Kitabı oku: «Төлкө», sayfa 5
VI
Харатаайап кулуба суос-соҕотох кыыһын эргэ биэрэр буолан, улуус үрдүнэн урут хаһан да тэриллибэтэх урууну тэрийэр.
Улууһун баайдарын, нэһилиэктэрин кинээстэрин, аҕабыыты мааны дьиэтигэр туспа мунньан күндүлүүр. Манна үрүҥ буулка, амтаннаах кыһыл арыгы, кыһыллыбыт хатыыс, туут балык сыалаах өрөҕөтө, сылгы түөһэ остуолга өрөһөлүү ууруллар. Ортоку дьиэлэригэр ыҥырыыта суох кэлбит ыалдьыттарга киһи аайы биирдии кырбас эти, биирдии тэриэлкэ саламааты, түөртүү киһи баһыгар биирдии иһит арыгыны туруораллар. Хамначчыттара олорор туруорбах балаҕаннарыгар манна олорооччуларга анаан, дэлби кырбаммыт сүөһү буотарагын, мэһэмээн арыыны тар хааһыга кутан баран, оргутан бидилитэллэр.
Үс түһүлгэ остуоллары тула дьон кэпсэтиитин өйдөөн иһиттэххэ, үһүөн үс аҥыы. Улуус баайдара, нэһилиэк кинээстэрэ, кыратык холуочуйан баран, бэрт былдьаһан мөккүһэн, этиһэн ардырҕаһан бараллар. Уруу сураҕын истэн, ыҥырыыта суох кэлбит дьон ортотугар күлсүү-салсыы, ырыа-тойук үксүүр. Олох эрэйин, кыһалҕатын туһунан кэпсэтэллэр. Оттон хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар тойоннорун кыыһа, эргэ тахсан, кинилэртэн баран эрэрин аһыйаллар.
– Орто дьиэҕэ олоҥхоһут олоҥхолуур үһү, – диэн сурах иһиллэр. Хамначчыт уолаттар, кыргыттар бары онно сууллан тахсаллар.
Арыгы иһэн холуочуйбут дьон, кыһыҥҥы тымныыны кэрэйбэккэ, тэлгэһэ хаба ортотугар үҥкүүлээн күөгэлдьиһэллэр:
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Баай киһи тойоммут
Бастыҥныыра кыыһын
Эдэрдиирэ киһиэхэ
Эргэ биэрбит үөрүүтүн
Тоҕус аҕа ууһа
Тоҕуоруһан тураммыт
Оһуокайдыыр оонньууну
Олохтуоҕуҥ, доҕоттоор!
Сүөдэр оһуокайдыыр саҥаны истэн, тахсан үҥкүүлэһиэн баҕарар да, баай ыал күтүөтэ, «атыыһыт уола» буолан олорон, тахсара сатаммат. Сүөдэр бэйэтэ үүммүт маһыттан туллан ат атаҕын анныгар тэпсиллэр лабаа курдук сананан кэлэр.
Түүн ортото чугаһыыта: «Чэ, аһыахпытын аһаатыбыт, сиэхпитин сиэтибит», – диэбиттии, бука бары күргүөмүнэн туран таҥналлар, таҥаралар күлүктэригэр кириэс охсунан сапсына-сапсына, быраһаайдаһан тахсан бараллар.
Ылдьаана кыыһын Маайа хаппахчытын иһигэр киирэн ороннорун оҥорон тахсар. Маайа, саҥата суох туран, аргыый аҕай хаппахчытын иһигэр киирэр. Сүөдэр, уутугар аҥаарыйбыт курдук, олорор сириттэн турбат.
– Сүөдэр, кэргэҥҥин Маайаны кытта хаппахчыга киирэн утуй, – диир Сэмэн Уйбаанабыс.
Сылгыһыт Сүөдэр ону истибэтэх курдук олорор.
– Сүөдэ-эр, тоҕо олороҕунуй? Утуйуоххун, – диэн оҕонньор иккистээн этэр.
Сылгыһыт Сүөдэр туран: «Ханна сытабыный?» – диэбиттии көрүтэлиир.
– Билигин эн уруккуҥ буолбатах, кэргэннээххин… Хаппахчыга киирэн утуй.
Сүөдэр Маайа хаппахчытыгар киирэр. Маайа сыгынньахтаммакка олорор эбит. Сүөдэр, кыбыстыбыт курдук, хаппахчы ортотугар турбахтаан баран этэр:
– Маайа, сытыаххын.
Маайа килбигийэн төбөтө өссө бүк түһэр, ыараханы көтөҕөн эрэрдии сыыгыначчы тыынар. Сүөдэр кыыстан тэйиччи соҕус, орон сыҥаһатыгар, олорор уонна эмиэ:
– Маайа, сытыаххын, – диэн сибигинэйэр.
Маайа, саҥата суох олорбохтоон баран, Сүөдэр диэки мичээрдээбитинэн көрө охсон ылар:
– Оттон эн?
Сүөдэр саҥата суох Маайа уҥа эҥил баһыгар илиитин уурар уонна, ыга тардан, хам кууһар…
Сыталлар. Сүөдэр дьоллоохпун дии санаан үөрүөн «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыта мэһэйдиир. Кини бу киэһэ баайдар туох санаалаахтарын, кими киһи дииллэрин толору иһиттэ, биллэ.
«Оо, бу курдук, саллар сааһым, үллэр үйэм тухары Маайабын кытта бииргэ олорорум буоллар, ама, дьоло суохпун диэ этим дуо! – дии саныыр Сүөдэр. – Маайабын сүгүннэрэн ханна илдьэбиний? Хара санаалаах Дьаакыбылап кулуба обургу бу кыыһы кэргэн кэпсэтэн кэлэрбэр тоҕо кыһанна-мүһэннэ?.. Дьаакыбылаптаах сайылык оҥостоору көһөрөн аҕалбыт мин дьонум дьиэлэрин биһиэхэ биэриэхтэрэ дуо? Аны кыыһы саакка киллэрээри ыыппыттарын толоро сылдьарым буолаарай?» Сылгыһыт Сүөдэр ити санаатыттан куйахата ытырбахтаан, этэ тымныйан ылыталыыр. Сонно тута: «Суох, Дьаакыбылап кулуба төһө даҕаны хара санааламмытын иһин, ама, хайа үлүгэрэй!» – диэн санаатын аралдьыта сатыыр да, Сүөдэр сүрэҕэ син биир уоскуйбат. Кини Маайаны кууһа сыппыт илиитин сулбу тардан ылар, ынчыктаан ылар.
– Сүөдэ-эр, туох буоллуҥ? – Маайа улаханнык куттаммыт куолаһынан сибигинэйэн ыйытар.
Сүөдэр туох да диэн булбат, үөһэ тыынан эрэ кэбиһэр. Кини тоҕо ынчыктаабытын Маайаҕа этэр кыаҕа суох. Сүөдэр бу сытан бэйэтин ааспыт олоҕун эргитэн, ырытан көрөр. Маайаны кэргэн кэпсэппитэ, хоонньоспута хайдах эрэ түүҥҥү түүл курдуга.
– Маайа, өскөтө, арай мин дьадаҥы дьонноох буолуум, миигин бу курдук таптыа этиҥ дуо?
– Сүөдэ-эр, эн умнаһыт да буолтуҥ иһин… – диэт, Маайа күүскэ уураан ылар.
Саҥата суох таалан сыппахтаан баран, Сүөдэр иккиһин ыйытар:
– Оттон дьонуҥ туох диэ этилэрий?
– Аҕам, биллэн турар, сөбүлүө суох этэ… Оттон ийэм… Чэ, ити хааллын. Таҥара көмөтүнэн эн умнаһыт оҕото буолбатаххын, – дии-дии Маайа кэргэнин Сүөдэри ыбылы кууһар, сыллаан-уураан ылыталыыр. Сүөдэр куҥ буолбут курдук сытар. Тоҕо эрэ сотору-сотору үөһэ тыыныталыыр.
– Тоҕо үөһэ тыынаҕыный? – Маайа сибигинэйэр.
Төһө даҕаны Маайа кинини умнаһытын да иһин таптыах буоллар, Сүөдэр кырдьыгын кэпсиэн кэрэйэр.
– Сүрэҕим өлөхсүйэр… Ыраах айаммыттан эргиллэн кэлэрим уһаары гыннаҕа дуу, – диэн аат эрэ харата хардарар.
Маайа сүрэҕэ «дыр» гына түһэр. «Ити аата, сэгэрим, Сүөдэрим, туох диэн эттэҕэй?.. Ыраах айаҥҥа сылдьан ыалдьыам, оһолго түбэһиэм диэн куттанар санаатын эттэҕэ дуу?» – дии саныыр.
Маайа, санааргыы быһыытыйан, өр соҕус саҥата суох сытар.
– Сүөдэр, тоҕо уһуом диигиний?
– Мантан ыраах сиргэ барабын…
– Барыма дуу! – дии-дии Маайа Сүөдэрин кууһар. – Барыма!.. Мин ыытыам суоҕа!..
Маайа кууһарыттан, уурууруттан-сыллыырыттан Сүөдэр итирэн хаалар. Кимин, тугун харааччы умнар…
* * *
Сылгыһыт Сүөдэр, Маайаны кытта бэргэһэлэнэн баран, манна үс хонор. Үһүс күнүгэр Сэмэн Уйбаанабыс күтүөт уолун кытта оҥостон олорон кэпсэтэр:
– Оҕобут Сүөдэр, кэргэҥҥин сүгүннэрэ хаһан кэлэр санаалааххыный?
Сүөдэр сордоох, сымыйалыан төһө да кэрэйдэр, быстыа дуо, хара маҥнайгыттан сымыйалаан баран, салгыы сымыйалыырыгар тиийэр:
– Мин мантан төннөрүм ордук буолсу… Элбэх соҕус ылардаах сирбэр – Илин баран кэлэрим табыллыыһык.
Маайа кэргэнэ Сүөдэр этэрин сөбүлүү истэр. Оттон Сэмэн Уйбаанабыс, харам муҥнаан, күтүөтэ бары ылардааҕын барытын хомуйа охсоругар баҕарар:
– Кэбис, Сүөдэр, бачча кэлэн баран, иэскин хомуйбакка төннөрүҥ сыыһа!
– Аҕаа, Сүөдэр сөпкө этэр, хойутаан хаалыа, төнүннүн, – диир Маайа.
Сэмэн Уйбаанабыс, күтүөтэ баайын хаҥатарыгар төһө да баҕардар, кыыһа этэригэр сөбүлэһэригэр тиийэр.
– Кэргэҥҥин сүгүннэрэн илдьэ хаһан кэлиэххиний?
– Этэҥҥэ сырыттахпына, аны икки ыйынан эргиллиэм. Онон саас суол алдьаныан иннинэ кэллэрбин диэм этэ.
Харатаайап кулуба күтүөтүн болдьоҕун сөбүлүүр. Сүөдэр, дойдутугар тиийэ охсон, Дьаакыбылап кулуба туох диирин истиэн, инники дьылҕата быһаарылла охсуон эмиэ олус баҕарар.
Маайа кэргэнэ Сүөдэр айаҥҥа тэринэрин: «Барыма да-а!» – диэбиттии көрүтэлиир. Кинилэр кэргэннии дьон быһыытынан үс эрэ хоннулар. Күн аайы тапталлара күүһүрэн, минньийэн иһэргэ дылы. Хамначчыт уолаттар Сүөдэр атын көлүйэн, сыарҕатыгар тэллэҕин, үллүгүн оҥорон биэрэллэр.
Маайа Сүөдэри кытта бырастыылаһарыгар, хараҕын уута субуруйа-субуруйа, кууһан туран:
– Өр буолума! – диэн ааттаһан-көрдөһөн эрэрдии ботугуруур.
Сүөдэр, Маайа хараҕын уутун көрөн, кэҥэриитэ аһыйар, бэлэһэ кычыгыланар, ыксыыр. «Тулуйуом суох», – дии санаан, быраһаайдаһа охсон, тиэтэйэ-саарайа атын сыарҕатыгар олорор, манна алта хонуктааҕыта кэлбит суолунан төттөрү ыстаннарар.
– Таҥара көмөтүнэн, бэрт үчүгэйдик сылдьан, этэҥҥэ эргиллэн кэл! – диэн Сэмэн Уйбаанабыс алгыы хаалар.
Өр сынньанан этиргээбит ат төгүрүк алаас хонуутугар атара сэлиинэн дьигиһийэн киирэр. Сүөдэр алаас ортотугар тиийэн эргиллэн көрөр. Маайа, сайыспыт курдук, илиитин ууммутунан тэлгэһэ ортотугар турар…
VII
Харатаайаптаах саас, Былаҕачыаннай таҥараҕа, Сүөдэри кэлиэ диэн кэтэһэн көрөллөр. Кэргэнэ болдьообут кэмигэр диэри үөрэн-көтөн чаҕылыйа сылдьыбыт Маайа хаппахчытын иһиттэн көстүбэт буолар.
Маайа сааскы уһун күнү быһа хаппахчытын түннүгүттэн арахпат, Сүөдэр барбыт суолун кэтиир. Түүн да буоллун, күнүс да буоллун – дьиэ таһыгар сыарҕа тыаһаатар эрэ, «Сүөдэр кэллэ!» – дии санаан, түннүккэ ыстанан тиийбитин бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалар.
Сүөдэр сурахтыын сүтэр. Күн-дьыл хаамыытын туох тохтотуо баарай, кэлэр кэмигэр кэлэн иһэр. Хаар хараарар, суол алдьанар, үрэхтэр уулара, хааларыттан тахсан, толооннору толортуур. Үрдүк сирдэргэ күөх от бытыгырыыр, күөллэр муустара ырбыыланар, кус-хаас кэлэр – Сүөдэр биллибэт.
– Суол алдьанна, аны Сүөдэр сотору кэлбэт киһи буолла, – диир Харатаайап кулуба кыыһыгар.
Сайын уу-хаар тардыыта Харатаайап кулуба, сурахтыын сүппүт күтүөтүн туһунан тугу эмэ истээйэбин диэн, Бүлүү куоратыгар ыҥыыр атынан киирэн тахсар.
– Хайа, аҕаа?.. – диэн Маайа ыйыта тоһуйар.
Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһа бэргэһэлэммит кэргэнин кэтэһэн дьүдьэйбитин көрөн, сүрэҕэ ытырбахтаан ылар. Кини саҥата суох дьэбин уостан олорон хаста да көхсүн этиппэхтэтэр.
– Дьокуускайтан хас да борохуот кэлбит… Дьонтон Хабырыллайап атыыһыт оҕотун туһунан ыйыталаһа сатаан кэбистим да, биир да билэр айылаах киһи көстүбэтэ… Сорохтор оннук ааттаах атыыһыт Дьокуускай уокурук үрдүнэн баарын истибэппит дэһэллэр.
Маайа, сирэйигэр итии ууну ыстарбыт курдук, кытара түһэр. «Дьонум бэрт киэҥник биллэр атыыһыттар этэ», – диирэ Сүөдэр. Биир да киһи кини туһунан истибэтэҕэ, билбэтэҕэ тугун муодатай?» – диэн санаа кыыс өйүгэр кылап гынар. «Суох, мин Сүөдэрим хайдах да албынныар сатаммат… Кини, били этэр ыраах Илиҥҥи сиригэр баран, суолга хаайтаран хаалбыта буолуо». Ити курдук санаан төһө да санаатын аралдьытыннар, бу күнтэн ыла Маайа сүрэҕэр, өйүгэр: «Аны ким эрэ кэлэн албыннаан барбыта буолаарай?» – диэн санаа хатыы буолан дириҥник хатанар.
Күтүөт уол болдьообут кэмигэр кэлбэтэҕиттэн нэһилиэктэрин баайдара: «Кулубабыт кыыһа дэлэ киэбирбэтэҕэ. Орто дойдуга холооннооҕо суоҕун курдук туттара. Хата, ханнык эрэ суол киһитэ хоонньоһон аастаҕа, саатта! Билигин хайа баҕарар уолга эргэ барыан баҕарбытын да иһин, киһи ойоҕо буола сылдьыбыт дьахтары ким ылыай!» – дэһэр буолбуттара.
Итинник тыл-өс өрт уотунуу улам тарҕанан, кэҥээн Сэмэн кулубалаах дьиэлэригэр тиийбитэ. Харатаайаптаах сааппыттарын иһин, ханна барыахтара баарай!
«Баҕар, сымыйанан, баайын олус үлүннэрэн кэпсээбититтэн саатан кэлбэтэ буолаарай? – дии саныыр буолбута Маайа кэлин, айаҕалыы сатаан. – Кини туох да баайа да суох киһи буоллун… Мин кини баайыгар, лааппытыгар ымсыыран тахсыбатаҕым… Мин кинини бэйэтин таптыыбын, туга да суох буоллун, син биир таптыыбын, тыыннаах эрэ буоллун, кэллин эрэ!»
Маайа бу күннэргэ, мэктиэтигэр, кырдьыбыт курдук буолла. Кини, үлэлээн аралдьыйаары, энньэтигэр анаммыт ынахтарыттан түөрт саамай көрсүө ынаҕы талан ылан ыыр идэлэннэ.
* * *
Сылгыһыт Сүөдэр Харатаайаптаах алаастарыттан тэйдэҕин ахсын Маайаны таптыыра, ахтара улам күүһүрэн истэ. «Акаарыбар олус хойут болдьоон кэбистим», – диэн кини бэйэтин сэмэлэнэр уонна устунан Дьаакыбылап кулуба туһунан санаан кэлэр: «Урут кинини абааһы көрөр этим… Олус атаҕастыыр, баттыыр курдуга… Кини миигин киһи оҥороору этэрин, мөҥөрүн, таһыйарын өйдөөбөт эбитим буолуо дуо? Миигин кырдьык киһи оҥоруон баҕарбата буоллар, тоҕо Харатаайап кулуба кыыһын кэргэн кэпсэтиннэриэй, тоҕо бачча таҥыннаран, көлөлөөн ыытыай?»
Сылгыһыт Сүөдэр айаннаан-айаннаан кэмниэ-кэнэҕэс олохтоох сиригэр, Дьаакыбылап кулуба от оттотор, бурдук ыстарар буолагар, киирэр. Ааспыт сайын кини манна кэлэн оттообута.
«Бэйи эрэ, маннааҕы оту тиэйэн эрэллэр эбит дуу?» – дии санаан Сүөдэр, суол аттыгар баар кэбиһиилээх от диэки эргиллэн, ким эрэ икки саадьаҕай оҕуһунан от тиэйэ турарын көрөр. Сүөдэр атын суолтан туоратан, тоҥуу хаары оймотон, күрүөлээх от диэки салайар.
Ат, тыбыыра-тыбыыра, күөх окко дьулуһан, хаары оймоон тиийэр. Сүөдэр сыарҕатыттан ойон түһэр. От тиэйэ турар киһитэ Толлор Ньукулай эбит.
– Ньукулаай, мин суохпуна төһө бэркэ олордугут?
– Дьэ, доҕоор, олорон, – диир Толлор Ньукулай. Кини хаана суох ньолбуһах сирэйин Сүөдэр диэки ньолотон, уу-хаар тахсыбыт хараҕынан одуулаһан баран, тугу эрэ минньигэһи ыстаан эрэр курдук, уостарын онньоҥнотор. – Ээ, доҕоор, бу киһи эбиккин дуу? Таҥныбытыҥ маанытын, хайалара буолла дии санаабытым ээ. Ойох ыла барбыт диэбиттэрэ, дьэ, доҕоор, ойох кэпсэттиҥ дуо?
– Кэпсэтэн. Ньукулаай, аны мин кэргэннээх киһибин, дьолбор, түһээн түүлбэр да көрбөтөх кэрэ кыыспар түбэстим, – диэн Сүөдэр доҕоругар кэпсиир.
Толлор Ньукулай, саҥата суох Сылгыһыт Сүөдэр диэки көрүтэлээн баран, көхсүн этитэр, ыстаанын сиэбиттэн сыҥсыыр табаҕын таһааран ытыһыгар таммалатан баран кымаахтаан ылан, сөттөгөр уоһун хаанньаччы туттан баран сыҥсырыйар:
– Дьэ, доҕоор, эн барбытыҥ кэннэ, сураҕа, биһиги тойоммут дьоҥҥо: «Сылгыһыт Сүөдэри уолбун сирбит кыыс аатын алдьаттара ыыттым», – диир үһү…
Сылгыһыт Сүөдэр хараҕар сип-сибилигин аҕай кырса түүтүн курдук кылбаарбыт хаар, сырдык халлаан эмискэ хараҥара түһэр. Хаана сирэйигэр тахсан икки чабыҕайын кэйэр, тыына кылгыыр.
– Аатын алдьаттараары… диигин дуу? – диэн кини кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан ыйытар.
– «Акаары уолу кыыс аатын алдьаттара ыыттым», – диир үһү.
Сылгыһыт Сүөдэр күөх оту сиэн кимирийэ-хамырыйа турар атын суол диэки эргитэн баран быһа биэрэр: «Оо, сордоох, тугу оҥордум?.. Маайа, Маайа, тоҕо эн миэхэ эргэ тахсарга сөбүлэспитиҥ буолуой?..»
Сотору соҕус ат Дьаакыбылап кулуба олбуорун иһигэр киирэн тохтуур. Сылгыһыт Сүөдэр, нэһиилэ туран, атын сэргэҕэ баайар уонна, өр соҕус таҥаһын тэбэммитэ буолан, дьиэ таһыгар саараан турбахтаат, эмискэ ааны сүр күүскэ тэлэйэн дьиэ иһигэр киирэр.
– Оҕом, Сүөдэр, үчүгэйдик сылдьан кэллиҥ ээ, быһыыта? – дии-дии үөрэн ымайбытынан, дьиэлээх тойон утары хааман кэлэр. Сылгыһыт Сүөдэр саҥата суох таҥаһын сыгынньахтанан барар.
Дьаакыбылап кулуба көһүппэхтээн баран ыйытар:
– Хайастыҥ?.. Тыла суох буолбуккун дуу, тугуй? Туох-туох буолла, сиһилии кэпсээ.
– Туох буолбутун, өлүөм да буоллар, этиэм суоҕа. Былыт быыһынан сырдык күн тыган ааспытын курдук, көстө түһэн ааспыт дьоллоох күннэрбин кини хара санаатыгар киртиттэриэм суоҕа, – дии саныыр Сүөдэр.
Дьаакыбылап кулуба бачча ыраах сиргэ таҥас таҥыннаран, көлө көлөлөөн, сорук соруйан ыыппыт киһитэ саҥарбатыттан абаккаран, бардьыгыныыр:
– Харатаайап кулубалаахха сырыттыҥ дуу, суох дуу?
– Сылдьан.
– Кыыстарын көрдүҥ, кэпсэттиҥ дуо?
– Көрөн…
– Дьэ, туох дэттиҥ?
Сылгыһыт Сүөдэр сирэйэ кытара түһэр, көхсүн иһиттэн саҥата кыайан тахсыбат буолан хаалар.
– Хаһан сөбүлүөн, кэпсэппэтим…
Дьаакыбылап кулуба сирэйэ дьэбин уоста түһэр.
– Кэпсэппэтэх, ыйыттарбатах аата, бачча өр хайа үөдэн түгэҕэр түһэ сыттыҥ? – кини абаккатыгар сутуругун туппутунан ойон турар, кэлэн охсуон баҕара-баҕара, уол кини диэки уоттааҕынан көрбүтүттэн толлон, биир сиргэ тула эргичиҥниир. – Ол аата… дьиккэр, мээнэ чолойо сылдьыбыккын дии!
Дьаакыбылап кулуба ыраах сиртэн айаннаан сылайан, аччыктаан кэлбит Сүөдэри аһаппакка, таҥна сылдьыбыт мааны таҥаһын сыгынньахтатан, урукку бэйэтин таҥаһын кэтэрдэн баран, хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар үүрэн таһаарар.
Сылгыһыт Сүөдэр балаҕаҥҥа киирбитэ, оһох иннигэр Сөдүөччүйэ эмээхсин сылгы сиэлинэн ынах быатын хата олорор эбит. Сөдүөччүйэ, аан тыаһын истэн, күн сырдыгын көрбөт буолбут хараҕынан, чыпчылыйа-чыпчылыйа, олоотуур:
– Хайа, бу хайаҕыт киирдэ?
– Мин, Сүөдэр, киирдим, – диир Сылгыһыт Сүөдэр аат эрэ харата.
– Ы-ыы, сэгэрим сыыһа, ыраах барбыт диэбиттэрэ ээ, кэлээхтээбиккин дуу? – диэн эмээхсин үөрэ түһэр.
– Кэлэн…
– Үчүгэй, этэҥҥэ эргийбит эрэ буол… Хайа, тоойуом, чэй сылытабын дуо?
Сылгыһыт Сүөдэр тугу да саҥарбат. Эмээхсин илиитин иминэн чаанньыгын ылан, уу кутан, уокка уурар, оһоҕор эбии мас быраҕан биэрэр.
Сөдүөччүйэ эмээхсин тойоно аах Сүөдэри ханнык эрэ кыыһы албынната, аатын алдьаттара ыыппыттарын истэн олус хомойбута, курутуйбута. Сүөдэр манна олоро киирбитин истэн, эмээхсин сэргэхсийэ түһэр:
– Тойон остуола көрөргө эрэ ыраас буолан баран, аһа аһыы буолааччы. Кинилэртэн тэйбитиҥ үчүгэй…
Сарсыҥҥытыгар Сүөдэри икки оҕуһунан ыраах сиртэн от тиэйтэрэ ыыталлар. Оо, оҕустар хаамаллара бытааныан, таҥаһа хоччоххойуон, халлаан тымныытыан!
Ити күнтэн ыла Сүөдэр, бурҕалдьытын кэппит оҕус курдук, эмиэ күннэтэ аайы үлэҕэ мүккүллэн, мөхсөн барар. Күнтэн күн солбуллан ааһан иһэр да, баай ыал үлэтэ бараммат. Сүөдэр сылдьарын былаһын тухары саныыр санаата – Маайа. Кини Маайаны кытта бииргэ сылдьыбытын бэлиэтэ кыһыл көмүс биһилэхтээҕэ уонна тойоно сымыйанан оҥорон биэрбит биэксэл кумааҕылааҕа. Уол бу туохха да наадата суох маллары, кэриэс оҥостон, кыһыл саппыйаан кумааһынньыгар уган илдьэ сылдьар. Сүөдэр санааҕа ылларан күн-түүн дьүдьэйэн барар. Арыт өйүн сүтэрбит курдук, дьоно тугу ыйыталларын, тугу саҥаралларын истибэт, түҥ-таҥ тыллаһар. Кини туохтан маннык буолбутун доҕотторо билбэттэр, сэрэйбэттэр. Бүлүүгэ кэргэн кэпсэтэ бара сылдьыбытын туһунан дьон аҕыннаҕына, ыйыттаҕына, олус кыыһырар, хаана алдьанар. Онон ол туһунан киниттэн ким да ыйыппат буолар.
Кыһын кыйданан, саас ааһан, сайын кэлэр. Сыһыылар кырыстара көҕөрөр, хара тыа мутукчанан симэнэр, дьэрэкээн сибэкки дэлэйэр, кэҕэ этэр. Уолаттар-кыргыттар, оҕолор-дьахталлар түөлбэ-түөлбэ мустан, тоҕуоруһан, тоҥонохторуттан тутуһан, кыһалҕалаах кыһын ааспытыттан үөрэн, харахтара сырдаан, тойук туойан, үҥкүүлүү оонньууллар.
Үрэхтэргэ-үрүйэлэргэ, күөллэргэ балык ыыр. Ким илиминэн, ким ардьааҕынан, ким туунан, ким баттыыр маһынан балыктаан аһыыр. Оннооҕор биир-икки ынахтаах ыал чабычах муҥунан үүттэнэллэр, күннэтэ аайы оҕолоругар күөччэхтээн күндүлүүллэр. Маннык кэрэ кэмҥэ, уйгу быйаҥҥа ама ким үөрбэт-көппөт буолуой! Арай Сылгыһыт Сүөдэр дьонтон туораан, көргө-нарга кыттыбакка, суос-соҕотоҕун сылдьар. Кини киэһэ аайы хара тыа саҕатыгар тахсан, өрт уота хоруорда сиэбит хара чөҥөчөгүн үрдүгэр олорон муҥатыйар:
– Эйигинэ суох сатаан олоруом суох… Бу курдук санаа муҥугар олоруох кэриэтэ, өлбүт ордук… О-о, олох, олох! Били Сөдүөччүйэ эмээхсин кэпсиир «Лыыбара» диэн остуоруйатыгар дылы буолаҥҥын! Били Лыыбара абааһы ситимигэр түбэспитин курдук, мин эмиэ ситимҥэ ыллардым буолбаат?..
Сүөдэр биир киэһэ эмиэ ити курдук муҥатыйа олорон, тугу эрэ өйдөөн: «Кырдьык даҕаны…» – диэн саҥа аллайа түһээт, хара чөҥөчөгүттэн туран, титииккэ киирэр. Сөдүөччүйэ эмээхсин хаппыт ынаҕын быатын баҕанаттан сүөрэн ылан, дьиэҕэ киллэрэн сыттыгын анныгар кистии уган кэбиһэр.
Бу түүн Сүөдэр кыламаннара кыттыбат, утуйумуна кулун тириитэ тэллэҕэр эргичиҥнээн тахсар. Түүн ортото лаппа ааһыыта оронуттан тыаһа суох туран таҥаһын таҥнар, сыттыгын анныттан ынаҕын быатын ылан хоонньугар уктар уонна атахтарын тумсунан аргыый үктэнитэлээн дьиэ иһиттэн тахсан барар. Элбэх киһи утуйа сытар ичигэс балаҕаныттан тахсыбыт Сүөдэри түүҥҥү сөрүүн салгын этин сааһынан сайа охсон киирэр. Кини ойуур саҕатыгар, далга тиийэр. Ойуур иһэ күн тахсарын көрсө уһуктубут чыычаахтар ырыаларынан-тойуктарынан чыбыгырыыр, дьырылыыр, чырылыыр. Халлаан илин өттүн Сүөдэр хайыһан көрбүтэ: сүр улахан кып-кыһыл күн күлтэйэн тахсан эрэр эбит. Өр-өтөр буолбат, күн уота күөх тыа үрдүк мастарын төбөлөрүн кыһыл көмүһүнэн дуйдуур. Ханна эрэ хонууга атыыр үөрэ уһуктар. Сылгылар кистэһэллэр, тарылаччы тыбыыраллар. Сүөдэр, ол-бу диэки көрбөхтөөн баран, күрүө аанын үөһээ сүлдьүгэһигэр быатын биир төбөтүн туомтуу тардан баайа охсор. Сиргэ тобуктуу түһэр, быатын биир төбөтүттэн хаҥас илиитинэн тардыһан туран, күнү утары хайыһар, кириэс охсунан балааскайданар.
Күн сып-сылааһынан сирэйигэр тыгар. Күөх кырыска түүҥҥү сиик таммахтара, харах уутун курдук, бычалыһаллар.
«Маайа, миигин көһүтэ сатаан, төһө эрэ ытаан-соҥоон эрэр?» – дии саныыр. Күрүө иһигэр ат тыбыыран тарылатар. Сүөдэр ойон турар. Ынаҕын быатын сүлдьүгэстэн сүөрэн ылар. Дьаакыбылаптаах дьиэлэриттэн хараҕа арахпат. Кини хап-сабар кулуба быраабаҕа барарыгар миинэр ата аһыы турарын ыҥыырдыыр, күрүө кэтэҕинэн ойуурга сиэтэн таһаарар уонна мастар быыстарынан сиэллэрэ турар.
* * *
Күн уота сылыйыыта Дьаакыбылаптаах хамначчыт кыргыттара туран ынахтарын ыы тахсаллар. Кинилэр кэннилэриттэн от-мас үлэтигэр сылдьар дьон тураллар. Сөдүөччүйэ эмээхсин илиитин иминэн оһоххо уот оттон туруорбут чаанньыктара оргуйан хаппахтарынан өрө кыыраллар.
Дьон суунан-тараанан бүтүүтэ кыргыттар, дьахталлар ынахтарын ыан киирэллэр. Остуолга чаанньыктары аҕалтаан, чэй иһэн сыпсырыһаллар. Чэй кэнниттэн улахан мас кытахтарга кутуллубут суораты мотуйаллар. Аһаан бүтүөхчэ аҕай буолан баран, Сүөдэр суоҕун дьэ өйдүүллэр.
– Хайа, Сүөдэрбит? – диэн Чөмөөт Сэмэн кыҥсыйан ыйытар. Кини болооччу курдук сүүстээх, тараҕай төбөлөөх, кыра уҥуохтаах, кыараҕас харахтаах киһи. Былыр-былыргыттан Дьаакыбылап кулуба көлүнэр көлө оҥостубут хамначчыта. Кэргэниниин, икки уолунаан бу баайга аһыыр-таҥнар эрэ иһин үлэлииллэр.
– Дьэ, доҕоттоор, ханна барда диэтэххитий, таһырдьа сылдьар ини, – диир Толлор Ньукулай, сааскы убаҕас суораты минньигэс баҕайытык лэбийэ олорон.
Аһаан бүтэн эрдэхтэринэ эмискэ аан аһылла түһэр, «Сүөдэрбит киирдэ», – дии санаан дьон бары эргиллэн көрөллөр.
– Оҕолоор, ким киирдэ? – диэн Сөдүөччүйэ эмээхсин Сүөдэр буолаарай диэн ыйытар.
– Э-э, мин, – диир хотонтон хойутаан киирбит Малаанньыйа кыыс саҥата.
– Тоойуом, Сүөдэр уол ханна барбытын көрбүтүҥ буолаарай?
– Эчи суох, ханна барбытын билбэтим. Түүн туран, сыттыгын анныттан ынах быатын ылан, хоонньугар уктан тахсан эрэрэ дии.
Сөдүөччүйэ эмээхсин хараҕын уута икки иэдэһинэн сүүрэн түһэр. Кини уоһун иһигэр тугу эрэ ботугуруур. Хамначчыт уолаттар-кыргыттар, дьоннор, соһуйбут курдук ах баран, саҥата суох олороллор.
Ол олордохторуна эмискэ аан тэлэллэ түһэр. Ааҥҥа Малаанай Ньукулай күрдьэх саҕа маҥан сирэйэ малтас гынан көстөр. Кини – Дьаакыбылапка ат көлүйэр, ыҥыырдыыр үктэл уол, тойоннорун илдьиккэ сүүрдэр-көтүтэр киһитэ.
– Кыбыыттан тойон миинэр атын ким ылан барда? – диэн ыйытар Малаанай.
Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Чөмөөт Сэмэн, элбэх саҥалаах муҥутаан, ким-хайа иннинэ чалыгыр гынар:
– Малаанаай, Сүөдэрбит сүппүт. Бука, кини…
Малаанай Ньукулай сирэйэ аантан мэлис гынан хаалар. Саадьаҕай ынах тириитэ бүрүөһүннээх халҕан «лап» гына сабыллар.
Өр-өтөр буолбат, ыгдаччы кыыһырбыт тойонноро Дьаакыбылап суостаахтык силбиэтэнэн, күргүйдээбитинэн киирэн кэлэр:
– Баччааҥҥа диэри үлэҕитигэр тахсыбакка, тугу гына олороҕутуй?
– Сылгыһыт Сүөдэр бөлүүн… ынах быатын тутан тахсыбыт үһү, – дэһэллэр хамначчыттар.
– Улаханнык дьүдьэйбитэ… Санаарҕыыр быһыылааҕа, – Чөмөөт Сэмэн чалыгырыыр.
– Быаны тутан тахсыбыт үһү… Куттанабыт, аны бэйэтигэр тиийинэн ол алдьархайа буолуо, – дэһэ-дэһэ дьахталлар куттаммыт курдук көрөллөр-истэллэр.
Тойонноро тугу да саҥарбат, өһөхтөөх баҕайытык хамначчыттарын көрүтэлиир:
– Дьиккэр, аппын миинэн барбыт… Бэйи, көстүөҥ суоҕа! Олоруоххут дуо, үлэҕитигэр тахсыҥ!
– Сүөдэри көрдөөбөппүт дуо? – диэн Чөмөөт Сэмэн симиктик ыйытар.
– Кинини көрдөөн күнү алдьатаары гыммыккыт дии!.. Үлэлээбэккэ, бэлэми аһаары гынаҕыт дуо?..
Күүстээх тыал түүнү көтүтэрин курдук, хамначчыттар, үрүө-тараа түһэн, үлэлии тарҕаһаллар. Арай Сөдүөччүйэ эмээхсин олорор сириттэн хамсаабат. Кини санаатыттан Сылгыһыт Сүөдэр түүн ынах быатын илдьэ барбыта арахсыбат. Ол быаны кини чэрдийбит ньилбэгэр хаппыта. Ама кини кыра эрдэҕиттэн аһынан, көмүскээн улаатыннарбыт оҕотун Сүөдэри тыынын быһар быаны хаппыта буолуо дуо?!