Sadece LitRes`te okuyun

Kitap dosya olarak indirilemez ancak uygulamamız üzerinden veya online olarak web sitemizden okunabilir.

Kitabı oku: «Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.», sayfa 2

Yazı tipi:

Даша

2012 сыл сайына. Иккис куурус кэннэ ый кэриҥэ университеппар үлэлээн баран, дойдубар Дьулуурга сайылыы бардым. Тиийдэ тиийээт дьиэбэр хоммут бастакы түүммэр бэрт дьикти түүлү түһээтим. Ол түүлбэр… дэлби ытаан…

Уһуктан кэлбитим күн оройо буолан эрэр эбит. Абытыый, үлтү буспуппун. Дьиҥнээхтии, сыттыгым инчэйиэр диэри ытаабыппын. Тугун дьиктитэй диэн түүлбүн муодаргыы, ырыҥалыы санаатым. Сиэркилэҕэ көрүммүтүм, хараҕым халтаһата дьолточчу иһэн хаалбыт. Ороммун хомуйаат, сууна-тараана охсоот, таһараа дьиэҕэ таҕыстым. Дьонум чэйдээн бүтэллэрэ чугаһаабыт.

– Бу кыыс утуйдаҕыҥ уһунун, – эбэм өрүү буоларын курдук, итии үүттээх чэйигэр килиэп хоручуоскатын илитэн сии олорон, сөбүлээбэтэхтии саҥа аллайда.

– Сайыҥҥы сынньалаҥар кэлбит эдэр киһи утуйумуна, хайыай, – диэн аҕам көмүскэһэрдии хардарда. Оттон ийэм миигин көрөн ылаат соһуйан: «Тыый, хараҕыҥ халтаһата иһиэр диэри күүскэ да утуйбуккун», – дии түстэ. Мин дьоммор дьикти түүлбүттэн уйа-хайа суох ытаан уһуктубутум туһунан тугу да кэпсээбэтим.

Итиинэн илгийбит, уот куйааһынан сатыылаабыт сайыҥҥы күн киэһэриитэ, сөрүүн түһүүтэ оҕуруокка уу кута сырыттахпына бииргэ үөрэммит дьүөгэм төлөпүөннээтэ. Ону-маны күннээҕини кэпсэтэн баран, ахтыспыт дьон сиэринэн көрсүөххэ диэн сүбэлэстибит.

– Арба, волонтердар Соболооххо сөтүөлүүргэ анаан наһаа үчүгэй тутуу бөҕөтүн оҥорбуттар ээ: кэлбит дьон олороругар анаан ыскаамыйалар, кутаа отторго холумтан, кыра оҕолор оонньуулларыгар кумахтаах былаһаакка. Оннооҕор таҥас уларыттар кэбииҥкэлэр кытары баар буолбуттар. Хата баран сөтүөлүөххэ, – Варям этии киллэрдэ, мин тута үөрэ-көтө сөбүлэстим.

Оҕуруоппун дьаһайа охсоот, дьиэбэр киирэн сөтүөлүү барар таҥаспын-саппын, сээкэйбин дьаһанным. Ол икки ардыгар Варям субу тиийэн кэллэ. Кини киһи уйулҕатын үөрэтэр үөрэххэ икки сыл кэриҥэ үөрэнэн баран, бу кыһын миэнэ буолбатах эбит диэн быраҕан, дойдутугар төннөн кэлбитэ. Кырдьык, кини урут-уруккуттан артыыс идэтин баһылыан, киинэҕэ, испэктээккэ оонньуон баҕарара. Атын оҕолор улаатыахтарыгар, сорохтор бэл оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри туох идэлээх дьон буолуохтарын билбэттэр. Оттон Варяны, чахчы да, баҕатын толорон хайаан да артыыс буолуоҕа диэн биһиги – бииргэ үөрэнэр доҕотторо, учууталларбыт да бука бары бүк эрэнэр этибит. Ол эрэн кыыспыт психолог үөрэҕэр киирэн хаалан соһуппута. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба үнүстүүтүгэр туттарса тиийэн баран, оҕолору сыымайдыыр кастингтан саллан, наһаа долгуйан, боруобаланан да көрбөккө, икки атаҕынан куоппутун кэлин миэхэ бүөмнээн кэпсээбитэ. Дьүөгэм бэйэтэ этэринии, дьэ, ситэн-хотон, хорсун санаатын ылынан, бу күннэргэ артыыс үөрэҕэр туттарса барыахтаах. Култуура үлэһиттэрэ кинини артыыс оҥорорго икки илиилэрин уунан туран сөбүлэһиэхтэрэ диэн мин бүк эрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, Варя сыанаҕа оонньуурга ананан айыллыбыт талааннаах киһи. Аны туран киһи эрэ истэ олоруох курдук үчүгэй куоластаах. Оттон тас дьүһүнэ – дьиҥ саха кэрэ куота. Бүгүн эмиэ уп-уһун суһуоҕун биир гына өрүнэн кэбиспит. Курбуу курдук уһун-синньигэс таһаатыгар сөрү-сөпкө олорор бытархай сибэккилэрдээх маҥан былаачыйалаах.

Ахтыспыт санаабытыгар часкыһан ылаат, омуннаахтык куустуһан, иэдэстэрбититтэн «чоп» гына сыллаһан ыллыбыт. Дьэ, уонна күлэ-сала, үөрэ-көтө Соболоох диэн чугас сытар, кыра эрдэхпититтэн сөтүөлүүр күөлбүтүгэр, сонуммутун ыһа-тоҕо кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаамса турдубут.

Үчүгэйиин, Соболоохпут, кырдьык даҕаны, дьиҥнээх пляж курдук! Өр буолан баран кэлбит устудьуон киһиэхэ – миэхэ кыра да уларыйыы сонун, сэргэх буолан көһүннэ. Субу хастаммыт сибиэһэй мас сыттаах, оһуор-дьарҕаа киэргэтиилээх сабыс-саҥа тутуулар киһи эрэ сүргэтин көтөҕүөх курдуктар. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ түмсэр сирэ диэн манна эбит. Биир дойдулаахтарбын, доҕотторбун-атастарбын көрсүтэлээн, балай эмэ ыскаамыйаҕа олордум. Сорох оҕолор биир сыл иһигэр уһаан, улаатан хаалбыттар. Сорохтор киһи билбэт гына уларыйбыт курдуктар. Кэмниэ кэнэҕэс, Варя биһикки, дьэ, сөтүөлүүргэ сананныбыт.

– Дабаай, ууга сүүрэн киирэбит дуо?! Ким кэлин хаалбыт ол хотторор, – диэт Варям күлэ-күлэ күөлгэ сүүрэ турда. Иһиттим дуу, истибэтим дуу, аара атаҕым таҥаһын илгэн кэбиһээт, кыыһым кэнниттэн күөлгэ ыстанан кэбистим. Эчи сылааһыын, үчүгэйиин!

Уунан ыһыахтанар, чалбааттанар оҕо-аймахтан тэйиччи, үрүллэр матарааска тиэрэ түһэн сытан күөх халлааны кыҥастаһабын. Үрүҥ түү, үрүмэ былыттар киһи эрэ сэргиэх курдук араас кыылы-сүөлү санатар дьикти быһыыланалларын одуулаһа сытан, хараҕым кырыытынан кытылга хара омук массыыната кэлэн тохтообутун көрдүм. Массыынаттан убайым саастыылаахтара Марат уонна Рустам тахсан кэллилэр, кинилэри кытары кэлбит икки атын уолаттары билбэтим.

Марат, оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ, биир кэмҥэ миигин сүгүн хаамтарбат буола сылдьыбыттааҕа. Мин наар табахтаан, арыгылаан, кыра оҕолору атаҕастаан, дириэктэр хоһун аанын саппат уолтан тэйэ туттарым, толлорум, бэйэбэр олох чугаһаппатым. Марат ону ол диэбэккэ араас сылтах булан көрсө, кэпсэтэ сатыыра. Киһи этэрин истибэт, кимэн киирэрин тохтоппот уолу, ыксаан, убайбар үҥсэн биэрбитим. Павлик Маракка туох диэбитин билбэппин, ол эрэн онтон ыла чугаһаабат, миигиттэн дьалты туттар буолбута. Сири-буору аннынан кэпсэнэр кэпсээннэр төһө оруннаахтарын билбэппин, ол эрэн миигиттэн биир сыл аҕа Күннэй диэн кыыс оҕотун аҕата кини дииллэр. Ол-бу араас сурахха-садьыкка улаханнык наадыйбаппын буолан баран, этэр эттэҕинэ, кырдьык да, ол уолчаан умса тут, тиэрэ тут – үкчү Марат курдук. Ааттыын кытары майгынныыр – Марик. Оттон Марат да, кини дьоно да оҕону ылымматахтар, чугаһаппатахтар дииллэр.

Икки билбэт уолбуттан биирдэстэригэр хараҕым тута хатанна. Үрдүк уҥуохтаах, кэтит саннын өссө кэтирэтэр быһыылаах муус маҥан маайкалаах, хара ачыкылаах, хайдах эрэ мин аҕай диэбиттии туттар-хаптар… Арааһа, биһиги дэриэбинэбитигэр кэлбитэ быданнаабыт быһыылаах – барыларын кытары илии тутуһар, кинини сэҥээрбиттии аһаҕастык одуулаһар кыргыттарга хараҕынан имнэнэр. Хас мичээрдээтэҕин ахсын мап-маҥан тиистэрэ кэчигирэһэн көстөллөр.

Уолаттар эмиэ куоталаһарга сүбэлэстилэр быһыылаах, сүр түргэнник сыгынньахтана охсоот, күлсэ-күлсэ ууга ыстанан кэбистилэр.

– Варя-а, ити Мараттааҕы кытары кимнээх сылдьалларый? – дьүөгэбиттэн сэмээр сураһабын.

Варям, кытыл диэки кыҥастаста, онтон: «Саҥа учууталлар. Биирдэстэрэ физрук, атына историк. Билиэххин баҕардаххына, иккиэн бабниктар», – диэн ордук хос кэпсээнэ суох быһааран кэбистэ. Мин ити быһаарыыга сөп буолбатым. Харахпын хатаабыт уолум кимин-тугун ыйыталаһан баран тэйэр санаам баһыйда. Быһыытыттан-таһаатыттан көрдөххө, арааһа, спортсмен дуу диэн сэрэйдим.

– Хайалара физругуй? – диибин. Дьүөгэм мин диэки соһуйбуттуу тэрбэччи көрөн ылла, онтон: «Ама, Дьокуускай куорат үрдүнэн эйиэхэ сөптөөх биир да уол көстүбэтэ дуо?» – диэн эҕэлээхтик сибис гынна. Мин хардарбаппын, мичээрдиибин эрэ. Варя сөхпүттүү баһын быһа илгистэр, чыпчырынан ылар.

– Оол, сибилигин умсан тахсыбыт уолу көрдүҥ? Ити сылдьар – физрук.

Ол аата кини физрук эбит…

Ити икки ардыгар уолаттарбыт биһигини көрдө-көрбүтүнэн субу харбаан кэллилэр, Варялыын дорооболостулар, аҕыйах тылынан кэпсэттилэр. Мин Мараттаах Рустамныын билсэр дьон сиэринэн кэҕис гынан дорооболостум. Марат уруккутун курдук сиэрэ суох аһаҕастык одуулаһарын абааһы көрөммүн үрүллүбүт матарааспыттан ууга түһэн хааллым уонна кытылга тахсыахпын санаталаан ыллым. Кини тас дьүһүнэ тоҕо эрэ киһини тэйитэр, ону ааһан куттуур курдук. Улахана суох орто уҥуохтаах эрээри, кэтит киппэ быһыылаах. Бороҥнуҥу дьүһүннээх сүүрэлэс харахтарынан харса-хабыра суохтук, ону ааһан иҥсэлээхтик көрөрүттэн киһи этэ тымныйар.

– Хайа, братан, оттон бу биһигини билиһиннэрбэккин дуу? – ытырыктатар санааларбын быһа баттаабыттыы, физрук уол миигин уун-утары көрөн туран Мараты санныга «тап» гына оҕуста. Марат сатамньыта суохтук саҥа таһааран күлэн алларастаата уонна өтөрүнэн кырыллыбатах уһун кугас баттаҕын өрө аспахтаабыта буолла.

– Ээ… бу Даша – Павлик бииргэ төрөөбүт балта, – арыгыга-табахха сиэниллэн хаалбыт хааҕынас куолаһынан бөөҕүнээтэ. – Оттон бу Максим – манна оскуолаҕа үлэлиир, физкультура учуутала. Бу Денис – история учуутала.

Ол аата бу физрук уол мин убайбыныын билсэр эбит буоллахтара.

– Оттон холостуойдар диэн эт ээ, доҕоор, бу да киһи! – Максим эмиэ да дьээбэлэммиттии, эмиэ да сөхпүттүү саҥа аллайда уонна миэхэ илиитин уунна. Ол икки ардыгар «Эчи, киһиргэһин» диэх санаа кыламнаан ааста. Саараабыттыы илиибин утары ууннум. Онуоха уол эмискэ тардан ылла да, күөл ортотун диэки илдьэ бара турда. Манна диэн эттэххэ, мин сатаан харбаабаппын, атаҕым тирэнэр сиригэр эрэ дугуна сылдьар киһибин. Уол бу быһыытыттан уолуйан хааллым, сатаан саҥа да таһаарбатым.

– Олох куттаммат кыыс диэн бу баар эбит буолбат дуо, – миигин кыбыммытынан харбаан иһэн сөхпүттүү саҥа аллайара ханна эрэ ырыых-ыраах иһиллэр курдук. Кутталбыттан кулгааҕым куугунуурга дылы. Эмискэ, эйиэхэ бу баар диэбиттии, күөл ортотугар ыытан кэбистэ. Илиибин-атахпын араастаан хамсата, чалбааттана сатаатым да, дэриэспэ тааһы ууга бырахпыттарыныы син биир тимирэ турабын. Тимирэ-тимирэ күөрэйэрим быыһыгар, дьэ, өйдөммүттүү сарылыы сатыыбын. Ол булумахтана сылдьан уу бөҕөнү ыйыһынным. Сэниэм сонно тута баранан барда. «Өллүм!» диэн ынырык санаа өйбүн-санаабын саба бүрүйэн кэбистэ. Эмискэ күүстээх илиилэр икки харыбыттан харбаан ыллылар. Бадаҕа, чычаас сир диэки уһуннубут. Муннум, таҥалайым, ону кытта хараҕым олус аһыйарыттан эбитэ дуу, өлө куттаммыппыттан эбитэ дуу, кыра оҕолуу саҥа таһааран ытыырбын бэйэм туораттан истэр курдукпун. Кытылга чугаһаан, атаҕым тирэнэр сиригэр кэлэн баран «быыһааччыбын» хайыһан да көрбөккө киэр астым. Соболооххо мустубут дьон бары миигин одуулаһар курдук. Ытыырым быыһыгар сөтөллө-сөтөллөбүн таҥаспын кум-хам тутан, атаҕым таҥаһын кыбынан суол устун бара турдум. Кэннибиттэн Варям туох түбэһиэх суумкатыгар укта-укта субу сүүрэн кэллэ. Мин абабыттан сымыһахпын быһа ыстыыбын, ытыырбын тохтото сатыыбын уонна дьиэбэр эрэ тиийэ охсоору биир кэм инним диэки дьүккүйэбин. Эмискэ иннибэр Максим баар буола түстэ, ханна да ыытыа суохтуу күөйэ турунна.

– Даша, баһаалыста бырастыы гын, соруйан гымматым ээ, – ыксаабыт, ыгылыйбыт саҥа иһиллэр. Суох, мин кини диэки хайыһан да көрбөппүн, аттынан ааһа түһэ сатыыбын. Аһардыбат.

– Туораа, бар мантан… – Төһө кыалларынан холкутук саҥара сатаатым да, куолаһым эйэҥэлээн ылла, тиһэх тылым ситэ этиллибэккэ сарбыллан хаалла. Онуоха Максим соһуйан хонос гынна. Өссө тугу эрэ этээри гыммыттыы айаҕын аппаҥнатта, ол эрэн саҥарбата – туораан биэрдэ. Мин инним хоту бара турдум. Хааман иһэн аара таҥна сатыыбын. Ытыырбын, куттаммыппын аны кыыһырбыт, абарбыт санаам баһыйа тутта.

– Ак-каары! – кыһыыбын кыаммакка улаханнык саҥа аллайабын. – Мин өссө кинини испэр сөбүлүү көрбүтүм.

– Эппитим дии, бабник диэн. Киһиргэһэ да сүрэ! Ол майгыта барыта дьүһүнүгэр да баар, – Варям мин диэки көрөн ылар уонна сэрэммиттии саҥа таһаарар.

Дьиэбэр кэлиэхпэр диэри, хата, киһи эрэ буолларбын, уоскуйдум. Бу тахсыбыт быстах быһылааммын дьоммор кэпсээн долгутуохпун баҕарбатым. Тэлэбиисэргэ «Девчата» диэн урукку киинэ кэлбитин ийэбиниин оҥостон олорон көрдүбүт. Сэбиэскэй кэм олоҕун, оччотооҕу эдэр дьону наһаа да арылхайдык көрдөрөр киинэ. Былыр да, быйыл да таптал таайыллыбат таабырына. Киинэ сүрүн дьоруойа Тося кыыс, киһи эрэ ымсыырыах курдук оҥостон олорон, минньигэс бэйэлээхтик аһыырын көрөн, мин эмиэ тугу эрэ аһыахпын баҕардым. Рекламаҕа тохтобул кэмигэр таһараа дьиэҕэ тахсан оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут салааты кытары килиэп быстан, сүөгэйдээн, барыанньалаан бэлэмнэнним, уулаах отонтон оҥоһуллубут тымныы муорус кутуннум. Барытын бодунуоска ууран, улахан дьиэҕэ көһөрөн тахсан иһэн, хараҕым кырыытынан олбуорум айаҕар киһи турарын көрдүм. Өйдөөн көрбүтүм – Максим. Били мин аймалҕан быыһыгар умнууга хаалларбыт үрүллэр матарааспын салгынын таһааран, кичэйэн сааһылаан баран илдьэ кэлбит эбит.

– Даша, баһаалыста, кэлэ сылдьыый, – диир. Мин киниэхэ утары барыахтааҕар буолуох хаамыыбын түргэтэтэн, хардыыбын кэҥэтэн дьиэбэр киирэ охсоору инним диэки түһүнэн кэбистим. Максим миигин киирэн хаалыа диэн ыксаата быһыылаах – олбуор аанын аһан тиэргэн иһигэр атыллаата. Мин дьиэбэр киирэн хаалар кыахтаах этим да, бу харса-хабыра суох уол аны батыһан киирдэҕинэ дьонум өйдүөхтэрэ суоҕа диэн аспын кирилиэскэ уурдум. Хайыспытым, Максим хайыы-үйэ аттыбар кэлэн турар. Чочумча саҥата суох утары көрсөн турдубут.

– Тугуй?! – диибин. Сымара таас курдук кытаанахпын, тоҥуйбун, оттон кини… эрдэ көрсөрбүтүгэр киһиргэс, мин аҕай дэммиттии туттар-хаптар сытыы бэйэтэ билигин мин диэки сэрэммиттии, долгуйбуттуу одуулаһар.

– Даша… – ити кэннэ биир тылы ыһыктыбата. Салгыы туох диир эбит диэн кэтэһэн көрдүм да, саҥарбат.

– Тугуй Даша… Мин төрүөхпүттэн Дашабын. Оттон эн билэҕин дуу, миигин бу баара-суоҕа уон тоҕус сааспар анараа дойдуга утаара сыспыккын?! – Эмискэ халыйан кэлбит кыһыыбын кыатана сатыы-сатыы ыйытабын. Максим мух-мах буолла.

– Мин маарыын… дьээбэлэнэр эрэ санаалаах этим. Эн атыттар курдук часкыйыахтааҕар буолуох, биир да утарылаһар тылы да эппэтэҕиҥ. Ол иһин… мин чахчы сыыһа быһыыламмыппын, баһаалыста бырастыы гын.

Буспут моонньоҕон курдук харахтарынан сып-сымнаҕастык утары көрөн турар уолга кыыһырбыт-абарбыт санаам улам-улам уостан, тиһэҕэр умуллан хаалла. Кини харахтарын чүөмпэтигэр тимириэхпин куттаммыттыы харахтарбын куоттардым уонна үктэлгэ олорунан кэбистим. Максим чочумча тура түһэн баран аттыбар сэргэстэһэ олордо. Хайабыт да саҥарбат. Сотору сатыылаабыт чуумпуну үргүтэн, Максим көхсүн этитэн ылла уонна мин диэки чох хара харахтарынан утары көрдө.

– Эйэлэһэбит?

Маннык ис-киирбэх бэйэлээх эр бэрдэ сып-сылаастык уун-утары көрөн олордоҕуна кыыһыра-кыынньа олоруом баара дуо, мичээрдээбиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Онуоха кини, эр санаа ылбычча, баччааҥҥа диэри тута сылдьыбыт үрүллэр матарааспын туора уурда уонна спортивнай көстүүмүн үрдүн устан санныбын саба бүрүйдэ. Бэрт тэтимнээхтик эйэргэһэ, ону ааһан чугасыһа охсорго тиэтэйбит уолга бу таҥаһын төттөрү быраҕан биэрээт дьиэбэр киирэн хаалыахтаах этим… Этим – атын киһи эбитэ буоллар. Оттон кини мин куппун-сүрбүн сонно тута сүүйэн ылбыта. Биһиги уруккуттан билсэр дьон курдук бэрт чэпчэкитик кэпсэтэн, билсэн бардыбыт. Максим атын улуустан сылдьар эбит. Ол иһин да, биһиги эҥээрдэр курдук буолбакка, хайдах эрэ атыннык саҥарар. Миигиттэн биэс сыл аҕа буолан таҕыста. Буоксанан күүскэ дьаныһан туран дьарыктанарын кэпсээтэ. Дьокуускайдааҕы педколледжка үөрэнэн баран, салгыы университекка физкультура салаатыгар үрдэтиммит эбит. Бу курдук бэрт холкутук уопсай тылы булан сэһэргэһэ олордохпутуна, дьиэ иһиттэн аҕам тахсан кэллэ. Онуоха Максим биһикки соһуйан, куһаҕаны оҥоро сылдьан тутуллубут дьон курдук өрө эккирии түстүбүт. Хата, биһигиннээҕэр ордук аҕам соһуйда быһыылаах. Көрбүт харахтарыгар итэҕэйбэтэхтии чочумча биһигини эр-биир одуулуу турда. Кини идэтинэн математика учуутала эрээри, бары хайысхаҕа барытыгар дэгиттэр талааннаах, киэҥ билиилээх киһи. Кэрэҕэ, үтүөҕэ эрэ сирдиир ыллыктаах санаалаах, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх аҕабытын нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сүрдээҕин ытыктыыр.

– Хайа бу? – аҕам, маҥнай утаа соһуйан, чочумча саҥата суох таалан турда, иккиэммит сирэйин тургутардыы биир-биир кытаанахтык көрүтэлээтэ.

– Дорообо, Борис Петрович, – Максим аҕабар илиитин уунна.

– Дорообо, – аҕам хардарда буолан баран, илиитин утары ууммата. Биир идэлээҕин тургутардыы, туох хара санаалааҕын булан хостоон таһаарыахтыы тобулу көрөн турда. Максим бөрүкүтэ суох быһыы буолбутуттан ууммут илиитин түһэрэн кэбистэ, миэстэтигэр тэпсэҥэлээн ылла. Бэрдэ суох тохтобул тыҥаан уһаан барда.

– Чэ, мин барыым, Даша, пока. Көрсүөххэ диэри, Борис Петрович, – Максим сатамньыта суохтук мичээрдээн ылаат, бараары эргилиннэ.

– Даайа, – аҕам бу курдук ааттаабытыттан кыбыстан сиргэ тимирэ сыстым. Саатар уол баарыгар ити курдук ааттаамыаҕын. – Максим Егорович сонун биэр.

Оо, арба да, Максим көстүүмүн кэтэн турар этим дуу. Кыбыстаммын иэдэһим уотунан умайда, кулгааҕым кытары чуҥкунаан ылла. Таҥаһын умна сыһан баран тохтоон турар Максимҥа уста охсон утары ууннум. Кини мичээрдээтэ, мин эмиэ хардардым уонна сүүрэр икки хаамар икки ардынан дьиэбэр киирэн хааллым. Били бодунуостаах аһым да, көрөн испит киинэм да умнууга хаалла.

Утуйаары сыттахпына хоспор ийэм киирдэ уонна кыра эрдэхпинэ суорҕаммын кичэйэн көннөрөрүн курдук көннөрө олорон төбөбүн сып-сымнаҕас ытыстарынан имэрийэн ылла. Кини тугу эрэ ыйытаары дуу, этээри дуу гына-гына туохтан саҕалыан билбэтэхтии чочумча саҥата суох олордо. Ийэм барахсан өрүү итинник. Алын кылаас оҕолорун үөрэтэр учуутал буолан эбитэ дуу, куруук кыра оҕоҕо сыһыаннаһар курдук. Улаатан, онус кылааска үөрэнэ сылдьан уон биирис кылаас уолун кытары кылгас кэмҥэ доҕордоһо сылдьыбыттааҕым. Ийэм ону билэн, ийэ уонна кыыс икки ардыларыгар кэпсэтиллиэхтээх ылы-чып истиҥ кэпсэтиини саҕалыан баҕарбыта быһыылааҕа. Ол эрэн миигиннээҕэр ордук кыбыстан кытара кыыспыта бу баарга дылы. Билигин эмиэ тугу этиэн булбакка, симиттэн, кыыс оҕолуу кыбыста олорор курдук. Бэлиэр маҥхайан эрэр чанчыгын нарын тарбахтарынан имэрийэр, көхсүн сотору-сотору этиппэхтээн ылар.

– Максим Егоровиһы хантан билэҕин? – кэмниэ кэнэҕэс ыйытта. Мин сөтүөлүү сылдьан билсибиппит туһунан кылгастык кэпсээтим. Биллэн турар, киниттэн сылтаан өлө сыспыппын сонун гынан быктарбатым. Үрүллэр матарааспын умнан кэлбиппин аҕалбыт этэ диэтим. Ийэм тугу эрэ этиэх курдук гынна эрээри, кэм да саҥарбата. Санаарҕаабыттыы мичээрдээн ылла, оройбуттан сыллаан баран тахсан барда.

Максим өйбүттэн тахсыбат. Кини хас көрүүтэ, ураты куолаһа, мичээрэ, тэбэнэттээх күлүүтэ, күүстээх илиитин сылааһа, хас биирдии туттуута-хаптыыта харахпын симтэҕим ахсын киинэ каадырын курдук субуруччу субуллар. Барыта ураты, уһулуччу… барыта бастыҥ… Ама, маҥнайгы көрүүттэн киһини таптыахха сөбө буолуо дуо?

Бу курдук ыанньыйбыт санаабар, истиҥ иэйиибэр суулана сытан устунан утуйан хаалбыппын.

Сарсыарда уум быыһынан сыттыгым анныгар сытар төлөпүөммүн илиим иминэн булан таһааран, өссө да ситэ уһукта илик хараҕым халтаһатын сэгэтэн кыҥаан көрдүм – аҕыс чааһы ааспыт. Аата эрдэтин дии санаат, салгыы утуйаары улаҕа эргилинним. Ол эрэн, харахпар Максим мөссүөнэ көстөн кэллэ, ону кытары утуйар уум ханна эрэ көтөн, сонно тута симэлийэн хаалла. Араастаан эргичиҥнээн сыта сатаан баран төлөпүөммүн хат ылан көрдүм. Арай биир билбэт нүөмэрим эрийэ сылдьыбыт, маны тэҥэ түөрт сурук кэлбит эбит. Ол көппүт нүөмэртэн кэлбит суругу аһа баттаатым: «Арааһа, утуйбуккун быһыылаах, минньигэс түүллэри…» – диэбиттэр. Тоҕо эрэ тута Максим суруйбута буолуо диэн санаа күлүм гынна. Икки сурук эмиэ атын билбэт нүөмэрбиттэн кэлбиттэр. Биирэ: «Привет, красотка» диэн, оттон иккиһэ: «Тиийэ сылдьабын дуо? Марат суруйабын.» – диэн ис хоһоонноохтор.

– Һы, – бу суруктартан ис-испиттэн тоҥон, ааһа баран сиргэнэн ыллым. Субу көрдөрөн туран туох эрэ куһаҕан дьаары таһаарар суруктар сылдьалларын курдук бэрт ыксалынан сотторо охсон кэбистим. Төрдүс сурук Варяттан кэлбит: «Привет, Марат эн нүөмэргин көрдөөбүтэ. Биэрдим. Кыыһырбат инигин?»

Бу да кыыс! Дьүөгэм суругуттан бэркиһээммин төбөбүн быһа илгистэн ыллым. Хайаларыгар да хоруй сурук ыыппатым. Киэһэ хойукка диэри Максим өссө суруйаарай диэн сэмээр кэтэһэн көрдүм да, биллибэтэ. Мин хайдах эрэ ыксаан ыллым. Кэтэһэ сатаан баран тулуйбатым – били кини буолуо дии санаабыт нүөмэрбэр «Кимҥиний?» диэн сурук ыыттым. Эппиэт кэлиэҕинээҕэр буолуох суругуҥ тиийдэ да диэн үҥсүү кэлбэтэ. Кэтэстэххэ бириэмэ барара бытааныын… Ол олордохпуна эмискэ төлөпүөнүм тиллэн өрө мөхсөн барда, хоһум иһигэр ырыа-тойук кутулла түстэ. Аҕыйахта хардыылаан ойон тиийэн көрбүтүм… Марат эрийэр эбит. Төлөпүөн тыаһын истээт кынаттана охсубут иэйиим өрүс тааһын кыбыммыттыы ханна эрэ аллараа күр гына сууллан түстэ. Кыһыл кунуопканы сыыйа тардан кэбистим. Суох, өсөһүгэр хат эрийдэ. Ылбатахпына аны дьиэбэр кэлиэ. Икки күнү супту дьиэбитигэр атын-атын уолаттар тиэстэллэрин аҕам көрдөҕүнэ, олох да саат буолар диэн санааттан саарыы-саарыы төлөпүөммүн ыллым. Күлүү-салыы, хаһыы-ыһыы бөҕө. Кэмниэ кэнэҕэс Марат бөлүөхсэн хаалбыт тылынан «Чыычаах, Дашка, Һыллыый! Истэҕин дуо?» диирэ иһилиннэ. Бу итирик киһини кытары туох дуоннааҕы кэпсэтиэм диэн тутан олоруомуй, биир-биэс харда тыла суох төлөпүөммүн арааран кэбистим.

Дьонум мин астыыр туорпун наһаа сөбүлээн сиэччилэр. Ол иһин, дьоммун үөрдээри, туорт оҥордум. Ол кэннэ оҕуруокка уу кутан, сыыс от ыраастаан, уоҕурдуу бэлэмнээн күнүм бүттэ… киэһэ хоспор олорон тэһийбэккэбин, хаһан эрэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан баайан иһэн хаалларбыт саарпыкпын хостоон таһааран салгыы баайан бардым. Суох, аралдьыйыахтааҕар буолуох бу сап баалларын курдук мин санааларым эмиэ бааллан, иилистэн бардылар. Ситэр-бүтэр анала суох саарпыкпын төттөрү хоруопкатыгар угаат, ыскаап түгэҕэр анньан кэбистим уонна төлөпүөммүн холбоотум. Сэрэйбит сэрэх, Марат хаста да эрийэ сатаабыт. Уонна бүттэ. Чэ, кэбис, утуйарга уолдьаста, баҕар сарсын биллиэ. Кэтэспит эрэлим туолбакка, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх утуйа охсоору, ороммун оҥостон бардым. Арай туумбаҕа сытар төлөпүөнүм өрө дьигиһийэн ылла. Көрбүтүм «доставлено» диэн сурук кэлбит. Үөрүөм дуу, долгуйуом дуу икки ардыгар били нүөмэрим эрийэр. Мин сүрэҕим сулбу ойон тахсыах курдук өрө мөхсө түстэ. Арай кини буолбатах буоллун? Ээ, кини буолуо… Тута ыллахпына кэтэһэн олорбутум биллэн тахсыа… чыпчылыйыах түгэнэ араас санаалар өйбүн-санаабын ытыйан кэбистилэр. Өрө тыынан, уоскуйан ыллым уонна төһө кыалларынан холкутук «Истэбин» диэтим.

– Дорообо, Даайа, – чахчы КИНИ!!! Мичээрдиирэ куолаһыгар кытта биллэр.

– Оо, баһаалыста, итинник ааттаама, – үөрүүбүттэн харахтарбын быһа симэн ыллым. Максим күлэр.

– Биллиҥ дуу? – диир.

– Билиминэ. Нүөмэрбин хантан ыллыҥ? – тоҕо эрэ, бэйэм да билбэппинэн, тоҥуй соҕустук хардара сатыыбын.

– Көрдөөбүт көмүһү булар. Мин көрдөөн-көрдөөн көмүспүн буллум ээ, быһыыта.

Бу мүөттээх минньигэс тыллар сүһүөхпэр түстүлэр, миигин бүүс-бүтүннүү уулларан кэбистилэр…

Ол күнтэн ыла Максим биһикки наар кэпсэтэр, суруйсар буолбуппут. Киэһэтин оҕуруотум дьаһаллыбытын кэннэ биһигини бэрдэ суохтук да буоллар «билиһиннэрбит» Соболоохпут диэки хаамсан кэлэрбит. Кинилиин кэпсэтэр, кини аттыгар сылдьар миэхэ тыынар салгын курдук олус суолталаах, наадалаах буолан барбыта. Икки ардыбытыгар бэрт холку, истиҥ сыһыан үөскээбитэ. Күн ахсын бэйэ-бэйэбитигэр тардыһарбыт күүһүрэн испитэ. Ону кытары Марат күүскэ, дьаныһан туран арахпакка, түүн-күнүс диэн аахсыбакка эҥкилэ суох эрийэрэ, тохтоло суох суруйара. Маҥнай утаа, төһө кыалларынан, эйэҕэстик кини уонна мин ардыбытыгар туох да хаһан да баар буолара сатамматын быһаара сатаан баран, тиһэҕэр, хатыылаах соҕус тылларынан, кытаанах тоҥуй куолаһынан кини миэхэ букатын наадата суоҕун биллэрбитим.

Ол күн итирик туруктаах биирдэ дьиэбит ортотугар баар буола түспүтэ. Бэлэс хайдарынан «Ханнаный Даша?? Ханнаҕыныа-ай?? Таҕыс, кэпсэтиэххэ!!!» – диэн хаһыытаабыта. Аҕам тута таһырдьа үҥкүрүппүтэ. Тугу эрэ хаһыытаһан ыла-ыла быһаарсаллара. Ийэм олус куттаммыт сирэйдээҕэ. Айаҕын саба туттан туран түннүгүнэн одуулуура.

– Оо, хара сордоох уола! Тугу гына кэлбитий, Даша? Туохха наадыйарый?

– Билбэппин, ийээ.

– Оттон эйигин көрдүүр буолбат дуо?! – Ийэм, олус сымнаҕас бэйэтэ, бэл, миэхэ хаһыытаабыта.

– Билбэппин ээ, ийээ. Наар көрсүөххэ, кэпсэтиэххэ диир. Мин суох диирбин өйдөөбөт. Аны бу тиийэн кэлбит, – мин эмиэ ыксалбыттан куолаһым үрдээн ылла.

– Ити киһини кытары дьөрү алтыһа сылдьаайаҕын! Туох да сиэр-майгы сыстыбатах киһитэ. Оҕото биир дэриэбинэ иһигэр баар аҕалаах эрээри, тыыннаах тулаайаҕа буола сылдьаахтыыр. Киһи үтүөнү кэтэспэт киһитэ! – ийэм миигин туох эрэ куһаҕаҥҥа уорбалаабыттыы көрөн ылар.

Марат бэрдэ суох майгылааҕын онто да суох билэбин эрээри, ийэм туттарыттан-хаптарыттан бу эппит тыллара эмиэ да туох эрэ атын суолталаахтарын тута сэрэйбитим.

– Аньыы даҕаны, ийээ, – ыйытардыы көрөн кэбиспитим.

– Бу саас идэтинэн итириктии сылдьан Евсеевтэргэ киирэн, итирэн охто сытар аҕаларыттан арыгы көрдүү сатаабыт үһү. Боруоктаһан турбуттар этэ. Ол сылдьан Ыстапааны олоппоһунан оройун хайа охсубут. Онно топпокко, түннүктэрин сууралаабыт. Аны кутталыттан сарылыы турар били ыалдьар кыыстарын кэтэҕин туура түһүөр диэри охсубут дуу, садьыйан кэбиспит дуу үһү. Ол муҥнаах онтон сылтаан балыыһаҕа сытан тахсыбыта. Ийэлэрэ Альбина ол күн суоҕа дииллэр. Баар да буолаахтаан хайыа эбитэ буоллар. Дьыала арыллан иһэн сабыллыбыта. Барахсаттары, арыгыһыт аҕалаах, элбэх оҕолоох кыаммат ыалы сэнээн кэбилэннэҕэ дии. Били силиэстийэлиир кэмитиэккэ абаҕалара улахан начальник буолбут диэн эрэллэрэ. Ол иһин кини баракааһа барыта таах хаалан, ууттан кураанах тахсан ити сылдьар. – Ийэм олус кыһыйбыт куолаһынан бүтэһик тылларын тииһин быыһынан сыыйа саҥарбыта.

Оо, аата сүрүн! Уонна хайдах маннык наҕыллык дьон-сэргэ ортотугар сылдьарый? Хайдах утары көрөрүй? Хайдах суобаһа оонньооботуй? Мин кинини уол быһыытынан сирэ эрэ сылдьыбыт буоллахпына, билигин киниттэн сиргэнэр, абааһы көрөр, ону ааһан куттанар дьикти куһаҕан сыһыан уһуктубута. Аҕам таһырдьаттан лаппа кыыһырбыт сирэйдээх-харахтаах киирэн кэлбитэ.

– Даша! – Кини хаһан да миигин Даша диэн ааттаабат буолара. Аҕам дьиҥэр сытыары сымнаҕас майгылаах киһи. Ол эрэн, бу сырыыга олус уордайбыт дьүһүннэммит этэ. – Өйдөө, ити Никииппэрэби кытары олох айах атан кэпсэтимэ даҕаны! Мин тылларбын өйдөө, Дария! Олох ыраах сырыт киниттэн!

Ити тыллар мин төбөбөр чахчы тоһоҕону өтөрү-батары охсубуттарын курдук күүскэ, кытаанахтык киирбиттэрэ. Аҕам миигин Даайа диэн ааттыырын сөбүлээбэт, ону ааһан «аата эмээхсиҥҥэ дылы» диэн кыбыста саныыр буоларым. Онтон ити Даша, буолаары буолан Дария диэн ааттаата дии… Аҕабыттан бу олус хатыылаахтык иһилиннэ эбээт.

Биирдэ бииргэ үөрэммиттэр диэн аҕыйах киһи мустан, кылааһынан көрсүбүппүт. Кылааһынньыктартан билигин Дьулуурга аҕыйах оҕо баар: Дьааҥка, Ылдьыыска, Костик уонна Иришка. Дьааҥкабыт ыал буолан оҕолонон олорор. Ылдьыыскабыт кэтэхтэн үөрэнэрин таһынан манна дьаһалтаҕа аҕатын кытта үлэлээн эрэр эбит. Оттон Костиктаах Иришка мин курдук устудьуоннар, сайылыы кэлэ сылдьаллар. Варябыт аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куоракка үөрэххэ туттарса барбыта. Сарбынньах диэн дьикти ааттаах күөл ходуһатыгар баар балаҕан дьиэҕэ баран чэйдээн, ирэ-хоро кэпсэтэн, уруккуну-хойуккуну санаһан бэркэ сылдьан баран киэһэриитэ дэриэбинэҕэ төннүбүппүт.

Дьааҥка биһикки биир уулуссаҕа олорор дьон, хаамсан иһэн кэм да айахпыт хам буолбат. Оскуола саҕанааҕыны санаһа-санаһа күлүс да күлүс буолабыт.

– Вау, Янка уонна.... Дашка… – саҥа хоту эргиллибиппит, Мараттаах Рустам кэннибититтэн иһэллэр эбит. Марат кэм да итирик сылдьара испит сирэйиттэн, мэндээриччи көрөр харахтарыттан тута биллэрэ. – Кыраһыабай кылааһынньыссаларга, кындыа кыталык кыргыттарга привет!

Биһиги биир-биэс харда тыла суох киэр хайыһаат бара турдубут.

– Ээс, тохтуу түһүҥҥүтүүй, дыа! Тугуй, биһигини киһинэн да аахпат буоллугут да? – Марат ситэ баттаан кэлэн харыбыттан харбаан ылла.

– Ыыт! – кини салыҥнаах илиититтэн илиибин эһэ охсон ыллым. – Эйигин кытары кэпсэтэр да санаам суох.

– Айуу чэ. Арба, куорат кыыһа буоллаҕыҥ дии. Дьулуур уолаттара эн аҥаар да атаххар тиийбэт буоллахпыт, – үгэргээбитэ буола-буола кэннибиттэн тилэх баттаһа истэ. – Онтон-мантан кэлбит саҥа сирэйдэри эрэ өрө мыҥаан баран сылдьаҕын. Билэҕин дуо, ити киһиҥ хас дьахтардааҕын?! Билэҕин дуо, эн киниэхэ соҕотох…

– Бар! – тулуйарбыттан ааһан эргиллэ биэрдим да саба саҥардым. – Эрэй эбиллэ илигинэ арах!

– Марат, чэ, доо, барыах, айыкка, – Рустам киһитин оҥкумалыттан тутан ылан, хата, төттөрү илдьэ барда.

Ырааппыттарын кэннэ, дьэ, холкутук өрө тыынным. Дьааҥка эмиэ уһуутаан ылла.

– Һуу, хата, барда дии, – кыыһым илиитинэн салгыны оонньотон сирэйин иннигэр далбаатанар. – Билигин да эйиэхэ саантыырын тохтоппотох эбит дии.

– Айуу айа, олох сордоон эрэр, кырдьык.

– Киһи үтүөнү кэтэспэт киһитэ. Сэрэнээр эрэ…

Ол көрсүһүү туһунан дьоммор да, Максимҥа да кэпсээбэтим.

Сарсыныгар доҕорум дьаарбайа тахсыах диэн ыҥырда. Мин дьоммор күүлэйдии бардым диэн сэрэтээт, таһырдьа ыстанным. Тахсыбытым, Максим бэлиэр кэлэн, күрүөҕэ өйөнөн мичээрдии турар. Атаҕым таҥаһын кэтэ турдахпына дьиэттэн, арай, аҕам тахсан кэллэ.

– Максим Егорович, кэлэ сылдьыаҥ буолаарай? – аҕам кирилиэс үктэлигэр сис туттан уолу кэтэһэн турда. Доҕорум өс киирбэх чугаһаан кэлбитигэр илии тутуһан дорооболостулар. Аҕам саҥата суох миигин тонолуппакка одуулаабытыгар икки эр киһи миигинэ суох тугу эрэ кэпсэ- тиэхтээхтэрин өйдөөммүн, таһараа дьиэҕэ киирэн хаалбытым. Эбэм суорат сии-сии «Русский роман» ханаалга киинэ көрө олороро. Мин түннүк сабыытын быыһынан кистээн дьоммун көрө сатыыбын да, көстүбэттэр.

– Тугу одуулаатыҥ? Суоратта куттан сиэ ээ, – эбэм тэлэбиисэртэн хараҕын араарбакка эрэ саҥа аллайар. Эбэм барахсан, эн хантан билээхтиэҥ баарай, сиэниҥ кыыс улаатан, таптал ыраас иэйиитигэр куустаран, ас да киирбэт гына долгуйан турарын?.. Тугу да сэрэйбэккэ киинэ көрө олорор эбэбин сып-сылаас хатыҥыр санныттан сэрэнэн кууһан ылабын, хаар маҥан сып-сымнаҕас баттаҕар кытара кыыспыт иэдэспин даҕайабын.

– Эбээ, не хочу, – атаахтааммын нууччалаан унаарытабын. Эбэм күлэр. «Һэ-һэ, ньэ хочуу буолан, чыкычыам», – сып-сылаастык илиилэрбин имэрийэ-имэрийэ, өрүү буоларын курдук таптаан ымманыйар.

Наһаа уһаатылар… Туох ааттааҕы кэпсэтэр буоллахтарай? Аҕам туох эрэ диэн эрэр? Наһаа холдьоҕон ыыппат ини? Сотору күүлэ аана тыаһаата, онтон аҕам дьиэ аанын сэгэттэ. Мин ону эрэ кэтэһэн турбуттуу таһырдьа ойдум. Иккиэн наһаа боччумурбут сирэйдээхтэр. Эйэ дэмнээхтик кэпсэппиттэрин дуу, өйдөспөккө бурайсыбыттарын дуу ситэ өйдөөбөккө турдахпына, аҕам: «Эйиэхэ эрэнэбин, Максим», – диэтэ. Онуоха биирдэстэрэ кэҕис гынна.

Биһиги ханна барарбытын хаһан да сүбэлэспэппит, атахтарбыт Соболоохпут диэки илдьэ тураллар. Баран иһэн аҕабыныын тугу кэпсэппиттэрин сурастым. Онуоха Максим миигин тонолуппакка утары көрдө.

– Марат кэлэ сылдьыбытын кэпсээтэ. Эрийэн эрэйдиир диэн тоҕо миэхэ эппэккиний?

– Ээ, туох диэн кэпсиэмий, айа, сырыттын. Аҕам кинини аны чугаһаабат оҥордо ини. Уонна тугу кэпсэттигит, онон бүттэ дуо? – Мараты саныахпын олох баҕарбат буоламмын кэпсэтиибитин атын хайысхалыыбын.

– Эйиэхэ сыһыаммын ыйытта… Харыстаа диэтэ, – кини харахтара уратытык чоҕулуҥнаһаллар.

– Оттон ити баран истэхпитинэ… эрэнэбин диэтэ дии… – ыйытардыы көрөбүн.

– Мин өрүү Даайабын харыстыы сылдьыам, миэхэ эрэн диэбитим, – Максим хаамыытын бытаардан, устунан тохтоон турда, дириҥ далай харахтарынан миигин уун-утары көрдө, улахан кэтит ытыстарыгар суулуу туппут илиибин тойон эрбэҕинэн сып-сылаастык имэрийэн ылла, сүүһүн сүүспэр сыһыары тутта… кыбыстаммын утары сатаан көрбөтүм, киэр хайыһаат көхсүбүнэн эргилинним…