhыылаах, сотору-сотору сынньанар. Кыратык сыҕарыт эрэ, – иккиhэ үлэлиирин тохтоппокко эрэ саҥарар.

* * *

Күhүн буолан сөрүүдүйэн, үлэлииргэ үчүгэй буолла. Сахаларга тутуу маhын тыаттан оҕустаах сыарҕанан сыылларан таhаллар. Сорох маhы мыраан үрдүттэн түhэрэллэр. Элбэх киhи күргүөмүнэн үлэлээн, балаҕан ыйын бүтүүтэ хас да дьиэни тутан бүтэрдилэр. Саҥа дьиэлэри уhуктаах мас кириэппэhинэн эргиттилэр. Аллара көhөн, үрдүттэн олорон үлэлииллэр.

Петр Бекетов маннык улахан событиены суруйтаран, государга биллэрэргэ сананна. Суруксут кэлэн, суруйаары кумааҕытын иннигэр ууран, хаас куорсунун төбөтүн чэрэниилэҕэ уган бэлэмнэммитин кэннэ, атамаан, төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, тугу суруйуохтааҕын этэр. Маҥнай, үгэс быhыытынан, государь чыынын-хаанын, аатын, сылы, күнү суруйтарда.

– Того же году сентября в двадцать пятый день по государеву цареву, – диэн баран Бекетов суруксут суруйан бүтэрэрин кэтэhэ түhэр. Онтон салгыы этэр: – Цареву и великого князя Михаила Федоровича всея Руси, указу поставил я, Петрушка, с казаками… Нет, не пиши с казаками. Пиши с служивыми людьми. Написал? Дальше так. С служивыми людьми на Лене реке острог. Острог для государева величества в дальней окраине и для государева ясачного сбору. Написал?

– Да, – суруксут суруйан бүтэрэн баран этэр.

– Так пиши. Ясачного сбору и для приезду якутских людей. А преж того на Лене реке и в якольской земле государева острогу не бывало нигде. Написал?

– Да.

– А поставил государева новый острожок я, Петрушка, против якуцкого князца Мымакова улуса и меж иными, – диэн баран суруксут суруйан бүтэрэрин кэтэhэн тохтуу түhэр. – Многими улусами среди всей якуцкой земли.

Суруксут суруйан бүтэрбитин кэннэ аахтаран истэр.

– Хорошо. Еще пиши – и отныне, вся Якуцкая земля считаю государевай землей Российской. И все. Дай подпишу, – Бекетов суруксут суруйбут суругар илии баттаан баран, кииhи кытаахтаабыт хотой ойуулаах бэчээтин ууран бигэргэттэ.

* * *

Саҥа остуруок тутуллубут малааhыныгар хоhо суох киэҥ истээх, ортотугар тулааhын баҕаналаах саамай улахан дьиэлэригэр мустан аhаатылар. Быраага көөнньөрөн истилэр.

Сахалар малааhыҥҥа атын кыра балаҕаҥҥа муhуннулар. Нуучча арыгытын истилэр, килиэбин сиэтилэр. Нууччалар хас да саха кыыһын, дьахтарын тутан аҕаланнар, ясырь диэн ааттаан олордоллор. Ол дьахталлар астарын астыыллар уонна түүҥҥү ойох буолаллар.

– Бу бурдук астара үчүгэй ас эбит, – хара бытыктаах улахан саха киhитэ тутан олорор килиэбин көрбөхтүүр.

– Биhиэхэ дьэ киhи астынар гына амсаттылар. Бэйэлэрэ күн аайы сииллэр үhү, – Хачарба диэн ааттаах кыра уҥуохтаах киhи килиэби айаҕар уган ыстыыр.

– Нууччалар бодорустахха судургу эбиттэр. Дьон дьон курдуктар, – үhүс киhи саҥата иhиллэр.

– Хата, кимнээҕэр үчүгэйдик аhаталлар. Мин Сымыhах баайга дьиэ туппутум. Онно үлэhиттэрин кур сыhык этинэн, хара иhинэн аhатара. Ону даҕаны тото-хана сиэппэт, – Хара Бытык миинтэн баhан сыпсырыйар.

– Нууччалар талаан аҕалбыт сылгыларын этинэн аhаталлар, – кытыыга олорор киhи саҥата иhиллэр.

– Туох да диэбит иhин, нууччалар – үчүгэй дьон, – үhүс киhи көмүскэhэр. – Ити акаары дьон нууччалары утарсаллар. Ох саалаах эрэ эрээри, тимир саалаах дьону кытта охсуhан өлөллөр. Хаhан кинилэри кыайаары. Нууччалар киис тириитин көрдүүллэр. Ону биэрэ-биэрэ олордуннар ээ, хам бааччы. Оччоҕо тыытыа суох этилэр.

– Доҕоттоор, бу олорон, мин биири санаан кэллим. Ону кэпсиибин дуо? – Хара Бытык дьонун эргиччи көрөр.

– Кэпсээ.

– Үнүр тыаҕа икки нууччаны кытта мас кэрдэ таҕыстым. Онно, арай, тииккэ моҕотой чыбыгыраан таҕыста. Биhиги түhэрээри, тула туран маhынан быраҕаттаатыбыт. Онно мин хамсаабакка туран, соруйан, сиргэ түhэн сүүрбүт моҕотойу куоттаран кэбистим.

– Тоҕо?

– Эмискэ санаатым – бу атын омуктар кэлэн, маспытын кэрдэн, кыылбытын-сүөлбүтүн өлөрөн эрдэхтэрэ диэн. Көр, моҕотойу кытары харыhыйдым ээ. Киhи оннук буолар эбит…

Бары саҥата суох санааҕа түстүлэр.

* * *

Промысловиктар ыраах тиийэн бултаары, биир кочанан аллара диэки устубуттара. Алдан өрүс төрдүгэр тиийэн, кыра үүтээн дьиэ туттан, кыстаан олорон бултуур санаалаахтар. Аҕыйах киhи чугас эргин сылдьан бултуур. Оттон хаһаактар тутууга үлэлииллэр. Остуруок тутуута билигин даҕаны ситэрэ ыраах. Сорох дьиэлэргэ орон да, оhох да оҥоhулла илик.

Хаар түспүтүн кэннэ, сахалар от-мас тиэйиитигэр үлэлээтилэр. Сорохтор дьиэбит үлэтэ хаалла диэн көҥүллэтэн бардылар. Остуруок иhигэр тутуллубут саха балаҕаныгар ясырь дьахталлар олороллор. Иккис саха балаҕана аманаакка ананан тутуллубута. Онно киис тириитин аҕалартан аккаастаммыт аҕа ууhун баhылыгын эбэтэр харыhыктаах киhилэрин аҕалан хаайан сытыарыахтаахтар. Дөксө «съезжая изба» диэн ааттанар, саха тойотторун көрсөр эҥин улахан балаҕан тутуллуохтаах.

Алтынньы – албын ый. Төhө да хаар түспүтүн иhин, ичигэс буолар. Күн кэм да уhун. Хаар чараас буолан, булка хаамарга үчүгэй. Бу кэмҥэ булт элбиир. Улааппыт, сиппит кыыл оҕото мэнээктээн, чараас хаарга суола-ииhэ дэлэйэр. Ону көрө-көрө кэлии киһи күндү түүлээх элбэх дойдута эбит дии саныыр. Баайы-дуолу сомсон ыларга ымсыы, оҕуруктаах санаата күүhүрэр. Саха баайдара элбэх түүлээхтээх эрээрилэр соруйан кистииллэр дэhэллэр.

Сэтинньи ый үүннэ. Хаар халыҥаан, күн кылгаан, халлаан тымныйан барда. Киис тириитэ эрдэ ситэр. Тоҕо эрэ биир да киис тириитин аҕала иликтэр. Ол эрээри билигин эрдэ. Булчуттар тыаттан киирэ иликтэрэ буолуо. Ахсынньы ый үүннэҕинэ аҕалыахтара.

Ый ортотун диэки Өйүк баай ыыппыт киhитэ биэс уон кииhи аҕалан туттарда. Онтон сотору Мымах баай кэлэн, түөрт уон киис тириитин биэрдэ. Бекетов кинини үчүгэйдик көрүстэ. Ол эрээри «элбэх дьонноох эрээригин кыраны аҕалбыккын» диэтэ.

Ахсынньы саҥатыгар Лөгөй тойон түөрт уон кииhи аҕалла. Билигин кииhи күргүөмүнэн аҕалыахтаах этилэр да, мэлигир. Олох мэлитээри гыннылар дуу диэбиттэрин кэннэ, били дьаhаах төлүөх буолан андаҕайбыт Мэҥэттэн Босхоҥ Боруохал отут кииhи аҕалла. Улахан аҕа ууhун аатыттан диэтэххэ аҕыйах.

Ахсынньы бүтүүтэ онтон-мантан кэлитэлээтилэр да, сүүрбэччэлии, бэл, уоннуу эрэ киис тириитин аҕалан туттардылар. Холобур, Нөөрүктээйи тойоно Чыппа Кэрэмэй уон икки эрэ киис тириитин ыыппыт. Ноҕой боотуртан сүүрбэ киис тириитэ кэллэ. Арай Хатылы баайа Аан Үөчэй алта уон киис тириитин ыыппыт.

Тохсунньу ый ортотугар диэри кэтэстилэр да, икки эрэ киhи кэлэн барда. Халыҥ хаҥаластар мэлиттилэр. Кинилэртэн Өйүк эрэ ыыппыта. Дыгын уолаттара биллибэтилэр.

Петр Бекетов десятниктары, пятидесятниктары, сааhырбыт хаһаактары кытары сүбэлэhэргэ быhаарынна. Маннык быhыы салҕанан бардаҕына, хайдах да табыллыа суох. Саха балаҕаныгар киирэн, остуол тула олордулар.

– Казаки, вы видели, иноземцы дурны и не послушны, – диэн Бекетов этиитин саҕалаата. – Слишком мало ясака привезли. От иных совсем нет. Что будем делать? Как привести их под великую государева руку?

Хаһаактар бэйэ-бэйэлэрин көрсөн саҥата суох олордулар. Ким саҕалыырын кэтэhэллэр быhыылаах. Онтон Тимофей диэн сааhырбыт хаһаак:

– Аны сайын соҕурууттан дьон эбии кэлэллэрин кэтэhиэххэ, – диэн эттэ.

Бекетов сөбүлэспэтэх курдук баhын хамсатан баран, этэр:

– Не горазд ты, Тимофей Петрович, говорит. У меня сумненья есть, что придет много людей. Якутскую орду можно малыми силами покорить.

– Истинно так, – Василий диэн хаһаак өндөх гынар. – Их только жестокими приступами можно смирять. Детей и жен полон взять, дома их жечь. Чтобы иноземцы слышали государеву грозу и боялись, и государев ясак привозили. Только так. Других слов они не понимают.

– Надо идти со всеми своими людьми в улус и громить, – эдэр Осип Галкин сутуругунан остуолу охсор. Кини – Иван Галкин быраата.

– Да, смирять можно только войною. Но небольшим разореньем, чтобы ясачной казне ущерба не было, – диэн Бекетов кэпсэтиини түмүктүүр.

Биир улууhу баран урусхаллаатахпытына, атыттар истэннэр утарылаhыахтара суоҕа, дөксө дьаhаах аҕалыахтара диэн түмүккэ кэллилэр. Онтон хайа улууска барары быhаардылар. Оччо ырааҕа эбэтэр олус чугаhа суох сир буолуохтаах диэтилэр. Биир хаһаак Дүпсүҥҥэ барарга этии киллэрдэ. Иван Галкиҥҥа дүпсүннэр улахан утарсыыны оҥорбуттара. Быйыл буоллаҕына дьаhааҕы аҕалбатылар. Сэрэппэккэ эрэ урусхаллыыр сатамньыта суох буолуо, маҥнай алта-сэттэ хаһаагы ыытан кэпсэтиннэрэн көрөргө диэн этии киирбитигэр сөбүлэстилэр.

* * *

Олунньу ыйга били ааспыт сайын өрүс үөhээ өттүгэр кыстыы барбыт дьон табыллыбакка эргиллэн кэллилэр. Тоҥустартан дьаhаах хомуйан, бултаан кыстыахпыт дии санаан барбыттара. Кыстаан олордохторуна, тоҥустар кэлэн саба түспүттэр. Онно нэhиилэ көмүскэнэн, аманаакка тутуллубут икки киhини босхолоон ыыппыттар. Ол эрэ кэнниттэн сэриилээбит тоҥустар барбыттар. Ытыалаhыыга баhылыктара Иван Колмогоров оххо табыллан өлбүт. Үксүлэрэ бааhырбыт. Онон төннүүhүбүт диэбиттэр. Эйэлээх тоҥустар баар буоланнар, сахалар олорор сирдэригэр диэри табанан түhэрбиттэр.

Сахаларга кэлэн биэс аты атыыласпыттар. Манна биир аты сэттэ киис тириитигэр ылаллара. Онно буоллаҕына уоннуу киискэ атыыласпыттар. Нэhиилэ тыыннаах эргиллэн кэлбиттэригэр үөрүү.

Кулун тутар ыйга улахан тымныы уларыйан, күнүс күн уоттанан, салгын арыый сылыйар. Күн уhаата, онон бохуокка барарга сөп буолла. Сырыыга-айаҥҥа, араллааҥҥа үөрэммит, дьиэлэригэр сытан тэhийбэтэх хаһаактар Дүпсүҥҥэ барар буолбуттарыгар үөрүүнэн хомуннулар. Маҥнай сэттэ киhилээх бөлөх айаҥҥа турда. Биир тылбаасчыты илдьэ бардылар. Сарсыҥҥытыгар Бекетов сүрүн күүhэ хоҥунна.

Маҥнайгы бөлөх дүпсүннэр ордууларыгар чугаhаабытын кэннэ, айан суолун кытыытыгар олорор ыал таhыттан киhи тахсан, ыҥыырдаах ат үрдүгэр түhэн, тиэтэлинэн сүүрдүбүтүн көрдүлэр. Ол аата утарылаhар сибикилэрэ билиннэ. Көннөрү иhэллэр диэн этэ барда дуу?

Маҥнайгы бөлөх тиийбитигэр ордууга олох чугаhаппакка, кэпсэппэккэ даҕаны, оҕунан ытыалаан төттөрү кыйдаатылар. Онон табыллыбакка, ыалга төннөн, сүрүн күүстэрэ кэлэрин кэтэстилэр.

Бекетов этэрээтэ кэлэн, ыалга хонон, сынньанан баран, ордууга тиийэргэ быhаардылар. Дьиэҕэ баппакка сорохтор алаас уҥуор көстөр ыалга тиийэн хоннулар.

Дьиэлээхтэр этэллэринэн, ордууга элбэх киhи мустубут үhү. Атын сиртэн баатырдары эмиэ аҕалбыттар. Тула балбааҕынан эҥин бөҕөргөтүү оҥостуммуттар. Онон утарылаhарга санаммыт дьону сарсын тиийэн сэриилииргэ диэн быhаардылар.

Сарсыныгар туран, аhаан-сиэн баран, туох эрэ булка барар курдук оҥостон, ордууга бардылар. Тиийэн, тыа саҕатыгар тохтоон, аттарын тииккэ баайталаатылар.

Дүпсүннэр ордуулара диэн балаҕан, ол таhыгар эмиэ улахан хотонноох балаҕан, хоспох, сарай баар. Онон бүтэр. Ордууну тула балбааҕынан, мууhунан, чигди хаарынан, мас ураhаны көтүрэн эҥин буом-хахха оҥорбуттар.

Айан суолунан элбэх аттаах дьон кэлэн тохтообуттарын көрөн, олохтоохтор, көмүскэнэргэ бэлэмнэнэн, дьиэттэн сүүрэн тахсаллара көстөр. Саба түһээччилэр тэрэгэр сүгэлэрэ килбэҥниирин, тимир саалара хороҥнуурун көрөр буолуохтаахтар. Хаһаактар бойобуой сүгэлэрэ биилээх тэрэгэрин уhуна биир хаамыы. Тимирэ чараас буолан чэпчэки. Уhун мас уктаах. Кылгас батастаах дьону сууhарарга олус табыгастаах.

Нууччалар куйаҕынан хаххаланан, оҕунан ытыалыылларыгар кыhаммакка чугаhаан, тарҕана тэнийэн, буомҥа ыкса кэлэннэр, уhун уктаах сүгэлэрин, кылыстарын кылбаҥнаппытынан бардылар. Баатырдар батыйаларынан охсуhан көрдүлэр да, баhыйтараллара билиннэ. Онно-манна охтуталаатылар. Хаһаактар хары хапсыhыытыгар кыайа-хото туттулар. Хаhыылара да салытыннарда. Улахан сэриигэ охсуhа үөрэммэтэх баатырдар, хас да киhилэрэ охтубутун көрөн, дьиэҕэ куоттулар. Киирээт, ааннарын иhиттэн олуйан кэбистилэр.

Нууччалартан биир да киhи охтубата. Аҕыйах киhи бааhырбыт. Кинилэри ырбаахы курдук кэтиллэр иилэҕэс тимир куйахтара, щиттэрэ абырыыр. Буом иhигэр киирэн, икки дьиэни төгүрүйдүлэр.

Маҥнайгы дьиэ аанын тоҥсуйан көрдүлэр. Аспаттар. Онтон аан халҕанын сүгэнэн охсуолаан лүҥсүйэллэрин кытта, дьиэ иhигэр оҕо ытыыра, дьахтар сарылыыра иhилиннэ. Тирии бүрүөhүннээх хаптаhын халҕаны өр гымматылар, сотору тоҕута-хайыта охсуолаан аҥаттылар.

Аhаҕас аанынан тимир саа уоhа быгаат, сүрдээх улахан тыас дэлби барбытыгар, сахалар бары уолуйан хааллылар. Сонно тута куйахтаах хаһаактар буорах буруотун быыhынан, дьиэҕэ көтөн түhэн, батыйа туппут баатырдары сүгэ хаптаҕайынан самнарыта биэртэлээн охтордулар.

Биир эмээхсин өмүрэн, ытыhын таhыйа-таhыйа бабыгыраабытын, тиэрэ анньан кэбистилэр. Сорох эдэр баатырдар сүрдээх улахан тыас дэлби баран, дьиэ иhигэр буруо бурҕас гыммытыгар, илиилэрэ-атахтара кыайан хамсаабат буолуор диэри уолуйдулар. Эр дьону барыларын дьиэ ортотугар умса сытыартаатылар. Туох да үлүгэрдээх ый-хай буолла.

Аны иккис хотонноох балаҕаны ылаллара хаалла. Дьиэ, хотон ааннарын эмиэ иhиттэн олунан кэбиспиттэр. Хаһаактар эргийэн, тула турдулар.

Ааны тоҥсуйдулар. Петр Бекетов маҥнайгы дьиэни, сааны тыаhатан, дөбөҥнүк ылбыттарын кэннэ, иккис дьиэ дьоно түргэнник бэриниэхтэрэ дии санаабыта. Эмиэ сүгүн бэриммэт, утарылаhар дьон буоллулар.

– Ломайте! – Бекетов абара санаата.

Халҕаны тоҕута-хайыта сыспыттарыгар, иhирдьэ эмиэ аймалҕан буолла. Сотору киирэр аан аҥас гынна. Кытыы хаптаhын хайдан, тостон баран ситэ арахсыбакка иҥнэн турарын ылан туора быраҕаары илиитин ууммут хаһаак, хардьыгынаабытынан охтон түhэн иhэн, тиэрэ эргилиннэ. Уолугун үүтүнэн ох батары сааллан курдаттыы тахсыбыт. Хоройо сылдьар.

– Тащите сена! – диэн Бекетов дьаhал биэрэр.

Кыбыыттан оту көтөҕөн аҕала-аҕала аанынан иhирдьэ симтилэр. Иhирдьэттэн оту төттөрү быраҕа сатыыллар. Көмүскэнээччилэр дьиэ иhиттэн муус түннүктэри тиэрэ анньан аҥас гыннаран, оту аhаҕаhынан таhырдьа быраҕаттаатылар. Ону хаһаактар төттөрү симэллэр. Иhирдьэ оҕо ытыыра, дьон айманар саҥата сүрдэннэ. Сорох хаһаактар кыбыыттан от эбии көтөҕөн аҕалаллар. Ону биир хаһаак атырдьаҕынан анньан ылан, аhаҕас аанынан иhирдьэ быраҕаттыыр, симэр.

– Огня! Через дверь пусть убегают. Не трогайте, – Бекетов ким куотар куоттун дии саныыр.

Иккис дьиэттэн чабычаҕы хайыта тыытан, уматан баран аҕалан иhирдьэ быраҕаллар. Сонно тута дьиэ иhигэр уот умайан сандаарыс гынар. Иhирдьэ тилигирэhии, сары-ору бөҕө буолла. Ким эрэ түннүгүнэн тахсаары төбөтө быган иhэн, сууллан иhирдьэ тимис гынна. Дьон уоттан тэскилээн, дьиэттэн хотоҥҥо киирэр кыараҕас ааҥҥа бөлүөхсэн симилиннилэр, тэпсистилэр да быhыылаах. Дьиэ аhаҕас аанынан таҥаhа умайбыт киhи ойон тахсан хаарга үҥкүрүйдэ. Биир хаһаак бэргэhэтин устан уот төлөнүн умуруораары сабыта охсуолаата.

Иhирдьэ дьон кыланара, буруоҕа тумнастан тыын былдьаһан хардьыгыныыллара иhиллэр. Ити икки ардыгар уот төлөнө аанынан, түннүктэринэн кытары кыыhан таҕыста. Хотоҥҥо уот, буруо киирэн сүөhүлэр оруластылар. Онтон дьон саҥата ньим барда. Хотон аанынан аҕыйах киhи куотан, тоҕо эрэ бары тыа диэки сүүрдүлэр. Биир киhи буруону эҕирийэн, хотон аанынан тахсан иhэн оҕунна. Ону таhырдьа соhон таhаардылар.

Уот сэтэрэн, өрө күүдэпчилэнэн, хара буруону кытта, үрүҥ паар үөhэ хоройон таҕыста. Барыта бүттэ…

Бары хомунан, аттарын диэки хааман суол устун субурустулар. Өлбүт хаһаагы сахалар ыҥыырдаах аттарыгар туора ууран, баайан илтилэр. Остуруок таhыгар илдьэн христианскай абыычайынан көмүөхтэрэ.

Сахалары уодьуганнаан, сыалларын ситиспит курдуктар да, кыайыы-хотуу, өрөгөй үөрүүтэ суох. Кулгаахтарыгар оҕолор ытаhыылара, дьахталлар сарылааhыннара, өлөн эрээчччилэр хоhооно суох улуйар саҥалара иhиллэргэ дылы. Киhи кэлэйиэн курдук дьаабыта буолла. Маҥнайгы дьиэҕэ баар бэриммит сахалары тыыннаах хаалларбыттара кэлин кэмсиммит санааларын уҕарыппат. Аттарыгар тиийэн, сирэй-сирэйдэрин көрсүбэккэ, миинэн, салайан суолга киллэрдилэр.

Суол устун субуhа айаннаан, биир ыалга тиийэн хоноору тохтоотулар. Сорохтор ааhа бардылар. Ыал дьиэтэ кыараҕас. Элбэх аты аhатан хоннорор отторо да кэмчи.

Киэhэ аhыы олорон сааhырбыт хаһаак Тимофей Бекетовы сэмэлиирдии саҥарар:

– Душу свою осквернили, Петр. Дом сожгли с людьми. Там же были женщины и дети…

– А что поделаешь. Так получилось. Якуты сами виноваты. Ерофея убили, – Бекетов аргыый саҥарар.

– Они тоже люди. Когда им плохо – плачут, когда весело – смеются. В священной книге сказано, все люди – братья.

– До бога высоко, до царя далеко, – диэн биир хаһаак эппитигэр, ким даҕаны көх-нэм буолбата.

– Мне также их жаль, – Бекетов ким-хайа иннинэ кини эппиэттиэхтээҕин билэр. – Я убил сто иноземцев, чтобы сохранить жизнь тысячам. Чтобы служивых людей не побивали и ясак платили. Только жестокими приступами их можно смирять.

– Так оно конечно так, – Тимофей эмиэ да сөбүлэhэр. – Но как-то другими методами. Не так жестоко.

– А как? Научи.

– Не знаю. Но я привык воевать с воином, а не с бабами и детьми.

– Они прятались у своих баб и убили казака.

– Убили, потому что мы начали ломать дверь.

– Ладно. Не будем об этом говорить. Царский наказ велит непослушных смирять войною. Покорение иноземцев никогда не бывает без жертвы.

– Как бы их от государева руку прочь не отгонять.

– Они никуда не уйдут. Говорят, кругом тайга, горы. Вот увидишь, вскоре с ясаком придут в острог.

Хаһаактар дүпсүннэри урусхаллаабыттарын, кыс хаар ортото дьиэлэрин уоттаабыттарын, онно оҕолор, дьахталлар умайан өлбүттэрин туhунан ынырык сурах сир-сир аайы долгун курдук тарҕанна.

Сотору урут дьаһаах төлөөбөтөх аҕа уустарын баhылыктара остуруокка кэлитэлээтилэр. Бэл, урусхалламмыт аймахтан Дүпсүнтэн тойонноро Өспөх кэлэн дьаhаах төлөөн, бас бэринэрин биллэрдэ. Дыгын уолаттара Өлкөрөй, Чаллаайы киис кэhиилээх кэллилэр. Бахсыттан Түhүлгэ, Нөөрүктээйиттэн Чыппа Кэрэмэй, ыраах Иэгэдэй ууhуттан Модьукаан уола Тиhикээн кэлэн бардылар.

Онон Бекетов эппитин курдук буолла, оҕуруотааҕар кымньыы ордук эбит дэһэллэр хаһаактар.

* * *

Муус устар – ичигэс ый. Аламай күн үөhэ тэгилийэн тахсан, күөх урсунтан чаҕылыйа тыгар. Күнтэн күн үүннэҕин аайы салгын сылыйан, хаар суоллан, чарааhаан, ый бүтүүтэ сир хараарар. Онно-манна сыккыс уута сүүрэн дьирибиниир, холдьугуруур. Саҥа кэлбит тылбыйар кынаттаах элбиир.

Саас барахсан кэлэрин ордук дьадаҥы ыал кэтэhэр. Ас быстан, тиит субатын кыhыйан үссэммит дьоҥҥо ынах төрүүрэ – үлүскэн үөрүү. Тордуохтаах иккис ынахтара төрөөн үөртэ. Үhүс ынахтара Маҥаачай синньии илик. Күөххэ үктэнэн баран төрүүрэ буолуо. Онон мантан инньэ үрүҥ ас баар.

Саттаар куртуйахха туhахтаан хаhы да ылла. Өрөөбө былдьырыыкка, бараахха, куска тиргэлиир. Тордуох туутун угаары ырбыы тахсарын кэтэhэр.

Ханна эрэ сэрии, өлөрсүү, сор-муҥ буоларын алааска бүгэн олорор киhи билбэт, үhү-таамах курдук сураҕын эрэ истэр. Саттаар күhүн аҕатыныын Мымах баайга бүтэй туппуттара. Ол төлөбүрүгэр диэн, сап-саhархай буолуор диэри ыыhаммыт чараас сарыыны биэрбитэ. Онон мааныга кэтэр сайыҥҥы сону тиктэрбитэ. Урукку сонугар холоотоххо, сымнаҕаhа, чарааhа, үчүгэйэ сүрдээх. Үчүгэйдик ыыhаммыт сарыы сытыйан баран тартаччы хаппат. Ардахха сытыйдаҕына, кыратык сараҕытан баран, имитэн кэбистиҥ да бэйэтэ бэйэтинэн буола түhэр.

Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
08 mayıs 2023
Hacim:
340 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-4096-4
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi: