Kitabı oku: «Төлкө», sayfa 4
IV
Сыарҕалаах ат Харатаайап кулуба олбуорун иһигэр киирэн тохтуур. Мааны таҥастаах эдэр киһи чэпчэки бэйэлээхтик сыарҕатыттан түһэр, атын сэргэҕэ баайар. Итини барытын Маайа хаппахчытын түннүгүнэн көрөн олорор уонна, көрдө-көрөөт, эдэр киһи чэпчэкитик, сыыдамнык туттарын-хаптарын сөбүлүү саныыр: «Хата, атыттар курдук, баайбын диэн алыс аарыгырбат киһи кэлбит быһыылаах».
Кэлбит киһи, олбуор иһин эргим-ургум көрө-көрө, дьиэҕэ иһэр. Кини тоҕо эрэ дьиэ аанын таһыгар өр соҕус тохтоон, хамначчыттар олорор туруорбах балаҕаннарын одууласпахтаан баран, муннун-уоһун соттор, таҥаһын тэбэнэр. Баай ыалдьыттар – кырдьаҕас да, эдэр да буоллуннар – «биһиги дуо!» диэбиттии киэбирэ туттан киирэр үгэстээхтэрэ. Оттон бу киһи, бэрт сымнаҕастык, мин манна киирэрим сөп дуо диэбиттии, сэмэйдик туттан дьиэҕэ киирэр уонна кэтэҕэриин муннук диэки хайыһан туран кириэстэнэн, дьиэлээхтэри кытта илии тутуһан дорооболоһон, таҥаһын сыгынньахтанан баран, мааны ыалдьыт быһыытынан уҥа ороҥҥо киэмсийэн чөмчөйбөккө, олох маһы ылан уот иннигэр кэлэр.
Бүгүн баскыһыанньа буолан, Харатаайап кулуба, улууһун быраабатыгар киирбэккэ, өрөөн олорор эбит. Кини урут хаһан да сылдьыбатах эдэр ыалдьыты бэркэ болҕойон одуулуур. Таҥаһынан буоллаҕына, бэрт мааны, баай ыал оҕото быһыылаах. Ол гынан баран туттарыгар-хаптарыгар хайдах эрэ баай дьон оҕолорун майгына көстүбэт. «Ханнык эрэ кыра ыал ыччата киэргэнэн кэлээхтээбит ээ, быһыыта», – дии саныыр оҕонньор уонна:
– Ким диэн киһи оҕото буолаҕыный? – диэн, сэнии көрөн, судургутук ыйытар.
Сылгыһыт Сүөдэр дьиэлээх тойон кинини сэнии көрбүтүн сэрэйэ охсор, мух-мах буолан көхсүн этиппэхтиир.
– Мантан ыраах, Дьокуускай уокуругар, олохтоох Хабырыллайап атыыһыт оҕотобун.
Харатаайап кулуба сэргии түһэр.
– Ылдьаанаа, ыраах сиртэн сылдьар оҕо сылайбыта, аччыктаабыта буолуо, чэйдэ бэлэмнэт! – диэн кэргэнигэр соруйар. – Ол, бу биһиги олорор түбэбитин туох соруктаах буолан таарыйдыҥ? – диэн, тэҥнээх киһитин кытта кэпсэтэрин курдук, кэпсэтэн барар.
Сылгыһыт Сүөдэр, Дьаакыбылап кулуба кикпитин курдук, кэпсээн барар:
– Мин бачча сааспар диэри дьиэм тэлгэһэтиттэн тэйбэтэх бэйэм, ааспыт күһүн дьонум өлөннөр, үппүтүн-баайбытын көрөр-харайар киһитэ суох буолан, бу бэйэм сылдьабын…
– Хайыай! – Харатаайап кулуба сэҥээрэр.
Маайа, хаппахчытын иһигэр олорон, аҕата ыалдьытын кытта кэпсэтэрин иһиллиир. Кини уол дьиэҕэ киирэн истэҕинэ сирэйин көрбүтэ. Билигин саҥатын истэ-истэ: «Ис киирбэх да тыллаах-өстөөх киһи», – дии саныыр.
– Иэс эрэ элбэх. Мин аҕам алыс элбэх сырыылаах, киэҥ билсиилээх киһи этэ. Кини үксүн дьоҥҥо иэс биэрэр идэлээҕэ. Ону барытын иэстиирбэр, хомуйарбар биир-икки сыл тук буолуо суох быһыылаах. Маннааҕы Бүлүү куоратыгар баар Оросторгууйап, Кэрээкин, Хондокуоп атыыһыттартан ылардаах этэ… Онтон хоту Лаама суолунан, Өймөкөөн, Охуоскай сиринэн эргийэрдээхпин. Таарыйа Ньылхаҥҥа, Айааҥҥа эмиэ иэстэрбин хомуйан аастахпына сатаныа.
– Оччо элбэх ылардаргар дьонуҥ туох эмэ суругу-бэлиэни хаалларбыттар дуу? – диэн Харатаайап кулуба бу оҕо ылара элбэҕин, сырыыта киэҥин сөҕөн ыйытар.
– Э-э, бэлиэ баҕас бэрт элбэх.
Харатаайап кулуба эдэр ыалдьыта баайын олус сөҕөн кэбиһэр. Кинини ханна да олордуон булбат. Кэргэнигэр Ылдьаанаҕа этэн, улахан бырааһынньыкка сиэхпит диэн уурдарбыт бууттан тахса ыйааһыннаах Эдьигээн хатыыһын киллэртэрэн кыстарар. Арыгы туруорар. Ас үчүгэйин остуолга бэлэмнэтэр.
Маайа ыалдьыт уолтан кэмчиэрийэн хаппахчытын иһиттэн тахсыбат. Ийэтэ киирэн:
– Чэйгэ таҕыс, – диэн кыыһын ыҥырар уонна сибис гынар, – үчүгэй таҥаскын таҥын.
Ийэтэ тоҕо кинини киэргэтэ сатыырын Маайа бэркэ билэр. Икки иҥэ буспут дьэдьэн курдук тэтэрэ түһэр, улгумнук таҥнан барар.
«Баҕар, кэргэннээх, оҕолоох уол буолуо… Туох кэргэннээх киһигиний диэн ити аҕам тоҕо ыйыппатый?» – дии саныы-саныы Маайа, улаханнык килбигийбит курдук туттан, хаппахчытын иһиттэн тахсар. Ол тахсан иһэн, сирэйин кистии туттубут курдук да буоллар, хараҕын кырыытынан уолу көрөн аһарар: саар тэгил уҥуохтаах, хатыҥыр соҕус курбуу курдук быһыылаах, арылхай харахтаах эдэр уол эбит.
Маайа хаппахчытыттан тахсарыгар дьоно аһаары остуол тула олорбут этилэр. Ыалдьыт уол тугу эрэ кэпсии олорон, хаппахчы аана аһыллаатын кытта ах барар.
Сылгыһыт Сүөдэр кыыһы көрөөт: «Дьон этиэхтэрин этэллэр эбит. Быһыылыын-тутуулуун, сирэйдиин-харахтыын чахчы нарын, үчүгэй кыыс эбит», – дии саныыр.
Уоллаах кыыс остуол нөҥүө-маҥаа утарыта олороллор. Төһө да бэйэ-бэйэлэрин сирэйдэрин одууласпаталлар, уора-көстө көрсөллөр. Биирдии үрүүмкэ арыгыны иһэллэр, кыһыллыбыт эмис хатыыһынан сокуускалыыллар. Харатаайап кулуба, уоллаах кыыс килбигиһэн сирэй-сирэйдэрин көрсүбүттэрин көрөн, уол туох кэргэннээҕин ыйыталаһар:
– Ыалдьыппыт, дьонум өлбүттэрэ диигин, бу ырааҕынан тэлэһийэн сылдьар кэмҥэр дьиэҕин-уоккун кимиҥ көрөр-харайар буоларый?
Маайа сирэйэ, чоххо баттаабыт курдук, кытара түһэр, Сүөдэр диэки кылап гына көрө охсон ылар уонна төбөтүн аллара санньытар. Сылгыһыт Сүөдэр эмиэ мух-мах буолар, эмиэ хараҕын кырыытынан Маайа диэки көрө охсон ылар. Кини сымыйалаан баран, сыыртан түһэн иһэр салааска тохтооботун курдук, тохтуур-төннөр кыаҕа суоҕа:
– Дьонум аах тыыннаахтарыттан үлэлиир дэбиэринэй дьоннордоохпун… Кинилэр көрөллөр.
– Хайыай! Ол дьонноргуттан ураты туох кэргэттэрдээх киһигиний? – Харатаайап өссө нэмийэн ыйытар.
– Туох да кэргэним суох, аҥаардас киһибин.
– Кэргэннээҕиҥ буоллар, кини көрүө, көмөлөһүө этэ, – диэн баран Харатаайап кулуба, уол аҥаардаһын аһыммыт курдук, үөһэ тыынан ылар. «Оҕом Маайа бу уолу сөбүлүү көрөр ээ, быһыыта», – диэн санаа оҕонньор өйүгэр охсуллан ааһар. Кэпсэтиилэригэр тардыллан балачча уһуннук остуолтан турбаттар. Дьиэлээх тойон хоноһотун атын хамначчыт уолаттарынан булгуттаран, далга аһаттара ыыттарар.
Бу киэһэ Харатаайап кулубалаах хойутаан утуйаллар. Оҕонньор эдэр хоноһотунаан олох-дьаһах туһунан бэрт элбэҕи кэпсэтэллэр, дойҕохтоһоллор. Киэһэ хойут сыппыт дьон сарсыарда күн үөһэ ойбутун кэннэ тураллар. Аһыыллар. Харатаайап кулуба бүгүн быраабатыгар эмиэ барбат, өрөөн хаалар.
Күн ортотун саҕана хоноһолоро бараары тэринэр. Сэмэн Уйбаанабыс оҕонньор кини атын көлүйтэрээри таһырдьа тахсар. Маайа, уол бараары тэһииркээбититтэн хомойон, саҥата-иҥэтэ суох, кэри-куру буолар. «Чэ, бардаҕа, – дии саныыр. – Аны хаһан эмэ охсуллан ааһар дуу, суох дуу?»
Аҕата таһырдьаттан киирэн иһэр атаҕын тыаһын истэн: «Аккын көлүйдүлэр», – диэҕэ диэн Маайа таалан турар. Харатаайап кулуба буоллаҕына киирэн, аа-дьуо таҥаһын сыгынньахтана-сыгынньахтана, ыалдьыт уолга кыыһа букатын күүппэтэҕин этэр:
– Дьэ, доҕор, атыҥ аанньа аһаабатах… Айаныгар улаханнык илистибит, сылайбыт быһыылаах… Өрөөн, аккын сынньатан бардаххына табыллыыһык.
Маайа, итини истээт, сүрэҕэ битигирии, этэ дырылыы түһэр, хоноһо уол туох диирин көһүтэн, бүтүннүү кулгаах буолан хаппахчытын айаҕар быган турар. Сылгыһыт Сүөдэр өр соҕус тугу да саҥарбат. Кини бу ыал кыыстарын дьиҥ-чахчы таптыы көрдө, билигин өрүүр эрэ буоллаҕына, дьиэлэнэр туһунан кэпсэтии буолсук. «Кэбис, аньыы-хара элбии илигинэ, эрдэтинэ мантан барыахха!» – диэн санаа уол өйүгэр көтөн түһэр.
– Баһыыбаларыҥ, сылдьар сырыым ыраах.
– Кырдьаҕас киһи сүбэтин иһит: атыҥ ырыыһык, сынньатан баран бар, – диир Сэмэн Уйбаанабыс.
Маайа аҕатын таптыыр хараҕынан көрөр: оо, аҕата үчүгэй да оҕонньор буоллаҕа! Көр, ити уолу тохтото түһээри сүбэлиирэ үчүгэйиэн, оруннааҕыан!
Сылгыһыт Сүөдэр, саараамахтаан баран, этэр:
– Чэ, буоллун даҕаны, өрөөн аппын сынньатыым.
Маайа хаппахчытын аанын сабан кэбиһэр. Уол өрүүр буолбутуттан кини олус да үөрдэ. Мэктиэтигэр, сүрэҕэ тэбэр тыаһа агдатын бүтэй иһиллэргэ дылы.
Харатаайап оҕонньор хоноһо уолун кытта ону-маны сэһэргэһэн тахсаллар. Ол эрээри, Маайа иһиттэҕинэ, хоноһо уоллара, бэҕэһээ киэһээҥҥитин курдук, баайынан-үбүнэн чабыламмат. Ханна эрэ Маача дэриэбинэтигэр олохтоох Сараапап уонна Салаайап атыыһыттар дьону хайдах албынныылларын, Бодойбо кыһыл көмүһүн дьон хайдах уоран аҕалан атыылыылларын кэпсиир. Ол кэпсии олорон, сорох ардыгар нуучча тылын кыбытан ылыталыыр. Харатаайап оҕонньорго, кини кэргэттэригэр Сылгыһыт Сүөдэр чахчы атыыһыт оҕотун курдук көстөр.
Киэһэ эмиэ ас тардан, арыгы туруоран, остуол тула олороллор. Маайа уруккуттан олорор сиригэр, ийэтин аттыгар, олорбутун аҕата кэлэн илиититтэн ылан хоноһотун кытта сэргэ олордор.
– Эһиги, эдэр оҕолор, манна сэргэстэһэ олоруҥ!
Сэмэн Уйбаанабыс бу хоноһо уолун олус таптыы, сүрэҕэ сөбүлүү көрөр. Уоллаах кыыһы сэргэстэһиннэрэн баран: «Бу оҕолор холбостоллор, чахчы тэҥнээх ханыы-доҕор буолуо эбиттэр ээ», – дии саныыр.
Аһыыллар, арыгылыыллар. Харатаайап кулуба: «Бу киһи кэргэн кэпсэтэр туһунан хаһан саҥарара буолла?» – диэн көһүтэ олорор. Уол тоҕо эрэ кыыһы кытта оонньоспот, кэпсэппэт, кыыстан, куттаммыт курдук, тэйиччи соҕус туттар. Баҕар, ити Дьокуускай эбэ хотун курдук киэҥ сиртэн сылдьар киһи кинилэр Маайаларынааҕар буолуох үчүгэй кыыһы, ханнык эрэ улахан тойон кыыһын кытта кэпсэтиилээҕэ буолуо.
Маайа, сирэйэ кытаран баран, аат эрэ харата аһыыр, урукку чобуо бэйэтэ сыппаан, хаҥыл бэйэтэ сымнаан, кэнэн баҕайытык туттан олорор. Уол эмиэ иҥин хаана кэйэн, сирэйэ-хараҕа уоттанан кэлэр. Сэмэн Уйбаанабыс ону эндэтиэх бэйэлээх буолуо дуо, бэлиэтии көрөр. «Сөбүлэһэллэр быһыылаах. Арыгыны элбэхтик истэхтэринэ уостара аһыллыа», – дии санаан, оҕонньор сотору-сотору үрүүмкэлэргэ арыгы кутуталаан бычалытар.
Маайалаах Сүөдэр үрүүмкэлэрин оҕонньор олус толору гына куппута тохтоору бычалыҥныы турара хайдах эрэ ытаары гыммыт киһи хараҕын уута таммалаары туолан турарын маарынныыр.
– Көр, эдэр дьон, эһиги, толору дьоллоох буолсуккут, үрүүмкэлэргитин олус толору гына кутан кэбистим, – диир Сэмэн Уйбаанабыс үөрэн-көтөн, холуочуйан чаҕылыйбыт хараҕынан уоллаах кыыс сирэйдэрин көрө-көрө. – Чэйиҥ, эһиги, эдэрдэр, дьолгут иһин!
Маайалаах Сүөдэр үрүүмкэлээх арыгыларын көтөҕөн туран сирэй-сирэйдэрин килбик баҕайытык көрсүһэн кэбиһэллэр.
V
Бу киэһэ туох да олохтоох кэпсэтиитэ тахсыбат. Холуочуйа соҕус арыгылаан, аһаан-сиэн бүтэллэр. Маайа хаппахчытыгар киирэн хаалар. Харатаайап оҕонньор, өр соҕус кэргэнин Ылдьаананы кытта тугу эрэ сибигинэһэн ботугуруу сыппахтаан баран, утуйан муннун тыаһа хаһыҥыраан барар.
Маайа өр утуйбакка оронугар мөхсө сытар. Кини урут хаһан да санаабатах санааларын санаталыыр. Бу кэлэн иккис түүнүн кинилэр дьиэлэригэр утуйа сытар эдэр киһи туһунан арааһы эргитэ саныыр…
Сэмэн Уйбаанабыс сарсыарда эрдэ туран кыыһын хаппахчытыгар киирбитэ, Маайата уһуктаҕас сытара.
– Маайа, ити атыыһыт оҕотун туох дии саныыгын?
«Уол миигин ыйыппыт буоллаҕа дуу?» – диэн Маайа үөрэ түһэр, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээмэхтиир.
– Аҕаа, тоҕо ону ыйытаҕыный?
– Кистээмэ, эн ити уолу сөбүлүүгүн дуу, суох дуу? – диэн оҕонньор кыыһын кулгааҕар сибигинэйэр.
– Ыйыттарда дуо? Мин сөбүлүүрбүн тоҕо ыйытаҕыный?
Оҕонньор, саҥата суох олорбохтоон баран, хаппахчы иһиттэн тахсаары туран, туохтан эрэ улаханнык санаарҕаабыт курдук, кэтэҕин тарбанар:
– Ыйыттарыытын ыйыттара илик да, мин эн санааҕын билээри гыммытым.
– Ыйыттарбатах буолтун кэннэ… – Маайа хомойбут курдук саҥарар.
Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһын хараҕа уу-хаар баспытын көрөн, аттыгар кэлэн олорор, төбөтүн имэрийэр.
– Ити оҕо биһиэхэ кэргэн кэпсэтэр наадалаах кэлбэтэх. Кини атын дьыалаҕа сылдьан таарыйда… Дьоно өлөн хаалбыт, соҕотох оҕо эбит… Киһи иһигэр киирбэх оҕо быһыылаах. Эн сөбүлүүр буоллаххына, кинини кытта мин бэйэм да кэпсэтиэ этим.
Маайа аҕатын илиитин бобо харбаан ылар, сыллыы-сыллыы иэдэһигэр ыга тутар.
– Тоойуом, ити аата, кинини сөбүлүүр буоллаҕыҥ дии?! – оҕонньор үөрэн сырдыы түһэр.
– Аҕаа, миигин бэйэҥ сыҥалыырыҥ саата бэрт буолаарай?.. Кини миигин сөбүлүүрэ биллибэт ээ.
Оо, кыыс оҕо килбик-кэмчиэ муҥутаан, уолу таптыырын-сөбүлүүрүн хаһан билиммитэ баарай! Үгүс кыргыттар таптыы көрбүттэрин кимиэхэ да биллэрбэккэ, өллөхтөрүнэ ииннэригэр илдьэ барааччылар. Маайа даҕаны хоноһо уолларын сөбүлүү көрбүтүн, аҕабын хомотуом диэбэтэҕэ буоллар, этэн быстар этээ!
– Хата инньэ диэ, ити киһи тыла, – диэт, Сэмэн Уйбаанабыс кыыһын сүүһүттэн сыллаан ылар.
Сэмэн Уйбаанабыс хараҕа сырдаан, сүрэҕэ үөрэн, кыыһын хаппахчытын иһиттэн тахсар. Кини кыыһа туох диэбитин кэргэнигэр Ылдьаанаҕа сибигинэйэн этэр.
Маайа аҕата тахсарын кытта, уолу таптыырын билиммититтэн сааппыт дуу, үөрбүт дуу курдук, хараҕыттан уу-хаар баспытынан сыттыгар умса түһэр.
Аҕата бу сарсыарда хоноһо уолу кытта кини туһунан кэпсэтэрэ биллэн турар. Маайа, ону саныы-саныы, саатан сирэйэ итийбэхтээн ылыталыыр. Кини сарсыардааҥҥы чэйгэ турбат, хаппахчытыттан тахсыбат.
Олунньу ый ортотунааҕы сарсыарда, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, чэйдээри олороллор. Маайа дьоно тугу кэпсэтэллэрин истиэнэ нөҥүө иһиллээн сытар.
– Эн, Сүөдэр атыыһыт, кэргэн ылыаххын, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс таайтара соҕус ыйытар.
Аҕата эппититтэн кыбыстан, Маайа сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылар.
– Сүрэҕим сөбүлүүр кыыһа көстөрө буоллар, кэргэннэниэм да этэ.
Маайа, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түһэр. Ити аата, бу уол кинини, кыыс эрэ бааргын диэн, таба көрбөтөх эбит. Кини сирдэрэр саатын, куһаҕанын дьэ өйдүүр. Оо, хомолтолоох да буолар эбит. Били үөрүүтүгэр ытыы сыппыт хараҕын уута кубарыччы кууран хаалар. Дьоно саҥата суох аһыы олороллор быһыылаах, айахтарын эрэ тыаһа иһиллэр. Маайа кыһыйыан, абаккарыан иһин, аҕата:
– Сөпкө этэҕин, – диэн сэҥээрэн биэрэр.
«Кинитэ да суох баччааҥҥа диэри олоруллубута, киэр буоллун», – дии санаан баран Маайа бэйэтин санаатыттан бэйэтэ куттанна. Хоноһо уол, ама, сип-сибилигин, аһаан бүтээт, тахсан барыах бэйэтэ буолуо дуо?!
– Бэйэ икки ардыгар диэн эттэхпинэ, биһиги биир оҕолоохпутун тыыннаахпытына уйатын буллар дии саныыбыт, – диэтэ Сэмэн Уйбаанабыс быһа-бааччы ыйытар быһыынан.
Сүөдэр көхсүн этитэр. Кини бу ыал кыыһын сирэрэ диэн баар буолуо дуо?! Өр соҕус олорбохтоон баран, иһиллэр-иһиллибэттик саҥа таһаарда:
– Эһиги оҕоҕут курдук кыыһы кэргэннэммит киһи, ама, дьоллоохпун дэммэт этээ!
Харатаайап кулуба үөрэн хараҕа чаҕылыҥныы түһэр. Кини эдэригэр түспүт курдук, эрчимнээхтик хамсанан, күлэн-салан мичилийэр.
– Эн, биһиги оҕобутун сөбүлүүр буоллаххына, ыйыттаран көрүөххүн?
– Мин курдук тулаайах киһини эһиги оҕоҕут сөбүлүүрэ биллибэт.
– Өскөтө сөбүлүүр буоллун?..
– Дьоллоохпун диэ этим.
– Ылдьаанаа, оҕобутуттан киирэн ыйытан тахсыах эрэ! – Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнинээн кыыстарын хаппахчытын иһигэр киирэн хаалаллар.
«Кыыстара сөбүлүүр буоллун… Оччоҕо?.. Оо, тоҕо «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыт муҥум буолуой?!» – Сүөдэр бэйэтэ бэйэтин сэмэлэнэ олордо.
– Эмээхсиэн, остуолу бэлэмнээ, аста-үөллэ тарт! – диэн айдаарбытынан Харатаайап кулуба кыыһын хаппахчытыттан ойон тахсар. – Чэ, тоойуом, толору дьоллоох киһи эбиккин, биһиги оҕобут сөбүлүүр!
Харатаайаптаах дьиэлэрин иһэ үөрүүнэн туолар. Киирии-тахсыы хойдор, кэлии-барыы элбиир. Чугас эргиннээҕи билсэр ыалларын ыҥыртара хамначчыт уолаттары ыыталыыллар. Икки дьиэ оһохторугар улахан олгуйдарга эт буһаран быргыталлар. Хатыыстары кыһаллар. Ампаартан хас да иһит арыгыны дьиэҕэ киллэрэллэр. Улахан уонна орто хосторго хастыы да остуоллары холботолуу тардаллар. Уоллаах кыыс сөбүлэһэн илии тутуһар үөрүүлэрин малааһынныырга тэринэллэр.
Маайа хаппахчытын иһиттэн көстүбэт. Кини онно саһан сытар. Биллэн турар, төһө да килбигийбитин иһин, Маайа бэйэтин толору дьоллооҕунан ааҕынар. Арай күтүөт уоллара – Сылгыһыт Сүөдэр төһө да үөрбүт курдук тутта сатаатар, сүрэҕэр туох эрэ ыар санаа баара өтө көстөр. Ону дьиэлээхтэр, үөрүүлэригэр тэптэрэн, өйдөөн да көрбөттөр.
Ылдьаана, күн сиригэр кэлэн булбут соҕотох Маайата субу арахсан барыан курдук санаан, кыыһын хаппахчытыттан арахпат.
– Тоойуом, Маайа, эн хайдах олороргун мин хантан билиэмий-истиэмий?.. Чугас эргин олохтоох оҕоҕо тахсыбытыҥ буоллар, күннэтэ аайы билсэ олоруом этэ… Дьылҕа-хаан ыйыыта оннук эбит буоллаҕа… Сөбүлүүрүҥ көстүбүтүн кэннэ, таҕыстаҕыҥ дии.
Оттон Сүөдэр санаатыттан «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыта букатын арахсыбат, дьэбиннээх тоһоҕо буолан сүрэҕин аалар.
Киэһэлик дьиэлээхтэр, ыалдьыттар остуоллары тула олороллор. Арыгы кутуталаан дьалкыталлар. Ийэтэ Маайаны, илиититтэн сиэтэн, күтүөт уол аттыгар аҕалар.
Эдэрдэри айхаллыы-айхаллыы, алгыы-алгыы арыгы иһэллэр. Маайа икки иҥин хаана тэтэрэн, хап-хара хараҕа үөрүүнэн чаҕылыйан, өссө тупсубукка дылы буолар. Маайа аттыгар олорбутуттан, таптыыр хараҕынан көрбүтүттэн Сүөдэр били «атыыһыт уолабын» диэн албынырбытын умнан кэбиһэр, уруккутун курдук үөрэн-көтөн, өрөйөн-чөрөйөн барар.
Уоллаах кыыс сөбүлэһэн илии тутуһар малааһыннара ханнык эрэ улахан уруу курдук баай-талым астаах-үөллээх, үөрүүлээх-көтүүлээх, көрдөөх-нардаах буолар. Ырыаһыттар бастыҥнара манна ыллыыллар, олоҥхоһуттар бэртэрэ манна олоҥхолууллар. Бу көр-нар ортотугар биллэр буола холуочуйбут Сэмэн Уйбаанабыс күтүөт уолун кууһан олорон этэр:
– Эн, Сүөдэр, тулаайахпын диигин, онон эһигиттэн, оҕолорбуттан, туох халыымы-харчыны ыла сылдьыамый?! Туох баардааххыт барыта бэйэҕит киэнэ буоллун. Биһиги, бу эмээхсинниин, өлүөхпүтүгэр диэри биирдии оҥойор айахпытыгар аһыыр баайдаахпыт, онтон ордук биһиэхэ туох нааданый?.. Туох да наадата суох!
Сылгыһыт Сүөдэр сордоох иһигэр үөрэ саныыр. Биллэн турар, Харатаайап кулуба халыым диэн көрдөөтөҕүнэ, Дьаакыбылап кулуба, кэччэгэй муҥнаан, киниэхэ биэрэрэ биллибэт этэ. Билигин кини Маайаны кытта туох да халыыма суох холбостохторуна, Дьаакыбылап кулубаттан тугу да көрдөһө барыа суоҕа.
Хараатайап кулуба күтүөт оҕото Сүөдэр ис сүрэҕиттэн үөрэн долгуйбутун көрөн өссө лаппыйан этэр:
– Маайа аналлаах энньэтэ-сэтиитэ аҕыйаҕа суох!.. Ону барытын илдьэ барыаххыт. Сүөдэр, оҕобут, кэргэҥҥин сүгүннэрэ кэлэргэр, дьонуҥ суох буолтун кэннэ кимнээҕи сүүрдэ-көтүтэ сылдьыаҥый?! Туох да ол-бу арыаллааһына суох бэйэҥ да кэлээр.
Ити этии Сылгыһыт Сүөдэр сордооҕу эмиэ үөрдэр-долгутар. Биллэн турар, кини, түҥүр-ходоҕой оҥостон, кимин аҕалыай? Барыта хайдах эрэ, оҥоһуулаах оҥорбутун курдук, табыллан иһэриттэн уол санаата олус көтөҕүллэр.
Сэмэн Уйбаанабыс, холуочугар тэптэрэн, аны:
– Оҕолорум, мин көрөн үөрүөхпүн, уураһыҥ! – диэн хаайар.
Кырдьаҕас оҕонньоттор, Харатаайап кулубаны сэмэлээбит курдук, этэллэр:
– Таҥараҕа чүмэчитэ уматтаран баран!..
– Кырдьык да оннук, үгэс, сиэр быһыытынан, – дии-дии Сэмэн Уйбаанабыс Ийэ таҥара бөлөдүйэ хараарбыт мөссүөнүн иннигэр үс буоскабай чүмэчини уматтарар. – Чэ, оҕолорум, айыы таҥараттан дьолло-соргута көрдөһүҥ!
Сүөдэр Маайалыын туран, тугу эрэ сибигинэһэ-сибигинэһэ, кириэс охсунан далбаатаналлар. Маайа бу уол кэлиэр диэри атын киһиэхэ эргэ тахсыбатаҕар таҥараҕа махтанар. Сылгыһыт Сүөдэр уон икки саастааҕыттан аҕыйах ыйдаахха диэри тулаайах, хамначчыт сорун көрө сылдьан, баай киһи кыыһын кэргэн ылан эрэрин иһин таҥараҕа эмиэ ис сүрэҕиттэн махтанар.
Таҥараҕа үҥэн бүтэллэр. Уоллаах кыыс саатан, кэмчиэрийэн сирэйдэрэ кытарбыт, харахтара чаҕылыйбыт. Утарыта эргиллэн көрсүһэллэр. Маайа Сүөдэр илиитин дорооболоһон эрэрдии тутар. «Сип-сибилигин сэгэрим сылаас уоһа даҕайыа», – диэн эрдэтинэ хараҕын быһа симэр. Сүөдэр тугу да гыныан булбат. Кини, дьолуттан дөйөн, аҥаарыйбыт курдук турар. Онуоха Сэмэн Уйбаанабыс аргыый сибигинэйэр:
– Сүөдэр, эн эр киһи быһыытынан кэргэҥҥин бастаан уураан ылыаххын!
Сүөдэр этэ барыта итийэ түһэр. Маайа төбөтө, улам хоҥкуйан, сир диэки төҥкөйөн барар. Сүөдэр кыыһы кууһан, сып-сылаас уоһуттан уураан ылар. Маайа уоһун сылааһа кини сүрэҕин бүтэйдии ньүөлүтэр. Сүөдэр орто дойдуга төрөөн баран бу аан бастаан кыыс уоһун уураата. Оо, бу уурааһынын атыыһыт уолабын диэн сымыйалаан сымсаппатаҕа буоллун ньии! Оччоҕо билигин киниттэн ордук дьоллоох ама ким баар буолуо этэй?!
Сылгыһыт Сүөдэр үөрүөх-көтүөх эбит да, сымыйалаабыта таҥнары тарда турар. Билигин кини хайдах да гынан ол сымыйатыттан быыһанар, куотар кыаҕа суох. Оо, хайыах баҕайыный?! «Бэйи, сип-сибилигин «мин атыыһыт уола буолбатахпын, итини акаарыбар эппитим, бырастыы гыныҥ диэн көрдөһүөххэ», – диэн санаан кэлэр да, сонно тута этэ тымныйа, куйахата ытырбахтыы түһэр: «Кэбис, сатаммат. Миигин атыыһыт уола диэн бу кыыстарын биэрэн эрэллэр… Оттон мин дьадаҥыбын, ыал хамначчыта буола сылдьыбыппын биллэхтэринэ, ыттыы үүрэн кэбиһиэхтэрэ».
Сүөдэр, ити санаатыгар баттатан, дьон тугу саҥаралларын, этэллэрин өйдөөбөт даҕаны.
Түүн ортото лаппа ааһар. Улуус баайдара, бастаах-көстөөх дьоннор бары биллэ холуочуйаллар, саҥалара элбиир.
Сүөдэрдээх Маайа арыгыны хотон испэттэр. Кинилэр остуол аннынан илиилэриттэн бобо тутуһан олороллор, субу-субу утарыта көрсүһэн кэбиһэллэр. Маайа сирэйдиин-харахтыын, туттуулуун-көрүүлүүн «толору дьоллоохпун» диэбит курдук. Оттон Сүөдэр сирэйэ сырдыыра, дьолунан туолара, санааҕа ылларара тэбис-тэҥ быһыылааҕа.
Холуочуйбут дьон айдааннарын баһыйан, Сэмэн Уйбаанабыс дьоҥҥо барытыгар иһитиннэрэн этэр:
– Мин, кырдьаҕас киһи, тиэтэйиэхпин баҕарабын… Эн, оҕобут Сүөдэр, айаҥҥар баран өр буолуох курдук саҥараҕын… Эһиги бэйэ-бэйэҕитин сөбүлэспиккит кэннэ тугун эмиэ өр көһүтүннэрэ олоруохпутуй. Сарсын Хампа таҥаратын дьиэтигэр киирэммит, эһигини бэргэһэлээн тахсыахпыт! Ыалдьыттар, сарсын киэһэ эмиэ бука бары кэлээриҥ!
Мустубут дьон бары итини үөрэ истэллэр: сарсын эмиэ ас-арыгы. Сылгыһыт Сүөдэр эрэ, ууну омурдубут курдук, лүҥкүрэн олорор. «Күтүөт оҕобут кэмчиэрийэн саҥарбат буоллаҕа», – диэн, ким да ону аахайбат.
Сүөдэр бу олорон бэйэтин ааспыт олоҕун эргитэ саныыр: төһө үгүстүк мөҥүлүннэ, атаҕастанна, баттанна, охсулунна этэй кини, онто барыта бу баарга дылылар. Дьоно тыыннаахтарын, ийэтэ сып-сылааһынан кууһарын, ас амтаннааҕын аһатарын, таҥас үчүгэйин таҥыннарарын барытын субу баар курдук өйдүүр. Тулаайах хаалыаҕыттан ыла кини сордоох аччыктыырыгар, таҥаһа суох буолан тоҥоругар, үлэни кыайбакка сылайарыгар, ыалдьарыгар ким да кыһаммат буолбута. Хата, хотуна Огдооччуйа обургу оһох төрдүгэр боруоран турар уолу чанчыгыттан тардыалыы-тардыалыы оройго охсоро уонна хотоҥҥо ынах сааҕын күттэрэ үүрэн киллэрэрэ… Кинини арай икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээх аһынаахтыыра, көмүскэһээхтиирэ. Бу билигин өйдөөтөҕүнэ, хотуна Огдооччуйа кинини, бу хамначчыт уолбут мин төрөппүт оҕобунааҕар сирэйинэн ордук буолсу диэн, абааһы көрөр быһыылааҕа.
Сүөдэр урут хаһан да тугу да сымыйанан эппитин өйдөөбөт. Манна кэлэн, били тойоно Дьаакыбылап эппитин үтүктэн, сымыйаччы буолан олорор. «Сымыйалааһын, албыннааһын баайдар эрэ аргыстара быһыылаах» диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. «Мин Дьаакыбылап кулуба уолун мааны таҥаһын таҥнаат – сымыйаччы буоллум», – Сүөдэр кэтэн олорор таҥаһын абааһы көрбүттүү көрүтэлиир.
Бу түүн эмиэ хойутаан сыталлар. Ол да буоллар Сылгыһыт Сүөдэр уута кэлэн быстыбат. Хаста да түүн туран күрээн хаалыан баҕарталаан ылла да, дьулайда. Кини санаатыгар, ким эрэ уһуктаҕаска, кэтииргэ дылы.
«Сарсыарда таҥара дьиэтигэр илдьэн бэргэһэлииллэр… Сотору Маайаны сүгүннэрэн илдьиэм, биллэн турар, Харатаайап кулуба барсыа… Ханна тиийиэхпитий? Дьаакыбылап кулубалаахха тиийэбит… Атыыһыт уола диэбиттэрэ ким буолан тахсабыный?» – дии саныы сытта Сүөдэр. Кини ити санаатын тулуйумуна, улаханнык ыалдьыбыт киһи курдук, ынчыктаан ылла. Сүөдэргэ тэлгээбит сымнаҕас, сылаас бэриинэлэрэ, кини урут утуйар кулун тириитэ тэллэҕинээҕэр кытаанахха, чарааска, өттүгүн ыарытыннарарга дылы.
«Маайаны кытта хоонньостохпуна, мин киммин, тоҕо «атыыһыт уолабын» диэн албынырбыппын кырдьыгынан кэпсээн биэриэм. Кини чахчы миигин таптыыр буоллаҕына, атыыһыт уола буолбатаххын эбит диэн киэр анньыа суоҕа», – диэн Сүөдэр бэйэтин албыннанар. Ити санаатыттан хайдах эрэ уоскуйан, утуйан хаалар.
Харатаайап кулубалаах сарсыарда халлаан айа кылыыта көстөр буола сырдыыта тураллар. Дьиэлээх оҕонньор таһырдьаттан киирэн:
– Оҕолорум дьоллоох дьон буолсулар, халлаан тыына итийбит! – диэн айдааран дьиэ дьонун уһугуннартыыр.
Кырдьык, бэҕэһээ киэһэ киһи тыына сыыгыныыр түптэлэс тымныытынан хабыалана турбут халлаан бу сарсыарда былытырбыт, сылыйбыт.
Сотору сарсыардааҥҥы астарын аһыыллар. Маайа үөрбүтэ-көппүтэ өтө көстө сылдьар. Кини ийэтинээн мааны таҥастарын таҥналлар, киэргэллэрин, симэхтэрин кэтэллэр. Хамначчыт уолаттар аттары көлүйэллэр, уруу иһэрин дьон ыраахтан иһиттин диэн, дугаларга чуорааннары баайталыыллар.
Хампа таҥаратын дьиэтигэр киирээри Сүөдэрдээх дьиэттэн тахсалларын саҕана кып-кыһыл күн, халлаан илиҥҥи иитэ сэгэйбитинэн быган, мастар төбөлөрүн көмүһүнэн дуйдаан турара.
Маайа ийэтинээн биир сыарҕаҕа олороллор. Сэмэн Уйбаанабыс бэйэтэ куруутун көлүнэр көҕөччөр атын сыарҕатыгар соҕотоҕун тыылыы тэбэн, тиэрэ түһэн кэбиһэр. Сылгыһыт Сүөдэр бэйэтин атынан айанныыр.
Суолларын ортолоон эрдэхтэринэ, халлаан былыта хаҥыыр, күнү хаххалаан кэбиһэр, хаар түһэн ыһыллар.
Халлаан төһө да былытыран будугурдар, Маайа санаатыгар, сырдыкка, ырааска, ичигэскэ дылы. Таптыыр киһитинээн бэргэһэлэнэ киирэн иһэриттэн үөрбүт санаатыгар, оннооҕор, суолларын икки өттүгэр чоҥкуйа кырыаран турар мастар үрүҥ көмүс мөһүүрэ симэҕи кэтэн турар курдук көстөллөр. Хаарынан бүрүллүбүт харыйалар байбаралаах мааны ырбаахылаах кыргыттар арыаллаан туралларыгар маарынныыллар.
Сүөдэр сыарҕатыгар олорон иһэн били хайдах да арахсыбатах санаатын кытта мөккүһэр, охсуһар. Кини көрдөҕүнэ, хас мас лабаата барыта: «Албынньыт бу иһэр!» – диэн ыйарга дылылар. Сүөдэр арыт-арыт таҥара дьиэтин ааһа ойутан, кэлбит суолунан төттөрү сүүрдэн, төрөөбүт Намын сиригэр күрээн хаалыан санаталыыр.
Харатаайаптаах Сиилин аҕабыыттаахха кэлэн тохтууллар. Аҕабыыт дьиэтигэр киирии-тахсыы, кэлии-барыы элбиир. Сылабаар оргуталлар, сыалаах эт буһараллар, арыгы туруораллар.
Сиилин аҕабыыт арыгыны аһыырҕатан уу-хаар аллыбыт хараҕынан Маайа диэки, ымсыырбыт курдук, көрө-көрө:
– Улааппыт!.. Барышня буолбут!.. Тупсубут! – диэмэхтиир, кирдээх баҕайы кыһыл былааты подряснигын сиэбиттэн орооон таһааран уоһун соттор.
Таҥара дьиэтин оһохторун отуннаран, уоллаах кыыһы бэргэһэлииргэ бэлэмнэнэллэр. Киэһэлик соҕус, лаппа холуочуйбут Сиилин аҕабыыт Сүөдэрдээх Маайаны бэргэһэлиир. Бу киэһэ Сиилин аҕабыыты, ийэбитин илдьэ Харатаайап кулубалаах дьиэлэригэр төннөллөр.
Төннөллөрүгэр Сүөдэрдээх Маайаны биир сыарҕаҕа олордоллор. Халлаан хараҥарар. Былыт быыһынан сулустар чаҕылыҥнаһаллар. Лаппа тымныйар. Оттон Маайа санаатыгар, самаан сайын сатыылаабытын курдуга, аттар дугаларыгар чуорааннар чугдаарар тыастара күөрэгэй чыычаах ырыата буолан иһиллэр.
Сылгыһыт Сүөдэр буоллаҕына уһун суолу быһа адьас атыны саныы иһэр: «Биһиги тэҥнээхпит», – дэһэллэр… Биһиги тэҥнээхпит диэн, кыыстарын кытта бэргэһэлээтилэр… Мин дьадаҥыбын, тулаайахпын, ыал хамначчыта буола сылдьыбыппын билэллэрэ буоллар, күтүөт оҕо оҥостуохтарынааҕар мааны да дьиэлэригэр киллэрэллэрэ биллибэт этэ…»
– Маайа!
– Тугуй? – диэн Маайа, кэргэнэ кэпсэтэрин көһүтэ саныы испит буолан, хап-сабар эргиллэ түһэр.
– Маайа, миигин таптыыгын дуо?
– Туох диэн ыйыттаххыный?.. – диэн баран Маайа Сүөдэр түөһүгэр умса түһэр.
– Маайа, өскөтө мин баайа суох эбитим буоллун, бу курдук таптыа, миэхэ эргэ тахсыа этиҥ дуо?
Маайа, туох да саҥата суох, уоһунан Сүөдэрин уоһун булар…