Kitabı oku: «Сүлүһүннээх таптал», sayfa 2

Yazı tipi:

– Соҕотох уолбутун атаахтатымына… – Мотуруона уолун диэки таптыыр харахтарынан көрөр.

– Уолу уол курдук тутуохха баара, аны сотору төбөбүтүгэр ыттыа дии?

– Ээ, кими батан биһиги оҕобут куһаҕан буолуой? Оҕо эрдэҕинэ, ийэ-аҕа тапталын билэн хааллын ээ. Кэлин, ойохтонноҕуна, ол обургу, оҕобутун көлүйэр ини.

– Эн миигин көлүйбүтүҥ курдук дуо?

– Эс, наһаа көлүйүллүбүтүҥ көстүбэт! Хата, бэйэҥ аһары барыахчаҕын! Оннук буолбатах дуо? – Мотуруона оҕонньорун диэки дьүккүччү көрөр. Онуоха анарааҥҥыта, кэпсэтэн да туһа суох диэбиттии, салгыы малларын сосуһан барар.

* * *

Алаастыыраптар дьиэлэрин хомуйаллар, ким эрэ сиппийэр, ким эрэ сотор, ким эрэ эргэ, туһата суох маллары таһаарталыыр. Суоппар Бааска киирэр.

– Чэ, мин төттөрү айаннаатым.

– Бай, тоҕо бачча ыксаатыҥ? Чэйдээн баран барыаххыный? – Өкүлүүнэ, төһөтө кырдьыга эбитэ буолла, суоппар Баасканы тохтоппута буолар.

– Ээ, эһиги өссө да өр хомунуоххут. Хаһан чэйдэтэргитин күүттэхпинэ, халлаан да хараҥарыа.

– Чэ, оччоҕуна айанныыр буоллаҕыҥ. Хата, биирдэ эмэтэ кэлэ сылдьаар.

– Мээнэ кэлбэтим буолуо ээ. Гөрүүчэй да күндү. Арай тойоттор «бар» диэн соруйдахтарына, биирдэ.

– Оттон, саатар, төттөрү көһөрбүтүгэр көмөлөһөр инигин? – Ньукулай ыйыталаһар.

– Этэбин дии, тойоттор туох дииллэринэн хамсанабын.

– Аата, наар «тойоттор да тойоттор» буолан түһэҥҥин! – Ньукулай кэлэйбит куолаһынан.

– Сопхуос массыынатын миинэ сылдьаммын уонна туох диэхпиний?

– Чэ, оччотугар, барар киһи бардаҕыҥ! Ойоҕуҥ Биэрискэ төһө эрэ күүттэҕэ, – Өкүлүүнэ ити кэпсэтииттэн сөбүн хал буолла быһыылаах.

– Күүтээн-күүтэн! Бэйэтиттэн олох биир да хардыы араарыан баҕарбат ээ!

– Һы, эдэрэ бэрт буоллаҕа… – Өкүлүүнэ үөннээх баҕайытык күлэн ылар.

– Даа, эдэр бөҕө, – Бааска мичээрдээн ылар. – Чэ, этэҥҥэ олоруҥ! – диэт, тахсан барар. Массыынатыгар олороот, таһырдьа үлэлии сылдьар Силэпсиэптэргэ «бакааларыҥ» диэн сапсыйар. Онуоха Уйбаан уун-утары кэлэр.

– Хайа, Бааска, номнуо бардыҥ дуу? Туох ааттаах тиэтэйдэххиний?

– Бара-ан баран… Таарыччы Һаанньыкаптарга киирэн чээйдээн ааһыллыа. Эһиги чэйдэппэтигит дии?

– Оттон бэйэҥ көрөҕүн дии, өссө да хомуна сылдьабыт. Остуолга олорорбут өссө да ыраах быһыылаах.

– Чэ, этэҥҥэ олоруҥ! Мин, айан киһитэ, көтүттүм!

Уйбааннаах Бааска илиилэрин тутуһан, быраһаайдаһаллар. Бааска массыынатын кэнниттэн хойуу быыл өрө көтөн тахсар.

* * *

– Һыччый, ол сытар хобордоохтору биэр эрэ.

Оппоо, ийэтин көрдөһүүтүн толороору, туохтан эрэ иҥнэн охтон, сиргэ таралла түһэр. Тыас-уус бөҕөтө буолар. Онуоха Өкүлүүнэ соһуйан ходьох гына түһэр.

– Бабат-татат! Туох ааттаах куһаҕан туттуулаах дьоҥҥутуй? Тыаһаан-ууһаан түһэҥҥит, аны дьиэ иччитин үргэргит буолуо? – диэн айдаарар.

– Алҕаска түһэрдим ээ… – Оппоо, буруйдаах киһи быһыытынан, куотуна сатыыр.

– Һ-м, эйиэнэ буолан баран, барыта алҕаска буолан иһэр! – Өкүлүүнэ идэтинэн кыбдьырынан ылар.

– Чэ, чэ, наһаа оргуйума, – Ньукулай уолун көмүскэһэр.

– Ньукулай, бэриинэлэри тэбээтиҥ дуо? – Өкүлүүнэ болҕомтото аны Ньукулайга көһөр.

– Тэбиэм, тэбиэм! Ханна да куотуохтара суоҕа!

– Уолаттар, аҕаҕытыгар көмөлөһүҥ эрэ! Туох баар бэриинэлэри, сыттыктары, суорҕаннары маҕыйа-маҕыйа күүскэ тэбээҥ!

Уолаттар, аҕаларын батыһан, таһырдьа тахсаллар.

– Бээрэ, оччотугар мин тахсаммын, хоруопкалаах маллары бэрийиим. Маайа, эн манна барытын ситэри бэрээдэктээ, оннун буллар.

Өкүлүүнэ таһырдьа тахсыа эрэ кэрэх, Маайа, орон анныгар кистээбит эргэ суумкатыттан бытыылкатын ойутан таһаарар уонна хаппаҕын арыйаат, туох да чааскыга, иһиккэ куппакка эрэ, түргэн соҕустук хаста да омурдар. Дьэ, онтон тыын ылан, уоскуйар. Харахтарыгар ханна эрэ түгэххэ саспыт төлөннөрө уһукталлар…

* * *

– Манна хайдах эрэ соччото суох баҕайы эбит. Анараа сайылыкпыт быдан ордук этэ, – уон биэс саастаах Любуска кыыс, түннүк сото туран, үҥсэргээбиттии этэр.

– Оннук ээ… Таах сибиэ манна кэлэммит! Тоҕо сөбүлэспиккитий? – эдьиийиттэн сылынан аччыгый Лидыкка төрөппүттэрин диэки көрөн ылар.

– Ээ, ону биһигиттэн ыйытыахтара диэтэххит дуу? Тойоттор «Өллөөххө бараҕыт да, сабаас!» диэбиттэрэ да бүттэҕэ! – ийэлэрэ Мотуруона оронун таҥаһын бэрийэ туран хоруйдуур.

– Ол аата биһиги ынах сүөһү курдук буоллахпыт! – Любуска кыыһырбыттыы саҥарар.

– Эс, туох диэтэҥий ити аата? – Мотуруона кыыһын тылларын эмиэ да сөҕө, эмиэ да атыҥырыы истэр.

– Ол аата биһиги бэйэбит дьылҕабытын бэйэбит быһаарар туох да бырааппыт суох!

– Ону-маны лабаҥхалаама! – ийэтэ саба саҥарар.

– Айыка, бу сайын түргэн соҕустук ааһа охсоро буолла-ар! – Любуска, кыах баара буоллар, бу сиртэн билигин да куотуох курдук.

– Хайа, номнуо оскуолаҕын аҕынныҥ дуо? – Мотуруона хороччу улааппыт кыыһын диэки соһуйбуттуу көрөр.

– Ээ, манна олоруох кэриэтэ, үөрэммит быдан ордук!

– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын… – Лидыкка эдьиийин диэки буолар.

– Ийээ, убаай Миитэрэй куораттан аҕалбыт тимир бэстилиэтэ ханнаный? – Баанньыска мас дьааһыгын хаһа туран ыйытар.

– Тукаам, уурбут сиргэр баар ини!

– Оттон суох ээ!

– Ол аата дьиэҕэр хааллардаҕыҥ!

– Ол бэстилиэтэ суох хайдах да табыллыбаппын! – Баанньыска ытыахча.

– Ону мин дьэ хайыыбыный? Дэриэбинэҕэ сүүрэн тиийэн аҕалабын дуо?

– Аҕал! – Баанньыска кыһыытыттан атын оонньуурдарын сиргэ кыыратар.

– Ээ, дьэ, бу да уолбут атаахтаан түһэн! Бүт, нохоо! – Лидыкка кыыс быраатын буойа сатыыр.

– Кырдьык даҕаны, бачча улахан эрээригин, наар сыыҥк-сыраан буолуоххар дылы ытыы сылдьаҕын! – Любуска быраатыттан адьас сөп буолбут быһыылаах. Ол эрээри Баанньыска, итиччэ атаах уол, кими истиэ баарай? Өрө баран иһэр. Аттыгар сытар сурунаалы эдьиийин диэки кыыратар. Дьолго, кыыс сурунаалы хабан ылар.

– Наһаалаама эрэ! Ийээ, аҕаа, уолгутун тоҕо үчүгэй соҕустук буойбаккытый? – Любуска бу сырыыга баҕас чахчы да кыыһырыан кыыһырбыт көрүҥнээх. Ол аайы Баанньыска аһары түһэн, эдьиийигэр өссө тылын көрдөрөр.

– Оҕолор, билбэт сиргитигэр үктэнэн баран, мээнэ иирсимэҥ, бэрээдэктээхтик сылдьыҥ! – Мотуруона буойбута буолла.

– Оттон Баанньыска наһаалыыр дии! Тоҕо уолгутун буойбаккытый? Туой кини буруйа суох буолан иһэр, – Любуска ийэтигэр туһаайан этэр.

– Оттон тоҕо саҥа бэстилиэппин хоруопкабар уурбатаххытый? Үспүйүөннээх оонньоотохпутуна, ити Алаастыыраптар уолаттарын үчүгэй соҕустук ытыалыахтаах этим.

– Ээ, һычы, төрүт долгуйума. Мин эйиэхэ мастан кыһан, бэртээхэй бэстилиэт оҥорон биэриэм, адьас дьиҥнээх курдугу, – Уйбаан атаах уолун уоскута сатыыр.

– Пахай, ол былыргы оҕо курдук мас бэстилиэтинэн оонньуом дуо? – Баанньыска кыһыытыттан тэбиэлэнэн ылар.

– Айыка, кыыс курдук кыҥкыйданан бүт! Түксү! Эйигинэ да суох кыһалҕа элбэх! – Мотуруона, киһи эрэ буоллар, уолун буойар.

* * *

– Хайа, ыаллар дорооболоруҥ! – суоппар Бааска Санниковтар дьиэлэригэр киирэр.

Дьөгүөр, ааҥҥа көхсүнэн олорор буолан, сыччах нэһиилэ хайыһан эрэ көрөр. «Дорообо-дыраастый!» түһэрбэт. Ыалдьыт эрэ, сах эрэ киниэхэ төрүт да син биир быһыылаах. Арай Ылдьаана эмээхсин, сааһырбыта бэрдиттэн, уота-күөһэ мөлтөөбүт, будулуйбут харахтарыгар кыл түгэнигэр туох эрэ кыым тыган ыларга дылы буолар.

– Хайа, Лэгэнтэй уола кэллиҥ дуу?

– Ээ, мин, мин, Лэгэнтэй уолунабын.

– Хаһан да сылдьыбат бэйэҥ, хата хайаан үктэннэххиний? – эмээхсин соһуйбуттуу ыйытар.

– Сайылыкка дьону тиэйэн аҕаллым. Таммах ууну иһэрпэтилэр, онон эһиэхэ киирдим.

– М-мм, чэ, олор, олор. Биир чааскы чэйи баҕас кутаа инибин.

Бааска остуолга олорор, эмээхсин чэй кутар. Бааска итии чэйин сыпсырыйан иһэр. Лэппиэскэни өлгөм соҕустук сүөгэйинэн биһэр уонна айаҕар толору симэн, аһаан барар.

– Һуу, аччыктаабыт да эбиппин! – диир.

– М-мм… Чэ, таах аһаан мотуйа олоруоҥ дуо? Кэпсээ, кимнээхтэри аҕаллыҥ? – эмээхсин ыйыталаһан барар.

– Ээ, бүтүн икки ыалы оҕолуун-уруулуун тиэйэн аҕаллым.

– Кимнээхтэрий ол?

– Силэпсиэптэр уонна Алаастыыраптар. Билэр инигин кинилэри?

– Билиминэ!

Ити тухары кэпсэтиигэ орооспокко саҥата суох олорбут Дьөгүөр харахтарыгар мичээр дуу, үөрүү дуу кыыма кыл түгэнигэр охсуллар. Ол эрээри ким кини сирэйин одуулаабыта баарай?

– Быйыл манна сайылыыллар үһү.

– Тыый, бүтүн аармыйа дьонун тиэйэн аҕалбыккын дии?!

– Оннук!

– Айа да! Сорбутун сордууһуктар! – Ылдьаана ыараханнык өрө тыынан ылар.

– Хайыаххытый? Тулуйаргытыгар эрэ тиийэҕит. Аны туора дьон оҕолорун мөҕөн, ол алдьархайа тахсаарай! Ити Өкүлүүнэ бэлэһэ сүр быһыылаах. Быраатын кини дьаһайан олорор дииллэр. Кийиитин букатын да муннукка ыкпыт.

– Чэ, хайаатыннар даҕаны. Биһиэхэ эрэ мэһэйдээбэтиннэр. Былырыын, ким да суоҕуна, сүөһүлэрбитин көрөн-истэн, ыппытын-куспутун кытта эҥээрдэһэн бэркэ да олорбуппут.

– Ол олоххутун умнаргытыгар тиийэҕит. Хата, төттөрүтүн, эрдэ сылла баран билсиҥ, ыаллаһа охсуҥ. Баҕар, хата, кимнээҕэр тапсыаххыт дии? Дьөгүөр, туох дии саныыгыный?

– Баҕар, буолуо даҕаны, – ити тухары баара-суоҕа биллибэккэ иһийэн олорбут Дьөгүөр, ыалдьыт этиитин кытары тута сөбүлэспититтэн ийэтэ эмээхсин соһуйан, ходьох гына түстэ. «Тугу, тугу, нохоо, тыллаһаҕын?» диэбиттии, баар-суох уолун диэки соһуйбуттуу көрдө.

– Ити баар дии, Ылдьаана, уолуҥ саҥа дьон кэлбититтэн үөрэр эбит!

– Ээ, ким билэр…

– Чэ, туох да диэбит иһин, ураты сайын эһигини күүтэр…

Суоппар Бааска лэппиэскэтин сүөгэйинэн сыбаан баран, өссө үрдүгэр саахардаата уонна бүүс-бүтүннүүтүн айаҕар симиннэ.

* * *

Маайа дьиэ иһин хомуйар, сууйар-сотор, маллары дьаарыстыыр. Бастаан утаа ыһыллаҕаһа бэрдиттэн илиитэ-атаҕа олох барыа суох бэйэтэ, сыыйа-баайа син үөрэнэн, хамсаныыта түргэтээн барда. Эбиитин, сөп буола-буола, бытыылкатын баран соппойор.

– Ийээ, эдьиий эйигин остуолун тарда турдун диэтэ! – Куока аҕылаан-мэҕилээн, дьиэҕэ киирээт, нэһиилэ тыын ыла-ыла эттэ.

– Сөп, һычы, билигин начаас остуолу тардыам. Ол диэн үлэ буолаахтыа дуо? – диэтэ Маайа хайдах эрэ ис иһиттэн уйадыйан туран. – Тоойуом, хата, эйигин бырдах сиэбэтэ дуо?

– Ээ, суох, эдьиий Өкүлүүнэ түптэ оҥорбутугар бырдахтар тута сүтэн хаалбыттара.

– Чэ, бэрт эбит оччоҕо. Оттон аҕаҥ ханнаный, тугу гына сылдьарый?

– Суорҕаннары тэбээн баран, тыаҕа мас мастыы барбыта.

– Оттон убайдарыҥ ханналарый?

– Бары бииргэ барбыттара.

– Ээ, чэ бэрт эбит. Куока, эн таһырдьа тахсыма. Манна аттыбар олоро түс, миэхэ доҕор буол.

– Сөп, ийээ.

Куока түннүк аттыгар олоппоско олорунар. Ийэтэ остуолга иһити-хомуоһу уурталаан барар. Онтон тугу эрэ көрдөөн булумахтанар. Хоруопкалары үрүт үөһэ хас да хас буолар. Ити кэмҥэ Өкүлүүнэ сылабаарын туппутунан дьиэҕэ киирэр.

– Хайа, остуолгун тартыҥ дуу? – диир кини, остуолу кэриччи көрөөт. Килиэп, арыы, эт ууруллубуттар. Барыта баар курдук эрээри, туох эрэ тиийбэт.

– Оһохпутун аһатыахпыт этэ… Алаадьыгын тоҕо остуолга уурбатыҥ?

– Булбатым ээ… – диир Маайа, буруйдаах курдук туттан.

– Хайдах ол аата? – Өкүлүүнэ итэҕэйбэтэхтии ыйытар.

– Оттон барыны бары көрдөөтүм да, булбатым…

Өкүлүүнэ кийиитигэр чугаһыыр.

– Хайа, эн, кэллэ-кэлээт, аһыы аскын номнуо амсайа охсубуккун дуу?

Куока итиччилээҕи көрөн, кутталыттан иһийэн хаалар.

– Ээ, оттон кыратык…

– М-мм… Эн обургу киэнэ барыта кыра буолан истэҕэй? Арыгыгын умнуохтааҕар алаадьыгын умнубуккун дуу?! Дьахтар да бөҕөтүнэҕин! Оо дьэ, ити аата аал уоппут иччитин аһаппат буоллахпыт! Буолар да эбит… – диир Өкүлүүнэ, улаханнык кэлэйбиттик.

– Оттон мин түргэн соҕустук оҥоруохпун сөп ээ. Алаадьыны оҥорор диэн улахан буоллаҕай?

– Наадата суох! Умуннуҥ да умуннаҕыҥ! Туой, барытын буорту гына сылдьаҕын! Дьаабы да дьахтаргын!

Өкүлүүнэ абаккатыттан Маайаны саайан сырбатыах курдук. Анарааҥҥыта кутталыттан кыра бэйэтэ өссө кыччаабыкка дылы буолла.

Куока итиччэлээҕи истэн ытаары, нэһиилэ сыҥсыйа олорор.

– Һычы, ытаама… – Маайа уолун уоскутаары кини диэки хайыспытыгар Өкүлүүнэ суолу бүөлүү түһэр.

– Тыытыма оҕону! Чугаһаама даҕаны! Чэйгин кутуталаа! Чаһы ыраатта, ньирэйдэрбитигэр тахсарга уолдьаста!

* * *

Пиэрмэ дьонугар уһун кыһын кэнниттэн сайылыкка тахсыыттан ордук туох үчүгэй кэлиэй? Сүөһүлэр көҥүл мэччийэллэр, саҥа төрөөбүт ньирэйдэр аҕыйах ый иһигэр төлөһүйэ улааталлар. Өллөөх сайылыгар тахсыбыт икки ыал кыралыын-улаханныын бука бары бастакы ньирэйдэрин аһата тахсаллар. Бука бары үөрбүт-көппүт сирэйдээхтэр. Бэл Өкүлүүнэ сирэйэ сырдаабыкка дылы, харахтарыгар дуоһуйуу кыыма баар. Куока суоскатын туппутунан, тугу гыныан билбэккэ турдаҕына, киниэхэ биир ньирэй сүүрэн кэлэн, «Аһат!» диэбиттии, инчэҕэй муннун анньар. Онуоха уол күлэн саһыгырыыр. Ньирэй барахсан, оҕо оҕо курдук күүтүүлээх үүтүн иҥсэлээхтик оборбутунан барар.

– Маладьыас, аһаан ис, биир да хааппыланы хаалларыма! Оччоҕуна хаһан эрэ уп-улахан буолуоҥ! – Куока, ньирэй хайдах суосканы эмэрин, хараҕын араарбакка одуулаһар. Аһатан бүтээт, ньирэйин кууһан ылар.

– Мин эйигин Эриэнчикэй диэн ааттыыһыкпын! Эриэнчикэйгин дии! Эчи, кыламаннарыҥ уһуннарыын! Харахтарыҥ килэбэчигэстэри-ин! Эйигин мин эрэ аһатар буолуом, сөп? Атыттарга сүүрэн көрөйөххүнүй? – салгыы Куока ньирэй уһун даллайбыт кулгааҕыгар тугу эрэ сибигинэйэр.

– Тоойуом, ньирэйгэ туох диэн ити сибигинэйдэххиний? – Өкүлүүнэ Куока диэки соһуйбуттуу көрөр.

– Туох эрэ диэти-им!…

– Оттон, саатар, эдьиийгэр эт ээ! – Өкүлүүнэ эйэргэспиттии этэр.

– Ээ, суох! Кистэлэҥ!

– Чэ, сөп. Буоллун даҕаны! Оҕом барахсан букатын улахан киһи курдук буолбут, өссө кистэлэҥнээх эҥин ээ, – Өкүлүүнэ уолчааны таптаан, төбөтүттэн имэрийэн ылар.

Айантан, саҥа сиргэ олохсуйартан сылайбыт буолан, бары да эрдэ ороннорун булаллар. Уйбаан Силэпсиэп сытан эрэ Эрилик Эристиини ааҕар.

– Төһө интэриэһинэй кинигэний? – Любуска таах сытыахтааҕар ыйытар.

– Былыргы олоҕу бэркэ да ойуулаан суруйбут!

– Аҕаа, хата ааҕан бүтэрдэххинэ, миэхэ биэрээр, – Лидыкка уочараттыы охсор.

– Биэрэн бөҕө буоллаҕа! Бу маннык дьиҥнээҕи, олоххо буолбуту кэпсиир айымньылары киһи умсугуйан туран ааҕар. Оттон сорохтор киэннэрэ таах өйтөн суруйуу курдук, барыта албын!

– Айыка, мин тус бэйэм өрөбөлүүссүйэ туһунан ааҕарбын сөбүлээбэппин, – Мотуруона улахан баҕайытык дьааһыйан ылар.

– Һ-м, эн диэн эн буоллаҕыҥ! Кинигэни аахпаккын даҕаны дии? – Уйбаан ойоҕун диэки хайыһар.

– Ону ааҕар бириэмэ да суох. Үлэттэн ордон кинигэ ааҕан таралыйан сытыам дуо? Үчүгэйэ бэрт дии! «Кыыммын» да аахтахпына сөп! Чэ, түннүктэргитин сабыҥ уонна утуйуҥ. Сарсын эрдэ турабыт.

– Ээ, пахай, саатар кыратык ааҕыахха ээ! Саамай мүччүргэннээх түгэҥҥэ кэллим! – Любуска ийэтиттэн көрдөһөр.

– Чэ, отучча мүнүүтэ ааҕан баран тохтооруҥ, сөп буолуо. Сынньаныаххытын наада, эһиги да буолларгыт сылайдыгыт ини.

Уйбаан сыҥааҕыргаан ылар. Кинигэтин муостаҕа быраҕар. Кыргыттар, аралдьыйбакка, салгыы ааҕаллар…

* * *

Алаастыыраптар, Өкүлүүнэ буойан-хаайан, кыралыын-улаханныын эмиэ эрдэ хаптайаллар. Түннүк чараас сабыытын быыһынан ый уота кутуллар, ол аайы дьиэ иһэ киһи этэ тардыах, күлүгүрэн иһэр. Бэл истиэнэ, оһох, күннэтэ туттуллар судургу тээбириннэр киһи билбэт гына уларыйаллар.

Эмискэ Өкүлүүнэ баттатан, эмиэ да ынчыктыыр, эмиэ да ытыыр, эмиэ да улуйар курдук дьулааннык саҥарар. Ол эрээри бары кытаанахтык утуйа сытар буолан, эдьиийдэрэ эрэйдэнэ сытарын истибэттэр. Сыыйа-баайа оһох кэнниттэн от күөхтүҥү өҥнөөх, буруо курдук хойуу салгын халыйан, дьиэ иһигэр тарҕанан барар. Ол аайы Өкүлүүнэ баттатара күүһүрэр, сүгүн уһуктубакка эрэйдэнэн бөҕө буолар. Кини дьолугар, Куока уһуктан кэлэр уонна кутталыттан ытаан барар. Кэмниэ кэнэҕэһин биир-биир бары уһуктан кэлэллэр.

– Өкүлүүнэ, туох буоллуҥ? Уһугун! – Ньукулай эдьиийин уһугуннара сатыыр. Ол эрээри Өкүлүүнэ ити ыарахан туруктан тута босхоломмот. Киһи саҥатын буолбакка, туох эрэ дьиикэй кыыл саҥатын ис иһиттэн таһаарарыттан Куока өссө күүскэ ытыыр.

– Өкүлүүнэ! Өкүлүүнэ! – Ньукулай, куолаһын улаатыннаран, эдьиийин ыҥырар. Кэмниэ кэнэҕэһин Өкүлүүнэ ыараан хаалбыт халтаһаларын нэһиилэ арыйар.

– Ээ, уһугуннум… уһугуннум. Утуйуҥ! – диир Өкүлүүнэ, барыларын уоскутардыы. Ол эрээри аттыгар сытааччылар эдьиийдэрэ кутталыттан сүрэҕэ күүскэ да күүскэ тэбиэлиирин истэргэ дылылар.

Дьиэ иһэ барыны бары мэлдьэһэн, чуумпу буола түһэр.

2

Сарсыарда диэн сарсыарда. Сарсыарданы тугу кытта холуохха сөп эбитэ буолла? Арааһа, эдэр сааһы кытта буолуо. Эдэр саас курдук кэрэ, ыраас, кыһалҕа, сылайыы тыына өссө биллибэт. От – тэпсиллибэтэх, күөл долгураҥа – холку, наҕыл. Үөн-көйүүр сыыгыныыра, эрдэһит чыычаах ырыата-тойуга сайыҥҥы сарсыарданы ситэрэн биэрэр…

Алаастыыраба Маайа күөрчэх ытыйа турар. Аттыгар аччыгый уола Куока эриллэр. Маайа, күөрчэҕин ытыйан бүтээт, ытыгын уолугар туттарар. Анарааҥҥыта, ону эрэ кэтэһэн турбуттуу, күөрчэҕи салыыр.

– Һычы, минньигэс да-а?

– Ааһа… – Куока, салыы охсоот, нэлэгэр иһиттэн күөрчэҕи ытыгынан өссө оймоон ылаар. Ийэтэ буойуохтааҕар уолун диэки таптаабыт харахтарынан көрөн ылар. Аан аһаҕас буолан, күн сырдыга, сылааһа дьиэ иһигэр бүтүннүү кутуллар.

– Хайа, урукумуонньукпутун ыйаабатаххыт дуу? Хайдах дьэ уонна суунабыт? Уолаттар, була охсуҥ эрэ! – таһырдьаттан Өкүлүүнэ саҥата иһиллэр.

– Һычы, бараҥҥын, эт эрэ, сылабаардаах уу оргуйбут буоллаҕына, киллэрдиннэр. Чэйдиэхпит этэ, – Маайа уолугар сорудах биэрэр. Куока, иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, таһырдьа ойор. Маайа, остуолун тарда туран, түннүгүнэн ыаллыы олорор Силэпсиэптэри одуулуур. Уйбаан, сабараанньаҕа олорон, куолутунан, табахтыыр. Сайыҥҥы сарсыарданан дуоһуйа олорор киһи быһыытынан, сирэйэ наҕыл, бэл мырчыстаҕастара көммүккэ дылылар. Ити туран эмискэ Маайа, Уйбаан кини диэки көрөрүн бэлиэтиир. «Тугай эмиэ?» диэбиттии, Маайа хайдах эрэ ис-иһиттэн кыбыстан ыларын, сирэйэ тэтэрэрин, аттыгар ким да суох буолан, бэлиэтии көрбөт. Ити икки ардыгар Уйбаан соҕотох уола, муннун бүөтэ, Баанньыска сүүрэн чолохоччуйан кэлэр, онтон Мотуруоната көстөр. Маайа Мотуруона туһунан санаан барар. Мотуруона, туох да диэбит иһин, эдэр сылдьан киһи хараҕар быраҕыллар дьахтара этэ. Билигин да өйдөөн көрдөххө, тэтиэнэх соҕус: этэ-сиинэ кытаанах, тутта-хапта сылдьара эрчимнээх. Итинник сэбэрэлээх дьахтар куорат дьахтара эбитэ буоллар, төһө эрэ тупсуо, уларыйыа этэй? Ону баара, билбитэ диэн пиэрмэ. Ыарахан үлэттэн ким баҕарар эрдэ кырдьар. Маайа бэйэтин кистэлэҥ санааларыттан бэйэтэ кыбыһынна быһыылаах, сүр түргэнник түннүгү сиидэс сабыынан саба оҕуста уонна долгуйбутун үмүрүтэ сатаан, харса суох килиэби бысталаан, тэриэлкэҕэ хоточчу уурталаата.

Силэпсиэптэр, Маайа ыраахтан кинилэри көрөн, долгуйбутун хантан сэрэйиэхтэрэ баарай? Иккиэн олорон эрэ, буолары-буолбаты сэһэргэһэллэр.

– Хайа, Уйбаан, тугу түһээтиҥ? – Мотуруона оҕонньоруттан туоһулаһар.

– Һ-м…Ээ, тугу түһүөхпүнүй? Төбөбүн сыттыкка уураат да, таастыы утуйбутум.

– Оттон, саҥа сиргэ тугу түһээбитиҥ туолар диэччилэр дии?

– М-мм… Буолуо даҕаны. Хата, киһи бэрдэ, эн түһээтиҥ ини? Баҕар, биир эмэ туора бытыктаах дьээдьэни көрбүтүҥ буолаарай? Эбэтэр ол былыргы чөҥөчөккүн Ньукулайы? Киһиҥ, хата, бииргэ сайылыыр буолбуппутуттан үөрбүт быһыылаах!

Мотуруона, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, кэргэнин өттүгүн тоҥолоҕунан саайар.

– Эн ону-маны тыллаһан бүт эрэ! Истиэххин баҕардаххына, Брежневи түһээбитим.

Уйбаан соһуйан, ходьох гына түһэр.

– Һ-м…Брежневи даа?

– Ааһа. Леонид Ильиһы.

– Утуйуоҥ иннинэ «Кыымы» аахпытыҥ ити баар! Хайыырый ол Брежневпит?

– Манна кэлэр!

– Манна диэн ол аата ханна?

– Манна диэн манна! Өллөөххө!

– Эс, сымыйалыыгын быһыылаах! Балыыҥкалаама!

– Уоспадьы! Түүлгэ баҕас тугу баҕарар көрүөххэ сөп ини! Кырдьык буоллаҕай? – Мотуруона, оҕонньоро бытааннык толкуйдууруттан кыйыттан барда.

– Эмиэ да оннук… Түүл диэн түүл буоллаҕа. Оччотугар Брежневпит манна кэлэн дьэ хайыырый?

– Кылабачыгас хара массыынатынан сыыры түһэн, бу сайылыкпытыгар кэлэр. Кэнниттэн элбэх баҕайы атын кып-кылабачыгас массыыналар, ол быыһыгар биһиги биригэдьиирбит газигынан арыаллыыллар. Тохтоотторун кытары, Ыстапаан Ыстапаанабыс долгуйа-долгуйа: «Леонид Ильич, бу биһиги сопхуоспут бастыҥ үлэһиттэрэ» – дии-дии биһигини ыйар.

– Ээйи-ис! – арааһа ойоҕун кэпсээнин барытын хараҕар ойуулаан көрөн, онтон бэркиһээн, Уйбаан күлэн күһүгүрүүр.

– Онуоха Брежнебэ биһиэхэ эрэ аахайбат: «Баран, сүөһүлэргитин көрүөххэ, төһө төлөһүйбүттэрий?» – диир. Дьэ уонна бука бары сүөһү турар далыгар хааман тиийэллэр уонна… – Мотуруона, кэпсээн иһэн, тохтоон хаалар.

– Тоҕо тохтоотуҥ? Салгыы кэпсиэххин?

– Ээ, салгыы киһи кэпсиирэ туох да үчүгэй суох.

– Бай, туох буоллахтарай? Брежнев ынах сааҕыттан халтарыйан, тиэрэ таһыллан түһэр дуо?

– Уу, бу акаарыны! – Мотуруона, кэлэйбиттии, оҕонньорун эмиэ тоҥолоҕунан өттүккэ саайар.

– Оттон оччоҕо туох буоларый?

– Тиийбиттэрэ, сүөһүлэрбит тылларын таһааран баран, сиргэ тараһан сытаахтыыллар эбит.

– Ол аата хайдах? – диир Уйбаан, өйдөөбөтөхтүү.

– Оо дьэ! Чахчы да тиийиммэккин дуу, хайдах дуу? Хайдах тута өйдөөбөт баҕайыгыный? – Мотуруона ис-иһиттэн кыйыттан барар. – Түһээтэхпинэ, ынахтарбыт чыыста бары сиргэ өлөн тараһан сыталлар!

– Аньыы даҕаны! Аата, булан-булан түһээтэххиний?!

– Дьэ, диэмэ! Бэйэм да куттанным ээ, сүрэҕим «парк» гына түспүтэ. Ол иһин эрдэ тураммын, сүөһүлэрбин баран көрбүтүм, хата барахсаттар этэҥҥэ тураахтыыллар эбит.

– Оннук эрэ буоллун…

Маайа, остуолун тардан баран, дьонун көһүтэ таарыйа, сөбүлүүр ырыаһыта Ольга Иванова репертуарыттан киҥинэйэн ырыа ыллыыр. Ыллаан истэҕин аайы, сирэйин тыҥааһына сүтэргэ, наҕылыйан, ис иһиттэн уоскуйан барарга дылы буолар. Өкүлүүнэ киирбитигэр, тохтоон иһэн, анарааҥҥытын сирэйин олоруута сымнаҕаһын, кини диэки эйэ-дэмнээхтик көрөрүн билэн, ырыатын тохтоппот, ситэри ыллыыр.

– Дьэ, Маайа, туох да диэбит иһин ыллыыргын баҕас сатыыгын. Киһи эрэ иһиттэр-истиэх курдук… – Маайа ырыата Өкүлүүнэ дууһатын кылын эмиэ таарыйбыт быһыылаах.

– Ээ ити диэн… – Маайа симиктик хоруйдуур.

– Мин көрдөхпүнэ, букатын да ырыаһыт буолуохтаах киһи хаалбыккын…

– Эс, ама хайаан…

Өкүлүүнэ кийиитин саҥата суох чочумча одуулаһан баран, күннээҕи түбүктэрин саныы биэрдэ быһыылаах.

– Чэ, чэйдииргэ уолдьаста. Барыта бэлэм ини? – диэн куолутунан тимир-тамыр куолаһынан ыйытар.

– Бэлэм…

Өкүлүүнэ дьиэттэн быгаат: «Кэлиҥ! Кэлиҥ! Чэйдиэххэйиҥ!» – диэн ыҥырар. Ону эрэ күүппүт дьон, тута дьиэҕэ кутулла түһэллэр уонна сарсыардааҥҥы аһылыктарын аһаан бараллар. Килиэптэрин, күөччэххэ оймоон сииллэр. Чэйдэрин тыастаахтык сыпсырыйан иһэллэр.

– Эдьиий, түүн баттатан да биэрдиҥ ээ? Итиччэ айылаах тугу түһээтиҥ? – Ньукулай сэмээр ыйытар.

– Оттон бэҕэһээ оһохпутун аһаппатахпыт ити баар дии? – Өкүлүүнэ Маайа диэки кынчарыйан ылар.

Маайа эрэйдээх буруйдаах киһи быһыытынан, кыра бэйэтэ өссө эбии намтыырга дылы буолар.

– Аата, дьэ, ол оһохпутун аһаппатахпыт аайыттан баттаппатыҥ ини!

– Дьэ, билбэтим… Дьиэ-уот, сир-дойду өһүргэннэҕэ дии…

– Тугу түһээтиҥ? – Ньукулай билиэн баҕарара сүр.

– Туох эрэ, туман курдук эрээри, хоп-хойуу салгын муоста анныттан кэлэн, муомахтыырга дылы гыммыта…

– Эчи кутталын!

– Куттал буолбакка!

– Эйигиттэн сылтаан Куока ытаабыта.

– Миигиттэн сылтаан буоллаҕай? Киэһэ дэлби мэниктээн, уу бөҕөтүн хааламмыта хайа аанньа буолуой? – Өкүлүүнэ Куока диэки сүүһүн аннынан дьүккүччи көрөр. Ол эрээри анарааҥҥыта киниэхэ эрэ аахайбат, тоҕо диэтэргит Өкүлүүнэ кинини барыларыттан ордорорун бэркэ диэн билэр.

– Оттон уруунньукпун аҕалбатаххыт дии? – диир кини хап-сабар, туох да буолбатаҕын курдук.

– Һы! Бэйэҥ малгын бэйэҥ аҕалыахтаах этиҥ буоллаҕа!

– Ээ, оттон, умнан кэбиспиппин! Уонна уруунньук тута сылдьыам дуо? Кыбыстыыта бэрт.

– Оччотугар таһырдьа тахсан ииктиэххин. Улахаҥҥын буотта?

– Ээ, суох, түүн таһырдьа тахсарбыттан куттанабын.

– Пахай, куттас куобах эбиккин! – Лөглөө, таах олоруохтааҕар орооһор.

– Аныгыскы сырыыга, иигиҥ кэллэҕинэ, ийэҕин туруораар, – Оппоо хос сыҥаах буолар. Куока кыһыытыттан туох да диэбэт, кытаран баран, килиэбин остуолга бытарыта олорор.

– Ону-маны солуута суоҕу саҥарымаҥ! Оҕону эрэйдээбэккэ-муҥнаабакка, саатар, туох эрэ бааҥката булан биэриҥ ээ! Чэ, ийэтэ тугу эмэ толкуйдуур ини. Уонна сэниэлээх соҕустук аһаан ньумньугуратан иһиҥ. Хайа, Куока, тоҕо аһаабаккыный?

– Ээ, аһыахпын баҕарбаппын.

– Ити баар, оҕону мээнэ ыстырыыстааҥҥыт, аһыан да баҕарбат буолбут! Тото оҕустуҥ дуо ити ыккардыгар?

– Тотон…

– Һы, дьикти эбит. Хайдах аһыыргын биир бэйэм көрбөккө да хааллым, – Өкүлүүнэ, бадаҕа, уолун аһынар.

– Кини күн сырдыгыттан күүс ылар, – Лөглөө тыл быраҕар.

– Чэ, ону-маны тыллаһан бүтүҥ! Билигин ньирэйдэрбитигэр тахсыахпыт, – диэн эдьиийдэрэ хамаандалыыр

– Чуур, Эриэнчикэйи мин аһатабын! – Куока тиллэ түһэр.

– Аһатаар, аһатаар! – Өкүлүүнэ «уучукурук!» диэбиттии, Куока диэки мүчүк гынар.

* * *

Тыа олоҕо – бүппэт үлэ. Любуска иһит сууйа турар, балта муоста харбыыр, арай Баанньыска күн кыһалҕата суох «Мурзилка» ааҕа сытар.

– Чэ, сып-сап үлэҕитин үмүрүтэ охсуҥ! Тахсарга уолдьаста! – ийэлэрэ киирэн тиэтэтэр.

– Ээ, мин тахсыбаппын, манна хаалабын, – Баанньыска атааҕа эмиэ киирбит.

– Бай, ол тоҕо эн хааллаххыный? Ыарыйдыҥ дуо? – Мотуруона долгуйбуттуу ыйытар.

– Ааспыкка почтальон Бааһа саҥа «Мурзилка» аҕалбыта. Онтукайбын ситэри ааҕыахпын баҕарабын.

– Ээ, хайдах буоллаххыный? Бачча обургу уол, ама, «Мурзилка» ааҕан таралыйа сытыаҥ дуо? Оннооҕор Куока дьонугар көмөлөһөр!

– Оо дьэ… – Баанньыска хайдахтаах курдук сүрэҕэлдьиирэ сирэйигэр сурулла сылдьар.

– Анаан-минээн сүрэҕэ да суох ыччат үөскээбит! – Уйбаан абарбыттыы этэр. – Соҕотох уолбут саамай сүрүн көмөлөһөөччүбүт буолуохтаах этиҥ буоллаҕа дии?

– Бээ, бээ, эрдэтинэ наһаа инньэ диэмэ. Баҕар, мантыкайгыттан учуонай киһи тахсыа! – ийэлэрэ кэм да көмүскэһэр.

– Үлэһит киһи учуонай буолар ини! Маннык сүрэҕэ суох буоллаҕына, ыраатара саарбах. Нохоо, тахсыахха! Ол-бу араас буолума!

Баанньыска баҕарбатар да турар. Ньирэйдэр далларыгар Силэпсиэптэр бастакынан тиийэллэр.

– Аҕаа, ким да кэлэ илик эбит дии? Биһиги уруттаабыппыт, – Баанньыска таах сибиэ эрдэ кэлэн диэбит курдук этэр.

– Куттаныма, билигин кэлиэхтэрэ. Көрөҕүн – ньирэйдэр барахсаттар аһаары үтүрүһүү бөҕөлөрө!

– Ээ, кырдьык да, аччыктаабыттар…

Баанньыска аттыгар турар ньирэйи бытыылкалаах үүтүнэн аһатан барар. Алаастыыраптар эмиэ ити кэмҥэ далга чугаһыыллар. Эмискэ Куока сүүрэн кэлэн, Баанньыска илиититтэн бытыылкалаах үүтү былдьаан ылар.

– Баанньыска, бу мин ньирэйим! Мин эрэ аһатыахтаахпын! – диир ыксаабыт куолаһынан.

– Хайдах эн эрэ ньирэйиҥ буолуоҕай? Бу барыта уопсай ньирэйдэр! Сопхуос киэннэрэ, – Баанньыска соһуйбуттуу этэр.

– Суох! Эриэнчикэй миэнэ! – Куока иннин туох да иһин биэрбэт, ньирэйин бэйэтэ аһаппытынан барар. Баанньыска таах туруо дуо, кыыһыран, бытыылканы Куокаттан былдьаан ылар.

– Олох да эн ньирэйиҥ буолбатах! – диир. Онуоха Куока биир биэс тыла суох Баанньыскаҕа саба түһэр. Ол эрэн сааһынан да, уҥуоҕунан да кырата бэрт буолан, сатаан охсуспат. Баанньыска ылар да, кинини төттөрү садьыйар. Куока сиргэ баран сууллан түһэр. Оччолооҕу көрөн, Өкүлүүнэ уолун быыһыы ыраахтан сүүрэн кэлэр.

– Охсуһан бүтү-өҥ, сатаналар! Баанньыска, бачча улахан эрээригин, тоҕо кыра оҕону тыытаҕыный? – диэн, хаһыытыы былаастаан, этэн-тыынан барар.

– Оттон бэйэтэ бастакынан түспүтэ буолбат дуо? – Баанньыска таах турбат, аахсар.

– Бу ньирэйи талбыт буоллаҕына, тоҕо эн былдьаһаҕыный? Кыра буолбат дуо? – Өкүлүүнэ Баанньысканы мөҕөн барар.

Ити тухары саҥата суох турбут Мотуруона, уолун тыытан бараары гыммыттарын, биллэн турар, сөбүлээбэт.

– Һы, кыра буолла да, талбытынан сылдьыахтаах үһү дуо? Буойуоххутун! Уолгут туох да аһары бас баттах барбыт! – диэн Мотуруона хаһыытыы быластаан этэр.

– Эн да, соҕотох уолум диэн, ыччаккын сиэри таһынан атаахтатыма! – Өкүлүүнэ тыла-өһө өһүллэн барар.

– Баанньыска тарбыйаҕы аһатан барбыта эмиэ буруй буоллаҕай? – Мотуруона да хаалсар, бэйэтин атаҕастатар санаата суох.

– Айыка, бу дьахталлар кэллэ кэлээт, этиһэн ньамалаһан эрэллэр! Бүтүҥ! Оҕолор эһигинэ да суох бэйэлэрэ быһаарсан сылдьыахтара, – Уйбаан тохтото сатыыр.

Баанньыска Куокаҕа, ким да көрбөтүнэ, тылын көрдөрөн баран, биирдэ тэйэр. Ол эрээри Куока кыайыылаах курдук сананар: Эриэнчикэйи кини аһата турдаҕа. Ити мучумааҥҥа ньирэй үүтүн түргэн баҕайытык иһэн кэбиһэр.

– Эдьиий, Эриэнчикэйгэ өссө үүт биэрэбин? – Куока Өкүлүүнэҕэ кураанах бытыылкатын көрдөрөр.

– Бүтэрбит буоллаҕына, сөп буолуо. Түксү!

– Оттон топпотох быһыылаах дии?

– Куока, көрөҕүн, атын ньирэйдэр хам аччык тураахтыыллар дии? Олору эмиэ аһатыахха наада. Үүппүт тиийиэ суоҕа.

Куока өрө тыынаат, Эриэнчикэйигэр тиийэн, моонньуттан кууһан ылар уонна кэпсэтэн барар.

– Эриэнчикэй, миэхэ кыыһырыма сөп? Эдьиий үүт биэрбэтэ. «Атыттары эмиэ аһатыахха наада» диир. Эн миигин өйдүүгүн?

Куока ньирэй таас курдук хап-хара харахтарын одуулуур. Кини ити курдук төһө баҕарар туруох көрүҥнээх да, Өкүлүүнэ саҥата иһиллэр.

– Куока, аһатан бүппүт буоллаххына, эн биһикки кыратык хаамса түһүөххэ..

– Сөп, эдьиий.

Ньирэйдэрин аһатан бүтэрээт, Өкүлүүнэ Куокалыын күөл кытылыгар хааман кэлэллэр.

– Эдьиий Өкүлүүнэ, бу күөлгэ балык баара буолуо дуо?

– Сураҕа, буолунай үһү, – Өкүлүүнэ, били биригэдьиир эппитин саныы биэрэр.

– Оттон оонньууллара көстүбэт дии? – күөл ньуура, кырдьык да, остуол ньуурун курдук көнө, төрүт хамсаабат.

– Баҕар, түгэххэ уста сылдьаллара буолуо, ким билиэ баарай?

– Оттон андаатар? – уолчаан билиэн баҕарара эчи элбэҕин!

– Ээ дьэ, ону билбэтим. Һычы, хата иһит эрэ кэҕэ этэрин?

Иккиэн кэҕэ «кук-куук» диэн этэрин истэн олороллор.

– Кэҕэ, кэҕэ, хас сыл олоруохпунуй? – диир эмискэ Өкүлүүнэ.

Кэҕэ, хаста да этээт, бөтөн хаалар. Өкүлүүнэ тоҕо эрэ курутуйар.

– Эдьиий, ама, итиччэ кылгастык олороҕун дуо? – диир Куока, хайдах эрэ хомойбуттуу.

– Ээ, ити диэн сымыйа буоллаҕа. Эдьиий уһунну-ук да уһуннук олоруо, оҕото хайдах улаатарын, дьээдьэ буоларын көрүөн наада дии?

– Ааһа…

Өкүлүүнэ Куокатын диэки тапталлаахтык көрөр. Өтөр уолчаан кини тобугар утуйан хаалар.

– Чыкырыгым барахсан… Наһаа да үчүгэйгин, наһаа да минньигэскин…

Өкүлүүнэ күөл долгуна суох чуумпу ньуурун одуулуу олорор. Арааһа, маннык, бэйэтин кытта бэйэтэ хаалар түгэннэригэр эрэ, кини уруккутун саныыр-ахтар, эдэр сааһыгар төннөр кыахтанар буоллаҕа.

– Оо, арай кэргэним Сүөдэр сэрииттэн эргилибитэ, игирэ кыргыттарым тыыннаах хаалбыттара эбитэ буоллар, төһө эрэ дьоллоох буолуом этэй?

Ити олорон, кини хаһан да эргиллибэт эдэр сааһыгар төннүбүккэ дылы буолар. Кини да кэргэн, ийэ буола сылдьыбыта. Сүөдэринээн иккиэн суулаах кыргыттарын көтөҕөн, уулусса устун хааман иһэллэрэ бу баарга дылы… Оо, дьоллоох да этилэр! Ол эрээри быстах дьол диэн эмиэ баар эбит.

– Чороҥ соҕотох хаалан баран, хайыамый? Сурдьум ыччаттарыгар сыстаммын, олору атахтарыгар туруорар туһуттан кыаҕым баарынан көмөлөһө сатыыбын… Сотору Моттоком кэлиэ, устудьуон кыыс биһигини кэм сэргэхситиэ этэ буоллаҕа… Кини баар буоллаҕына, бары да бэйэ бодобутун тардынаа инибит… Моттоко барахсан оннук киһи… Күн тэҥэ… Бээ, ол эрээри дьиэлээбит киһи! Һычы, Куока, уһугун, барыахха.

Нуктаабыт уол харахтарын арыйар. Иккиэн сиэттиспитинэн дьиэлэрин диэки бараллар.

* * *

Уолаттар тыа устун хааман иһэллэр. Арай Куока эрэ кинилэри кытта барсыбатах. Моҕотойу көрөн, «Моҕотой, моҕотой!» диэн хаһыытаһа-хаһыытаһа, ону эккирэтэллэр. Күлсүү-салсыы, үөрүү-көтүү, мэнигилээһин!

Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
18 nisan 2024
Hacim:
250 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-5514-2
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 5, 3 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre