Kitabı oku: «Сүлүһүннээх таптал», sayfa 3

Yazı tipi:

– Арба да, эдьиий тыаҕа сылдьан, мээнэ айдаарбат, күлбэт-салбат буолуҥ диэбитэ, – Оппоо Өкүлүүнэ эппитин саныы биэрэр.

– Ээ, кини куруук бобор идэлээх. Олох аахайыма! Итини гыныма, маны гыныма! Итинтэн сэрэн, мантан куттан! Наар биир муостанан хаамтара сатыыр, – Лөглөө сөпсөспөт.

– Дьэ, ол кини идэтэ! Бары стройдаан баран, кини этэринэн чиккэччи туттан хаамыахтаах үһүбүт! – Оппоо убайын кытта сөбүлэһэр.

– Мин дьонум эмиэ киһини үөрэтэллэрин наһаа сөбүлүүллэр. Ордук аҕам. Тыла эрэ «ити аньыы, бу аньыы» диэн, – Баанньыска эмиэ төрөппүттэрин үҥсэргиир.

Бары күлсэллэр.

– Көрүҥ эрэ, туох эрэ уйата! – Оппоо үөһэ хантайан туран ыйар.

– Хотой уйата быһыылаах! Улахана сүр! – Лөглөө соһуйбуттуу саҥа аллайар.

– Ама, кырдьык, хотой уйата буолуо дуо? – Баанньыска харахтара уоттана түһэллэр.

– Мин тахсан көрүөм, баҕар, сымыыттааҕа буолуо! – диир Лөглөө. Ол эрээри ыарахана бэрт буолан, хантан маска ыттыай? Холонон көрбүтүгэр да баһыыба курдук.

– Бачча доруобай эрээригин, итиччэ сымсабын дии сананаҕын дуо? – Оппоо кинини сиилиир.

– Һы, оччотугар бэйэҥ тахсан көр! Хайыыр эбиккиний? – Лөглөө кыһыйбыттыы этэр.

Оппоо маска тахса сатыыр да, табыллыбат, төттөрү сурулаан түһэр. Таҥаһа-саба дэлби хатырык буолар.

– Айуу, илиибэр мас киирдэ!

– Кэһэй! – Лөглөө сэтэрээбиттии этэр.

– Оччоҕо мин тахсан көрүөм, – Баанньыска хатаастан иһэн, сыыһа хамсанан, сиргэ сууллан түһэр. Ыарыыта бэрдиттэн ынчыктыыр. Дьиэтигэр эбитэ буоллар, хаппырыыстаан, ытыа эбит. Ону баара уолаттартан кыбыстан, туттунар. Эбиитин ыстаанын хайыппытын көрөн, санааргыыр.

Оппоо кыһыытыттан аарыма тиит маһы тэбэн ылар. Ол эрээри көтөр уйата чиҥник турар буолан, хамсаабат. Лөглөө биир биэс тыла суох сиэбиттэн арагааккатын ойутан таһааран, ытыалаан барар.

– Кытаат, маҕыйа-маҕыйа ытан ис! – Баанньыска күө-дьаа буолар. Кэмниэ кэнэҕэһин буортан оҥоһуллубут кытаанах буулдьа уйаны табан, урусхаллаан кэбиһэр.

– Ураа! Алдьаттыҥ! – диир Баанньыска үөрбүттүү.

– Хотой эрэйдээх дьиэтэ суох хаалла, – Оппоо аһыммыта буолар.

– Баҕар, төрүт да хотой буолбатаҕа буолуо! – Лөглөө саҥа аллайар. Оппоо, ким билиэ баарай диэбиттии, саннын ыгдах гыннарар.

– Ээ, саҥаны оҥостуо буоллаҕа! Хата, бэйэтэ ханна да көстүбэт дуо? Баара буоллар, бэйэтин да ытыалыам этэ, – Лөглөө сытыырхайбыта сүр.

Бука бары көтөр кынатын тыаһын иһиллээн, саҥата суох тураллар. Ол эрээри тыа иһэ, киһи сүрүн баттыыр лиҥкинэс чуумпунан туолар.

– Чэ, уолаттар, барыаххайыҥ. Дьоммут сүтэрбиттэрэ буолуо, – диир Оппоо.

– Ааһа, барыахха. Өкүлүүнэ эмиэ айманыа, – Лөглөө сөбүлэһэр.

Уолаттар сайылыктарын диэки хааман иһэн, тоҕо эрэ уруккуларын курдук күлбэттэр-салбаттар, бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаһан мэниктээбэттэр. Хойуутук үүммүт тиит мастар лабаалара кинилэр сирэйдэригэр охсуллаллар, мэһэйдииллэр, бытаардаллар. Ону ол диэбэккэ, уолаттар иннилэрин диэки дьүккүһэллэр. Хаппыт мас тосторо, бэл моҕотой сүүрэн ааһара кинилэри куттуурга дылы. Ити курдук хааман истэхтэринэ, сүр улахан көтөр ыарахан кынаттарынан сапсынан, салгыны охсон ааспытыгар, эбии ыгылыйаллар, тыаттан тахса охсуохтарын, сайылыктарын киэҥ-нэлэмэн сиригэр үктэниэхтэрин баҕараллар. Кэмниэ кэнэҕэһин кинилэр хара тыаттан тахсаллар. Санниковтар дьиэлэрин аттынан ааһан иһэн, сабараанньаҕа Ылдьаана эмээхсин кинилэри кырыктаах харахтарынан одуулуурун көрөн, тоҕо эрэ үһүөн саллаллар.

– Һуу, киһи куттаныах, туох ааттаах ынырык эмээхсинэй! – Лөглөө куттаммыта ааһа илик.

– Бэйэтэ абааһыччы курдук! – Оппоо кинини кытта сөбүлэһэр.

Уолаттар түргэн-түргэнник хардыылаан, дьиэлэрин диэки бараллар.

* * *

Силэпсиэптэр төгүрүк остуол тула олорон, киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олороллор

– Ийээ, аҕаа, манна наһаа ынырык эмээхсин олорор эбит дии! Маарыын көрөн баран, сүрэхпит хайда сыспыта, – Баанньыска, миин иһэ олорон, Ылдьаана эмээхсини саныы биэрэр.

– Ээ, ол Ылдьаана диэн эмээхсин, маннааҕы, төрүт куттаныма, – ийэтэ уоскута сатыыр.

– Оттон биһигини сүүһүн аннынан, олох абааһы көрбүт курдук одуулаабыта. Оннооҕор Оппоолоох саллыбыттара.

Ити олорон, Мотуруона уолун илиитэ дьуккуруйбутун бэлиэтии көрөр.

– Хайа, бу туох ааттаах илиигин тырыта-хайыта тыыттыҥ? Эбиитин сабыс-саҥа ыстааҥҥын кэттэ-кэтээт хайыта охсубуккун! Маһы кытта туһуннуҥ дуо?

Баанньыска саҥата суох аһаабыта буола олорор.

– Тоҕо тылгыттан матан хааллыҥ? Бу айылаах туох буоллуҥ? Кэпсээ! – ийэтэ арахсан бэрт.

– Ээ, ойуурга сылдьан, көтөр уйатын сэриилээбиппит, – Баанньыска баҕарбатар да, ийэтэ ыххайбытын иһин, билинэр.

– Ол аата хайдах сэриилээбиккитий? – аны аҕата тоокколоһон барар.

– Оттон уйатын өҥөйөн көрөөрү, ытта сатаабыппыт даҕаны, табыллыбатаҕа. Ол иһин Лөглөө арагаакканан ытыалаабыта.

– Һ-м… Арагаакканан даа? Бу алдьархайы, – аҕата куттаммыттыы саҥа аллайар.

– Туойунан элбэх баҕайы кыбыс-кытаанах буулдьалары оҥорбут этэ, – Куока барытын кэпсээн биэрэр.

– Бу иэдээни! Туох ааттаах сүгүн-саҕын сылдьыбат уолаттаргытый?! – диир Уйбаан, улаханнык кэлэйбиттии. Онуоха Мотуруона эмиэ, үгэһинэн, уолун көмүскэһэн барар:

– Улахан эбит! Оннооҕор дьон дьиэтэ умайар дии. Хаттаан туттан, олорбутунан бараллар. Аата кыра аайыттан айманнаххыный?

– Хайдах айманыам суоҕай? Арай хотой уйатын урусхаллаабыт буоллуннар? Хотой диэн мээнэ көтөр буолбатах ээ. Саамай өйдөөх, саамай күүстээх, саамай үөһэнэн көтөр… Эһиги буоллар, аньыыны оҥоро сылдьаҕыт! – этэрбин эттим диэбиттии, Уйбаан таһырдьа тахсан, эмиэ бөппүрүөскэтин үрдүгэр түһэр. Онтон синим биир диэбиттии, Алаастыыраптарга барар. Дьиэ аанын арыйан киирбитэ, олор туох да буолбатаҕын курдук, үөрэ-көтө, лотуолуу ахан олороллор эбит. Биллэн турар, Уйбааны көрөн соһуйаллар эрээри, «Киир, олор, лотуолас!» – диэн ыҥыраллар.

– Ээ, суох ини… – Уйбаан аккаастанар. Кини санаарҕаабыт сирэйин көрөн, бары да туох эрэ буолбутун сэрэйэллэр, ордук улахан уолаттар кэри-куру буола түһэллэр…

– Хайа, Уйбаан, туох сонуннааххыный? – Өкүлүүнэ ыраахтан саҕалыыр.

– Ээ, манна олорон, туох кэлиэй? Барыта этэҥҥэ курдук.

– Ээ, оннук ээ…

– Арай, бүгүн уолаттарбыт куһаҕан дьыаланы оҥорбуттар, – диир Уйбаан хайдах баарынан.

– Бай, ол тугу оҥорбуттарый? – Өкүлүүнэ соһуйан өрө көрө түһэр.

– Улахан көтөр уйатын алдьаппыттар.

– Көтөр даа? – Өкүлүүнэ өйдөөбөтөх киһи курдук, чиҥэтэн ыйытар.

– Арааһа, хотой уйатын.

– Ээ, ол иһин даҕаны мааҕыын, алдьаммыт күрүөнү көннөрө сылдьан, хотой көтөн ааспытын көрбүтүм ээ… – Ньукулай саныы биэрэр.

– Буоллаҕа ол… – Уйбаан өрө тыынар.

Эмискэ дьиэ иһигэр уу чуумпу уйаланар. Били күлэ-сала лотуолуу олорбуттара ханан да суох. Арай Куока эрэ туох буолбутун өйдөөбөккө олорор быһыылаах.

– Хотой уйатын алдьатар туох куһаҕаннааҕый? – диэн кини ыйытар.

– Һычы, хотой диэн саамай сүгүрүйэр улахан көтөрбүт буолар, – аҕата быһаарар.

– Оо дьэ, буолар да эбит! Бу уолаттар сүгүн сылдьыахтара баара дуо? Киһи төһө эмэ «тугу да урусхаллаамаҥ, бэрээдэктээхтик сылдьыҥ» диэн этэрин хоҥорууларыгар хоҥнорботтор! – Өкүлүүнэ кэлэйбиттии саҥа аллайар.

– Мин эһэм хотойдор киһи курдук, наһаа өйдөөхтөр диэн кэпсиирин өйдүүбүн… – Уйбаан төһө да иһиллэр-иһиллибэттик саҥардар, бары өйдөөтүлэр.

– Эс, ама хайаан оннук буолуой? Кинилэр хайдах да киһи курдук өйдөөх буолар кыахтара суох! – Лөглөө итэҕэйбэтэҕэ буолар.

– Бу уол төлө биэрэн түһэн! Саатар, саҥата суох олоруоххунуй! Наһаа да мээнэ-мээнэҕин! – Ньукулай абарбыта бэрдиттэн уолун саба саҥарар.

– Оҕото бэрт буолаахтаатаҕа… Мин эмиэ урут, эдэр сылдьан, итэҕэйбэт этим. Ол иһин биирдэ бэрэбиэркэлээн көрөөрү гыммытым. Хотой үс оҕотун, ийэлэрэ хайыыр эбит диэммин, атын мас лабааларыгар көһөртөөбүтүм. Өр өтөр буолбатаҕа ийэ хотой, кынаттарынан тыастаахтык далбаатаан, көтөн кэлбитэ уонна оҕолорун булбакка, долгуйан барбыта.

– Эс, хайдах киһи курдук долгуйуой? – Лөглөө эмиэ итэҕэйбэккэ, саҥа аллайда.

– Оо дьэ, бу да уол баар ээ! Оҥоруоххун оҥорон бараҥҥын, саатар, саҥата суох истэн олоруоххун! – Өкүлүүнэ, тулуйбакка, уолга бардьыгыныыр. Атыттар Уйбаан кэпсиирин кэтэһэн, кулгаах буолан олордулар.

– Чэ, туох да диэҥ, киһи курдук долгуйар эбит. Бэл, ол хараҕар баара. Тула өттүн сып-сытыытык көрөн дьирилэтэрэ. Уоскуйуох, умнуох көрүҥэ суоҕа. Кутталбыттан, сүрэҕим айахпынан тахса сыспыта. Сытыы тумсунан эккирэтэ сылдьан тоҥсуйуо диэммин, тыыммакка да кэриэтэ саһан олорбутум. Итини санаатахпына, билигин да дьулайабын. Онтон барахсаныҥ, биир-биир оҕолорун булуталаан, уйаларыгар көһөртөөбүтэ. Дьэ, онно биирдэ хайдахтаах курдук хотойдор өйдөөхтөрүн өйдөөбүтүм.

– Ити баар! Эһиги буоллаҕына, туох да харса-хабыра суох хотой уйатын урусхаллаабыккыт! Ким алдьаттай! Билиниҥ!

Уолаттар тыыммакка да кэриэтэ олордулар.

– Тоҕо тылгытын быһа ыйыстан олордугут? Билинэ охсуҥ! – Өкүлүүнэ уолаттарга күргүйдээн барда.

– Оппоо, эн дуо? – Ньукулай улахан уолуттан быһаччы ыйытта.

– Эс, тоҕо тута миигин уорбалыыгыный? – Оппоо өһүргэниэх курдук.

– Ол аата, сэрэйбит сэрэх, Лөглөө алдьаппыт, – Ньукулай быһаара оҕуста,

Лөглөө, тугу хоруйдуон билбэккэ, умса туттан олордо.

– Хайдах алдьаттыҥ? – Өкүлүүнэ уолу хаайда.

– Арагаакканан, – Лөглөө нэһиилэ саҥа таһаарда.

– Ол иһин да, сэрэйбит сэрэх, арагаакка бөҕөнү күнү быһа оҥороруҥ. Бу уол аны кими эрэ дэҥниирэ буолуо. Бар, арагааккаларгын манна аҕала тарт! Алдьархай буола илигинэ, барытын уоттуу охсуохха!

Лөглөө тэҥнэһиэ дуо, дьиэттэн тахсар. Көрбүтэ – күрүөҕэ Баанньыска аҕатын кэтэһэн, хохоллон олорор эбит. Лөглөө киниэхэ «Сэрэн!» диэн саанан, сутуругун көрдөрбүтүнэн чугаһыыр. Баанньыска кутталыттан күрүө сиэрдийэтиттэн суулла сыыһар, нэһиилэ тутуһар.

– Доо, хобуоччулааҥҥын хата хобордооҕу салаайаххыный? – Лөглөө кыыһырбыта бэрдиттэн, уолу дэлби ыххайар.

– Мин туох да буруйум суох! – Баанньыска тэлибирии түһэр.

– Хотой уйатын алдьаппыппытын дьоҥҥор тоҕо кэпсээтиҥ?!

– Кэпсээминэ! Онно туохтаах үһүнүй?

– Оччотугар биһиги эйигин кытта аны оонньообоппут! Сөтүөлүү бардахпытына, эйигин ылыахпыт суоҕа! Соҕотоҕун, эдьиийдэргин кытары куукулалаах оонньуу хаалаар!

– Ээ, ылан абыраамаҥ! Мин хата күөгүлүөм!

– Уой-уой-уой!!! Чиэрбэттэн да сиргэнэр уол, хантан мундуускалыыр үһүгүнүй?

Ити курдук аахса туруохтарын, Ньукулай өҥөйөн, тохтотор.

– Нохоо, эйиэхэ туох диэбиттэрэй? Арагааккаларгын!

Ньукулай, уола бэрт мөдөөттүк хамсанан кистээбит сириттэн арагааккаларын ороон, хаһан кэлэрин кэтэһэн турар…

* * *

– Аҕаҕыт таһынааҕы ыалга тахсан төһө эрэ айманан эрдэҕэ? Холку бэйэтэ тоҕо ити хотойтон кыынньан турдаҕай? Олох өйдөөбөппүн, – Мотуруона уолун ыстаанын абырахтыы олорон, саҥа аллайар.

– Баҕар, төрүт да хотой буолбатаҕа буолуо, – Любуска тыл кыбытар.

– Баҕар, буолуо. Ол эрээри дьыала онно буолбатах. Көтөр-сүүрэр уйатын мээнэ тыытыа, алдьатыа суохтааххын.

– Алаастыыраптар, аҕабыт үҥсэ тиийбитин сөбүлүүллэрэ саарбах, – Лидыкка улахан киһи курдук саҥарар.

– Биллэн турар, – Мотуруона өрө тыынар. – Манна кэллэ-кэлээт, бурайсартан атыны билимээри гынныбыт. Саатарха, ити мааҕыын ньирэй аһата туран, Өкүлүүнэлиин эмиэ хапсан ыллыбыт дии!

– Ээ, ол барыта ити кыра уолаттартан сылтаан таҕыстаҕа. Аата, ньирэй тиийбэтигэр дылы былдьастахтара үһү? – Лидыкка бэйэтэ да соһуйбут быһыылаах.

– Ийээ, эһиги, улахан дьон, мээнэттэн кыыһырсымаҥ ээ. Сотору Моттоко каникулугар кэлиэ. Биһиги кинилиин үчүгэйдик билсиэхпитин, доҕордоһуохпутун баҕарабыт ээ. Эһиги бурайса сырыттаххытына, ол хантан кыаллыай? – Любуска оруннааҕы эттэ быһыылаах, ийэтэ улахан кыыһын кытта сөбүлэһэрин биллэрэн, тоҥхох гынна.

– Оннук ээ, сөпкө этэҕин!

– Моттокоттон биһиги куорат олоҕун, устудьуон буолар хайдаҕын билиэхпитин баҕарабыт.

– Дьэ, Моттоко кэллэҕинэ, үчүгэйдик ыйыталаһан хаалаарыҥ. Аҕыйах сылынан эһиги да төрөөбүт дьиэҕититтэн арахсар инигит? Эбэтэр оскуоланы бүтэрээт, эргэ тахсаҕыт дуу?

– Ээ, суох! Тугу гынаары эргэ таҕыстахпытый? Пахай да пахай! – Любуска тыбыыра түһэр.

– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын! Эһиги курдук пиэрмэ үлэһиттэрэ буолуохпутун баҕарбаппыт, – Лидыкка эдьиийин кытта санаалара биир эбит.

– Чэ, оччоҕуна кытаатан үчүгэйдик үөрэнэ сатааҥ! – ийэлэрэ кыргыттара атын сыаллаахтарын-соруктаахтарын истэн, сэргэхсийдэ.

– Онто да суох хорошисткаларбыт! – Лидыкка ийэтин уоскута таарыйа эттэ.

Ити курдук сэһэргэһэ олордохторуна, Уйбааннаах Баанньыска киирэллэр. Уйбаан тоҕо эрэ санаарҕаабыт сирэйдээх.

– Хайа, дьоҥҥор тахсан үҥүстүҥ дуу? – эбиитин Мотуруона уокка арыыны кутан биэрдэ.

– Үҥсүөм дуо? Баары эттэҕим дии! – Уйбаан ойоҕо кини диэки буолбатаҕыттан кыыһыра быһыытыйда.

– М-мм… Ону туох диэтилэр?

– Туох диэхтэрэй? Билиннэхтэрэ дии. Көтөр уйатын Лөглөө арагаакканан ытыалаан алдьаппыт үһү.

– Уу, баҕайыны! Ол иһин да арагааккалаах сүүрүкэлиирин көрбүтүм ээ. Туох да оройунан көрбүт оҕо баар дии!

– Аҕата арагааккаларын уоттаата.

– Сөпкө гыммыт. Аны тарбыйаҕы дуу, киһини дуу дэҥнээн, ол алдьархайа тахсыа.

– Өйдөнөр ини.

– Чэ, сөптөөх миэрэ ылыллыбыт буоллаҕына, бэрт. Оҕолор, атаххытын суунан баран, утуйардыы сытыҥ. Чаас да ыраатта.

– Кыратык кинигэ ааҕыахпыт, сөп?

– Ааҕаарыҥ, ол эрээри наһаа үлүһүйүмэҥ. Уугутун үргэн баран, бэйэҕит эрэйдэниэххит!

Оҕолор атахтарын сууна, таһырдьа тахсаллар. Дьиэҕэ Уйбааннаах Мотуруона иккиэйэҕин хаалаллар.

– Уйбаан, туох ааттаах харчытын сүүйтэрбит киһи курдук буоллуҥ?

– Ээ, бэйэм да билбэппин ээ тоҕотун… Хайдах эрэ ис испиттэн ыһыллан хаалбыт курдукпун.

– Кэбис, инньэ диэмэ. Сотору оттуу барыаҥ дии?

– Оннугун оннук, – сотору оттуу барарын санаан эбитэ дуу, Уйбаан кэргэнин самыытыттан имэрийэн ылар. – Оҕолорбут утуйбуттарын кэннэ хайыахпыт дии? – диэт, туох эрэ үчүгэйи эппит курдук мичээрдиир.

– Уу, хата хайаан мичээрдээтэххиний? Оттон ити оҕолор өссө кинигэ ааҕыахпыт дииллэр дии?

– Эрдэ соҕус хаптатыахха наада.

Мотуруона тэбэнэттээх харахтарынан оҕонньорун диэки көрөн ылар.

* * *

Маайалаах Ньукулай дьиэлэрин таһыгар иккиэн табахтыы олороллор.

– Бириэмэ түргэнник ааһара эчи хомолтолооҕун… – Маайа тоҕо эрэ курус. Эбэтэр кини айылҕаттан итинник майгылаах төрөөбүтэ эбитэ дуу?

– Оннук… – Ньукулай сөбүлэһэр. Ама ким сөбүлэһиэ суоҕай? Бириэмэ түргэнник ааһара, от-мас хагдарыйара, оҕо-уруу улаатара, киһи кырдьара – хомолтолоох.

– Мин урут, кыра эрдэхпинэ, ийэм хантан эбитэ буолла, кумах чаһыытын булан аҕалбыта уонна таҥнары тутан баран: «Көрөҕүн, эн кумаҕыҥ саҥа саккыраан эрэр. Ол аата эн олоҕун өссө да иннигэр, өссө да наһаа элбэх күннэр, сыллар эйигин күүтэллэр…» – диэбитэ. – Ол кэнниттэн мин кумах чаһыыны таҥнары тута-тута көрөр идэлэммитим. Онтон биирдэ, алҕаска, мүлчү ыһыктан, алдьатан баран, «Өлөн эрэбин, олоҕум бүттэ», – дии-диибин ытаа да ытаа буолбутум.

– Уйан да эбиккин…

– Даа, хаһан эрэ уйан этим…

– Билигин да уйаҥҥын, Маайа… – Ньукулай кэргэнин кууһан ылар.

– Суох, Ньукулай, алҕаһыыгын. Сүрэҕим-быарым халыҥаан турар.

– Эс! – Ньукулай итэҕэйбэт.

– Кырдьык, кырдьык! Ньукулай, мин эйигиттэн биир ыйытардаахпын.

– Тугу ыйытыаххын баҕараҕыный?

– Ол эрээри кырдьыккынан хоруйдаа, сөп?

– Сөп, сөп…

– Ити Мотуруонаны көрөн төһө долгуйдуҥ?

– Эс, хайдах буоллаххыный? – итини эрэ көһүппэтэх буолан, Ньукулай тыбыыра түһэр.

– Һы, дьикти эбит! Оттон хаһан эрэ кинини таптааҥҥын, бара сыспытыҥ дии? Ама онтукайгын умнубатыҥ ини!

– Умнумуна. Былыр үйэтээҕини санатыма даҕаны.

Маайа тугу эрэ этиэн баҕарар да, туттунар. Ити курдук кэккэлэһэ эрээри, хас биирдиилэрэ бэйэлэрин санааларыгар уйдаран олордохторуна, арай халлааҥҥа улахан да улахан көтөр тыастаахтык көтөн ааһар.

– Ити тугуй? – Маайа куттаммыттыы ыйытар.

– Хотой быһыылаах… түүҥҥү булдугар таҕыстаҕа.

– Мин саныахпар, биһигини кэтиир курдук.

– Эс, ама хайаан?! Куттаныма, Маайа.

Ньукулай, эр ылан, ойоҕун уоскутардыы ыга кууһар.

* * *

Дьөгүөр Һаанньыкап күрүө баҕанатыгар өйөнөн турар.

Аарыма көтөр, кынаттарынан тыастаахтык дайбаан, үөһэнэн ааспытыгар кини улаханнык наадыйбат. Кини сирэйигэр үөрүү да, хомолто да, соһуйуу да – быһатын эттэххэ, биир да иэйии кыыма охсуллубат. Арай кини саҥа кэлэн олохсуйбут ыаллыы дьон дьиэлэриттэн хараҕын араарбат… Тугу толкуйдуу турарын, туох санаа кини төбөтүгэр ытылларын ким билиэ, сэрэйиэ баарай?

3

Саха радиота тиһэх сонуннары кэпсиир. Биригэдьиир кэбиниэтигэр тугу эрэ суруйа олордоҕуна, ааны тоҥсуйаллар. Эдэркээн бэйэлээх Августа киирэр. Биригэдьиир эдэр кыыһы көрөн, сирэйэ сырдыы түһэр, күлүм аллайар.

– Хайа-а, Августа, киир, киир! Хаһан кэллиҥ? – диир бэрт сэргэхтик.

– Ыстапаан Ыстапаанабыс, дорообо. Бэҕэһээ кэлбитим.

– Сураҕа, эйигин кэргэн тахсыбыт диэбиттэрэ дии?

– Тахсан, – Августа килбиктик мичээрдиир.

– Хайа, оттон эдэрдэр, хаһан, сыа сиэтэҕит?

– Күһүөрү көрсүһүү тэрийээри гынабыт.

– Ээ сөп, сөп.

– Ыстапаан Ыстапаанабыс, бачча кэлэн баран, эдьиийбин Мотуруонаны көрсүбэккэ бардахпытына, сүрэ бэрт. Кэргэммин кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын. Ол эрээри кинилэр Өллөөххө барбыттар эбит дии?

– Ааһа, онно Алаастыыраптары кытта ньирэй көрө сылдьаллар.

– Алаастыраптары кытта да? – кыыс тоҕо эрэ соһуйар.

– Ааһа, онно туох баарый?

Кыыс саҥарбат, ол эрээри тугу эрэ кистиирэ өтө көстөр.

– Тугу-уй, Августа?

– Ээ, суох.

– М-мм… – Ыстапаан Ыстапаанабыс кыыһы ис-иһиттэн хайгыы, ымсыыра көрөрө өтө көстөр. Эх! Үлэҕэ баттатан, хаарыан кыыһы куоттардаҕа!

– Ыстапаан Ыстапаанабыс, биһиги хайаан да эдьиийим аахха бара сылдьыахпытын наада. Курусобуой массыынаны көҥүллүөҥ дуо?

– Пахай, онтубут алдьанан, өрөмүөҥҥэ барбыта ээ.

– Оо…

– Оттон сатыы барыаххытын?

– Оннугун оннук эрээри, хаамыах диэтэххэ, ыраах баҕайы дии!

– Эс, эдэр дьон таах дайбаан тиийэр инигит?

– Куйааһа бэрт.

– Оччоҕуна массыына хаһан өрөмүөннэнэн бүтэрин кэтэһэргитигэр тиийэҕит.

– Күүтэр кыахпыт суох: түргэнник төттөрү куораттыахпытын наада.

Биригэдьиир толкуйга түһэр.

– Оччоҕуна Аркаадьыйтан баран матассыыкылын уларсыҥ. Киһиҥ сатаан ыытар ини?

– Ыытарын ыытар эрээри, Аркаадьый биһиги аайы матассыыкылын мээнэ уларсыбата буолуо ээ.

– Бээрэ, мин эрийэ сылдьыым.

Ыстапаан Ыстапаанабыс төлөпүөнүн үрдүгэр түһэр.

– Аркаадьый, дорообо… Ээ, барыта этэҥҥэ… Эһиги?… Чэ, бэрт эбит. Иһит эрэ, доҕор! Куораттан Августа кэлбит…ээ, кини, кини… Кэргэннэммит… Эдьиийдэригэр Өллөөххө барыахтарын баҕараллар эбит. Матассыыкылгын эдэр дьоҥҥо уларыс эрэ!… Чэ, бэрт эбит, сотору тиийиэхтэрэ.

Биригэдьиир Ыстапаан төлөпүөнү уурар.

– Чэ, Аркаадьыйга бара охсуҥ. Уол матассыыкылын уларсыах буолла. Оттон кэргэниҥ матассыыкылы сатаан ыытар ини?

– Биллэн турар, ыытар. Ыстапаан Ыстапаанабыс, улахан да улахан махтал! – Августа үөрүүтүттэн хайыан да билбэт.

– Миэхэ буолбакка, Аркаадьыйга махтанаар!

– Биллэн турар, киниэхэ эмиэ махтаныахпыт.

– Тиийэҥҥит, дьоҥҥут настырыанньатын үчүгэйдик өрө көтөҕөөрүҥ эрэ, хата! – биригэдьиир чочумча саҥата суох олорон баран этэр.

– Биһигинэ да суох, үчүгэй настырыанньалаахтар ини!

– Хайдахтара буолла, дьэ?… Өллөөххө барыахтарын туох да иһин баҕарбатахтара. Чиэһинэ эттэххэ, күһэйэн туран ыыппыппыт.

– Хайдах ол аата күһэйэн туран? – Августа соһуйбуттуу ыйытар.

– Оттон ким эрэ онно үлэлиэхтээх буоллаҕа дии?!

– Ээ, ол иһин да, урукку сайылыктарыгар тоҕо барбатахтарай диэн испэр муодарҕаабытым ээ.

– Киһи барыта баҕатын хоту сырыттаҕына, табыллыбат инибит.

– Оннугун оннук эрээри, үөрэммит сирдэриттэн ырааппыттара соччото суох.

– Чэ, чэ, Августа, ити баҕас эн ырыппат боппуруоһуҥ ини. Хата, тиийэҥҥит, дьоҥҥутун хайдах сэргэхситэргитин толкуйдааҥ. Ээ, уонна, арба, почтальон Бааһаттан хаһыатта ылаарыҥ эрэ. Хаһан ол киһи онно тиийиэ тойук ыраах…

– Ээ, сөп, сөп, – Августа, сөбүлэһэрин биллэрэн, кэҕис гынар.

* * *

Маайа баалынайга таҥас сууйа турар. Аттыгар Ньукулайа күлүккэ олорон, алдьаммыт эргэ олоппоһу оҥоро сатыыр.

– Дьэ, анаан-минээн куйаас да күн буолла! – диэн кини, сыралҕан итииттэн-буспут хаппыт киһи быһыытынан, саҥа аллайар.

– Астык дии! Сайын буолан баран, куйааһа үчүгэй, – Маайа мичээрдиир, тоҥуохтааҕар тириппит ордук.

– Оннугун оннук эрээри, арыый да сөрүүнэ эбитэ буоллар! Маннык куйааска киһи тыына-быара хаайтарар…

– Ээ, сотору, баҕарбатаргын да тымныйыа. Хас күн маннык куйаарар үһүнүй? Сайыммыт да, эчи, кылгаһа, саҥа үөрэнэн истэххинэ, бүтэн хаалара хомолтолоох баҕайы… Уһун да уһун, куйаас да куйаас сайын буолуон баҕарабын…

– Олох итии дойдуга төрүөхтээххин, алҕаска манна төрөөбүккүн дуу? – Ньукулай ойоҕун диэки көрөн ылар.

Дьиэттэн Өкүлүүнэ быгар.

– Хайа, аччыгый уолгут ханнаный?

– Ньирэйдэригэр барбыта, – Ньукулай хоруйдуур.

– Һы, ньирэйимсэх да уол! Ити Эриэнчикэйин олох киһини курдук кууһар-сыллыыр.

– Дьэ, диэмэ даҕаны. Анаан-минээн тоҕо ити ньирэйгэ ыллардаҕай?

– Ким эрэ туһугар кыһаллыан-мүһэллиэн баҕараахтаатаҕа.

– Оннук быһыылаах, арааһа.

– Оттон эһиги уолгутугар оҕото бэлэхтиэххитин, дьэ, оччоҕуна, кыһаллар-мүһэллэр киһилэниэ этэ буоллаҕа дии?! – Өкүлүүнэ сурдьун диэки үөннээхтик көрөн ылар.

– Оҕо даа? – ити тухары саҥата суох таҥас сууйа турбут Маайа, соһуйан, саҥа аллайар.

– Оттон кэм ханыыланыа этэ дии? Убайдара киниттэн быдан аҕалар. Мин көрдөхпүнэ, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьаахтыыр.

– Ээ, айыка, саас да ыраатта, түөрт оҕо сөп оҥоруо, – Маайа быһа-бааччы этэр.

– Оннук. Итилэри да иитиэххэ-аһатыахха, таҥыннарыахха диэтэххэ…

– Чэ, үксүн мин көмөлөһөбүн быһыылаах. Хамнаһым супту эһиги оҕолоргутугар бара турар, – Өкүлүүнэ кинилэр диэки «Саҥарымаҥ!» диэбиттии, сапсыйан кэбиһэр.

– Эдьиийбит барахсан, көмөҥ, кырдьык, баһаам. Эйигинэ суох, эрэйдэниэ эбиппит.

– Уолаттаргыт таах, ускул-тэскил сылдьыбакка, хайаан да туох эрэ идэни ылыахтарын наада. Ити эдьиийдэрин Моттоко курдук. Маладьыаһыҥ, хата айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун тобулан, бэртээхэй үөрэххэ киирдэ дии?

– Дьол хараҕа суох дииллэрэ ити буоллаҕа, – Маайа, улахан кыыһын санаан, сирэйэ-хараҕа сырдыы түһэр.

– Аҕыйах хонугунан Моттокобут кэлиэ, дьэ, оччоҕуна, олохпут быдан сэргэхсийиэ… – Өкүлүүнэ сүргэтэ көтөҕүллүбүттүү этэр.

– Оннук ээ! Оҕом сыыһа, кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн, күн тэҥэ киһи! – Ньукулай кыыһын ахтыбыт быһыылаах.

– Этэҥҥэ сырыттаҕына, бэйэтин ааттатыа! – Өкүлүүнэ Моттокотун киэн туттара өтө биллэр.

Оппоолоох Лөглөө дьиэлэриттэн быгаллар.

– Биһиги сөтүөлүү бардыбыт! – Оппоо, күн тыгара күүһэ бэрдиттэн, хараҕын симириктии-симириктии этэр.

– Барыҥ, ааһа… – Маайа көҥүллүүр.

– Сэрэнэн сөтүөлээриҥ, аһары дириҥҥэ киирээйэххитий! – Өкүлүүнэ кэм да сэрэтэр.

– Сөп, сөп! – Лөглөө аат харата сөбүлэһэр.

Уолаттар иккиэн күөл диэки бараллар.

* * *

Дьөгүөр тыа устун хааман иһэр. Кини сирэйиттэн-хараҕыттан, тутта-хапта сылдьарыттан тыаны биэс тарбаҕын курдук билэрэ өтө көстөр. Кини манна алҕаска кэлбит киһи курдук буолбакка, хаһаайын курдук эрэллээхтик туттар. Хас биирдии мас, үүнээйи киниэхэ тугу эрэ кэпсииргэ, сибигинэйэргэ дылы. Эмискэ кини эргэ тиит таһыгар тохтуур. Баараҕай мас хатырыктара алдьанан, онон-манан тоороттон түспүттэрин бэлиэтии көрдө. Сэрэйбит сэрэх, өрө хантайаат, көтөр уйата урусхалламмытын биллэ. Дьөгүөр сирэйэ тута кытаата, дьиппинийэ түстэ. Бэл, хабырынан ылла.

* * *

– Бу ыт боруодата немецкай овчарка, оттон бу – сенбернар, бу – колли… – Любуска хаһан да көрбөтөх ыттарын тустарынан кинигэни арыйталаан кэпсии олорор.

– Хантан ону эн барытын билэҕиний? Сымыйалыыгын быһыылаах, – Баанньыска итэҕэйбэтэхтии ыйытар.

– Үөрэттэҕим дии? Улааттахпына, баҕар, кинолог буолуом.

– Ол аата тугуй? – Лидыкка муодарҕаабыттыы ыйытар.

– Кинолог диэн ыттары үөрэтэр идэ, – Любуска дьоһуннаахтык хоруйдуур.

– Любуска, ыттары үөрэтэр туохха да наадата суох. Нуучча тылын учуутала буолаар, – ийэлэрэ Мотуруона, таҥас абырахтыы олорон, санаатын этэр.

– Даа, нуучча тылын учуутала буолуохпун эмиэ баҕарабын.

– Дьэ, оччоҕуна, һычы, миигин улаханнык дьоллуоҥ этэ.

– Оттон нууччалыы сатаан саҥарбаккын буолбат дуо? – Баанньыска тыл быраҕар.

– Үөрэтиэм буоллаҕа дии! Улахан эбит! – Любуска санаатын түһэрбэт.

– Хайа, көрүҥ эрэ, Алаастыыраптар уолаттара ол күөлгэ сөтүөлүү сылдьаллар. Баанньыска, эйигин тоҕо ылбатылар?

– Ээ, сөтүөлээтиннэр-хайаатыннар! – Баанньыска кыыһыра түһэр.

– Паха-ай! Этиспиккит быһыылаах, – Любуска сэрэйэр.

– Һы! Туохтан этиһиэхпитий?

– Этиспиккит! Этиспиккит! – Лидыкка быраатын эбии хаадьылыыр.

– Ньаамырҕаама! – Баанньыска кыыһырар.

– Кырдьыгы эттэххэ, тоҕо кыыһыраҕыный? – Лидыкка иннин биэрбэт.

– Ээ, айыка, эһигини кытта кэпсэтэн да диэн! Мин хата мундулуу бардым! – Баанньыска таһырдьа ыстанар.

Ити кэмҥэ Куока ньирэйдэр мэччийэр сирдэригэр сылдьар. Ис-иһиттэн үөрбүт, дуоһуйбут көрүҥнээх.

– Эн Туоһахтаҕын. Оттон эн… эн Ураанайгын… чэ, наһаа туттумаҥ-хаптымаҥ! Эһиги үрдүгүтүнэн Эриэнчикэй турар. Эһиги кини тылын хайаан да истиэхтээххит. «Хайдах ол аата истэбитий?» – «Истэр курдук истэҕит. Эриэнчикэй саамай өйдөөх, Эриэнчикэй саамай бастыҥ. Өйдөөтүгүт?» – диир Куока тула турар ньирэйдэри одуулаһа-одуулаһа. Ол эрээри ньирэйдэр улахан кулгаахтарынан сапсына-сапсына таас харахтарынан мээнэнэн көрөн тураллар. Куока тылын өйдөөбүттэрэ биллибэт.

– Өйдөөтүгүт? – Куока тоһоҕолоон ыйытар. Ити туран эмискэ уолчаан сирэйэ уларыйан хаалар. Арай көрдөҕүнэ, ньирэйдэр ортолоругар түөһүгэр моойторуктаах кыһыл саһыл турар. Уол, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, хараҕын ытыһынан соттон ылар да, саһыл сүппэт. Хата, чугаһаан биэрбиккэ дылы буолар. Дьиктитэ диэн, ньирэйдэр кинилэр ортолоругар саһыл баар буолбутун билбэккэ дылылар. Кутталыттан, харыс да хаамыыны оҥорор кыаҕа суох буолбут Куока, этин сааһа арыллан, саһылтан хараҕын араарбакка турар. Саһыл кини диэки эмиэ да күлүү гыммыттыы, эмиэ да кырыктаахтык көрөргө дылы. Ханнык эрэ ньирэй улахан баҕайытык маҕыраабытыгар биирдэ өйдөнө биэрээт, Куока олорор дьиэтин диэки буута быстарынан ыстанар.

* * *

Маайа тиэстэ охсо турар. Кини хас хамсаныытыгар бу үлэни күннэтэ оҥороро өтө көстөр. Оттон Өкүлүүнэ оронугар «Кыым» хаһыаты ааҕа сытар.

– Хайа бу, хаһан почтальон Бааһа кэлэрэ буолла? Ама да буоллар, эргэ үйэтээҕи «Кыымнары» нойосуус үөрэтиэхпэр диэри аахтым.

– Оттон «Сааскы кэми» аах ээ. Баар дии? – Маайа тыл кыбытар.

– Ээ, сонуннары ааҕарбын ордоробун. Аан дойдуга туох буола турарын, ким өлбүтүн, ханна сэрии саҕаламмытын, Брежневпит ханна тиийбитин билиэҕи баҕарыллар. Араадьыйабыт да суох, саатар хаһыаппыт да мэлигир. Олох түҥ былыргы үйэ курдукпут!

Эмискэ ааны тэлэччи аһан, аҕылаабыт-мэҕилээбит Куока дьиэ иһигэр көтөн түһэр. Биир тылы этэр кыаҕа суох, нэһиилэ тыын ыла турар.

– Хайа, Куока, бачча айылаах туох буоллуҥ? – ийэтэ соһуйбуттуу ыйытар.

– Тукаам, хантан бачча айылаах сүүрэн кэллиҥ? Убайдарыҥ атаҕастаатылар дуо? – Өкүлүүнэ оронугар олоро биэрэр.

– Анараатах… – Куока тарбаҕынан ыйар. – Анараатах… кыһыл саһыл сүүрэ сылдьар.

Өкүлүүнэ, итини эрэ истиэм дии санаабатах буолан, итэҕэйбэтэхтии күлэн ылар.

– Эс, ханнык саһыл манна кэллэҕэй? Ыт ини?!

– Суох! Чахчы саһыл! Түөһүгэр күн курдук моойторуктаах!

– Түөһүгэр моойторуктаах да-а? – Маайа хос ыйытар.

Уолчаан, «оннук, оннук» диэбиттии, төбөтүн кэҕис гыннарар.

– Оччотугар баран көрүөххэ буоллаҕа! – Өкүлүүнэ саҥа аллайар.

Үһүөн дьиэттэн тахсан, ньирэйдэр диэки хаамаллар. Тиийэн баран, эргиччи көрүтэлииллэр да, саһыл сибикитэ суох.

– Саһылыҥ ханнаный? Суох дии?! – Өкүлүүнэ, таах киһини туруораҥҥын диэбиттии, сэмэлиирдии этэр.

– Суох, суох! Чахчы этэбин! Ньирэйдэр быыстарыгар олороро! – Куока абаккатыттан ытыахча буолар.

– Саһыл эбитэ буоллар, ньирэйдэр, куттанан, куотан хаалыа этилэр. Нохоо, эн тугу эрэ айан кэпсиигин. Уонна бу дойдуга хантан саһыл кэлиэй?

– Куока, ыты көрбүтүҥ буолаарай? – Маайа уолун диэки аһыммыттыы көрөр.

– Ыт буолбатах, дьиҥнээх саһыл!

– Ээ, оччоҕуна, састаҕа дуу? – Өкүлүүнэ үгэргээбиттии этэр.

– Итэҕэйбэт буоллаххытына, итэҕэйимэҥ! – Куока хаһыытыы быластаан этэр.

– Ээ, бу уол куйаастан туймаарбыт быһыылаах. Һычы, бараҥҥын сыт, сынньан, уонна наһаа күн сыралҕанын анныгар сылдьыма, – Өкүлүүнэ дьаһайбыта буолар.

Эдьиийдээх ийэтэ дьиэ диэки төттөрү бараллар. Өтөр-өтөр кэннин хайыһан көрө-көрө, Куока кэннилэриттэн батыһар.

* * *

Уолаттар хаһыытаһа-хаһыытаһа сөтүөлүү сылдьаллар. Умсаллар, харбыыллар. Олус бэрт!

Матассыыкыл сыырынан алаас сиргэ түһэр. Августа та- һырдьа үлэлии сылдьар балтыларын ыраахтан көрөн, кэргэнигэр: «О-ол бааллар», – диэн ыйар. Матассыыкыл Силэпсиэптэр дьиэлэрин таһыгар тохтообутугар, кыргыттар бастаан утаа итэҕэйбэтэхтии көрөллөр. Онтон Лидыкка «Эдьиий Августа!» – диэн үөрэн хаһыытыы түһэр. Оччолооҕу истэн, дьиэттэн дьоно тахсаллар. Куустуһаллар. Мотуруона аччыгый балтын көрөн, үөрүүтүттэн букатын ытыах курдук.

– Эһигини эрэ кэлиэхтэрэ дии санаабатахпыт ээ! – диир, долгуйарын туттуна сатыы-сатыы.

– Дойдубутугар кэлэн баран, хайдах эһигини кытта көрсүбэккэ барыахпытый? – Августа эдьиийин кууһан ылар.

– Дьэ, холоонноох доҕоргун, тапталлаах кэргэҥҥин кытта билиһиннэр эрэ! – Уйбаан аттыларыгар туран саҥа аллайар.

– Билсэҥ кэбиһиҥ – Алексей! – Августа мичээрдиир.

– Ээ дьэ, бэрт бэрт! Мин Уйбаан диэммин.

Уйбааннаах Алексей илии тутуһаллар.

– Эрдэ билбиппит буоллар, бырааһынньык аһын астыа эбиппит, ону баара…

– Эдьиий, олох долгуйума! Биһиги эһигини кытта көрсө кэллэхпит дии!

– Оннугун оннук эрээри… чэ, манна туруохпут дуо? Дьиэҕэ киириэххэйиҥ! – Мотуруона ыҥырар.

Уолаттар дуоһуйуохтарыгар диэри сөтүөлээн баран, ууттан тахсаллар.

– Сөтүөлүүр диэн астыгы-ын! – Оппоо чээлэй күөх окко, тиэрэ түһэ сытан, саҥа аллайар.

– Күн аайы маннык куйаас күннэр тураллара буоллар, баҕабыт хоту сөтүөлээн хаалыа эбиппит, – Лөглөө күн уотуттан хараҕын симириктии-симириктии этэр.

– Оннук ээ, – Оппоо быраатын сөбүлэһэр.

– Оппоо, бачча куйааска ити кыргыттар тоҕо сөтүөлээбэттэрэ буолуой? Дьиэлэригэр хатанан баран олороллор дии! – Лөглөө, Силэпсиэптэр дьиэлэрин диэки көрө-көрө, убайыттан ыйытар.

– Дьэ диэмэ. Арааһа, биһигиттэн кыбысталлара буолуо.

– Сөтүөлүү кэлэллэрэ буоллар, мин сэмээр Лидыкканы кэтээн көрүөм этэ… Эбэтэр Любусканы…

– Хайаларын эрэ сөбүлээн кэбистиҥ дуо? – Оппоо быраатын диэки дьээбэлээх баҕайытык көрөн ылар.

– Билбэтим… Баҕар, буолуо даҕаны, – диир Лөглөө таайтарыылаах баҕайытык.

– Көр, о-ол, Баанньыска күөгүлүү турар, – Оппоо Баанньысканы бэлиэтии көрөр.

– Ээ, кырдьык даҕаны! Һэ-һэ… Балыксыт буолбут дии! – Лөглөө сэнээбиттии күлэн ылар.

– Хата, төннөн иһэн төһөнү балыктаабытын көрөбүт дуо?

– Ээ, суох! Наадалаах этэ! Хобуоччулары кытта кэпсэппэппит! – Лөглөө Баанньыскаҕа кыыһырбыта билиҥҥээҥҥэ диэри ааһа илик быһыылаах.

– Һы, оччоҕо сайыны быһа кини итинник соҕотоҕун сылдьар дуо?

– Сылдьан көрдүн!

– Оччотугар Лидыска дуу, Любуска дуу эн диэки буолаллара саарбах. Бырааттарын атаҕастаппаттара буолуо.

– Арба да оннуктаах этибит дуу? – Лөглөө ити түгэни олох да умнан кэбиспит эбит.

– Баанньыска нөҥүө кыргыттары кытта билсиһиэххэ сөп этэ… Сайын да уһун…

– Наһаа да өйдөөххүн! – Лөглөө убайын диэки сөхпүттүү көрөн ылар.

* * *

– Таһынааҕы ыалбытыгар Мотуруона балта кэргэнинээн кэлбиттэр, – Өкүлүүнэ кэпсиир. Сайылыкка туох барыта сонун буоллаҕа!

– Ээ, Августа диэ… Барахсан, үчүгэй да кыыс, – Маайа сэргии истэр.

– Эдьиийин төрүт умнубат, барахсаныҥ, төһө да үөрэхтэннэр, куоракка олохсуйдар, куруук кэлэ турар.

Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.

Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
18 nisan 2024
Hacim:
250 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-5514-2
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 5, 3 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre