Kitabı oku: «Аҕа», sayfa 3

Yazı tipi:

Убайым Ньукулай үөрэҕэ суох эрээри хаһыаты, кинигэни добдугураччы ааҕара. Тоҕо эбитэ буолла, наар тыастаахтык, таһыгар ааҕар үгэстээҕэ. Ньукулай ийэтэ Киристиин эмээхсин диэн. Ол иһин Ньукулайы Киристиин Ньукулай, өссө көннөрү Киристиинэп дииллэр.

Кэпсээнтэн кэпсээн. Ньукулай биирдэ, Үһүс Күүлэккэ олорор эрдэхпитинэ, атаҕын көнтөскө эрийтэрэн өлө сыыһан турардаах. Байытаан Кугас диэн саастаах эрээри, тордуос быһыылаах сылгыны тутан баран, тэпсэҥэлии сылдьар ат сиргэ соһуллубут көнтөһүгэр атаҕын эрийтэрбит. Сылгы сиргэнэн ойбут уонна киһини соспутунан, ыһыытаппытынан далы хаста да эргийбит. Хата, уолдьах ийэм түбэһэ тахсан ыһыытаан, уостуганыттан харбаан ылан уйуһуйбут сылгыны тохтоппут. «Дьэ онно баҕас саҥаһым Аана барахсан тахсан өрүһүйэн турар, онтон ынтах баҕас ыт өлүүтүн өлүллүөхтээх этэ», – диэн Ньукулай түгэн көһүннэр эрэ куруук ахтааччы.

Тоҕо эбитэ буолла, убайым Ньукулай, ардыгар, көлүүр оҕуһун ыҥыырдаан баран миинэр үгэстээҕэ үһү…

Биһиги дойду сирин, ходуһатын ото үксэ кылгас эрээри, этэргэ дылы «өлбүт сүөһү өндөйөр» сүрдээх иҥэмтиэлээх, сөлөгөйдөөх от. Киһи бэрт киэҥ сири дайбаан оту ылар. Оттон сорох нэһилиэктэр ходуһаларын ото, туома отчут мунарын курдук бөтө үүнэр эрээри – сүөһү сии туран охтор соппоҥ. Дэлэҕэ биир күрүөҕэ илиинэн уончалыы оту кэбиһиэхтэрэ дуо. Итинник кэлии оту кыһын пиэримэ кыбыытыгар от ыйааһыныгар сылдьан, туома хаптаһын тырыыҥкатын бугуллуу сылдьар курдук сананыллара. Хоччорхойо диибин диэн, нуучча мохуруонун курдук. Күкүр иһигэр күөдэл-таһаа буолан таах үллэн сытар. Бэл, сутаабыт сүөһү букатын сиэбэт. Ол да иһин, Үһүс Күүлэт Муоһаанытын ото былдьаһык буолара.

Мин оскуолаҕа сылдьан хотуурбун бэйэм хаһан да оҥостубатах киһибин. Түөрэтин аҕам бэрийэрэ, бэлэмниирэ: тэлэн, таптайан, сөрү-сөп гына уктаан, дуускалаан. Дьон эмиэ киниэхэ сөбүлээн таптайтараллара, хотуур тууратын саматан суолхайтараллара.

Аҕам бэйэтэ бэркэ табан оҥостубут хотуурун тыаһа «сууп-сыып» ыллаан, туораттан киһи көрдөр-көрөн туруох айылаах охсоро. Ыксаабакка, ыгылыйбакка, биир кэм илэчититтэн кыһыйара. Дэлэҕэ: «Сэмэн охсубут сиригэр эһиил от үүнэрэ биллибэт», – диэхтэрэ дуо. Омос көрдөххө аа-дьуо хаамар курдук эрээри, баран бардаҕына, киһи букатын сиппэт охсооччута.

Хас да холкуос сүөһүтэ дьыл тахсар ото оттонор Үһүс Күүлэт аатырбыт Муоһааны эбэтин киэҥ нэлэмэн ходуһатыгар Сэбиэскэй кэм саҕана, мэлдьи буоларыныы, үгэс курдук окко куоталаһыы ыытыллара. Уоннуу хонуктаах дэкээдэ. Аҕам, күөгэйэр күнүгэр сылдьар киһи, уһун сайыны быһа наар охсууга сылдьара үһү. Хас уон хонук аайы түмүк тахсара. Онно мэлдьи бастыыра, куруук удаарынньык этэ. Бастаабыт охсооччуга бириэмийэ уонна кыһыл былаах туттараллара. Ол кыыһар кыһыл былаах ардах буоллун, кураан буоллун – сөрүүн тыалга тэлимнии-тэлибирии, ол курдук ходуһаҕа анньыллан турара.

Киһи эрэ сөҕөр суола, аҕам уон хонук устата хас күн аайы соҕотоҕун хаа сүүрбэ, хаа отут суотайы охсоро үһү. Аны чаайын бэйэтэ өрүнэр, хас омурҕан аайы хотуурун бэйэтэ таптанар. Муоһааны эбэ ходуһата киэҥэ бэрт буолан, үлэлэрин түмүгүн чуолкай билээри, биир-биир сылдьаллара эбитэ. Дьэ, абытай үлэ диэтэҕиҥ!

Хара үлэҕэ иҥиир-ситии буола эриллэ, кииллийэ хаппыт аҕам барахсан хадьымалыгар кыыһар кыһыл былаахтаах, этэрбэстэрин устан икки атах сыгынньах, сиккиэр тыалга баттаҕа өрүкүйэ, хонноҕо аһыллан хотуурун тимирэ күн уотуттан килэбэччийэ курбууланан от охсон күөгэлдьитэ сылдьарын өйбөр оҥорон көрдөхпүнэ – миигин кэмэ суох киэн туттуу иэйиитэ саба кууһар. Оҕо дьоло… Аҕам барахсан…

Сорох дьон «Сэмэн хотуурун сатаан табан оҥосторо бэрт, ол иһин өнө быстыбакка итинник айылаах охсор» дииллэрэ. Ол эрэн киһи дьиктиргиирэ баар, ханнык да ортоһуор хотуурунан аҕам син биир охсубутун курдук охсоро. Отчуттар: «Сэмэн, хотуургун миэхэ уларыс, эн миэнинэн дайбаан көр эрэ», – диэн тургутан көрөллөрө да, букатын сиппэттэрэ. Онон оту чахчы кыайа-хото охсор сатабыл диэн биир эмэ дьоҥҥо айылҕаттан анаан бэриллэр улахан дьоҕур, идэ буолар. Ол дьоҕурга эбэн кэбиһиҥ – сатаан, табан эллэнэн оҥоһуллубут уус киһи хотуурун…

Иккис убайым Сэргиэй бэһис кылааһы бүтэрэн баран, аҕатын кытта эмиэ сибэниэ чилиэнин быһыытынан оттоһон барбыта. Оччотооҕу хонуу биригэдьиирэ Өлөксүөйэп Болуодьа, Сэргиэй улахан дьонтон хаалсыбакка үлэлэспитин иһин, хамнаһын тэбис-тэҥҥэ аахпыт. Сэргиэй онно букатын оҕо буоллаҕа. Аҕам от охсоллоругар, манастыырдаан батыаккалаһан бардахтарына, уолун бүтэһиккэ ыытара үһү. Бэйэтэ буоллаҕына мэлдьи Сэргиэй иннигэр сылдьара эбитэ. Аҕам охсоро бэрт буолан, уола хаалаары гыннаҕына, Сэргиэй кэлиэхтээх сирин ойо дайбаан биэрэн баран, аны бэйэтин суолун салгыыра үһү. Сэргиэй ол аҕата охсубут ырааһыгар диэри тиийэн баран, сүүрүүнэн түһүнэн аҕатыгар чугаһаат, суолун салҕаан охсон кулупаайдаабытынан барара эбитэ. Устунан охсо үөрэнэн, түмүгэр, букатын харыс да хаалсыбат ньургун охсооччу буолан хаалбыт. Ити буолан эрдэҕэ, оҕону сатаан табан үлэҕэ үөрэтии үтүө түмүгэ. Биһиги кытта төрөөбүттэртэн бастыҥ охсооччубут Сэргиэй.

Аҕабыт биһиэхэ тугу эмэ үлэлэттэҕинэ хайаан да сорук туруорара: күҥҥэ баччаны үлэлиэхтээххин, итиччэни толоруохтааххын диэн. Чэ, холобурдаан ыллахха, от үлэтигэр да буоллун, оҕону ходуһаҕа киллэрэн баран, мээнэ, үлүбээй оҕус, мус диэн баран баран хааллахха, туох да улахан түмүгэ, туһата суоҕа биллэр суол. Оттон бүгүн баччаны охсуохтааххын эбэтэр мунньуохтааххын диэн ыйыы-кэрдии этэн, өссө кэмнээн-кээмэйдээн биэрдэххинэ, соруйдаххына – оҕо талаһардаах, дьулуһардаах, соруктаах буолан, эйиэхэ этиттэриитэ, соруйтарыыта да суох, ис-иһиттэн бэйэтэ баҕаран, үлүһүйэн туран сонно тута үлэтигэр ылсыбытынан барар. Биир кэм хабытайданыы. Төрөппүт ону көрөн бэйэтэ да астынар. Оҕо соругун, күннээҕи үлэтин бүтэрдэҕинэ, түмүктээтэҕинэ тугу баҕарар гынара көҥүл. Аны улаатан, ситэн-хотон истэҕин аайытын, күннээҕи үлэтин соруга эмиэ улаатар. Итинник сылдьан оҕо устунан хайа да үлэҕэ үөрэннэр-үөрэнэр: сыыйа-баайа үлэһит дьон сатабылларын, үөрүйэхтэрин, албастарын сомсор, билиитин-көрүүтүн хаҥатар, үгүскэ-элбэххэ уһуйуллар. Үлэ үлүскэнигэр, үөрүүтүгэр ылларан барар. Түмүгэр тиийэн, кыралары бэйэтэ үлэҕэ такайар киһи буолан хаалар.

* * *

Аҕам кыраҕа да, улахан да тутууга барытыгар дэгиттэр уус этэ. Уонна олох эгэлгэ эйгэтигэр, барыга-бары наһаа көхтөөҕө. Сонуну, саҥаны түөрэтин олус сэҥээрэрэ. Урут харахтаабатах сээкэй тиэхэникэтэ эҥин кэллэҕинэ, сүрдээҕин дьиктиргээн тутан-хабан, сыныйан көрөр-истэр үгэстээҕэ.

Маайыс Аһыктаатыгар (Арҕаа Күөлгэ), Бэрэҕэ олорор эрдэхтэринэ, аҕам маһынан кыһан-кыладыйан холкуос сэппэрээтэрин, иистэнэр массыынаны үүт-үкчү үтүгүннэрэн оҥорбутун билиҥҥэ диэри дьон олус сөҕөн-махтайан ахталлар. Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ – ол иистэнэр массыыната, эрийэн тыккырдаттахтарына, өрбөҕү дьөлүтэ баттыалаан тэһэн тигэрэ эбитэ. Кинигэ ойуутуттан көрөн, бэлисипиэт кытта оҥорбут. Силигэ барыта сиппитэ үһү эрээри, тэбэр тиһилигэ (сыаба) сатаммакка хаалбыт… Быһах охсорун, хомус эҥин оҥорорун туһунан этэ да барыллыбат.

Эһэтэ Мэхээлэ оҕонньор сиэнигэр (мин аҕабар) элэйэн-элэйэн ончоҕор тиийэрэ чугаһаабыт буускап хотуурун биэрбитэ үһү. Ол буускабынан саҥа дьороччу улаатан эрэр аҕам, уон алталаах-сэттэлээх уол сылдьан, күҥҥэ хааттан ордуктууну охсоро эбитэ. Сотору ол буускаба тумса тостубутугар, аҕам тимирин быһан ылан хомус тыла оҥорбут. Онтута олус сатаммыт, сүрдээх этигэн тыастаммыт. Инньэ гынан ол буускабын тимириттэн, дьон үлэҕинэн, хас да хомуһу охсубут. Мэхээлэ сиэнэ улахан уһанар дьоҕурдааҕын сөҕөн, онтон иэйэн, аҕабар эһэтин Маайыс оҕонньор суохапчытын бэлэхтээбитэ үһү…

Аҕам сүүрбэччэлээҕэр, биир сайын от охсо сылдьан эт быстан дьиэтигэр нэһиилэ өөкөйөн тахсыбыт. Ону Тоотук диэн түөнньүт оҕонньор түөннээн, букатын харахтан сыыһы ылбыт курдук үтүөрдэн кэбиспит. Аҕам үөрүүтүттэн, Тоотук оҕонньорго махтанан, биир оту охсон биэрбитэ үһү. Аҕабыт сиһигэр Тоотук оҕонньор түөнүн суола чэр буолан хаалбытын дьиктиргээн көрөөччүбүт…

Тоотук оҕонньор эмээхсинин кытта Муоһааны эбэ Илин Түөлбэтигэр олорбуттара. Оҕолоро суоҕа. Билигин Тоотук өтөҕө диэн өтөх уонна Тоотук аатынан ааттаммыт көлүйэ күөл баар.

Биирдэ, эмиэ эдэригэр, сиһин үөһэ «хоҥнубутугар», ийэтэ инитин кыра уолу Бүөтүрү сыгынньах эмэһэтинэн иһигэр баллаччы олордон эмтээбит. Аҕам инньэ диэн кэпсиирэ…

Аҕам хараҕынан сүрдээҕин холуур уус буолан, бэл, кэми-кээмэйи улаханнык туттааччыта суох. Ылла да, тааҕы-таах, сөрү-сөп гына быһан-сотон кэбиһэрэ. Оттон сорох уустар хаста эмэтэ төхтүрүйэн кэмнээн-кэмнээн баран, наһаа уһун эбэтэр татым гынан кэбиһэн элбэхтик бадьыыһыралларын көрүллэрэ. Аҕам сүгэтин суола ырааһынан кэпсэлгэ киирбит киһи.

Аҕам барахсан букатын бөҕө куттаах-сүрдээх, чахчы кытаанах эр санаалаах, төрүт ураты айылгылаах киһи буоларын бу Орто дойдуттан анараа дойдуга аттанар, айанныыр дьон «ийэ мастарын» барытын силигин ситэрэн туран оҥорор ытык уус буолбута да кэрэһилиир. Киһи «ийэ маһын» оҥоруу диэн – мээнэ киһи ылсыбат үлэтэ. Сорох эр дьон омос көрүүгэ тыгар тымыра, хамсыыр хаана, харса-хабыра суох курдук дьүһүннээх-бодолоох, барыны-бары кыайыах-хотуох айылаах саҥалаах-иҥэлээх, тыллаах-өстөөх эрээрилэр – киһи «ийэ маһын» оҥоруутугар ылсыахтааҕар буолуох, буоругар да сылдьалларыттан саллан барсыбат дьон буоллахтара…

* * *

Сэрии кэмигэр аҕам төбөтүн чугуун иһиккэ үлтү түспүтүн эһэтэ Мэхээлэ оҕонньор уһун кыһыны быһа ыарыылаан, көрөн-истэн сүһүөҕэр туруорбут. Хойут, оҕонньор барахсан көмүс уҥуоҕун көтөхпүт уола – сиэнэ Сэмэн. Маайыс Аһыктаатыгар (Арҕаа Күөлгэ) уунан сылдьан, күннээн-хонуктаан эһэтин уҥуоҕун собус-соҕотоҕун дьип-дьап тутан оҥорон, эргиирин силигин барытын ситэрэн кэбиспитэ үһү. Хойукка диэри: «Тоҕо ол собус-соҕотоҕун сылдьыбытым буолуой?» – диэн дьиктиргээн ахтааччы. Мэхээлэ оҕонньор уҥуоҕа, дьэндэйбит уһун кириэстээх Маайыс оҕонньор уҥуоҕун кытта сэргэстэһэ, туох да буолбакка, күн уотугар тураҕастыйа кэриэрэн билигин да сүрдээх чэгиэн турар. Мэхээлэ аҕата, мин хос-хос эһэм Хоолоо оҕонньор диэн эбитэ үһү.

Күһүн бултана сылдьан сайылык өтөҕүн быһа ааспаппын. Хос эһэм уҥуоҕун көрдүм да, тоҕо эрэ наар аҕабын саныыбын. Аҕам сүгэтин суолун көрдөхпүнэ, «оо, бу уҥуоҕу тутар кэмигэр, бу бии суолун хаалларар түгэнигэр эдэр да буолуо ээ… Былыр дьон бөҕөтө тоҕуоруһан, олорон ааспыт баччалаах киэҥ өтөҕүн ортотугар собус-соҕотоҕун уһун күнү быһа түбүгүрэн букунайа сырыттаҕа…» дии санаатахпына, куппун-сүрбүн хамсатан, уйулҕабын уйадытан дьикти иэйии саба кууһар…

Маайыс Аһыктаатыгар (Арҕаа Күөлгэ) күн бүгүҥҥэ диэри тыатааҕы оҕонньор сөбүлээн дугуйданар. Хас сайын аайы чааркааным көҥдөйдөрүн ыһаталыыр хайыыр. Дойдулаах кыыл тиҥсирийиминэ, ханна барыай. Хас да сиргэ «оонньуур мастаах». Ону мин хайа да мусуой хартыынатынааҕар ордук кэрэхсээн, сирийэн көрөбүн.

Хос эһэм Мэхээлэ ойуурдааҕыттан куттаммата үһү. Арҕаа Күөлтэн Бэрэҕэ кэлэн иһэн, суолун икки өттүгэр отонноон сиэн ыбыгырата сылдьар эһэлэри көрдөҕүнэ: «Эмэх сырайдар сиир буоллаххытына сиэҥ», – дии-дии ыккардыларынан ааһара эбитэ.

Маайыс Аһыктаатын икки, Бэрэ икки ыккардыгар баар Тырыкаат диэн күөлгэ аҕам тиргэлиирэ эбитэ. Тырыкаат дьоҕус көлүйэлээх. Аҕам биирдэ тиргэлэрин көрө сырыттаҕына, көлүйэ уҥуор уун-утары эһэ сүгүллэҥнээн киирэн кэлбит. Киһиттэн букатын куттаммата үһү. Ыһыытаабытыгар, маһы-оту охсуолаабытыгар да кыһаллыбатах. Онуоха аҕам куопчахааны уматан баран онон далбаатаабытыгар биирдэ дьаадьыйбыт.

Аҕабыт биһиэхэ араас, эгэлгэ мас оонньууру оҥороро. Чыыспаан маһын ылан, бэрт түргэнник тыыран тырылатан, кыһан кырылатан, бүк-тах тута охсон таба оҥортоон биэрэрэ. Адаар муостардаах, кынталлыбыт моһуоннаах, дьыралдьыйбыт атахтардаах – атын аҕай, сүрдээх тупсаҕай кыыллар гына. Аҕам кэннэ ким да оннук тупсаҕайдык оҥорбото. Холонон көрөөччү үгүһэ да, наар атахтарын, муостарын салаатын тоһутан кэбиһэллэрэ. Кыһан, бүк-тах тутан син майгыннатан таһаардахтарына да, аҕам киэнигэр төрүт тиийбэт баллыр-иллир харамайдар буолаллара. Хайдах букатын тоһуппакка ити айылаах нарын гына атахтаан, муостаан оҥорорун мэлдьи сөҕөбүн…

Аҕам, улахан убайым Махаар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирэн баран, Өктөөп бырааһынньыгын өрөбүллэригэр сынньана кэлэригэр бэлэмнээн, уу тэстибэтинэн ыпсаран, хатыыс хабаҕынан силимнээн оҥорбут түөрт атахтаах төгүрүк остуола күн бүгүҥҥэ диэритин дьиэбит биир баар-суох мааны тэрилэ буолан турар. Ол аата аһыыр остуолбут оҥоһуллубута биэс уонтан тахса сыл буолбут.

Мин төрүөм иннинэ оҥортообут өйөнөрдөөх олоппосторо, букатын туох да буолбакка, хаадьаҥнаан да көрбөккө сылдьаллар. Дьиэтин тэрилин, чороҥ соҕотох да тимир тоһоҕону саайбакка, олус да бөҕө-таҕа, тупсаҕай гына оҥортообут. Кэлин маҕаһыынтан хотуобай олоппостор син ылылыннахтара, олор бары сааҕынаан, халкыҥнаан, ыһыллан хаалбыттара.

Аны аҕам барахсан оҥорбут биир ытык мала – сэттэ оҕо түөрэ бары сыппыт биһикпит. Күн бүгүҥҥэ диэри ийэбит оронун үрдүгэр ыйанан турар. Дьэ кырдьыга, чахчыта да иччилэммит, тыыннаммыт ытык мааны мал диэтэҕиҥ… Кинини киһи сэмээр, оргууй аҕай илиитин иминэн эрэ имэрийэн көрөр. Оннук күндү…

Бэрэҕэ олордохторуна, Махаар төрөөбүтүгэр, хатыҥ маһы суоран, иэҕэн, эһэтэ Мэхээлэ оҕонньор сиэнигэр «маны ыл» диэн хайыһарын биэрбитин бысталаан, сигэнэн иитигэр тиһэн адарайдаан, көлбүүр ыйыыр чампараахтаан эҥиннээн биһигин наһаа тупсаҕай көстүүлээх гына оҥорбут.

Оҕо төрөөтөр эрэ тус-туһугар улахан көрдөһүүгэ, уларсыкка сылдьыбыт биһик. Оччолорго балыыһа Үгүлээт Ампаардааҕар баара. Онон Үгүлээт уонна Үһүс Күүлэт ыккардыгар, сайын ыҥыыр ат үрдүгэр сүнньүгэ иилиллэн көтөххө, кыһын сыарҕалаах акка бээгэйдэнэн, элбэхтик төттөрү-таары тиэстибит, кэлбит-барбыт биһик.

Биһиги кытары сэргэ өссө түөрт атахтаах оҕо ороно оҥорбут. Алта уонча сыл кэриҥэ ааспыт эрээри, бээгэй уйабыт биһикпит, ороммут букатын сабыс-саҥа кэриэтэ сылдьаллар. Дьэ тутуу-хабыы, бөҕө-таҕа да оҥоһуу эбит…

Аҕабыт дьиэтин иһигэр өрүү сээкэйи уһанара. Оһох иннэ түөрэтэ устуруус, эрбии көөбүлэ; сүгэ, быһах олуга буолан үллэн сытара көрүөххэ астыга сүрдээҕэ, мас сыта дыргыйан ураты кэрэтэ… Аҕам уһанарыгар сыа-сым курдук туттарын, туораттан, киһи эрэ умсугуйан, ылларан көрдөр-көрөн туруох курдук буолара. Аҕам барахсан сиргэ-уокка сылдьан отууга да, дьиэтигэр да, уоһун мунньары-ханньары тутта-тутта, тобугар тардан сытыы быһаҕынан саҕаһа кыһан эрилитэ олороро харахпар букатын субу баар курдук…

Аҕам эдэр эрдэҕиттэн илим баайарын, таҥарын, олус сөбүлүүр дьарыга. Куйуур эмиэ баайара. Кэлин өссө бэйэтигэр муҥха таҥыммыта. Онтутун барытын дөкүмүөннэтэн эҥиннээн, силигин ситэрэн баран, күөл ылан, дьону түмэн элбэхтик муҥхалаабыта. Көрөн-истэн дьаһайааччы, ыйыы-кэрдии биэрээччи, эппиэдэйдьит өрүү бэйэтэ. Аны биһиэхэ, сахаларга, анньыыһыт диэн туспа идэ баар. Сэдэх киһиэхэ айылҕаттан бэриллэр улахан дьоҕур. Дьэ ол анньыыһыт идэтин, дьоҕурун баһын-атаҕын билэн баһылаабыт киһи – мин аҕам. Ону биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ, доҕор-атас дьоно маннык ахталлар: «Сэмэн дьээбэрэн, кыдьыгыран муҥха аҥаар кынатын ойбонун соҕотоҕун бэйэтэ алларан барара, аҥаар кынатын өттүнэн икки эр бэрдэ түһүнэллэрэ да, Сэмэни ончу ситээччилэрэ суох. Сэмэн тахсыы чардаакка тиийэн баран, мичээрдээн быһа ыртайан турааччы».

Аҕам чахчы кыанар киһи этэ. Оҕо эрдэхпитинэ биһигини көхсүгэр олордуталаан баран, «солоҥдолоон» ытыһын таһынан бөҕө буолара…

Биир саас, уу-хаар тахсан эрдэҕинэ, Үһүс Күүлэттэн Бүлүү куоратыгар киирэн муҥурун быстаран баран, нэдиэлэ буолаат, дойдутугар, сүүрбэттэн тахса көстөөх сиргэ, суос сатыы тахсан турар. Иккис Күүлэт киһитэ Ыкаай уола Мэхээлэлиин аргыстаһан кэлбиттэрэ үһү. Оччолорго эдэрдэрэ да бэрт буоллаҕа. Үтүө да кэмнэр аастахтара…

Биһиги аҕабыт уһанарын үтүктэн, кинини батан, адьас кыра эрдэхпититтэн быһычча, быһах тутан сээкэйи бары мүлүктээбит, кыспыт дьоммут. Бука, элбэх ыстаан ньилбэгин быһа соттохпут… Оҕолору: «Сэрэниҥ, тарбаххытын быстыаххыт. Быстыбыт сиргитинэн очоҕоскут тахсыаҕа», – диэн куттууллара.

Мин аҕам олорбут олоҕор наһаа ымсыырабын, кинини олус ордугургуубун. Үчүгэй да кэмҥэ олох олорон ааспыт. Үлэ бөҕөтүн үлэлээн, оҕо бөҕөтүн төрөтөн, дьонсэргэ дьиҥнээх дириҥ ытыктабылын ылан. Аны Ийэ айылҕа барахсан чөл да кэмэ эбит…

* * *

Аҕам холкуос саҕаттан тырахтарыыстаабыта. Халбаакыга (Бүлүү нэһилиэгэ) тырахтарыыстар куурустарыгар үөрэммитэ. Тыраахтар айгыраатаҕына, алдьаннаҕына – сээкэй чаастарын, ардыгар ис эгэлгэтин түөрэтин барытын, көннөрү киһи иилэн-арааран ылбатын курдук суол-суол арааран ыһан баран, дьип-дьап тутан, оннуларын-туойдарын барытын булларан төттөрү таҥан оҥостору баҕас сатаабыт суола. Туохха эмит бутулуннахтарына, мунаардахтарына тырахтарыыстар киниттэн элбэхтик ыйыппыт, сүбэлэппит киһилэрэ. Аҕам туох да сүрдээх тииҥ мэйии мындыр киһи этэ. Кини туппута-хаппыта түөрэтэ барыта орун-оннугар, чөрү-чөкөччү буолара.

Эдьиийим Саргы тырахтарыыстар куурустарыгар барбыт аҕатын ахтан олус аймаммытыгар, ийэм лааппыттан өйөнөрдөөх олоппос атыылаһан аҕалан биэрбит уонна: «Бу аҕаҥ ыыппыт», – диэн уоскуппута үһү. Ол өйөнөрдөөх олоппоско Саргы бэйэтэ эрэ олороро. Аҕам үөрэҕин бүтэрэн кэлэригэр кыыһыгар Саргыга күп-күөх харахтардаах куукула атыылаһан таһаарбыт. Эдьиийим: «Куукула кырааска харахтарын тарбаан кэбиспитим», – диэччи.

Үһүс Күүлэккэ аан бастаан бэлисипиэттэммит, бэлисипиэти мииммит, тэппит киһи – аҕам. «Кама» диэн ааттаах, хара өҥнөөх бэлисипиэт үһү. Лааппыга элэтэ соҕотох кэлбитин ылбыт. Күһүн күрэх муҥхатыгар Өркүҥээ эбэҕэ тэбэн эрилитэн киирбитигэр дьиктиргээһин, көрүү-истии бөҕөтө буолбут. Ордук кырдьаҕастар. Куонаанап Сэргиэй (Суордаайы) оҕонньор: «Өтүүнү соспукка дылы, хайдах-хайдах суоллаах баҕайыный… Ити тугунан тэбинэн сүүрэрий? Туу киспэтин курдук көлөөскөлөөх…» – дии-дии, саҥа үөдүйбүт тимир көлөнү суоллуу-суоллуу, сүрдээҕин сөхпүтэ-махтайбыта үһү.

Сорох-сороҕо, букатын, көрүдьүөс түгэннэр эмиэ бааллар. Аҕам мэлдьи удаарынньык, өрүү холобурга сылдьыбыт үлэһит. Ол курдук биир күһүн таһаарыылаах үлэтин иһин холкуос салалтата улахан баҕайы күлтэйбит араадьыйа бэлэх биэрбит.

Күөл уҥуор Ойоҕоско олорор эһэм аах эмиэ араадьыйалаахтара үһү. Үһүс Күүлэт дэриэбинэтин ыаллара сүнньүнэн Аһыктаа эбэттэн ууланан-хаарданан олороллоро. Биһиги дьиэбит турар сирэ – Улахан дэриэбинэ диэн; Аһыктаа арҕаа өттө – Сардаҥа диэн; оттон хоту өттө – Ойоҕос дэнэр. «Ойоҕоско бардым», «Сардаҥаттан кэллим» диэн хас кэпсэтэр киһи саҥатын дэгэтэ буолара.

Аҕабар ол араадьыйа биэрэр кэмнэригэр убайым аах Үгүлээккэ интэринээккэ олорон кыра кылааска үөрэнэллэрэ. Хонньокуулларыгар дьиэлэригэр кэлэ сылдьар кэмнэрэ эбитэ. Килэбэчийбит, кылабачыйбыт сабыс-саҥа араадьыйаны ыамайдар остуол үөһэ ууран, уокка холбоон саҥарда сатаабыттар да – хардьыгыныыра, хордьугунуура эрэ эбитэ. Онуоха туран арыый да обургулара: «Ханнык сыыппараҕа (балынааҕа) турарын чуолкай билиэххэ», – диэн, үһүскэ үөрэнэр Сэргиэйи күөл уҥуор Ойоҕоско олорор дьонун аахха баран, араадьыйаларын ностуруойкатын үчүгэйдик көрөн кэлэригэр соруйбут. Сэргиэй, хантайбыт киирсэ саппыкыларын анньынаат, эбэни эргийэ, Сардаҥаҕа тохтообокко, Ойоҕоско эбэтин аахха тэбиммит. Дьэ көрүдьүөс диэтэҕиҥ…

Үһүс Күүлэккэ аан бастакынан бэнсиининэн үлэлиир «Дружба» эрбиилэммит эмиэ аҕам. Холоморуоп диэн Кыһыл Сыыртан муҥхалыы кэлэ сылдьар киһиттэн биэс уон андаатарга мэнэйдэһэн ылбыт.

Саас, мутукча көҕөрөн эрдэҕинэ, аҕам ийэбин кытта дьиэлэрин таһыгар, Сылгы Көлүйэтин кэриитигэр, оттор мас эрбэммиттэр. Мас эрбэнэ сырыттахтарына, чопчу ол күн убайым Сэргиэй бииргэ үөрэнэр атаһа Ньукуус диэн Иккис Күүлэт уолун кытта оскуолаларыттан үөрэнэн бүтэн, Үгүлээттэн сатыы тиийбиттэр. Сэргиэй Буор Суол кытыытыгар, Көлүйэ ойоҕоһугар мас эрбэнэ сылдьар дьонугар кэлэн, саҥа, сонун тэрил «Дружба» эрбии хайдах үлэлиирин сирийэн көрүү-истии бөҕөтө буолбуттара үһү.

Оҕо киһи наар дьээбэни өйдөөн хаалар үгэстээх. Сөп буола-буола сопхуос тырахтарыыстара Бүлүү куоратыгар «хапытааннай өрөмүөҥҥэ» киирэллэрэ. Ардыгар тардыллан, уһаан-тэнийэн, ыйы-ыйынан сылдьаллара. Дьэ онно аҕам биирдэ, куоракка тыраахтар өрөмүөнүгэр киирэ сылдьан, күлүгээттэргэ түбэспитин туһунан кэпсээннээҕэ. Бүлүүгэ оропкуоп ыскылаата диэн баар. Уһун субурҕа ыскылаат. Киһи ууннаҕына да тиийбэт сүрдээх үрдүк олбуордаах, эбиитин үөһээ өттө, уоруйах киирбэтин диэн, түөрэтэ чаачахай курдук хатыылаах боробулуоха. Арай туран аҕам, кыһын, түптэлэс тымныыга, хараҥаҕа, ол оропкуоп ыскылаатын кыйа түһүк сиригэр тиэтэйэ-саарайа харбыалаһан истэҕинэ, утары икки эр бэрдэ көрсөн тохтоппуттар. Сылтах көрдөөн, түҥ-таҥ тыллаһан харсаахтаһан, атын аҕай экчэҥкэлэһэн түүрэйдээн бараары гыммыттар. Онуоха туран, аҕам биир бөтөс кулгаахтаах кыһыҥҥы көп бэргэһэтин төбөтүттэн туура тардан ылбыт да, оропкуоп олбуорун нөҥүө быраҕан элээрдэн кэбиспит уонна сулбу түһэн куотан сүүрэ турбут. Дьоно сырсан иһэн тохтообуттар. Бэргэһэлэрин ылаары бэйэ-бэйэлэрин сүксүһэ хаалбыттара үһү. Аанньа буолуо дуо, аам-даам тымныыга бас сыгынньах хаалыы диэн. Аҕам ити түбэлтэни кэпсээбитигэр мин быарым быста сыһыар диэри күлбүттээҕим. Аҕам барахсан…

* * *

Үһүс Күүлэккэ оскуола суоҕа. Эрдэ, Үнээкээн диэн күөлгэ (Тириэтийтэн көһү эрэ кыайбат тэйиччи) икки дуу, үс дуу кылаастаах оскуола аһылла сылдьан баран, сотору сабыллыбыт. Аҕам бастакы кылааска үөрэнэн иһэн тохтообутум диэн кэпсээччи.

Биһиги сэттиэ буолан кытта төрөөбүттэртэн мин эрэ, Үгүлээккэ көһөн кэлбит буоламмыт, дьиэбэр олорон оскуоланы бүтэрбитим. Эдьиийдэрим, убайдарым бары өтөхтөрүттэн тэлэһийэн сылдьан, интэринээккэ олорон үөрэнэр диэн тугун билбит, Үһүс Күүлэт икки Үгүлээт икки ыккардыгар элбэхтик төттөрү-таары тиэстибит дьон. Эһэлэрэ Сэргиэй хас да туркулаах табанан уонна үксүн аҕабыт тыраахтарынан таспыттар. Ардыгар үс көс сири бөдөҥ оҕолор сатыы да кэлэллэрэ-бараллара үһү.

Аҕам бииргэ төрөөбүттэриттэн Бүөтүр уонна Маарпа эмиэ Үгүлээккэ үөрэммиттэрэ.

Биир күһүн, арай, Бүөтүрдээх маҥнайгы кылааска Үгүлээккэ оскуолаҕа үөрэнэ кэлбиттэр. Интэринээккэ сыттык тиийбэтэ эбитэ буолуо, сыттыктарын илдьэ тиийбиттэр. Дьэ туран, учууталлара батыһыннара сылдьан интэринээккэ олорор хосторун көрдөрбүт, онтон аны оскуолаҕа таһааран бу үөрэнэр сиргит эҥин диэн билиһиннэрбит. Түмүгэр эппит: «Чэ, тоҕойдорум, ити курдук, билигин дьиэҕитигэр баран хаалыҥ», – диэбит. Онуоха туран Бүөтүр ийэтин сурдьа Дьөгүөр уола Өлөксүөйэп Дьарааһынныын, атаһа Билиикэп Уйбаанныын оскуолаттан интэринээккэ тахсан сыттыктарын кыбынаат да, дьиэлэригэр, дойдуларыгар Үһүс Күүлэккэ сатыы түһэ турбуттар. Оҕолор сүппүттэригэр сүпсүлгэн буолан, кэннилэриттэн киһи ыыппыттара, айаннаан иһэр ыамайдары аара ситэн, төттөрү аҕалтаабыт. Кыра оҕолор барахсаттар дьиэлэринэн дойдуларын, төрөөбүт өтөхтөрүн эрэ билинэр дьон буоллахтара.

Үһүс Күүлэккэ, дьикти эбит ээ, сайылык, титиик оҕустарын сорук оҥостон үүрэн аҕала-аҕала, анаан-минээн харсыһыннарар үгэс баара. Эбэтэр атыыр оҕустар, суоһурҕанан бэрт ыраахтан айаатаһан лоҥкуната-лоҥкуната, көхсүлэрин иһиттэн атын аҕайдык ньириһитэн мөҥүрэһэ-мөҥүрэһэ, бэйэлэрэ даадаҥнаһан, сүгүллэҥнэһэн кэлэллэрэ. Сыптарыҥ эмэһэ атыыр оҕустар, буору-сыыһы, бэл, уоттаах түптэни сүргэйэн үрдүлэригэр ыста-ыста, хааннааҕынан көрөн кынчыатаһаллара. «Сайылык оҕуһа кэлбит!», «Уҥуоргу оҕус иһэр!», «Титиик оҕуһа иһэр!» диэн улахан сонун, кэпсэл буолара.

* * *

Үһүс Күүлэккэ хойукка диэри элэктэриичэстибэ уота суоҕа. Ыаллар кыраһыын лаампатынан, чүмэчинэн сырдатынан олорбуттар. Кэлин диисэл кэлэн, дьэ, элэктэриичэстибэ уоттаммыттар. Аҕам дисэлиистии сылдьыбыта. Син биир тыраахтар курдук маҥнай пускааһын эһэн баран мотуору холбууллара. Пускаас тыаһа сатараан түһэн хатана, улахана сүрдээҕэ. Куттанарбын өйдүүбүн. Биһиги аҕабытын саппай уопсан диисэл дьиэтигэр элбэхтик сыбыытаспыппыт. Биирдэ аҕам аҥаар илиитин утаҕын эчэтэн, пускааһы кыайан тардыбат буола сылдьыбыт. Бэнсиинин ийэм кутан бэлэмниирэ үһү. Оттон пускааһын кыра эдьиийим Аанчык, оскуолаҕа киирэ илик аата, хата, куттаммата да бэрт эбит, аҕатын өлүөр илиитигэр эбии буолан тардыһан көмөлөөн эһэллэрэ үһү.

Диисэл уота сарсыарда алтаҕа холкуос ыанньыксыттара хотоҥҥо тахсалларыгар холбоноро, киэһэ уон бииргэ арахсара. Ортотугар, күнүс, арааран ылаллара. Киэһэ араарыахтарын иннинэ, чүмэчилэрин, лаампаларын бэлэмнэнниннэр диэн, тохтуу-тохтуу, үс төгүл чыпчыҥнатан баран биирдэ эрэ саба туталлара.

Аҕам тырахтарыыс буолан, кыра эрдэхпиттэн бөлөрүүс, ДТ тыраахтардар сыттарын, сэлээркэ, умунуох сытын олус сөбүлүүбүн. Биир бэйэбэр, санаабар, онно оччотооҕу оҕо саас умнуллубат кэмнэрин, күүрээннээх үлэ-хамнас күннэрин сыта барыта холбоспутун кэриэтэ. Болокуусаҕа от кэбиһэн баран, ДТ тыраахтарга состорон истэххэ, модун тимир көлө тиһилигинэн сииктээх, нүөл сир кырсын батарыта үктээн өрүкүтэн таһаарбыт сыта кэрэ да буоллаҕа. Күүһүн-уоҕун ылан түргэтээбит ДТ тыраахтар басымааҕын тыаһа биир кэм бөртөлүөт салбаҕын тыаһын курдук балдыгырыыра, оттон биһиги, ону истэ-истэ, кэбиһиллибит сөлөгөйдөөх от ойоҕоһугар, болокууса олоппоһугар туран иһэн, харахпытын симэ-симэ, сүрэҕи-быары эймэнитэр сөп-сөрүүн сир сытын ылан, бары биир кэм ыртаччы мичээрдээбит буоларбыт…

Эбэм Маарпа уолун тыраахтарын тыаһын эндэппэккэ билэрэ. Үлэҕэ-хамнаска тардыллан хойутаатаҕына, киэһэрдэҕинэ, таска тахсан тыраахтар тыаһын иһиллиирэ. Дьиэ иһигэр түбүгүрэ сырыттаҕына, ким эмит тастан киирэн: «Ыраах тыраахтар тыаһыыр», – диэн биллэрэрэ. Эмээхсин сонно тахсан иһиллээн баран төттөрү киирэрэ: «Атын киһи, Сэмэн тыраахтарын тыаһа буолбатах», – диирэ уонна хайа тырахтарыыс (тыраахтар) иһэрин чопчу этэн биэрэрэ. Эбэтэр: «Били киһи иһэр», – диэн аһын-үөлүн сылыппытынан, тарпытынан барара.

Улахан убайым Махаар кыра сылдьан, ким да тыраахтарын тыаһа буоллун: «Аах туллаахыта тааһыыр!» – диэн сонуннаах буолара эбитэ үһү.

Аҕабыт барахсан истиҥ-иһирэх сыһыаныттан үгүс да үтүөкэн өйдөбүллэр хаалбыттар. Үлэттэн быыс-арыт буллар эрэ биһигини бүөбэйдэһэн тахсара: оонньуур оҥорон, араастаан сааратан, көрөн-истэн. Оҕо-оҕо курдук, ардыгар, тотоммут ирээттэммит өлүү аспытын ситэри сиэбэккэ чымаадыстыырбыт да ханна барыай. Холобура, хааһыны эҥин. Ити түбэлтэҕэ аҕам бу курдук диирэ: «Чэ эрэ, ким хааһытын түргэнник сиир, бүтэрэр эбит…» Тимир миискэбит түгэҕэ хайаан да туох эмит ойуулаах буолара: ыт, кус, куобах, эһэччээн эҥин… «Ким куобаҕа маҥнай көстөр эбит», – албаһырара аҕам. Биһиги ойууну көрө охсоору хааһыбытын хабыалаан барарбыт. Хаһан баҕарар, кыра оҕо өс хоту, үтүктээйи, дэрдэм буолар баҕайыта. Куобахпыт маҥнай кулгаахтаах төбөтө көстөрө, онтон иһэ, салгыы муҥур кутуруга. Иһиттээх хааһыбыт бүттэҕэ ол. Өскөтүн түгэҕэ ойуута суох иһит буоллаҕына, аҕабыт этэрэ: «Чэ эрэ, ким тиэргэнин барытын ып-ыраас гына күрдьэр эбит». Биһиги луоскубутун «күрдьэх» оҥостон «тиэргэммитин» сып-сап «күрдьүбүтүнэн» барарбыт… Билигин тиэргэн кыраһалыыр, күрдьэр кэммэр наар аҕам барахсан эппитин саныыбын: көп хаары баһа-баһа күрдьүккэ эһэр түгэммэр, мэктиэтигэр, айахпар арыылаах, саахардаах мип-минньигэс хааһы амтана бу биллэргэ дылы…

Кыра сырыттахпытына, аҕабыт остуоруйалыыра. Оскуолаҕа алын кылааска үөрэнэр эрдэхпитинэ, тыал-куус эҥин буоллаҕына, сотору-сотору уот баран хаалааччы. Хастыы да хонукка. Дьэ ол оннук кыһыҥҥы киэһэлэргэ кыраһыын лаампатын сырдыгар, эбэтэр чүмэчи симик уотугар, тачыгыраччы умайар оһохпут (тоҕо эрэ итинник өйдөбүл ордук баһыйар) таһыгар мустан олордохпутуна, эбэтэр ороҥҥо кэккэлэһэн, хоонньоһон сыттахпытына, аҕабыт остуоруйалыыра, сээкэйи бары кэпсиирэ.

Ким айбыт остуоруйата эбитэ буолла, норуот киэнэ эбитэ дуу? Аҕам Кээтэккээн диэн киһи туһунан остуоруйалааҕа. Ол маннык. Арай биирдэ Кээтэккээн диэн дьэллик киһи сатыы айаннаан испит. Кыһын эбит. Баран испит, баран испит. Арай туран ол баран иһэн суолтан сүөһү сототун уҥуоҕун булан ылбыт. Сулугур кур уҥуох эбит. Айанньыт эргитэн-урбатан көрбүт. Толкуйдаан тура түспүт уонна кур уҥуоҕу сүгэһэригэр уктан сүгэн кэбиспит. Салгыы баран испит, баран испит. Кыһыҥҥы кылгас күн арҕаа саҕах кэтэҕэр түспүт. Борук-сорук буолан барыгылдьыйан барбыт, хараҥа күтүр күөртүү көтөн кэлбит. Сотору чугас ыал олорор сибикитэ биллэн барбыт. Киһи сүгэһэрин иһиттэн били кур уҥуоҕун хостоон таһаарбыт. Муннун тоҕу охсуммут. Сыа хаарга тохтубут муннун хаанын ытыһан ыла-ыла суолтан булбут кур уҥуоҕар сыбаабыт, аҕаабыт. Онтута үүт-үкчү мөскөм эттээх сото уҥуоҕун курдук буолбут. Өр-өтөр гымматах, тоҕойдоон киирбит тумул тыаны мүччү түһээтин кытта, оол курдук улахан өтөх ортотугар, сиксигэ тыа күлүгэр саспыт саах сыбахтаах балаҕан багдаллан турара үһү. Балаҕан үөлэһиттэн хойуу кыымнар уҥа-хаҥас элэгэлдьиһэн ыһыллан тахса-тахса, халлыбыт халлаан барча бачымах сулустарыгар ханыыластарбыт ханнык диэххэ айылаах өрө харбыалаһаллара эбитэ. Дал, кыбыы элбэҕиттэн, тэлгэһэ, тиэргэн дьаһалыттан сылыктаатахха, сэниэ ыал олороллоро тута биллэрэ үһү.

Киһи туран томтойбут күрдьүк таһыгар тохтоон ынах этэрбэһин топ-топ тэбэммит, сүгэһэрин лаабыска уурбут, дьиэ айаҕар кэлэн тоҕо эрэ тыас иһиллэнэн тура түспүт, ити кэннэ балаҕан иһигэр биирдэ көтөн түспүт. Тас таҥаһын сыгынньахтанан баран, саха киһитин сиэринэн, аҕыйах тылынан да буоллар, балаҕан иһинээҕилэри кытары кэпсэппит. Арай ол олорон көрбүтэ, дьиэлээх дьахтар дьоһуннаах алтан күөскэ ынах этин бидиличчи хаалаан, күүһүн-уоҕун ылан бачыгыраччы умайа турар сирэй оһоҕор буһара уурбут. Онуоха туран Кээтэккээн: «Бай, эһиги күөскүтүн саҥа күөстэнэн эрэр эбиккит. Миэхэ эмиэ эт оҕолоох этим, эһигини кытары кыттыстахпына хайдах буолуой?» – диэн ыйыппыт. «Тыый, кыттыс ээ», – диэбиттэр дьиэлээх дьон. Кээтэккээн таска тахсан, лаабыска уурбут сүгэһэриттэн суолтан булбут сүөһүтүн сототун уҥуоҕун киллэрэн күөс иһигэр уган кэбиспит. Дьиэлээхтэр көрдөхтөрүнэ, бойум эттээх уҥуох эбит. Кээтэккээн туран сылааска киирэн сылаата таайбыт киһи аатыран, күөс буһуор диэри нуктуу түһүүм диэн, быыс кэтэҕэр киирэн сыҥаһа ороҥҥо сыппыт да, мунна бурдьугунаабытынан барбыт…

Утуйбут киһиэхэ тоҥ күөс бастыҥа да төһө гынан ааһыай – күөс буһа охсубут. Дьиэлээхтэр хоноһону уһугуннарбыттар. Арай туран бии киһибит этин сиэри хамыйаҕынан алтан күөһү булкуйбут да, этин булбатах. Соһуйбута, өмүрбүтэ буолбут. Күөс түгэҕэр этэ суох сулугур сото уҥуоҕа тимирэн сытара үһү. Кээтэккээн туран: «Эһиги, утуйа сыттахпына, эппин сулуйан уоран сиэбиккит!» – диэн кыыһыран, тымтан туран кэлбит. Итинниги эрэ күүппэтэх дьиэлээхтэр ыксаабыттар, ыгылыйбыттар. Кээтэккээни уоскутан остуолларыгар олордон бииргэ аһаабыттар. «Тыл өс тарҕаныа, саат-суут да эбит, кэбис», – диэн дьиэлээх дьон Кээтэккээҥҥэ ынах буутун биэрэн ыыппыттар.

Кээтэккээн ынаҕын буутун туркуга соһон баран испит. Баран испит, баран испит. Арай ол баран иһэн, аара тугут сиэтиилээх киһи иһэрин көрсүбүт. Кээтэккээн туран: «Мин эйиэхэ ынаҕым буутун биэриэм, эн миэхэ тугуккун аҕал», – диэбит. Анараа киһи өс хоту сөбүлэспит. Инньэ гынан Кээтэккээн аны тугуттанан хаалбыт.

Ücretsiz ön izlemeyi tamamladınız.

₺102,71
Yaş sınırı:
0+
Litres'teki yayın tarihi:
09 mayıs 2024
Hacim:
250 s. 1 illüstrasyon
ISBN:
978-5-7696-4560-0
Telif hakkı:
Айар
İndirme biçimi:
Metin
Ortalama puan 5, 3 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 5, 2 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 0, 0 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 5, 3 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 5, 2 oylamaya göre
Metin
Ortalama puan 5, 2 oylamaya göre